Уаров Василий Фомич туһунан: Киэн туттар киһибит

Быйыл 2021 сыл күһүнүгэр Аллыҥа оскуолата 90 сааһын туолар үөрүүлээх юбилейын бэлиэтиэхтээхтэр. Дьаҥ турбутунан сылтаан хайдах дьүһүннээхтик ити юбилей тэриллэрин билиҥҥитэ билбит суох. Ол эрээри бу оскуолаҕа үөрэммит уонна бүтэрбит үгүс элбэх дьоһуннаах дьонтон биирдэстэрин, мин кылааһынньыгым Уаров Василий Фомич туһунан ааҕааччыларга билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Василий Фомич Аллыҥаҕа 1944 сыллаахха төрөөбүтэ. Аллыҥа, Тойбохой, Сунтаар оскуолаларыгар үөрэнэн 1963 сыллаахха орто үөрэҕи бүтэрбитэ. Фомичтыын мин 7-с кылаастан бииргэ үөрэммитим. 1963 сыллаахха Сунтаар орто оскуолатын 23 буолан бүтэрбиппит. Билигин 12 буолан хааллыбыт.

Василий колхуостаахтар оҕолорун быhыытынан уонча саастааҕыттан сайын аайы бурдук ыhыытыгар, от үлэтигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьан үлэлиирэ. 1960 сыллаахха 16 сааhын туолан В.И. Ленин аатынан колхуос чилиэнэ буолбута.

Оскуоланы бүтэрээтин кытта тута Сэбиэскэй Аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Аармыйаҕа үс сыл сулууспалаан баран Новосибирскай госуниверситет геофизическай факультетыгар киирэр уонна 1971 сыллаахха «инженер, геолог-геофизик» диэн квалификациялаах «Геофизические методы поисков и разведки месторождений полезных ископаемых» диэн специальность ылар.

Үлэтин Дьокуускайга Геология институтун дириҥ сейсмическэй чинчийиилэр лабораторияларын старшай лаборанынан саҕалыыр. Саха сирин арҕаа оройуоннарын дириҥ араҥаларын (горизоннарын) чинчийэр экспедицияларга сыл аайы үстүү-түөртүү ый устатыгар сылдьара. Элбэх сыллаах чинчийиилэр түмүктэринэн 1984 сыллаахха Новосибирскайга Геология уонна Геофизика институтун Учуонай сэбиэтигэр «Глубинное сейсмическое зондирование земной коры и верхов мантии в Якутской кимберлитовой провинции» диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертациятын көмүскүүр, геолого-минералогическай наукалар кандидаттара буолар.

1987 сыл саҥатыгар Василий Фомич СГУ геологоразведочнай факультетын туһалаах хостонор сир баайын геофизическай ньымаларынан көрдүүр уонна чинчийэр кафедратын преподавателинэн талыллар. Московскай геологоразведочнай институкка, Новосибирскай госуниверситетка квалификацияны үрдэтии куурустарын ааспыта. СГУ-га үлэлиир кэмигэр старшай преподаватель, доцент, кафедра сэбиэдиссэйэ, профессор буолуталаан сылдьыбыта.

«Сейсморазведка», «Рудная сейсморазведка», «Автоматизированная обработка данных сейсморазведки», «Геофизические методы исследований», «Физика Земли» уо.д.а. спец.дисциплиналарга теоретическай уонна лабораторнай дьарыктанааһыннары ыытар. Студеннар дипломнай проектированиеларын салайар. 2001-2002 үөрэх сылыгар студеннары анкетированиелааһын түмүгүнэн Василий Фомич геологоразведочнай факультет бастыҥ преподавателинэн билиниллибитэ. 2019 сыллаахха профессор Уаров В.Ф. салалтатынан бэлэмнэммит дипломнай проектар Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы конкурска II-с уонна III-с степеннээх Дипломнарынан наҕараадаламмыттара.

В.Ф.Уаров 40-ча научнай уонна учебнай-методическай үлэлэр ааптардара эбэтэр соавтордара, ол иһигэр монографиялар, грифтээх үөрэх пособиелара бааллар.

Василий Фомич научнай ыстатыйалара «Геология и геофизика», «Советская геология» уонна Нью-Йорка (АХШ) баар Аан дойду таһымнаах «Прикладная и теоретическая геофизика» («PAGEON»)диэн престижнэй сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ.

Василий Фомич университетка үлэлиир кэмигэр үрдүк үөрэх студеннарыгар аналлаах икки учебнай пособиелары бэлэмнээбитэ:

  1. «Сейсмическая разведка». Бу пособие геологическай профильга федеральнай статуһу ылбыт Саха сиригэр маҥнайгы учебник. 2008 сыллаахха СГУ-га ыытыллыбыт учебниктар конкурстарыгар «Физико-техническое направление» номинацияҕа I-кы степеннээх дипломунан наҕараадаламмыта. Ити пособие түөрт төгүл хос-хос бэчээттэнэн тахсыбыта, ол иһигэр үс төгүл Москваҕа «Вузовскай издательствоҕа».

2.»Прикладная геофизика», Дальневосточнай региональнай учебнай-методическай киин грифтээх.

Ону таһынан Василий Фомич көҕүлээһининэн уонна кини кыттыһыытынан бэлэмнэммиттэрэ уонна тахсыбыттара:

  1. «Геология» диэн оскуола оҕолоругар аналлаах икки туомнаах пособие. Саха Республикатын Үөрэҕин министерствотын учебнай-методическай Сэбиэтэ бу пособиены орто оскуолаларга үөрэх пособиетын курдук тутталларыгар рекомендация биэрбитэ. Пособиены «Сайдам» издательство 2005 уонна 2008 сылларга бэчээттэтэн таһаарбыта. Ити пособие Дьокуускайга 2007 сыл балаҕан ыйын 5-7 күннэригэр буолбут «Печатный двор Якутии-2007» V межрегиональнай выставка-ярмаркаҕа» «ХХI-с үйэ учебнига» номинацияҕа II-с степеннээх Дипломунан бэлиэтэммитэ.
  2. «Полезные ископаемые Якутии и области их применения» кинигэ орто оскуола үөрэнээччилэригэр уонна интэриэһиргиир улахан дьоҥҥо аналлаах. Тверь куоракка ыам ыйын 30 күнүгэр 2007 сыллаахха буолбут Бастакы «Наше культурное наследие» диэн краеведческай литература конкурсугар «Природа родного края» номинацияҕа Поощрительнай бирииһинэн наҕараадаламмыта.
  3. «Полезные ископаемые Сунтарского района и перспективы их промышленного освоения» кинигэ учуонайдарга, специалистарга уонна атын даҕаны интэриэһиргиир дьоҥҥо аналлаах.

Биһиги кылааһынньыкпыт Василий Фомич Саха Республикатын наукаҕа уонна техникаҕа Государственнай бириэмийэтин лауреата, Российскай Федерация Үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Нью-Йорктааҕы (АХШ) Академия академига, «20 лет Победы в ВОВ» мэтээллээх, үлэ ветерана, сэрии сылын оҕото, Аллыҥа нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина. «300 лет Горно-геологической службе России» диэн РФ Айылҕатын ресурсаларын министерствота биэрбит бочуотунай знактаах, СГУ биэрбит «За долголетнюю, добросовестную работу» диэн бочуотунай знактаах, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ (урукку СГУ) Бочуоттаах ветерана. Саха Республикатын геологияҕа уонна недропользованиеҕа Госкомитетыттан уонна Ил Түмэнтэн Бочуотунай грамоталардаах.

Кэргэнэ Корнилова Зинаида Андреевна Ленинградтааҕы госуниверситеты бүтэрбитэ, инженер-геофизик. Кини Саха Республикатын Наукаларын академиятын Президиумун ученай-секретара, «Природные ресурсы Арктики и Субарктики» сурунаал эппиэттээх секретара. Улахан кыыстара Ольга Васильевна СГУ-ну, Москватааҕы государственнай лингвистическэй университет аспирантуратын бүтэрбитэ, ол кэннэ кандидатскайын көмүскээн баран ХИФУ-га доценныыр. Кыра кыыстара Наталья Васильевна Московскай государственнай норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларын институтун (МГИМО) магистратуратын кыhыл дипломнаах бүтэрбитэ, «Мечел» хампаанньаҕа управление салайааччытынан үлэлиир.

Юрий МЕКУМЯНОВ.

Сунтаар с.

2021 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *