Тимофеевтар Елена Петровна, Борис Петрович тустарынан

БАР ДЬОННОРУГАР БЭЛЭХ УУННУЛАР

Үгүһү да билиэххит,

Үөрүүгэ да тиксиэххит,

Олоруохтарын олорбут,

Оҥоруохтарын оҥорбут

Ытык кырдьаҕастары

Ытыктыыргыт тухары…

Ааптар.

Соторутааҕыта Солоҕон нэһилиэгэр олус сонун ис хоһоонноох, кэнчээри көлүөнэ билиитин-көрүүтүн кэҥэтэр, кэм-кэрдии кэрэһитэ буолар аналлаах түмэл арылынна. Елена Петровна, Борис Петрович Тимофеевтар дьиэ кэргэннэрэ күндү төрөппүттэрин удьуордарыттан кэлбит баай экспонаттарын мунньубуттарын бар дьонноругар бэлэх ууннулар.

Түмэл арыллыытыгар нэһилиэк салалтата, актива, уруулара-аймахтара, чугас дьонноро үгүс сыраларын, дьоҕурдарын, дьулуурдарын ууран көмөлөстүлэр, онон Тимофеевтар уһун кэмҥэ ыраас ыра буолбут баҕа санааларын олоххо киллэрдилэр. Дьаҥ даҕаны кэмигэр олорон хаалбакка, өйү-санааны түмэн бэрт кылгас кэм иһигэр силигин ситэрэн, Тимофеевтар түмэл арыйбыттарын мустубут дьон махтана бэлиэтээтэ. Нэһилиэкпит баһылыгын солбуйааччы Мария Юрьевна Павлова, Горнайдааҕы истибэттэр түмсүүлэрин салайааччыта Ирина Кирилловна Алексеева, олохтоох сынньалаҥ дьиэтин уонна “Ромашка” уһуйаан коллективтара эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Түмэли дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Борис Петрович Тимофеев ойор күннээх дьоллоох оҕо сааһа ааспыт дьонун киэҥ-куоҥ дьиэтин өрөмүөннээн, үгүс үтүө доҕотторун-дьүөгэлэрин көмөтүнэн сууйан-сотон, хас биирдии экспонаты ыраастаан саҥатыгар түһэрэн көрдөрүүгэ туруорбуттара кэрэхсэбиллээх. Борис аҕата Петр Петрович-Бүөтүкээс кыайыгас-хотугас туруу үлэһит, байанайдаах булчут, кыайбатар даҕаны ыһыахтарга тустар, мас тардыһар, уйан дууһалаах, көрсүө-сэмэй майгылаах, дьон хаадьылаатаҕына мичээрдээн эрэ кэбиһэр этэ. Борис эһэтэ – күүһүнэн-уоҕунан аатырбыт Күөс Бүөтүр. Борис Петрович аҕатын батан киэҥ-холку майгылаах, өбүгэлэрин удьуорун утумнуур, үгэстэрин тутуһар, олорбут олохторун салгыыр бигэ санаалаах. 1979 сыллаахха Борис Петрович Өлүөхүмэтээҕи техникуму бүтэрэн, электрик идэтин баһылаабыта уонна бүгүҥҥү күҥҥэ диэри идэтигэр бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар үлэ бэтэрээнэ. 1980 сыллаахха Бэрдьигэстээхтээҕи бытовой комбинакка үлэлии кэлбит саҥа иистэнньэҥ кыыһы Елена Петровнаны кытта сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттар. Билигин оҕолоох-уруулаах, сиэннэрдээх Солоҕон сайдыытыгар мэлдьи күүс-көмө буолар дьоһун-мааны ыал буолан олороллор.

Елена Петровна “Солоҕон нэһилиэгэ” МТ Дьаһалтата олохтообут “Нэһилиэк көхтөөх олохтооҕо” анал аат хаһаайката. Нэһилиэк, улуус, республика уус-уран оҥоһуктарын араас быыстапкатын кыттыылааҕа, кыайыылааҕа. Кини  кыратыттан олоххо дьулуурдааҕа, барыга бары үөрэ-көтө кыттан иһэрэ оҕо эрдэҕиттэн олоҕун устатыгар ылбыт үгүс грамотатын, махтал суруктарын анал папкаҕа кичэллээхтик уура сылдьарыттан көстөр. Күн сириттэн барбыт төрөппүттэрин туһунан сылаастык ахтар: аҕата Петр Гаврильевич Новиков тыыл ветерана, байанайдаах булчут, мас ууһа, үтүө үлэһит, оттон ийэтэ Евдокия Андреевна Яковлева-Лөкөчөөн киэн туттар уус тарбахтаах иистэнньэҥэ, барыга сатабыллаах, сыстаҕас көрсүө-сэмэй майгылаах далбар хотун. Петр Гаврильевич Евдокия Андреевналыын кыахтаахтык олорбуттарын кинилэр маллара-саллара туоһулуур: сэбиэскэй кэмҥэ тыа сирин ыалын бары мала-сала, таҥаһа-саба, иһитэ-хомуоһа, сундууга, дьааһыга, чемодана, суумката, ат-таба иитиитигэр, бултка-балыктааһыҥҥа туттуллар сэп-сэбиргэл, олох сайдан испитин көрдөрөр телевизор, радиола, чаһы, музыкальнай инструменнар… Өбүгэлэрбит туттубут малларын-салларын түмэлгэ көрүү – төрөөбүт тылбыт сорох араҥата умнуллан хаалбатыгар биир тирэх буолар.

Нэһилиэкпитигэр туспа дьиэлээх төрдүс түмэл арыллыыта – олохтоохтор киһи кута-сүрэ баай буолуутун үрдүктүк туталларын кэрэһитэ. Кыраайы үөрэтэр түмэли, С.И.Тарасов аатынан литературнай түмэли, олоҥхоһут Г.М.Тарасов-Тэкээнэй Уолун түмэл-дьиэтин кытта ыалдьыттар саҥа түмэли сэргиэхтэрэ. Ол эрээри үс түмэлбит уоттан-күөстэн, ититии систиэмэтиттэн араарыллан тымныы кэмҥэ дьону көрсөр кыаҕа суох иччитэхсийэн тураллара хомолтолоох. Олохтоохтор бары даҕаны хаарыан түмэллэрбитин аһыйалларын, тугунан эмэ көмөлөһүөхтэрин баҕаралларын биир холобура: нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Варвара Матвеевна Сергеева быйыл саас нэһилиэкпит баһылыгар түмэлгэ көмө диэн алта тыһыынчаны туттарбыт. Үүнэр сыл түмэллэри сөргүтүү сылынан биллэриллибитин быһыытынан, Солоҕон түмэллэригэр болҕомто уурулларыгар эрэл улахан. Ол курдук ититиини, электричествоны таһынан киэҥ ис хоһоонноох иитэр-сырдатар үлэни тэрийэр сөптөөх кадрдарынан хааччыйыы наада.

Саҥа арыллыбыт дьиэ кэргэн түмэлин тэрийбит “буруйдарыгар” Елена, Борис Тимофеевтар былыргылыы оһох отто олороллоро олуона буолсу. Маныаха олохтоох дьаһалта суһал быһаарыныы ылыныа дии саныыбын.

Александр ТАРАСОВ,

поэт, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи.

2020 сыл, ахсынньы ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *