Соловьёв Нестор Саввич туһунан (Чурапчы, Мырыла)

БИИР ЧАҔЫЛХАЙ, СҮДҮ КИҺИБИТ

2019 сыл сэтинньи 28-29 күннэригэр Чурапчы улууһун Нестор Саввич Соловьёв аатынан нэһилиэк, аатын сүгэр киһибит 125 сааһыгар аналлаах бэртээхэй тэрээһин буолла.

Билиҥҥи ыччаттар бу сүдү киһибит туһунан өйдөбүллэрэ адьас суох. Онтон Нестор баар суох дьиҥнээх Мырылаҕа төрөөбүт (бөһүөлэк аата Мырыла диэн) биир чаҕылхай уолбут. Революция кэмигэр сөптөөх үөрэхтээх сытыы-хотуу буолан республика чаҕылхай уолаттарын М.Аммосовы, П.Ойуунускайы кытта бииргэ үлэлээбит. Саҥа олоҕу тутуу бары хамсааһыннарыгар бииргэ сылдьыбыт. 1921 сыллаахха баара-суоҕа 27 саастаах уол Боотуруускай улууһун волревкомун председателинэн ананар (билиҥҥитэ улуус баһылыга). Ити гражданскай сэрии үгэннээн бара турар кэмигэр.

Онтон ити сыл ол күнүгэр сытыы-хотуу киһини советскай былаас туһунан өйдөбүлэ да суох сиргэ – хоту Булун улууһугар советскай былааһы олохтото волревком председателинэн ыыталлар. Онно тиийэн бииргэ үлэлиир Колпашников П.Г. киэҥ далааһыннаах үлэни ыыта сылдьан, Булуҥтан Верхоянскайга айаннаан истэхтэринэ бандьыыттар тутан ылан сордоон-муҥнаан баран ытан өлөрөллөр, баара-суоҕа 28 саастааҕар. Хаарыан талаан, чаҕылхай киһи олоҕо онон быһыннаҕа…

1932 сыллаахха диэри төрөөбүт дойдубут Мырыла туспа нэһилиэк буолбатах этэ. Четвертай Хатылы диэн ааттанара эбэтэр сахалыы Чэппиэтэй Аммата диэн. Тыа сиригэр сүрүн баай – оттуур ходуһа. Онтон өрүс уута нүөлсүтэн баһыллар оту биэрэр киэҥ-куоҥ хочолор Саһыл Сыһыы, Маталах, Көбдөк, Бурхаанай, Нал, Мөлүгэ, Өтүөннээх Болтоҥо, Хатылы, Аччаҕар,  Одьулуун баайдарын бас билиилэрэ этилэр.

1932 сыллаахха Уот Субуруускай дьаһалынан туспа нэһилиэк буолабыт уонна Н.С.Соловьёв аатын иҥэрэллэр. Онтон ыла элбэх уу устан аастаҕа. Манна мин биир тэрээһини үчүгэйдик өйдүүбүн. 1982 с. оскуолаҕа директордыы сырыттахпына нэһилиэк ытык олохтооҕо, төлөөннөөх коммунист Иннокентий Гаврильевич Собакин көҕүлээһининэн уонна туруорсуутунан нэһилиэк төрүттэммитэ 50 сылын оройуоҥҥа нэһилиэктэртэн аан бастаан бэлиэтиир буоллубут. 7 киһиттэн састааптаах комиссия тэрилиннэ: председатель Собакин И.Г., чилиэннэр Макаров А.Е., Собакин Д.Н., Кронников Н.Д., Брызгаев В.Н., Николаев Г.Д., Романова П.Д. бары биир сүбэнэн үлэлээммит бэйэбит санаабытыгар дьоһуннаахтык ыыппыппыт.

Эмиэ онно оройуон нэһилиэктэриттэн бастакынан нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо диэн ааты олохтообуппут. Бастакы лауреаттарынан Васильев П.М., Соловьёв Д.С., Собакин И.Г., Собакина И.Д., Сибиряков М.Н., Макарова М.И., Кронников Ф.Д.-I буолбуттара. Билигин ити үрдүк аатын 31 киһи сүгэр.

Билиҥҥи нэһилиэк кэрэ айылҕалаах, киэҥ-куоҥ оттуур ходуһалардаах, бултаах-алтаах үрэхтэрдээх, күөллэрдээх буолан дьиҥнээхтик тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Сирин иэнэ 312,402 тыһыынча гектар. Мырыла уонна Хахыйах диэн бөһүөлэктэргэ 598 киһи олорор, онтон оҕото 156, 5 тыыл ветерана баар.

Сүөһү ахсаана 1658, онтон ыанар ынаҕа 562, сылгытын ахсаана 957. Республика үгүс нэһилиэктэригэр сүөһү-сылгы ахсаана кыччыы турар буоллаҕына, биһиги нэһилиэкпитигэр Советскай кэмтэн улаханнык уларыйбакка турар.

Нэһилиэк баһылыгынан иккис болдьоҕун Кронникова Мария Филипповна үлэлиир. Кини үлэлиир кэмигэр нэһилиэк социальнай-экономическай өттүнэн улаханнык сайынна, бары боппуруостарга улуус биир бастыҥ үлэлээх нэһилиэктэрин ахсааныгар киирэр.

Хаартыскаҕа: М.Ф.Кронникова уонна М.Д.Хомподоева.

Онтон дьэ юбилейдаах тэрээһиҥҥэ киирдэххэ, бастакы күн сарсыарда 10 ч. П.М.Васильев аатын сүгэр орто оскуола таас дьиэтигэр Нестор Саввич сиэн аймахтарын, тыыл, үлэ ветераннарын, нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторун, оскуола үлэһиттэрин, үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүлэрэ буолла. Оскуола үөрэнээччилэрэ нэһилиэк ытык дьоннорун туһунан матырыйаал хомуйан билсиһиилэрэ долгутуулаахтык барда. Хомуйбут матырыйааллара кэлин нэһилиэк историятын үөрэтиигэ бэртээхэй материал буоларыгар саарбахтаабаппын.

Эбиэттэн киэһэ нэһилиэк ытык киһитэ, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Кыһыл Знамя, Бочуот знага орденнар кавалердара Сибиряков М.Н. туһунан киинэни көрүү, санаа атастаһыыта тэрилиннэ. Киэһэ 19 ч. Д.М.Васильев аатынан норуот айымньытын Дьиэтигэр Н.С.Соловьёв төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тэрээһин үөрүүлээх чааһа ыытылынна. Онно нэһилиэк ытык дьонун сэргэ Нестор Саввич сиэнэ Борисова Альбина Петровна төрөппүт кыыһынаан кыттыыны ылла, ахтыы оҥордо. Олохтоохтор улуу убайдарын кылгас гынан баран чаҕылхай олоҕун көрдөрөр инсценировканы олус итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр.

Культурнай чааһыгар анаан ыҥырыллан кэлэннэр Мырыла күөрэгэйдэрэ Мария Макарова, Екатерина Ефремова, кийииппит Аграфена Кузьмина ыллаан-туойан бар дьоннорун улаханнык сэргэхситтилэр.

Ытык дьоҥҥо наҕараадалар туттарылыннылар. Ол курдук нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо Хомподоева Мария Дмитриевна нэһилиэк ытык киһитэ знагы түөһүгэр иилиннэ. Собакин Д.Н., Собакин Г.Н. улуус сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэ туттарылынна. Нэһилиэк биир активнай олохтооҕо Сергеев И.И. нэһилиэк сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэнэн наҕараадаланна.

Ити курдук Чурапчы улууһун Тэйэр Хайа утары олорор Мырылаҕа (Соловьёв) нэһилиэгэр бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэк олохтоохторо бу тэрээһинтэн бэйэлэрин улуу уолларын туһунан элбэҕи билэн, нэһилиэк кини аатын сүгэ сылдьарыттан киэн туттан тарҕастылар.

Николай Данилович КРОННИКОВ.

2019 сыл.

(“Ахтыылар”, 2025 сыл атырдьах ыйа).

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *