ХОРУЛАҔА ҮЛЭЛЭЭБИТ СЫЛЛАРЫМ
Ийэбит Токусарова Анна Даниловна (1929-2005), доруобуйа харыстабылын ветерана, ахтыы суруйан хаалларбытын «АХТЫЫЛАР» сайтка таһаартарабын.
Ийэбит Токусарова Анна Даниловна.
– Мин 1929 сыллаахха уруккута Омолдоон нэһилиэгэр (Ньурба, Чаппанда) колхозтаах кэргэҥҥэ маҥнайгы оҕонон төрөөбүтүм. Биһиги барыта биэс бииргэ төрөөбүттэр этибит.
Аҕам Токусаров Данил Дмитриевич 1892 сыллаахха төрөөбүт, ийэм Иванова Софья Лазаревна 1910 сыллаахха Тыалыкыга төрөөбүт.
1939 сыллаахха Чаппанда 7 кылаастаах оскуолатын боруогун атыллаан үөрэнэ киирбитим. Сэрии сылларыгар оскуолаҕа үөрэх да соччо барбат этэ. Үлэни кыайар дьон бары сэриигэ барбыт буолан, колхоз туох баар үлэтэ оскуола оҕолорун күүстэринэн үмүрү тардыллара. Бурдук уонна от хомуурун үлэлэрэ бүттэҕинэ эрэ үөрэх салгыы ыытыллара. Оччолорго радио, электричество суох этилэр. Үөрэхпитин сыаны уулларан ол сырдыгар ааҕарбыт. Оскуолабыт олорор сирбититтэн 7 биэрэстэ ыраах турар буолан сарсыарда 6 чааска туран барарбыт.
Онтон киэһэ түөртүүр ыам ааспытын кэннэ дьиэбитигэр эргиллэн кэлэн дьоммутугар күүс-көмө буоларбыт. Төһө да ыарахан усулуобуйаҕа олордорбут оччотооҕу ыччат сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыыта олус күүстээх этэ. Онтон бу оскуоланы 1946 сыллаахха бүтэрээт да, колхоз араас үлэтигэр кыттыһан киирэн барбытым. Ол курдук, бастаан дьоммун кытта хортуоска подвалыгар оһох оттооччунан, салгыы бурдук, хортуоска ыһыыларын үлэлэригэр сарсыарда отой эрдэттэн киэһэ күн киириэр диэри сылдьыһарым.
Сэрии бириэмэтигэр нэһилиэккэ норуот туһа диэн чахчы үлэлиир дьон үлэлээн ааспыт эбиттэр. Ол курдук олохтоох Совет председателинэн Аввакумов Аввакум, колхоз председателэ Мухоплёв Никита, биригэдьиирдэринэн Токусаров Ефрем уонна Токусаров Данил үлэлииллэрэ. Кинилэр сүбэлэһэн баран элбэх оҕолоох кыаммат ыаллары, тулаайахтары ферма уопсайдарыгар олохтотолообуттара. Бу дьон бары инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатыныы син ханнык эмэтик аһынан хааччыллан, сэрии ыарахан кэмнэрин этэҥҥэ туораабыттара, хоргуйан өлбүт суоҕа.
1947 сыл күһүнүгэр үөрэхпин салгыыр баҕаттан Ньурба оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Ол гынан баран сотору буолаат, дойдубар төттөрү тахсыбытым. Дьиэбэр кыстаан бараммын ол сыл сайыныгар Якутскайга тиийэн, 2-с кууруска үөрэнэр аймаҕым кыыс Тимофеева Ирина көмөтүнэн нэһиилэ 3 сыаналарга туттартаан ЯФАШ-ка үөрэнэ киирдим. Кинилиин биир хоско олорон үөрэхпин саҕалаатым. Үөрэнэ киирбит сылбар сиир килиэппит карточканан бэриллэрэ. Атын ас диэн суох этэ. Харчыта суох буолан каникул кэмигэр дьиэбитигэр барар кыахпыт суоҕа, самолётунан көтөргө 100 солкуобай наада буолара. Онон аҥардас килиэп уонна уу аһылыктаах буолан доруобуйам айгыраан, 1-кы курсу бүтэрээри сылдьан цингалаан икки атахпынан кыайан хаампат буолан балыыһаҕа хас да ый сыппытым. Ол кэнниттэн салгыы үөрэнэртэн аккаастанаммын дойдубар төннөөрү сырыттахпына таайым Иванов Гаврил Лазаревич Москватааҕы Байыаннай Академияны бүтэрэн кэлэн: «Салгыы үөрэн, үөрэххин быраҕыма, мин үөрэттэриэм», – диэн хаалларбыта. Ыйын аайы аһылыкпар харчы биэрэн, остолобуойга аһааммын киһи-хара буолбутум. Таайым көмөтүнэн 2-с кууруспун сэниэлээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон 3-с кууруска стипендия ылар буоллум, онон отой да холкубар түһэн дэлэгэйдик сылдьан 1952 сыллаахха үөрэхпин бүтэрбитим. Акушер дипломун ылан, бэйэм оройуоммар Ньурбаҕа үлэлии барар киһи буолбутум. Үөрэнэрбэр көмөлөспүт аҕа табаарыстарбар, эдьиийбэр Ирина Иннокентьевнаҕа уонна таайбар Гаврил Лазаревичка күн бүгүнүгэр диэри махталым муҥура суох.
Дойдубар тиийээппин кытары Райздрав сэбиэдиссэйэ Гоголев Р.А. Чуукаар врачебнай учаастагар акушерканан таһаарбыта, ити 1952 сыл атырдьах ыйын 1 күнэ этэ. Дьэ бу кэмтэн ыла доруобуйа харыстабылыгар мин өр сыллаах үлэм саҕаламмыта. Чуукаарга үс сыл үлэлээн бараммын Ньурбаҕа киирэн улахан дириҥ билиилээх гинеколог врач Василий Павлович Репини кытта үлэлээн, акушер сындалҕаннаах үлэтигэр буһууну-хатыыны барбытым. В.П.Репини оройуон дьахталлара ытыктаан «таҥарабыт» диэн ааттыыллара. Салгыы туббольницаҕа медсестранан үлэлии сырыттахпына, мин олохпор ураты бэлиэ кэми хаалларбыт уонна үлэһит үрдүк аатын ылбыт дойдубар Хорулаҕа 1959 сыл кулун тутар ыйыгар трахома фельдшеринэн ананан тахсар буолбутум. Хорула медпуунун сэбиэдиссэйинэн Гоголев Р.А. үлэлиирэ. Үлэбит отчуотун Марха врачебнай учаастагар киллэрэн туттарарбыт. Хорула оройуон кииниттэн ыраах сытар буолан үлэлииргэ ыарахаттардаах дойду этэ. Нэһилиэнньэтэ сүөһү иитиитинэн дьарыктанар буолан фермалар учаастактарынан тарҕанан олороллоро. Оччотооҕуга 12-15 көһүнэн тайаан сытар уонтан тахса учаастак баара: Ампаардаах, Лооглоор, Эмпэ, Бордоҥ, Чиллэ, Кулуһуннаах, Куоначчаан, Бырах уо.д.а. Чугас сытар фермаларынан Былааҥкый, Элиптээн, Акыыда, Муомаан, Харыйалаах ааҕыллаллара. Бу ааттаммыт учаастарга аҥардас атынан эрэ сылдьыллара, чугастарга үксүгэр сатыы барарбыт.
Ийэбит Анна Даниловна Хорулаҕа үлэлии барбыт кэмэ, үөһээ балтылара Марина уонна Зина тураллар. Тиийэн баран олорбут ыала – Васильева Евдокия (эбэбит), биһиги оҕолор: Шура, Соня уонна Володя.
Ийэм бырааттара Моисей уонна Максим, Хорулаҕа тиийэ сылдьан түспүттэр. Биһиги оҕолор: Володя, Соня, Шура.
Ити кэмҥэ оройуон үрдүнэн трахома ыарыыта тарҕанан ону утары күүстээх эмтээһин үлэтэ барара. Миэхэ көмөҕө диэн медсестранан Николаева Татьяна Николаевнаны анаабыттара. Учаастактарынан атынан сылдьан уонна чугастааҕылары амбулаторияҕа эмтээн элбэхтик сүүрбүппүт-көппүппүт. Онтон 1960 сыллаахха Элиптээҥҥэ медпуун аһыллыбыта. Онно сэбиэдиссэйинэн Фёдоров Владимир Федотович, медсестранан Васильева Евдокия Григорьевна үлэлээбиттэрэ. Бу ыытыллыбыт үлэлэр түмүктэригэр 1964 сылга кэлэн трахома ыарыытын букатыннаахтык суох гыммыппыт.
Тураллар: Алексеева М.Ф., Надежда Ефимовна, Васильева Евдокия И. Ийэбит оҕолорунаан олорор.
Нэһилиэк киинигэр Сайылыкка бэрт ахсааннаах тэрилтэ баара. Пекарня үлэлээбэт буолан ыаллар лэппиэскэнэн олороллоро. Электричество уота кыракый кыамталаах дизелинэн бэриллэрэ. Самолёт отой түспэт дойдута этэ. Бу кэмҥэ сыстыганнаах ыарыы элбэх буолан оҕо өлүүтэ чаастатык тахсара. Сэллигинэн ыалдьар нэһилиэнньэ араҥатын эмтииргэ ханнык да усулуобуйа суоҕа. Онуоха эбии ыаллар бары кэриэтэ кыараҕастык олороллоро, дьукаахтаһан олоруу үгэһэ өссө да сүтэ илигэ. Сорох ыаллар көмүлүөк оһоҕунан дьиэлэрин сылыттынар түбэлтэлэрэ эмиэ баара.
Ортоку – ийэбит аҕата (эһээбит) Токусаров Данил Дмитриевич, сиэннэр: Шура, Соня уонна Володя, ийэбит Анна Даниловна.
1960 сыл сааһыгар ферма уопсайыгар ананан тутуллубут икки корпустаах дьиэни балыыһаҕа анаан биэрбиттэрэ. Инньэ гынан 10 стационарнай куойкалаах балыыһалана түспүппүт, үлэлииргэ усулуобуйа баар буолбута. Бастаан утаа балыыһабытыгар иһит-хомуос, таҥас-сап, сэп-сэбиргэл букатын тиийбэт этэ. Ону нэһилиэнньэ көмөтүнэн баар гыммыппыт. Маҥнайгы враһынан саҥа үөрэҕи бүтэрбит Чусовская Валентина Павловна үлэлээбитэ. Балыыһа үлэһитин ахсаана 15 киһиэхэ тиийбитэ. Фельдшеринэн нуучча кыыһа Якубова Галина Николаевна, акушерканан татаар кыыһа Овчаренко Галина үлэлээбиттэрэ. Кэлин Чусовская В.П. оннугар нуучча Катышков Виктор Николаевич кылгас бириэмэҕэ үлэлээн ааспыта. Хорулаҕа саамай уһуннук үлэлээбит враһынан Васильев Николай Николаевич буолар. Кини салалтатынан балыыһа коллектива бэйэтин иннигэр икки улахан соругу туруорунан үлэлээбитэ – нэһилиэккэ оҕо өлүүтүн түбэлтэлэрин аччатарга уонна сэллик ыарыытын букатыннаахтык суох гынарга диэн. Бастатан туран сэллиги утары охсуһууга балыыһаҕа эбии дезинфектор штатын көрдөрбүппүт. Бу үлэҕэ уһуннук, үтүө суобастаахтык олохтоох кадр Егорова Екатерина Максимовна үлэлээбитэ. Нэһилиэнньэҕэ ырааһырыы боппуруоһугар элбэх үлэ ыытыллыбыта, көмүлүөк оһохтор аныгылыы халааҥкы оһохторунан солбуллубуттара. Балыыһа бары үлэһиттэрин кыттыыларынан сэллиги утары прививканан нэһилиэнньэ бары араҥата хабыллар буолбута.
Элбэх үлэ саҥа төрүөхтээх ийэлэри кытта ыытыллыбыта. Эрдэттэн сэрэтэр профилактическай үлэлэр барыта доруобай оҕону төрөтүүгэ туһаайыллыбыттара. Маныаха аналлаах Ийэ оскуолата тэриллэн бэсиэдэлэр, ыарыыттан хайдах харыстанарга аналлаах практическай занятиелар тиһигин быспакка ыытыллыбыттара. Бу үлэбит үтүө түмүктэрдээх буолбуттара. Урукку курдук ийэлэр дьиэлэригэр буолбакка балыыһаҕа сытан төрүүллэрэ ситиһиллибитэ. Сыллата 25-40 оҕо өлүүтэ суох төрүүр буолбута.
Үлэ бу үчүгэй көрдөрүүлэрэ Ленин орденнаах оройуон кылаабынай бырааһа Егоров Яков Петрович уонна участковай быраас Васильев Николай Николаевич аҕалыы кыһамньыларынан ситиһиллибитэ. Коллектив чилиэттэрэ медсестралар Николаева Т.Н., Николаева Т. И., Васильева Е.Г., Иннокентьева В.Т., Алексеева М.Ф., санитаркалар Иванова М.Н., Иванова П.Н., Иванова Агафья В., Отчутова И.Н., повар Степанова Е.С., прачка Николаева М.Ф. уо.д.а. нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарыыга бэйэлэрин харыстаммакка түүннэри-күнүстэри түбүгүрбүттэрэ.
Маны таһынан коллектив үлэтигэр элбэх көмөнү оҥорбуттара нэһилиэк салалталара Иванов Г.М., Иванова П.Н., Степанов М.Н., Сымытов Д.Д., Иванов Р.М., нэһилиэк колхоһун салайааччылара Кириллин И.Г., Иванов И.В., Семёнов В.С., Дуяков И.Г.. Кэлин совхоз тэриллибитин кэннэ техниканан элбэхтик көмөнү оҥорбута Николаев М.Н. Кинини кытта ыраах учаастакка вызовка бардахха, ардыгар отой да суола суох сирдэринэн, булгуччу этэҥҥэ сылдьан эргиллэн кэлэр буоларбыт.
Акушерканан 1967 сыл бүтэһигэр диэри үлэлээбитим, өссө да үлэлиэхпин йодтан тириим аллергиялыыр буолан тохтуурга күһэллибитим. Онон амбулаторнай фельдшер эбээһинэһин толорор үлэҕэ көспүтүм. Мин оннубар акушерканан Никифорова Федора Николаевна анаммыта. Оройуон үрдүнэн сэллиги утары үлэ 70-с сыллар ортолоругар диэри главврач Егорова Екатерина Николаевна салалтатынан күүскэ ыытыллыбыта. Хорулаҕа санфельдшер уонна туберкулёзнай фельдшер штаттарын эбии көрбүттэрэ. Онно Иванова Александра Афанасьевна уонна Макарова Лукерья Степановна үлэлээбиттэрэ. Балыыһа коллектива туберкулёз ыарыытын утары үлэ былаана оҥостон олохтоох Совет исполкомугар бигэргэттэрэн үлэлиирэ. Нэһилиэнньэҕэ тиһигин быспакка араас бэсиэдэлэр оҥоһуллаллара, профилактическай үлэлэр ыытыллаллара. Ол түмүгэр туберкулёһунан саҥа ыалдьан учуокка туруу суох буолбута. Коллектив общественнай үлэттэн туора турбат этэ. Араас субботниктар, художественнай самодеятельность концертара балыыһа коллектива кыттыыта суох ыытыллыбат этилэр.
Уопсайынан Хорула врачебнай учаастагын коллектива сүрдээх эйэлээх уонна биир сүбэнэн үлэлиир буолан үлэтин түмүктэрэ куһаҕана суохтара. Мин пенсияҕа тахсыахпар диэри хас да төгүл профком председателинэн быыбарданан үлэлээбитим. Аны санаатахха олус үчүгэй, үлэһит дьону кытта үлэлээн ааспыт эбиппин. Үлэһит киһи аатын ылбытым, миэхэ онтон ордук туох да наадата суох. Өр сыллаах үтүө суобастаах үлэм элбэх ахсааннаах Бочуотунай грамоталарынан, Хайҕал лиистэринэн бэлиэтэммиттэрэ. Улууска үчүгэй үлэлэринэн биллэр, дьон убаастабылынан туһанар үс оҕону иитэн, дьон гынаттаатым. Бары элбэх оҕолоох ыаллар.
Ийэбит Токусарова Анна Даниловна.
Доруобуйа харыстабылыгар үлэлээбит сылбыттан 21 сылын хоһуун-хоодуот Хорула дьонун кытта бииргэ үлэлээбиппинэн киэн туттабын уонна бу кэмнэри олус истиҥник ахта саныыбын.
Анна Даниловна ТОКУСАРОВА. Антоновка сэлиэнньэтэ, 1999 сыл от ыйа.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ кыыһа
Софья Васильевна ТИХОНОВА. 2025 сыл муус устар ый.






