Бүлүүйүскэй Альберт Семёнович туһунан: Олоххо дьулуур, сырдыкка тардыһыы холобура

Сууллар сулус курдук күлүм гынан хаалбыт, бэрт сордоох-муҥнаах олоҕу олорон ааспыт биир үөлээннээхпинэн (миигиттэн сыл курдук балыс) Альберт Бүлүүйүскэй буолар. Кини кыра эрдэҕинэ менингиттээн, уҥа өттүн охсор охсон (паралич) илиитэ-атаҕа үлэлээбэт буолбут инбэлиит этэ. Илиитэ оннооҕор ручканы да туппата, сон, ырбаахы сиэҕин курдук босхо салыбырыы сылдьара, олордоҕуна эҥин чэгиэн хаҥас илиитинэн табыгастаах сиргэ уурунан кэбиһэрэ. Хаанньары барбыт атаҕын соһо сылдьара. Сор-муҥ бөҕөнөн 1965 с., 22 саастааҕар Тойбохой орто оскуолатын бүтэрбит. Бу маннык туруктаах эдэр оҕо киһи 60-с сылларга өссө улахан охсууну ылбыт эбит. 1960 с. быраата Сеня олохтон туораабыт, өссө икки сылынан ийэтэ барахсан суох буолбут. Ыарыһах, инбэлиит киһиэхэ дэлэкээннээх охсуу буолуо дуо? Ону ол диэбэккэ, Альберт барахсан олоххо дьулуурунан, сырдыкка тардыһыытынан салгыы олорорго күһэллэр буоллаҕа.

Биһиги курс 1966 с. үөрэхпитин саҕалаабыппыт. Бадаҕа нөҥүө сылтан этэ, Альберт Дьокуускай куоракка көстөр буолбута. Биһигини кытта үөрэнэр Варвара Потапованы, Иннокентий Левини кытта булсан, кэлэр-барар, аныгылыы эттэххэ, тусовкалаһар буол-бута. Кинилэри баһылыыр-көһүлүүр киһинэн, бүтэн биэрбэт үптээҕинэн ити үөһэ ахтыллыбыт Василий Дедюкин этэ. Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, сорох түгэннэргэ, бу хампаанньаҕа мин эмиэ кыттан ыларым.

Альберт ити кэмҥэ «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускайы» суруйан аатыра сылдьара, этэргэ дылы, рейтинэ үрдээбит кэмэ этэ. Киин куораппыт туһунан элбэх ырыа, хоһоон сурулунна да, Альберт киэнигэр тиийэр суохха дылы. Мелодия суруллан ыллана сылдьар кэмэ этэ.

Биир түгэни өйдүүбүн, ити үөһэ ааттаммыт хампаанньаҕа эбии Дмитрий Михайлов-Балаҕаччыыныскай баара чуолкай, Ленин проспегын устун аппа муостатыттан порт диэки хайысханан дэргиччи күүлэйдээн баран хааман иһэрбитин, ол онно Альберт ити ырыатын ыллыырбытыгар сааскы күн уота утары тыгара уонна ырыа ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн проспект дьиэтин-уотун түннүктэрэ күн уотугар чаҕылыйалларын тэҥнии санаан, Альберт бэркэ да этэн суруйбут эбит дии санаабыттаахпын. Ол ыллыы-ыллыы хааман иһэрбитин, бу 80-мун туолаары олорор оҕонньор, бу баар курдук, киинэҕэ көстөрдүү көрөбүн ээ.

Альберт Семенович тыыннааҕар «Уоттаах түннүк» диэн хоһооннорун хомуурунньуга бэчээттэммит. «Бичик» национальнай кинигэ кыһата 2003 сыллаахха «Дойдубар мин тыыннаах эргиллиэм» диэн урут бэчээттэммэтэх айымньыларын хомуурунньугун таһаарбыт эбит. Бу чахчы чаҕылхай сулуһу, айылҕаттан этиттэриилээх талааннаах поэты кытта алтыһан ааспыппын быктардым. Ити кэмҥэ кинини кытта дьылҕа-хаан көрүһүннэрбэтэҕэ, эдэр сааһыгар суох буолбут сураҕын истэн, хомойон хаалбыттаахпын.

Григорий Константинович

ЭВЕРСТОВ-Тыыппалаах.

2023 с. бэс ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *