Артемьев Георгий Михайлович туһунан: Өрүү инники күөҥҥэ

Георгий Михайлович Артемьев юбилейдаах сылыгар ахтыы суруйар, ордук бу биһиэхэ, кинини кытта балачча уһун олохпутугар тэҥҥэ хаамсыбыт дьоҥҥо, улахан чиэс быһыытынан сыаналыам этэ.

Георгий Михайлович үлэлээбит улуустарыгар эрэ буолбакка, төрөөбүт Сахатын сиригэр, Россия эбэ хотуҥҥа биллибит-көстүбүт уонна сураҕырбыт улахан киһибит, биллиилээх политическай уонна государственнай деятель диэн сыана быһыахтаахпыт. Кини эдэр эрдэҕиттэн бу билиҥҥээҥҥэ диэри ол-бу чыынтан-хаантан, араас балаһыанньалартан иҥнибэккэ, уун-утары көрөн туран кырдьыгы эрэ этэр дуулаҕа хорсун уонна эр санаалаах аҕыйах тутан хаалбыт политиктарбытыттан биирдэстэрэ. Кини балачча уһун олоҕун кырдьыктаахтык олорон кэлбитин табаарыстара, доҕотторо, билэр дьон быһыытынан, бу суруйан эрдэхпит.

Дьэ бу суруйар киһибин аан бастаан, киһи сөҕүөх, Хабаровскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуолаҕа истэн-билэн турабын. Ити 1981 сыллаахха бастакы курска үөрэнэр сылбытыгар этэ. Биир үтүө күн Саха сириттэн партийнай үлэһиттэр улахан бөлөхтөрө семинар-мунньахха кытта кэлбиттэрин иһиттибит. Хоспутугар хас да киһи киирэн кэллэ. Биир орто уҥуохтаах, киппэ, модьу-таҕа, бэйэтин лаппа кыанар көрүҥнээх уола-хаан: «Дорооболоруҥ, мин Артемьев диэммин», – диэн балачча дорҕоонноохтук улахан куолаһынан билсиһиннэрэн турар. Киһим өссө бу хоско олорбутун, сыппыт оронугар мин сыппыппын этэн, суол ааныттан сылаас-истиҥ сыһыаны олохтуу охсубута. Биһиги иннибитигэр партийнай оскуоланы бүтэрбит буолан таҕыста. Ол да иһин кинини кытта бииргэ үөрэммит түөрт сыллаахтар киһибитин наар хайҕаан тахсаллара.

Дьэ кырдьык, киһи хайдах да умна охсон кэбиспэт киһитин кытта ити курдук билсиһэн, күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри Георгий, Гоша дэһэн кэллэхпит.

Георгий Михайлович туһунан киһи хайдах да биир-икки тылынан этэн кэбиспэт эбит. Кини олоҕо ол курдук дьоһун, киэҥ ис хоһоонноох. Биһиги көлүөнэбит бириэмэтэ салахайынан бүрүллүбүт күөл мэндээриччи уу-чуумпутук көрө сытарыгар майгыннаабатаҕа. Кыра, улахан үрүйэлэр, үрэхтэр күллүгүрээн-халлыгыраан, эрийэ-буруйа айаннаан, суол солонон, сүүрүктээх, дохсун будулҕаннаах өрүскэ киирэн түөрэккэй соҕус тыыга олорон, Олох диэн ыҥыра турар бэрт кэрэ өйдөбүлгэ тиийэ, олоро охсоору балысхан долгуннары кытта эрийсэн кэллэхпит. Ити биһиги, сүүрбэһис үйэ атах сыгынньах үрэх баһын, алаас, сайылык оҕолоро барахсаттар, сырдык олоҕу тутаары айдахпыт-туттахпыт.

Георгий Михайлович иккис дойдута буолбут Тааттатыгар, мин дойдубар Намҥа райком бастакы секретардарынан үлэлиир сылларбытыгар күүрээннээх үлэ, истиҥ сыһыан аан бастаан саҕаламмыттарын олус дуоһуйан туран бу билигин санаан ылабын.

Кырдьык да киһи уйана-хатана биллиэхтээх кэмигэр Георгий Михайлович иккис дойдута буолбут таптыыр, махтанар Тааттатыгар хайдах үлэлээбитин биһиги табаарыстара истэн эрэ буолбакка, олус бэркэ билэбит уонна Георгий Михайловиһы ити ыарахан боппуруостарыгар өйөөн, көмөлөһөн кэллэхпит. Дьэ чахчы модун күүс, булгуруйбат, булгуччулаах, дуолан өй-санаа, дьыаланы төрдүгэр тириэрдэн, дьоно-сэргэтэ баҕарбыт баҕаларын олоххо киллэрии курдук киһиэхэ мээнэ бэриллибэт уһулуччу хаачыстыбалар Георгий Михайловичка урут да, билигин да баалларын бигэргэтэн этиэхпин сөп.

Георгий Михайлович туһунан оройуоҥҥа эрэ буолбакка, республикаҕа биллэр советскай-партийнай үлэ ветерана Елена Ивановна Софронова маннык ахтар: «…Элбэх өрүттээх үлэ түмүгэр оройуон историческай-географическай аатын республикаҕа бастакынан төннөрүүгэ, репрессия сиэртибэлэринэн буолбут 22 бастыҥ биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын тилиннэриигэ, 1954 сыллаахха оройуону бандьыыттааһыҥҥа, буржуазнай нацианализмҥа буруйдаабыт ыар уурааҕы көтүттэриигэ, 1990 сыллаахха “Cоциалистическая Якутия” хаһыат оройуон дьонун-сэргэтин иккис аан дойду сэриитин кэмигэр таҥнарыахсыттар курдук суруйбут “Быстыбат ситим” диэн ыстатыйатыттан босхолонуутугар улахан үтүөлээх, умнуллубат өҥөлөөх салайааччынан буолар”.

«Төрүт ааппытын төннөрөөрү оройуон салалтата урут да, ордук 1965 сыл кэнниттэн, туруорсара да, бу боппуруос кыайан быһаарыллыбат этэ. Таатталар дьолбутугар бу дьыаланы хамсатарга олохтоохтук ылсан, боппуруоһу бары өттүттэн үөрэтэн, республика салалтатын кытта дьаныардаахтык үлэлээн, ол кэмҥэ хорсуннук туруорсан, оройуоҥҥа төрүт ааппытын төннөрбүт сүдү үтүөлээх салайааччыбытынан Георгий Михайлович Артемьев буолар», – диэн оройуон Ытык киһитэ Николай Николаевич Колодезников итэҕэтиилээхтик этэр.

Икки оройуон улуу уолаттара Платон Алексеевич Ойуунускай, Максим Кирович Аммосов уу тэстибэт доҕордуулар, халбаҥнаабат бассабыыктар, коммунистар, революция, саҥа үйэ мохсоҕоллоро этилэр. Кинилэр сырдык ааттара 1957 сыллаахха суут-сокуон өттүнэн ыраастаммытын да иһин, кинилэри тула кир-хох, туттуна-туттуна 80-85 сыллаах юбилейдара тыаһа-сыма суох барбыттара. Улуу дьоммутун 90 саастарыттан саҕалаан юбилейдарын дьоһуннук ыытар буоллубут.

Кырдьык даҕаны кинилэр ааттарын-суолларын салгыы илдьэ барарга төрөөбүт оройуоннара, дьоно-сэргэтэ саҕалаабатахтарына, ама ким саҕалыай диэн боппуруоһунан, ыра санаанан салайтаран, икки оройуон доҕордоһуу дуогабарын түһэрсэн турабыт. Онно олоҕуран норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар туспа дуогабардар ылыллыбыттара. Хардарыта улахан делегациянан тэрилтэлэр, ыччаттар, спортсменнар сибээстэһиилэрэ кэҥээбитэ. Араас куоталаһыылар, уопут атастаһыылара былааннаахтык барбыттара.

Ити дьылларга илин эҥээргэ улахан курааннар тураннар, Уус-Алдан, Таатта, Чурапчы үлэһит дьоно Нам өҥ буоругар от бөҕөнү оттообуттара. Үөлээннээҕим, табаарыһым Георгий Михайлович бэйэтинэн кэлэн Таастаах, Салбаҥ от үрэхтэрин биһиги отчуттарбыт оттоон барбыт улахан эбэлэрин икки күнү быһа, ыарахан айанын айан диэбэккэ, сылдьан, дойдутугар тиийэн «Туора Күөл», «Дэбдиргэ» отделениеларын отчуттарын тэрийэн, хоһуун үлэһит эр бэртэрин ыытан, от бөҕөнү оттоппута. Кыһыны быһа пресстэммит от тиэйиилээх техника бөҕө сыбыытаабыта. Көр, дьонун туһугар кыһанар райком секретара сайын устата иккитэ кэлэн дьонун-сэргэтин санааларын көтөҕөн барбыта элбэҕи этэр.

Саха Республикатын Верховнай Советыгар, Ил Түмэнигэр иккиэммитигэр дьоммут-сэргэбит барахсаттар народнай депутат мандатын туттараннар, үрдүк чиэһи, ирдэбили сүктэрбиттэрэ. Народнай депутаттартан Георгий Михайлович булгуруйбат санаатынан, олоҕу ис өттүттэн билэринэн-көрөрүнэн, саха норуота инники кэскилин санаан илбиһирэн туран үлэлээбит, ууга-уокка киирэрин кэрэйбэт, наада тирээтэҕинэ харса-ньуура суох төрөөбүт төрүт түөлбэтин, сахатын норуотун саамай эрэллээхтик көмүскээбит уонна көмүскэһэр государственник, политик быһыытынан өрүүтүн инники күөҥҥэ сылдьарын бу билигин сынньалаҥҥа олорон сөҕө-махтайа санаан ылабын. Хомойуох иһин, оннук дьоммут аҕыйах.

«Государственнай суверенитет туһунан декларацияны», «Федеративнай дуогабары», «Саха Республикатын Конституциятын» оҥорсууга, дьүүллэһиигэ, ылыныыга Георгий Михайлович аата биир бастакынан ааттаныахтаах, государственноһы бөҕөргөтүүгэ киллэрсибит кылаата көмүс буукубанан суруллуохтаах.

Саха норуотун туһугар улууканнаах сүдү государственнай уонна политическай суолталаах дьаһаллары оҥорбут, ону олоххо киллэртэрбит XII ыҥырыылаах Саха Республикатын Верховнай Советын ханнык да биричиинэтэ суох ыһар суолга туруммут ол саҕанааҕы республика салалтатыгар туһаайан Георгий Михайлович эппит кытаанах кымньыы тылын-өһүн, модун куолаһын билигин да сорох-сорохтор утуйа сытан түһээн уһуктар буолуохтаахтар.

Кини ханнык баҕарар боппуруостарга кырааската, ол-бу мачайа, ньуолбар тыла-өһө суох, сүгэ-балта тылларынан аһаҕастык этэрин мин элбэхтик истибит киһибин. Ол этэрэ барыта оруннаах, дакаастабыллаах буолара.

«Демократтар» күннээн-күөнэхтээн сылдьар кэмнэригэр ыһыллыбыт Верховнай Совет оннугар Саха сиригэр саҥа парламент – Ил Түмэн тэриллэн, онно бастакы быыбардар буолбуттара. Толорор былаас, биллэн турар, чурумчулаан баран сиэтэ сылдьар депутаттары таллартараары «үлэ бөҕөнү» ыыппыта. Ол кыаллыбатаҕа. Быыбардааччылар норуот интэриэһин чахчы-бааччы көмүскэһэр дьону, ордук чуолаан Верховнай Совет урукку депутаттарыттан талан ылан саҥа былааска олордон кэбиспиттэрэ.

Георгий Михайлович быыбардааччылар үрдүк итэҕэллэрин ылан, народнай депутат аатын түһэн биэрбэтэҕэ. Өссө тэбиэһирэн туран Ил Түмэн аатын-суолун, суобаһын көмүскээбит депутаттарын инники күөнүгэр сылдьыбыта. Кини Республика Палататын сокуону оҥорууга, кадровай политикаҕа, бэйэни салайыныыга уонна государственнай органнары сүрүннэһэргэ бастайааннай комиссиятын олус чиэстээхтик салайбыта. Республика Конституциятыгар принципиальнай уларытыылар киирбиттэрэ. Парламент аҥардас сокуону эрэ таһаарар былаас буолбакка, аны кини норуот талбыт представительнай, ханнык баҕарар эйгэҕэ хонтуруолу олохтуур былааһыгар кубулуйбута.

Конституция балаһыанньалара хонтуруолга ылыллыбыттара. Ити сүрүн боппуруостары Георгий Михайлович салайар комиссията оннун булларан, үлэ бөҕөнү ыыппытын бэлиэтиэхтээхпин. Ил Түмэн бастакы ыҥырыылаах народнай депутаттара олус айымньылаахтык, чахчы бэриниилээхтик үлэлээбиттэрэ. Ити саҕана Россияҕа олус бутуурдаах, улахан мунуулаах-тэниилээх кэмнэр таҥнары сатыылаабыт бириэмэлэрэ этэ. Ону ол диэбэккэ, бастакы ыҥырыы депутаттара республика интэриэһин инники күөҥҥэ тутан, норуот туһугар анаммыт дириҥ ис хоһоонноох политиканы кытаанахтык илиигэ ылан доруобуйаларын, олохторун кэрэйбэккэ таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ омуннааһын буолбатах.

Дэлэҕэ даҕаны олохтоох былаастарга быыбардар буолбуттара. Ол аата икки сылы быһа ананан үлэлээбит улуустар баһылыктара аны дьонунан-сэргэнэн быһа талыллар бэрээдэктэрэ олохтоммута. Олохтоох былаас депутаттара быыбардаммыттара. Үп-харчы хонтуруолга ылыллыбыта. Кадровай политика оннун булбута. Правительство састааба саҥардыллыбыта. Правительство, туһааннаах министрдэр отчуоттара парламеҥҥа истиллэр бэрээдэктэрэ олохтоммута. Биллэн турар, Ил Түмэн үлэтэ киэҥ бөҕө буоллаҕа. Ити улахан буһуу-хатыы кэмнэригэр Георгий Михайлович салайар комиссията инники күөҥҥэ сылдьара, комиссия председателин долгутуулаах, чөллөркөй куолаһа сессияларга, кыра-улахан мунньахтарга, араас көрсүһүүлэргэ ылыннарыылаахтык иһиллэрэ, быыс-хайаҕас булан ылбат этиилэрин дьон-сэргэ астынан истэрэ.

Райком иккис, бастакы секретардара, райсовет председателэ, Таатта, Мэҥэ-Хаҥалас оройуоннар баһылыктара, XII ыҥырыылаах Верховнай Советын, бастакы, үһүс, төрдүс ыҥырыылаах Саха Республикатын (Ил Түмэн) Государственнай Мунньаҕын народнай депутаттара, ол быыһыгар «Заречье» холбоһук салайааччыта, айылҕа харыстабылын солбуйааччы министрэ, Якутскай горкомун бастакы, Саха Республикатын рескомун секретардара – бу барыта биир киһи ньыгыл санныгар сүктэриллибитэ бар дьонун үрдүк сыанабыла, эрэлэ диэхтээхпин.

Урут үлэлиир эрдэххэ Тааттанан, Мэҥэ-Хаҥалаһынан командировкаларга, билигин сынньалаҥҥа да олордорбун хам-дьаа сылдьан Георгий Михайлович туруорсан, иэмэх мастыы эрийсэн туттарбыт суола-ииһэ, производственнай тутуулара, үөрэх, доруобуйа харыстабылын, спорт, культура араас объектара дьэндэһэн туралларыттан үөрэрим, сөҕөрүм ханна барыай. «Заречьеҕа» салайааччы, айылҕа харыстабылыгар солбуйааччы министринэн үлэлиир сылларыгар хотунан-соҕуруунан сүүрэн-көтөн, Москваҕа элбэх наадалаах министерстволарга, ведомстволарга, научнай эйгэҕэ сылдьан республика интэриэһигэр үгүс үлэни ыытыспытын бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ этиэхтэрэ буоллаҕа.

Табаарыспыт, доҕорбут Георгий Михайлович туһунан өссө биирдэ этэр эбит буоллахха, дьэ чахчы киһилээхпин диир киһибит. Көстөр бухатыыр дьүһүннүүн, сындалҕаннаах, эрийсиилээх, сороҕор баттабыллаах да соҕус бириэмэ бүк баттаабатах чокуур коммуниһа. Бэйэтэ малтаччы сахалыы өйдөөх-санаалаах, туспа буочардаах, «тэпсиллэ-тэпсиллэ» модун санаатынан, билэр-билбэт дьонун-сэргэтин өйөбүлүнэн икки атаҕар туран кэлэр бэрт аҕыйах киһиттэн кини соҕотох диэхпин сөп.

«Тапталлаах Сахаҥ сирин инникитин кэрэһилээн, сахаҥ норуотун дьылҕатын санаан улахан политикаттан эрдэ туораама. Өйү-санааны уһугуннарар, тииһи-уоһу оҥостор күннэр-дьыллар кэлэн иһэллэр. Эн курдук анаан-минээн хатырыллыбыт государственник уонна политик тыаһа-ууһа суох туоруура аньыыга тэҥнээх. Амарах кэргэн, аҕа, эһэ, хаһан да таҥнарбат табаарыс, доҕор үтүөтэ, Георгий Михайлович, инниҥ хоту эрэллээхтик баран ис. Тапталлаах кэргэҥҥинээн Александра Григорьевналыын көмүс чыычаахтаргытын көрүҥ-истиҥ, доруобай буолуҥ, дьоҥҥутун-сэргэҕитин өрүү үөрдэ-көтүтэ туруҥ!» – диэн алгыс тылбынан ахтыыбын түмүктүүбүн.

Егор Михайлович ЛАРИОНОВ,

XII ыҥырыылаах Верховнай Советын,

I-II ыҥырыылаах Саха Республикатын

Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) народнай депутата,

Верховнай Совет солбуйааччы председателэ,

Республика Палататын председателэ, Российскай Федерация

Федеральнай мунньаҕын Федерация Сэбиэтин чилиэнэ,

Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын

үтүөлээх үлэһитэ, М.К.Аммосов аатынан

Государственнай бириэмийэ лауреата,

Сунтаар, Нам оройуоннарын бочуоттаах гражданина.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *