СЫРДЫК ӨЙДӨБҮЛ МЭЛДЬИ БААР БУОЛУО
Павлов Фёдор Фёдорович 2021 сыл олунньуга олохтон туораабыта. Ыарахан ыарыыттан 82 сааһыгар сирдээҕи олоҕун Дьокуускайга түмүктээбитэ.

Ф.Ф.Павлов Бүлүү улууһун уонна куоратын Бочуоттаах олохтооҕо этэ. Уонча сыл Бүлүү куорат Сэбиэтин салайбыта, ол иннинэ икки сыл оройуон холбоһон олордоҕуна, успуорт кэмитиэтин салайбыта. Эдэригэр биллэр бөҕөс этэ, өрөспүүбүлүкэ 1959-60 сс. көҥүл тустууга призёра, “Спартак” ДСО үс төгүллээх чөмпүйүөнэ буолбута. Кини туһунан билигин ф.н.д., СГУ проф. Виктор Михайлов: “Күһүөрү сайын Бүлүү куоратыгар көһө сылдьар пленум буолла… Сүрдээх да уолаттар бааллара: Владимир Дорофеев, Федор Павлов, Алексей Павлов… Кэлин бары кэриэтэ салайар үлэҕэ тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Дьоһуннаах оскуола буолбута оччотооҕу хомсомуол”, – диэн суруйааччы В.Титов “Уоттаах чыычаахтар” кинигэтин (Дь., “Бичик”, 2006) киирии тылыгар суруйан турар (кинигэ, 6 с.).
Ф.Ф.Павлов үлэтин биографиятыгар Бүлүү к. суол улахан саҥа учаастагын тэрийиини, олох-дьаһах кэмбинээтэ муҥутуур сайдан турар кэмигэр ситиһиилээхтик салайбыта. Олох оҥкула уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрэн, Бүлүү улууһун саҥа тэриллибит дьаһалтатыгар дьыала бэрийээччитинэн үлэлээбитэ.
Эдэр эрдэҕиттэн элбэх доҕоттордоох, өйүүр дьонноох буолара. Успуорт диэйэтэллэрэ Н.Тарскай, Д.Коркин, В.Румянцев, Д.Данилов, М.Гуляев уо.д.а. үрдүктүк тутара, суруйууларыгар кинилэри истиҥ тылларынан ахтара. Оройуон Сэбиэтин салайааччылара К.Е.Павлов, Д.Д.Петров, П.П.Бородин уо.д.а. сүгүрүйэр дьонноро буолаллара.
Сүрүн эппиэттээх үлэтин таһынан Фёдор Фёдорович суруйар үлэнэн утумнаахтык дьарыктаммыта. Тустууга уһуйбут тренерэ К.П.Григорьев туһунан “Киһи кэрэмэһэ, киилэ Кирилл Григорьев” (2006), үтүөлээх үлэһит М.Г.Куличкина туһунан “Маргарита” фотоальбом, “Бүлүү байанайдаах муҥхаһыттара” (Бичик, 2005), “Улугурууга” умньамматах уон сыл” (2010) кинигэлэри суруйан, хомуйан таһаарбыта. Ону сэргэ тустууга эрчийбит уола, Бүлүүттэн көҥүл тустууга ССРС бастакы маастара Ф.В.Федотов, олимпийскай чөмпүйүөн Р.М.Дмитриев тустарынан брошюралары оҥорбута. Успуорт туһунан итини сэргэ “Физкультура и спорт: история в лицах” (2008) диэн хаартыскалар хомуруунньуктарын, “Вилюйский спорт. Люди, годы, события” (2009) кинигэни оҥорон таһаарбыта.

2009 с. Ф.Ф.Павловка “СӨ физическэй култууратын уонна успуордун үтүөлээх үлэһитэ” аата иҥэриллибитэ.
Аныгы Арассыыйа лидердэриттэн биирдэстэрэ П.П.Бородин Бүлүүгэ үлэлииригэр истиҥник доҕордоспут киһитэ Федор Федорович этэ. П.Бородин 55 сааһыгар анаан “Слово о человеке добром, ярком, масштабном” диэн кинигэни (2001) оҥорсубута.
2018 с. Үөһээ Бүлүүгэ Үөдүгэй улууһун 100 сылыгар аналлаах ыһыахха бырааппыт Н.С.Устинов массыынатынан убайым биһиккини дойдубутугар илдьэн дьаарбаппыта. Ити Фёдор Фёдорович төрөөбүт Далырыгар бүтэһик сырыыта буолбута. Ол иһин Николай Саввичка барҕа махтал!
Кэргэнэ Нина Романовнаны кытта ыал буолан, Бүлүү к. оҕо-уруу төрөтөн, үлэһит, ыал оҥортообуттара, билигин кыргыттара биэнсийэҕэ тахсар саастаннылар. Орто кыыһа Светлана Фёдоровна, Тула уобалаһын Новомосковскай к. физкультура техникумун, кэлин СГУ физкультура институтун бүтэриэҕиттэн Бүлүү к., онтон Дьокуускайга Музыка үрдүкү оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ. Бэйэтэ чэпчэки атлетиканан, хайыһарынан, волейболунан дьарыктаммыта. Билигин биэнсийэҕэ олорор. Ийэтэ Нина Романовнаны икки сыллааҕыта Бүлүү к. тиийэн, аны ааспыт сыл ахсынньытын эргэтигэр аҕатын Фёдор Фёдоровиһы куоракка аҕалан, көрөн-харайан тиһэх суолларыгар атаарыста. Соҕотох уоллара Алексей Фёдорович, төһө да спортсмен буолбатар, успуорт эрэллээх сүгүрүйээччитэ. Көҥүл тустуу ханнык баҕарар таһымнаах күрэхтэһиилэригэр Бүлүү к. кэлэн, көрөн-истэн барарын сөбүлүүр, ырытар уонна санаатын үллэстэр.

Аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит, убайбыт, үлэ, гос-сулууспа, успуорт бэтэрээнэ уонна СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх Ф.Ф.Павлов туһунан сырдык өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр мэлдьи сылдьыаҕа уонна умнуохпут суоҕа.
Клавдий Фёдорович ПАВЛОВ, быраата.
Майа с., 2021 с.
(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)
