Василий Дедюкин ыраах Дьааҥы ыччата, оччотооҕу кэмҥэ аатыра сылдьыбыт поэт, миигиттэн балтараа сыл аҕа эрээри наһаа дуоспуруннаах, бэйэтин билинэр киһи быһыытынан түөһүн өтөччү туттан, дарбааһыннаахтык хамсанар уола хаан этэ. 1991 с. Саха Республикатын Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

Биһиги СГУ ИФФ саха отделениетыгар 1966 с. үөрэнэ киирэрбитигэр Василий иккис курска үөрэнэ сылдьара. Факультеппыт эркинин хаһыатыгар, Кэбээйи оройуонун хаһыатыгар солбуйар редакторынан үлэлии сылдьан үөрэххэ киирбит киһини, миигин факультет «За педкадры» диэн эркин хаһыатыгар биир-биэс тыла суох редакторынан анаан кэбистилэр. Утарылаһар кыах суох, хата мин дьолбор, бииргэ үөрэммит та-баарыһым Кеша Левин ити сыл миигин кытта үөрэххэ туттарсан киирбитин, худуоһунньук быһыытынан ыллым. Хаһыаппыт матырыйааллара дэлэй буолаллара, этэргэ дылы кэһэ сылдьан, талымастаан таһаарарбыт. Тоҕо итиннигэ биллэр. Бары да тылга сыһыаннаах ыччаттар мустубут түөлбэлэрэ буоллахпыт.
Василий Дедюкин «Дьоннор – сулустар, дьоннор – сурааһыннар…» диэн тыллардаах аата суох хоһоону биэрбитин хаһыаппытыгар таһаардыбыт. Миэтэрэнэн усталаах ватманы холбооттоон таһаарбыт хаһыаппытыгар устудьуон бөҕө үмүөрүһэн турдахтарына, ким эрэ: «Дьоннор – сулустар» буолан, оннук баар үһү дуо, эҥин арааһы туойан», – диэн саҥа иһилиннэ. Өйдөөн көрбүтүм ааптарбыт Баһылай оҕолор быыстарыгар өтөллөн турар эбит. Кини муҥутаан өһүргэнэн тыбыыра түстэ: «Акаарылар, тугу билэр буолан өйдөөҕүмсүйэҕит. Бу улахан философскай ис хоһоонноох айымньы буоларын билбэккит», – диэбитэ. Кырдьык, кэлин ити хоһоону литература эргимтэтигэр үрдүктүк сыаналыылларын истэн турардаахпын.

В.Г.Дедюкин улахан дьиибэ киһи этэ. Биирдэ хаһыа да буолан «мэйдии» сырыттахпытына, дойдутугар көтүөхтээх авиабилиэтин көрдөрбүтэ. Өссө киһиҥ корешогын илдьэ сылдьар этэ. Дьэ, бу билиэппит иннэ-кэннэ көстүбэт гына перевозка отделын начальнига илии баттааһыннаах рейстэн тохтотор уонна аныгыскыга көһөрөр туһунан ис хоһоонноох суруктааҕа. Ону аахпыппыт аҕыс рейстэн тохтотуллубут эбит. Ол тухары биһиги киһибит наар аһаан-сиэн чалбааттанан самолетун куоттарар эбит.
Иккис түбэлтэ. Биирдэ эмиэ хаһыа да буолан аһыы-сии олор-дохторуна, биир улахан поэт киһи анараа дойдуга аттаммытын туһунан истибиттэр. Онуоха Дьааҥы уола Василий Георгиевич өргөс гына өрө көрөөт, утары турар Василий Сивцевкэ эппит: «Оо, доор, дьиҥнээх поэттар иккиэйэх эрэ хаалбыппыт дии», – диэн.

Өссө биири этиэҕи баҕарыллар. Василий биһиги иннибитигэр үөрэххэ киирэн баран, өссө да бүтэрбэккэ төрдүс курска тиийэн хаалбытын чопчу өйдүүбүт. Ол гынан баран силигин ситэрэн 7 дуу, 8 дуу сылынан үөрэҕин бүтэрэн төрөөбүт оройуонугар саха тылын уонна литературатын оскуолаҕа отуттан тахса сыл үөрэппитэ. Кини элбэх кинигэни бэчээттэппитэ. Верхоянскай улууһун Бочуоттаах гражданина, саха норуотун конгреһын координационнай Советын чилиэнэ этэ.
Григорий Константинович
ЭВЕРСТОВ-Тыыппалаах.
