ЧАХЧЫ НОМОХХО КИИРИЭХ КИҺИ
Мин таайым Дмитрий Афанасьевич Степанов сэрииттэн хараҕа суох буолан кэлбитэ. Аҕыйах кэмҥэ алтыспытым. Сөҕөрүм элбэх этэ.
Мин, детдом ииппит оҕото, убайдардаахпын алтыс кылааһы бүтэрэрбэр билбитим. Эгэ аймахтарбын билиэм дуо? Кыһалҕаҕа кыһарыйтарбыт киһи аймаҕыргас буолар – тэхтиргэ тэбиллэн, кэнтиккэ тэптэрэн барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буолан быыһата-абырата таай Миитэрэйи булар санаалаах, кини олорор дьиэтин көрдүүргэ күһэллии буолла. Ити ааспыт үйэ 80-с сылларын чугаһа.
Таайым Степанов Дмитрий Афанасьевич.
Инньэ халлаан сылыйыаҕыттан киин куораты булан, арыгыны кэтэн авиапорт, речпорт, автовокзал дьиэлэригэр хонуктаталаабытым. Ардыгар саҥа тутулла турар дьиэлэргэ саһан киирэн түүнү атаарыы, күнүскү өттүгэр куораты кэрийэн арыгы иһээри быыһы-хайаҕаһы тиҥсирийии… Быһата, ыт олоҕун олоро сылдьыбыттаахпын.
Оччотооҕу «Туймаада» маҕаһыын кэннигэр турар таас дьиэ үһүс этээһигэр ханнык эрэ кыбартыыраҕа ыйдаран тиийэн звоногу баттаатым. Аан нөҥүө кыыс саҥата чаҕаарар. Онуоха туох диэмий, нүдьү-балай: “Ээ, мин”, – диир киһи буолан биэрдим. Аан тэлэллэ түстэ, улаатан эрэр кыыс оҕо соһуйбуттуу, ыйытардыы көрүөҕүнэн көрөн турар.
– Таай Миитэрэй баар дуо?
Хараҕа суох киһи ханна барыаҕын, аны санаатахха, ааргы ыйытыы буолбут.
– Аҕаа, эйиэхэ кэллэ, – диэт, кыыс элэс гынан хаалла. Куукуна диэкиттэн:
– Кэл, кэл, манна, – диэн саҥа иһилиннэ.
Тиийдим, бэйэбин билиһиннэрдим.
– Саҥаҥ убайдаргар майгынныыр, быһыыҥ-таһааҥ ийэҥ Татыйыыс курдуккун. Эт-сиин уолан күүс-уох мэлийбит, – диэн түмүктээтэ икки хараҕа суох таайым, тутан-хабан көрөн баран. Мин:
– Дойдулуом этэ, бу куорат диэн сирдэригэр киһи-хара буолуом суох, – диэн үбүнэн көмөлөһөрүгэр көрдөстүм
Дьиҥинэн хаччы дук гынна да булбут-талбыт аатыран, атастары кытта киһиргии-киһиргии арыгы иһэр эрэ санаалаах буоллаҕым. Таайым барахсан ону сэрэйбэтэ кэлиэ дуо? Ол күн хоннорон, ханнык эрэ аймах уолунан авиапортка арыаллатан киллэрэн дойдубар утааран турар.
Аҕыйах сылынан арыгыттан тэйэн, ойохтонон, куоракка тиийэ сылдьан таайбар таарыйбытым. Кыыс улаатан «барышня» буолбут, ааны сол да кини аста. Буоларын курдук эмиэ:
– Аҕаа, эйиэхэ, – диэт, хоһугар куймарыс гынна. Таайым ыҥырбытыгар тиийбиппэр:
– Хайа, Аркаадьыйгын дуо?
Оччолорго соһуйбатаҕым, билигин сөҕөбүн ээ – ити хантан миигин биллэ диэн. Чугаһаан аттыгар олорооппун кытта:
– Саҥаҕыттан иһиттэххэ доруобуйа тупсубут, хаамаргыттан иһиттэххэ арыый да эттэммиккин.
Кэпсэтэ түһэн баран лааппыга ыытта. Онно бэлиэтии көрбүтүм – хаччы номиналын тутан көрөөт, хастаах солкуобай буоларын тута этэр эбит. Ас-таҥас сыанатын эндэппэккэ билэ олороро сөхтөрбүтэ.
Киэһэ утуйарбар эппин-сииммин тутан-хабан көрөн баран:
– Улахан ыарыы суох эбит. Илииҥ, атаҕыҥ тостубуттара бэккэ оспуттар. Оройгун хайа охсубуттара сааһырдаххына төбөҥ ыарыытынан биллэриэҕэ. Мантан антах арыгы испэтэххинэ ытык сааскар тиийиэҕиҥ, – диэн түмүктээбитэ.
Убайдарым кэпсииллэринэн дьону эмтиир этэ. Дьиэтигэр эр киһи үлэтин барытын оҥороро. Ойоҕо эмиэ хараҕа суох, Тааттаттан төрүттээх эмээхсин этэ. Хомойуох иһин, ол икки сырыыбынан кинини кытта билсиим муҥурдаммыта.
Аркадий Степанович ИВАНОВ-Силис.
2025 сыл, кулун тутар ый.

