Николай Николаевич Волковы кытта тренерим Илья Васильевич Павлов 1964-1966 сыллардаахха билиһиннэрэн турар.
Оччолорго мин Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар үөрэнэр этим. Тренерим Илья Павлов олус ытыгылаан ахтар, кэпсиир киһитэ буолар этэ. Элбэх биллэр тустууктар, тренердэр үксүгэр Николай Николаевич тула үмүөрүһэ сылдьар буолалларын элбэхтик көрөрүм. Оччолорго сахаҕа үрдүк уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх чиргэл киһи буолан көстөрө. Аҕата Ньукулай оҕонньор икки миэтэрэни чугаһатар үрдүк уҥуохтаах, күүстээх киһинэн биллэр эбит. Ол да иһин Николай Николаевич төрөлкөй буоллаҕа.
Кини эдэр сылдьан маҥнай үс сыл боксанан дьарыктаммыт, хайыһарга оройуон чемпиона буола сылдьыбыт, атаҕынан эмиэ үчүгэйдик сүүрэр эбит. Баардаах баардаах курдук эт-хаан өртүнэн эргиччи сайдыылаах. 1957 сыллаахха көҥүл тустууга республика иккис чемпионатыгар Бүлүү хамаандатыгар киирэн бэйэтин ыйааһыныгар 73 киилэҕэ 12 тустууктан бастаан тахсар. Ол сыл хапсаҕайга республика чемпиона буолар. Иван Васильевич Морозов 130 киилэлээх нуучча бухатыыра ССРС иккис призёра Бүлүүгэ сбор ыыта сырыттаҕына уол кини илиитин-атаҕын тутуһан бэрэбиэркэлээн көрөр. Олус күүһүттэн саллыбыт этэ. Эдэр уолу Николай Тарскай бэлиэтии көрөн үбүгэр-аһыгар, проеһыгар кыаллыбат уолга көмөлөһөн туран Москваҕа физкультурнай институтка үөрэттэрэ ыытар.

Үөрэнэ сылдьан биллиилээх тренердэрдиин А.С.Карапетяннныын, С.А.Преображенскайдыын, А.М.Дякинныын, Л.Красавинныын билсибитэ. Биир кэмҥэ кэлин биллиилээх тренердэр буолбут Деги Багаевтыын, Хасан Хутбеевтыын бииргэ эрчиллибитэ. Онтуката кэлин Роман Дмитриевы оскуола кэнниттэн Союз сборнайыгар киириитигэр уонна улахан тренердэргэ С.А.Преображенскайга, Барбаҕа сыһыарыыга төһүү буолбута. Саха сириттэн бастакы дипломнаах тустуу профессиональнай тренерэ, тустууга республиканскай категориялаах судьуйа буолар. Үөрэҕин бүтэрээт Н.Н.Тарскай сорудаҕынан РСФСР норуоттарын 2 спартакиадатын финалыгар кыттар саха бөҕөстөрүгэр тренердиир уонна тустуу икки көрүҥэр тэҥҥэ судьуйалаһар, туйгун сыана ылар.
Ити сыл Саха сирин тустууга федерациятын бастакы председателинэн талыллар. Эһиилигэр 1960 с. эдэр уол Россия көҥүл тустууга федерациятын исполкомун чилиэнэ буолар уонна уон сыл устата үлэлиир. Ытыктабыллаах М.Н.Сибиряков ахтыытыгар: «Н.Н.Волков аата-суола өссө Коркин Д.П. сураҕа-садьыга дуораһыйа илигинэ Союзка, Россияҕа тахсыбыта, – диир. – Кавказка Саха сирэ ханна баарын билбэт этилэр, саха тустууктарынан сирдэтэн билбиттэрэ, саха тустуутун сборнайын биэс тустууга үрдүк үөрэхтээхтэрэ, бары “ромбик” кэтэ сылдһаллара», – диэн ахтар.
Эһиилигэр 1960 сыллаахха Саха АССР спортивнай обществоларын уонна тэрилтэлэрин Союһун председателин солбуйааччы буолар. Бу сыл Саха сирин хамаандатын бэлэмнээн Урал, Сибиир, Дальнай Восток 20 хамаандаларыттан үһүс миэстэҕэ таһаарар. Дагестан тустууга хамаандатын Якутскайга кэпсэтэн аҕалан матчевай көрсүһүү оҥорон 4:4 ахсааннаах тэҥнэһии оҥорор. Россия саамай күүстээх хамаандатын кытта оччолорго тэҥнэһии оҥоруута эдэр тренергэ улахан ситиһиитэ буолар.
Ити сыл Николай Гоголев, Альберт Захаров, Сергей Иванов, Пётр Гаврильев, Владимир Варламов ССРС спордун маастарын нуорматын толороллор. 1961 с. Пётр Алексеев, Максим Сибиряков чаҕылхайдык тустан ССРС спордун маастара буолаллар. Пётр Попов сахалартан аан бастаан оҕолорго ССРС үрүҥ көмүс призёра буолар. 1962 с. Николай Николаевич эрчийбит уолаттара Россияҕа Николай Гоголев чемпион, Пётр Алексеев – 2 призёр, Эдуард Гегеев – 3 призёр буолаллар. 1963 с. уолаттар Юрий Кишиевы, Елкан Тедеевы, Али Алиевы кытта тэҥҥэ тустар буола үүммүттэрэ. Пётр Попов уолаттарга ССРС-ка иккис төгүлүн үрүҥ көмүс призёр буолар.
Николай Гоголев, Алквиад Иванов РСФСР сборнайыгар киирэн Иран аатырбыт тустууктарын кытта ситиһиилээхтик тусталлар. 1964 с. Н.Н.Волков эрчийбит хамаандата Дьокуускайга чаҕылхайдык тустар: Алквиад Иванов, Пётр Алексеев, Альберт Захаров, Эдуард Гегеев кыһыл көмүс, Николай Гоголев, Алексей Ермолаев, Владимир Данилов үрүҥ көмүс. Николай Алексеев боруонса мэтээли Сахаларын сиригэр бэлэхтээбиттэрэ. Ити ситиһии күн бүгүнүгэр диэри хатылана илик.
Ити сыл Монголияҕа буолар международнай күрэхтэһиигэ Саха сириттэн А.Иванов, П.Алексеев киирэллэр. Хамаандаҕа Юрий Шахмурадов, Елкан Тедеев, Бимбулат Дзуцев, Геннадий Андиев курдук улуу тустууктар Николай Николаевич салалтатынан эрчиллибиттэрэ. 1965 с. Калининград куоракка ыытыллыбыт Россия чемпионатыгар Пётр Алексеев иккис төгүлүн субуруччу, Пётр Попов чемпионнаабыттара, Максим Тихонов үрүҥ көмүс, Алексей Атласов боруонса призёр буолбуттара. Уолаттар Волков салалтатынан эрчиллибиттэрэ.
Н.Н.Волков аан маҥнай тренерскэй үлэтин педучилищеттан саҕалаабыта. Түүн 12 чааска диэри үлэлиир кэмнэрэ баара. Онно эрчийбит уолаттара Семён Алексеев, Юрий Васильев, Моисей Литвинцев, Денис Кривошапкин, Алексей Мостахов, Иннокентий Протодьяконов, Валерий Колодезников, Николай Степанов бары ааттаах-суоллаах улахан спорт маастардара буолбуттара. Дьэ ити барыта Николай Николаевич бэйэтин кэмигэр уһулуччулаах тренер буоларын туоһулуур.
Оччолорго улахан дьоҥҥо Россия, Союз, тас дойдуларга таһааран ситиһиилээхтик туһуннарыы улахан ситиһии. Тоҕо диэтэххэ Саха сиригэр көҥүл тустуу Кавказ республикаларыттан быдан хаалан сайдыбыта. Николай Николаевиһы ити үлүгэрдээх чаҕылхай дакаастабыллары аҕалан туран, саха тустуутун аҕата диэхпин баҕарабын. Ону ааһан кинини саха тустуутун улахан дипломата диибин. Холобур, 1964 сыллаахха Россия күрэхтэһиитин Саха сиригэр ыытар уустуктардаах этэ. Өссө даҕаны оннук улахан таһымҥа тиийэ илик этибит. Онно Николай Николаевич улахан авторитета, тустуу улахан тренердэрин, салайааччыларын кытта билсиитэ-көрсуутэ улахан оруолу ылбыта.
1966 сыллаахха аан бастаан саха тустууктарын аан дойду көбүөрүгэр таһаарыыта тоҕо эрэ үчүгэйдик сырдатыллыбатах. ССРС тустуу федерациятын эппиэттиир сэкиритээрэ Н.Д.Сырчины кытта бары сатабылын киллэрэн кэпсэтэн Вячеслав Карповы, Алексей Ермолаевы, Пётр Алексеевы, Пётр Попову Тбилиситээҕи аан дойду турнирыгар эрчиллэ баралларын ситиспитэ. Эрчиллэргэ көҥүл ылыы боростуой боппуруос буолбатах этэ. Эрчиллибит эрэ тустуук Тбилиситээҕи турнирга киирбэт этэ. Турнирга кыттыы улахан кэпсэтиини эрэйэрэ. Союз хамаандатын старшай тренердэрин А.Дякины, В.Балавадзены кытта официальнайа суох тус бэйэ көрсүһүүнү, кэпсэтиини ыытан, бэйэтин сөбүлэтэн уолаттарын Тбилиситээҕи турнирга кытталларын ситиһэр уонна ону ааһан бэйэтин ол турнирга союз хамаандатын үһүс тренеринэн анаттарар.
Мин итини төһө ыараханын ССРС көҥүл тустууга федерациятын исполкомун чилиэнэ буола сылдьан, ССРС көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын Сиэтллээҕи Игры Доброй Воли оонньууларыгар бэрэстэбиитэлэ буола сылдьан эт хааммынан билбит дьыалам. Ол турнирга эдэркээн Вячеслав Карпов үһүс, Пётр Алексеев биир да хотторуута суох иккис, Алексей Ермолаев грузин бөҕөстөрүн кэнниттэн үһүс, Пётр Попов олус күүстээх састаапка бэһис буолаллар. Ити саха тустууктара аан дойду таһымыгар маҥнайгы тахсыылара этэ. Омук тустууктарын тренердэрэ, специалистара саха тустууктарын аан бастаан бэлиэтии көрбүттэрэ. Кинилэр тустар истииллэрин, харса суохтарын, сылайбаттарын, былчыҥнарын структуратын туһунан үрдүк сыанабылы биэрбиттэрэ. Элбэх спортивнай хаһыаттарга суруйбуттара.
1968 сыллаахха Волков Н.Н.Болгарияҕа буолбут «Аан дойду ыччаттарын, студеннарын фестивалыгар» ССРС сүүмэрдэммит хамаандатын көҥүл тустууга тренерэ буолан салайан илдьэ сылдьыбыта. Официальнай биллэриигэ Саха сирин тустууга хамаандата Советскай Союз спортивнай чиэһин көмүскүүр диэбиттэрэ. Ол курдук Пётр Платонов, Иван Соловьев, Константин Леонтьев, Николай Захаров олус тахсыылаахтык тустубуттара. Дьэ ити барыта Николай Николаевич өҥөтө, дипломатията буолар. Мин ол иһин кинини тустуу улахан дипломата диэн ааттыыбын.
1989 сыллаахха Махачкалаҕа буолбут ССРС чемпионатын кэнниттэн миигин уонна Роман Михайловиһы улуу Али Алиев муора кытылыгар даачатыгар ыҥыран күндүлээбитэ. Онно Юрий Шахмурадов, Нугдзар Журули бааллара. Николай Николаевиһы олус ытыгылаан ахтыбыттарын испэр олус киэн туттубутум. Запорожьеҕа буолбут ССРС чемпионатын кэнниттэн катерынан күүлэйдэтэ сырыттахтарына Чечня улуу тренерэ Деги Багаев бэйэтинэн кэлэн Николай Николаевич туһунан олус истиҥник ахтан ыйыталаспыта олус астык этэ.
Николай Николаевич 2001 сыллаахха, сааһыран баран, 69 сааһыгар «Самоутверждение личности борца вольного стиля в истории развития спорта Республики Саха (Якутия)» темаҕа педагогическай наука кандидатын учуонай степенин ыларга диссертация ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Диссертацияҕа саха тустуутун 1956-2001 сс. историятыгар олоҕуран, саха бөҕөстөрө сайдыыларын уратыларыгар научнай-педагогическай ырытыы, чинчийии, түмүктээһиннэр оҥоһуллубуттара. Диссертациятыгар, авторефератыгар аан бастакынан өр сылларга бииргэ үлэлээбит киһитин, улуу тренер Д.П.Коркин научнай концепцияларын ырыппыта, киэҥ научнай эйгэ билиитигэр таһаарбыта.
Николай Николаевич Саха сирин тустуутун уонна тустууктарын туһунан барыта биэс кинигэни суруйда. Хас биирдии кинигэтэ тустуу энциклопедията буолар. Ону ырытан көрдөххө хас сыллаахха тустууктар ханнык ситиһиини көрдөрбүттэрэ, хайдах тустубуттара, ханнык албаһы туттубуттара, аан дойду улуу тустууктарын кытта чугуйбакка хорсуннук тустубуттара барыта тиһиллэ сылдьар. Саха сирин киэн туттар тустууктарын Пётр Попову, Алквиад Иванову, Николай Гоголевы о.д.а. көрөн турар курдук сиһилии ырытар. Саха сирин тустуутун дьолугар тустуу хайдах сайдан иһиитин тиһэн, ырытан ууран биэрбит. Эмпирическэй матырыйаала хас да докторскай диссертацияҕа тиийиэн сөп эбит. Ону баара практическай тренерскэй үлэҕэ сыстан хаалан, наукаҕа эрдэ барбакка хаалбыта хомолтолоох.
Онон мин Николай Николаевиһы саха тустуутун профессора диибин. Кинини анаардас улуу тренер эрэ быһыытынан көрөр дубук буолуо. Тыа сириттэн Хотун Бүлүү түгэҕиттэн төрүттээх буолан булка-аска олус сыһыаннаах. Тайаҕы да, эһэни да, куһу-хааһы да, куобаҕы да бултаабыт ахан киһи. Балыгар да үчүгэй. Киһи быһыытынан дьону-сэргэни кытта уопсай тыл булан кэпсэтэринэн, улаатымсыга суоҕунан, кэпсэлэ элбэҕинэн, юмордааҕынан киһи киэнэ мааныта.
Улахан дьиэ кэргэн аҕата, эһээтэ. Кэргэнинээн Тамара Васильевналыын 58 сыл бииргэ олороллор. Нижнэй Новгородтан Саха сиригэр үлэҕэ кэлбит кыыһы киһи көстүүлээҕэ буолан кып гыннаран кэргэн ылар. Тамара Васильевна кэлин СГУ медицинскэй факультетын кыһыл дипломунан бүтэрэр уонна үйэтин тухары враһынан үлэлиир. Икки уол оҕолоохтор, элбэх сиэннэрдээхтэр. Эһээлэрин суолун батан тустуу араас көрүҥүнэн дьарыктаммыттар. Маастарга кандидаттар.
Улахан уол Валерий милиция отставкаҕа полковнига, кыра уол Сергей лётчик, Боинг самолёт пилота, ону таһынан Саха-Авиа хампаанньа генеральнай директорын солбуйааччыта. Онон Николай Николаевич дьоллоох аҕа, эһээ. Сотору 85 сааһын томточчу туолаары сылдьар. Ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит, дьолу-саргыны, уһун доруобай олоҕу баҕарабыт.
Макар ЯКОВЛЕВ, ССРС көҥүл тустууга федерациятын исполкомун чилиэнэ, Саха сирин көҥүл тустууга федерациятын президенэ, ССРС народнай депутата (1989-1992 сс.), ХИФУ профессора.
28.09.2017 с.
