Прокопьев Сергей Васильевич туһунан

ТААЙБЫТ ТЫАҺЫТ СЭРГЭЙЭ

Биһиги ийэбит бииргэ төрөөбүт убайа Прокопьев Сергей Васильевич Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.

Кини 1941 сыллаахха сэриигэ бастакы хомуурга ыҥырыллыбыта. Сорсуннаах булчуту 457-с стрелковай полк 222-с стрелковай дивизиятыгар анаабыттара. 1942 сыл кыһыныгар таайбыт сэриилэһэр дивизията Армия командующайа генерал-лейтенант (кэлин Герой аатын иҥэрбиттэрэ) Михаил Григорьевич Ефремов салайыылаах 33-с армиятын састаабыгар сыһыарыллыбыта.

Вязьма – Ржев туһаайыытыгар 14 аҥаар ыйтан ордук барбыт тыҥааһыннаах, кырыктаах, биир саамай элбэх хаан тохтуулаах, “Ржевская мясорубка” диэн норуот сөҕөн ааттаабыт кыргыһыытыгар кыттыбыта. Бу киирсиигэ 800 тыһыынчаттан тахса саллаат уонна офицер сэрии толоонугар сырдык тыыннара быстыбыта. Ити кыргыһыыга таайбыт хорсуннук сэриилэһэ сылдьан снаряд дэлби тэбиитигэр бүлгүнүн үлтүрүттэрбитэ уонна атаҕар улахан араанньы ылан хаана баран өйө суох сытан өлбүттэр ааттарыгар киллэрбиттэрин кэннэ, үһүс күнүгэр нэһиилэ тыыннаах киһини булаллар.  Госпитальга сытан өр эмтэнэр. Онтон бааһырыыта, эчэйиитэ улаханын иһин сэрииттэн сыыйаннар, дойдутугар утаарыллар.

Сындааһыннаах айаны айаннаан, сайын пароходунан дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ баттыктаах, нэһиилэ хаамар киһи эргиллэр. Ол пароходунан сэриигэ барааччылар уонна атаарааччылар өрүс биэрэгэр элбэх киһи мустубут этэ. Кинилэргэ туһаайан тыл этэригэр райком үлэһитэ Сэргэйтэн көрдөспүт. Сэриигэ барар дьон ортотугар кини бииргэ төрөөбүт убайа Прокопьев Михаил Васильевич эмиэ баара. Убайдыы-бырааттыы ини-биилэр кинилэр бу бүтэһик көрсүһүүлэрэ буолбута. Улахан таайбыт Михаил Прокопьев дойду киин сүрэҕин көмүскүүр Москва аннынааҕы, бүтэһик хаан хаалыар диэри кыайыы иһин, хардыы да кэннинэн чугуйбат этиилээх кыргыһыыга дириҥник бааһырбыта. Госпитальга тыына быстан, Москва уобалаһын Одинцовскай оройуон Барвиха диэн бөһүөлэк буоругар үйэлэргэ хараллан хаалбыта…

Таайдарбыт Пётр, Михаил, Сергей аҕалара Үөһээ Бүлүү Маҥаас нэһилиэгин Муода уола Тыаһыт Баһылай, ийэлэрэ – Далыр Хадаҕайа кыыһа Аана диэннэрэ. Аана Николай, Фома Баскаровтар аҕаларын кытта бииргэ төрөөбүт. 1935 сыллаахха колхоз тэриллэригэр колхозка бастакынан Тыаһыт уолаттара киирбиттэр. Хоһуун-хоодуот уолаттар саҥа олоҕу оҥорсон-тэрийсэн, элбэх эдэр ыалы көҕүлээн колхозка киллэрбиттэр.

“Кэлин Тыаһыт оҕонньор уола Бүөтүр туһунан истэн баран: “Уолум Бүөтүр тыыннаах үһү, Өлүөхүмэҕэ олорор эбит, ол иһин оҕом өлөн-охтон биэриэ суохтаах этэ”, – диэн үөрэн, ис-иһиттэн сырдаан-көтөҕүллэн турара бу баарга дылы”, – диэн кэпсиирэ Маҥаас төрүт олохтооҕо учуутал Петров Захар Евгеньевич.

Сэргэй төрөөбүт сиригэр-уотугар – дойдутугар Маҥааска тиийбитигэр, урукку председатель сэриигэ ыҥырыллыбыт буолан, кинини тута “Харбаала” колхоз председателинэн олордоллор. Бу сут-кураан сатыылаан, ырыы-быстыы, ыарыы-сүтүү үгэннээн турар саамай кыһалҕалаах кэмэ этэ. Маннык ыарахан кэмҥэ биһиги таайбыт колхоһу салайбыта. Күнү-түүнү аахсыбакка, араанньы атаҕа ыалдьан, үлтүрүйбүт холо тулуппакка, бэйэни харыстаммакка үлэлээбитэ. “Барыта фронт туһугар, кыайыы иһин” диэн кыаллары-кыаллыбаты оҥорорго дьулуспута. Кини уоттаах сэриини илэ көрөн кэлэн, бу манна ыраах сиргэ, түгэх тыылга дойдутун, бэйэтэ тэрийсибит колхоһун дьоно күүстээх үлэттэн, кырыымчык олохтон аччыктаан, хоргуйан эстэр турукка киирбиттэрин  көрөн, бырабылыанньа чилиэннэрин кытта мунньахтаан, дьону хайдах быыһыыбыт диэн туох кыалларын барытын оҥорорго сүбэлэһэн, күһүн эрдэттэн отторун-мастарын тиэйэн, таҥас-сап чөкөттөн булунан абырахтанан, муус тоҥно даҕаны тэринэн-бэринэн хамсыыр кыахтаах дьону мунньан улахан тымныы түһүөр диэри муҥхалыыр буолбуттар. Балыктарын колхозка, фроҥҥа анаан уураллара, онтон ордорон хайа ыал хайдах туруктааҕын кэрийэ сылдьан көрөн-билэн, кинилэргэ биир-биир түҥэтэллэрэ. Кэлиҥҥинэн дьон наһаа аччыктаан ыксаллаах балаһыанньа үөскээбитигэр, Сэргэй ыксаан быстан эрэр ыалга ыһыыга ууруллубут сиэмэ бурдугуттан кыралаан кырыйан бэрсэр буолбут. Тыҥааһыннаах, үрдүк ирдэбиллээх кэм буолан үөһэттэн улахан бобуулаах, кытаанах укаас баарын да үрдүнэн, ону ол диэбэккэ Сэргэй сүөһү өлөрөн, тириитин кытта тэҥҥэ өлүүлээн үллэрэн түҥэтэн, аччыктаан өлөр турукка киирбит дьоҥҥо тыын уган өлөр өлүү үлүгэриттэн быыһаабыта. Кини бу маннык быһыыланара улахан сэрэхтээҕин, сууттанан баһа суох барыан сөбүн эттэхтэринэ: “Элбэх киһи хоргуйан өлүөҕүнээҕэр соҕотох мин хаайыыга өлбүтүм ордук ини”, – диэн эппиэттиирэ. Бу кэмҥэ үҥсүү, тыллабыр тэнийэн турар кэмигэр бары саҥата суох кинини өйдөөн, көмүскэс айыы санааларынан өйөөн ким да үөһээ салалтаҕа этэн биэрбэтэх.

Фроҥҥа анаан, кыайыы туһугар диэн ичигэс таҥас тигиитэ, түүлээх-балык, заём хомуллуута, онтон да атын үгүс үлэ барара. Сааскы ыһыыны эрдэттэн саҕалаан, үлэһит илии бары кырдьаҕас, оҕо-дьахтар хаалан утуйары, сынньалаҥы умнан туран, харыны ньыппарынан эстэ-илбистэ түүннэри үлэлииллэрэ. Ыйыллыбыт кэми куоттарбакка ыһыыларын бүтэрэн, от оттоон, сиилэс бэлэмнээн, күһүнүн бурдук, оҕуруот аһа хомуйан, эт-үүт былаанын толорорго дьулуһаллара. Сүөһү-ас син тэнийэн барбыта.

Таайбыт Сэргэй уоттаах сэрииттэн ордон тыыннаах эргиллэн кэлиитэ тус бэйэтин, дьиэ кэргэнин эрэ дьоллоро буолбакка “Харбаала” колхуос бар дьонун дьоло буолбута. Сергей Васильевич – биир дойдулаахтара, дьоно-сэргэтэ убаастаан ааттыылларыныы Тыаһыт Сэргэйэ Маҥаас нэһилиэгин “Харбаала” колхуоһугар сэрии кэмигэр кыаллары да, кыаллыбаты да оҥорон салайбыта, дьаһайбыта. Дьонун үрүҥ тыынын өллөйдөөн, үтүө сүрэҕинэн, аһыныгас санаатынан өлөн эрэри өрө тардан өрүһүлтэ буолан, биир да киһи сутаан-хоргуйан өлүүтүн таһаарбатах. Бу маннык ыар ыарахан кэмҥэ биһиги таайбыт, дьону өрүһүйэр туһуттан, бэйэ тыынын толук туттардыы уһулуччу быһыыламмыта. Кини улахан холобур буолар чиэстээх олоҕу олорон ааспытынан, сэриигэ уонна тыылга көрдөрбүт хорсун быһыытынан дойдутун, аймах-билэ дьоно, кэнчээри ыччата киниэхэ сүгүрүйэрбит муҥура суох.

Партия райкома Сэргэйи сатабыллаах салайааччы быһыытынан Сис Мэйигэр “Ворошилов” аатынан хаалыылаах колхозка председателинэн ыыппыта. Аҕыйах сыл иһигэр кини колхоһу өрө тардан таһаарбыта. Дьон улахан ытыктабылын ылбыта. “Сэргэй кэлэн элбэх киһини өлүүттэн быыһаабыта. Мин баҕас Сэргэй үтүөтүнэн баччааҥҥа диэри чыып-чаап дии сылдьаахтыыбын», – диэн күн сирин көрө сылдьарыттан махтанан, Алексеев Матвей диэн кырдьаҕас Маҥаастан 1962 сылга Мэйик оскуолатыгар учууталлыы тиийбит Сэргэй балта Мария Кирилловна Прокопьеваҕа олус уйадыйан кэпсээбит. Бу тылларга иһиллэр эбээт туох да дарбаана суох, чиҥ-дьиппиэ майгылаах саха киһитэ барахсан ис дууһатыттан тахсар махтала, сүгүрүйүү тыллара! Оттон Сэргэй “мин дьон туһугар олоробун-үлэлиибин, норуокка үтүөнү оҥоробун диэн тылларынан этиммэккэ, арбаммакка, эбээһинэс-эппиэтинэс ылынан үлэлээтэҕэ. Дьиҥ саха сиэринэн кини итинник биллэ-көстө сатаабат, олус судургу, көнө уонна сэмэй киһи эбит буоллаҕа.

Таайбыт Тыаһыт Сэргэйэ – Аҕа дойду сэриитигэр дойдутун этинэн-хаанынан көмүскээбит, тыылга дьонун-сэргэтин хоргуйууттан быыһаабыт Прокопьев Сергей Васильевич сырдык аата кэриэс буолан ханнык да кэмҥэ умнуллубатын, үтүө өйдөбүл быһыытынан үйэттэн үйэҕэ хаалыахтын. Ким да умнуллубат! Туох да умнуллубат!

Суруйда Любовь Юрьевна МИСКЯЕВА (Прокопьева),

биир дойдулаахтарын ахтыытыттан, кинигэ, архив матырыйаалларынан.

2025 сыл, муус устар ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *