ҮЛЭТЭ – ОЛОҔУН ДЬОЛО
Раиса Алексеевна Сметанина 1948 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр Кэбээйи бөһүөлэгэр төрөөбүт, ол аата биир бэлиэ сааһын 75-һин туолбут. Оҕо сааһыттан эбэтигэр уонна ийэтин эдьиийигэр иитиллибит.

Раиса тыа сирин үлэтин-хамнаһын билэн улааппыта. Ол курдук сүөһү көрүүтүн, от-мас бэлэмнээһинин, дьиэ үлэтин арааһын, кэлин олоҕор ол улахан туһалааҕа, көмөлөөҕө. 7-8 кылаастан звеноҕа отчут, 9-10 кылааска сылдьан аатырар киэҥ-нэлэмэн хочоҕо улахан от биригээдэтигэр кыттан күөх сайын быйаҥын, кэбээйилэр үрдүк көрдөрүүлээхтик оттуур кэмнэригэр кыттыспытым диэн киэн туттан кэпсиир.
1966 с. ыччат түмсэн үлэлиирэ саҕаламмыт кэмигэр онуһу бүтэрэн, “Ыччат производствоҕа, онтон үөрэххэ” диэн хамсааһыҥҥа хабыллан ньирэй көрүүтүгэр ананан Кэбээйигэ Ходуһалаахха үлэлээбитэ. Оччоттон эдэр үлэһиттэргэ үлэҕэ үөрэтэр-такайар, өр сыл үлэлээбит дьону сыһыараллара. Киниэхэ билэр дьоно эдьиий саастаахтар Левина Мария Алексеевна, Максимова М.И., Терехова М.Т. сүбэ-ама биэрэн, олус көмөлөсүһэн үлэлээн ньирэйдэрин төлөһүтэн, кыстыкка саҥа учаастагар кыстатыы саҕаламмыт сыла этэ. Ити кэлин сылыгар кинилэр кэннилэригэр Кэбээйи оскуолатын бүтэрбиттэр 43 киһилээх ыччат комсомольскай биригээдэтин тэрийэн, 843 сүөһүнү көрөн-истэн олус ситиһиилээхтик, түмсүүлээхтик үлэлээбиттэрэ. Ордук кини наставниктарыгар, сүөһүнү быһаччы салайар, улахан билиилээх, үлэтигэр бэриниилээх Сметанин Василий Степановичка махтанар. Бу сыл Улуу Октябрьскай революция 50 сыла, 1968 с. ыччаты иитэр, салайар комсомол 50 сыла, онон үбүлүөйдээх сыллар буолан үлэҕэ ирдэбилгэ эппиэттиир сорук күүһүрбүт кэмэ этэ. “Үлэ-хамнас күөстүү оргуйара, үлэ бары салаатын хамсатарга, ситиһиилээх оҥорорго Советскай Союзка өй-санаа түмүллүбүт кэмэ. Барыта хайдах эрэ сэргэх, тула үлэ-хамнас өрө күүрүү этэ”, – диэн Раиса Алексеевна ахтан аһарар, ол кэми санаан. Сити кэмҥэ кэлэктиипкэ ферма старшайа буолан үлэлээбитэ, ол иһин даҕаны ити кэмнэрин сырдык, үтүө өйдөбүлүнэн саныыр.
Үлэҕэ үөрүүтүн ситэрэн, отделение комсомольскай тэрилтэтэ 1968 сыл буолбут уобаластааҕы 23-с комсомольскай конференцияҕа делегатынан талбыттара, онно баран Саха сирин бастыҥ үлэһит ыччаттарын көрсөн, билсиһэн, кэпсэтэн кыттыбытын олоҕун биир бэлиэ түгэнинэн, дьолунан ааҕар.
Үс сыл үлэ үлүскэнигэр биллибэккэ ааһар. Совхоз бастыҥ үлэһитин биир санаанан Дьокуускайдааҕы тыа сиригэр салайар кадрдары бэлэмниир техникумҥа ыытар. Раиса Алексеевна бу үөрэҕин 1971 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн совхоһугар кэлбитин, Тыайа отделениетыгар сүөһү биригэдьииринэн анаан ыыталлар. Үлэни оҕо эрдэҕиттэн билэр буолан, тиийбит сиригэр олохтоох үлэҕэ “өр сылларга үлэлээбит дьоҥҥо, салалтаҕа түбэһэн үлэлэригэр биир сүбэнэн сылдьан үлэлээбитим” диэн үөрэ-көтө кэпсиир. Ол кэмҥэ отделение управляющайынан үрдүк үөрэхтээх зоотехник Егор Алексеевич Полятинскай сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ Дьяконов Дмитрий Степанович, старшай биригэдьииринэн Иванов Василий Иванович этилэр. Бу салайар кэлэктиипкэ түбэһэн бииргэ үлэлээн кэлбитин, кинилэргэ улаханнык махтанар. Хомойуох иһин, кинилэртэн үгүстэрэ бу күн сириттэн барбыттара, ол эрээри дьылҕа-хааҥҥа көлүөнэ солбуһуута баар буоллаҕа, кинилэр ыччаттара, олор оҕолоро күн бүгүн үксүү, элбии тураллара киһини үөрдэр диир, ааспыт үйэ үлэтин маяга.
Раиса Алексеевна хас да кэккэ сылларга үлэлээн баран кэргэннэнэн, оҕолордонон баран ньирэй көрөөччүнэн тылланан “Үүнэр олох” диэн учаастакка өр сылларга сыл ахсын 50-60 төбө ньирэйи көрөн, совхоһугар үрдүк ситиһиилээх үлэтинэн кыттыбыта. Үлэтин түмүгүнэн чемпион ньирэй көрөөччү аатын ылбыта, үгүстүк оройуоҥҥа, республикаҕа үлэ бастыҥнарын слёттарыгар кыттыбыта.
1982 сыллаахха ВДНХ-ҕа сылдьыбыта. Кэлин дойду олоҕо уларыйыытыгар аймахтарынан бааһынай хаһаайыстыба тэриммитэ. Кэргэнэ олохтоох, элбэх оҕолоох ыал улаханнара, Аргунов Данил Гаврильевич диэн удьуор сылгыһытынан, булчутунан үлэлээбит дьон оҕолоро буолар. Кини эмиэ үлэҕэ-хамнаска кыайыгаһынан аатырбыт, сылгыһыт, булчут этэ. Совхоз, отделение киэн туттар үлэһитэ этэ. Орто дойдуттан арахсыбыта уонча сыл буолла. Кинилэр 4 оҕолоохтор, 13 сиэннээхтэр, биир хос сиэн үөрдэр. Киһи сөҕөрө диэн бу оҕолор бары сахалыы ааттаахтар.
Ааспыт үйэ төһүү үлэһитин, үлэҕэ ситиһиилэрин бэлиэтин сороҕун аҕыннахха маннык: райсовет, райком, обком бэлиэ кумааҕыларын үгүһүн таһынан, XI, XII пятилеткалар ударниктарын бэлиэлэрэ, 1993 сыллаахха оройуон бочуоттаах олохтооҕо, 2017, 2018 улуус юбилейнай бэлиэлэрэ, 2022 с. тыа хаһаайыстыбатын 100 с. бэлиэтэ. 2000 с. үлэ бэтэрээнэ. 1990 с. бастыҥ чааһынай (подсобнай) хаһаайыстыба.
– Олохпор үлэни өрө тутан ыал буолан үгүс сылларга сүөһү-ас тутан, айылҕа баайыттан кыһын күндү түүлээҕиттэн, бакыгыттан, сайынын араас күөх аҕатыттан маппакка, оҕо-уруу тэнитэн олорон кэлбиппин олоҕум улахан дьолунан ааҕабын, – диэн Раиса Алексеевна Аргунова олоҕун кэрчиктэрин билиһиннэрэр.
Биһиги, кинини билэр дьоно, 75 сааһынан эҕэрдэлээн туран киниэхэ инникитин чэгиэн доруобуйаны, үгүс үөрүүнү баҕарыаҕыҥ!
Дмитрий Иванович НИКОЛАЕВ,
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Кэбээйи, Арыктаах. 2023 с.
