ИЙЭМ СОРСУННААХ СОНОРДЬУТ ЭТЭ
Биһиги биир дойдулаахтарбыт, аймах-билэ дьоммут фроҥҥа уонна тыылга Кыайыы иһин бэйэни харыстаммат хорсун охсуһууларын уонна үлэлэрин-хамнастарын дьиҥнээх баар чахчыларга уонна докумуоннарга олоҕуран кырдьыктаахтык ойуулуур, аҕа көлүөнэ үрдүк үтүөтүн-өҥөтүн үйэтитэр сыал-сорук турар.
Мин ийэм Ирина Даниловна Семёнова сэрии аас-туор, ыар, аччык сылларыгар эр дьону кытта тэҥҥэ халыҥ хаары тэлэн, кыһыҥҥы түптэлэс тымныылыын хатыһан ыраах Өлөөн Ээйигэр тиийэ атынан сылдьан бултаспытын туһунан номох курдук кэпсээни бэрт кыра эрдэхпиттэн истэрим.
1975 с. ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыы 30 сылын туолар үөрүүлээх бырааһынньыгар оройуоннааҕы культура дьиэтигэр ССКП райкомун оччотооҕу бастакы сэкирэтээрэ М.Е.Николаев дакылаатыгар: «Улуу Кыайыыны чугаһатарга тыылга хаалбыт Үөһээ Бүлүү оройуонун үлэлээн иитиллээччилэрэ бэйэлэрин харыстаммат буолуу холобурун көрдөрбүттэрэ. Сэриигэ барбыт эр дьону солбуйан оҕо, дьахтар, кыаммат кырдьаҕас бары туруммуттара. Сыллааҕы былааннарын хастыы да бүк толорор Ирина Семёнова, Матрёна Тимофеева диэн хоһуун булчут дьахталлар бааллара», – диэн эппитин эмиэ истибитим.
Мин мантан сиэттэрэн оройуон хаһыатын сэрии сылларынааҕы саһарбыт страницаларын арыйталаан көрөргө санаммытым. Бу хаһыат Аҕа дойду Улуу сэриитэ бара турар кэмигэр 1943 сыл атырдьах ыйыттан тахсар буолбута. Хаһыат 1943 с. алтынньы 1 күнүнээҕи 8 нүөмэригэр оччолорго ЗНК оройуоннааҕы боломуочунайа Тарас Орлов «Дойдуга элбэх түүлээҕи биэриэххэ» диэн ыстатыйа бэчээттэппит. Сэрии сылларыгар түүлээххэ уһулуччу суолта бэриллэрэ. Ону маннык тыллартан өйдүөххэ сөп: «Немецкэй фашизмы утары советскай норуот Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриитин күннэригэр биһиги күндү сыаналаах түүлээхпит өстөөҕү урусхаллыыр танкаларга, самолеттарга уо.д.а. бойобуой сэбиргэллэргэ кубулуйар. Биһиги оройуоммут булчуттара түүлээҕи соҕотуопкалааһын обороннай дьыала буоларын өйдөөн тураннар, сэрии ааспыт сылыгар идэтийбит булчуттар фроҥҥа барбыттарын үрдүнэн бэйэлэрин былааннарын кыайылаахтык толортообуттара”.
Бу ыстатыйаҕа ахтыллыбыт ийэм Ирина Даниловна Семёнова сэрии түөрт сылларын кыһыныгар уонна 1945 сыл күһүнүгэр, барыта биэс кыһын устата булт соноругар сылдьыбыта.
Семёнова Ирина Даниловна
1941 сыл сэрии саҕаланаатын сайыныгар Сургуулук нэһилиэгин Калинин аатынан колхоһун сиригэр Багадьаҕа кэргэнэ Мэхээлэни кытары от охсоро. Ол сылдьан кэргэнэ: «Ол турар чөҥөчөгү сыал ытан көр эрэ», – диэн эппитэ уонна туоһапканан хайдах ытары көрдөрөн биэрбитэ. Өрүүнэ туоһапканы ылан сыалы ыппыта, көрбүт сиригэр түһэрбит этэ. Онно кэргэнэ: «Үчүгэйдик ытыыһыгын, быйыл күһүн булка бииргэ тахсыахпыт, эйигин бултуурга үөрэтиэм этэ. Биһигини эр дьону эһиил сэриигэ илдьэ бараллара буолуо, эн биһигини солбуйуоҥ этэ уонна сатаан бултуур-алтыыр буоллаххына, айаххытын ииттиниэх этигит», – диэбитэ. Аҕам Михаил Тимофеевич Семёнов Сургуулук нэһилиэгин киһитэ, «Калинин» аатынан колхоз чилиэнэ, кадровай булчут этэ.
Ити күһүнүгэр тэринэн, алтынньы ортотугар кэргэнэ Мэхээлэ салайан Тимофей Боескоров, Игнатий Соргоев, Пётр Саввинов, Өрүүнэ биэс буоланнар икки сыарҕалаах, икки ыҥыыр аттаах тыалыы тахсыбыттара. Өрүүнэ эбээһинэһигэр аттарыгар таҥаһы тиэйэн, ыҥыырдаан болдьохтоох сиргэ түөрт аты сэтиилэнэн көһүү, ыйбыт сирдэригэр тиийэн балаакка туруоран, хонук маһы мастаан, тимир оһох оттон ас астаан бэлэмнээһин, аттары өртөөн аһатыы, ойбон тэһэн уулатыы, булчуттар таҥастарын көрүү-истии, айаннаан иһэн уонна өрөөн ааһар сирдэргэ тииҥнээһин киирэрэ. Күҥҥэ үстүү таба көһүн бара-бара тохтоон, икки хонон, биир күн өрөөн, тииҥнии-тииҥнии иннилэрин диэки бара тураллара. Ээйиккэ тиийэ тииҥнээн баран сааларын сэбэ бүттэҕинэ биирдэ төннөллөрө. Тииҥ элбэхтик олорбут сыла этэ. Өрүүнэ күҥҥэ муҥутаан 60-70-ҥа тиийэ тииҥи, бастыҥнара, кэргэнэ Мэхээлэ 130-150 тииҥи күҥҥэ бултуура. Эр дьон ыраах сирдэринэн тэлэһийэн сылдьаллара.
Иккис күһүн ыарахан сылдьан тыаласпыта, тыаттан киирэн баран ый буолаат уол оҕоломмута, миигин төрөөбүтэ. Ити 1943 сыл бэс ыйын 16-гар кэргэнэ Мэхээлэ сэриигэ ыҥырыллан барбыта уонна эргиллибэтэҕэ. Өрүүнэ түөрт ыйдаах уолун көтөҕөн хаалбыта. Ол күһүн кыһыл оҕотун аҕаһа Анна Кисиляховаҕа хаалларан баран эмиэ тыалаһа тахсыбыта. Онно эмиэ өлгөмнүк бултуйбута. Аана кэргэнэ Кирилл Кисиляхов сэриигэ барбытын кэннэ үс кыра оҕотун илдьэ дьонун аахха “Кыбытыыга” кэлэн дьукаах олорбута.
1945 сыл күһүнүгэр, кыһыныгар таһыгар бултаабыта. Кырса мэнээгэ буолан Дүүрэҥдэнэн, Чинэкэттэринэн сылдьан уонтан тахса кырсаны аҕатын Тайыла оҕонньору кытта бултаабыта. Саас, күһүн куска, куобахха сылдьара. Дьиэтигэр бултуйдаҕына биирдэ кэлэрэ. Биир саас Дьүүрэҥдэттэн биир ытыынан икки хоҥор хааһы охторбутугар үөрбүтүн хойукка диэри умнубат этэ.
Ирина Даниловна сэрии сылларыгар булка тиэрдиллибит былаанын өрүү аһара толороро, кыһынын бултуура, сайынын колхозка оттуура, бурдук ыһыытыгар сылдьара. Кини манна бастыҥ от охсооччу, бурдук быһааччы буолбута. Сэрии кэнниттэн «Киров» аатынан, «Правда» колхозтарга өр сылларга бастыҥ ыанньыксытынан сылдьыбыта.
Семёнова Ирина Даниловна иккис кэргэнэ Дмитриев Данил Петровичтыын уонна уолунаан Егордыын. 1950 сыл, Бүлүү куората.
Бэрт соторутааҕыта Дьокуускайтан биология билимин дуоктара, Хотугу дойду прикладной экологиятын научнай-чинчийэр институтун дириэктэрэ Григорий Николаевич Саввинов Саха сирин Киин национальнай архыыбыттан 1944 сыллааҕы түмүгүнэн Боотулуу нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Д.Г.Буртахов уонна сэкирэтээрэ Фёдорова илии баттааһыннаах булт туһунан отчуоттарын булан куоппуйалаан ыытта. Бу отчуокка сурулларынан: «Түүлээх бултааһынын былаанын судаарыстыба түһэрбит былаанын толорууга, үчүгэй булчуттары, ону тэҥинэн үлэттэн ордор дьону барытын булка түмүллүбүтэ, ол түмүгэр сыллааҕы былаан 115% толоруллубута. Түүлээх бултааһынын үчүгэй булчуттарынан ааҕыллаллар:
- Капитонов Степан А. I «Киров» колхоз IV квартал 1898 солк. 212%
- Тарасов Игнатий Т. «Киров» колхоз IV квартал 1361 солк. 158%
- Семёнова Ирина Д. «Киров» колхоз IV квартал 1531солк 170%
- Николаев Данил Л. «Чинэки» колхоз IV квартал 1557 174%
- Талонов Афанасий А. «Киров» колхоз IV квартал 1640 солк. 183%
- Семёнов Павел С. «Киров» колхоз IV квартал 1970 солк. 198%
- Каменев Егор И. «10 лет ЯАССР» IV квартал 1120 солк. 125%
Маны таһынан эдэр ыччаттар кытта түүлээх бултааһыныгар кыттыспыттара. Чинэки оскуолатын үөрэнээччитэ Николаев Фёдор Данилович 4 саһылы, «Киров» (Көтөрдөөх) оскуолатын үөрэнээччилэрэ Титов Василий Данилович 3 саһылы. Семёнова Фекла 12 саастаах кыыс 1 саһылы уо.д.а. кыра түүлээҕи бултаабыттара. Бу түмүгэр 6-7 булчут, үс лааппы үлэһитэ, 1 колхоз бэрэссэдээтэлэ оройуон бириэмийэтигэр тиксибиттэрэ» диэн отчуоттаабыттар.
Бу үөһэ ааттаммыт булчут эр дьон бары сэриигэ ыҥырыллар саастарын ааспыт кырдьаҕас дьон, оҕонньоттор этилэр. Кинилэр ыраах тыалаабакка дьиэлэрин таһыгар сылдьан бултууллара, төһө кыахтара баарынан дойду валютнай фондатын хаҥатыспыттара, Улуу кыайыы кэлэрин туһугар сэмэй кылааттарын киллэрсибиттэрэ.
Отчуокка ахтыллыбыт Павел Семёнович Семёнов (Суптуй Байбала) улахан сиэнэ Николай Павлович Корякин – Уран Ньукулай көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, хапсаҕайга Саха АССР спордун маастара, Манчаары оонньууларын 1973 с. хапсаҕайга Саха АССР абсолютнай чөмпүйүөнэ, республикаҕа биллэр Аан Дархан оһуохай этээччитэ, уус-уран тыллаах оһуохайдьыт, бэйээт, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүүгэ олорор. 80 сааһыгар сылдьар. Суптуй Байбала соҕотох уола Баһылай 18 сааһыгар сэриигэ ыҥырыллан барбыта да эргиллибэтэҕэ. Байбал түөрт кыыстааҕыттан билигин элбэх сиэннэр, хос-хос сиэннэр кинилэр олохторун салгыыллар.
Уон икки саастааҕар саһылы бултаабыт Байбал кыра кыыһа Фёкла Павловна Семёнова тоҕус уонугар аҕыйах сыл тиийбэккэ олохтон барбыта, кини кэргэнэ В.В. Васильев – Отуор Баһылай күүстээх Мордьонноохоп аймаҕа этэ. Фёклалаах баһылай икки уолларыттан, икки кыыстарыттан элбэх сиэннэр, хос сиэннэр бааллар.
Тарасов Игнатий Тарасович үс кыыстааҕыттан элбэх сиэннэр, хос сиэннэр бааллар. Уола Тарасов Игнатий Игнатьевич республикаҕа биллэр «Бочуот бэлиэтэ» уордьаннаах суоппар, республикаҕа 1979 с. бастаан Саха АССР чемпион суоппара. Үөһээ Бүлүү оройуонун тоҕус төгүллээх чемпион суоппара. Икки кыыс, үс уол оҕолордоох, уонтан тахса сиэннээх, хос сиэннэрдээх, Хороҕо олорор, 77 сааһын туолла.
Капитонов Степан Алексеевич I бастакы кэргэнэ Аана Сургуулукка олорон сүүһүн лаппа ааһан баран өтөрдөөҕүтэ олохтон барбыта. Ыстапаан бастакы кэргэниттэн биэс оҕолооҕо, иккис кэргэнэ Аанаттан алта оҕолооҕо. Билигин кыра кыыһа Мааппа Дьокуускайга олорор. Ыстапаан сиэннэрэ элбэхтэр.
Талонов Афанасий Афанасьевич икки олоххо түөрт кыыс, түөрт уол оҕолордооҕо, биир ииттибит уоллааҕа. Улахан уола Мэхээлэ сэрии хонуутугар геройдуу охтубута, ииттибит уола Махсыым сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбитэ. Талонов А.А. сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ элбэхтэр. Кыра уола Талонов Василий Афанасьевич Саха Республикатыгар биллэр юрист, юстиция бэтэрээнэ, бэчээккэ бэйэтин санааларын элбэхтик бэчээттэтэр этэ. Дьокуускайга олорон 85 сааһыгар олохтон барбыта. Билигин Охонооһой оҕонньор 90-ча саастаах Кэтириинэ диэн кыыһа Сургуулукка олорор.
Николаев Данил – Нардыык сиэнэ, хос сиэннэрэ элбэхтэр. Кини уола оскуолаҕа Чинэкигэ үөрэнэ сылдьар. Николаев Фёдор оҕолоро, сиэннэрэ Боотулуунан, Үөһээ Бүлүүнэн элбэхтэр. Кини биир сиэнэ Фёдор Николаев республикаҕа, улууска биллэр тустуук.
Көтөрдөөх оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан үс саһылы бултаабыт Титов Василий Данилович Үөһээ Бүлүүгэ Атыыр Бастаахха Элгээҥҥэ ынах сүөһү, сылгы ииттэн олорбута. Сэттэ оҕотуттан элбэх сиэн, хос сиэн баар. Василий Данилович Титов 89 сааһыгар бу олохтон барбыта.
Каменев Егор Игнатьевич – Саха Республикатын норуоднай поэта Сивцев Василий Тарасович эһэтэ. Кини сиэннэрэ, хос сиэннэрэ элбэхтэр.
Семёнова Ирина Даниловна – улахан уола Егор Үөһээ Бүлүүгэ олорор. Лесхозка 34 сыл директордаабыта. Кэргэнэ Октябрина Афанасьевналыын биэс оҕолоохтор. Ийэм ииттибит кыргыттара Тамара, Ирина эмиэ Үөһээ Бүлүүгэ олороллор. Кыра уола Василий Дмитриев дойдутугар Боотулууга олорор, ааспыт сыл ахсынньы 20 күнүгэр кэргэнэ Зоя Семёновналыын ыал буолбуттара кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ. Бу түөрт оҕотуттан элбэх сиэн, хос-хос сиэннэр бааллар.
Ийэбит Семёнова Ирина Даниловна 1998 с. тохсунньу 2 күнүгэр 78 сааһыгар олохтон барбыта. Ийэбит хайах хостуур таҥараҕа олунньу ый 10 күрүгэр 1920 с. төрөөбүтүм диирэ. Онон ийэбит Ирина Даниловна быйыл 100 сааһын туолуох этэ.
Түмүктээн эттэххэ, сэрии сылларыгар Боотулуу нэһилиэгин чулуу булчуттарын оҕолоро, сиэннэрэ ийэлэрбит, аҕаларбыт, эһээлэрбит Кыайыы туһугар күүстэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрин умнубаппыт. Сэриигэ Кыайыы туһугар сырдык тыыннарын толук биэрбит убайдарбыт, аҕаларбыт, эһээлэрбит тустарынан сырдык өйдөбүл көлүөнэттэн көлүөнэҕэ өлбөөдүйбэккэ үйэлэргэ бэриллэ туруо!
Суруйда уола
Егор Михайлович СЕМЁНОВ,
сэрии тулаайаҕа, үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, Боотулуу, Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Россия ойуурун бочуоттаах үлэһитэ, СР айылҕатын харыстабылын туйгуна, “За вклад в развитие Лесного хозяйства РС(Якутия)» бэлиэ хаһаайына, Үөһээ Бүлүү лесхоһун 1974-2008 сс. дириэктэрэ.
Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан, 2020 сыл.


