Аҕа дьиэҕэ баарыгар
Аал уот үөрэ умайар,
Ас минньигэһэ астанар,
Атах таҥаһа куурдуллар.
Аҕа дьиэҕэ баарыгар
Аймах- билэ мунньустар,
Атас-доҕор аараан ааһар
Араас үлэ көҕүлэнэр.
Аҕа дьиэҕэ баарыгар
Аймана үөрэллэр оҕолор,
Алаадьылыыр ийэбит,
Алгыс баһа сыаланар.
Кэтии Лэчил. Сунтаар.
* * *
Сунтаар оройуонун, республика биллиилээх сылгыhыта Пахомов Пётр Данилович “Тыһакыыс” колхуоска 1932 сыллаахха олунньу 17 күнүгэр төрөөбүтэ. Пахомова Прасковья Фёдоровна уонна Пахомов Данил Алексеевич дьиэ кэргэнигэр иккис оҕо этэ. 1950 c. Хабаровскай кыраайга Советская Гавань диэн куоракка Армияҕа ыҥырыллан барбыта. Итиннэ стройбатка биир сыл сулууспалаан баран Донецкай уобалас Горловка диэн куоратыгар 1953 с. диэри салгыы сулууспалаабыта. Армияттан кэлэн баран 1954 сыллаахха олоҕун аргыhын Токосова Татьяна Макаровнаны көрсөн ыал буолан, 30 сыл бииргэ олорон 9 оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн үлэhит оҥортообуттара. Ол курдук билигин баар оҕолоро бары талбыт идэлэринэн ситиhиилээхтик үлэлии сылдьаллар, оҕо-уруу тэнитэн бэйэлэрэ эhээ, эбээ буолан ытык-мааны ыал дэтэллэр.

Пётр Данилович аҕыйах сылга Тыhакыыска сүөһү көрөөччүнэн үлэлээн баран Тойбохой совхоз Арыылаах отделениетыгар 1963 сылтан 1983 сылга диэри тохтоло суох сылгыhытынан үтүө суобастаахтых үлэлээбитэ. Үлэлээбит сылларыгар Уhун Күөл «Кубалааҕар» сылгы базатын тэрийбитэ. Саха сылгытын ууhатыыга, иитиигэ элбэх сыратын биэрбитэ. Ол курдук сылгытын үөрдэрин үүрэ сылдьан хаhыылардаах сирдэргэ мэччитэрэ, базатыгар сылгыларын манаан эбии аhатар, кэтээн кыhыҥҥы тымныыларга төрөтөр этэ. Кыс устата сылгы түүтүн кыhыахтаан ыраастыыр, сайын үөн-көйүүр хойуу кэмигэр түптэлээн көрөн-харайан түбүгүрэрэ. Кини сылгыларын үөрдэрэ «Куба уйата», «Ыарҕа», «Тыhакыыс», «Мүөхэй», «Кэҥэрииттэ», «Харбалаах» диэн сирдэринэн тайаан турбуттара.

Сылгыhыттар салайааччылара буоларын быhыытынан бу үөрдэри күн аайы эргийэн, ахсааннарын ааҕан, эбии аhатан кэлэллэригэр үлэhиттэрин сатабыллаахтык аттаран туруортуура. Кинини кытта тэҥҥэ алтыhан сылгыhытынан үлэлээбиттэрэ: Спиридонов Данил Егорович, Габышев Октябрин Степанович, Чириков Иннокентий Федорович, Алексеев Евгений Евсеевич. Ол быыhыгар сайынын от оттуур биригээдэни салайара, бултуура-алтыыра. Үлэтигэр сарсыарда халлаан сырдыыта баран баран киэhэ хойут кэлэрэ. Бу сыралаах үлэтэ үтүө түмүктэрдээх буолбута. Ол курдук 1976-79 сылларга үс сыл тохтоло суох 100% төрүөҕү государствоҕа туттаран «Чемпион-сылгыhыт» аатын ылбыта уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаламмыта. Бөһүөлэктэн бастакынан «Запорожец» массыына фондатынан наҕараадаланан сыралаах үлэтэ сыаналаммытыттан дуоhуйууну ылбыта. Ити сылларга Москваҕа Тыа Хаhаайыстыбатын быыстапкатыгар (ВДНХ) баран кыттыыны ылар чиэскэ тиксибитэ.
Пётр Данилович аата оройуон Бочуотун Кинигэтигэр киллэриллибитэ. 1977 сыллаахха «Үлэҕэ килбиэнин иhин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Биhиги аҕабыт сылгы иитиитигэр кэтээн көрүүлэрин, бэйэтин үлэтин опытыттан биир идэлээхтэрин кытта үллэстэрэ. Ол курдук оройуон хаhыатыгар (оччотооҕуга «Ильич уоттара» диэн этэ) сылгы иитиитигэр аналлаах бэйэтин үлэтин туhунан элбэх ыстатыйалары бэчээттэппитэ. Общественнай корреспондент этэ. “Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта” ааты ылбыта.

Итини таһынан совхоз кадровай булчута этэ. Совхозка былаан быһыытынан түүлээх бултаан туттарара. Сайын ахсын “Бочооной” үрэҕэр тахсан оттууллара, бултууллара. Кинини кытта кэккэ сылларга үлэлээбиттэрэ Аввакумов В.С., Аввакумов Валерий Семёнович, Иванов И.П., Илларионов А.М., Илларионов В.М., оҕолортон бэйэтин уолаттарыттан ураты Павлов Саша, Павлов Кирилл, Чириков Cергей, тракториһынан Фёдоров Г.В.. Биhиги аҕабыт ыарахан ыарыыттан 51 сааһыгар, 1983 сыллаахха суох буолбута.
Пётр Данилович сылгыны көрүүгэ-харайыыга уhуйбут киhитинэн оройуон, нэhилиэк биллиилээх ат сүүрдээччитэ Алексеев Евгений Евсеевич буолар. 2015 сыллаахха Улуу Кыайыы 70 сылын көрсө Уулаах Атахха буолбут улуустааҕы «Саргы ыhыаҕар» ат сүүрдүүтүгэр бириистээх миэстэҕэ тиксибитинэн Алексеев Евгений Евсеевичкэ Пётр Данилович оҕолоро аҕабытын, республика, оройуон «чемпион-сылгыhытын» кэриэстээн кини аатынан сыаналаах анал бириис туттарбыппыт.

Пахомовтар дьиэ кэргэннэрэ.

Аҕабыт бииргэ төрөөбүт убайа Алексеев Николай кэргэнинээн. 1959 c.


Алексеевтар оҕолоро Наташа (биир саастаах, 1962 с.) уонна Павлик (түөрт саастаах, 1967 с.) Барнаул куорат.
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр
Пахомов Пётр Данилович
оҕолоро Шкулёва Светлана Петровна,
Пахомов Леонид Петрович.
19.03.2023 с.
