Арыылаах орто оскуолатын учууталлара: Арахпат ахтылҕан

АРАХПАТ АХТЫЛҔАН

Сунтаар оройуонун Арыылаах орто оскуолатыгар киирэр сылбар, оҕо саадыгар сылдьыбатах буолан, балаҕан ыйын 1 күнүгэр дьиэбиттэн барбытым. Аара детсадтан оскуолаҕа саҥа киирэр оҕолор устуруойунан иккилии буолан сиэтиһэн баран иһэллэрэ, миигин ыҥыран ылан кэнники соҕотоҕун туруорбуттара. Оскуола аанын боруога кыра дьоҥҥо үрдүк буолан буоллаҕа буолуо, кэннибиттэн кэлбит улахан оҕолор биир-биир ɵрɵ кɵтɵҕɵн туораппыттара.

Алын кылаастарга хайдах үɵрэммиппин соччо ɵйдɵɵбɵппүн. Арай үһүс кылааска учууталбыт «хонтуруолунай дьыктааҥҥа бэлэмнэниэхпит» диэн хас да күн уруок кэннэ хаалларан, күнүс ыҥыртаан эрчийбитин, мин наһаа долгуйбуппун уонна түһээн «2»-ни ылбыппын ɵйдүүбүн.

Билигин толкуйдаан кɵрдɵххɵ учууталларбыт Николай Алексеевич Иванов, Татьяна Николаевна Яковлева, Ксения Прокопьевна Кларова, Замира Митрофановна Васильева, Григорий Павлович Иванов, Николай Петрович Васильев, Елена Прокопьевна Титова, Вера Уаровна Уарова үлэлэригэр олус бэриниилээх, дьаныһан кыһамньылаахтык да үлэлиир эбиттэр. Дьэ кырдьык «оҕо туһа» диэн санаанан салайтарар бириинсиптээх эбиттэр. Уруок тас ɵттүгэр эбии ыҥыран, куруһуок үлэлэтэн олус бэркэ дьарыктыыллара, хас биирдиибитигэр үɵрэтэр биридимиэттэригэр тапталларын иҥэрэргэ кыһаналлара.

Николай Алексеевич бастакы учууталбыт этэ, сыл аайы биир сиргэ – бɵһүɵлэк хоту уһугар дьиэлэр кɵстүбэт сирдэригэр бохуотка илдьэрэ. Бу сиргэ сырыы аайы атын-атын сиринэн хааман тиийэбит уонна отой атын сиргэ кэлбит курдук буолабыт, оонньуу сылдьан мастар быыстарыттан ɵҥɵйдɵхпүтүнэ уҥуоргу ыаллар дьиэлэрэ бу турар буолар. «Ыраах хаһан да бара иликпит, чуп-чугас бохуоттуубут», – диэн муҥхааллаатахпытына «улааттаххытына барыахпыт» диирэ. Кырдьык, ити тылын толорон алын сүһүɵҕү тахсар сылбытыгар Бакамда үрэҕэр бохуоттаабыппыт. Ып-ыраас уулаах үрэх кырылыы устарын саҥа кɵрбүтүм, «үрүйэ ырыата» диэн дьэ ол этэ мин истэрбэр.

Бэйэбит саҕа дулҕаларынан ойуоккалаан мэниктээн, сүүрэн-кɵтɵн оонньоон бɵҕɵ буолбуппут. Кыргыттар үрэх уутугар баттахпытын сууммуппут, ону учууталбыт «тымныы ууга тɵбɵнү суунуллубат, ыалдьан хаалыаххыт» диэн ɵйдɵппүтэ.

Үһүс кылааска грузовой массыына кузовыгар тиэллэн Тойбохойго киирбиппит. Кыраайы үɵрэтэр түмэлгэ, ботаническэй саадка сылдьыбыппыт. Дьаабылыка маһын олус да сɵҕɵ махтайа кɵрбүппүт. Тахсан иһэн подстанцияҕа сылдьыбыппыт. Электричество уота подстанцияҕа хайдах мустарын уонна биһиги дьиэбитигэр боробулуоха устун хайдах тиийэрин муодарҕаан бɵҕɵ буолбуппут. Сааскы суол бырыы да бадараан буолан массыынабыт батыллан хаалбытыгар учууталбыт уолаттардыын үппүттэригэр кырдьык-хордьук бадараантан тахсан, ырыа-тойук буолаг салҕыы айаннаабыппыт.

Учууталбыт ɵрүү фотоаппарааттаах сылдьара уонна, этэргэ дылы, хас хардыыбытын хаартыскаҕа түһэрэрэ эрээри биирдэ да кɵрдɵрбɵтɵҕɵ.

Николай Алексеевич хас биирдии биридимиэтин кыһаллан туран үɵрэтэрэ – нуучча тыла, ахсаан, уруһуй, үлэ да уруоктарыгар тэбис-тэҥ ирдэбиллээҕэ. Кылааспыт түннүгү утары кɵрүдүɵр ɵттүттэн үɵһэ баҕайы истиэнэ устатын тухары түннүктэрдээх этэ. Онно ɵрүү хоп-хойуу сибэккиилээх «Уулаах Уйбаан» үүнэрэ.

Мин орто сүһүɵххэ тахсан баран дьэ үɵрэх ударнига буолбутум уонна оскуоланы бүтэриэхпэр диэри ити таһымтан түспэтэҕим.

Нуучча литературатыгар 7-с кылааска Замира Митрофановна кэлбитэ. Хап-хара хоп-хойуу баттахтааҕа, нэдиэлэ аайы уларыйа сылдьар «муру-муодунай» таҥастааҕа. Олус үчүгэйдик, киһи эрэ умсугуйа истиэх гына суруйааччылар олохторун, айымньы сүрүн санаатын кэпсиир этэ. 9-10 кылаастарга конспектыырга үɵрэппитэ. Хас биирдиибит конспегын бэрэбиэркэлээн туох ордук-хос киирбитин, туохха болҕомто ууруллубатаҕын, сүрүнэ туох буоларын, ону хайдах, хантан булуохха сɵбүн ыйара. Кини бу үɵрэҕэ, иҥэрбит сатабыла мин үрдүк үɵрэххэ ситиһиилээхтик үɵрэнэрбэр олус туһалаабыта. Лекцияттан, бэриллибит сорудахтан наадалааҕын, сүрүнүн чорботон ылары сатыырбын преподователлэр бэлиэтээн, холобур туттар этилэр. Онон мин конспектарым уопсайга улахан «спростаах» этилэр.

Химияҕа Ксения Прокопьевна үɵрэппитэ. Кини идэтин ис сүрэҕиттэн сɵбүлүүрэ, кэпсээбитин, быһаарбытын кэннэ эбии ыйытыы биэрдэххэ олус үɵрэрэ уонна ирэ-хоро сиһилии дириҥэтэн быһаарара. Ону арыт уолаттар «кыргыттаар, эбии ыйытаарыҥ, самостоятельнай үлэҕэ бириэмэ хаалыа суоҕа» дииллэрэ. Теорияны практиканы кытта тэҥнии тутан үɵрэтэрэ – реакция хайдах барарын, ханнык вещество хайдах кɵрүҥнээҕин хайаан да практическай, лабораторнай үлэ оҥотторон чиҥэтэрэ. Мин веществолар валентностарын быһаарыыга ыарарҕатар буолан, уруок кэнниттэн элбэхтэ хаалбытым.

Бэһис кылааска историяны Семен Петрович Архипов үɵрэппитэ. Эмиэ олус умсугутуулаахтык кэпсиирэ, аахпыккын, билбиккин дуоска иннигэр таһааран хайаан да кэпсэтэрэ. Аны нэдиэлэ кɵтɵ-кɵтɵ уочаратынан хаһыаттан тугу аахпыккын кэпсэтэрэ, онон дьиэбитигэр «Кыым», «Бэлэм буол», «Ильич уоттара», «Комсомольская правда» хаһыаттар хайаан да сурутуллаллара.

Биһиги киһи-хара буола үүнэн-сайдан тахсарбытыгар улахан ɵҥɵлɵɵх киһинэн кылааспыт салайааччыта Татьяна Николаена Яковлева буолар дии саныыбын. Тус бэйэм киниттэн эппиэтинэстээх, дьоҥҥо болҕомтолоох, идэҕэ бэриниилээх, биэрбит тылга турар буолууга үɵрэммитим. Холобур ылар, тумус туттар киһим ɵрүү кини.

Биир да күн үлэтигэр ɵрɵɵбɵтɵҕɵ. «Татыйаас тоҕо ыалдьыбата буолуой» диирбит. Дьэ биирдэ күɵмэйэ таастыы бүтэн хаалбыта. Саҥата отой иһиллибэт. «сарсын алгебра буолбат» дэстибит. Сарсыныгар кэлбиппит расписание уларыйбатах, звонок тыаһаабытыгар уолаттар аан быыһынан кэтээн кɵрɵн турдулар. Чочумча буолаат «Татыйаас иһээр» диэн буолла. Кырдьык учууталбыт киирэн кэллэ, тоҥхох гынан дорооболосто уонна дуоскаҕа сорудах суруйан баран бүтэһик кураанах паартаҕа тиийэн олорунан кэбистэ. Суоттаан бүппүт оҕо тиийэн бэрэбиэркэлэтээт, дуоскаҕа суоттаан бэрт сэргэхтик үɵрэммиппитин ɵйдүүбүн.

Кылаас салайааччытын быһыытынан 9-с кылааска «План самовоспитания комсомольца» диэни хас биирдиибитигэр оҥотторон «аттестациялаабыта». Мин онно бэрт аҕыйах отрицательнай хаачыстыбаны сурунан, иккистээн оҥостон туттарбытым. Бүтүн үɵрэх дьылын устата ити былааммыт туолуутун хонтуруоллаабыта.

Биһиги кылаас оҕолоро бары да олус кɵхтɵɵх уонна дьаныардаах этилэр. Уолаттарбыт тустан оройуоҥҥа биллэллэрэ. Кылааспытыттан элбэх оҕо оскуола баскетбольнай хамаандатыгар баара. Туризмҥа эмиэ бэрт ситиһиилээхтик кыттарбыт. 7 кылааска ансаамылынан «Таммахтар» ырыаны ыллаан оройуоҥҥа бастаабыппыт. Ырыаҕа Григорий Егорович Егоров үɵрэтэрэ, бэркэ кичэйэн куоласка араартаан эрчийэрэ. Саас эрдэттэн гастроллуу барарбыт, дьэ олус күүтүүлээх айан буолара. Бортовой массыына кузовыгар мааты тэлгээн, сабыытынан саптан айанныырбыт. Үксүгэр ол сабыыбытын киэр илгэн, сулустаах халлааны одуулуу ырыа-тойук буоларбыт.

5 кылааска сылдьан дьиэлээн иһэн суолбут ортотугар тɵгүрүччү олорон «Тɵрɵɵбүт саҥаттан» тиийэ илик кэпсээммитин доргуччу ааҕарбыт – уочарат быһыытынан биир киһи ааҕар, атыттар истэбит. «Чүɵчээски» кэпсээни ааҕан баран бары уоран сиэбит Түүлээх Уллуҥаҕы абааһы кɵрɵн күргүɵм мɵҕүттүбүппүт. Онтон Эрилик Эристиин Хачыгырын аһынан харахпыт уу-хаар баспытын кистээн сотторбутун ɵйдүүбүн.

Аан бастаан улахан кылаастар танцыларыгар 7 кылааска Саҥа дьылга кɵҥүллээбиттэрэ. Долгуйуу бɵҕɵ буолбуппут. 10 чаас саҕана дьурууһунайдар «сэттистэр үҥкүүлээбэт буоллаххытына дьиэлиигит» диэбиттэригэр бары тɵгүрүччү туран солдатскайдыы хааман «үҥкүүлээбиппит». Инньэ гынан 12 чааска диэри сылдьыбыппыт. Билигин санаатахха дьэ кɵрүдьүɵс кɵстүү буолуо…

Учууталларбыт барахсаттар кыһанан туран чиҥ билиини биэрбиттэрин түмүгэр оскуоланы бүтэрбиппит түɵрт уон сылтан оруннар да химия, физикая, алгебра, геометрия задачаларын билигин да суоттуур кыахтаахпын дии саныыбын. Аны «учуутал эрэ буолуохпут суоҕа» диир бэйэбит элбэх оҕо учуутал идэлээхпит уонна күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьабыт.

 

Венера Ивановна СТЕПАНОВА (ИВАНОВА),

«Сыл учуутала-2010» республиканскай күрэх лауреата, Саха Республикатын үɵрэҕириитин попечителлэрин Сэбиэтин Гранын, «Россияны кытта бииргэ 370 сыл» Саха Республикатын бэлиэтин хаһаайына, Саха Республикатын үɵрэҕириитин туйгуна, Ньурба оройуонун Күндээтээҕи «Кэнчээри» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *