ГЕРОЙ-ИЙЭ, КӨБӨКӨН НЭҺИЛИЭГИН БОЧУОТТААХ ГРАЖДАНИНА
Төрөөбүт дойдуга таптал ийэҕэ тапталтан саҕаланар. Киһи буолуу ийэттэн саҕаланар. Сахаларга олус бэргэн, дириҥ ис хоһоонноох этии баар: «Ыал – ийэтинэн…». Ол курдук Аан Тараҕана сайылыктаах, киэҥ нэлэмэн сыһыылардаах, халыҥ сис тыалардаах, биллэр Бэдьээлэ олоҥхоһуттаах, Өлүөнэ эбэ үрдүгэр турар Көбөкөммүт сирэ күн-күбэй ийэлэринэн киэн туттар. Ол курдук, Көбөкөммүт нэһилиэгэр алта герой ийэ баарыттан биирдэстэрэ – Көбөкөн нэһилиэгин ытык киһитэ, Герой ийэ – Анастасия Семёновна Ядрихинская.

Анастасия Семёновна Көбөкөн нэһилиэгэр Фрунзе учаастагар колхуостаах дьиэ-кэргэҥҥэ, бэс ыйын 23 күнүгэр 1940 сыллаахха күн сирин көрөр. Кини 10 оҕо амарах ийэтэ, 28 оҕо эбээтэ, 13 оҕо хос эбээтэ.
Анастасия Нам оройуонун Хамаҕатта нэһилиэгин сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар Фрунзе «Коммунизм» колхуоһугар бэйэтин үлэтин саҕалаабыта. 1967 сыллаахха Төҥүлүтээҕи СПТУ санитарнай бэтэринээр салаатын үөрэнэн бүтэрэн, дойдутугар төннөн кэлэн идэтинэн үөрэ-көтө үлэлиир. Онтон ыал буолан, 10 оҕону төрөтөн, оҕо саадыгар иитээччинэн, ньээҥкэнэн үлэлээбитэ.
Көбөкөн нэһилиэгин общественнай, культурнай олоҕун актыыбынай кыттыылааҕа. Комсомольскай комитет чилиэнэ, Көбөкөҥҥө уус-уран самодеятельность сайдарыгар кылаатын киллэрбитэ.
1982 сыллаахха ССРС Верховнай Сэбиэтин укааһынан «Мать-героиня» үрдүк аатын иҥэрэллэр. Анастасия Семёновна 10 оҕотун барыларын үөрэхтээн, атахтарыгар туруоран киһи сиэринэн иитэн, күүстээх санаалаах Ийэ буолар. Кини оҕолоро:
Бастакы уол – Бурнашев Андрей Николаевич, Нам улууһун биир биллэр киэн туттар спортсмена, сүүрүгэ, Нам нэһилиэгэр олорор, үлэлии-хамныы сылдьар, биир кыыс оҕолоох, эйэҕэс эһээ.
Иккис уол – Бурнашев Николай Николаевич, Көбөкөн нэһилиэгин биир бас ыала буолан быр-бааччы олорор, сыспай сиэллээҕи иитэн, тыа хаһаайыстыбатын специалиһынан үлэлии сылдьар, үс уол оҕо аҕата, алта сиэн эйэҕэс эһээтэ. Үһүс оҕо – Лисачева Анна Николаевна, Көбөкөҥҥө дьиэ кэргэнинээн олорор, түөрт оҕо истиҥ ийэтэ, икки оҕо эбээтэ.
Төрдүс оҕо – Васильева Александра Николаевна, Дьокуускайга олорор, Культура уонна искусство колледжын уһуйааччыта, Саха Республикатын Культуратын туйгуна. Икки оҕолоох, түөрт оҕо эбээтэ. Бэһис оҕо – Матвеева Анастасия Николаевна, Мэҥэ-Хаҥалас Бүтэйдээҕэр олорор, культура эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар, икки уол оҕолоох.
Алтыс оҕо – Барамыгина Мария Прокопьевна, Саха Республикатын медицинскай киинигэр үлэлии хамсыы сылдьар, уол оҕолоох. Сэттис оҕо – Петрова Марфа Прокопьевна, СГУ культурология салаатын кыһыл дипломунан бүтэрэн, Дьокуускайга үлэлии – хамсыы сылдьар, үс оҕо ийэтэ. Ахсыс оҕо – Барамыгин Прокопий Прокопьевич, Дьокуускайга олорор, үс оҕо амарах аҕата.
Тохсус оҕо – Фёдорова Екатерина Прокопьевна Уус-Алдан Дүпсүн нэһилиэгэр олорор, «Дьиэ кэргэн – олох ситимэ» диэн күрэххэ бастакы миэстэ ылбыттара, «Дүпсүн нэһилиэгэ», «Саха Республиката» кинигэ геройдара, Россия үрдүнэн ыытыллыбыт “Сыл бастыҥ дьиэ-кэргэнэ” диэн фестиваль куонкуруска кыттан кыайыылаах буолан Саха Республикатын президенин Гранынан наҕараадаланаллар, биэс оҕолоохтор. Онус оҕо – Захарова Татьяна Прокопьевна, Томпо оройуонун Мэҥэ-Алдан нэһилиэгэр ньир-бааччы үлэлии-хамсыы сылдьар, үс оҕолоох ийэ.
Анастасия Семёновна оҕолоро үксүлэрэ культура өттүнэн үлэлээн-хамсаан ыал ийэлэрэ, аҕалара, эһээ, эбээ буолан олороллор.
Ийэлэрэ дьоҕурдаах, ис айылҕаттан талааннаах буолан оҕолорун кэрэ эйгэҕэ угуйан иитэн таһаарбыта. Анастасия Семёновна туһунан 2010 сыллаахха сиэнэ Платонова Кэрэллээнэ Ивановна «Герой ийэ А.С. Ядрихинская» диэн кинигэ таһаарбыта.
Анастасия Семёновна 2020 сыллаахха күн сириттэн туораабыта. Көбөкөн нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Герой ийэбитинэн киэн туттабыт.
Галина СЕМЁНОВА.
Нам, Көбөкөн.
2022 сыл, ахсынньы ый.
(“Ахтыылар”, 2025 сыл)
