Прокопьев Прокопий Яковлевич-Чуукаар туһунан

ЧУУКААР КЫРГЫТТАРА

“Эдэр коммунист” эргийэр киинэ

1981 сыллаахха мин Ураллааҕы үнүбүрсүтүөт суруналыыстыка бакылтыатын 3-с кууруһун кэнниттэн дойдубар сайыҥҥы сурук-бичик такайыгар (быраактыка) кэлбитим.

Оччолорго “Эдэр коммунист” хаһыат бас эрэдээҕэ Николай Афанасьевич Герасимов – Айталын этэ. Эрэдээксийэ бэйэтэ туспа мас дьиэлээҕэ. Саҥа киһини кэлэктииби кытта билиһиннэрии буолла. Кэҥэс хоско хас да остуол турара. Остуоллаах олоппос “отдел” диэн суолталааҕа. Олортон хос хабыллар хаба ортотугар турар ордук көстүүлээххэ, анныгар туумбалаахха (уруккута арааһа тойон киэнэ буолуо), остуолун курдук киппэ-хаппа көрүҥнээх, эттээх сирэйдээх, ачыкылаах, муннук анныгар тор курдук бырдьа бытыктаах киһи олороро. Ол уус-уран суруйуу салаатын сэбиэдиссэйэ Прокопий Яковлевич Прокопьев – Чуукаар эбит. Көрүҥүнэн, элбэх саҥатынан, кирпииччэ оһох дьиэ ортотун баһылаан турарыныы, бу саалаҕа киниттэн ордук ким да суоҕун курдуга. Түөһэр “МИН ЭРЭ” диэн дьаралык сурулла сылдьарга дылыта.

Дьиҥэр түгэх диэки эппиэттиир сэкиритээр дуоһунаһыгар сабыс-саҥа анаммыт уһун уҥуохтаах, кэлин Дьурантай диэн хос ааттаммыт Гаврил Маркович Егоров, оттон бэттэх диэки Ураллааҕы үнүбүрсүтүөтү субу бүтэрэн кэлбит үрдүк үөрэхтээх суруналыыс Татьяна Маркова олороллоро. Барыларын эппэппин: өйдүүрүм оччо уонна сайыҥҥы кэм буолан, үгүстэр уоппускаҕа барбыттар этэ. Оттон бас эрэдээк хабыньыатын бэтэрээ өттүнээҕи арыычча аччыгый хоско бэчээттиир үлэһит, кэриспэндьиэннэр бааллара. Олортон биирдэстэрэ, тыа хаһаайыстыбатын тутаах үлэһитэ – Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат. Чуукаарга холоотоххо кыра-хара, хачаайы. Оччолорго хос ааттаныы “Эдэр коммунистартан” саҕаламмыт дуу диэх курдук эбит: Айталын, Дьурантай, Чуукаар, Тумат, Вера Попова – Аал, Николай Чуор, эбиитигэр эриэхэбэй ааттаахтар Реворий Кривогорницын, Варвара Угарова, Сүлүгүрүөп.

Прокопий Яковлевич “МИН ЭРЭ” диэн дьаралыга оруннаах этэ. Мин Чуукаары “Хайдах олордугут, сааһырбыт кыргыттар?” диэн киэҥ кэпсэтиини таһаарбыт суруйуутунан билэрим. Саха омуга элбииригэр баҕарар киһи сүрэхпэр чугастык ылыммытым. Аһылла илик кэмбиэрдэринэн толору хааламмыт куул муннукка турарынан оҕустахха, мин эрэ буолбатах. Олор бары олоххо соҕотох хаалбыт кыргыттар суруктара буоларын кэнники билбитим. Онон “Эдэр коммунист” диэтиҥ эрэ “кырдьаҕас кыыс” дьылҕата тута өйгөр-санааҕар охсуллара, ону кытта Чуукаар диэн умнуллубат аат күөрэйэн тахсара. Прокопий Яковлевич ити таба тайаммыт тиэмэтиттэн сойо илик быһыылааҕа, онон билиһиннэрии кэмигэр бастакы ыйытыыта кэргэннээхпин суохпун туоһулаһыы буолбута.

Прокопий Яковлевич ону-маны сүбэлиир, ыйыталаһар идэлээҕэ. Ол сылдьан эмискэ тургутан көрөрө: “Эн Цветаеваны аахпытыҥ дуу? Ханнык хоһоонун сөбүлүүгүн? Мин үөрэнэр кэммэр литературнай институкка…” Дьэ, ол кэнниттэн мин ситтэрбэтэх күннээх ырам – Горькай аатынан литэрэтиирэ үнүстүтүүтүн туһунан сиэллээх-кутуруктаах сэһэн саҕаланара. Онон бу ыччат хаһыатыгар, бүтүн Саха сирин үрдүнэн биэс тарбахха баттанар ахсааннаах дьонтон биирдэстэрэ, эттэххэ судургу, ГОРЬКАЙ аатынан уус-уран айымньыны айыы кыһатыгар үөрэммит, такаллыбыт киһи үлэлиирэ ыйааһын хараҕын баттаан эрдэҕэ. Итинэн Чуукаар чахчы киэн туттара көстөрө уонна ол үөрэммитин бигэргэтэн эрэр кэмэ этэ. Соннук биир күн Прокопий Яковлевич кинигэ бөҕөтүн сүгэн-көтөҕөн аҕалбыта. Тутатына сылааһына эрэдээксийэ иһигэр ким баарынан илии баттаан биэрэ охсубута. Ол күөх тастаах ытыс саҕа кинигэтэ “Күһүҥҥү ньургуһун” диэн ааттааҕа. Онон Татыйаана биһикки, ааптарга улахан сыһыана суох да буолларбыт, кинигэҕэ тиксэн хаалбыппыт.

Эбиэт кэннэ икки хос ыккардыгар “кыра” саҥарсыы таҕыста. Чуукаар анараа хостон: “Ити аата хоһоон үһү дуо, ити аата алгыс үһү дуо? Аата, талбытыҥ да баара! Тугу да билбэт кыыс эбиккин!” – диир саҥата кыыгынаан олорор. Бэттэх Сэмэн остуолга умса нөрүйэн олорон, сотору-сотору сырдык киэпкэтин устан, кыл курдук кытаанах баттаҕын өрө анньыммахтыыр: “Киһи сирэрэ онно туга баарый? Маарыйа саамай сөпкө талла. Куоталаһыы аата куоталаһыы”, – диэн бөтүгүрэтэр. Кыыһырсыы төрдө – Маша кэргэн тахсан үлэтиттэн баран эрэр эбит. Урууга ыҥырыы оҥороору эрэдээксийэҕэ куоталаһыы биллэрбит. Онуоха Чуукаардаах Сэмэн Тумат хоһоонноро талыллыбыт. Бүтэһигэр кыыс Тумат киэнин ордорбут. Мөккүөрдээх айымньылары ылан аахтым. Семен Андреевич киэнэ түөртүү устуруокалаах икки эрэ кэрчиктээх уонна, быһа холоон, “буруо буруоҕа холбоһон халлааҥҥа өрө унаарыйда, саҥа ыал оһоҕо оттулунна, Туймаада хочотугар биир ыал эбилиннэ” диэн ис хоһонноох. Тэттигинэн дьоҕус ыҥырыыга лоп курдук батар уонна ис хоһоонунан туох тэрээһин буоларын чуо биэрэр эбит. Итиниэхэ Прокопий Яковлевич сөбүлээбэтэ: “Буруо буруоҕа кыттыһар буола-буола, ол аата туохпутуй?” – диэн. Бэйэтин айымньыта балачча уһун уонна дьиҥ алгыска хабааттар. Ыҥырыыга буолбакка, эдэрдэри алгыырга ордук барсыах эбит. Оччо уһун хоһоон кыракый ыҥырыыга хайдах да батар да кыаҕа суох.

Эрэдээксийэҕэ сылдьар, хаһан эрэ ыыппыт суруктарын сураһааччы, суруйууларын быһаччы туттарааччы дьон элбэх. Биир күн саас ортолоох киһи Прокопий Яковлевичтыын ону-маны кэпсэппитэ буола-буола, барыахча барбата. Онтон эттэ: “Ити мин хоһоонньуттары сирийэн ааҕабын. Аныгы дьон тылы-өһү туттуулара олох мөлтөх”. Онуоха Чуукаар хап-сабар сөбүлэстэ. Кини туох үлэһитин, тылга сыһыаннааҕын суоҕун сураста. Онтон эгди буолла быһыылаах, киһибит тута эттэ: “Мин ырытыы оҥоруохпун сөп ээ. Урукку кэниспиэктэрим эҥин бааллар”. “Оннук олох сатаммат. Айар дьон ураты майгылаахтар, өһүргэстэр. Айымньыларын саараама тыыттарбаттар. Бэйэлэрин өрө тутар дьон, кинилэргэ аптарытыат диэн суох. Холобур, бу мин Горькай аатынан литературнай институту бүтэрбит киһибин. Ол үрдүнэн кириитикэлиир быраабым суох”, – диэн Прокопий Яковлевич мас-таас курдук батан кэбистэ. Кырдьык, хаһыат сирэйигэр поэзияны ырытыы диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Хоһоон буоллар мин баҕарбытым хоту бэчээттэнэн испэтэ, иэтэн-иэтэн биирдэ эбит тахсара. Дьиҥэр, оччолорго хоһоонньут диэн буор ыспыт элбэх буоллаҕа…

Саха поэзиятын “аанын хайа тэбии”

Мин хоһоонньут быһыытынан аан бастакы бэчээттэниим 1989 сыллаахха этэ. “Тойон эр” диэн хоһоонум “Хотугу сулуска” күнү көрбүтэ. Уралга үөрэнэ барыахпыттан аанньа айбатах киһини күөттээччим Егор Петрович Шестаков – Эрчимэн буолбута. Бүлүүттэн Тааттаҕа көһөн кэлэн баран киин бибилитиэкэҕэ ааҕар саала сэбиэдиссэйинэн үлэлии сырыттахпына, күһүн Суорун Омоллоон 80 сааһын бэлиэтии элбэх суруйааччы тахсыспыта. Кинилэр ортолоругар укчум, ыстаарысталаабыт “Сэргэлээх уоттара” куруһуогум салайааччыта кириитик суруйааччы Эрчимэн баара. Миигин көрөөт: “Хайа, Оля, манна баар эбиккин дуу? Тугу суруйаҕын? Дойдулаах киһи айар түмсүү тэрийдиҥ дуо?” – диэн, ууга-уокка түһэрбитэ. Уонна сырыы ахсын “суох” диирбиттэн кэлэйэн: “Хайдах бэйэҥ бэйэҕинэн тугу да гыммакка сылдьаҕын?” – диэн хомуруйбута. Сонтон ыла айымньыларбын “Хотугу сулус” эрэдээксийэтигэр киниэхэ ыытар буолбутум.

Кэтэһиннэрэн-кэтэһиннэрэн, суруйсубуппут үһүс сылыгар, сурунаалга биир хоһоон кылах гыммытыгар, үөрүөхтээҕэр, хомойбутум: соҕотох буолуо ини, дьөссө суруллуутугар сыыһалаах. Онно көннөрүүтэ биэриҥ диэн туруорсубутум да, харда суоҕа. Дьиҥэр Егор Петрович икки хоһоону бэчээккэ киллэрбит эбит. Ол кэнниттэн, толкуйдаан-толкуйдаан баран, “Дьахтар айыллыбыта” хоһоону эппиэттиир сэкиритээр паапкатыттан сыыйан ылан кэбиспит. Кыыс кэргэннээх, оҕолордоох, маннык суруйуу кэнниттэн тыл-өс тарҕаныаҕа диэн санааттан. Ол иһин “Тойон эр” хоһоон кэнниттэн сирэй аҥаара ырааһынан көрөн хаалбыт этэ.

Дьэ, мин санаа бөҕөтүгэр түстүм. Былдьаһыктаах “уларыта тутуу”, били “Хрущев ириэриитин” курдук, аҕыйах сылынан ааһан хааллаҕына, айан-тутан бүтэрим саарбаҕа суох. Эбиитигэр сурунаалга ол биир сыыһа барбытыттан уонна онно көннөрүү биэрбэтэхтэриттэн, эдэр айар дьону аанньа ахсарбаттар эбит диэн санаа өйбөр бигэтик хатанна. “Эдэр коммунист” эргийэр киинин Чуукаары, били “кэниспиэктээх киһи” дураһыйыытын хайдах курдук ааныттан тохтоппутун санаатым. Ол кэпсэтии кэнниттэн мин Прокопий Яковлевич айар киһи суруйуутугар наһаа харысхаллаахтык, сэрэнэн сыһыаннаһар эбит диэн экчи итэҕэйбитим. Соннук санаабын кытта урукку-хойукку таптал туһунан хоһооннорбун хомуйа тутан, “Эдэр коммуниска” Чуукаарга ыытан кэбистим. Кэтэх санаам: субу кэмҥэ дойдунааттыы (патриоттуу, гражданныы) лириканы эрэдээксийэ да, норуот да сэҥээрбэт эбит, онон таптал туһунан уратытык суруллубут хоһоонунан ааҕааччыга тоҕо көтөн тахсыам диэн. Сол кэмтэн күн аайы кэтэстим да, хаһыат сирэйэ “кураанах” – хоһоон балаһата суох. Прокопий Яковлевичка эрийдим. Улахан ымманыйыыта суох “туппуппут, сотору арааһа таһаарарбыт буолуо” диэтэ. Саҥатыттан иһиттэхпинэ, арай олох сэҥээрбэтэх курдук.

Биир күн куолубунан хаһыат бастакы сирэйин көрбөккө да эрэ, ортотун аһа баттаатым. Арай… сыгынньах кыыс түөһэ өрө мөтөйөн!!! баттаҕынан саптан умса нөрүйэн турар эбит! ҺАА! Били “Сэбиэскэй Сойууска сиэкис суох!” – диэбиттэригэр дылы, киэҥ бэчээккэ хаһан манныгы көрбүппүт баарай?! Бэл тыыным тыҥабар “туран” хаалла. Хоһоон балаһата эбит. Арай… эмиэ арай! Үөһээ өттүн көрө түспүтүм: кирпииччэ курдук модьу буукубаларынан хаһыат сирэйин биир уһугуттан иккис уһугар диэри УМСУУРА диэн аат тилэри тардыллыбыт! Адьас былакаат диэн сымыйа! Сирэйим итий гына түстэ. Саба быраҕан аахтым. А-А-Аа! Дьэ абытайдаах суруйуу! Миэнэ буолбатах! Ордук “Дьахтар айыллыбыта” хоһоон түөрэ уларыйбыт: кыыс өйүгэр оҥорон көрбүтэ барыта субу ороҥҥо буола турар, тыаһаан-ууһаан! Хаһан да туттубат “саҥнаах” эҥин диэн тыллар кыбыллыбыттар. Наһаа кыбыһынным, сааттым. Эрдэ дьиҥнээх ааппын кимиэхэ да этээйиккин диэн сэрэппиппиттэн эрэ эгди буоллум. Хата, дойдубар, бэл дьиэм иһигэр мин суруйарбын ким да билбэт этэ. Тоҕо эрэ кистэнэн, саһан сылдьарым. Тутатына харда суруйдум. “Бу кэриэтин олох да таһаарбатаҕыҥ буоллар. Итиэннэ “Эдэр коммуниска” хоһооммун ыытан да бэрт! Барытын көннөрөн хос таһаар!” диэн ис хоһоонноох этэ ол махтал оннугар абарбыт-сатарбыт суругум. Соннук Чуукаар көмөтүнэн ааҕааччыбар баҕам хоту тоҕо көтөн тахсарын тахсыбытым эрээри, онтон ылата миигиттэн “орон поэтессата” диэн дьаралык адьас арахсыбат.

Күн дьүөгэбин көрсүүм

Хомойбутум бэрдиттэн “Эдэр коммуниһы” суруттарбат буолтум. Арай райкомтан дуу хантан дуу, эйигин Чуукаар диэн суруйааччы көрсүһэ кэлбит диэн эрийдилэр. “Мин ол киһини харахтыахпын да баҕарбаппын, көрсүбэппин”, – диэтим. Онтон Прокопий Яковлевич бэйэтэ эрийдэ. Мин көнөтүнэн көрсүөхпүн баҕарбаппын диэн эттим. “Хайа, Ольга, мин Анна Парникованы аҕаллым дии. Хайаан кинини көрсүмээри гынаҕыҥ?” – диэтэ. “Ол эмиэ киммитий?” “Тыый? Хайдах билбэккин? Биһиги хаһыаппытыгар тахсан бөҕө, араадьыйаҕа эмиэ сотору-сотору кини хоһооннорун ааҕаллар. Эйигин көрсөөрү һинньэ Намтан, Бартыһаантан айаннаан кэлистэ”. Мин хаһыаты суруттарбат, аахпат буолбуппун кэмсинэ санаатым. Оччолоох ыраах сиртэн миигин аат ааттаан кэлбит үөлээннээхпин көрсүбэтим эмиэ сүрэ бэрт. Онон иккиэннэрин дьиэбэр ыҥырдым.

Төгүрүк сандалым хотойорунан ас бөҕөтө астаатым. Куобах этэ бөҕөнү хооруйдум. Уолаттарбын эбэлээхтэригэр утаардым. Кэргэним, ординатураҕа Томскайга үөрэнэ сылдьар буолан, суох. Аан чуораана кылыгыраата. Ону кытта хараҥа сонноох, бэргэһэлээх Чуукаар кэнниттэн мап-маҥан ый курдук төгүрүк сирэй мычылыйан көһүннэ. Анна – мин орто дойдуга көрсүбүт тарбахха баттыыр ахсааннаах дьүөгэлэрбиттэн биирдэстэрэ…

Ыалдьыттарым сабыс-саҥа тахсыбыт хараҥа кыһыл тастаах Варвара Потапова “Үчүгэйиэн бу сиргэ” диэн ааттаах хоһоонун хомуурунньугун бэлэх аҕалбыттар. Прокопий Яковлевич тута сэрэттэ: “Варя бэйэтин уонна кэргэнин кумааҕылара архыыпка холбуу туттарыллыбыт буолан, бу хомуурунньукка Баһылай Саабын хоһоонноро кыбыллан хаалбыттар. Ону бука диэн арааран көрөөр”, – диэн. Кырдьык, адьас эр киһи аатыттан кыыска анаммыт хоһооннор бааллара уонна бэйиэт “Киһи – ааһар хомолто, киһи – бүппэт ырыа” диэн кынаттаах устуруокалардаах “Киһи” диэн хоһооно инники соҕус киирбит этэ. Бу хоһоону ураты куоластаах артыыска Зоя Багынанова киһи уйулҕатын хамсатар гына элбэхтик да аахпыта, онон күн бүгүҥҥэ диэри, Варвара Потапова төрөөбүт күнэ буоллар эрэ, вотсабынан күүлэйдиир. Көннөрүү биэрэргин олох аахайбаттар уонна наар Варвараны “саха бастакы поэтессата” дииллэрин кубулуппаттар. Кини иннигэр хоһоонньут эдьиийдэр баалларын үрдүнэн.

Күө-дьаа кэпсэтии быыһыгар Чуукаар эттэ: “Умсуура, эн дьиҥнээх бэйиэт эбиккин. Бэчээккэ саҥа тахсар киһи махталтан атыны билээччитэ суох. Оттон эн “аны бэчээттиэхтэрэ суоҕа” диэн куттаммат, айымньыгын сыаналыыр, бэйэҥ кыаххын, таһымҥын билиммит киһи эбиккин. Оннук киһи эрэ дьиҥ айааччы буолар. Онон эн айымньыгын отой тугун да уларыппакка, хаһыат иһигэр кинигэ курдук, хос таһаарыахпыт диэн тылбын биэрэбин”. Уһун-киэҥ сэһэргэһии быыһыгар өссө эбэн эттэ: “Эн ити мин көннөрбүппүттэн биир да тылы ылыммыт, соннук хаалларбыт буоллаххына, ол аата мин үчүгэй эрэдээктэр эбиппин”, – диэн. Онон хоһооннорум аны “Эдэр коммунистан” “Сахаада” диэн ааттаммыт эдэрдэр хаһыаттарыгар хос тахсыбыттара. Эрдэ бэриллибит биир эрэ хоһоон Чуукаар көннөрүүтүнэн барбыт этэ.

Мин Анналыын, хаһааҥҥыттан эмэттэн билсэр киһи курдук, түүнү супту кэпсэттибит. Олох утаппыттыы. Биллэн туран хайдах айарбыт туһунан эмиэ. Онуоха Чуукаар, ким эрэ алҕас истиэ диэбиттии, сибигинэйэ былаан эттэ: “Ольгаа, суруйар киһи үксүн түүн айар. Оччоҕо кэннигэр кэлэн тураллар. Киһи этэ атыйар, иэнэ тардар. Көр, ону тулуйбатаххына, айан бүтэҕиҥ. Мин ойон туран суорҕаным анныгар түһэн хааламмын, билигин кыайан суруйбакка сылдьабын”. Кырдьык, “Күһүҥҥү ньургуһун” кэнниттэн кини саҥа кинигэни таһааттара илик кэмэ этэ. Мин, көхсүбэр ким да кэлэн турдун, экчи эргиллэн көрбөт, ону тулуйар хорсун санааланарга бигэтик быһаарыммытым.

Чуукаар кыргыттара

Нөҥүө сыл күһүнүгэр бэркэ билэр куолаһым эрийэн, Саха сирин Суруйааччыларын ассоциацията тэриллэринэн, Сунтаарга барыс диэтэ. Мин буоллар саспытым курдук саһа сылдьабын. Уонна хос аатым арчытыттан тахсыахпын оччо-бачча баҕарбаппын. Прокопий Яковлевич ким-ким барарын эттэ: Наталья Харлампьева, Николай Лугинов, Сэмэн Руфов, Харысхал, Эдуард Соколов, Христофор Горохов, онтон да атын элбэх хоһоонньут уонна суруйааччы ааттанна. Антонина Гаврильева диэн санаабар адьас сахалыы, мэнэриктии суруйар бэйиэт кыыс аатын сэҥээрэ иһиттим да, “ээх” диэбэтим. Тиһэҕэр эттэ: “Анна эмиэ барсар буолла. Суолгутун Айар сойуустар пуондаларыттан төлөтөбүт. Барыс.” Дьэ, Анна диэн охторуулаах төһүү тыл буолла уонна, хайа, бэйэм саастыы айар дьону (ол да Антонинаны) кытта алтыһыахпын хайдах баҕарбат буолуохпунуй? Сунтаарга бииргэ үөрэммит кыыһым, бэртээхэй хоһоонньут Александра Григорьева (кэлин Сандаарыйа диэн хос ааттаммыта) олорор уонна оччолорго суруйан эрэр Наталья Михалеваны (Сайа диэн ааттана илигэ) кытта көрсүөхпүн эмиэ саныыбын. Аны 90-с сыллар уратылара – харчы олох суоҕа. Миигин пуонда төлүүр испиэһэгэр киллэрбититтэн махтана санаатым да, сөбүлэстим. Онон Умсуура диэн ким буоларбын аан бастаан Сунтаар кулуубугар суруйааччы Эдуард Соколов улаханнык долгуйан, латарыайа сүрүн бирииһин ким сүүйбүтүн биллэрэр курдук, билиһиннэрбитэ. Ити айантан мин иккис дьүөгэлэммитин – Антонина. Ол сахха үһүөн, Антонина, Анна, мин буолан үөрдүһэн, күнү-дьылы бииргэ атаарбыт кэрэ-бэлиэ кэмнээх этибит.

Сунтаарга хас да хайысханан бөлөхтөһөн сылдьыбыппыт. Биллэн туран, көрсүһүү кэнниттэн остуола суох буолбат. Семен Руфобы сөхпүтүм диэн, остуолга баар суруйааччыларга барыбытыгар тутатына иккилии устуруокалаах эпиграмма айа охсон аахпыта. Күлээн-күлээн баран, барытын кэриэтэ умнан кэбиспиппин. Өйдүүрүм аҕыйах.

Бүгүн эмиэ Лугунуоп

Сыалаах эти туора уоп!

 

Остуол үрдэ урусхал –

Аһаан ааспыт Харысхал.

 

Борокуоппай Чуукаар!

Кыргыттаргын таһаар!

 

Уонна тиһэҕэр миигин үөһэттэн өҥөйөн туран түмүктээтэ:

Уруукабы умса уура

Устан кэллэ Умсуура.

1998 сыл, Нуучча тыйаатырыгар «Пресса баала».

Прокопий Яковлевичка анаммыт эпиграмма биэтэһэ – колхуос сугулаанын курдук улахан мунньахха кыыс бэйиэттэри барыбытын “Чуукаар кыргыттара” диэн сүрэхтээбиттэрэ. Ол оруннааҕа диэн, ким-хайа да такайан үүннэрбитин иһин, киэҥ эйгэҕэ, бэчээккэ таһаарааччы ыччат хаһыатын уус-уран салаатын салайааччыта Чуукаар буоллаҕа эбээ. Оччолорго эдэр айааччы бэчээттэнэр эрэ сирэ бу хаһыаттан ордук суоҕа да диэххэ сөп.

Ол Анналыын аан бастаан көрсүбүт күннээх түүммүтүгэр суккуллар тыл-өс дохсун долгунугар Прокопий Яковлевич “аньыыта-харата” барыта сууллубута, сотуллубута. Бэйэм, дьон суруйуутун көннөрөн таһаарар үлэлээх киһи, ол Чуукаартан хаарыллыбыппын олох умнубаппын, хайа кыалларынан ааптар буочарын, истиилин, туттар тылын-өһүн хаалларабын. Онтон бэйэм суруйуубар сирэй саҥаҕа дьоруойум кэпсэтэр уратытын таба тайана сатыыбын. Ол иһин сорох ааҕааччылар “ээ, ити бэйэтэ суруйан биэрбит быһыылаах, ити кини туттар тыла-өһө” диэбиттэрин истэбин. Чуукаар эппитинии, “үчүгэй эрэдээктэр” буоларга дьулуһабын.

Прокопий Яковлевичка – Чуукаарга махталым муҥура суох.

Умсуура, бэйиэт, суруналыыс.

07.07.2026 с.

(“Ахтыылар”: Умсуура – Корякина Ольга Николаевна, саха биллиилээх поэтессата, суруналыыһа)

Прокопьев Прокопий Яковлевич-Чуукаар туһунан: 2 комментария

  1. Вера Варламова

    Олус истиҥ ахтыы🤍

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *