Пономарёв Пётр Григорьевич туһунан

Сырыы аайы хатылыыбын: эти-үүтү элбэтии биир сүрүн суола – сири кытта үлэни тупсарыы, бааһына, ходуһа иэнин кэҥэтии буолар диэн. Ол иһин бу иннигэр «Тараах, фреза, носуос уонна «үрүксээк», «Күрүө – ампаардаах ас» диэн ыстатыйалары суруйбутум. Бу сырыыга олору салҕаан өбүгэлэрбит сиргэ сыһыаннарын туһунан эһэм оҕонньор холобуругар сыһыаран салгыырга быһаарынным. Онон бастаан…

Эһэм туһунан кылгастык

Мин эһэм Пономарёв Пётр Григорьевич – Наҥнаһын Бүөтүр (1879-1962) икки ойоҕуттан хас да оҕоломмут. Олортон соҕотох уол – мин аҕам ордон маҥнайгы хомуурга түбэһэн, 1941 сыл ахсынньытыгар Москва аннынааҕы кыргыһыыга өлбүт. Ийэм сэрии кэнниттэн атын киһиэхэ эргэ тахсан туспа барбыта. Онон мин быраатым Коляны кытта эһэлээх-эбэбитигэр иитиллэн киһи-хара буолбуппут.

Эһэм сахаҕа орто уҥуохтаах, эт-лахса көрүннээх, бэйэтин кыанар, олус үлэһит, дэгиттэр тимир-мас ууһа, колхуос стахановиһа, үтүө майгылаах, дьон убаастыыр оҕонньоро этэ. Өссө былыр чаччыына кинээстии сылдьыбыт.

Кини 1933 с. Кытаанахха тутуллубут, быйыл саҥа көтүллүбүт улахан оскуола дьиэтин маастардаан тутуспут. Онтон 1948 с. оройуоҥҥа ыҥыран урукку райпо, райсовет хонтуораларын дьиэтин маастардаан туттарбыта. Аатырар бартыһаан Уот Субуруускай табаарыһа этэ. Ол маастардыырыгар биһиги Чурапчыга Субуруускайдардар балаҕаннарыгар дьукаах олорбуппут.

Эһэм Килэнки дэриэбинэтин маҥнайгы дьиэлэрин тутуспута, маҥнайгы кулууп акылаатын түһэрбитэ. Биир тылынан кини Кытаанахха туппута, оҥорбута элбэх. Дэлэҕэ даҕаны Кытаанах орто оскуолатын Бочуотун кинигэтигэр маҥнайгынан киллэриллиэ дуо? Өлбүтүгэр бохоруонатыгар элбэх дьону кытта оскуола улахан кылааһын оҕолоро кытта сылдьыбыттара.

Эһэм төрүт алааһа Килэнкиттэн чугас, соҕуруу сытар Бэттиэмэлээх диэн обургу алаас. Алааһын туһунан олус истиҥник кэпсиирин өйдүүбүн. Олортон «былыр биһиги саас ыҥыыр атынан ходуһанан иһэн аппыт батыччахтаан бадарааны тэһитэ үктээтэҕинэ түһэн илиибитинэн симэн көннөрөр этибит» диэн кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Хайдахтаах курдук сиргэ истиҥ сыһыаный? Онтон билигин хайдаҕый? Үүнүүлээх ходуһаны ортотунан массыынан тэбистэрэн ааһары айыыргыыр киһи аҕыйах буолуо.

 

Эһэм бэрбээкэй күрүөтэ

Чуолкай өйдүүбүн. 1953 c. ааттаах олус өҥ сайын буолбута. Эһэм алааһа Бэттиэмэлээххэ бугул бөҕө бачыгыраабыт этэ. Мин 6-с кылааһы бүтэрбит кыра, хатыҥыр уол кэбиһиигэ сайыны быһа оҕус сиэтээчинэн үлэлээбитим. Ол эһэм алааһын бэттиэмэ угаайылаах отун кыайан сүөкээбэккэ тиритэн-хорутан да биэрэрим. Онуоха от кэбиһээччи Сөкөрөөн Бүөтүр ааһан иһэн атырдьаҕын төбөтүнэн тиэрэ анньан биэрдэҕинэ үөрэр даҕаны этим. Баччааҥҥа диэри умнубаппын.

Ол үлэлии сылдьан күөл куулатыгар эбиэттии олорон тыаҕа тахсыбытым сыһыыттан 20-30 миэтирэлээх сиринэн былыргы бэрбээкэй күрүө сэмнэҕэ сытара. Бэрбээкэй күрүө диэн икки аллараа сүнньүөхтэрин баҕананы үүттээн, үһүс сүллүгэһин мас тоһоҕолору кириэстии саайан ууруллубут күрүөнү ааттыыллар.

Ол күрүө сэмнэҕэ былыр эһэм күрүөтүн тобоҕо буоларын сэрэйдим. Сороҕо букатын ойуур иһинэн барбыт. Ону муодарҕаатым. Тоҕо бу тыаны, ойууру быыһынан туттаҕай? Аата эрэйин. Мас, тиит силиһин хаһа-хаһа остуолба туруоран сордонноҕой дии санаабытым.

Онтон кэлин улаатан баран көрөн биричиинэтин дьэ быһаарбытым. Эһэм төрүт даҕаны тыа быыһынан туппатах эбит. Өйдөөн көрбүтум сэмнэх бэтэрээ өттө барыта сонос хахыйахтар, титириктэр, кыра тииттэр эбиттэр. Кураан, сут дьылларга алаас кытыыта үүммэтэҕин оҕустарыллыбакка хаалбытыгар кыра хахыйах, титирик, талах үүнэн тахсыбытын тумнан иһиллэриттэн сыыйа “кимэн” киирэн, алаас ходуһатын кыаратан иһэр эбит.

Маннык көстүү ордук ырыынакка киириэхтэн элбээтэ. Сүөһү ахсаана лаппа аҕыйаан, көрүүчэй да сыаната аһара ыараан ыраах үрэхтэр, тэйиччи сирдэр, быраҕыллыбыт бааһыналар кыра отунан-маһынан тамалҕанынан бүрүллэн элбэх сир туһаттан тахсан эрэллэрэ сир аайы баар хартыына. Ордук өрүстэр, үрэхтэр хочолоро, сыһыылара түргэнник үүнэр үөт, минньик талахтарынан, чэчиниэр хатыҥнарынан, титириктэринэн биирдиилээн уонна бөлкөй-бөлкөй үүнүүлэрэ үгүстүк көстөр буолла. Сир бөҕө хаалан эрэр.

Ону утары охсуһууга биир холобуру кэпсиим. Үнүр ахтыбыт Чурапчыга сылгы иитиитинэн дьарыктанар М.С.Седалищев быйыл саас Тверь куораттан интернетинэн сакаастан “Косилка-кусторез-1,7м” диэн МТЗ тыраахтар кэннигэр холбонор 1,7 м диаметрдаах, 2 быһахтаах улахан тэриэлкэ курдук тэрили атыыласпыт. Сыаната аҕалыылары 300 тыһ.солк. турбут.

Ону видеотын көрдөххө тыраахтар кэннинэн айанныыр уонна 12 см диаметрга тиийэ суоннаах үөтү, синньигэс хахыйаҕы, титириги от курдук быһа охсон иһэр. Олор кэлимсэ ойуур курдук үүммэт эбиттэр. Биирдиилээн уонна бөлөх-бөлөх туралларын кэрийэ сылдьан быһыта охсор эбит.

Ол кэнниттэн илиилэринэн, тыраахтарынан ону ыраастаан баран, биир лэмиэхтээх улахан суханан силиһин тиэрэ таттаран ыраастаан, ыарахан диискэнэн, тарааҕынан бытарытан 30 гектардаах бааһына оҥорбуттар.

Дьэ, маладьыас дьон! Бу төһө да ороскуоттааҕын, элбэх үлэлээҕин иһин эрэйдэрин уон оччонон төлүүр үлэ. Бу 30 гектартан уонунан сыллар устата төһөлөөх бурдугу (кинилэр бурдугунан эмиэ дьарыктаналлар), күөх үүнээйини ылыахтарай?

Бээ, бу ханна оҥорбуттарын умнубуппун. Бу бааһынаны Чурапчы Мырылатын Хахыйах учаастагын Амма өрүс уҥуоргу хочотугар оҥорбуттар. Дьиэлэриттэн уҥуор көстөн турар кэриэтэ сир. Биир үчүгэйэ онно ынах сүөһү уҥуор тахсыбат эбит. Онтон аммалар сылгыларын саас өрүс бэтэрээ хаҥас биэрэккэ үүрэн таһаараллар үһү. Күһүн муус туран, сылгыны уйар буоллаҕына төттөрү киллэрэллэр. Онон уҥуоргу бааһыналарга, ходуһаларга күрүө туппат эбиттэр. Улахан чэпчэтии.

Бу кусторез олус туһалаах тэрил буолсу. Онон атын да улуустарга маннык тэрили булуналлара буоллар улахан көдьүүстээх буолуоҕун ити эһэм алааһын самныбыт күрүөтүттэн өй ылан, ким эмэ туһанаарай диэн суруйдум.

 

Эһэм «мас носуоһа»

Сэрии кэниттэн кыра уолаттар сайыны быһа күтэрдээн, моҕотойдоон тахсар этибит. Ону күһүн тириилэрин лааппыга кыра харчыга туруоран тэтэрээт, кэмпиэт эҥин атыылаһарбытын өйдүүбүн.

Биирдэ миигиттэн арыый аҕа атаспынаан Колялыын, уйулҕа үөрэҕин доктора, профессор Оконешникова А.П. убайынаан, эһэм Бэттиэмэлээх алааһын кытта сыстыһа сытар Өлөҥҥө күтэрдии сылдьыбыппыт. Арай ол күөл кытыытыгар икки атахха олордуллубут, төбөтүгэр мас дьааһыктаах, дириҥ хорууда курдук хаһыллыбыт мас ыйанан турара. Биир уһугун баттаатахха биэтэҥниир этэ. Онтукам эһэм оҥорбут мас носуоһа эбит. Дьааһыктаах өттүн ууга түһэрэн баран, нөҥүө өттүн баттаатахха, уу үөһэ тахсан, хорууда устун түһэн, салгыы оҥорбут мас хоруудаларынан Бэттиэмэлээҕин ходуһатыгар тиийэн кутуллара уһу. Баһаххай үлэ.

Ону суоттаан көрдөххө дьааһыгар 10 биэдэрэ (100 л) киирэр буоллаҕына мүнүүтэҕэ иккитэ бастаҕына, чааска 60 буочуканы, күҥҥэ сүүһүнэн буочука ууну хачайдыан сөп эбит.

Былыргы дьон үлэһиттэр. Оннук элбэх күн хачайдаабыт буоллаҕына эһэм барахсан улуу сукка син аҕыйаҕа суох оту баспыт буолуохтаах. Ону оччолорго ыйыталаһар өй суох буоллаҕа. Онтон сукка уутун кыайдахха от аһара үүнэр диэн хаста да суруйдум.

 

«Дьыыгырдары» оҥорон

1941-1942 сс. улуу курааннарга элбэх сирдэргэ оҕуруот аһа бөҕөнү үүннэрбит эбиттэр. Уута суох, уот курааҥҥа хайдах? Ол эрээри үүннэрбиттэр. Олус судургутук. Ол саҕана үөһээттэн политика баран, элбэх сиргэ кэриэйдэри аҕалбыттар. Олор олохтоох дьону үөрэтэн үлэлэппиттэр. Онтон ууну «дьыыгырдары» оҥорон туһаммыттар.

«Дьыыгыр» диэн туох тылын билбэтим. Эһэм инньэ диир этэ. Сорох сирдэргэ «сиигири» дииллэр. Күөлтэн хоруу хаһан баран икки остуолба икки ардыгар икки сүүнэ улахан тэлиэгэ көлүөһэлэрин курдугу кэккэлэһиннэри тутан баран, икки ардыларыгар кыра уу баһар дьааһыктары (иһиттэри) кыбыта саайбыттарын курдук. Ону сэппэрээтэр курдук эрийэллэр. Оччотугар уу баһыллыбат дьааһыга (иһит) үөһэ тахсан уҥуор барыытыгар баттык буолан, төттөрү утары өттүттэн уу тахсарыгар көмөлөһөр. Ол түспүт ууну мас хоруудаларынан аналлаах сирдэргэр, оҕуруот аһыгар кутарга анаан тиэрдэллэр. Ол ууну туһанан кэриэйдэр оҕуруот аһын арааһын үүннэрбиттэр.

Маннык «дьыыгырдар» Кытаанахха Булгунньах күөлун кытыытыгар, Дьаарыллаҕа үөһэ дьүөдьэҕэ көрөр этим. Дьэ мин эһэм Наҥнаһыын Бүөтур уус буолан Тааттаҕа, Мэҥэҕэ тиийэ ыҥырыллан оннук «дьыыгырдары» туттарбыт. Ол үлэтин иһин кыра мээккэ бурдук биэрэллэрэ үһү. Ол бурдугуттан эһэм мин өйдүүр-өйдөөбөт эрдэхпинэ ийэм колхуос субанын көрөн «от сии» Таатта Баайаҕатыгар олордохпутуна салаасканан соһон илдьэрэ уһу. Онон эһэм барахсан уус буолан, ол «дьыыгырдары» оҥорон бурдуктанан биһиги суту-курааны син этэҥҥэ аһардахпыт, тыыннаах хааллахпыт.

 

Түмүк

Мин маны тоҕо суруйдум? Эһэм алааһын күрүөтун сэмнэҕиттэн сылтаан ити билигин талаҕынан, отунан-маһынан бүөлэнэн хаалан эрэр сонуоктары, ходуһалары фермер Михаил Семёнович курдук кусторез булан сири оҥоһуннунар диэн баҕаттан.

Иккис өттүттэн оннооҕор 100 сыл анараа өттүгэр биир буукубаны билбэт, үөрэҕэ суох мин эһэм, арааһа, бэйэтэ толкуйдаан ити мас носуоһу оҥорон, ууну хачайдаан аҕыйах сүөһүнү сыл таһаардаҕа.

Онтон билигин сайдыылаах үйэҕэ, ити мин суруйарым курдук, биирдиилээн ыалтан саҕалаан бары бааһынайдар, араас ИП-лар кыра мотопомпалары, араас уу ыстарар тэриллэри булаллара буоллар суту-курааны соччо билиниэ, ас-үөл балачча элбиирин ситиһиэ этилэр диэн санааттан бу суруйдум.

Уйбаан ПОНОМАРЁВ.

Чурапчы.

2020 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *