Учуонай Дарбасов Василий Романович-Дабаччыма быйыл Өймөкөөн улууһа төрүттэммитэ, 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан, «Атыыһыт Кырбаһааҥкын» диэн өймөкөөннөр эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин киэн туттар сүдү меценат атыыһытын туһунан дьоһуннаах кинигэни таһааттарда.

Ньукулай Кырбаһааҥкын 18-19-с үйэлэргэ ыраахтааҕылаах Россияҕа хотугу сахалар хас да араас ийэ-аҕа ууһун холбоһуктарыгар арахсан, суол-иис суоҕар киэҥ нэлэмэн сирдэринэн тайаан, тэнийэн «удьуор аймах», «улуус дьоно», «алаас ыччата» аатыран олорбуттара.
Дьэ бу маннык эргиирдээх, эндирдээх уустук усулуобуйаҕа Ньукулай Кырбаһааҥкын эргинэр ыыра, урукку Байаҕантай улууһун сирдэринэн, ол эбэтэр билиҥҥи Уус Алдан, Таатта, Томпо уонна Өймөкөөн улуустарын ааһан, аныгы Магадан, Сэйимчээн уонна Сусумаан оройуоннарынан тайыыр. Адаар хайалаах Муома, Абый быыстарынан үс Халыманы күөйэн ылаҕын. Ыт, ат, таба көлөнөн, сатыылаан да ылан олохтоохтору кытта атыы-тутуу тэрийсэн, ылсан-бэрсэн, дуогабардаһан, атыыласпыт түүлээҕин, булдун сыа-сым курдук энчирэппэккэ тутан, Якутскайынан, Магадаанынан, Охуоскайынан, Айаанынан батаран атыылаан, харчы оҥорон чэй, табах, бурдук, чүмэчи, кыраһыын, саа сэбэ, булт тэрилэ, таҥас-сап, иһит-хомуос атыылаһан, төттөрү тиэйэн илдьэн дьонугар тиэрдэрэ төһөлөөх сыраны-сылбаны, күнү дьылы, күүһү-уоҕу ыларын таайыахха эрэ сөп. Ити кэмҥэ саха атыыһыттарыттан Сэрбэкэ, Манньыаттаах, Боһуут, Кирилэ Дабыытап, Тэрэпиин, Хапсыын Россия эбэ хотуҥҥа эргитэр үптэринэн, баайдарын кээмэйинэн иккис, үһүс гильдиялаах атыыһыттарга киирсэллэрэ. Онтон биир мөлүйүөнтэн мэнэкэ тахса үптээх атыыһыкка бастакы гильдияны иҥэрэллэрэ, кинилэр эрэ тас дойдуларга эргинэр быраабы ылаллара. Саха сиригэр оннук дьонунан биэс эрэ атыыһыт баар буоллахтарына, онтон иккитэ сахалар – Манньыаттаах уола уонна Ньукулай Кырбаһааҥкын.
Дьиҥинэн Байаҕантай улууһа оччолорго буолаһынан ааҕыллар эбит. Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитин кэннэ дьаһааҕы хомуйуу кинигэтигэр 1638 сыллаахтан бэлиэтэнэр, онон бу улуус саамай кырдьаҕас улууһунан буолар. Элбэх административнай уларыйыылар кэннилэриттэн эмиэ Кырбаһааҥкын орооһуутунан, 1920 с. бэс ыйын 28 күнүгэр билиҥҥи Өймөкөөн оройуона баар буолта. Ытык Өймөкөөҥҥө ааптар үлэтинэн түөрт төгүл анаан-минээн сылдьыбыта биллэр. Дөксө 1980 с. «Өймөкөөн» совхоз социальнай-экономическай сайдыытын программатын оҥорсубут, саха төрүт сылгытын туспа боруода оҥорууга чинчийиилэри ыытыспыт, онон Өймөкөөн дьонун-сэргэтин, сирин-уотун, оччотооҕу сайдыытын таһымын билэр буолан, кинигэни наардаан суруйарыгар чахчы тирэх буолбута саарбахтаммат.
Сахабыт сирин сайдар кэскилэ эдэр үүнэр көлүөнэттэн быһаччы тутулуктааҕа чуолкай. Онон бу кинигэ кинилэргэ ананан таҕыста. Кыратык тоһоҕолоон эттэххэ, ааптар «Айылҕаттан айдарыылаах Куома Чааскын», «Үчүгэйиэн, тыыннаах буолар!» диэн кинигэлэри таһаартарбыта биллэр.
Онуоха былыргы атын укулааттаах, кэккэ мүччүргэннээх кэмнэргэ олус таһаарыылаахтык үлэлээн-хамнаан ааспыт булгуруйбат модун санаалаах,биир дойдулаахтарбыт олохторун чаҕылхай холобура ыйынньык сырдык сулус буолан үлэҕэ-хамнаска кынаттыаҕа диэн ааптар бигэ санаатынан кинигэ аан тыла аһыллар. Кини махтанар эбит, кинигэ тахсыытыгар учуонайдар, краеведтар С.И.Ковлековка, С.М.Егоровка, А.А.Павловка, Р.А.Кулаковскайга, Л.Р.Кулаковскаяҕа, Н.М.Заболоцкайга, Е.Д.Андросовка, С.В.Обручевка, Н.С.Николаевка, З.П.Оконешниковаҕа, Р.Т.Дягилеваҕа, Г.Г.Андросовка, А.С.Сивцеваҕа, Т.Е.Васильеваҕа, Е.Е.Потоцкаяҕа, Л.М.Поповаҕа суруйууларын, чинчийиилэрин, бэлиэтээһиннэрин туһаммытынан, ыйынньык оҥостуутунан.
Дьоһун кинигэ. Мин эмиэ кинигэ киириитин сирдьиттэнним, онтон быһаччы тутуннум. Саха дьоно, Өймөкөөн олохтоохторо эрэ буолбакка, бүттүүн Саха сиригэр кэрэхсээн ааҕыахтара диэн сэрэйэн, дойдубут ааспыт олоҕун анааран билэрбитигэр, биир бигэ түһүмэх эбиллэригэр саарбахтаабаппын. Саха сирин хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын олохторун көрдөрөр энциклопедическай үлэ. Ааптарга барҕа махтал! Кинигэни булан ааҕыҥ, сэргээҥ, сэргэхсийиҥ.
Ааптар «Үчүгэйиэн, тыыннаах сылдьар!» диэн олус долгутуулаах сэһэнин урут кэрэхсээн аахпыппын ахтарым наадалаах. Хайдах курдук саха киһитэ олоҕу таптыырын, олох иһин охсуһарын, дьиҥ чахчыга олоҕуран ойуулаан суруйбута ааҕааччы өйүгэр дириҥник хатаммытын сөҕөн эрэ кэбиситим. Итиэннэ саха тыла барҕа баайын, ыллыыр кэрэтин, этэр эриэккэһин ис хааммыттан итэҕэйбитим. Оннук да бу кинигэ олус истиҥник, ханна да иҥнигэһэ суох сааһыланан, чочуллан суруллуута киһини тардар. Ис хоһоонун кэпсээбэтим, ааҕан билсиэхтэрэ диэн.
Борокуоппай СИЛИПИЭНТЭП,
Өймөкөөн Тарыҥ Үрэх күтүөтэ, пенсионер.
