БАСТЫҤ ИИТЭЭЧЧИ, ҮӨРЭТЭЭЧЧИ, СПОРТСМЕН
Саха АССР спордун маастара, СР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, 1 категориялаах учуутал Владимир Алексеевич НИКОЛАЕВ спортка ситиһиилэрэ:
- Атах оонньуута
— Саха АССР спордун маастара;
— 1966 с. Манчаары бирииһин III призёра (Нам);
— 1970 с. Саха АССР норуоттарын VI юбилейнай спартакиадатыгар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар оройуоннарга республика чемпиона (Дьокуускай);
— 1980 с. Манчаары оонньууларын чемпиона (Майа);
— 1982 с. Манчаары бирииһин чемпиона (Майа);
— 1978 (Бүлүү), 1980 (ҮөҺээ Бүлүү), 1982 (Ньурба), 1986 (Сунтаар) – Бүлүү зонатын абсолютной чемпиона.
- Волейбол – 1 разряд
— 1966 с. Өлүөхүмэ техникумун сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирсэн ситэтэ суох үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин икки ардыларыгар республика чемпиона (Ленскэй);
— 1970 с. Сунтаар оройуонун сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсэн Саха АССР норуоттарын VI Спартакиадатыгар III призёр (Дьокуускай).
- Көҥүл тустуу – II разряд
— 1996 с. Улууска ветераннарга II миэстэ (Сунтаар);
— 1997 с. Улууска ветераннарга чемпион (Бордоҥ);
— 1998 с. Улууска ветераннарга чемпион (Уһун Күөл).
- Хары баттаһыы (армрестлинг)
— 1996 с. Эдэрдэргэ улуус III призёра (Сунтаар).
- Ыарахан атлетика — II разряд
— 1967 с. Өлүөхүмэ оройуонун II призёра (Өлүөхүмэ).
Владимир Алексеевич НИКОЛАЕВ бэйэтин ахтыыта:
– Мин бу халыҥ тэтэрээти үлэлээн бүттэхпинэ, олорон ааспыт олохпуттан ону-маны тиһиэм диэн кыра кыыспынан Надикканан ылларбытым арааһа үһүс сылыгар барда быһыылаах. Ол тухары хайдах эрэ илиим-атаҕым барбакка биир да тылы суруйбакка, тэтэрээти марайдабакка сырыттым.
Онтон бүгүн хайдах эрэ соҕотоҕун муучу буолан олорон саҕалыырга сананным. Бүгүн 2008 сыл тохсунньу 9 күнэ. Этэргэ дылы, тохсунньу томороон тымныыта, таһырдьа 55 кыраадыс тымныы. Эмээхсиним улахан кыыһым Аликка ыалдьан Якутскайга барбыта быданнаата. Онон Семённыын иккиэйэхпит да киһим күнүс дьиэтигэр олорбот, онон соҕотохпун.
Дьэ тоҕо суруйарга сананныҥ диэн ыйытыы үөскүөн сөп. Онуоха мин маннык эппиэтиибин. Чэ, холобур, этэҥҥэ сырыттахпына бу тэтэрээт лииһигэр барытыгар олорон ааспыт олохпун, о.д.а. түгэннэри суруйан хааллардахпына кэлин сиэннэрим, хос сиэннэрим, онтон да атын дьон маннык киһи төрөөн-үөскээн ааспыт эбит диэн ахта-саныы сылдьыахтара, кэпсээн оҥостуохтара.
Бу олорон санаатахпына, быйыл кулун тутар бастакы күнүгэр 68 сааспын туолабын. Биир уол оҕо сырыытын сылдьыбыт, биир киһи олорорун олорбут, биир киһи ситиһэрин ситиспит эбиппин.
Ол курдук аҕыс оҕону улаатыннаран, тугунан да тутахсыппакка киһи-хара оҥортоон көрчөх гынан көтүтэлээтим. Үгүстэрэ бэйэлэрэ туспа үлэлээх-хамнастаах дьоһун-мааны ыаллар. Билиҥҥи туругунан биэс уол, үс кыыс сиэннэнэн, эбээ-эһээ диэн минньигэс тыллары истэн, үөрэн-көтөн олоробут.
Маны таһынан Саха АССР спордун маастарын, Саха Республикатын норуотун үөрэҕириитин туйгунун, үрдүк категориялаах учуутал, бастакы кылаастаах суоппар, бастакы кылаастаах тракторист, ону ааһан оҕону үөрэтэр маастар аатын ылаттаатым. Ол да иһин этэбин: биир киһи олорорун олордум, биир киһи ситиһэрин ситистим диэн.
Дьэ онон мантан инньэ быыс булан, иэйиим киирдэҕинэ тэтэрээппин кытта олохтоохтук тиниктэһиэм.
Мин 1940 с. кулун тутар бастакы күнүгэр бөһүөлэктэн 2 км тэйиччи сытар Солук диэн сиргэ күн сирин көрбүт үһүбүн. Хомойуох иһин, биһиги олорбут өтөхпүтүн хабайар хаба ортотунан урукку Дьаарханныыр суол уонна үрдүк күүрүүлээх уот линията быһа охсон ааһар. Хастыы да сиринэн араас трактордар, массыыналар дириҥ колея гынан тырыта сүүрэн кэбиспиттэр, билигин да сылдьа тураллар. Онон киһи күрүөлээн-хаһаалаан өрө тардар кыаҕа суох.
Аҕам Николаев Алексей Семёнович (Киччэкэ Өлөксөй) диэн. Ийэм Домна диэн үһү, миигин төрөөт дуу ханнык дуу, бу күн сириттэн күрэммит. Ол – мин саамай үйэм тухары хомойор хомолтом. Ийэ сылаас тапталын, кини сымнаҕас илиитин, саатар көстөр дьүһүнүн билбэтэхпиттэн туох да наһаа хомойо-хоргута саныыбын уонна күн бүгүнүгэр диэри лаппа сааһырбыт да дьон ийэлээхтэрин, кини тапталынан туһана-бигэнэ сылдьалларын көрө-көрө хайдах эрэ наһаа ымсыыра саныыбын. Дьэ ситинтэн саҕаламмыта мин эрэйдээх-буруйдаах, оонньооботох оҕо сааһым.
Аны туран аҕам мин иккилээхпэр дуу, үстээхпэр дуу тугу эрэ оҥорон хаайыыга баран хаалбыта. Сэрии сылларыгар сокуон кытаанах, бука дуона да суохха буруйдаммыта буолуо. Кэлин Кэмпэндээйи холуонньатыгар үс сыл хоргуйан өлө сыспытын, хайдахтаах курдук ыарахан сыллары олорон ааспытын наһаа уйадыйан кэпсиир буолара. Сыалай уонтан тахса киһилээх специальнай киһини көмөр биригээдэ баара үһү. Олор күн аайы уончалыы киһини биир умуһахха буорунан саба тарыйан кээһэр үһүлэр. Дьэ ол айылаах үлүгэртэн, баҕар эһиги дьолгут тардан, тыыннаах ордубутум буолуо диэн аҕам хойукка диэри кэпсиир буолара. Ити бириэмэҕэ эдьиийим биһиккини (эдьиийим миигиттэн 4 сыл аҕа) ийэбит балтылара Ааныска, Софья, Марфа диэннэр харайбыттар.
Биһиги дьоммут урут сэниэ соҕустук олорбут ыал үһү, аҕам колхоз биригэдьиирэ эбит. Арай аҕам хаайыыттан үс сыл буолан баран кэлбитэ ампаардарын алдьатан туох баар малларын-салларын, таҥастарын-саптарын бүтүннүүтүн уоран илдьэ барбыттар. Сэрии саҕана дезертирдэр диэн күрүөйэхтэр баар үһүлэр, олор буолуо диэн буолбут. Ону аҕам нэһилиэк иһинээҕилэрэ бэйэлэрэ дьаһайан баран билбэтэҕэ буолаллар, сүгүн олордуохтара суоҕа диэн икки оҕотун кыбынаат, атын сиргэ тыас хомуммут. Ол баран бастаан Маар Күөлтэн биир эдэрчи оҕолоох дьахтары кэргэн ылбыт, онтон кыһын Алдаҥҥа дуу Бодойбоҕо дуу бэдэрээт үлэтигэр барбыт. Ол бириэмэҕэ били дьахтар дэлби хоргуталаан, сынньыталаан өлөртүү сыспыт.
Мин иһим отой марҕаччы үллэн, өлөрүм буолан олордохпуна тастыҥ эдьиийим Мохова Марфа Ивановна диэн туох да наһаа үтүөкэннээх киһи дьиэтигэр таһааран аһатан-сиэтэн, сууйан-тараан киһи гыммыт. Ол иһин киниэхэ үйэм тухары муҥура суох махтана саныыбын. Кини миигин эрэ буолбакка, элбэх тулаайах оҕону иитэлээн киһи гынаттаан, үөрэхтээн, ыал оҥортоон, күн бүгүн 80 сааһын лаппа ааһан күлэ-үөрэ, доп-доруобай, дьоллоохтук-соргулаахтык дойдутугар олорор. Мин онтон наһаа үөрэбин уонна таҥара үчүгэй киһиэхэ уһун үйэни, дьолу-соргуну сиэрдэхтик биэрэр эбит диэн астына саныыбын.
Дьэ онтон саас аҕам айантан тиийэн кэлэн били дьахтары кыратык дьарыйа түспүт буолуохтаах уонна бу дойдуга эмиэ сатаан олоруом суох диэн, эмиэ икки оҕотун кыбынан Элгээйи диэки түһэ турбут. Мин билигин биһиги аҕабыт оҕолорун туһугар тугун барытын толук уурар үтүөкэннээх киһи эбит диэн толкуйдуубун. Ити кэнниттэн кини кэргэннэммэтэҕэ, эмиэ оҕолорбун атаҕастыахтара дии санаахтаабыта буолуо.
Кэлин кырдьан баран Толстой диэн сиргэ биир олус үчүгэй майгылаах, үтүө-мааны эмээхсини булан уонтан тахса сыл сылаастык-сынньалаҥнык олорон, сирдээҕи дьол диэн тугун билэн бараахтаабыта буолуо. Ону сэргэ бу биһиги кыыстаах уола элбэх оҕолонон, сиэннэнэн дьиэ-уот туттан, сүөһүлэнэн-астанан бөһүөлэк биир тарбахха баттанар ыаллара буолан олоробут. Онон аҕабыт аатын-суолун түһэн биэрбэтэхпит, кини үйэтин тухары биһиги туспутугар кыһамньытын сиргэ-буорга тэпсибэтэхпит, кини кэриэһин толордубут дии саныыбын.
Элгээйигэ аҕам оскуолаҕа оһох оттооччунан үлэлээбит быһыылаах, тоҕо эрэ мин өйбөр элбэх баҕайы оттуллубут оһох ааннара хатанан хаалбыттар. Онтон Сунтаарга көһөн киирэн, оҕом сааһым онно ааспыта. Сунтаарга бас билэр дьиэтэ суох буолан, онно-манна кыбыллан эрэй бөҕөтүн көрбүппүт. Онно биир түгэни ахтан ааһыахпын баҕарабын. Ити киирээти кытта Тумуһукааҥҥа биир самналлыбыт туруору эркиннээх, буор муосталаах кыракый дьиэ баар этэ. Дьэ ол онно үс ыал буолан дьукаахтаһан олорбуппут: Хатаччалар диэн биир уол оҕолоох ыал, биһиги үс киһи уонна элбэх баҕайы оҕолоох Арамааскылар диэн. Онно мин өйдүүрбүнэн киҥир-хаҥыр саҥарсыы, этиһии-үөхсүү биир да түгэҥҥэ буолбатаҕыттан күн бүгүнүгэр диэри сөҕө саныыбын. Кимнээҕэр үөрэн-көтөн, күлэн-салан, кэпсэтэн-ипсэтэн дьоллоох баҕайытык олорбуппут. Билигин ыал барыта хастыы да хостоох киэҥ-куоҥ дьиэлээх. Дьэ бу манна хастыы да оҕолоох үс ыалы симэн кэбис эрэ, эйэлээхтик-иллээхтик олоруохтара дии саныыгыт дуо? Бука суох буолуо дии саныыбын. Итинтэн көстөр урукку дьон хайдах курдук үтүө-мааны майгылахтара, көнө-судургу быһыылаахтара.
Сунтаарга аҕам райкомнарга өр сыл үлэлээбитэ. Урут котельнай эҥин диэн суох, тэрилтэ барыта оһоҕунан оттулар этэ. Дьэ манна аҕам кыһынын кинилэргэ саһаан кэрдэр, сайынын аттарыгар оттуур этэ. Мин буоллаҕына ыал муннугар ыһыгынан олорон үөрэнэбин. Онно биир ыал хайдах эрэ өйбөр-санаабар иҥэн хаалбыт, арааһа улаханнык хомойон-хоргутан буолуо. Мин кинилэргэ олорорум иһин ууларын-мастарын бэлэмниибин. Оччолорго ыал бары иһэр ууларын өрүстэн биэдэрэнэн баһан иһэллэрэ. Муус эҥин ылбат этилэр. Күн аайы өрүстэн иккилии биэдэрэнэн икки төгүл оргуһуоҕунан уу баһабын, мастарын хайытан дьиэҕэ таһан кэбиһэбин. Баай ыал астара-үөллэрэ диэн буолунай, остуол хотойорунан араас аһы тардан аһыыллара. Мин буоллаҕына аан диэки сылабаар кэннигэр олорон бэйэм ыһыкпын сиибин. Миэнэ туох кэлиэй, килиэп-арыы, саахар дуома. Итинтиҥ барыта нуормалаах, бачча хонукка сиэхтээххин, баччаҕа тириэрдиэхтээххин диэн. Дьэ бу ыал биир кыра оҕону (оччолорго бэһискэ үөрэнэбин) оччо айылаах үлэлэтэ-үлэлэтэ тоҕо бииргэ аһаппатахтарыттан күн бүгүнүгэр диэри кэлэйэ саныыбын. Ол иһин ааттарын-суолларын ыйбатым. Дьөссө сылабаар нөҥүө өҥөйөн көрөн “хайа, бүгүн киһибит аһылыга тугуй” диэн күлүү гыналлар. Ол да иһин буолуо, хаһаайын кэлин икки хараҕынан көрбөт буолан өр эрэйдэнэн өлбүтэ, эмээхсинэ эмиэ. Айыы таҥара куһаҕаны оҥордоххуна иэстэһэр даҕаны, үтүөнү оҥордоххуна уон оччонон төлүүр даҕаны диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хаһан баҕарар киһиттэн ордо сатааһын, бардамсыйыы сэттээх-сэлээннээх буолаччы диэн өбүгэлэрбит саамай сөпкө да эппиттэр. Оччоттон баччаҕа диэри киһи атаҕастыырын, баттыырын, сэниирин туохтааҕар да абааһы көрөбүн. Ол иһин алтыс-сэттис кылаастарга үөрэнэрбэр аҕам мас кэрдэр сириттэн, тыаттан сатыы сылдьан үөрэммитим. Ити билигин Бордоҥнуур суолунан бардахха «Оҕус күрүөтэ» диэн Сунтаартан сэттэ дуу аҕыс дуу биэрэстэлээх сир баар. Онно аҕам балаакканан сытан саһаан кэрдэрэ. Тоҕо да кыра соҕус избушка туттубатаҕа эбитэ буолла. Мас кэрдээччилэр бары балаакканан сытан үлэлииллэрэ.
Хата мин дьолбор күнүс икки чаастан иккис сменаҕа үөрэнэбин, онон сарсыарда тото-хана утуйан абыранабын. Туран дьиэтээҕи эҥин үлэлэрбин толорон баран, лыгыччы аһаан айаҥҥа турунабын. Ол оннугар киэһээ хабыс-хараҥаҕа 8 чаас ааһыыта, онтон хойут кэлэбин. Таҥас-сап да мөлтөх этэ. Ол саҕана хаатыҥка эҥин диэн суох быһыылааҕа. Этэрбэс курдук ииччики диэн таҥас баара, ол иһигэр от бөҕөну симэн баран халыҥ гына оонньуукалаан кэтэн кээһиллэрэ. Утуйар таҥаспыт эмиэ мөлтөҕө, биир да түүлээх таҥас суоҕа, матараас да баата суорҕан. Аҕам түүн оһоҕун оттон биэрэ сытар буолан, мин аҕам хоонньугар кимнээҕэр сылаастык, минньигэстик утуйан турар буоларым. Ити кыһын тымныы, хараҥа ыйдарга эрэ куһаҕан курдук өйдүүбүн. Оттон олунньу бүтүүтүттэн сааскы ыйдарга миэхэ ырай олоҕо саҕаланара. Саас хайыһарынан сылдьабын. Оччолорго билиҥҥи курдук хайыһар суох, промкомбинаттар оҥорбут хаптаһын хайыһар элбэҕэ. Дьэ онон кэлэ-бара бэйэтэ туспа дьаныардаах эрчиллии курдук буолбута. Оннооҕор оскуолалар күрэхтэһиилэригэр сэттискэ үөрэнэ сылдьан оройуоҥҥа иккис миэстэни ылбытым уонна III разряд нуорматын толорбутум. Ити сатыы хаамыым, хайыһарынан сылдьыым кэлин спортка ситиһиилэрбэр төһүү күүс буолбут буолуохтаах. Ол иһин этэллэр, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат.
Ол эрээри ити айылаах тоҥуу-хатыы, аанньа аһаабат буолуу сыанан-арыынан аҕаабатаҕа. Оччолорго бүтүн Саха сирин үрдүнэн киэҥник тэнийбит, үгүс киһи олоҕун илдьэ барбыт сэллик ыарыы миигин да тумнубатаҕа. Инньэ гынан ахсыс кылааһы бүтэрэрбэр 17 саастаах киһи этим. Итиччэ улахан киһи хайдах айах адаҕата буолан аҕабар сэлээннэниэхпиний, онон үлэлии-үлэлии киэһээҥи оскуолаҕа үөрэнэргэ быһаарыммытым.
Дьэ онон 1957 с. Сунтаарга саҥа тэриллибит стройучасток диэн тэрилтэҕэ үлэҕэ киирдим. Онно миигин биир тутуу биригээдэтигэр үөрэнээччи болуотунньугунан киллэрдилэр. Уонтан тахса киһилээх биригээдэҕэ, биригэдьииринэн Тихонов Пётр Герасимович диэн маннааҕы Тихонов Иван бииргэ төрөөбүт убайа, туох да үтүөкэннээх киһи этэ. Үөрэнээччи диэн тэрилтэттэн үс ый устата стипендия курдук кыра хамнас ылар, биригээдэттэн хамнас аахсыбат, туох баар тутуу үлэтигэр үөрэниэхтээх. Ол сахтарга пилорама, дружба, араас электрическэй сэптэр сыттара да суоҕа, барыта илиинэн. Дьэ туран бастаан мас суорааһына буолла. Пётр хата дьиэтиттэн сытыы сүгэ, синньигэс шнур быа аҕалан биэрдэ уонна хайдах моһуоннаахтык суоруохтааҕым туһунан үчүгэй баҕайытык быһааран биэрдэ. Бастакы күммэр хас да төгүл шнурбун быһыта охсон, мачайданыы бөҕө буоллум. Ол да буоллар үс маһы суордум. Мастара 7-8 м уһуннаахтар. Дьэ онтон улам-улам үөрэнэн көнө маһы шнура да суох суорар буоллум, маһым ахсаанынан сорох дьоммун куоталыыбын. Ый бүтэһигэр илиинэн кыппыйан холуоданы кытта олордор киһи буоллум.
Биирдэ биригэдьиир нэрээтин таабылын толороору сылдьан, дьонун барытын түмэн муннһах оҥордо. Онно эттэ: «Дьэ, доҕоттоор, бу уолчааммыт туох да наһаа сыстаҕас, үлэһит оҕо эбит. Сорох-сорохпутуттан ордуга да көһүннэ. Онон уолбутун биригээдэ чилиэнин курдук көрөн хамнаһы тэҥҥэ үллэстиэҕиҥ. Кини стипендиятын ылан бары айахпытынан үллэстиэҕиҥ диэн этиилээхпин, ону эһиги туох диигит?». Онуоха биригээдэ дьоно бука бары: «Дьэ саамай сөпкө эттиҥ, Бүөтүр, биһиги бэйэбит даҕаны инньэ диэри сылдьыбыппыт. Туох да наһаа үлэһит, кыайара-хоторо, майгыта-сигилитэ үчүгэйэ, истигэнэ, уопсайынан маладьыас оҕо», – диэн хайҕааһын бөҕө буолла. Сотору хамнас кэллэ, онно мин хамнаспын ыла барбыппар «Салҕааһын төбө» диэн хос ааттаах бухгалтер баара, ол начальникка киирэн: «Бу уол икки сиртэн хамнас ылар эбит, онон стипендиятын биэримиэххэ», – диэтэ. Онно начальник Лиханов Леонид Петрович диэн бэртээхэй эдэр киһи туран эттэ: «Бирикээс тахсан турар, онон биэриллиэхтээх, оттон биригээдэ бэйэтэ үлэлээн ылбыт харчытын хайдах баҕарар дьаһайаллара бэйэлэрин көҥүллэрэ».
Инньэ гынан икки сиргэ илии баттаан харчы бөҕөнү ыллым. Стипендиям 50 солкуобай эбит, хамнаһым 100 солкуобайтан тахса. Маннык элбэх харчыны хаһан да илиибэр туппатах буолан бастаан утаа итэҕэйбэккэ дөйүөрэн турдум, онтон өйдөнөн барытын холбуу-суулуу тутан ыстааным сиэбигэр дириҥ соҕустук анньан кэбистим.
Дьоммор тиийбитим бары мустан, күө-дьаа сэһэргэһэн күлэ-үөрэ табахтыы олороллор. Хаһан баҕарар хамнас кэлиитэ улахан үөрүү буоллаҕа дии. Мин туран ыстааным сиэбиттэн харчыбын барытын таһааран биригэдьииргэ туттаран кэбистим. Киһим аһара соһуйда, мэктиэтигэр сирэйэ уларыйа тустэ уонна: «Тоҕо барытын биэрэҕин, стипендияҥ хаһый?» – диэн кытаанахтык ыйытта. Мин туран стипендиям 50 солкуобай эбит диэтим. Киһим харчыбыттан 50 солкуобайы ааҕан ылла, ордугун миэхэ куду анньан биэрдэ. Дьэ онтон бары сүбэлэһэн бу событиены биллэр соҕус гына бэлиэтииргэ быһаарыннылар.

18 саастаах Болуодьа.
Ити түгэн кэнниттэн 47 сыл усталаах туоратыгар араас үлэлэргэ үлэтээтим ини, үлэлээбэтим ини, ол тухары куһаҕан, мөлтөх үлэһит дэппэккэ наар үчүгэй үлэһит аатыран, хайҕал-бочуот бөҕөнү ылан, дьон-сэргэ биһирэбилин, махталын дьиҥ-чахчы билэн кэллим. Ону туоһулуур билигин төһө даҕаны суолтата сүппүтүн иһин сыалай биир чемодан араас таһымнаах бочуотунай грамоталар, хайҕал лиистэрэ харалла сыталлар. Бу олорон ырыҥалаан көрдөхпүнэ ити үтүөкэннээх дьонум алгыс тылларын сиргэ-буорга тэпсибэтэх, кинилэр эрэллэрин толорбут эбиппин диэн саныыбын.

Дьэ ити кэнниттэн санаам көтөҕүллэн, үлэһит бэрдэ буолан бу тэрилтэҕэ 1964 с. үөрэнэ барыахпар диэри үлэлээбитим. Ол быһыгар вечернэй оскуола 11 кылааһын бүтэрэн ситии-хотуу аттестатын ылбытым. Бу оскуолаҕа үөрэниим миигин эмиэ тургутан көрбүтэ дии саныыбын. Ол курдук бэйэҥ иннигэр туруоруммут сыалгын ситиһэргэ, дьулуурдаах буоларга үөрэппитэ. Тоҕо инньэ диигин диэтэххэ үөрэх наһаа кытаанах этэ, күн аайы киэһэ 7 чаастан биэс-алта уруокка үөрэнэҕин, түүн 12-1 чааска бүтэҕин. Аны туран сарсыарда 9 чаастан киэһэ 6 чааска диэри үлэ. Ити айылаах кытаанах режимҥэ дьиҥ-чахчы үөрэниэхпин баҕарар буоламмын бүтэрбит буолуохтаахпын.

Тугу да сатаабат уол тутууга үлэҕэ киирэн баран, бүтэрбэр IV разрядтаах плотник буола үүммүтүм. Маны таһынан араас дьону кытта бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыппын күндүтүк саныыбын. Араас да үтүө-мааны майгылаах, кыайыгас-хотугас да дьон бааллара. Олортон сорохторун да буоллар ахтан-санаан аастахпына сатанар. Саввинов Николай (Такыр Саввинов), Зедгенидзев Пётр (Сэндэл Бүөтүр), Спиридонов Дормидонт, ити биһиги улуустан Ил Түмэн депутата Семён Березин аҕата Максим Березин диэн дьиҥ-чахчы саха бухатыырдара этилэр. Мин эмиэ орто киһи ахсааныгар киирсэн стройдааҕы аатым Поддубнай Болуодьа диэн буола сылдьыбыта. Васильев Борис (Өппө Барыыс) диэн баар этэ дьиҥнээх артыыс. Бу киһи артыыс буолбута буоллар хайаан да үтүөлээх артыыс буолуохтааҕа. Кини обургу туттан-хаптан кэпсии-ипсии олороро харахпар билигин да көстөн кэлэр курдук. Кини баар буоллаҕына күлсүү-салсыы, сэргэхсийии бөҕөтө буоларбыт. Өр сыл бу тэрилтэҕэ биригэдьииринэн үлэлээбит, балык диэн баран муннукка ытаабыт Григорьев Борис (Бөгдө Барыыс) диэн дьон-сэргэ махталын ылбыт киһи баара. Кини кэлин пенсияҕа тахсан баран бэйэтин чааһынай муҥхатынан нэһилиэктэргэ тахсан муҥхалыыр идэлээх этэ. Кини муҥхатыгар туох баар нэһилиэк дьоно үксэ сүгүллэн киирэр буолара. Тоҕо диэтэххэ кини атын дьон курдук муҥха өлүүтэ, бу хаһаайын өлүүтэ диэн хастыы да куулу толору кутан туспа уурунан кэбиспэт, кэлбит дьоҥҥо барытыгар тэҥ гына үллэрэн биэрэр үтүө майгылаах киһи этэ. Бэл бэйэтэ кытта матар түбэлтэтэ баар буолара. Хомойуох иһин бу ааттаталаабыт, ону сэргэ атын да кырдьаҕас көлүөнэ бииргэ үлэлээбит дьонум биһиги ортобутугар суохтар.
1959 с. саҕана тутуу начальнигынан Расторгуев Николай Петрович үлэлиирэ. Бу кырдьык даҕаны айылҕа анаан оҥорбут салайааччыта этэ диэтэхпинэ омуннааһын буолбата буолуо. Кини обургу саҥаран-иҥэрэн, кэлэн-баран биир сиргэ сатаан турбат, биир кэм ачыкыта килэбэчийэн олорор буолара. Оройуон да, үөһээ да турар салалтаҕа тылын булгуччу ылыннаран баран тэйэр өрүөл быһыылаах этэ. Бу тэрилтэ төрүттэммит территориятын илиитинэн далааһыннаахтык ыйа-ыйа кэпсии-ипсии, туруорса турарын мин үгүстүк көрөн турардаахпын. Ол да иһин буолуо, адьас аҕыйах кэминэн тэрилтэ туох да наһаа кыаҕырбыта, сайдыбыта. Үгүс-элбэх араас мааркалаах трактордар, массыыналар кэлбиттэрэ, пилорама туран маһы эрбэтэр, столярнай сыах аһыллан дьиэ ис тэрилин оҥорор буолбуттара. Хастыы да боксалаах гараж, ремоннанар улахан бокса баар буолбуттара. Тутуу бөҕөтө барбыта. Ити барыта кэлин. Оттон бастаан үлэлиирбитигэр барыта илии үлэтэ этэ.
Билигин «Тумуһукаан» маҕаһыынын утары турар икки квартиралаах дьиэ баар. Аан бастаан ити дьиэни биһиги биригээдэбит (биригэдьиир сэрии, үлэ ветерана Тихонов Пётр Герасимович) истиэнэтин илиинэн суоран, кынаттаах устурууһунан илиинэн устуруустаан, түннүгүн холуодатын сүгэнэн кыппыйан тутан турардаахпыт. Аҥаара хонтуора буолбута, аҥаарыгар кэлии специалистар олорор дьиэлэрэ буолбута. Мин санаабар сити дьиэттэн саҕаламмыта быһыылааҕа, стройучасток бары тутуулара.
Аны туран ити билигин таас баанньык таһыгар үрдэл томтор баара, дьэ Расторгуев Н.П. бу томтору киэҥ-куоҥ гына быһа хастарда. Үлэ күөстүү оргуйда, сорох хаһар, сорох наһыылканан, тачканан буор таһар. Үрдүгэр аһыыбыт, эт бөҕөнү буһаран ыргытан кэбиһэллэр. Ол түмүгэр аҕыйах күнүнэн бүтүн томтор илиинэн хаһыллан бүттэ.
Ортотугар баҕана туруортаан, сис түһэртээн баран үрдүгэр бэрэбинэлэри тэлгээн, даҥ кутан баран били таспыт буорбутун үрдүгэр томточчу кутан кэбистибит. Ортотугар улахан баҕайы буочуканан оһох оҥордулар, икки ааннаах хас да техника холкутук киирэр ип-ичигэс гараһа аҕыйах күн иһинэн бэлэм буолла. Бу барыта начальник Расторгуев мындыр өйүнэн оҥоһуллубут эбит. Ол сахха котельнай эҥин диэн суох буоллаҕа дии, ичигэс буоллун диэн маннык оҥотторбут эбит уонна дэбигис тутуу да матырыйаала суоҕа буолуо. Таһыттан көрөргө интэриэһинэй этэ, араас трактор, массыына кэлэ-кэлэ томтор иһигэр киирэн сүтэн хаалара.
Онтон кэлин начальнигынан Сантаев И.К. үлэлээбитэ. Кини бэйэтэ техника өттүгэр туох да наһаа сүрдээх билиилээх, хайа баҕарар техниканы дэгиттэр баһылаабыт киһи этэ. Кини саҕана тэрилтэ араас техниканан күүскэ сэбилэммит быһыылааҕа.
Кини кэнниттэн Лиханов Леонтий Петрович саҕана биһиги оройуоммут Ньурбаны кытта холбоһон Ленинскэй оройуон диэн буола сылдьыбыта. Ньурбаттан элбэх киһи, араас омук биһиэхэ үлэлии кэлбиттэрэ. Онно биир түгэни ахтан аһарыым. 1962-63 сс. быһыылаах этэ, саас кулун тутар бүтүүтэ Толстойунан Дьэли үрэҕэр мас кэрдэ таҕыстыбыт. Сыалбыт-сорукпут диэн 10 тыһыынча бэрэбинэни үрэҕинэн өрүскэ түһэрэн болуотунан Сунтаар анныгар аҕалыахтаахпыт. Дьэ маныаха били Ньурба дьонунаан эҥин сүүрбэттэн тахса буолан икки аттаах, биир трактордаах татаар сэриитин курдук айаҥҥа туруннубут. Аара Толстойга хонон, мас кэрдиэхтээх сирбитигэр сарсынын киэһэтигэр тиийдибит. Тиийээт икки күн иһинэн 7х7 м иэннээх бараак тутуннубут, титириктэри суоран тула наара ортотугар улахан остуол оҥордубут. Киэһэ киирии малааһына буолла, биир Ньурба киһитэ повардаахпыт, эт бөҕөнү буһаран остуолга хас да сиргэ киллэрэн чөмөхтөөн кэбистэ.
Леонтий Петрович туран үлэ туох да наһаа эппиэтинэстээҕин, кытаанаҕын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна былаан хайаан да туолуохтааҕын туһунан биригэдьииргэ мас-таас курдук эттэ. Биригэдьиирбит Саввинов Николай (Такыр Саввинов) диэн туох да наһаа күүстээх, кыахтаах киһи. Сарсыныгар начальникпыт тракторынан төнүннэ, биһиги дьэ күүрээннээх үлэҕэ туруннубут.
Күннээҕи нуорма да кытаанах: икки киһиэхэ 50 бэрэбинэ. Маспыт бэс. Оччо маһы төбөтүн 7-8 м быһан, мутугун солоон чохчолоон бэлэмниигин, ону толоро иликкинэ дьиэҕэ кэлбэккин. Туттар сэбиҥ сүгэ да илии эрбиитэ. Мин Егоров Семён диэн уоллуун кыттыстым. Бастаан сүгэнэн дэлби сирэйдээн кэбиһэбит, онтон илии эрбиитинэн түһүнэбит. Инньэ гынан куруутун киэһээ эрдэ бүтэр этибит, бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьарбыт. Мин күн бүгүнүгэр диэри били повар киһиттэн сөҕө-махтайа саныыбын: кини хаһан баттаһан бу үлүгэрдээх дьон сиир килиэптэрин, мииннэрин-тойдорун, дьөссө оҕоҕо курдук ардыгар рис хааһы буһаран аһатарын. Уутун-маһын эрэ бэлэмнээн биэрэр этибит. Дьэ кытаанах үлэҕэ сылдьыбыт эбит, бу санаатахха.
Үлэбит арааһа элбэх: сорох киһи аллараа үрэххэ болуот оҥорор, сорох икки атынан молокунан трелёвкалыыр, сорох эппитим курдук мас кэрдэр. Ити сырыыга кэлин миигин кыайар-хотор диэн трелёвка үлэтигэр анаабыттара. Онно молоку сыарҕалаах атынан трелёвкалаабыппыт. Биир Зедгенидзев Пётр диэн 2 м үрдүктээх, эмиэ кыанар, күүстээх киһи трелёвкалыыр. Ол киһилиин дьэ мин куоталаһабын. Ол саҕана 7-8 м бэрэбинэни улахан таһаҕас оҥостубакка молоку сыарҕа үрдүгэр төһүүтэ-таймата суох көтөҕөн ылан сэмээр ууруллар буолара. Онно мин биир күн 96 бэрэбинэни үрэх биэрэгэр киллэрэн рекорд олохтоон, биригээдэм дьонун сөхтөрөн турардаахпын. Билигин тракторынан да итиччэ бэрэбинэни куучалыылларын саарбахтыы саныыбын.
Саас үрэх уута киирдэҕинэ били оҥоһуллубут болуоттар үөһээ дыгдас гына түһэр эбиттэр, олору өрүскэ киллэрэн мунньабыт. Ону Сунтаартан катер кэлэн соһон барар. Кэлэ-бара Москва диэн уу мотуордаахпыт, онон таскайданабыт. Онтон сотору кэминэн үрэх уута түһэн хаалла, улахан болуот сылдьыбат буолла. Күһэллэн муҥур уһугар 20-лии, 30-туу бэрэбинэни холбуу баайа-баайа биир-биир анньынар буолбуппут, онтубут да сотору хаалбыта. Тиһэҕэр тиийэн өрүс үрдүгэр бэйэтигэр тиийэн, били этиллибит былааны толорбуппут быһылааҕа.
Тэрилтэбит кэлин наһаа кыаҕырбыта: 2 пилорама, үгүс-элбэх техника, араас электричөскэй туттар сэптэр о.д.а. кэлэн үлэ күөстүү оргуйбута. Аны дьиэни буруус маһынан тутар буолбуппут. Мин билигин Сунтаар сэлиэнньэтигэр бастакы иккилии этэстээх дьиэлэри тутуспуппунан киэн тутта саныыбын. Олор билигин да тураллар. Ону таһынан культура дьиэтин, кэлин «Оһуокай дьиэтэ» диэн ааттаммыта, хас да оскуоланы, уопсай дьиэлэри, детсадтары, Кэмпэндээйигэ грязелечебница корпуһун тутуһар дьолломмутум.
Ол саҕана үлэ даҕаны, ирдэбил даҕаны наһаа кытаанах этэ. Холобурдаан этэххэ, биир кытаанах үлэнэн икки этээстээх дьиэ сваятын хаһыы этэ. Ити иккилии этээстээх дьиэлэр свая баҕанатын үрдүгэр тутуллаллар, ол свая баҕанатын үүтүн (ол саҕана бур эҥин диэн хаһар техника суоҕа) кыһын бытарҕан тымныыга эт илиигинэн хаһаҕын, дириҥэ 2,5 м. Туттар сэбиҥ луом, хойгуо, тимир күрдьэх. Ити баҕанаҥ үүтүн икки күнүнэн хаһан бүтэриэхтээххин. Холобур, мас суордаххына 7 м уһуннаах бэрэбинэни күҥҥэ 7-8 устууканы суоруохтааххын. Ол саҕана үлэ барыта ити курдук күннээҕи нуормалаах, былааннаах буолара. Ону хайаан да толоруохтааххын. Билиҥҥи курдук бириэмэ эрэ бардын диэн табахтыы, сэлэһэ олорбоккун.
Дьэ итинник үлэлии сылдьан куруутун миигин үөрэнэн, туох эрэ идэни ылан үлэһит буолар баҕа санаа үүйэ-хаайа тутара. Мин дьиҥинэн үөрэхпэр отой кырабыттан үчүгэй этим. Ол курдук начальнай кылаастарга үөрэнэ сылдьан үчүгэй үөрэнээччи аатын ылан Саҥа дьылга Моруос оҕонньор илиититтэн дополнительнай подарок ылан аҕам оҕонньору элбэхтик үөрдүбүттээхпин. Билиигэ-көрүүгэ тардыһыы урут даҕаны баар эбит дии саныыбын. Ол курдук ити үлэлии сылдьан өрөбүл күннэрбэр Сунтаарга урут өрүс үрдүгэр маҥан оппуохалаах библиотека дьиэтэ баара, онно баран кинигэ, хаһыат ааҕан библиотека үлэһиттэрэ: «Нокоо, эбиэт буолла», – эбэтэр: «Библиотека сабыллаары гынна», – диэхтэригэр диэри оннук тартаран ааҕар этим. Уопсайынан күн бүгүнүгэр диэри кинигэ, хаһыат аахпатахпына хайдах эрэ туоҕум эрэ итэҕэс курдук буолар. Урут сэбиэскэй кэм эрдэҕинэ биһиги дьиэ кэргэн уонтан тахса араас суол хаһыаттары, сурууналлары суруттаран ааҕар этибит. Оҕолорго туспа, кэргэммэр туспа, бэйэбэр туспа уонна почта кэллэҕинэ үрдүгэр түһэн үрүө-тараа тутуу бөҕө буолара.
1964 с. сайын хайаан да үөрэххэ бардахпына табыллар диэн эрдэттэн бэлэмнэнэ сылдьыбытым. Мин үлэм сүнньүнэн тутуу инженерэ буолар баҕалааҕым. Өссө ол баҕа санаабын начальникпар быктарбыппар киһим аһара үөрбүтэ уонна: «Дьэ бэркэ толкуйдаммыккын. Биһигини кытта дуогабардаһан бараар, оччоҕуна үөрэнэр кэмҥэр көмө оҥоруохпут. Хата уолум кэлэн миигин солбуйаар», – диэн бэркэ эгэ-дьаҕа буолбута. Мин даҕаны туораттан көмөлөһөр киһитэ суох киһи бэркэ үөрэ истибитим. Биир Егоров Семён диэн атаһым армияҕа эҥин сулууспалаан сири-дойдуну көрбүт, эбиитин Якутскайга олорор, туспа дьиэлээх-уоттаах эдьиийдээх. Ол уол эмиэ үөрэххэ бараары тиргиллэ сылдьар, иккиэн бииргэ барыахпыт, бииргэ сылдьыахпыт диэн үөрэр. Оттон мин Сунтаартан харыс да сири халбарыйбатах киһи үөрүүм өссө үрдүк. Онуоха-маныаха диэри кини эдьиийигэр олоруллуо уонна куораты билэр киһини батыһа сылдьыллыа диэн эрэх-турах сананабын.
Субу сотору үлэбиттэн уурайан, үөрэх туттарса барыахтаахпыт. Биирдэ ити билигин «Татыйыына» диэн улахан маҕаһыын турар сиригэр остолобуой баар этэ, онно эбиэттии бардыбыт. Оруобуна биһиги таспытыгар истиэнэҕэ били урукку тэриэлкэ курдук улахан радио ыйанан турар. Арай аһыы олордохпутуна Сунтаар саҥарар, биллэрии биэрэр: «Өлүөхүмэҕэ тыа хаһаайыстыбатын техникума баар. Онтон киирии экзаменнары тутар госкомиссия кэлэ сылдьар, туттарыан баҕалаахтар кэлэн туттарыҥ». Бу үөрэх кыһатын бүтэрдэххитинэ маннык-маннык специальностары ылаҕыт диэн ааҕан субурутта. Техник-механик диэн дипломнаах киһи отделение леснигэ, управляющайа, ремонтнай мастерской сэбиэдиссэйэ, завгар, СПТУ-га преподователь, маастар быһыытынан үлэлиэҕин сөп. Итини таһынан шофёр, тракторист, слесарь, сварщик, сантехник идэлэригэр удостоверение ылаҕын диэн буолла. Мин итини барытын кумаар саҥатын курдук истэн эрэ кэбистим, онтон өйдөөн көрбүтүм уолум отой тыыммакка даҕаны истэн олорор эбит, хараҕын чарбаччы көрөн кэбиспит. Кини техникаҕа аһара сыстаҕас, убайа шофёр, ону кытта мээрин массыынаны хасыһан тахсааччы, ардыгар ыытар эҥин. Дьэ уолум туран: «Мин сарсыҥҥаттан ити үөрэххэ баран туттарсабын да сабаас», – диэн кэбистэ. Онон мин бастаан утаа били батыһа сылдьыах буолбут киһибиттэн мэлийдим, үлтү буккуллан хааллым.
Онтон сыыйа уоскуйан баран, онно баран олоҕум аргыһын булар дьылҕам тардан буолуо, уонна итиччэ элбэх идэни баһылаатахпына мин даҕаны үйэм тухары килиэп булан сиир инибин, өссө үөрэх наада буоллаҕына кэлин да көрүллүө дии санаатым уонна эмиэ баран туттарсарга быһаарынным. Инньэ гынан сарсыҥҥыттан билсиһэн баран киирии экзаменнары туттарсан киирэн бардыбыт. Бэлэмнэнэ сылдьар дьон быһыытынан соччо ыарырҕаппакка барыта үчүгэй сыаналарга туттаран кэбистибит. Орто үөрэҕи бүтэрбит дьон быһыытынан үһүс курска быһа киирэр буоллубут. Онон үс сылы кыайбатынан бүтэрэн үлэһит буолар дьон буоллубут, онтубутуттан эмиэ бэркэ үөрдүбүт.
Салгыы үлэлээн баран атырдьах ыйын саҥатыттан үлэбититтэн уурайан, бүтэһик расчёппутун аахтаран, хас да сыллаах уоппуска эҥин харчыта эбиллэн син ботуччу соҕус харчыны ыллыбыт уонна аҕыйах күн табаарыс уолаттарбытын кытта күүлэй тэптибит. Онтон мин уолаттарбар эттим: «Чэ, ноколор, тугу гына күн аайы бэлээйси буола сылдьабыт, өрүс уҥуор Толстойга тахсан мин дьоммор отторугар көмөлөһүөххэйиҥ. Таарыччы кустаан эҥин сиэхпит», – диэн буолла. Уолаттарым үөрүүнэн сөбүлэстилэр, бары уоппуска дьоно буоллахтара дии. Инньэ гынан кыра ыһык оҕото ылан баран өрүһү бөрөгүөһүнэн туораан сатыы түһүнэн кэбистибит. Төрдүөбүт, били үөрэххэ бииргэ барсыахтаах уолум, өссө ити билигин күтүөтүм Проня аҕата Сергеев Проня уонна билигин Кэмпэндээйигэ олорор Николаев Афоня диэн уол буолан Толстойга тиийбиппит. Аны туран аҕам аах Одо диэн сиргэ звенону кытта бииргэ оттуу сытар үһүлэр, сүөһүлэрин эҥин илдьэ көһөн барбыттар.
Киэһэлик Одобутугар тиийдибит, мин дьонум уонна өссө биир ыал сүөһүлүүн-астыын көһөн тиийэн сайылаан олороллор. Ону тэҥэ хас да эдэр дьон отчуттар бааллар, барыта билэр дьонум. «Оо, Володя кэллэ», – диэн үөрүү-көтүү бөҕө буолла. Биһиги түөрт киһи тухары биир саалаахпыт, онтукайбыт да 16 калибрдаах биир айах. «Тугу гына сылдьаҕыт, кустуу кэллигит дуо? Тоҕо биир эрэ саалааххыт?» – эҥин диэн өрүкүнэһии, ыйыталаһыы кытаанаҕа буолла.
Мин дьонум биир туспа дьиэҕэ олороллор, ону сэргэ икки отчут уол баар эбиттэр. Мин үлэлээн бүтэн Өлүөхүмэҕэ үөрэххэ барар буоллум, онон дьоммун кытта билсэ-көрсө таҕыстым диэн билиһиннэрдим. Киэһээҥи аһылык буолла, ыал бары кус этин ыргыччы буһарбыт эбит, онон күөстэри барытын түмэн тэлгэһэҕэ остуол тардан куучча бары онно аһааһын буолла. Бэйэтэ туспа бырааһынньык, сэһэн-ыаһах, күлүү-салыы бөҕөтө буолла.
Сарсыныгар оруобуна от кээһэр күннэрэ эбит. Таһыттан түөрт киһи эбиллибитэ – бугулларын барытын түөртүүр чэй саҕана сэттэ оту кээһэн кэбистибит. Киэһээ өттүгэр уолаттардыын кустаатыбыт, сорох саанан, сорох ытынан 30-ча куһу начаас өлөрдүбүт. Икки күн от охсустубут, инньэ гынан дьоммут үөрүү-көтүү бөҕөтө. Бүтэһигэр сарсын барыахтаах күнүм бүгүнүгэр, биир уолу аттаан-атыырдаан бөһүөлэккэ аһылык ыллара ыыттыбыт. Мин 25 солкуобайы биэрдим, ол саҕана итиннэ ас арааһа кэлэр харчыта. Ол күн эмиэ от охсустубут, онтон түөртүүр чэйтэн эдэр өттө бары кустаабыппыт, добуочча элбэҕи өлөрдүбүт. Мин дьонум уонна били көһөн кэлбит ыал алаадьы бөҕөну астаабыттар, кус бөҕөну буһарбыттар, били командировкаҕа барбыт киһибит ас бөҕөтүн ыырдан кэлбит. Эмиэ бары түмсэн тэлгэһэҕэ дьэ наҕылыччы аһааһын буолла. Кырдьаҕас да, эдэр да өттүттэн эмиэ мин аадырыспар үчүгэй үөрэҕи, дьолу-соргуну баҕаран туран алгыс бастыҥа этилиннэ. Ол быыһыгар дьиҥнээх ыһыах тэрилиннэ, атах-илии оонньуулара, сүүрүү, атах оонньуута, тустуу, мас тардыһыыта, онно барытыгар бастакы миэстэлэри ылаттаан аҕам оҕонньору “уолум үчүгэй соҕус буолбут эбит” дэппитим быһыылааҕа.
Сарсыныгар бараары туран аҕабар биэстиилээх биир киип харчыны (500 солк.) туттаран кэбистим. Ол саҕана ити улахан харчы. Ол да иһин буолуо, аҕам мэктиэтигэр хараҕыттан уу-хаар баста уонна: «Тоҕо биэрэҕин тоҕойуом, бэйэҕэр наада буолуо, ыраата барар киһиэхэ», – диэн ылымаары гынна. Онуоха мин бэйэбэр баар, булан-талан сылдьыллыа, эһиэхэ наада буолуо диэн саба саҥаран кэбистим. Дьэ ол кэнниттэн аҕам: «Оҕом котоку үөрэнэн үлэһит буол, этэҥҥэ сырыт», – диэн хам кууһан сүүспүттэн күүскэ баҕайы сыллаан-уураан атаарбыта. Санаабар сүүспэр күн бүгүнүгэр диэри ол хатыылаах бытыга биллэргэ дылы…
Ити курдук алгыс тыл аргыстаах Сунтаарбытыгар төнүннүбүт. Биирдии бэйэбит уончалыы кустаахпыт. Ону сэргэ уолаттарым бары даҕаны бу сырыыттан наһаа астыннылар, кэлин кэпсэл оҥосто сылдьыахпыт дэһии буолла.
Онтон атырдьах ыйын бүтэһигэр уолум биһикки Өлүөхүмэбитигэр көттүбүт. Ол саҕана Сунтаар — Өлүөхүмэ диэн быһа рейс баар этэ. Мин урут самолёт эҥин диэҥҥэ олорботох киһи түннүктэн арахпатым, миэхэ бары-барыта интэриэһинэй, сонун. Сахам сирэ барахсан үөһэттэн көрдөххө эчи кэрэтин, бу киэҥэ-дуола, аар тайҕата, сыһыылара-хонуулара, ахсаана биллибэт күөллэрэ-үрэхтэрэ барыта холбоһон бэйэтэ туспа хаһан да хатыламмат кыраһыабай пейзаж. Ол да иһин улуу тойуксуттар, олоҥхоһуттар хастыы да суукка тохтобокко иҥэн-тоҥон хоһуйар эбиттэр. Итинник барыны бары интэриэһиргии олорон Өлүөхүмэбитигэр кэлбиппитин билбэккэ да хааллым.
Өлүөхүмэ урут ханна да сылдьыбатах киһиэхэ миэхэ дьиҥнээх улахан куорат курдук көһүннэ. Тыаһа-ууһа, кэлиитэ-барыыта элбэҕэ. Онуоха эбии икки өттүнэн ырааҕынан тайаан үрдүк хайаларынан хаймыыланан улуу Лена өрүс мэндээрэ сытара көрүөхтэн кэрэ этэ. Ыйдаран техникуммутугар тиийбиппит киһи бөҕө буолунай. Спортзалга түһэрдилэр, тустар мааттары тэлгээн онно хонор буоллубут. Сарсыҥҥыттан тыаларга араартаан практикалана тахсар үһүбүт.
Сарсыарда курстарынан түмсүү буолбутугар биһиги курска, ол аата III ускореннай курс диэҥҥэ 18 буоллубут, өссө даҕаны кэлиэхтээхтэр. Биһигини куораттан 30-ча көс тэйиччи сытар Солянка диэн дэриэбинэҕэ массыынанан илтилэр. Бу улуу Лена өрүс үрдүгэр турар, уҥуоргу өттүнэн Олоохуна диэн быһа сэрэйдэххэ Олёкма диэн буолуо, кыра өрүс анньан киирэр туох да наһаа кыраһыабай миэстэҕэ турар кыра бөһүөлэк эбит. Биһигини барыбытын олохтоох кулуупка сценаҕа түһэрдилэр, аһылыкпытын биир татаар эмээхсин астыыр, туспа аһыыр дьиэлээхпит. Үлэбит диэн биир улахан ферма хотонун тутуу буолла. Бу дьонуҥ тутуута бэрт интэриэһинэй эбит, биһиги курдук мас бөҕөну кэрдэн туруору эбэтэр сытыары хотону туппаттар. Маһы состорон киллэрэллэр, чуолаан кыра маһы уонна 40 см усталаах гына чууркалыыллар, ону таһынан туой булкадаһыктаах хааһы бэлэмнэниллэр. Дьэ бу чууркалары баҕаналар ыккардыларыгар саһаан курдук сааһылыыгын уонна үрдүнэн хааһыгын кутаҕын, онтон салгыы соҕордук бара тураҕын. Иһин-таһын ньалҕаарыччы килиэйдээн кэбиһэҕин, маскыттан мутугун да ордорбоккун, барыта туһаҕа барар. Бэйэтэ таас дьиэ курдук тутуу таҕыстаҕа ол.
Кулууппутугар киэһээ аайы киинэ буолар, сцена иннигэр улахан киноэкран түһэрэллэр. Биһиги ону кэтэх өттүттэн таҥаспытыгар тиэрэ түһэ сытан көрөбүт. Субуота аайы үҥкүү-битии, араас частушка, пляска, көрдөөх оонньуулар бөҕө буолаллара. Кыргыттара да кыраһыабайдара, бары бааһынайдар, татаардар. Онно билсэн икки уолбут ол дойду күтүөттэрэ буолбуттара. Биһиги даҕаны бары сиппит-хоппут, онуһу бүтэрэн баран армияҕа сулууспалаабыт, онно-манна үлэлээбит-хамнаабыт уолаттар түмсүбүт этибит. Онон ардыгар аһааһын да буолара, күүһү-күдэҕи да быһаарсыы тахсара. Ол да буоллар бэйэ-бэйэҕэ өстүйүү, билиҥҥи курдук кырыктаахтык сэбинэн-сэбиргэлинэн охсуһуу суох этэ. Бу курдук үлэлээн хотоммутун бириэмэтигэр бүтэрдибит.
Киэһээтигэр били кулууппутугар үөрүүлээх мунньах буолла. Хантан эрэ совхоз биир бөдөҥ салайааччыта кэлбит, кини биһиэхэ туох да наһаа махтанна: «Бары да үлэһит уолаттар кэлэҥҥит абыраатыгыт. Бу хотоммутугар быйыл киирэр буоллубут. Улахантан улахан барҕа махтал!» – диэн туран хас биирдиибитигэр Бочуотунай грамота уонна 25-тии солкуобай туттартаата. Ол кэнниттэн бэйэбит остолобуойбутугар ас бөҕөну тэрийбиттэр. Онно эмиэ олохтоохтор да өттүттэн, салайааччылар да өттүттэн биһиги аадырыспытыгар үчүгэй үөрэҕи, туйгун доруобуйаны баҕаран туран элбэх тыл этиллибитэ.
Сарсыныгар массыынанан куораппытыгар киллэрэн биэрдилэр. Биһиги курспутугар биир киһи эбиллибит, онон барыта 19 буоллубут. Урутаан эттэххэ, бу 19 киһиттэн 13 эрэ буолан үөрэхпитин этэҥҥэ бүтэрбиппит. Атыттар сорох үөрэҕин кыайбакка, сорох бэрээдэги кэһэн эҥин уурайбыттара.
Мин тулаайах аҥаардаах дьон ахсааныгар киирсэммин (аҕам кырдьаҕас, атын иитэр киһитэ суох буолан) интернатка ылылынным, уолум эмиэ. Онон техникум таһынааҕы икки этээстээх уопсайга олорор уонна онтон чугас баар куорат остолобуойугар күҥҥэ үстэ босхо аһыыр буоллум (завтрак, обед, ужин диэн талон биэрэллэр). Онон үөрүү-көтүү улахана буолла.
Хоспутугар алтабыт, бары интернаттаах дьон. Онон киэһэ аһыырбытыгар ыйга 10 солкуобай кыттыһабыт. Онтубутун бары куоластаан Тааттаттан сылдьар Павлов Иван диэн уолга туттарабыт. Киһибит кырдьык даҕаны наһаа хаһаайыстыбаннай киһи түбэспит, күн аайы килиэбин, арыытын, саахарын бастайаанна ылан бэлэмнээн кэбиһэр. Арыт бытыкпыт умайан киһибититтэн харчы көрдөөн мөҕүллэр буоларбыт. Отой биэрбэт: «Акаарылар, харчыгытын бары арыгы иһэн кээһэн баран туоххутун сиэри гынаҕыт!» – диэн аһара кыйаханар этэ. Ол иһин кэлин көрдөөбөт, чахчы даҕаны сөптөөх киһини талбыт эбиппит диэн бары даҕаны астынар этибит. Билигин мин сөҕө саныыбын, бу алта киһиттэн биир да киһи табах диэни тардыбат этэ, уопсайынан ол саҕана онно-манна табах тардан бусхата сылдьар дьону көрүллүбэт буолара.
Үөрэх чааһа дьэ кырдьык кытаанах эбит, барыта үрдүк үөрэх программата. Киһи үөйбэтэх-ахтыбатах предметтэрэ бааллар. Холобур политэкономия, высшай математмка, сопротивление материалов, основы земледелия эҥин диэн. Бастаан утаа саллыталаан сырыттым, өйбөр отой түспэт. Онтон кэлин дьаныһан туран үөрэтэххэ син долоҕойгор тохтуур эбит. Биир үчүгэйэ диэн кыһыны быһа курстар икки ардыларыгар спорт араас көрүҥэр тиһигин быспакка күрэхтэһиилэр буолаллар. Биһиги курс онно эмиэ көхтөөхтүк кыттар, өссө ситиһиилээхтик диэххэ наада. Ол курдук мин уонна Фёдоров Степан боксаҕа I разрядтаах, Григорьев Василий көҥүл тустууга эмиэ I разрядтаах, Подрясов Анатолий бары көрүҥҥэ барытыгар эриэ-дэхси киһи, атын да кыахтаах уолаттар буолан биһиги курспут техникумҥа биир саамай күүстээх хамаанданан билиниллэрэ.
Бу сырыттахпына Алексеев Николай Дмитриевич диэн физрук (бэйэтэ легкоатлет уонна волейболга, баскетболга үчүгэй): «Бу Николаев хайдах эрэ син тыыппалаах киһи сылдьаҕын быһыылаах, онон анаан-минээн волейболунан, баскетболунан, атах оонньуутунан, ыстаныыларынан дьарыгыр, секцияҕа сырыт. Мин анал программанан дьарыктыам», – диэтэ. Мин саатар эрэ үөрүүнэн сөбүлэстим. Дьэ ити кэнниттэн дьиҥнээх специалист киһи сүбэ-ама биэрэн, көрөн-истэн, сөптөөх нагрузка биэрэн эрчийбитэ. Онуоха эбии айылҕа кыратык бэрсибитэ барыта холбоһон мин отой атын киһи буоллум, бары көрүҥҥэ барытыгар лаппа кыаҕырдым. Ол курдук волейболга, атах оонньуутугар, чэпчэки атлетикаҕа техникум уонна Өлүөхүмэ оройуонун сборнай хамаандатын чилиэнэ буолан араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ чаастатык кыттар буоллум. Кэккэ ситиһиилэр утум-ситим кэлэн истилэр.
Билигин олорон санаатахпына саамай спортивнай формабар киирбит түгэним 1966 сыл эбит. Ити сыл кулун тутар ыйга Ленскэй куоракка ситэтэ суох үрдүк үөрэх заведениеларын ортотугар волейболга республика чемпионата буолбута. Онно биһиги техникуммут сборнай командата эрэллээхтик бастаан республика чемпионун бочуоттаах аатын ылар чиэскэ тиксибитэ. Ити күрэхтэһиигэ мин туох да наһаа табыллан оонньообутум уонна анал бириис хаһаайына буолбутум. Онно биир көрүдьүөс түгэни ахтан ааһыахпын баҕарабын. Ол саҕана мин атах оонньуутунан уонна ыстаныыларынан дьарыктанар буолан аһара прыгучестаах этим. Сетка үрдүгэр түөһүм тылыгар диэри ыстанан тахсарым, оннооҕор баскетбол тимир кольцотун икки илиибинэн харбаан ыларым. Ол иһин миигин нападениеҕа оонньотоллор. Бэйэм да ону сөбүлүүбүн. Аны туран командаҕа саамай кыра уҥуохтаахтара мин. Дьэ бастакы көрсүһүүгэ оруобуна олохтоохтору Ленскэйдэри кытта көрүстүбүт, бары уһун баҕайы нууччалар. Миигин бу кыра киһи нападениеҕа оонньообото буолуо диэтилэр быһыылаах, миигин утары ким да блок диэни туруорбатылар. Онон туһанан тахса-тахса дьэ үчүгэй аҕайдык саайталаатым ээ, 4-5 очкону отой утуу-субуу ылаттаатым, онтон дьэ өйдөнөн «маленького держите» дэһии буолла. Миигин утары икки блок тахсар буолла, ол да үрдүнэн блогу үрдүнэн охсон, ардыгар албыннаталаан аһара бэркэ оонньообутум. Дьоммутун отой сабдыппакка 3:0 ахсаанынан хотон таҕыстыбыт. Кэлин өрүһүнэн, көрсүбүт командалары барытын хотон иккис миэстэни ылбыттара.
Онтон ити сыл сайыныгар бэс ыйыгар Намҥа буолбут Саха АССР норуоттарын национальнай көрүҥнэргэ I спартакиадатыгар куобахтаан ойууга 35 м 40 см түһэн Саха АССР спордун маастарын нуорматын толорбутум уонна III призёр буолан республика биир тарбахха баттанар күүстээх спортсмена буола түстүм.

Өссө ити иннинэ ыам ыйын 1 күнүгэр таптыыр кыыспын кэргэн ылан ыал буолбутум, онон киһи кэргэннэннэҕинэ мөлтүүр диэннэрин туора сотон таһаарбытым. Ханнык баҕарар киһиэхэ кэргэннэнэн олох оҥостуу диэн олоҕун биир кэрэ-бэлиэ түгэнэ буолара буолуо дии саныыбын, онон бу туһунан сиһилии соҕус ахтан аһардахпына сатанар.
Били суруйуум саҕаланыытыгар эппитим курдук, дьылҕам соруйан анаан-минээн аҕалбыт эбит бу Өлүөхүмэ диэн дойдуга. Ол туһунан сиһилии маннык. Үөрэммитим иккис сылыгар, ол аата 1965 сыл бүтэһигэр ахсынньы 30 дуу, 31 дуу күнүгэр биһиэхэ техникумҥа Саҥа дьыллааҕы вечер буолла. Биһиэхэ кыыс аймах улахан дефицит, техникум үрдүнэн үс эрэ кыыстаахпыт. Ол иһин пааралар кэллэхтэринэ уолаттарын үүртэлээн баран, кыргыттарын эрэ киллэртиир түгэннэр бааллара.
Үөрүүлээх биэчэр саҕаланна. Биһиги уолаттар хоспутугар кыратык бырааһынньыгы бэлиэтээтибит, настырыанньа да нууччалыы эттэххэ “приподнятай”. Арай көрдөхпүнэ биир күлэн-үөрэн мичилийбит наһаа кыраһыабай кыыс баар. Бэйэтэ да кыргыттартан барыларыттан киһи хараҕар быраҕыллар маҥан платьелаах. Доҕор кыыстаах, дьэ мин биир уолбун “музыка тыаһаата да ол кыргыттарга барыах” диэн өттүккэ астым. Музыка тыаһаатын кытта бардыбыт. Инньэ гымматаххына илии соттон хаалаҕын. Үҥкүүбүт вальс, хата мин ити үҥкүүнү аһара сатыыбын уонна сөбүлүүбүн. Арай кыыһым туох да наһаа аһаҕас дууһалаах, кэпсэтинньэҥ киһи буолан биэрдэ. Инньэ гынан хайдах эрэ өрдөөҕүттэн билсэр дьон курдук буола түстүбүт. Ити киэһээни быһа кыыһым таһыттан арахпатым, кыратык тэйдим да былдьатарым чуолкай. Биэчэр бүппүтүн кэннэ дьиэтигэр атаарарга сөбүлэҥин ылан үөрүүм өссө үрдээтэ. Куорат ортотун диэки балыыһа уопсайыгар кыргыттары кытта олорор, бэйэтэ детсадка үлэлиир эбит. Итинник саҕаламмыта бу 40-тан тахса сыл бииргэ олоруохтаах олоҕум аргыһын, аҕыс оҕом күн-күбэй ийэлэрин кытта билсиһии.
Дьоно куораттан 30-ча км Кээччи диэн сиргэ олорор эбиттэр. Инньэ гынан субуота буолла да Кээччигэ сыбыытыыр дьон буоллубут. Ити сиргэ биһиги курстан Андреев Егор диэн Бүлүүчээн уола бастакы сылыгар кэлээт күһүҥҥү практикатын онно барбыт уонна биир олохтоох кыыһы кытта билсэн кэргэн ылан онно олорор. Кэргэнэ ийэлээх, бэйэлэрэ улахан дьиэлээхтэр, өрүөлүҥ өссө биир оҕолоно охсубуттара. Мин таҕыстахпына кинилэргэ түһэбин, кыыспын кытта киэһэ кулуупка көрсөбүт.
Арай биирдэ муус ый ортотун диэки куолубутунан эмиэ таҕыстыбыт, мин уолум аахха бардым. Киэһээ кулуупка көрсүһүөх буолан араҕыстыбыт. Киэһэ 8 ч. саҕана кыыһым киирэн кэллэ уонна этэр: «Чэ, бары биһиэхэ тахсар үһүгүт». «Тоҕо?» – эҥин дэһии буолла, онуоха: «Билбэппин, оттон бары киирдиннэр диэтилэр», – диэн кэлиилии кэбэ турда. Уолум сирэйэ-хараҕа туран хаалла, миигин кэлэн санныга таптайбалаата: «Дьэ, Володя, аһыыр дьон буоллубут, арааһа күтүөтү кытта көрсүһүү биэчэрэ буолара буолуо», – диэмэхтээтэ. Мин хайдах эрэ аһара салынным, долгуйдум. Инньэ гынан бары тахсар буоллубут. Эмээхсин эмиэ чугас ыалым үөрүүтүн хайаан да тэҥҥэ үллэстэбин диэн тахсыста. Оҕобутун көтөҕөн бары субуруһан таҕыстыбыт.
Киирбиппит аан дьиэ иһэ үп-үллэҥнэс киһи, миигин тута сөрөөн тас таҥаспын ньылбы тутан сыгынньахтаан кэбистилэр. Киһи бары кэлэн дорооболоһон илиибин ыгыта туттулар, сорох санныга таптайда, көрүү-истии, сыныйан көрүү бөҕөтө буолла. Онтон остуолга олоруу буолла, улахан дьиэ көрүдүөрүгэр икки субурҕа уһун остуоллар тардыллыбыттар, баһыгар эмиэ остуоллаах. Биһигини остуол баһыгар кэккэлэһиннэрэ олордуталаан кэбистилэр, таһынааҕы кыра дьиэттэн өссө элбэх киһи кутуллан киирдэ. Дьэ дьиҥнээх сыбаайба остуола буолла. Мин студент киһи көрүүбэр ас-үөл да дэлэйэ бэрт. Бастакы туоһу Нина ийэтэ көтөхтөрдө. Урутаан эттэхпинэ бу туох да көнө-көрсүө майгылаах, үтүө-мааны дууһалаах, киһи тэҥнэспэт үчүгэй эмээхсинэ этэ.
Кини биһиэхэ Сиэйэҕэ уонна Хадаҥҥа олордохпутуна тахсан икки кыһын кыстаабыта. Мин кинини кытта аһара тапсар этим, ол курдук иккиэн атах тэпсэн олорон ону-маны бары истигник сэһэргэһэрбит. Ол да иһин буолуо, бу орто дойдуттан бараары сытан миигин ыҥыртарбыт этэ. Хата мин дьолбор тыына быста илигинэ тиийбитим, онуоха туох да наһаа үөрбүтэ. Төҥкөйөн биэрбиппэр сүүспүттэн сыллаан ылбыта, сэниэтэ суох илиитинэн иэдэспин имэрийээхтээбитэ уонна манна олор диэн олоппоһу ыйбыта. Мин сиэр быһыытынан хайдах олорорбут, тугу үлэлиирбит, оҕолор хайдах сылдьалларын туһунан (ол саҕана үс оҕолоох этибит) сиһилии кэпсээтим. Ону истэн баран эмээхсиним туох да наһаа үөрдэ, сирэйэ-хараҕа сырдаан кэллэ. Өссө мин көрдөхпүнэ сибилигин туран хаамыах-сиимиэх курдук буолла. Миэхэ өйөтөн сыттыгар олордо уонна эттэ: «Дьэ, тоҕойуом, мин кыыһым эйиэхэ кэргэн тахсан ыал буолбутуттан аһара үөрэн, астынан бу дойдуттан баран эрэбин. Өссө да элбэх оҕолонуоххут, дьиэлэниэххит-уоттаныаххыт. Мин сүрэҕим ону барытын сэрэйэр. Уонна саамай кылаабынайа хаһан да этиһэр-охсуһар буолумаҥ, куруутун иллээхтик-эйэлээхтик сылдьар буолуҥ», – диэн кэриэһин эппитэ. Ити кэнниттэн: «Сыттык анныгар кыра харчы баар, ону илдьэ баран туттуҥ», – диэбитэ. Ону ылан көрбүтүм – 500 солкуобай. Ол кэнниттэн сыттыгын көннөттөрөөт, сэниэтэ суох бүтэһиктээхтик сытынан кэбиспитэ. Мин туох да наһаа уйадыйбытым, ама маннык үтүөкэннээх киһи баран хаалыа дуо диэн итэҕэйиэ суох санаам кэлбитэ. Хайдах эрэ хараҕым уута ыгыллан кэлбитин эмээхсиҥҥэ көрдөрбөккө ытыһым көхсүнэн ньухханан кэбиспитим. Эмээхсин ити түүн бараахтаабыта… Мин буорун хасыһан, бары сиэрин-туомун тутуһан бу үтүөкэннээх киһини тиһэх суолугар атаарсыбыппыттан хайдах эрэ кини иннигэр иэспин толорбут курдук санаммытым.
Били биэчэрбит саҕаланыытыгар төнүннэххэ, эмээхсин туран эттэ: «Күндү аймах-билэ дьонум, бу кыра кыыһым күтүөт оҕону аҕалан олорор, Сунтаартан төрүттээх. Мин онно төрөөбүт-үөскээбит киһибин, онон аһара үөрэн-көтөн аймаҕырҕаан олоробун. Бастакы туоспун оҕолобут дьоллорун туһугар көтөҕүөххэйиҥ», – диэн. Иккис туоһу күтүөт оҕо бэйэтин билиһиннэрэ таарыйа кини көтөхтөрдүн диэн буолла. Мин хаһан да бачча элбэх киһи ортотугар, буолаары буолан отой билбэт дьонум иннигэр айах атан саҥарбатах киһи наһаа ыксаатым, кыбыһынным. Ол да буоллар ханна барыахпыный, туран одоҥ-додоҥ да буоллар бэйэбин билиһиннэрдим, туоһу көтөхтөрдум. Аһылыкпыт ортотугар сынньалаҥнаах, дьиҥнээх сыбаайба курдук буолла. Сынньалаҥҥа миигин кэлэ-кэлэ баарыаҥҥытааҕар ордук күүскэ илиибин ыгыта туттулар, санныга таптайбалаатылар, кырдьаҕас өттө кууһан-сыллаан ылла. Билсии-көрсүү бөҕөтө буолла.
Иккис остуол бүтүүтэ мустубут дьон бары 1 маайга дьиҥнээх сыбаайбаны тэрийэргэ диэн уураах ылынан тарҕаһыы буолла. Бүтэн баран уулуссаҕа дьаарбайа сылдьан кыыспар: «Тоҕо эрдэ сэрэппэтэххиний, ууга-уокка киллэрэ сырыттыҥ», – диибин. Онуоха кини: «Миэхэ да ким да эппэтэҕэ-сэрэппэтэҕэ. Арай баарыан куораттан тахсыбытым, остуол бөҕөтүн тарда сылдьаллар. Ону хайа бу туох бырааһынньыга буолла диибин. Онуоха “чэ, киэһэ тахсан уолгун киллэрээр, Дьөгүөрдээҕи эмиэ” диэтилэр. “Мин кинилэргэ кэргэннэнэн эрэбин диэбэтэҕим, көннөрү биир уоллаахпын, Сунтаартан сылдьар, техникумҥа үөрэнэр диэбитим”, – диир. Онтон хайдах эрэ иккиэн тэҥҥэ наһаа үөрэн, сүргэбит көтөҕүллэн саһыгыраччы күлүстүбүт уонна ыгыта куустуһан уохтаахтык уурастыбыт, илии илиибититтэн сиэттиһэн түүн хойукка диэри бэйэтэ да кыра дэриэбинэ киин уулуссатын устун төттөрү-таары хаамсыбыппыт. Ол инники олохпут саамай дьоллоох түгэннэрэ эбит дии саныыбын.

Били ылыныллыбыт уурааҕы маала эрдэлэтэн, муус устар 30 күнүгэр сыбаайбабыт буолар буолла. Мин туохпунан кыттыһыахпыный, туоҕум да суох буоллаҕа дии, арай эдьиийбэр Таняҕа биллэрбиппэр хантан булаахтаабыта буолла, 50 солкуобай переводтаабыта. Ол саҕана колхозтаах дьоҥҥо ити улахан харчы, ол иһин эдьиийбэр күн бүгүнүгэр диэри аһара махтана саныыбын. Уолаттарым бары кыттыһан электросамовар ылбыт этилэр. 30 чыыһылаҕа эбиэт кэнниттэн Кэччиттэн грузовой массыына киирдэ. Ол массыынанан бииргэ үөрэнэр уолаттарбынаан уонна ыкса табаарыстарбын кытта уопсайа 20-чэ буолан таҕыстыбыт.
Сыбаайба туох да наһаа бэркэ барбыта, олохтоохтор куучча бары мустубуттара. Ону таһынан ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, уопсайа 150-тан тахса киһи мустан сүрдээҕин үөрэн-көтөн, уруйдаан-айхаллаан, дьолу-соргуну баҕаран, алгыс тыл арааһын этэн, сүргэлэрэ тутум үрдээн тарҕаспыттара саныахха астык этэ.
Ити курдук ыал буолан турабыт. Ол кэмтэн номнуо 42 сыл ааһа охсубут. Били Нина ийэтэ билгэлээбитин курдук аҕыс оҕону төрөтөн улаатыннартаан, үөрэхтэтэлээн, үлэһит дьон, ыал оҥортоотубут. Билиҥҥитэ аҕыс сиэн эбээтэ-эһээтэ буолан олоробут. Онуоха эбии өссө икки улахан дьиэлээхпит, трактордаахпыт, массыыналаахпыт, хотон муҥунан сүөһүлээхпит, биэлээхпит. Уһун Күөл бөһүөлэгин биир сис ыала буолан, ийэбит эмээхсин кэриэһин чиэстээхтик толордубут диэн бигэтик этиэх тустаахпыт.
Уопсайынан мин, элбэх көмүстээҕим буоллар, 1966 сылы көмүс буукубанан түһэттэрэн баран көстүүлээх сиргэ ыйаан туруом этэ. Тоҕо диэтэххэ бу сыл кулун тутар ыйыгар мин техникум сборнай командатыгар киирсэн Ленскэй куоракка ситэтэ суох үрдүк үөрэх заведениеларыгар волейболга республика чемпионун бочуоттаах аатын ылбытым, онтон муус устар 30 күнүгэр ыал буоллум, онтон бэс ыйын бүтэһик күннэригэр Намҥа буолбут күрэхтэһиигэ республика биир күүстээх спортсмена буола түспүтүм. Бүтэһигэр, бу сыл бүтэһик күннэригэр, ахсынньы 24 күнүгэр аан маҥнайгы оҕобут Аликка күн сирин көрбүтэ. Санаан көрдөххө биир сыл иһигэр, биир киһи олоҕор баһырхай ситиһии буолбатах дуо, ама?
Кэргэним Нина Сунтаар буоругар үктэниитэ эмиэ биир туспа остуоруйалаах. Оччоттон баччаҕа диэри ким ханна барарын-кэлэрин чуолкай сүбэлэспэт, былааннаабат дьон эбиппит. Ити сайын мин эппитим курдук Намҥа күрэхтэһиигэ бардым, онтон ситиһии бөҕө ситиһэн төрөөбүт-үөскээбит Сунтаарбар көтөн кэллим. Сарсыныгар табаарыс уолаттарбын кытта кыайыыны-хотууну сууйан киэптии ахан сырыттым. Арай киин уулуссанан ааһан истэхпитинэ туох да наһаа билэр куолаһым миигин ыҥыран үөгүлүүр. Көрбүтүм – Нинам барахсан далбаатыы-далбаатыы бу сүүрэн иһэр эбит. Туох да наһаа үөрдүм, утары сүүрэн тиийэн хам кууһан ыллым, уолаттарбар билиһиннэрдим. Сорох уолаттар кэргэннэммитим туһунан отой да билбэт эбиттэр, соһуйуу-өмүрүү улахана буолла. Дьэ уонна арыгылыы оонньуу сылдьыам дуо, кыыһым түспүт ыалыттан таһаҕаһын ылан, мин олорор ыалбар илдьэ бардым.
Олорор ыалым туһунан эмиэ кылгас соҕустук хайаан да билиһиннэрдэхпинэ сатанар. Ол курдук наһаа убаастыыр дьонум, миигин отой бэйэлэрин уолларын курдук көрөллөрө, промкомбинат территориятыгар олороллоро. Хаһаайын Никифоров Никифор, хаһаайка Маайа диэн туох да наһаа үтүө-мааны майгылаах, этэргэ дылы мас хайдыбытын курдук көнө сүрүннээх аламаҕай дьон этилэр. Иккиэн промкомбинакка үлэлииллэр, элбэх оҕолоохтор. Оҕолор күн бүгүнүгэр диэри миигин убайбыт дии сылдьаллар. Бу ыалларга эмээхсиним биһикки хара бу дойдуттан барыахтарыгар диэри киирэ-тахса түһүүлэнэн, хас сырыы аайы тыа ыалын быһыытынан илии тутуурдаах, үүт-сүөгэй, идэһэ этэ, бултаатахха булт этэ кэһиилээх сылдьар буоларбыт. Киирдэхпитинэ үөрүү-көтүү бөҕөтө, ханна да олордуох сирдэрин булбаттар, тута аһылык бэлэмнээһинигэр түбүгүрэллэр. Кэлин массыналанан баран өрөбүл күннэргэ оҕолорбутун тиэйэн бары күрүллэн киирэбит. Онно буолара үөрүү-көтүү өрөгөйө, сиэннэрбит кэллилэр диэн сүпсүгүрүү бөҕөтө. Кинилэр иккиэн утуу-субуу кэриэтэ бу дойдуттан бараахтаабыттара, бастаан эмээхсин, онтон оҕонньор. Онно биһиги эмээхсимминээн балыыһаҕа сыттахтарына киирэн көрсүтэлээн, суох буолбуттарыгар тута киирэн туох баар тэрээһинигэр сүрүн оруолу ылан, массыынабынан сүүрдэн-көтүтэн тиһэх суолларыгар атаарсыбыппыт.
Мин бу үтүөкэннээх дьон иннигэр ытык иэспитин эмиэ чиэстээхтик толорбуппут диэн толору этэр кыахтаахпын. Оннооҕор харайталаан кэлэн баран бүтэһик остуолга промкомбинат ыаллара дьахтардыын, эр дьоннуун бука бары кэлэн илиибитин ыга тутан махтал-баһыыба тылларын эппиттэрэ. Бу Володя баара-суоҕа биир эрэ сыл олорбут ыалын наһаа да убаастыыр эбит диэн аһара сөхпүттэрэ уонна иккиэн даҕаны айыы дууһалаах, амарах майгылаах үтүө дьон эбиккит диэн хайҕаабыттара, махтаммыттара.
Уопсайынан даҕаны дьон-сэргэ махтала, эйиэхэ анаммыт үтүө тыллара ханнык да наҕараадатааҕар сыаналаах, күндү дииллэрэ кырдьык эбитин онно билбитим уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ, кыаммакка-хоппокко куруутун көмөлөһүөххэ наада эбит диэн бигэ санаа үөскээбитэ. Кэлин элбэх дьоҥҥо мастарын-отторун тиэйиитигэр, дьиэлэрин эҥин тутталларыгар элбэх көмөнү оҥорон, эмиэ махтал-баһыыба тылларын истэн турабын.
Ити үтүөкэннээх ыалга кыыспын сиэтэн тиийбиппэр үөрүү-көтүү үлүскэнэ, соһуйуу-өмүрүү бөҕөтө буолла. Ону сэргэ миигин оройбун чокуйдулар: «Туох буолбут дурааккыный, дьиэ аадырыһын кыыскар биэриэххин, оччоҕуна сразу манна кэлиэ этэ», – эҥин диэн нотация бөҕөтүн аахтылар. Онтон уоскуйан аһылык бэлэмнээһинигэр түстүлэр, наҕылыччы олорон чэйдээн билсиһии-көрсүһүү буолла. Киэһээ көрсүһүү аһылыгын тэрийээри сорох маҕаһыыҥҥа барда, сорох ас астыыр түбүгэр түстэ. Мин кыыспар Сунтаар баар-суох киэн туттуутун – паарканы көрдөрө күүлэйдии бардыбыт. Баран иһэн кыыһым туох үчүгэй ыалай диэн ыалбын хайҕаата, мин испэр аһара үөрэ санаатым. Онтон сиэтэ сылдьан пааркабын көрдөрдүм, киһим туох да наһаа сөхтө, айылҕа анаан-минээн оҥорор да буолар эбит, эчи үчүгэйин диэн сүрдээҕин үөрдэ-көттө. Оттон мин дойдубун, дьоммун-сэргэбин сөбүлэппит киһи быһыытынан эмиэ сүрдээҕин үөрдүм, мэктиэтигэр биир сүөм үрдээбит курдук буоллум. Ити курдук үктэммитэ Сунтаар буоругар эмээхсиним Нина. Онтон бэттэх 42 сыл ааһа оҕустаҕа дөбөҥүн.
Аҕыйах хонон баран өрүс уҥуор Толстойга аҕам аахха таҕыстыбыт. Онтукайыҥ айана эмиэ эриирдээх: бастаан уу мотуорунан Сиэн төрдө диэн сиргэ диэри бараҕын, онтон 10 км тахсалаах сири сатыы бараҕын. Хата биһиги дьолбутугар оруобуна биһиги барар күммүтүгэр маҕаһыын таһаҕаһын тиэйэ трактор киирбит этэ, онон трактор сыарҕатыгар олорсон айаннаатыбыт. Тиийбиппит дьонум үөрүүкэлэриэн, киһи бэйэлэриттэн үөрүөх. Кыыспын ханна да олордуох-туруоруох сирдэрин булбатылар. Сирэйдэрэ-харахтара үөрүү уотунан сириэдийдэ, бэйэтэ да кыра дьиэ эбии кэҥээбиккэ дылы буолла. Кэргэммин көрөөт да сөбүлээтилэр. Кэлин аһылыгы эмээхсиҥҥэ астаппакка, аһылык арааһын астаан куттарын-сүрдэрин тутан «былааһы ылан» кэбистэ. Аҕам киһи суоҕар, иккиэйэх буоллахпытына этэр: «Уолум, үчүгэй кыыһы таба тайаммыккын. Кытаатан үйэҕит тухары иллээхтик-эйэлээхтик сылдьыҥ», – диэн сүбэ-ама биэрэр.
Ол сайын мин олохтоох трактористка сменщигинэн үлэлээтим, сүрүн үлэбит от кээһиитэ. Быыспар-арыппар уонна ардахтаах күннэргэ кус бөҕөтүн өлөрөн ходуйан кэлэбин. Нина хаһан да оччо элбэх куһу көрбөтөх буолан аһара үөрэр, наһаа сөҕөр уонна кус этиттэн арааһы астаан, торуойдаан эҥин кырдьаҕастар куттарын отой тутан кэлбитэ. Ити курдук балтараа ый үлэлээн баран Сунтаарга киирдибит. Мин «Партизан» отделениетыгар бурдук хомуйуутугар комбайҥҥа үлэлэстим, Нина Хадан оскуолатыгар учууталынан ананан онно тахсар буолла.
Балаҕан ыйын ортотун диэки мин үөрэхпин салгыы Өлүөхүмэбэр киирдим, кэргэним Хаданыгар хаалла. Билигин санаатахпына соччо дойдумсаҕа суох эбит, эбэтэр Сунтаар сирин хара ааныттан сөбүлээбитэ эбитэ дуу.
Үөрэхпэр бүтэһик курс буолан чэпчэки, үксэ практикаҕа эҥин сылдьыбытым. Уонна дипломнай үлэҕэ бэлэмнэнии. Аны субуота, өрөбүл күннэргэ дьиэм курдук Кэччигэ тахсабын уонна эмээхсин бэлэмнээбит араас эгэлгэ аһылыгын тото-хана аһаан, уойан-тотон киирэбин. Эмээхсин быраата баар этэ, Борокуоппай диэн эмиэ сааһырбыт оҕонньор. Кэргэннэммэккэ соҕотох кырдьыбыт, аһара үчүгэй майгылаах оҕонньор. Кини биһикки аһара тапсабыт, күһүн үөскэ киирэн үрэхтэн муус ылбыппыт уонна да атын кыра үлэлэргэ иккиэн бииргэ сылдьабыт, ардыгар атах тэпсэн олорон сэһэргэһэ-сэһэргэһэ аһыыбыт. Ол курдук эмээхсиннээх оҕонньорго наһаа сөбүлэтэн, ылгын уолларын курдук сылдьыбытым. Миэхэ, ийэ таптала диэни билбэтэх киһиэхэ, эмээхсин дьиҥ-чахчы ийэлии сыһыана туохтааҕар даҕаны күндү этэ.
Онтон ахсынньы ый бүтэһигэр дипломнай үлэбэр «От үлэтин механизациялааһын» диэн теманы ыламмын, матырыйаал хомуйа дипломнай практикабар Сунтаарбар кэллим. Ол кэмҥэ оруобуна кэргэним төрүүр дьиэҕэ оҕолоно киирдэ. Күн аайы баран бары көрсөбүт, бастакы оҕо кэлэрин тэһийбэккэ кэтэһэбит. Онтон ахсынньы 24 күнүгэр күнүс оҕолонно диэн буолла. Оо, үөрүү-көтүү бөҕө буолла, ыалларым бэйэлэрин оҕолоро оҕоломмутун курдук, сиэннэммит тэҥэ буоллулар. Аһылык бөҕө астанна, дьиэ иһэ алаадьы, араас ас сытынан туолла. Аһыы олорон хаһаайын ийэтэ эмээхсин баар этэ, 80-тан лаппа тахсыбыт эмээхсин, ол ханна эрэ кистээн сылдьыбыт хомуһун булан оонньоото, мин ыллаан доргуттум. Бары даҕаны сүргэбит көтөҕүллэн, үөрүү-көтүү үлүскэнэ буолла.
Ити сылларга Саха сиригэр аатырбыт хайыһардьыттар, олимпийскай чемпионнар Алевтина уонна Павел Колчиннар кэлэ сылдьыбыт кэмнэрэ этэ. Мин спортсмен киһи быһыытынан оҕом баҕар эмиэ кэлин аатырбыт спортсменка буолуоҕа диэммин кыыспын Алевтина диэн ааттыырга быһаарынным. Ити туһунан сарсыарда балыыһаҕа бара сылдьан кэргэммэр эттим. Киһим үөрүүнэн ылынна. Дьэ ол Аликка-Алевтина билигин 42 саастаах ыал ийэтэ буолан олорор, бириэмэ түргэнник да ааһар эбит. Билигин мин иннибэр дьоммун балыыһаттан ханна таһаарабын диэн сытыы проблема турда. Ыалбар таһаарыахпын дьиэлэрэ тымныыката бэрт, ону таһынан кыараҕаһа, бэйэлэрэ алта оҕолоохтор, ону таһынан кырдьаҕас ийэлэрэ, хаһаайын быраата, мин табаарыһым Валентин, онон уопсайа уоннар. Онно эбии биһиги эбилиннэхпитинэ киһи турар да, олорор да кыаҕа суох буоларыгар тиийэр. Өскөтүн манна таһаартыыбын диэбитим буоллар, биир-биэс тыла суох үөрүүнэн сөбүлэһиэ этилэр дии саныыбын, ол кэриэтэ бэйэлэрэ муостаҕа утуйуо этилэр. Ол курдук үтүө-мааны санаалаах үчүгэй дьон этилэр.
Хата мин дьолбор Уһун-Күөлтэн эдьиийим киһинэн илдьиттээбит: «Дьоннорун бакаа күтүөм Миитэрэй убайын аахха Дьөгүөрдээххэ таһааран эрдин, массыына киирдэҕинэ онон тахсыстыннар», – диэн.
Дьөгүөрдээххэ биир хонооппут кэннэ сарсыныгар эмиэ күтүөм убайа, аатырбыт уордьаннаах суоппар ЗИЛ массыынанан уотурба тиэйэ киирбит, ону кытта Уһун-Күөлгэ таҕыстыбыт. Оччолорго эдьиийим аах ити эргэ дьиэлэрэ салҕааһына суох этэ, ол да буоллар кимнээҕэр киэҥ-куоҥ курдук быргыһан олорбуппут.
Дьоммун эрэллээх сиргэ хаалларбыт киһи быһыытынан бөҕөх санаалаах, үөрэн-көтөн, үчүгэй настырыанньалаах дипломнай үлэбин суруйа уонна көмүскүү Өлүөхүмэбэр киирдим. Үксүн Кэччигэ эмээхсиннээххэ тахсан соҕотоҕун чуумпуга суруйабын. Техникумҥа киирэн Ярослав Петрович диэн салайааччыбар көрдөрөбүн, сүбэ-ама ылабын. Онтон дьэ барытын чөкөтөн болдьоммут кэмҥэ бүтэрэн үлэбитин көмүскүүр күммүт, уйан-хатан биллэр күнэ тиийэн кэллэ. Алта киһиттэн састааптаах экзаменационнай комиссия иннигэр дуоскаҕа тахсаҥҥын туох баар көрдөрөр схемаларгын, суоттааһыннаргын ыйаталаан баран 20 мүнүүтэ иһигэр кэлэҕэйдээн, саараҥнаан көрбөккө үлэҕин барытын бары өттүнэн дакаастаан, чиҥэтэн, быһааран биэриэхтээххин. Ол кэнниттэн били комиссияҥ чилиэннэрин эрилгэннээх ыйытыыларыгар сөптөөх хоруйдары биэриэхтээххин.
Биһиги курска 13 киһи баарыттан биир уолбут, хомойуох иһин, проваллаан кэбистэ. Биир уолбут туйгуннук көмүскээн кыһыл диплому ылар чиэстэннэ, уоннааҕылар бары үчүгэй, орто диэҥҥэ көмүскээн «техник-механик» диэн диплому ылар дьоллоннубут. Мин бэйэм “үчүгэй” диэҥҥэ көмүскээтим.
Киэһээ техникум актовай залатыгар духовой оркестр туш оонньооһунугар доҕуһуоллатан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга дипломнарбытын туттартаатылар. Маны таһынан үчүгэй спортсменнарга, активистарга техникум салалтата туспа наҕараадалары туттартаабыта. Миэхэ хайа күн үөрэнэ кэлиэҕиттэн бүтүөр диэри техникум спортивнай чиэһин спорт араас көрүҥнэригэр республикаҕа тиийэ чиэстээхтик көмүскээтэ, ону таһынан техникум общественнай үлэтигэр активнай кыттааччы диэн техникум Бочуотун кинигэтигэр киирбитим туһунан свидетельствоны туттарбыттара. Хомойуох иһин ити наадалаах докумуону, атын да эдэр эрдэҕинээҕи грамоталарбын, дипломнарбын эдэр сылдьан оннук айылаах наадалаах диэн аанньа харайбатах эбиппин.
Эмиэ ити киэһэ куорат остолобуойугар банкет тэрийдилэр. Онно бастакы директор Дмитрий Дмитриевич Попов (кэлин республикаҕа «Холбос» директорынан өр сылларга үлэлээбитэ) биһиэхэ барыбытыгар инники олохпутугар дьолу-соргуну, техникум чиэһин хаһан даҕаны, ханна даҕаны түһэн биэрбэт курдук үтүө суобастаах таһаарыылаах үлэни баҕарда. Ол кэнниттэн өргө диэри үөрүү-көтүү, ырыа-тойук, үҥкүү-битии биир кэм оргуйан олорбута. Сарсыныгар туох баар докумуоннарбытын силигин ситэри барытын толотторон баран, үс сылы быһа эн-мин дэһэн эйэ-дэмнээхтик сылдьыбыт, үөрэммит дьон быһыытынан бары түмсэммит кыратык олоро түстүбүт, куруутун билсэ-көрсө туруох буолан аадырыспытын бэристибит. Ол кэннэ дьэ инньэ Муустаах муора кытылыгар Булуҥҥа диэри тайаан, үрүө-тараа үөрэ-көтө тарҕастыбыт.
Мин бу техникумҥа үөрэнэн олоҕум оҥкулун саамай сөпкө оҥостуммут эбиппин диэн сүрдээҕин үөрэ саныыбын. Ол курдук бу дойдуттан олоҕум аргыһын буллум, эмиэ да ой-бото үөрэхтэнним, идэ ыллым. Диплом таһынан тракторист, шофёр праваларын ыллым, слесарь, сантехник корочкаларын о.д.а. ылаттаатым. Ону таһынан спорт өттүгэр эмиэ балачча ситиһиилэнним. Онон күн бүгүнүгэр диэри Өлүөхүмэ диэн дойдуну уонна үөрэммит техникуммун сылаастык-сымнаҕастык саныыбын. Кэччигэ тахсан дьоммор хонон-өрөөн баран, кинилэр алгыс тылларынан кынаттанан ахтылҕаннаах дьоммор Сунтаарым диэки көтөн куугунатан хааллым. Кэлээт да дуогабардаах киһи быһыытынан «Элгээйи» совхоз киинигэр Элгээйигэ бардым.
Совхоз главнай инженерэ Ивлев Николай Степанович диэн киһи сүрдээҕин үөрэ көрүстэ: «Оруобуна бириэмэтигэр кэлбиккин. Сиэйэ отделениетын механига уурайан бара сатыы сылдьар, ол оннугар ыытабын. Сарсыҥҥыттан тахсан тутуһуоҥ. Бүгүн манна хонон эр, билэр ыаллааххын дуо?» – диэтэ. Ону баар диэтим. Сарсыныгар кэлбитим киһим отой бэлэм олорор. Бэйэтэ бас билэр газиктаах эбит, чэ бардыбыт, диэн буолла. Баран иһэн киһим: «Отделениеҥ туох да наһаа киэҥ, техникаҥ да элбэх, фермаларыҥ да элбэхтэр. Хас бөһүөлэк, улахан ферма аайы дизельнай станциялар бааллар, олору барытын эн көрөҕүн-истэҕин, дьаһайаҕын», – диэтэ. Мин испэр улаханнык саллан олоробун, урут тугу да дьаһайбатах киһи буоллаҕым дии. Сиэйэбитигэр тиийэн кэллибит, добуочча улахан бөһүөлэк эбит.
Киһим миигин отделение управляющайыгар, уруккута ССРС Верховнай Сэбиэтин депутатынан талылла сылдьыбыт сүрдээх авторитеттаах Михайлов Михаил Петровичтыын билиһиннэрдэ. Управляющай кэргэннээҕим, оҕолооҕум туһунан истэн баран “бакаа ыалга олорон эр, дьиэни сыыйа-баайа булуохпут” диэн эрэннэрдэ.
Кырдьык даҕаны киэҥ отделение буолан биэрдэ. Үс күнү тура тэбинэн туран тутуһан нэһиилэ бүттүбүт. Түбэй-Дьаархан, Түбэй, Ыгыатта диэн улахан бөһүөлэктэр, биригээдэлэр бааллар. Ону таһынан Нөөрүктээйи, Милэкэ диэн сылгыһыттар базалара, Бэс Сиэйэ, Комсомол, Түөлбэ диэн хастыы да хотонноох бэйэлэрэ туспа бөһүөлэк курдук фермалар бааллар. Онно барытыгар уот биэрэр кыра да, улахан да дизельнай станциялар үлэлииллэр. Итини таһынан кыра-кыра фермалар аата-ахсаана суох элбэхтэр, кэлин ааҕан көрбүтүм отуччаҕа чугаһыыр быһыылаах этэ. Манна барытыгар көөнньөрбө буһарарга аналлаах котёллар бааллар. Хата мин дьолбор хас биригээдэ аайы механизатордар үксүлэрэ опыттаах, бэрээдэктээх, үлэ диэн баран бары муннукка ытаабыт дьон буолан биэрдилэр. Ону таһынан Сиэйэҕэ уонна Түбэй-Дьаархаҥҥа үлэлэрин таһыччы баһылаабыт икки тимир уустара бааллар. Иккиэн уоттаах сэрии ветераннара, Сиэйэ өттүгэр Филиппов Алексей Васильевич, Түбэй-Дьаархан өттүгэр Васильев Николай Васильевич диэннэр. Мин үлэлээбитим устатыгар этэргэ дылы тэбэр туйахтарым, охсор илиилэрим диэн бу икки оҕонньор этилэр. Туох да наһаа тапсан бииргэ үлэлээбиппит, миигин уолбут диэн таптаан ааттыыр буолаллара.
Биригээдэ аайы бас-көс трактористар бааллара. Ол курдук Сиэйэҕэ хас да орден кавалера Петров Тарас, бастакы кылаастаах трактористар Максимов Михаил, Фёдоров Иван (Бөлөрүүс Уйбаан), Буххайыыс Борокуоппай уо.д.а., Түбэйгэ Осипов Дмитрий, бырааттыы Степановтар, Ыгыаттаҕа Кириллин Капитон, Кириллин Павел, Түбэй-Дьаархан өттүгэр эмиэ бырааттыы Ариан, Христофор Степановтар, Яковлев Василий, Кузьмин Константин, Захаров Сергей, Бөрө Бүөтүр диэн үлэлэрин уһулуччу баһылаабыт, сүрдээх опыттаах, дьулуурдаах үлэһиттэр бааллара мин үлэбин лаппа чэпчэппитэ. Кинилэр хаһан да кыҥкыйдаан көрбөккө наар миэхэ сүбэлии-амалыы, көмөлөһө сылдьар буолаллара. Ол иһин даҕаны күн бүгүнүгэр диэри кинилэри барыларын, сорохторо суох да буолбуттарын иһин, күндүтүк ахта-саныы сылдьабын.

Управляющайым биир тоҥон турар кураанах дьиэни биэрдэ, мас тиэйтэрдэ уонна “кыра оҕолоох эҥин киһи быһыытынан ыксаабакка дьиэҕин дэлби сылытан баран дьоҥҥун аҕалтаа” диэн сүбэлээтэ. Мин испэр үчүгэй киһи эбит диэн үөрэ санаатым. Сотору массыына ыламмын дьоммун көһөрөн күккүрэтэн аҕаллым, туохпут кэлээхтиэй, суох буоллаҕа дии. Хата эдьиийим утуйар таҥас, иһит-хомуос о.д.а. тэриллэри биэрэн ыытан, ыал ыалынан буола түстүбүт.
Үлэлиэхпин-хамсыахпын баҕара сылдьар киһи тустаах үлэбэр оройбунан түстүм. Отделением киэҥэ бэрт буолан дьиэбэр хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт курдук буоллум. Саамай миигин салыннарбыт үлэнэн били эппитим курдук наһаа элбэх фермалар хочуоллара буолбута. Онно барытыгар оҕонньор-эмээхсин үлэлиир, онтуларым насос хачайдаабат эҥин буолла даҕаны ыҥыра тураллар. Барбытыҥ отой дуона суох алдьаныылаах буолар, ол туһугар хастыы да биэрэстэлээх сиргэ сатыы бараҕын. Кэлин маннык гыныҥ, оннук оҥоруҥ диэн дэлби үөрэтэлээн, күлүүс эҥин биэртэлээн сорохторо бэйэлэрэ оҥостор буолбуттара. Иккис эрийбит үлэнэн били эмиэ элбэх дизельнай станциялар буолаллар – уот биэрбэт буолар, мотуора алдьанар. Ону ферманы уота суох гыныаҥ дуо, түүннэри даҕаны оҥордоххуна сатанар. Кэлин кэһэкэнэ буолан саппааһынан эрдэттэн хааччынан кэбиһэр буолан эрэйдэммэтэҕим.
Ол саҕана Сиэйэҕэ уонна Түбэй-Дьаархаҥҥа бурдук ыһар этилэр. Инньэ гынан икки бурдук быһар комбайннаахпыт. Күһүн буолла да аны олору оҥоруу айдаана буолар. Онно барытыгар Элгээйигэ киирэн саппаас көрдөһөҕүн. Мин ыксаатахпына управляющайбын илдьэ ыраах сытар киэҥ отделение диэн совхоз директорынан чиэрэстээн көбүччү соҕус суруйтаран, массыынанан тиэйэн таһааран бэйэм ыскылааппар хаһаанан кэбиһэр үтүө үгэстээх этим. Онтум ыксаллаах бириэмэҕэ аһара туһалыыра. Ону сэргэ дьоммун-сэргэбин кытта ыкса билсэн, доҕордоһон, бары биир сүбэнэн үлэлиир буоламмыт үлэбит түмүгэ таһаарыылаах буолара. Ол курдук, төһө да бүтүн совхоз үрдүнэн саамай киэҥ, улахан хаһаайыстыбалаах отделение буолларбыт, сыл түмүгүнэн соц. куоталаһыыга куруутун бастыыр этибит.
Үгэс быһыытынан тохсунньу ый ортотун диэки совхоз механизатордарын уопсай мунньаҕа Элгээйигэ кииннэнэн буолара. Онно биһиги отделениебыт совхоз үрдүнэн бастаан аалай кыһыл вымпелынан наҕараадаланар буолара. Бастыҥ үлэлээх механизатордар, ол иһигэр мин эмиэ, совхоз Бочуотунай грамотатын ылан үөрэр-көтөр буоларбыт. Билиҥҥи курдук араас сыаналаах тэриллэринэн уонна харчынан бириэмийэ диэн суоҕа. Ол да буоллар кимнээҕэр дьоллонон, үөрэн-көтөн төннөрбүт. Билигин даҕаны хайдах эрэ дьоллонон, үөрэн-көтөн, сэһэн-ыаһах бөҕөтө буолан совхоз автобуһунан тахсан иһэрбитин харахпар ойуулаан көрөбүн.
Уопсайынан даҕаны Сиэйэ дьоно-сэргэтэ туох да кэтэх санаата суох, аһара аһаҕас дууһалаах, судургу, үтүө майгылаах дьон этилэр. Өссө манна иккис оҕобут Валикка күн сирин көрбүтэ. Онон аһара сөбүлээн олохсуйуох да курдук санаталаабытым, үчүгэй атас-доҕор элбээбитэ. Ону баара аҕам оҕонньор оччолорго өрүс уҥуор Толстойга олороро уонна аһара ыраах үлэлиигин, чугас Сунтаарга эҥин үлэлиириҥ буоллар быыскар-арыккар тахсан маска-окко көмөлөһүөҥ этэ диэн кытаанахтык туруоруста. Ол туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар быктарбыппын дьонум үөрэ түстүлэр: «Хадан отделениетыгар миэстэ тахсаары турар, оннооҕу механик Өлүөхүмэ киһитэ дойдубар барабын да сабаас диэбитэ ыраатта. Хадантан Толстой оттон бу турар сир буоллаҕа дии, атаххынан үчүгэй киһи хааман да үлэлиэххин сөп», – диэн күллүлэр. Мин “кырдьык даҕаны, бэрт эбит” диэн сөбүлэстим.
Дьэ итинник сонуннаах отношениебын тутан управляющайбар киирбитим, киһим соһуйан өлө сыста: «Хайа, нокоо, бачча үчүгэйдик үлэлии сылдьан тоҕо бараҕын, тугуҥ тиийбэтэ, туох туруорсардааххын, ону барытын толоробут. Дьиэ туттан олохсуйар буоллаххына дьиэҥ маһын олоччу босхо пилорамаҕа эрбэтэн биэрэбит. Отой барыма, механизатордарыҥ даҕаны, атын дьон-сэргэ даҕаны аһара сөбүлээбтттэр», – эҥин диэн бары өттүнэн күөйэ-хаайа этэ сатаата. Ону мин: «Кырдьаҕас киһиэхэ кырдьар сааһыгар көмөлөһөр, чугас сылдьар ордук буолуо», – диэн сөбүлэспэтим. Киһим бүтэр уһугар: «Кырдьык даҕаны сөпкө этэҕин. Ол да буоллар билигин ыллын да баран хаалыма, киһи көстүөр диэри үлэлээ, билигин саамай окко киирии тэрээһинэ буола турарын бэйэҥ да билэҕин», – диэтэ. Мин “аны күһүн да барыллыа” диэн сөбүлэстим.
Ол сырыттахпына Ленинград куораттан инженер-механик үөрэҕин бүтэрэн сиэйэлэр бэйэлэрин уоллара Егоров Александр Иннокентьевич кэллэ. Бу сүрдээх билиилээх, бэрээдэктээх, кэлин Сунтаарга киирэн Сельхозтехника главнай инженеринэн өр сылларга үлэлээбитэ. Бу уолу управляющай ыҥыран ылан кэпсэтэн, үлэҕин бу төрөөбүт дойдугуттан саҕалаа диэн тылыгар киллэрэн, кини тутан хаалар буолла. Инньэ гынан Хадаммар барар буоллум, отделение массыына биэрдэ. Били кэлэрбитигэр туоҕа да суох сулумах бэйэбит чакырбыт-чикирбит син добуочча элбээбит. Ону таһынан икки оҕолоохпут, улахаммыт номнуо сүүрэ сылдьар, онон сыалай биир массыына таһаҕас буола сыста. Үс сылы быһа эн-мин дэсиһэн бииргэ үлэлээбит дьонум, ол иһигэр уус оҕонньорум кэлэн алгыс тылларын этэн, кэлэ сылдьар буолаар диэн үөрэ-көтө атаардылар. Мин үс сыл тухары таах үлэлээбэтэх, дьон-сэргэ убаастабылын ылбыт эбиппин диэн испэр сүрдээҕин үөрэ санаатым уонна инникитин даҕаны ити хайысханы тутуһарга бигэ санааны ылынным.
Хадаҥҥа Бүлүү өрүһү иккитэ бөрөгүөһүнэн туораан (урут паром эҥин суох этэ) көһөн күккүрээн кэллибит. Механигынан Тарабукин Иван диэн Өлүөхүмэ киһитэ үлэлиир эбит, эмээхсининээн иккиэйэхтэр. Оҕолоро суох. Субу бараары таһаҕастарын эҥин барытын чөкөтүммүттэр. Мин кэргэним Өлүөхүмэ буолан хайдах эрэ уруулуу курдук буоллубут, онон кыра бэлиэтээһин курдук буолла. Киһим хара ааныттан: «Соччото суох дойдуга кэлбиккин, куолуһуттара, үҥсүүктэрэ, майгылара-сигилилэрэ бары даҕаны соччото суох дьон, икки сыл нэһиилэ тулуйан үлэлээтим», – диэн аһаҕастык кэпсээтэ. Мин хаарыан дьонноох-сэргэлээх дойдуттан таах кэлээхтээбиппин дуу тугуй, диэн кэлбиппиттэн кэмсинэ санаатым. Ол да буоллар, чэ, бириэмэ көрдөрүө, баҕар кимнээҕэр тапсан үлэлиэм диэн бэйэбин уоскутуннум.
Сарсыныгар «Бордоҥ» совхоз кылаабынай инженерэ Элгээйи киһитэ Григорьев Ким Платонович кэлэн баайы-дуолу тутуһуннартаата. Сиэйэ отделениетыгар холоотоххо техника даҕаны, көрөр-истэр объегыҥ даҕаны өттүнэн аҥаарыгар даҕаны тиийбэт эбит. Хадан уонна Илимниир биригээдэлэрэ киирэллэр, онон саба быраҕан көрдөххө уруккутааҕар үлэлииргэ чэпчэки, судургу соҕус буолсу дии санаатым. Биһиги кинилэр олорбут дьоҕус дьиэлэрин хаһаайыннаан хааллыбыт.
Отделение управляющайынан Петров Владимир Гаврильевич диэн Аллыҥаттан төрүттээх киһи үлэлиир эбит. Оттон совет председателинэн Герасимов Степан Павлович, оскуола директорынан Семёнов Егор Иванович диэн иккиэн Арыылаах дьоно, оттон мин Арыылаахтан төрүттээх киһи механигынан ананан кэллим. Инньэ гынан хаданнар «хайа бу биһигини бары өттүттэн бары хочолор баһылаары-көһүлээри гыннылар» диэн сээбэҥнээһин бөҕөтө буолбут диэн сурах-садьык элбээтэ.
Сотору өрүһүнэн уотурбалаах баржа кэллэ, эр дьон үксэ ол курууһугар киирдибит. Эт бөҕөнү буһаран ыргытан кэбистилэр, аһыы утах да баар. Онон үлэ, этэргэ дылы, күөстүү оргуйда. Биир хаданнар саамай кыанар-хотор уоллара быһыылаах, Иннокентьев Анатолий диэн армияттан саҥа кэлэн тыылла-хабылла сылдьар уол бастакыттан иккилии куулу таһааран барда. Мин эмиэ иккилиини сүгэн бардым, Аны киһим үстүү куулу сүктэ, мин эмиэ үстүүнү сүктүм. Киһим иккитэ-үстэ сылдьан баран тохтоото. Мин эмиэ тохтоон баран түүнү быһа иккилиинэн сырыттым. Ким төһөнү таһаарбытын палочканан ааҕаллар уонна ол быһыытынан хамнас аахсаҕын. Мин түүнү быһа 680 куулу таһаардым, киһим 500 курдугу таһаарбыт. Инньэ гынан былааһы ыллым, олохтоохтор бэйэлэрин ыккардыгар: «Саҥа механик дьэ кыанар уол кэлбит», – диэн кэпсэтэр үһүлэр.
Үлэлээн киирэн бардым, били сиэйэлэргэ холоотоххо кырдьык даҕаны үлэ туһа диэн умса-төннө түһэр киһи ахсыылаах, үксүлэрэ тыллаах сыҥаахтарынан сылдьар дьон эбит. Илимниир биригээдэтэ үчүгэй этэ, биригэдьиирдэрэ Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах кырдьаҕас оҕонньор баар. Трактористара Фёдоров Трофим, Николаев Егор диэн эмиэ олус үлэһит, үчүгэй дьон. Хадан өттүгэр Чойнов Владимир диэн тракторист, Чойнов Юрий, Иванов Сергей диэн шофёрдар үчүгэйдэр. Уоннааҕылар, этэргэ дылы, дьиэ таһынааҕы дьон, куолу хаалара. Кыра да алдьаныыга турунан кэбиһэллэр, саппааста бул диэн туруорсуу бөҕөтө.
Биирдэ биир Чойнов Семён диэн саҥа ДТ-75 трактордаах киһи атаҕын подшипнига тостубут. Мин Бордоҥҥо баран саппааһын барытын аҕаллым. Сарсыарда гаражка тиийдим. Сарсыарда аайы гараж котельнайыгар мустан табахтааһын, сэһэн-ыаһах бөҕө буолааччы. Мин туран: «Чэ, Сэмэн, саппааскын барытын аҕаллым. Бүгүн оҥостон, сарсын үлэҕэ таҕыс», – диэтим. Киһим хайдах эрэ сэнээбит курдук көрүтэлиир уонна: «Оттон механиккын дии, оҥорууй. Механик оҥорор эбээһинэһэ буолбат дуо», – дии-дии ымах гынар. Мин туох да наһаа кыйаханным, өссө сэнээбиттээх-баҕастаах, билигин түһэн биэрдэхпинэ бу олорор дьон бары тэпсилгэн оҥостуохтара дии санаатым да, ноһуоратын көннөрдүм. Дьон бары тыал үрбүтүн курдук гаражка сус гынан хаалылар, биир да киһи хаалбата, иккиэйэҕин хааллыбыт. Мин туран: «Баччааҥҥа диэри миигин биир да киһи сэнии илик, эн сэнээри гынаҕын дуо? Бүгүн оҥостон сарсын тахсыаҥ суоҕа даҕаны, тракторы атын киһиэхэ туттарыам», – энин диэн дэлби дибдийдим.
Ити түгэн кэнниттэн мин баарбар күлүү-салыы аҕыйаата, тугу эттим да толорор аатыгар барар буоллулар. Итиннэ даҕаттан эттэххэ, хаданнары биирдэ сайын эмиэ салыннартаан турабын. Ол маннык: сайын уу мотуорунан «Тойон уйата» диэн ферматтан улахан бөтүөнүнэн сүөгэй аҕалаллар, ону мотуортан чайга (тас кытылга) таһаараары икки киһи ырычаахтаһар, нэһиилэ көтөҕөллөр. Ону көрөн туран: «Аҕалыҥ эрэ, доҕоттор», – диэн баран, икки бөтүөнү икки илиибинэн кыра биэдэрэ курдук тутан өрүс чайыгар таһааран уурабын. Дьон бары саҥата суох сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Онон аатырбыт хадаар хаданнары хас да төгүл улаханнык салыннартаан турабын. Ол да буоллар охсуһан эҥин, ону-маны гынан күлүгээннээбэтэҕим, этэҥҥэ сылдьан арахпытым.
Били бастаан эппитим курдук аҕам аах олорор сирдэрэ Толстой бу сиртэн отой чугас, баара-суоҕа балтараа көс курдук. Онон сатыы даҕаны, массыынанан даҕаны куруутун бара сылдьабын, ол-бу үлэлэригэр көмөлөһөбүн. Аны туран оҕонньорум: «Хайатын көһөр мэник буола сылдьаары гынаҕын, ханна эрэ дьаакыргын түһэрэн дьиэ-уот туттан олохсуйуоххун, сотору оҕоҥ-урууҥ да элбиэ. Мин санаабар төрөөбүт төрүт дойдугар баран дьиэ-уот туттан, сүөһу-ас тэринэн ньир-бааччы олороруҥ ордук буолуо. Онно да үлэ көстүө уонна төрөөбүт дойду диэни киһи кырыйдаҕын аайы аһара ахтар-саныыр буолар эбит. Мин өллөхпүнэ уҥуохпун онно харайтарар баҕа санаалаахпын», – диэн элбэҕи этэр-тыынар идэлэннэ. Мин даҕаны бу кырдьаҕас оруобуна сөпкө эттэ, бары ыаллар курдук дьиэ-уот туттан, сүөһу-ас тэринэн ньир-бааччы олоруохха диэн бигэ санаа ылынным.
Инньэ гынан 1970 сыл күһүөрү, били этэргэ дылы, отут сыл скитайдаан баран төрөөбүт төрүт буорбар үктэнэн турардаахпын. Кэлээт даҕаны көрбүтүм үлэ, кырдьык, баар дойдута эбит. Бүтүн бу Хочо нэһилиэктэрин барытын уотунан түүннэри-күнүстэри хааччыйар хас даҕаны дизеллээх электростанция баар. Онно механигынан ананан үлэлээн бардым.
Бу тэрилтэҕэ эмиэ үчүгэйдик үлэлээбитим диэн этиэх тустаахпын. Тэрилтэҕэ биир да шофёр правалаах киһи суох эбит. ГАЗ-53 тимир кузовтаах массыыналаахтар, ону шофёр бырааптаах киһи мин хаһаайынныыр буоллум.
Оннооҕор Сунтаар электростанциятыгар эмиэ инньэ Большой Невер диэн ыраах дойдуттан бортовой УАЗ массыынаны перегоннаан аҕалан, ытыс үрдүгэр сылдьар киһи буоллум. Ити курдук үчүгэйдик үлэлии сырыттахпына 1972 сыл кыһыныгар Бүлүүтээҕи ГЭС уота кэлэн биһиги тэрилтэбит сабыллар буолла.
Ону истэ, көрө-билэ сылдьар буолан олохтоох оскуола директора Семёнов Семён Егорович диэн мин дьоммун билэр киһи оскуолаҕа кэлэн үлэлииргэ ыҥырда. «Бастаан Сунтаартан тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан киирэн ГАЗ-51 массыына биэриэх буолбуттара, ону таһааран үлэлээн эр, онтон үлэ көстөн иһиэ», – диэтэ. Мин киирэн ол массыынаны таһааран сүүрдэн киирэн бардым. Күһүнүгэр тиийэн оскуолаҕа массыынаны үөрэтэр буоллулар. Үөрэтиитин (теорияны) инженер-механик үөрэхтээх Титова Елена Прокопьевна ыытар буолла. Мин массыынаны ыытыыны уонна хайдах көрөрү-харайары, ремоннууру, техобслуживание ыытары үөрэтэр, производственнай үөрэхтээһин маастара буоллум. Эһиилгиттэн массыынаны үөрэтэри тохтоттулар, аны тракторы үөрэтэр буоллубут. Саҥа ДТ-75 трактор биэрдилэр.
Ити курдук бу оскуолаҕа 34 сыл үлэлээн, 2006 с. пенсияҕа тахсан олоробун. Кэлин 15 сыл маастардыырым таһынан трактороведение учууталынан үлэлээбитим. Урукку учуутал пенсияҕа баран уурайбыта. Бу сыллар усталарыгар 300-кэ чугаһыыр III кылаастаах трактористары иитэн-үөрэтэн таһаарбыт эбиппин. Эмиэ биир итиччэ оҕо «тыа хаһаайыстыбатын механизатора» диэн сибидиэтэлистибэ ылбыта.
Уопсайынан киһи сааһыран истэҕин аайы олорон ааспыт олоҕун, үлэтин-хамнаһын өрө-таҥнары сыымайдаан, хайдах эрэ кэннин хайыһан көрөн бэйэтигэр сыана бэринэр эбит. Ол курдук ханнык эмит түгэҥҥэ сыыһа-халты үктэтэлээбит буоллаҕына онтон туох да наһаа хомойор, кэмсинэр. Оттон туох эмит үчүгэйи, туһалааҕы оҥорбут буоллаҕына онтуттан эмиэ оҕолуу үөрэр. Уонна хайдах эрэ аһара табыллан үлэлээбит сылларын наһаа күндүтүк саныыр.

Бу оскуолаҕа үлэлээбит сылларбыттан хайдах эрэ 13 сылы быһа уоппуска диэни туһаммакка «Бригантина» диэн үлэ-сынньалаҥ лааҕырын салайан үлэлэппитим ордук өйбөр-санаабар иҥэн хаалбыт. Ити бастаан 1980 сыллаахха оруобуна Москваҕа олимпийскай оонньуулар буолар кэмнэригэр этэ. Оччолорго оскуола директорынан Васильев Эдуард Львович диэн Бүлүүчээн уола үлэлиирэ. Кини лааҕыры производственнай үөрэхтээһин маастара салайыахтаах, таарыччы оҕолору араас үлэ мындырдарыгар үөрэтиэхтээх, иитиэхтээх диэтэ. Бу иннинэ лааҕыр начальнигынан эбэһээт учууталлар үлэлииллэрэ. Инньэ гынан миигин лааҕыр начальнигынан анаата, бирикээс таһааран кэбистэ. Этэргэ дылы, бирикээс дьүүллэһиллибэт, толоруллар эрэ. Урукку сылларга биһиги оскуолабыт лааҕыра онно-манна көһө сылдьан үлэлээн оҕолор да, үлэһиттэр да туох да наһаа эрэйи көрөллөрө. Хата ити сыл олохтоох отделение управляющайа Егоров Николай Алексеевич, оскуола директора Васильев Э.Л., сельсовет бары сүбэлэһэн, бу оҕо сынньалаҥын чахчы сынньалаҥ курдук тэрийиэххэ уонна оҕо күүһүн сөптөөхтук туһаныахха диэн туран Сымалаах диэн 500 гектар иэннээх, көһүнэн эргимтэлээх, туох да наһаа кэрэ айылҕалаах, хас даҕаны улахан күөллээх, ортотунан үрэх ааһар ходуһатын биэрдилэр. Миигин сөптөөх миэстэтэ булан базата оҥоһун, быйыл сайыҥҥыттан дьиэ-уот тутуллуохтаах диэтилэр.
Мин оҕолорбунаан, үлэһиттэрбинээн барытын кэрийэн көрөн баран Сымалаах күөл үрдүгэр улахан киэҥ-куоҥ өтөх баарыгар, үрдүк кырдал сиргэ түһүүлэнэргэ быһаарынныбыт. Барыта 25 оҕо буолуохтаах, ону мин баҕар уурайыахтара диэн 27 оҕону сүүмэрдээтим. Олор истэригэр били ыарахан иитиллиилээх диэн ааттыыр оҕолоро эмиэ бааллар. Ол иһин сорох төрөппүттэр сөбүлээбэтэхтэрэ. «Тоҕо ити оҕолору лааҕырга ылаҕын, хаайыыга бараары гынаҕын дуо», – диэччи эмиэ баара. Уруттаан эттэххэ, хата ити оҕолор наһаа бэркэ сылдьыбыттара, лааҕыр төһүү күүһүнэн буолбуттара. Итини таһынан воспитатель, наставник, повар, хас да тракторист, барыта 30-тан тахса киһилээх сүрдээх улахан биригээдэ буолбута. Бастаан утаа мин бу бачча элбэх киһини сатаан салайан үлэлэтиэм дуо, от үлэтэ наһаа эппиэттээх, бэриллибит былааны толоруом дуо диэн улаханнык салла санаабытым. Дьэ онтон дьиэбититтэн сылдьан үс күн иһигэр туолунан сарайдаан, эркиннээн улахан аһыыр остолобуойу, аһылык уурар улахан хоспоҕу, уот биэрэр дизель турар сарайын туттубут. Эт эҥин уурар улахан оҥкучаҕын хаһан подвал курдугу оҥордубут, икки отделлаах душтанар сири, икки айахтаах киэҥ-куоҥ дириҥ ииннээх туалет туттубут. Бу үлэлэргэ барытыгар оҕолор хайдах курдук кыһаллан-мүһэллэн, үөрэн-көтөн туран үлэлииллэрин, дьиҥнээх хаһаайын курдук тутталларын туораттан көрө сылдьан испэр туох да наһаа үөрэ санаабытым уонна маннык дьонноох буоллахпына хайаан да үлэлиир кыахтаах эбиппин диэн бэйэбэр бигэтик эрэммитим. Итинник саҕаламмыта 13 сайыны быһа барбыт унньуктаах үлэ.
Бастаан утаа оҕолорбун батыһыннара сылдьан прицептээх тракторынан ходуһаларбыт бөхтөрүн-сыыстарын хомуйан ыраастаабыппыт, уу хонор сирдэрин тимир күрдьэҕинэн хорон үрэх сүнньүгэр түһэрэн элбэх сири ууттан босхолообуппут. Бүтэйин эргиччи капитальнайдык ремоннаан, кэлин сүрдьүгэс күрүөнэн эргийэн сылгы-сүөһү отой киирбэт гына оҥорбуппут. Отделение биһиги базаламмыт өтөхпүтүгэр икки квартиралаах улахан дьиэни, типовой остолобуойу ити сайын туттаран биэрбитэ. Дизельнэй станция туруоран ити сайын Москва Олимпиадатын толору көрөр кыахтаммыппыт. Онон олорорго, үлэлииргэ, сынньанарга толору усулуобуйа баар буолбута. Ол курдук олохтоохтук оҥостон, ньиргиччи үлэлииргэ туруммуппут.
Ол да иһин хара ааныттан үлэҕэ ситиһиилэр баар буолбуттара. Ити сайын 316 тонна оту оттоон оройуоҥҥа III бириистээх миэстэни ылан, биир үчүгэй үлэлээх лааҕырынан биллибиппит. Ити ситиһииттэн кынаттанан үлэбит сылтан сыл аайы үчүгэй түмүктээх буолбута, көрдөрүүбүт үрдээн испитэ. Муҥутаан 360 тонна оту оттоон турардаахпыт. Уопсайа ити 13 сайын устата мин суоттуурбунан 3600 тахса тонна оту оттоон «Тойбохой» совхоз Арыылаахтааҕы отделениетыгар туттарбыппыт.
Биһиги лааҕырбыт уратытынан отделениеттан көмө көрдөөбөккө, туох баар үлэни бэйэбит күүспүтүнэн толорорбут буолара. Оскуола “Беларусь” трактора сменанан охсор-мунньар, мин ДТ-75 тракторынан 6-7 улахан уолу ыламмын утары кээһэн иһэбин. Хас биирдии ходуһа оттонон бүттэҕинэ отторбутун сүөһү-сылгы алдьаппат гына сүрдьүгэс күрүөнэн эргийэн, хонуу биригэдьииригэр туттаран иһэр этибит. Ол иһин оҕолор бары үлэлэрэ түмүктээх буоларын туһугар дьулуһар этилэр. Онно холоотоххо атын лааҕырдар отторун отделение трактора охсон-мунньан, кээһэн биэрэр. Оҕолор субурҕаламмыт оту бугуллууллар, бугул түгэҕин харбыыллар, улахан уолаттар кээһээччилэргэ көмөлөһөр эрэ эбиттэр. Инньэ гынан отделение отун үксүн кинилэр оттообут курдук 400-500 тонна оту оттоотулар диэн сымыйа отчуоту биэрэн элбэхтик оройуоҥҥа бастаталыы сылдьыбыттара. Холобур дьаархаттар, күндэйэлэр, бордоҥнор эҥин. Ону кэлэн мин элбэхтик туруорсан, ким хайдах быһыылаахтык үлэлииринэн көрөн, соц. куоталаһыыны сыаналыыр буолбуттара. Ол түмүгэр биһиги лааҕырбыт бу 13 сыл устата оройуоҥҥа үс төгүл бастакы миэстэни ылбыта уонна элбэх төгүл бириистээх миэстэлэргэ тиксибитэ. Онтон 1990 с. бүтүн республикаҕа бастаан ГАЗ-53 массыына фондатынан наҕараадаламмыппыт. «Тойбохой» совхозка элбэх төгүл бастаан Социалистичөскай Үлэ Геройа Г.Е.Бессонов аатынан көһөрүллэ сылдьар Чороон-кубогы оскуолабытыгар үйэ-саас тухары илдьэ хаалары ситиспиппит. Ол билигин директор хоһугар турар.
Маны таһынан биһиги лааҕырбыт оҕолоро оройуон үрдүнэн ыытыллар күүлэйдэргэ, конкурстарга көхтөөхтук кытталлара. Ити сылларга мин өйдүүрбүнэн оройуоҥҥа 24 аҥаардас окко үлэлиир ЛТО баара. Ол курдук 1980 с. эдьиийим Таня уола Григорьев Алексей 1 гаттан тахса сири охсон, 1982 с. Никифорова Нюргустана эмиэ 1 гаттан ордугу мунньан оройуоҥҥа бастаабыттара. Мин бэйэм 1983 с. буолбут оройуон конкуруһугар 1 нэдиэлэ алта улахан уолу ыламмын күн аайы сэттэлии оту стоговоһунан кээһэн 49 оту, ол аата 100 тахса тонна оту таһааран оройуон үрдүнэн бастакы миэстэни ылан турардаахпыт. Ити үлүгэрдээх күүрээннээх үлэбит оччотооҕу бириэмэҕэ сөпкө сыаналаммыта диэн этиэх тустаахпын. Үчүгэй үлэлээх активист оҕолор үс төгүл Москваҕа ВДНХ-ҕа бара сылдьыбыттара. Ону таһынан элбэх оҕо Москва-Ленинград, Москва-Кишинёв куораттарынан туристыы бара сылдьыбыттара. Итини таһынан күһүн сэтинньи ыйга оройуон лааҕырдарын слётугар кыттан араас бириэмийэ ылан, бэлэх-туһах тутан үөрэн-көтөн, тутум үрдээн тахсалларыттан киһи бэйэлэриттэн үөрүөх курдук буолара. Онон бу бэйэм төрөөбүт-үөскээбит бөһүөлэгим оҕолоро соҕуруу дойдуну, араас куораттары көрөр, күүлэйдиир чиэскэ тиксибиттэригэр мин үтүөм-өҥөм баарыттан сааһыран баран үөрэ саныыбын. Оҕолор даҕаны билигин бэйэлэрэ ыал аҕалара-ийэлэрэ, эһээ-эбээ буолбут дьон миэхэ наһаа махтаналлар, ытыктыыллар. Ол буолар эбит киһиэхэ дьол диэн.
Мин да үлэм ботуччу сыаналаммыта диэн этиэх тустаахпын. Оҕолору салайан улуу Москва куоракка ВДНХ-га үс төгүл сылдьар чиэскэ тиксибитим. Биир төгүл коляскалаах мотоцикл, хаста да араас мебель фондаларынан наҕараадаламмытым. Ону таһынан араас таһымнаах үгүс-элбэх Бочуотунай грамоталарынан, хайҕал суруктарынан, дипломнарынан бэлиэтэммитим. Онон ЛТО-ҕа үлэлээбит сылларбын төһө да сылаалааҕын, илистиилээҕин иһин (кимнээҕэр да эрдэ туруохтааххын, кимнээҕэр да хойут утуйуохтааххын, кимнээҕэр да күүскэ үлэлиэхтээххин) наһаа күндүтүк саныыбын.

Лааҕыр үлэтин туһунан ахтыыбар биири тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Сэбиэскэй кэмҥэ оҕону иитиигэ лааҕыр оруола туох да наһаа үрдүк этэ. Тоҕо диэтэххэ манна оҕо аҥаардас үлэнэн эрэ дьарыктаммат, араас иитэр-үөрэтэр үлэ тиһигин быспакка ыытыллара. Биллэн турар, лааҕыр оҕону иитиигэ бастатан туран үлэ мындырдарыгар үөрэтэрэ. Ол эрээри оҕо сынньалаҥын аттаран тэрийии эмиэ улахан оруоллааҕа. Иллэҥ кэмнэригэр оҕолор кинигэ-хаһыат ааҕан билиилэрин үрдэтэллэр, саҥа күнү зарядканан саҕалаан эрчиллэллэр, күн аайы ыраас ууга сөтүөлээн эт-хаан өттүнэн сайдаллар.
Аны бары күргүөмүнэн тахсан дьэдьэннээн-отонноон, балыктаан, чугастааҕы лааҕыр оҕолорун кытта табаарыстыы көрсүһүүлэри тэрийэн, күрэхтэһэн, оонньоон-көрүлээн дуоһуйа сынньаналлар. Итини сэргэ күннээҕи дневник диэни оҥорор этибит. Онно күннээҕи дьуһуурунайдар бүгүн туох үлэ барбытын, хайдах күн буолбутун уустаан-ураннаан суруйан, толорон иһэллэрэ. Маны таһынан лааҕырга араас лектордар, ыалдьыттар кэлэн саҥа сонуну кэпсээн, бэсиэдэ оҥорон бараллара.
Иккиһинэн, күн аайы режиминэн сылдьар буолан оҕо бэрээдэккэ үөрэнэр. Лааҕыр совета бэрээдэги кэспит оҕону көрөр, онтон да атын тэрээһин боппуруостары, ол иһигэр оспуордаах боппуруостары быһаарар.
Үсүһүнэн, оҕо коллективизмҥа үөрэнэр. Ол оҕо улаатан, ханнык баҕарар коллективка түбэстэҕинэ түргэнник уопсай тылы буларыгар көмөлөһөрө эрэбил.
Төрдүһүнэн, оҕо кыра сааһыттан үлэтэ түмүктээх буоларын туһугар өйө-санаата үлэлиир. Онон лааҕыр оҕону киһи быһыытынан иитиигэ-үөрэтиигэ оруола туох да наһаа улахан этэ дии саныыбын.
Үлэм туһунан түмүк тылы этэр буоллахха, 47 сыл трудовой ыстаастаахпын, ол тухары ханна да үлэлээтэрбин мөлтөх үлэлээх киһи дэппэккэ наар хайҕалга, бочуокка сырыттым. Ону туоһулуур бүтүн биир чемодан араас таһымнаах хайҕал лиистэр, бочуотунай грамоталар, дипломнар уурулла сыталлар.
Аан бастаан стройучастокка үлэлиирбэр IV разрядтаах болуотунньук аатын ылбытым. Механиктыыр сылларбар идэбин үрдэтинэн I кылаастаах шофёр, I кылаастаах тракторист, ону ааһан оҕону үөрэтэр маастар удостоверениеларын ылаттаабытым. Онтон оскуолаҕа үлэлиир сылларбар төһө да педагогическай үөрэҕэ суоҕум үрдүнэн урдук категориялаах учуутал, Саха Республикатын норуотун үөрэҕириитин туйгуна диэн бочуоттаах ааттары ылар чиэскэ тиксибитим.
СПОРТ
Физкультура уонна спорт туһунан ахтан аастахпына сатанар. Тоҕо диэтэххэ итиннэ эмиэ кыра да буоллар сэмэй ситиилэрдээхпин. Мин оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр аатырбыт тустууктар Альберт Захаров, Алквиад Иванов үөрэнэллэрэ. Кинилэр ханна эрэ баран кыайан-хотон кэллэхтэринэ линейка иннигэр таһааран тугу ситиспиттэрин билиһиннэрэллэр, хайгыыллар, бочуоттууллар. Онон уол барыта кинилэр курдук буолуон баҕарара. Ону таһынан оччолорго олус үчүгэй көрүҥнээх, добуочча улахан төгүрүк быһыылаах спортивнай разряд значоктара (бастакы, иккис, үһүс диэн) баар этэ. Ону разряд нуорматын толордуҥ даҕаны тута киниискэтин, значогун биэрэн иһэллэр. Дьэ маны иилинээри кыахтаах соҕус уолаттар спорт араас көрүҥүнэн дьарыктаналлара.
Мин эмиэ туора турбатым, араас секцияларга сылдьан дьарыктанан бардым. Инньэ гынан 9 кылааска тиийэрбэр хайыһарга II, көҥүл тустууга II, боксаҕа III, буулдьанан ытыыга III разряды толортоон түөһүм килэйэ түспүтэ. Онтон оскуолаттан уурайан үлэлии барбытым, ону сэргэ спорт эмиэ хаалбыта. Онтон дьэ Өлүөхүмэ технимугар үөрэнэр кэммэр дьиҥнээхтик дьарыктаммытым. Онно курстар икки ардыларыгар спорт араас көрүҥэр сылы эргиччи күрэхтэһиилэр ыытыллар этилэр, онуоха барытыгар көхтөөхтүк кыттан иһэрим.
Алексеев Николай Дмитриевич диэн физкультура учуутала уонна тренердиир киһи баар этэ, кини миигин таба көрөн: «Бу Николаев, эн спортка тыыппалаах соҕус киһи сылдьар быһыылааххын. Секцияларга сылдьан утумнаахтык дьарыктан, эйигиттэн туох эмэ тахсыыһы», – диэн эрчийэргэ тылламмыта. Инньэ гынан чуолаан атах оонньуутунан, чэпчэки атлетиканан, волейболунан дьарыктанан киирэн барбытым. Сыл иһинэн номнуо ити көрүҥнэргэ техникум уонна Өлүөхүмэ оройуонун сборнай командатын чилиэнэ буолбутум. Онон араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ тиһигин быспакка кытыннарар буолбуттара, ситиһиилэр да кэлбиттэрэ.
Саамай өрөгөйдөөбүт сылым 1966 сыл этэ. Бу сыл кулун тутар ыйга Ленскэй куоракка буолбут волейболга республикаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ биһиги командабыт 1 миэстэни ылан чемпионнаабыта. Онтон бэс ыйыгар Намҥа буолбут Саха АССР норуоттарын национальнай көрүҥнэргэ бастакы спартакиадатыгар куобахтаан ойууга 35 м 40 см ойон Саха АССР спордун маастарын нуорматын толордум уонна республикаҕа III призёр буолан, республика биир күүстээх спортсмена буола түстүм.
Ити сыл ахсынньытыгар штангаҕа Өлүөхүмэ оройуонун команданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиитэ буолбута. Онно кыттыахтаах техникум командатын чилиэнэ атаҕын өлөрөн, уолаттар ыксаан миигин киирис диэн эрийдилэр. Ыйааһына оруобуна миэнэ, 68 киилэ. Мин кинилэри кытта куруутун бииргэ дьарыктанааччыбын, ыарахан штанганы сүгэн баран приседание оҥорон атахпын эрчийэбин уонна пресспин хачайдыыбын. Күрэхтэһии буолара үс эрэ хонук хаалбыт. Дьэ туран миигин хайдах рывоктыырга, жимнииргэ, толчоктуурга үөрэттилэр. Син ылынным, эриһииһиккин диэн дьонум хайҕаатылар.
Күрэхтэһии буолла, соһуйуом иһин туох да наһаа бэркэ кытынным. Ол курдук 60 кг рывоктаан, 75 кг жимнээн, 90 кг толчоктаан иккис бириистээх миэстэни ыллым уонна II спортивнай разряд нуорматын толордум. Команданан I миэстэни ылан үөрүү-көтүү бөҕөтө буоллубут. Уолаттарым миигин штанганан дьарыктан, сотору маастар да буолар кыахтаах эбиккин дии-дии өрүкүнэһии бөҕөтө.
Онтон 1967 с. үөрэхпин бүтэрэн дойдубар кэллим. Мин үөрэнэр кэммэр Ленин орденнаах «Элгээйи» совхоһу кытта дуогабардаах үөрэммитим, ол иһин кинилэр миэхэ ый аайы 25 солкуобай стипендия анаан төлөөбүттэрэ. Бу оччолорго туораттан көмөтө суох киһиэхэ улахан өйөбүл. Онон бу совхозка үс сыл эбэһээт үлэлиэхтээхпин. Кэлээппин кытта миигин совхоз биир саамай улахан отделениетыгар Сиэйэҕэ анаатылар. Онон үлэ үөһүгэр оройбунан түстүм, эрчиллэр эҥин да бокуой суох буолла.
Ол да буоллар олохтоох ыччаттар истэ-билэ охсубуттар, саҥа кэлбит механик спорт маастара, мээчиккэ эмиэ үчүгэй үһү, онон үчүгэй киһилэммиппит диэн күлүктэригэр имнэммиттэр. Инньэ гынан хас күрэхтэһии буолла да миигин соһо сылдьар дьон буоллулар. Мин да кинилэри түһэн биэрбэппин, ханнык баҕарар көрүҥҥэ ситиһиилээхтик кытта турабын. Билигин санаатахха сүрдээх көхтөөх, түмсүүлээх ыччаттаах дойду этэ. Инньэ гынан биһиги отделениебыт совхоз ханнык баҕарар күрэхтэһиитигэр инники күөҥҥэ сылдьара. Үксүн бастаан үөрэн-көтөн, сууйан-сотон Элгээйиттэн Сиэйэҕэ айанныырбытын билигин туохтааҕар да күндүтүк саныыбын.
Ол саҕана спорт олус маассабай этэ диэтэхпинэ сымыйалааһын буолбата буолуо. Бастаан отделение иһинэн күрэхтэһии ыытыллар, онтон сүүмэрдээн сборнай команда тэриллэн совхоз күрэхтэһиитигэр Элгээйигэ киирэр. Итиннэ икки күнү быһа күрэхтэһэн совхоз сборнай командата сүүмэрдэнэн аны оройуоҥҥа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ киирэр. Манна үчүгэй көрдөрүүнү ситиспит спортсменнартан сүүмэрдээн оройуон сборнай командата тэриллэн араас зональнай, республиканскай күрэхтэһиилэргэ кыттыыны ыла бараллар.
Бастаан зона күрэхтэһиитэ буолар этэ, ол аата Бүлүү өрүс сүнньүгэр сытар Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар оройуоннара түмсэн күрэс былдьаһаллара. Мин онно хаста да кыттан атах оонньуутугар үс көрүҥ сууматынан түөрт төгүл абсолютнай чемпион үрдүк аатын ылан турардаахпын. Үксүн куобахтаан ойууга кыайталыыр этим. Оттон кылыыга, ыстаҥаҕа мөлтөхпүн.
Биирдэ Үөһээ Бүлүүгэ буолбут күрэхтэһиигэ Василий Николаев диэн кылыыга спорт маастара бастакы күн түмүгүнэн кылыы, ыстаҥа кэнниттэн миигин 2 м тахсанан куотан иһэн: «Дьэ бу сырыыга баҕас абсолютной чемпион буолар инибин. Ама куобахха 2 м тахсанан хааллахпыный», – диэн командатын дьонун эрэннэрэр. Сарсыныгар туран мин киһибин куобахтаан ойууга 2 м 60 см кэннибэр хааларан үс көрүҥ түмүгүнэн абсолютнай чемпион буоллум. Киһим улаханнык сөҕөн, илиибин ыксары хам тутан эҕэрдэлээтэ уонна: «Дьиҥнээх куобах маастара эбиккин, итиччэ ыраах хаалыам дии санаабатаҕым», – диэн баһын быһа илгиһиннэ.
Ити кэнниттэн Манчаары бирииһигэр спартакиадаҕа барыы буолар этэ. Ол саҕана Манчаары бирииһин спартакиадата икки сылга биирдэ буолара. Манна буолар этэ түөрт көлүөнэ мустар, икки күнү быһа ыытыллар сүрдээх улахан спортивнай бырааһынньык диэн. 18 сааһыгар диэри оҕолор, 18-тан 35 диэри саамай дьэлтэйэр дьэттэригэр сылдьар эр дьон, 35-тэн 45 саастарыгар сылдьар ситэ барбыт дьон диэн уонна 45 саастарыттан үөһэ ветераннар икки күнү быһа атах оонньуутугар, хапсаҕайдаһан тустууга, араас дистанцияларга сүүрүү, гиря анньыыта, мас тардыһыыта, оҕунан ытыы курдук спорт көрүҥнэригэр күөн көрсүһүүлэрэ, күрэс былдьаһыылара.
Мин итинник күрэхтэһиигэ 7 төгүл кыттыыны ылан турардаахпын. Онно икки төгүл кыайыы өрөгөйүн билбитим, биир төгүл үһүс призёр буолбутум, уоннааҕытыгар барытыгар финалга киирэммин командабар наадалаах очколары биэрбитим. Дэлэҕэ этиэ дуо өр сылларга оройуон спордун салайбыт, дуобакка ССРС спордун маастара Пётр Николаевич Иванов: «Володя хаама сылдьар очко, кини барыста да атах оонньуутугар эрэбил очко аахсабыт», – диэн. Барахсан бэйэтэ бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ. От охсуутугар республика үс төгүллээх чемпиона, рекордсмена, маны таһынан кэрэ куоластаах ырыаһыт, баянист. Хас күрэхтэһэн кэллэх аайы хаһыакка суруйан биллэрэн-көрдөрөн иһэр үтүө үгэстээҕэ. Биирдэ маннык диэн суруйбут: «Быйыл Манчаары бирииһин күрэхтэһиитигэр Владимир Николаев иккис төгүлүн кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланна», – диэн. Ону Сунтаарга олорор ийэм балта Ааныска эмээхсин баара, мин кинилэргэ мээрин сылдьан хонон-өрөөн ааһарым, дьэ ол эдьиийим эмээхсин биирдэ киирбиппэр этэр: «Быраатым көмүс бөҕөнү хаһаана сытар эбиккин. Хаһыс да кыһыл көмүс мэтээли ылла диэн хаһыакка суруйбуттар. Ол төһө улахан мэтээлий, биир мэтээлгин миэхэ эдьиийгэр бэлэхтээ. Ытарҕа дуу, биһилэх дуу куттарыам», – диэннээх буолла. «Пахай, эмээхсин, ол дьиҥнээх кыһыл көмүс буолбатах, таах үтүгүннэрии дуй», – диэбиппэр: «Хайдах оннук дьону албынныылларый», – диэн сүрдээҕин хомойоохтообута.
Биирдэ Сунтаар ыһыаҕар сылдьан араас курэхтэһиилэргэ кыттан үс улахан мүһэлэри таһааран эмээхсин остуолугар кутан кэбистим. Онно эмиэ соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолла, дьөссө: «Бу кими батан маннык күүстээх-уохтаах буолбут баҕайыный», – диэн аһара сөхпүтэ.
Спорт мин олохпор
Мин ардыгар 1950-60 сыллары санаан кэллэхпинэ, иннибэр оччотооҕу дьон туох да куһаҕан дьаллыкка ылларбатах сырдык-ыраас мөссүөннэрэ көстөн кэлэр. Кырдьык даҕаны ол саҕана киһи киһиэхэ истиҥ сыһыана, дууһата ырааһа, үлэҕэ-үөрэххэ дьулуура, инники кэлиэхтээх дьоллоох-соргулаах олоххо тардыһыыта сөҕүмэр этэ. Чуолаан физкультураны-спорду да ылан көрүөххэ, хайдах курдук маасссабай, көхтөөх этэй!
Мин өйдүүрбүнэн оччолорго саас Сунтаар сэлиэнньэтин аннынан сыыр үрдэ көстүбэт киһи буолара. Сорох хайыһарынан, сорох салаасканан, атын да бэйэлэрэ оҥостубут тэриллэринэн хатыыскалыыллар. Дьэ манна 3-4 саастаах оҕотуттан баттахтара маҥхайбыт, сааһырбыт дьонугар тиийэ бааллара. Уол-кыыс, дьахтар-эр киһи туһунан этэ да барыллыбат. Манна буолара күлсүү-салсыы, оонньуу-көр, ырыа-тойук диэн. Оттон биһиги улахан уолаттар хастыы да миэтэрэ үрдүктээх трамплин оҥостон ким төһө ырааҕы ойоругар күрэхтэһэ оонньуурбут, сыыр саамай туруорутун булан хайыһарынан түһэрбит.
Маны таһынан саас аайы хас да сиринэн өрүс мууһун күрдьэҕинэн күрдьэн, киэҥ-куоҥ каток оҥостон хаҥкылыыр буоларбыт. Бу катоктарга эмиэ аҥаардас оҕо-аймах эрэ буолбакка, киһи бары киирэн бэйэлэрин сынньалаҥнарын туһалаахтык атаарар этилэр. Онтон хаар ууллубутун кэннэ икки этээстээх оскуола таһынааҕы спортплощадкаҕа, онтон да атын миэстэлэргэ илии-атах оонньуулара, волейбол, лапта этэргэ дылы күн кылайа тахсыар диэри буолара.
Манна эмиэ дьон араас араҥата барыта кыттара. Бу оонньууларга барытыгар биир да этиһии-охсуһуу, куһаҕан быдьар тылынан үөхсүү, арыгы испит киһи тэлиэс-былаас хаамара суох этэ. Бэл табах тардааччы аҕыйах курдук саныыбын. Киһи барыта үөрэ-көтө, эйэҕэстик кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьара көрүөххэ да астык этэ.
Ол да иһин буолуо, оччолорго Сунтаар оройуонун спортсменнара спорт ханнык баҕарар көрүҥэр республикаҕа да, атын улахан күрэхтэһиилэргэ да куруутун инники күөҥҥэ сылдьаллара. Холобурдаан эттэххэ атах оонньуутугар П.Бекренёв, Г.Гурьөв, Д. Григорьев, сүүрүүгэ уонна хайыһарга А.Яковлев, С.Иванов, Г.Прокопьев, волейболга Г.Гурьев, В.Фёдоров о.д.а. курдук чулуу спортсменнар үүнэн тахсыбыттара. Оттон оччотооҕу биһиги тустууктарбыт, этэргэ дылы, аар-саарга аатырбыттара, киэҥ сураҕырбыттара. Кинилэри ааттарын да ыйбатахха дьон-сэргэ билэр, кинилэринэн киэн туттар буолуохтаах.
Итини барытын этэн туран, бэйэм туспунан төһө да сэмэйэ суоҕун иһин кыратык билиһиннэрэ түһүөхпүн баҕарабын. Мин эмиэ физкультураны уонна спорду олоҕум арахсыспат аргыһа оҥостон, олорон кэллим. Ол курдук билигин даҕаны күннээҕи үлэм-хамнаһым сарсыардааҥы зарядкаттан саҕаланар. Эдэр-сэнэх сылдьан төрөөбүт оройуонум спортивнай чиэһин атах оонньуутугар уонна волейболга уонтан тахса сыл ситиһиилээхтик көмүскээн кэлбиппин дьолбунан ааҕынабын. Атах оонньуутугар ол саҕана аатырбыт республика ааттаахтарын кытта күөн көрсүбүппүнэн киэн туттабын.
Түмүктээн этэххэ, спорт мин олохпор тугу биэрдэ?
Бастакытынан, доруобуйаны. Иэдээннээх сэрии буолуо биир сыл иннинэ төрөөммүн тулаайах аҥаардаах иитиллэн, оччотооҕу ыар олох таайан кытаанах ыарыыга ыллара сылдьыбытым. Ону барытын спордунан утумнаахтык дьарыктанан суох оҥордум. Билигин хос аатым кытта «Доруобай Болуодьа» диэн.
Иккиһинэн, спорт миигин киһи быһыытынан бэрээдэктээх, үлэҕэ-хамнаска дьулуурдаах, тулуурдаах оҥордо.
Үсүһүнэн, спорт миэхэ элбэх атаһы-доҕору, табаарыһы биэрдэ. Билигин ханна баҕарар бардахпына урут бииргэ эрчиллибит, күрэхтэспит уолаттарым бары үөрэ-көтө, истиҥник кэпсэтэ-ипсэтэ көрсөллөрө миэхэ дьол.
Төрдүһүнэн, спорт миэхэ элбэх үөрүүнү-көтүүнү, өрө көтөҕүллүүнү биэрдэ. Билигин даҕаны юбилейнай ыһыахтарга, көрсүһүүлэргэ ыҥыран чиэстээтэхтэринэ – барытыгар спорт өҥөлөөх.
Бүтэһигэр эдэр ыччакка анаан этиэм этэ: физкультураны уонна спорду олоххут аргыһа оҥостуҥ диэн. Оччоҕо ол-бу куһаҕан дьаллыктарга сыстыаххыт суоҕа. Оттон идэтийбит спортсменнарга хас күрэхтэһии аайы бэйэҕит иннигитигэр эрдэттэн сыал-сорук туруорунан, тиритэ-хорута эрчиллэн, ханнык баҕарар күрэхтэһиигэ үчүгэй бэлэмнээх тиийэн бэйэҕит төрөөбүт улуускут спортивнай чиэһин эрэллээхтик көмүскүүргүтүгэр, урукку аҕаларгыт, убайдаргыт спортка ситиһиилэрин салгыы өрө тутан илдьэ бара тураргытыгар баҕарабын!

Кутуетэ Сергеев Прокопий Прокопьевич уолунаан Максимныын

Тапталлаах кэргэнэ.
Племянниктарынаан Алексей уонна Домна Григорьевтары кытта.

Эдьиийин уолун Григорьев Алексей Дмитриевич бирииһигэр күрэхтэһии кэмигэр.
Хаһыакка суруйбут ыстатыйалара
Мин урукку өттүгэр атах оонньуутун спордунан дьарыктана сылдьыбыт буолан, Күндэйэ учуутала В.Михайлов ыстатыйатын туох да наһаа сэргээн аахтым.
Кырдьык даҕаны, кэлиҥҥи кэмнэргэ биһиги оройуоммутугар атах оонньуутун спорда аһара хаалла. Хам-хаадьаа буолар күрэхтэһиилэргэ, ыһыахтарга сылдьан көрдөххө көрдөрүү сүрдээх мөлтөх, кыттааччы ахсаана аҕыйах. Холобур кылыыһыттарбыт 36-37 м, ыстаҥаһыттар 34-35 м, куобахха 30-33 м нэһиилэ түһэллэр. Бу республика орто баайыылаах спортменын көрдөрүүтүгэр 3-4 м тиийбэт. Урут итинник намыһах көрдөрүүлээх спортсменнары республиканскай күрэхтэһиилэргэ биирдэ ойдорон баран, бу киһи “технически бэлэмэ суох” диэн күрэхтэһииттэн туоратан кэбиһэр этилэр Онон бу спортсмен бэйэтин командатыгар зачёт биэрбэт, наадалаах очко аҕалбат, таах күүлэйдии эрэ барбыт курдук буолан тахсара. Туһааннаах спортсмен улаханнык кыбыстар, сэмэлэнэр этэ. Оттон билигин туох да бэлэмэ, эрчиллиитэ суох улахан күрэхтэһиилэргэ баран кыттыы үгэскэ кубулуйда диэхпин баҕарабын. Ол да иһин үгүс спортсменнар бэйэлэрин иннигэр туох да сыал-сорук туруоруммакка, техническэй бэлэмнэрин үрдэтиммэккэ эрэ үөрүүнэн күрэхтэһиигэ бараллар. Дьэ итинтэн сиэттэрэн атах оонньуута кэлиҥҥи кэмҥэ быстардык хаалла.
Оттон урут 1960-70 сылларга көрдөрүү быдан үрдүк этэ, биһиги оройуон спортсменнара куруутун инники соҕус миэстэлэргэ сылдьар этилэр. Бу кэмҥэ күрэхтэһиилэри хапсаҕайга да, атах оонньуутугар да саастарынан көрөн, группаларга арааран ыытар этилэр. Холобур 18 сааһыгар диэри эдэр ыччат, 18 сааһыттан 35 сааһыгар диэри саамай күүстээхтэр, 35-тэн 45 диэри кырдьа барбыт дьон, 45 сааһыттан үөһээ спорт ветераннара. Ол да иһин кыттааччы аһара элбэх буолара, көрдөрүү эмиэ үрдүк этэ.
Урут 1960-70 сылларга Манчаары бирииһин спартакиадатыгар түөрт көлүөнэ мустан улахан спортивнай бырааһынньык буолара. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо, икки сылга биирдэ буолар оонньууну «Саха сирин олимпиадата» диэн. Манчаары бирииһин спартакиадатыгар хапсаҕайга да, атах оонньуутугар да маннык группаларга хайдыһар этилэр:
18 сааһыгар диэри (юниордар);
18-35 сааһыгар диэри (саамай күүстээхтэр);
35-45 сааһыгар диэри (ситэ барбыт дьон);
45 сааһыттан үөһээ (кырдьаҕастар).
Бу, мин санаабар, спортсменнар бэйэлэрин кыахтарын иһинэн күрэхтэһиилэргэ саамай сөптөөх араартааһын. Маннык группалары кэлэр Манчаары бирииһин күрэхтэһиититтэн тэрийэр киһи спорт национальнай көрүҥнэрэ салгыы өссө киэҥ далааһыннаахтык сайдарыгар улахан төһүү күүһүнэн буолуо этэ. Маны таһынан нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын күрэхтэһиилэргэ кытыннаран, спорт национальнай көрүҥүнэн дьарыктанааччы ахсаана биллэрдик элбиирэ саарбаҕа суох. Маннык саастарынан арааран күрэхтэһиилэри тэрийэр аһара табыгастаах. Ону ааһан, бастакынан, спортсмен бэйэтин кыаҕын иһинэн, тэҥнээхтэрин кытта күрэс былдьаһар. Иккиһинэн, күрэхтэһиигэ нэһилиэнньэ киэҥ араҥата хабыллан спорт маассабай буоларыгар көмөлөһөр. Туһааннаах спорт көрүҥүн пропагандалыырга, кини инники сайдыытыгар кыах бэриллэр. Үсүһүнэн, хас биирдии оскуола аайы спорт национальнай көрүҥнэрин секцияларын үлэлэтиэххэ уонна оҕолор күрэхтэһиилэрин чаастатык тэрийэн ыытыахха. Оччоҕуна эрэ эдэр талааннаах спортсменнары иитэн таһаарыахха сөп.
Маны таһынан күрэхтэһиилэри календарнай былаан быһыытынан кыһыннары-сайыннары, системалаахтык тэрийэн ыытыахха. Хаһан, ханна буоларын ыйан туран эрдэттэн биллэриллиэхтээх. Оччоҕуна спортсмен куруутун үчүгэй бэлэмнээх, күрэхтэһии эрийсиилээх буолара ситиһиллиэ этэ.
Онон кыра үбү-харчыны, тэрээһини кэрэйбэккэ кэлэр сылтан Манчаары бирииһин күрэхтэһиитин урукку чөлүгэр түһэриэххэ диэн этиилээхпин. Туһата улахан буоларыгар ким да саарбахтыа суоҕа. Түмүкпэр, ветеран спортсменнар мин ыстатыйабын дьүүллэһэн баран бэйэлэрин санааларын суруйуохтара, мин этиибэр кыттыһыахтара диэн эрэнэбин.

БИИРГЭ ТӨРӨӨБҮТ ЭДЬИИЙИН АХТЫЫТА
Эдьиийэ Татьяна Алексеевна ГРИГОРЬЕВА:
– Мин Григорьева Татьяна Алексеевна кулун тутар 1 күнүгэр Сымалаах Солугар Николаев Алексей Семёнович уонна Николаева Домна Егоровна дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтүм. Быраатым Владимир Алексеевич 4 сыл кыра, эмиэ кулун тутар 1 күнүгэр төрөөбүтэ. Биһиги бырааппынаан элбэх оҕоттон иккиэйэх ордон, улаатан киһи-хара буолбуппут.
Ийэбит кыра сааспытыгар: мин сэттэлээхпэр, быраатым үстээҕэр өлөн элбэх эрэйи-муҥу көрбүппүт. Ийэбит өлбүтүн кэннэ аҕабыт кэргэннэнэн Маар Күөлгэ көспүппүт. Маачахабыт биһигини отой көрбөтөҕө, киниэхэ остуоруйаҕа ойууланар кырыктаах маачаха уобараһа толору барсара. Аһаталаабат этэ, ону аһара аччыктаан суох кэмигэр хотон аана тириинэн бүрүллүбүттэриттэн быһан ылан уокка хоруордан бырааппар сиэтэ сатыыр этим. Аҕабыт тыалыы тахсыбыта, харалта суоҕуттан быраатым кыра буолан ордук иэдэйбитэ. Онтон ыксаан бырааппын салаасканан соһон Бордуолаахха эдьиийбитигэр Мохова Марфа Ивановнаҕа тиийэн киһи-хара буолбуппут. Онтон аҕабыт тыаттан киирэн маачахабытыттан арахсан Элгээйигэ көспүппүт, аҕабыт онно араас үлэҕэ үлэлээн үс сыл олорбуппут. Онтон Сунтаарга көһөн киирбиппит. Собуот Оскуот диэн тэрилтэҕэ бостуугунан үлэлии киирбитэ. Сунтаар уонна Бордуолаах икки ардыларыгар Бада диэн сиргэ 300-тэн тахса сүөһүнү бэйэбит көрөрбүт. Күн аайы оҕуһунан оҕуруот кэрийэн көрөн алдьаммытын оҥорор этибит. Аһылыга суох хаалан баран бөстүөннэй саалаах этибит, ону мин иитэн биэрэрбин быраатым ытан кустаан сиирбит. Кулуһуҥҥа үтэн хоруордан сиэтэххэ туустаах курдук буолара. Биирдэ туруйа өлөрбүтэ, онтуттан куттанан талаҕынан быалаан баран дьиэҕэ нэһиилэ соһон аҕалбытын өйдүүбүн.
Ийэбит эрдэ өлөн, бырааппыныын тулаайах хаалан элбэх эрэйи-муҥу көрөн улааппыппыт. Аҕабыт Сунтаартан аҕыс биэрэстэлээх сиргэ саһаанныыр этэ. Мин Сунтаарга аҕыйах кылаас үөрэммитим. Быраатым Болуодьа ытыгар быа баайан хайыһарынан состорон киирэн үөрэнэр этэ, ыта үөрэнэн бүтэрин күүтэ сылдьара. Онтон оннук эмиэ состорон төттөрү дьиэтигэр кэлэрэ. Ситинник кини бэйэтэ дьаныардаах буолан оскуолатын бүтэрбитэ. Оскуолатын бүтэрэн баран оҕо эрдэҕинээҕи ыарахан олоҕо таайан, ыалдьан диспансерга сытан эмтэммитэ. Кэлин дьаныардаахтык эрчиллэн доруобуйатын таһыччы тупсарбыта. Онтон Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумугар механик идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Онтун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн Сиэйэҕэ, Хадаҥҥа механигынан үлэлээбитэ.
Үөрэҕин бүтэрэн кэлэригэр Тегенинова Елеканида Семёновна диэн Өлүөхүмэ кыыһын сүрэҕинэн сөбүлээн, кэргэн ылан сүгүннэрэн аҕалбыта. Онтон эдэр ыал төрөөбүт дойдуларыгар Уһун-Күөлгэ көһөн кэлбиттэрэ.
Владимир Алексеевич оскуолаҕа трактороведение учууталынан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Үлэлээбитин тухары сайын өттүгэр «Бригантина» диэн үлэ-сынньалаҥ лааҕырын солбуллубат начальнига этэ. Элбэх көлүөнэ оҕолору үлэҕэ уһуйбута, элбэх оҕо, төрөппүт махталын ылбыта. «Бригантина» лааҕыр хаста даҕаны социалистическай күрэхтэр кыайыылаахтарынан буолан араас анал фондаларга тиксибиттэрэ.
Кини трактороведениеҕа үөрэппит оҕолоро элбэх киһи бэйэлэрин олохторун тыа хаһаайыстыбатын кытта сибээстээбиттэрэ. Быраатым үчүгэй үлэтин араас грамоталар, хайҕал суруктар туоһулууллар. Владимир Алексеевич Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Тыа хаһаайыстыбатын ветеран үлэһитэ знактаах.
Ити таһынан мин быраатым үчүгэй спортсмен этэ. Кини атах оонньуутугар Саха Республикатын спордун маастара, Манчаары бирииһигэр атах оонньуутун хас да төгүллээх призёра. Бүлүү зонатын атах оонньуутугар куобахха аҕыс төгүллээх чемпиона. Бэйэтин быраатын, мин уолбун Алёшаны эмиэ атах оонньуутугар уһуйан, кини эмиэ Манчаары оонньууларыгар кыттыбыта.
Олоххо активнай позициялаах этэ. Нэһилиэккэ, оскуолаҕа буолар тэрээһиннэргэ – волейбол күрэҕэр, түөлбэнэн күрэххэ мэлдьи активнайдык кыттара.
Быраатым сорсуннаах булчут этэ. Күтүөтун Дмитрий Семёновиһы кытта сааскы, күһүҥҥү булка эрдэттэн тэринэн бэлэмнэнэн бараллара. Кинилэр аһара тапсаллара, хаһан да кыыһырсыбатахтара.
Кэргэнинээн Елеканида Семёновналыын аҕыс оҕону төрөтөн элбэх сиэн эйэҕэс эһэтэ, амарах эбэтэ буолбуттара.
Ыалдьан да баран санаатын түһэрбэтэҕэ, эпэрээссийэлэн үчүгэй буолан быраатыгар Кларов Александр Прокопьевичка махтала улахан этэ. Отой үчүгэй буолан баран массыынаҕа саахалыгар түбэһэн быстах дьылҕаламмыта. Айылҕа оҥоһуута кытаанах эбит. Быраатым кулун тутар 1 күнүгэр мэлдьи кэлэн чэйдээн барааччы, иккиэн биир төрөөбүт күннээхпит. Биһиги бырааппытыныын хаһан да кыыһырсыбат этибит, мин тылбыттан кини хаһан да тахсааччыта суох. Күтүөтүнүүн Дмитрий Семёновичтыын аһара эйэлээх этилэр, төрөөбүт күҥҥэ кэллэҕинэ үөрэн-көтөн, кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдээн тахсааччы.
Мин бэйэм алта оҕолоохпун, элбэх сиэннээхпин, хос сиэннээхпин.


Төһө да кырабытыгар эрэйи-муҥу көрдөрбүт, дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэхпит иһин быраатым Володя дьоллоох олоҕу олорон ааста. Кини аатын оҕолоро, сиэннэрэ ааттата туруохтара диэн эрэнэбин.
Ахтыыны суруйда бииргэ төрөөбүт эдьиийэ,
үлэ бэтэрээнэ, Арыылаах нэһилиэгин
бочуоттаах олохтооҕо
Татьяна Алексеевна ГРИГОРЬЕВА.
БИИРГЭ ҮЛЭЛЭЭБИТ ДЬОНУН АХТЫЫЛАРА
Замира Митрофановна ВАСИЛЬЕВА:

– Владимир Алексеевич Арыылаах орто оскуолатыгар уһуннук уонна таһаарылаахтык үлэлээбит учуутал буолар. Улахан кылаас уолаттарын тракторист идэтигэр үөрэтэрэ. Мин салайар кылааһым уолаттара киниэхэ икки сыл үөрэммитэрэ. Уолаттар учууталларын кытта оскуола үлэһиттэригэр саһаан тиэйэллэрэ. Владимир Алексеевич кинилэри элбэххэ үөрэппитэ. Саһаан тиэйэ баралларыгар уолаттар тракторы бэйэлэрэ ыыталлара, оттон учууталлара сэргэ олорон үөрэтэ, сүбэлии иһэр буолара. Владимир Алексеевич уруога буоларын оҕолор олус күүтэллэрэ, гаражка үөрэ-көтө тахсаллара.
Саас аайы оттук маһы бэлэмнииргэ оскуолаҕа икки күннээх субуотунньук буолара. Онно оскуола учууталлара, техүлэһиттэрэ, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр олус көхтөөхтүк, таһаарыылаахтык үлэлииллэрэ. Биригээдэ салайааччыларынан оскуола үлэһиттэрэ буолаллара. Онно оҕо үксэ Владимир Алексеевич биригээдэтигэр түбэһиэн баҕарара. Кини салайар биригээдэтэ саамай элбэх саһааны туруорара, куруук бастакы миэстэҕэ тиксэрэ.
Владимир Алексеевич аҕыйах саҥалаах, оҕолору хаһан да улаханнык мөхпөт, кимиэхэ да үҥсэ сылдьыбат учуутал этэ. Буруйдаммыт да оҕо баар буоллаҕына бэйэтэ кэпсэтэн, быһаарсан кэбиһэрэ. Ол иһин үөрэтэр оҕолоро киниэхэ эмиэ истиҥник сыһыанаһаллара, наһаа ытыктыыллара.
Владимир Алексеевич 1980 сылтан 1993 сылга диэри оскуола «Бригантина» диэн үлэ-сынньалаҥ лааҕырын салайан үлэлэппитэ. 13 сыл устата лааҕыр 3600 тонна оту оттоон отделениеҕа туттарбыта. Бу сылларга лааҕыр оҕолоро оройуон үрдүнэн ыытыллар араас конкурстарга, күүлэйдэргэ көхтөөхтүк кытталлара уонна куруутун инники миэстэҕэ сылдьаллара. 1990 с. республикаҕа бастаан ГАЗ-53 массыына фондатынан бириэмийэлэммиттэрэ. «Тойбохой» совхозка үгүстүк бастаан, Үлэ Геройа Г.Е.Бессонов аатынан көһөрүллэ сылдьар чороон-кубогы үйэ-саас тухары оскуолаҕа илдьэ хаалары ситиспиттэрэ. Оҕолор үлэлэрэ сөпкө сыаналанан, үс төгүл элбэх оҕо улуу Москва куоракка ВДНХ-ҕа, маны таһынан сорохтор Москва — Кишинёв, Москва — Ленинград маршруттарынан туристыы барар чиэскэ тиксибиттэрэ.
Үөрэнээччилэри үлэнэн иитиигэ, сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар Владимир Алексеевич ураты дьоҕурдаах салайааччы, үлэһит буолан, лааҕыр үлэтэ мэлдьи үрдүк көрдөрүүлээх, таһаарыылаах буолара.
Хомойуох иһин, Владимир Алексеевич Николаев ыарахан ыарыыттан бу олохтон эрдэ барбыта…
СР үөрэҕин туйгуна, атах оонньуутугар СР спордун маастара, «Бригантина» ҮСЛ начальнига Владимир Алексеевич аата куруук ааттана туруоҕа. Үлэҕэ үөрэппит-ииппит учууталларын лааҕырга сылдьыбыт оҕолоро, үөрэнээчилэрэ, бииргэ үлэлээбит коллегалара үтүө-мааны тылларынан ахта-саныы, махтана сылдьыахтара.
СР үөрэҕириитин туйгуна,
учууталлар учууталлара, старшай учуутал,
СР үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ,
педагогическай үлэ ветерана
Замира Митрофановна ВАСИЛЬЕВА.
Уһун-Күөл, 14.03.2020 с.
Николай Данилович ИВАНОВ: Бииргэ үлэлээбит кэмнэрбин астына саныыбын!

– 1980-с сылларга хас даҕаны сайын оскуола трудовой лааҕырыгар, дьоҥҥо биллэринэн «Сымалаах ЛТО-та» диэн сиргэ үлэлээн кэлбиттээхпин. Оччолорго лааҕыр салайааччыта Николаев Владимир Алексеевич этэ. Лааҕырга барыта 50-ча оскуола оҕото үлэлээччи. Онно биhиги – совхоз трактористара мин уонна Николай Захаров көмөлөһөн тракторынан от охсон биэрэрбит. Бу санаатахха Владимир Алексеевич олус сиэрдээх, биирдэ-иккитэ эттэ да барыта өйдөнөр, оҕолор убаастыыр, тылын тута истэр бас-көс киhилэрэ этэ. Сарсыарда аайы эрдэ туруортаан эбэhээт зарядкалатан, эти-хааны бөҕөргөтөр үлэни ыытааччы. Онтон киэhэ үлэ кэнниттэн сынньалаҥҥа мээчиктээн, араас интэриэhинэй дьарыгы толкуйдаан күн-дьыл оҕолорго биллибэккэ ааhара.
Лааҕыр үлэтигэр Владимир Алексеевиhы кытта бииргэ Григорий Егорович Егоров, Николай Алексеевич Иванов, Евдокия Григорьевна Наумова уонна да атыттар буолан бары күргүөмнээхтик үлэлииллэрэ. Сайын устата 300 тоннаҕа тиийэ оту оттоон лааҕыр былаанын толорон, ардыгар аhара толорор этибит. Ити сылларга Сунтаар оройуонугар оскуола оҕолорун лааҕырдарын икки ардыларынааҕы күрэхтэhиигэ бастаан «Москвич» массыына, коляскалаах мотоцикл фондаларын ылаттаабыппыт. Арыылаах орто оскуолатын үлэ-сынньалаҥ лааҕыра инники күөҥҥэ, бастыҥнартан биирдэстэрэ буолбута. Итиннэ лааҕыр салайааччытын Владимир Алексеевич өҥөтө улахан.
Ыраах сытар алаастарга сайыҥҥы өҥүрүк куйааска оҕолор сылайыахтара диэн Владимир Алексеевич бортобуой массынатыгар олордон оттуохтаах сирдэригэр илдьэн-аҕалан биэрэр этэ. Уопсайынан лааҕыры тэрийэн үлэлэтии, улааппыт оҕолору кытта биир тылы булсан күн аайы, нууччалыы эттэххэ “мотивациялаан” илдьэ сылдьыы, иитии-такайыы улахан үлэттэн-сыраттан тахсара биллэр суол. Ону барытын иилээн-саҕалаан, бэйэтэ элбэх оҕолоох ыал аҕата таhыттан көрдөххө сүрдээх холкутук оҥорор курдуга.
Кини көнө сүрүннээх, дуоспуруннаах киhи быhыытынан оҕолор да, улахан да дьон убаастабылын ылыан ылбыта. Чопчу туруоруллубут сыалы ситиhэргэ, үлэҕэ дьулуурдаах буоларга бэйэтин холобурунан көрдөрөрө. Владимир Алексеевич лааҕыр салайааччытын быhыытынан бэртик үлэлээн, хас да сыл сайын оҕолору үлэҕэ уһуйбута. Эппиэтинэстээх үлэтин кэмигэр кинилиин бииргэ үлэлэспит кэмнэрбин астына саныыбын.
Николай Данилович ИВАНОВ.
Уһун-Күөл.
Александр Дмитриевич НЕУСТРОЕВ: Доҕорум, атаһым Владимир Алексеевич

– Мин 1983 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, Сунтаар улууһун Арыылаах орто оскуолатыгар ананан кэлэн үлэбин саҕалаабытым. Оскуола коллективыныын билсиһии, бастакы уруоктары биэрии – барыта хайдах эрэ сонун, саҥа этэ. Ол сылларга Арыылаах орто оскуолатыгар тула сытар бөһүөлэктэртэн: Дьаархантан, Маар-Күөлтэн, Аллыҥаттан кэлэн интернатка олорон 9-10 кылаастарга үөрэнэллэрэ, барыта үс сүүстэн тахса оҕо үөрэнэрэ.
Мин бастаан Владимир Алексеевичтыын онно билсибитим. Кини оскуолаҕа улахан кылаастарга трактороведениены, вождениеҕа үөрэтэрэ. Владимир Алексеевич бэйэтэ спордунан дьарыктаммыт буолан биһиги сүрдээх түргэнник чугас доҕордуу буолбуппут. Кини миигиттэн 20-чэ сыл аҕа этэ эрээри миигин кытары биир саастааҕын курдук кэпсэтэрэ, сүбэлиирэ. Владимир Алексеевич бэйэтэ атах оонньуутугар Саха АССР спордун маастара, Манчаары бирииһин хас да төгүллээх чемпиона уонна призёра, волейболга эр дьоҥҥо Бүлүү зонатын хас да төгүллээх чемпиона уонна призёра. Ону таһынан тустуунан кытары дьарыктанара.
Тастан көрдөххө кини аргыый аҕай хааман наҕыллык сылдьар курдуга, ол гынан баран барыны бары бүтэрбитэ, тиийиэхтээх сиригэр ким-хайа иннинэ тиийбитэ эрэ баар буолара. Сүрдээх холку, тыла-өһө оруннаах этэ. Мин Владимир Алексеевичтыын элбэх араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ бииргэ сылдьыбыппыт. Хотторуу хомолтотун, кыайыы өрөгөйүн бииргэ билбиппит. Ордук волейбол күрэхтэһиитигэр 50 сааһын лаппа ааһыар диэри оонньообута.
Элбэх оҕолоох буолан улахан хаһаайыстыбалааҕа, ынах сүөһүнү туталлара. Дьиэтин үлэтин уонна тустаах үлэтин барытын кыайара. Биһиги Владимиры таптаан «Доруобай» диэн ааттыырбыт. Мин кинилиин икки сыл үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар үлэлээбитим. Кини начальниктыыра, мин оҕолорго иитээччинэн үлэлээбитим. Ити сылларга былааммытын 100 %-тан тахса толорон Тойбохой совхоз салалтатыттан махтал суруктарынан, грамоталарынан наҕараадаламмыппыт. Оҕолору, үлэһиттэри сөпкө аттаран үлэлэтэн, ол быыьыгар сынньатан үчүгэйдик үлэлээбиппит.
Владимир Алексеевич биир саамай сөбүлүүр идэтэ булт этэ. Мин эмиэ бултуурбун сөбүлүүр буолан дьэ Владимирдыын элбэхтик бииргэ куска-куобахха, балыкка, араас түгэннэргэ сылдьар этибит. Бултуу бардахпытына наһаа да ис дууһатыттан астынара, кэпсии-ипсии олороро отой мин өйбүттэн хаһан да сүппэт. Владимир Алексеевич доруоп саанан барыбытыттан үчүгэйдик ытара. Биһиги иккиэн сааскы куска бииргэ дурдаҕа олорор этибит. Бултуйдахпытына отой кыра оҕо курдук үөрэрэ, уустаан-ураннаан кэпсиирэ.
Владимир Алексеевич сааһыран баран ыарытыйан, эбиитин массыына саахалыгар түбэһэн эрдэ орто дойдуттан барбытыгар биһиги, табаарыстара, наһаа хомойбуппут. Мин саха биир чаҕылхай киһитин кытары алтыһан, доҕордоһон бииргэ сылдьыбыппынан киэн туттабын.
СР национальнай ыстаныыларга спордун маастара, РФ уонна СР физкультуратын уонна спордун туйгуна, СР үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, “Сахаада-спорт” лауреата Александр Дмитриевич НЕУСТРОЕВ.
Дьокуускай, 24.03.2020 с.
Лидия Гаврильевна НИКИТИНА:

– Мин Арыылаах оскуолатыгар 1981 сыл атырдьах ыйын 24 күнүгэр ананан үлэлии кэлбитим. Бастаан кэлбиппэр иитэр үлэ завуһугар Кларова Ксения Прокопьевнаҕа түһэрбиттэрэ.
Ол кэнниттэн Николаев Владимир Алексеевичтаахха дьиэ ылан көһүөхпүтүгэр диэри олорбуппут. Мин кинилэргэ кэлэрбэр Кутанаттан төрүттээх изо, черчение уонна технология учуутала Розалия Афанасьевна кэлэн эмиэ кинилэргэ олороро. Николаевтар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн этилэр. Кыpа уоллаpа Алёша саҥа олорон эрэр оҕо этэ. Биһиги кэлэр кэммитигэр дьиэ аҕа баһылыга дьиэтигэр суоҕа, үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар оҕолору салайан үлэлэтэ сылдьар кэмэ этэ. Ол кэмнэргэ оскуолаҕа үлэ-сынньалаҥ лааҕыра “Бригантина” диэн үлэлиирэ. Кини бу лааҕырга 13 сыл устата начальнигынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Улууска от үлэтигэр 24 үлэ-сынньалаҥ лааҕыра үлэлиирэ. Владимир Алексеевич салайар “Бригантина” үлэ-сынньалаҥ лааҕыра улууска хас да төгүл 1 миэстэ буолары ситиһэн ГАЗ-53 массыына фондатынан, 2 төгүл ВДНХ путёвкатынан уонна Үлэ Геройа Г.Е.Бессонов аатынан чороону ылбыттара. Ийэлэрэ Өлүөхүмэттэн төрүттээх Елеканида (Нина) Семёновна диэн. Ол саҕана Владимир Алексеевич оскуолаҕа производственнай үөрэхтээһин маастарынан үлэлиирэ. Кинилэр үлэлииллэрин саҕана, 70-с сылларга оскуолаҕа кабинетнай система киирбит. 1972-73 үөрэх дьылыгар оскуолаҕа производственнай-техническэй үөрэхтээһин саҕаламмыта, ол оскуола историятыгар киирбитэ. Саҕалааччыларынан – оскуола директора Семёнов Егор Иванович, инженер-механик учуутал Титова Елена Прокопьевна, маастар Николаев Владимир Алексеевич буолбуттара. Оскуола үөрэнээччилэрэ техниканы (массыынаны, тракторы, мотоциклы о.д.а.) үөрэтэн саҕалаабыттар, үөрэтэр мастарыскыай байытыллан, уруок ыытылларыгар толору усулуобуйаны тэрийбит этилэр. Бу үлэ 80-с, 90-с сылларга таһаарыылаахтык салҕанан барбыта. Ол сылларга үөрэтии процеһа өссө сайдан испитэ. Сайыннарыылаах, диpиҥэтэн үөрэтии ситимэ олоххо киирбитэ. Учуутал үлэтэ айар үлэ буолбута. Үлэҕэ иитии, «рабочай» идэлэргэ үөрэтии уһулуччу сорукка туруоруллубута. Производственнай үөрэхтээһиҥҥэ трактористары бэлэмнээһин тупсубута. Учуутал Е.П.Титова, маастардар В.А.Николаев, Ю.Е.Егоров сыралаах үлэлэринэн үлэҕэ үөрэтэр кабинет, трактороведение кабинета оҥоһуллубуттара. Оҕолор практическай дьарыктарыгар саһаан тиэйэллэрэ, хотон хаарын түһэрэллэрэ, ыанньыксыттары солбуйаллара, мутукча, дулҕа бэлэмнииллэрэ. Бу кэмнэргэ үөрэммит оҕолор үчүгэй, ситиһиилээх үлэлээх тракторист, суоппар буолан тахсыбыттара.
Саҥа анаммыт эдэр, эрчимнээх директор Николаев Владимир Макарович кабинетнай системаны түргэнник олоххо киллэрэн испит этэ. Ити үлэҕэ уус төрөппүттэр тардыллыбыттара. Учууталлар кабинеты байытыыга ылсан күүскэ үлэлээбиттэрэ. Онно ордук техническэй средствоны булуу оруоллааҕа уонна методическай литератураны хомуйаллара. Ол кэнниттэн Николай Алексеевич Егоров директорынан ананан үлэлээбитэ уонна кабинетнай системаны ситэрэн, кылаастары үөрэнээччилэри кытта обшивкалаан бүтэрбиттэрэ. Кылаас аайы ыскааптары оҥортообуттара, эргэ оскуолабыт көтүрүллүөр диэри баар этилэр.
Николаев Владимир Алексеевич 1940 сыллаахха Арыылаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгунун аатын үлэлиир кэмигэр ылбыта. Атах оонньуутугар Саха АССР спордун маастара, Манчаары бирииһин икки төгүллээх кыайыылааҕа, Бүлүү зонатын түөрт төгүллээх абсолютнай чемпиона буолуталаабыта. Көҥүл тустууга бэтэрээннэргэ улуус икки төгүллээх чемпиона уонна призёра этэ. Ситиһиилээхтик хары баттаһар, ыарахан атлетиканан эмиэ дьарыктанара. Күүстээх үлэҕэ кыайыгас-хотугас, булугас өйдөөх буолан ханнык да үлэттэн толлон турбат этэ. Ол саҕана оскуола маһынан оттуллар котельнайдааҕа, онно ДТ-75 тыраахтырынан оскуола үлэһиттэрин, оҕолорун кытта сылдьан саһаанныыллара. Онно Владимир Алексеевич мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьара, мас охторон, эрбэтэн, саһаан тиэйэн киирэллэрэ.
Владимир Алексеевиһы билэр дьон бары кини көнө, эйэҕэс майгылааҕын, күлэ-үөрэ сылдьарын, элэккэйин туһунан ахталлар. Кини оҕолорун үчүгэйдик иитэлээн атахтарыгар туруортаан, үөрэхтэтэлээн баран, ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан барбыта.
Ахтыыны суруйда Арыылаах орто оскуолатын директора, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, РФ бочуоттаах үлэһитэ Лидия Гаврильевна НИКИТИНА.
АҔАБЫТ ВЛАДИМИР АЛЕКСЕЕВИЧ ДОҔОТТОРО
Үчүгэй киһи туһунан ахтыы
– Мин билигин ахтан-санаан ааһар киһим – Владимир Алексеевич Николаев, Арыылаах орто оскуолатын автоделоҕа преподавателэ, өр сылларга оҕолору шофёр идэтигэр үөрэппит Уһун-Күөл биир убаастанар киһитэ.
Мин Арыылаах орто оскуолатыгар 1978 сыллаахха партия райкомунан ананан үлэлии кэлбитим. Эдэр киһиэхэ оскуола директорынан үлэлээһини улахан эппиэтинэстээх, ыарахан үлэнэн саныыр этим. Онтон дьоммун кытта кэпсэтэн, сүбэлэһэн баран биир тылга киирэн эйэ-дэмнээхтик үлэбитин саҕалаабыппыт. Манна оскуола партийнай профсоюзнай тэрилтэлэрэ, төрөппүт комитетын ахсаабат көмөлөрө олус улахан этэ. Бу иннинэ мин үлэлии сылдьыбыт Бүлүүчээним оскуолатын ити үөһээ ааттаабыт тэрилтэлэрэ олус кыахтаахтар этэ, ол иһин мин кинилэргэ тирэх ылыым биллэр суол.
Ити курдук элбэх дьону кытта эн-мин дэһэн кэпсэтэн, олус эйэлээхтик, таһымнаахтык үлэлээбиппит. Ол туоһубунан Арыылаах орто оскуолата үөрэх-иитии бопуруостарыгар, оскуоланы ититиигэ, оскуоланы саҥа үөрэх сылыгар бэлэмнээһиҥҥэ, оскуоланы тупсаҕай көстүүлээх оҥорууга, материальнай-техническэй өттүн байытыыга элбэх былааннаах үлэ ыытыллыбыта. Ол түмүгэр биһиги оскуолабыт оройуон кыахтаах оскуолаларын кытта инники күөҥҥэ тахсыбыта.
1979-80 сс. үөрэх сылыгар оскуоланы үөрэх дьылыгар бэлэмнээһиҥҥэ Россия оскуолаларын кытта социалистическэй күрэхтэһиигэ кыттан кыайыылааҕынан тахсыбыппыт. Бу кыайыы аҥаардас оскуола коллективын үлэтэ буолбатах, бу оройуону ити кэмнэргэ РайОНО заведующайынан үлэлии олорбут Илья Семёнович Иванов ахсаабат көмөтө, өйөөһүнэ буолар. Биллэн турар коллектив бэриниилээх үлэтэ үөрэтэр оҕолоругар, үлэлиир оскуолатыгар уҕараабат таптала көстөр.
Мин иннибэр Владимир Макарович, Николай Васильевич үлэлээн ааспыт этилэр. Кинилэр үлэлээн ааспыт үлэлэрин, кинилэр суруйан хаалларбыт бирикээстэрин кинигэлэриттэн сыымайдаатахха, дьон кэпсээниттэн биллэххэ Владимир Макарович элбэҕи үлэлээн саҕалаабыт, оскуолатын материальнай-техническэй өттүн байытарга элбэҕи үлэлээн испит киһи быстах ыарыыга суорума суолламмыт этэ. Онтон Николай Васильевич элбэх саҥаны киллэрбэтэх, аҥаардас үөрэх-иитии эрэ боппуруостарынан, сокуон хараҕынан сылдьыбыт директор курдук сыаналаабытым. Баҕар ол да иһин буолуо, үөрэҕин сылын бүтэрбэккэ уурайан барбыт этэ. Бастаан ол иһин миигин Арыылаах оскуолатын директорынан анаабыттар дии саныыбын.
Ханныгын да иһин ити үөһээ ааттаммыт директордар бэйэлэрин үчүгэй суолларын хаалларбыт хайысхаларын ситэрэр, сайыннарар санаалаах үлэбин саҕалаабытым.
Мин ахтыыбын суруйар киһим, үлэлиир кэмнэрбэр үчүгэйдик алтыһан үлэлээбит коллегам, табаарыһым, оскуола биир тутаах үлэһитэ Владимир Алексеевич Николаев буолар. Арыылаах оскуолата Бүлүүчээн орто оскуолатын курдук шофёрдары, трактористары үөрэтэрэ. Материальнай- техническэй базата соторутааҕыта тэриллибит буолан Бүлүүчээн автошколатыттан ырааҕынан тиийбэтэ. Биир эрэ МТЗ-82 уонна биир ГАЗ-53 массыыналааҕа, авторазборкаҕа аналлаах массыына, ПДД-кылаастара ситэтэ суохтара. Ону Бүлүүчээн оскуолатын кытары үлэлэһэн элбэх оборудованиены, ПДД-кабинетыгар материаллары ылбыппыт. Опыт ылан үлэлээн Владимир Алексеевич оройуоҥҥа биллэр-көстөр үлэлээх преподаватель буола үүммүтэ. Кини үөрэппит оҕолоро Сунтаар оройуонун экономиката сайдарыгар элбэх көмөнү оҥорбуттара, кылааты киллэрбиттэрэ.
Владимир Алексеевиһы, табаарыспын Болуодьа диэн ааттыым. Болуодьа киһи быһыытынан улахан наҕыл, кыраҕа долгуйбат, көнө-мааны майгылаах киһи быһыытынан сөбүлэппитэ. Кини орто уҥуохтаах, көрүҥнээх киһи эрээри улахан кыахтаах киһи быһыылааҕа. Дэлэҕэ «Доруобай» диэн хос ааттыахтара дуо. Үлэтигэр олус кыһаллыгас, сэмээр барытын оҥорбута-бүтэрбитэ баар буолан иһэр.
Болуодьа атах оонньуутугар, бастатан туран куобахха нэһилиэгэр да, оройуонугар да тэҥнээҕэ суоҕа. Ол иһин да буолуо, биир дойдулааҕа Виктор Николаев (Хотой Бииктэр) сорунан туран ыҥыран күөн көрсөр этэ. Болуодьа республиканскай масштабтаах куобахчыт быһыытынан биллэрэ, хаста да республикаҕа призёрдаабыт курдук истэрим.
Дойдубар сылдьан бултуурбун сөбүлүүр киһи, саҥа сиргэ кэлэн баран кустуур сирдэри да, күөллэри билбэт буолан элбэхтик эрэйдэммитим. Хата уолаттарым сүрдээх булчут дьон буолан биэрдилэр. Онон өрөбүл күннэрбитигэр бары бултуу баран күннээҕи сыралаах үлэттэн сынньанан, дуоһуйан кэлэрбит. Тоҕо буолла, бултуу сылдьан куруук ууга атахпын сытытан кэлэрим иһин, эрдэттэн киһибит “эмиэ ууга түһэн сытыйан кэлиэ” диэн балааккаларын дыргыччы оттон олорор буолааччы. Дьонум көмөлөрүнэн этэҥҥэ ыалдьыбакка-хааһаммакка үлэбин ситиһиилээхтик түмүктээн, дойдубар депутаттар ситэриилээх комитеттэрин бэрэссэдээтэлинэн талыллан барбытым.
Мин Арыылаах оскуолатыгар үлэлээбит сылларбын иһирэхтик саныыбын. Бииргэ үлэлээбит коллективым дойдубар олус долгутуулаахтык атааран ыыппыта. Билэр дьонум “эн бу арыылаахтарга тугу оҥорон итинник чиэстээн атаардылар” диэбиттэрэ тыл номоҕор сылдьар. Болуодьа, Уйбаан (Кыырай) тустарынан олус үчүгэй өйдөбүллэр хаалбыттар.

Эдуард Львович ВАСИЛЬЕВ,
1978-80 сс. Арыылаах орто оскуолатын директора,
Сунтаар улууһун, Бүлүүчээн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,
СР үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ,
үөрэҕирии систематын бочуоттаах бэтэрээнэ.
28.03.2020 с.
Доҕорум туьунан ахтыы
– Володя табаарыстарбытыттан саамай ис-киирбэх, көнө сүрүннээх, кыраһыабай уолбут этэ. Кини мин бырааппын кытта Семённуун Өлүөхүмэтээҕи техникуму механик идэтигэр үөрэнэн бүтэрбиттэрэ.
Кэлэн баран Володя Семённуун стройучастокка плотнигынан үлэлээбиттэрэ. Кэлин Володя Уһун-Күөлгэ бэйэтин идэтинэн механигынан үлэлии тахсыбыта, Семён Кэмпэндээйигэ тахсыбыта. Көрсүһэр түгэммитигэр хонууга тахсан күүлэйдиирбит, атах оонньуутун оонньуурбут. Володя кылыйыыга, куобахха, уһуну ыстаныыга үчүгэй этэ. Володяны «Поддубнай» диэн хос ааттыырбыт, күүстээх көрүҥнээҕин иһин. Иван Поддубнай диэн аан дойду саамай күүстээх киһилэрэ этэ.
Володялаах Сэмэни водовоз массыынаҕа тиэйэ сылдьан Хаданынан, Кэмпэндээйинэн сылдьарбыт. Мин ол сахха “Партизан” совхозка водовозка үлэлиирим. Онон Володя үчүгэй табаарыс, эрэллээх доҕор этэ диэн түмүктүөхпун баҕарабын.

Ахтыыны суруйда
доҕоро Иван ЕГОРОВ.
Сунтаар, 01.03.2020 с.
Үтүө киһи – Владимир Алексеевич
– Үтүө киһи аата, үлэтэ-хамнаһа үйэлэргэ умнуллубат уонна эдэр ыччакка холобур буолуоҕа! Владимир Алексеевичтыын аан маҥнай билсиим мин Тойбохой школа-интернатыгар организаторынан үлэлии сырыттахпына буолбута. РОНО заведующайа Иванов И.С. дьаһалынан Якутскайтан РОНО-ҕа таһаҕас аҕала Арыылаах орто оскуолатын ГАЗ-53 массыынатынан 1979 сыллааха командировкаҕа барбытым. Онно суоппарынан Владимир Алексеевич этэ. Маҥнай билсэргэ тоҥкуруун курдук буолан баран, билсэн-көрсөн истэх аайы айаҕа аһыллан дьэ элбэх кэпсээннээх, көрдөөх-нардаах киһи буолбута. Массыынанан айаннаан иһэн араас мүччүргэннээх сырыыларын, үлэтин-хамнаһын, олох-дьаһах туһунан устар айан суолун тухары кэпсээн-ипсээн уһун айаны биллэрбэккэ сылдьыбыппыт. Ол саҕана кырата икки суукканан айаннаан тиийиллэрэ. Аара ханна да заправка суоҕа, онон бензиммитин буочукаҕа куттан тиэйэ сылдьарбыт. Суола билиҥҥи курдук оҥоһуу суола суох, Бүлүүттэн Горнайга диэри араас үрэхтэринэн, дулҕалаах сирдэринэн айаннаныллара. Нуучча массыыната элбэх буолан хата хаары мэлдьи тэпсэллэрэ.
Ити Якутскайга сиринэн маҥнайгы сырыым этэ. Күнүс көнө сиргэ массыынатын арыт миэхэ ыыттарар. Ол курдук маҥнайгы сырыыбытын аһара үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Кэлин эбии үстэ баран кэлбиппит, эмиэ оскуола таһаҕаһын аҕала. Онтон 1980 сыл кулун тутар 1 күнүгэр миигин Арыылаах оскуолатыгар директорынан анааннар Арыылаах нэһилиэгэр көһөн кэлбиппит. Дьэ ол кэнниттэн бииргэ үлэлээһиммит саҕаламмыта уонна улахан табаарыстыы буолбуппут. Икки үөрэх сылыгар Владимир Алексеевич көҕүлээһининэн трактороведение кабинетын саҥардан-тупсаран оҥорон, райоҥҥа ыыттыллар кабинеттар күрэхтэһиилэригэр кыайыылааҕынан тахсыбыта. Хомойуох иһин ол кабинет билигин суох.
Оскуола обшивкатын маһын үрдүкү кылаас уолаттарын кытта икки тракторынан кэрдэн киллэрэн отделение пилораматыгар эрбэтэн хаптаһын гынан таһаарбыттара. Икки сыл хас биирдии сылыгар 500 устуука бэһи таҥастаабыттара. Онон оскуола дьиэтэ иһэ-таһа обшивкаланан аһара үчүгэй көстүүлээх буолбута. Хас сайын аайы оскуола оҕолорун окко ЛТО тэрийэн отделениеҕа үрдүк хаачыстыбалаах оту туттарара. Баҕарар баҕата биир – үчүгэй дьиэлээх-уоттаах сиргэ үлэлээһин. Ол баҕатын мин отделениеҕа управляющайынан ананан баран толорбутум. Ол курдук Сымалаах ходуһатыгар 300-чэ тонна от кэлэр сиригэр окко ЛТО базатын туттаран оскуолаҕа бэлэхтээбитим. Дьэ ол кэнниттэн киһибит баҕата туолан, хонноҕо аһыллан сайын аайы 25-тии оҕону икки-үс сезоҥҥа үлэлэтэн 300-тэн тахса тонна оту оттоон совхозка, райоҥҥа, республикаҕа бастаабыта. Уонна кэнники уон сылга кимиэхэ да иннин биэрбэтэҕэ. Үрдүк ситиһиитин иһин «Москвич» мотоциклынан уонна араас дьиэ миэбэлинэн, сыаналаах бэлэхтэринэн, грамоталарынан, дипломнарынан наҕараадаламмыта. Киниэхэ наставнигынан начальнай оскуола учуутала Иванов Николай Алексеевич үлэлиирэ. Иккиэн аһара тапсан, таһаарыылаахтык оҕо окко ЛТО-тун салайбыттара, үлэлэппиттэрэ.
Владимир Алексеевич оҕону техникаҕа үөрэтэргэ маастар эрэ буолбатах этэ, кини дэгиттэр спортсмен. Ол курдук аһара үчүгэйдик волейболлуура, городкига, дуобакка, шахматка оонньуура. Ону таһынан сахалыы атах оонньуутугар тэҥнээҕэ суох кэриэтэ этэ. Ону туоһулаан атах оонньуутугар Саха сирин спордун маастара буолбута. Ити үөһэ эппит спорт күрэхтэһиилэригэр Владимир Алексеевич нэһилиэк, совхоз, район чиэһин көмүскүүр командаҕа киирсэн кыайыылааҕынан тахсара. Ол курдук «Манчаары» оонньууларыгар атах оонньуутугар (куобахха) республика чемпиона буолбута. Нэһилиэк, совхоз, район ыһыахтарыгар бириистээх уонна маҥнайгы миэстэни ылбыта аҕыйаҕа суох буолуохтаах. Ону таһынан от ЛТО-ларын куоталаһыыларыгар кыайыылааҕынан тахсан көмүс суруктаах лиэнтэни кэппитэ да үгүс.
Владимир Алексеевич аҥаардас спортка, үлэҕэ үрдүк ситиһиилээх буолбатаҕа. Ол курдук аһара үчүгэйдик ыллыыра, араас бырааһынньыктарга, художественнай самодеятельностка мэлдьи активнай кыттыыны ылара. Уопсайынан аҕыйах тылынан этэххэ киһи киэнэ кэрэмэһэ, саха саарына. Оҕолору иитиигэ ситиһиилэрин иһин оскуола директорын, РОНО заведующайын, Минпрос, РК ВЛКСМ, РК КПСС, райсовет, Верховнай Совет Почётнай грамотатын элбэхтик ылбыта. Саамай үрдүк ситиһиитэ – Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна ааты ылбыта уонна СР Тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ буолбута.
Владимир Алексеевич төһө да кэрэ куоластааҕын уонна спортсмен бастыҥа буоллар уһулуччулаах булчут этэ. Куска-хааска, балыкка уонна куобахха сылдьарга чахчы «муннукка ытаабыт» киһи. Ол курдук арай биирдэ Г.П.Иванов, мин уонна Владимир Алексеевич буолан Бакамдаҕа кустуу сыттыбыт. Сарсыарда эрдэ кус отой кэлбэт, онон мин Григорий Павловичтыын отууга тахсан хааллыбыт. Киһибит хойутуу тахсыам диэн хаалла. Арай ол сыттаҕына халба үөрэ көтөн кэлбит, киһибит үс саанан ытан тоҕус халбаны хаалларбыт. Онно биһиги аһара үөрбүппүт. Биирдэ иккиэн кус маҥнайгы көҥүлүгэр эмиэ Бакамдаҕа кустуу сытабыт. Собо тахса илик этэ, ол да буоллар мин илиммин илдьэ барбытым. Володя миигиттэн 200 м курдук олорор, мин күөл мууһа кыратык ырбыылаабытыгар илиммин киллэрэн үтэн кэбистим. Кини көрдөҕүнэ муус үрдүгэр тахсан үҥкүүлүү сылдьар уонна тыыбар төттөрү киирэн олорор үһүбүн. Оннук хаста да сылдьыбыппын. Киһим аһара дьиктиргээбит, түүн олоро сатаан баран тиийэн кэлэр уонна миигиттэн “тугу гынаҕын, тоҥнуҥ дуо?” диэн ыйытар. Ону ыҥыран ылан тыыбын көрдөрдүм. Киһим соболору көрөн баран аһара үөрбүтэ. Ол курдук үөрбүтүн кэлин да соччо көрбөтөҕүм. Ол саас биэс уоннуу собону дьиэбитигэр илдьэ кэлэн дьоммут үөрүүлэрэ сүрдээх этэ. Пенсияҕа тахсан баран хас да хонукка кустуу, балыктыы уонна куобахтыы баран дьэ тыынын таһаарбыта быһыылааҕа.
Владимир Алексеевич саамай улахан олоххо ситиһиитэ – оҕолорун барыларын улаатыннаран, үөрэхтэтэлээн, дьиэ-уот тутаттаан олох киэҥ аартыгар таһаартаабыта буолар. Онон кини сырдык аатын үйэлэргэ ааттата турар үгүс элбэх оҕолордоох уонна сиэннэрдээх. Туйах хатарар уолаттардаах, уол сиэннэрдээх уонна өссө да баар буолуохтара турдаҕа.

Ахтыыны суруйда
Николай Алексеевич ЕГОРОВ,
СР Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
Сунтаар улууһун уонна Арыылаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,
1980-82 сс. Арыылаах орто оскуолатын директора,
1982-93 сс. Тойбохой совхоз Арыылаахтааҕы отделениетын управляющайа,
1990-93 сс., 2003-2008 сс. Арыылаах нэһилиэгин баһылыга,
2008-2012 сс. «Тоҕой Сэлэ» сылгы заводун директора.
Уһун-Күөл бөһүөлэгэ, 23.02.2020 с.
Быраатым Доруобай Болуодьа!
– Николаев Владимир Алексеевич Сымалаахха күн сирин көрбүтэ. Мин эмиэ Сымалаахха төрөөбүтүм, тоҕус оҕоттон соҕотох ордубутум. Хотону кытта турар туруору балаҕаҥҥа кыраларыгар өлөн испиттэр. Аны санаатахха тымныйан буолуо, дьиэ иһигэр оҥкучахха хара буорга от тэлгээн баран онно оҕолоноллоро.
Владимир Алексеевиһы быраатым диибин. Володялыын дьиэ тастыы олорбуппут, сайын оппутугар эмиэ биир сиргэ оттуубут. Арыылаах маарга балааккаҕа хоно сытан оттуур этибит, киэһээ кус ытан күөстэнэрбит.
Володя оскуолаҕа оҕолору трактор ыытарга үөрэтэрэ, сайын ЛТО-ҕа окко үлэлэтэрэ. Биир сайын оройуоҥҥа бастаан «Москвич» массыына фондатын ылбыта. Сайын ыһыахха атах оонньуутугар куобахха ким да сиппэт этэ. Спорт маастара буолбута. Хас да сыл Сунтаарга олоро сылдьыбыттара, онно тутууга үлэлиирэ. Табаарыстара «Доруобай» диэн ааттаабыттар, онон Доруобай Володя диэн этэ. Биирдэ ойуурга Захаров Коля тракторынан бэрэбинэ маһын түрүлүөпкэлии сырыттыбыт. Онно сылдьан Володябыт модьу баҕайы бэрэбинэ тиити “көтөҕөн көрөбүн дуо?” диэн оҥостон эрдэҕинэ сээкэйгин өлөрүөҥ диэн тохтотон кэбистим. Модьу баҕайы тиити төрдүттэн көтөҕөөрү оҥостор. Кэлин санаатахха, көтөҕүөх буолан соруммута буолуо дии саныыбын. Манна эдьиийэ Таня олорор.
Сунтаарга олоро сылдьан борохуокка бурдук куруустуур үһүлэр. Кууллаах бурдугу кыбына сылдьар үһү, оччотооҕу бурдук 70 киилэ дииллэрэ. Дьон сөҕөн кэпсииллэрин истибитим.
Володя куска, куобахха дьону түмэ тардан бултуурун сөбүлүүрэ, байанайдаах булчут этэ. Улахан бултка да түбэһитэлиирэ.
Володя элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх. Оҕолоругар, сиэннэригэр кинини аатын ааттатар оҕолор бааллар.


Кылгас ахтыыны суруйда
убайа В.И. Ефремов.
Уһун-Күөл бөһүөлэгэ, 15.03.2020 с.
Дьиэ тастыы ыалбыт аҕата
1970-с сылларга, чуолкайын өйдөөбөппүн, биһиги уһаайбабытыттан уулусса нөҥүө, Анатолий Романовичтаах аттыларыгар улахан саҥа дьиэ туттан, Николаев Болуодьалаах маҕаһыын утары турар дьиэлэриттэн көһөн кэлбиттэрэ.
Кэнники билбитим Болуодьаны аҕабытынан уруубут эбит. Кини эдьиийэ Татьяна Алексеевна аймахпыт буоларын истэр этим, таайбыт Миитэрэй кэргэнэ – саҥаспыт буолар диэн өйдүүбүн. Онтум аҕабытынан эдьиийбит эбит. Киһи оҕо сылдьан ким, ханан уруу-аймах буоларын аахайбат…
Оскуоланы бүтэрээт төрөөбүт нэһилиэкпиттэн тэйэн, хаан уруу буоларбытын билбэт буолан үчүгэйдик алтыспакка, чугастыы олорбут ыалбыт аҕатын быһыытынан өйдөөн хаалбыппын.
Кини үрдүк уҥуохтаах, хап-хара долгуннаах баттахтаах, кыламан быыһынан күлэ сылдьар харахтаах олус кыраһыабай, аҕыйах саҥалаах, сүрдээх холку-наҕыл, үтүө майгылаах киһи этэ. Биирдэ даҕаны кини кимиэхэ эмит куолаһын соноппутун истибэтэҕим. Болуодьа оннугар сытыы-хотуу тыллаах кэргэнэ Нина Семёновна саҥарар, этэр-тыынар этэ.
Нэһилиэк дьоно кинини Доруобай диэн ааттыылларын кэнники, улахан киһи буолан баран биирдэ билбитим. Баҕар кини спортсмен быһыытынан дэгиттэр талааннааҕын иһин ааттаабыттара буолуо. Сайын аайы кымыс үрдүгэр атах оонньуутугар, тустууга тэҥнээҕин булбата. Волейболга үчүгэйдик да оонньуура.
Владимир Алексеевич оскуолаҕа производственнай үөрэтии маастарынан үлэлээбитэ. Үгүс уол тракторист, суоппар идэлэрин баһылыырыгар, техникаҕа сыстарыгар бастакы олугу уурбута. Үөрэнээччилэр кинини олус ытыктыыллара.
Билигин кини үтүө аатын кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ үйэтитэллэр, сирдээҕи олоҕун салгыыллар.

Альбина Викторовна Ефимова (Ефремова),
СР үөрэҕириитин туйгуна,
РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ.
Салайар талааннааҕа
– Манчаары оонньуутун хас да төгүллээх чемпиона, призёра, Саха сирин спордун маастара Николаев Владимир Алексеевич туһунан ахтан ааһыым.
Мин, Иванов Григорий Павлович, үөрэхпин бүтэрэн 1976 с. дойдум оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлии кэлбитим. Ол кэмҥэ Владимир Алексеевич оскуолаҕа трактороведение уруогун биэрэ сылдьара. Владимир атах оонньуутугар, чуолаан «куобахха» Саха сирин спордун маастара, Манчаары оонньууларын хас да төгүллээх чемпиона уонна призёра. Итинник улахан ситиһиилээх киһи биһиги нэһилиэккэ суох да диэххэ сөп курдук. Ити кэмнэргэ биһиги оскуолабытыгар эр дьон учуутталлар, үлэһиттэр күһүн куобахха, саас куска тахсан бултаан-алтаан сынньанан киирэллэрэ. Мин кэлбит сылбар күһүҥҥү бултка (куобахха) Владимир ыҥыран, бэркэ бултаан сынньанан киирбиппит. Ол түмсүүлэри Владимир Алексеевич салайар эбит. Мин онно сылдьан ыкса билсибитим, кини аҕыйах саҥалаах уонна салайар талааннааҕын билбитим. Итинтэн ыла биһиги бииргэ дьарыктанан атах оонньуутугар, нэһилиэктэр күрэхтэһиилэригэр өр сылларга улууска ыһыахтарга бириистээх миэстэҕэ сылдьыбыппыт.
Үөрэх сыла бүтэн каникулга оҕолорго сайыҥҥы от лааҕыра саҕаланар. Онно Владимир Алексеевич начальник, миигин воспитателынан ыҥырбытыгар үөрүүнэн сөбүлэспитим. Элбэх сыл начальнигынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Урут совхоз окко былаан тириэрдэр буолара. Ол былааны толорон, аһара толорон республикаҕа тиийэ биллэр үлэлээх от лааҕыра этэ. Владимир Алексеевич эппитим курдук аҕыйах саҥалаах, от былаанын, ким тугу үлэлиэхтээҕин лоп-бааччы быһааран биэрэрэ. Оҕолор ону аһара истэллэрэ уонна сүрэҕэлдьээбэккэ үлэлэрин толороллоро. Лааҕыр расписаниетын аһара тутуһаллара. Оҕолорго началһник эттэ да сокуон буолара, кинини убаастыыллара.
Владимир Алексеевичка элбэх оҕо трактороведениеҕа үөрэнэн тракторист быраабын ылан билиҥҥэ диэри үлэлии сылдьаллар. Кини оҕолору үөрэххэ, үлэҕэ эрэ буолбакка спортка эмиэ уһуйара. Ол курдук волейболга, атах оонньуутугар убайбыт бэйэтин быраатын Алексей Григорьевы кыра эрдэҕиттэн бултка-алка илдьэ сылдьан, хаамтаран кэлин атах оонньуутугар дьарыктаан Манчаары оонньууларыгар тиийэ кытыннарбыта. Алексей хомойуох иһин эдэр сааһыгар биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Кини баара буоллар убайын туйаҕын хатарыахтаах, атах оонньуутугар маастар буолуохтаах этэ.
Владимир Алексеевич ханнык да ыарахан үлэттэн саллан көрөн турбат этэ, сатаабата диэн суох буолара. Оскуолаҕа кыһын эр дьон тахсан далгычыагынан мас тиэйэн киирэрбит. Кини онно мас ыараханын, төрдүн өттүн ылара уонна биһигини синньигэс өттүн ылларара.
Кэлин мас бэлэмнээн баран “тымныы күүлэтэ тутан биэр” диэн көрдөстүм. Онно кэлэн көрөн баран “маһыҥ үчүгэйэ бэрт, тоҕо тёплай гыннарбаккын” диэн сөбүлэһиннэрэн, сүбэлээн Уйбааныскалыын аҕыйах хонугунан тутан киллэрбиттэрэ. Ол күүлэҕэ хочуолунайбытын оҥостон уу-хаар онно турар, дьиэбит лаппа сылыйбыта. Владимир Алексеевичтыын бииргэ алтыһан үлэлээн элбэххэ үөрэммитим.
Кэлин пенсияҕа тахсан баран оскуола таһыгар көрсүһэн кэпсэтэ турдубут, күһүн үөрэх саҕаланыытын кэннэ этэ. Эдэр уолаттар кэллилэр, күһүҥҥү булт туһунан кэпсэтэ сылдьар эбиттэр уонна ыйыталлар: ити оҕонньор барсара буолуо дуо дииллэр. Киһим иккиэйэҕин хаалбыппыт кэннэ: «Ити кими оҕонньор дииллэр диэн кэннибин хайыһан көрдүм», – дии-дии күлэн бөҕө. Ону мин: «Эйигин этэллэр», – дии-диибин күлэбин. Сити курдук Болуодьа убайбыт төһө да кырдьыбытын иһин туохтан да иҥнэн турбат, дууһатынан отой эдэрдии күүстээх санаалаах, биһиэхэ холобур буола сылдьара.
Маннык айылҕаттан бэриллибит талааннаах киһини оҕолоро үйэтитэн кинигэ таһаартаралларын хайгыыбын уонна махталбын тириэрдэбин.

Ахтыыны суруйда Уһун-Күөл оскуолатын ветеран учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, учууталлар учууталлара, Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, спорт ветерена Григорий Павлович ИВАНОВ.
Дьокуускай куорат, Тулагы бөһүөлэгэ, 01.03.2020 с.
Эппит тылын хайаан да толороро
Николаевтар дьиэ кэргэттэрин кытта 1984 сылтан билсэбин, бу ыал аҕа баһылыгын Владимир Алексеевиһы ол саҕаттан убаастыыбын. Аҕа быһыытынан Болуодьа аһара истиҥ, ыраас тапталынан оҕолоругар сыһыаннаһара. Владимир Алексеевич бэйэтэ спортсмен буолан оҕолорун эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар, бэйэлэрин кыанар буола улааталларыгар болҕомтотун уурара. Сайыҥҥы өттүгэр дьиэ таһыгар баар ыалларын оҕолорун мунньуталаан эрчийтэтэлиир буолара. Тустуу, мас тардыһыыта, уһуну ыстаныы, эстафета курдуктары тэрийэн күрэхтэһиннэртиирэ. Кини итинник дьарыктаталаан, сорох оҕолор инникилэрин өтө көрөн спортсмен буола улааталларыгар күүс-көмө буолбута. Уһун-Күөл уол оҕотун өттө Владимир Алексеевич илиитин иһинэн, кини такайыытынан, иитиитинэн үөрэх ылан олоҕу көрүүлэрэ, атын нэһилиэк оҕолоругар холоотоххо, чыҥха атын этилэр.
Сайын аайы Сымалаахха оскуола оҕолоругар от лааҕырын тэрийэн үлэлэтэрэ. ЛТО-ҕа сылдьыбыт оҕолор күн бүгүҥҥэ диэри ол кэмнээҕи үлэлэрин-хамнастарын ахтан-санаан, астына сэһэргэһэллэр. Онно 1986-87 сс. мин уолаттарым Чурустаев Яша, Паша сылдьыбыттара. Саастарынан кыраларын иһин Болуодьа ылыан баҕарбатаҕа, ону көрдөһөн туран биэртэлээбитим. Онно кинилэри бэйэтин уола Сөмён Николаев табаарыстара буолан аһара тапсан сылдьыбыттара. Онтон ыла да буолуо, Николаевтар дьиэ кэргэттэрин, чуолаан Нина Семёновналыын чугас билсэн ыалынан табаарыстаспыппыт.
Мин маҕаһыыҥҥа үлэлиир буолан развозкаҕа эҥин сылдьарым, уолаттарбын Болуодьалаах Нинаҕа хааллартыырым. Биир түгэни өйдүүбүн: үлэм кэнниттэн киэһэ уолаттарбын сылгылыы кэлбитим – Болуодьа саалатын үөһээттэн канаат түһэрэн баран хайалара түргэнник тахсарын күрэхтэһиннэрэ сылдьара. Оннук уолаттарым спортивнай азартка киирэн, хоно хаалбыттара. Семён, Алёша, Яша, Паша буолан күрэхтэһэр этилэр. Хос аанын ыккардыгар тардынар тимир туруоран онно эмиэ күрэхтэһиннэрэр буолара. Күһүн сир аһыгар Болуодьа от күөх “маскыбыыс” массыынатыгар олорон бары дьиэ кэргэнинэн Сымалаах диэки отоннуу барабыт, онно да сылдьан күрэхтэһии тэрийэр. Ким түргэнник иһитин толорор эбит диэн оҕолуун, улахан киһилиин бары кыттабыт.
Владимир Алексеевич ханнык да дьыаланы саҕалаабытын иһин тиһэҕэр тиэрдэн баран тэйэрэ, үгүс-элбэх саҥата суох эрээри кини эппит тылын толотторор буолара. Мин Болуодьаны киһи быһыытынан убаастыыр, холобур туттар киһим. Кини туйаҕын хатаран кыра уола Алексей Владимирович Таас-Үрэххэ аһара үчүгэй үлэһит, спортсмен, общественник буолан үүнэн тахсан физкультура учууталынан үлэлии сылдьар.
Владимир Алексеевич сырдык мөссүөнэ, аата оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр кэпсэнэ, ахтылла, уруйдана турдун.

Ахтыыны суруйда
Римма Павловна СЕМЁНОВА.
ОҔОЛОРО, СИЭННЭРЭ
Улахан оҕото Аликка – Алевтина Владимировна ПОПОВА:
– Мин ыал улахан оҕото буолабын, онон тээтэ миигин илии-атах оҥостооччу. Уолаттар кыралар, ол иһин мин киниэхэ наар көмө буолар этим. Дьиэ эпсиэйдээһинэ, дьиэ үрдүгэр буор кутуута барыта, туох эмэ үлэ баар буоллаҕына “Аликка, оҕом сыыһа, көмөлөс” диир буолааччы. Кини Большой Неверинэн сылдьыбыт суоппар, онтон биһиэхэ кэһии бөҕөтө кэлээччи. Бэйэтэ кэллэҕинэ үөрүү бөҕөтө буолар этибит. Хаһан даҕаны мөхпөт, наар оҕолорум барахсаттар диир буолара.
Сана дьылга дьиэбитигэр улахан харыйа аҕалан традиция курдук ахсынньы 28 күнүгэр ёлка турааччы. Кыралар ол ёлка таһыгар утуйбут да буолааччылар. Саҥа дьылга маамалыын Мирнэйгэ баран ас-үөл аҕалааччылар, дьааһыгынан яблоко, дьиэбит иһэ барыта яблоко сытынан дыргыйааччы. Тоҕо эрэ миэхэ наар кыһыл спортивнай көстүүм, эбэтэр рейтуза аҕалааччы. Ону мин үөрэ кэтэр этим, билигин санаатахпына оҕом хаһан даҕаны самныбатын диирэ буолуо.
Булчут бөҕө этэ, биһиги ойон турдахпытына уонунан кус тэлгэнэ сытар буолааччы. Кини эрдэһит бөҕө, кыһын туһах иитэн, онно биһигини илдьэ баран куобахха хайдах туһах ииттэллэрин барытын көрдөрөөччү. Сир аһыгар бииргэ илдьэ сылдьааччы. Биир фанера чэй дьааһыгын ону толороҕут, мантан тэйимэҥ диэн баран бэйэтэ кустуу барар. Ол оҕолор төһө бэйэлээҕи үргүөхпүтүй, кэлэн бэйэтэ барытын хас да биэдэрэнэн толорон кэбиһэр, ыал кыстыыр аһа буоллаҕа.
Өр сылларга оҕо лааҕырыгар начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Онно элбэх оҕо үлэҕэ уһуйуллубута. Оҕолор билигин даҕаны үтүө санаанан ахталлар. Лааҕыр сылын аайы бастакы миэстэлэргэ сылдьыбыта. Оҕолору икки сыл субуруччу Москва, Ленинград куораттарынан күүлэйдэтэн аҕалбыта. Бэйэтэ “Москвич” массыынанан наҕараадаламмыта, ол “Москвич” билигин даҕаны дьиэтин таһыгар турар.
Тээтэм спортсмен бэрдэ, атах оонньуутугар хас да төгүллээх Манчаары бирииһин чемпиона, призёра. 1980 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥаласка спорт маастарын нуорматын толорбута. Ону ким даҕаны сыаналаабатаҕын иһин кэлин хомойор этэ. Чемодан муҥунан медаль уонна грамота баар, ону харыстыыра, сиэннэригэр көрдөрөн үөрээччи.
Дьиэтигэр мээнэ саҥарбат, биһиги маамабытын кытта 47 сыл эйэ-дэмнээхтик аҕыс оҕону төрөтөн олорбуттара. Маама улахан боппуруоһу тээтэттэн ыйытыҥ диэччи, кини сөбүлэстэҕинэ диэн буолааччы. Сайын оҕолор уоппускаҕа кэллэхпитинэ үөрэр аҕай, от бөҕө туруордахпытына оҕолорум барахсаттар диэн астынара. Кини үөрдэҕинэ хараҕар биллэр, оччоҕо биһиги эмиэ үөрээччибит.
Махтал тээтэбитигэр, ийэбитинээн барыбытын санаа хоту иитэн, улааттыннаран, үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥорбуттарыгар.

Чурапчы, 27.03.2020 с.
КЫЫҺА В.В. СЕРГЕЕВА (хаартыскалар):

Күтүөтэ Сергеев Прокопий Прокопьевич уолунаан Максимныын

Кыыһа Анжелика Владимировна ИВАНОВА: Тээтэм Владимир Алексеевич Николаев сырдык кэриэһигэр
– «Бу олоххо киһи букатын кэлбэт, уларсык, ыалдьыт курдук кэлэн ааһар, ол иһин олоххун үчүгэйдик, дьон сиэринэн олоруохтааххын», – диэн мин аҕам этэрэ. Хас биирдии киһи олоҕо ураты, атын, сыаналаах буолар, ол курдук биһиги аҕабыт Николаев Владимир Алексеевич 1940 с. Уһун-Күөл нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Этэргэ дылы кини олоҕо дьиҥ-чахчы ураты, чаҕылхай.
Мин аатым Иванова Анжелика Владимировна диэн, 1970 сыллаахха Уһун-Күөл бөһүөлэгэр Николаевтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс кыыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам Николаев Владимир Алексеевич, ийэм Николаева Нина Семёновна, бииргэ төрөөбүттэр ахсыабыт.
Биһиги аҕабыт наһаа сэмэй, элбэх саҥата суох, олус кыраһыабай көрүҥнээх, үлэһит киһи этэ. Биһиги кинини «тээтэ» диэн ааттыыр этибит, хаһан да паапа, аҕа диэччибит суох.
Оскуолаҕа трактороведение учууталынан, механигынан үлэлиирэ. Ону таһынан улахан кылаас уолаттарын атах оонньутугар эрчийэрэ, уһуйара.
Ийэбит Нина Семёновна эмиэ оскуолаҕа котельнайга үлэлиирэ. Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан котельнайга тээтэбитин кытта мас кыстыырбыт, оскуола батарыайаларын бэрэбиэркэлиир этэ. Биһиги онно оскуолаҕа киирсэн спортзалга мээчиктиирбит, сүүрэр-көтөр буоларбыт. Биһиги тээтэбит бары өттүнэн дэгиттэр талааннааҕа. Ол курдук үөрэх, спорт, техника, үлэ өттүгэр барытыгар тэҥнээҕин булбат этэ. Дьон көрдөстөҕүнэ хаһан да аккаастабакка мастарын, отторун биир-биэс харчыта суох тиэйэн биэрэрэ. Кини наһаа оҕомсох, биһигини барыбытын бииргэ түмэн илдьэ сылдьааччы. Саас барыбытын бииргэ илдьэ тахсан саһаанныыр этибит. Сайын окко, күһүн барыбытын отонното илдьэ сылдьааччы. Биирдэ да биһигини улаханнык мөхпөтөҕө, саҥарбатаҕа, арай буруйдаах буоллахха кыратык сэмэлиирэ.
Үөрэх өттүгэр үчүгэйдик үөрэнэрбитин барыбытыттан ирдиирэ, киэһэ уруок үөрэтэрбитин көрөрө-истэрэ. Ол курдук биһигини барыбытын үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥорбуттарыгар ийэлээх аҕабытыгар махталбыт муҥура суох.
Мин 8 кылаас кэнниттэн 15 сааспар Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэххэ киирбитим. Онно үөрэнэ барарбар олохпун буллара диэн ийэбин миигин кытта куоракка ыыппыта. Ол саҕана суол олус куһаҕан этэ, Беларусь тракторынан Сунтаарга портка киллэртээбитэ. Уһун-Күөлгэ төннөөру туран маннык диэн кытаанахтык эппитэ: «Дьэ, Анжелика ыраах үөрэнэ бараҕын, онон өйүҥ-санааҥ барыта үөрэх туһунан буолуохтаах. Эрдэнэр, оҕолонор туһунан үөрэххин бүтэрдэххинэ биирдэ толкуйдаар».
Дьэ ол курдук 1985 сыллаахха Дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэнэ бардым. Үөрэхпин ситиһиилээхтик бүтэрэн 1989 сыллаахха төрөөбүт дойдубар кэлэн Сунтаар сэлиэнньэтигэр райсоюз детсадыгар үлэҕэ киирбитим.
Аҕам эппит тылын ылынан үөрэхпин бүтэрэн, үлэ булан дьэ кэргэн таҕыстым…
1990 сыллаахха тапталбын, олоҕум аргыһын Иванов Андрей Борисовичтыын көрсөн ыал буолбуппут. Мин Андрейым сахаҕа олус кыраһыабай, уһун-киппэ көрүҥнээх, сэмэй баҕайы, наар күлэ-үөрэ сылдьар, хайдах эрэ тээтэбэр майгынныыр этэ. Кини кыра сылдьан тустуунан дьарыгырбыт эбит. Тээтэм күтүөтүн олус сөбүлээбитэ, миэхэ: «Дьэ үчүгэй уолга кэргэн тахсыбыккын, олоххутун үчүгэйдик оҥостон олоруҥ. Ыал олоҕо дьахтартан тутулуктаах. Хайдах да куһаҕан киһини дьахтар үчүгэй гынар, үчүгэй киһини дьахтар куһаҕан оҥорор», – диэн эппитэ.
1991 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр бастакы оҕобут, бастакы сиэн күн сирин көрбүтэ, ол сайын Андрейым биһикки аҕаларбыт биһиэхэ эдэр ыалга дьиэ тутан саҕалаабыттара. Күһүн дьиэбит бүтэн саҥа дьиэҕэ көспүппүт. Саҥа дьиэбит сынньалаҥ пааркатыттан чугас тутуллубута, Сайын ыһыах кэмигэр тээтэм биһиэхэ киирэн, ыһыах түһүлгэтигэр ыһыахтаан астынан-дуоһуйан тахсара. Ол курдук күтүөтүн кытта ордук атах оонньуутун, тустууну, ат сүүрдүүтүн сэҥээрэн, олус астынан көрөллөрө.
Сыллар, хонуктар ааһан испиттэрэ. Биһиги ыал буолбуппут 14 сылыгар сайын кыыс оҕоломмуппут. Ыһыах саҕана аҕам киирэн дэлби үөрбүтэ уонна кыыскытын Сардаана диэн ааттааҥ диэбитэ. Андрей эдьиийин аатынан Айталина диэн ааттаабыппыт. Андрей эмиэ мин тээтэм курдук наһаа оҕомсох этэ. Кини Мирнэй куоракка «АЛРОСА» компаниятыгар сварщигынан уунан үлэлиирэ. Бээтинсэ аайы кэлэрэ, уолаттарын олус ачаалатара, уолаттар да паапаларын наһаа ахталлара. Кэллэҕинэ наар уолаттарын илдьэ сылдьан онно-манна сырыттыннартыыр, тугу баҕарбыттарын, санаабыттарын атыылаһар буолара.
Хомойуох иһин, кыыһым кыратыгар кэргэним сүрэҕинэн бу олохтон соһуччу күрэммитэ. Тээтэм наһаа санаарҕаабыта, олус чугастык ылыммыта: «Наһаа ытаама-соҥоомо, санааҕын түһэримэ. Биһиги баарбыт, оҕолору, сиэннэрбин атахтарыгар туруоруохпут», – диэбитэ. Ол кыһын ийэбин миэхэ ыыппыта.
Маамам 6 ыйдаах кыыспын көрөрө, мин үлэбэр тахсыбытым. Үс оҕолоох хаалан баран киһи отой мунан, ыһыктынан кэбиһиэн сөптөөх дии саныыбын, ону аҕам өйдөөх киһи буолан ийэбин киллэрэн күүс-тирэх гыммытыгар улаханнык махтанабын.
Тээтэм баарын тухары эппин, үүппүн, бэл диэтэр саһаан маспын хааччыйан олорбута. Ол курдук олохпут салҕанан барбыта.
2011 сыллаахха саас муус устар ыйга тээтэм звоннаата, син добуочча сэһэргэспиппит кэннэ “тугум эрэ ыалдьар, аспын кыайан ыйырбат курдукпун” диэтэ. Мин “сарсын киирэ оҕус, быраастар бары биһиэхэ байыаннай хамыыһыйаҕа бааллар” диэтим. Сарсыныгар тээтэм киирээтин кытта эндоскопияҕа түһэттэрдим, бырааспыт түргэн үлүгэрдик куораттыы охсуҥ диэтэ. Дэлби хомойдум, тээтэм барахсан сааһыран истэрэ мөлтөөбүт этэ. Онон диагноһын эппэккэ “сарсын куораттыыбыт” диэтим.
Ол сарсыныгар тээтэбин илдьэ куоракка айаннаатыбыт. Аҕам пищеводугар искэн тахсан аанньа аһаабакка дэлби дьүдьэйбит этэ. Айаннаан тиийээт, биир нэдиэлэ иһигэр туох баар анализтарын, процедураларын аһардан онкодиспансер балыыһатыгар киллэрдим. Бэйэм бүтэһик суолунан дойдубар кэлбитим. Кэлэн баран ыам ыйыгар призывка оҕолору илдьэ таарыйа аҕабын көрсөн-билсэн, радиология отделениетыгар көһөрөн кэлбитим. Сайын от кэмигэр аҕам дойдутугар кэлбитэ, дойдутун салгынынан тыынан, үрүҥ аһылыгынан аһаан син бэртэх кэлбитэ.
Күһүөрү улахан уолум үөрэҕин бүтэрэн үлэ булбута, онон куоракка ипотеканан дьиэ ылбытым. Ол күһүн аҕабын иккис плановай химиотерапиятыгар илдьибитим.
Сэтинньи ыйга үлэбинэн командировкаҕа куоракка барбытым. Куоракка тиийэн дьиэбэр тээтэбин өрөбүллэргэ сынньата таһаарбытым. Дэриэбинэтин сонунун, сиэннэрин туоһулаһан ирэ-хоро сэһэргэспиппит. Ол олорон: «Миигин отой сэймэктэтээйэҕин, бу үлүгэр толору астаах остуолу көрөн олорон, ас амтанын билбэккэ барыахпын баҕарбаппын», – диэн баран, оҕо сылдьан ыараханнык аччыктаан өлө сыспытын санаан кэлэн уйадыйан ылбыта. Ол да кэмҥэ аччыктаабытым сөп диэхтээбитэ, оо, онно аҕабын наһаа да күүскэ аһыммытым, бэл диэтэр хараҕым уута сүүрбүтэ… Кини оҕо сааһыгар сэрии ыар аччык сылларыгар тыыннаах хаалбыта, бу биһиги аҕыс оҕо дьолбутугар.
Ол курдук сарсыныгар аҕам тылын ылынан Медцентрга үлэлиир аҕам быраатын, эндоскопия отделениетын бырааһын Кларов Александр Прокопьевичтыын кэпсэтэн, сүбэлэһэн баран тээтэбин онкология диспансерыттан Медцентрга көһөрөн баран дьиэлээбитим.
Ахсынньы ыйга эмиэ оҕолору илдьэ барбытым, таарыйа Медцентрга баран тээтэбин көрсөн кэлбитим. Оҕонньорум сирэйэ-хараҕа бэртэх кэлбит, этэҥҥэ аһыыр буолбут, үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдээх этэ. Быраатыгар улаханнык махтанарын эппитэ.
Саҥа дьылга дьиэтигэр кэлэн үөрэн-көтөн бырааһынньыктаабыта, этэҥҥэ аһыыр-сиир буолбут этэ. Ыарахан ыарыыттан бэртэх кэлбитэ, бу кини санаата күүстээҕин уонна эдэр эрдэҕиттэн этин-сиинин эрчийбит буолан, олоҕу күүскэ сыаналыырын өссө төгүл бигэргэппитэ.
Хомойуох иһин, 2012 сыл кулун тутар 30 күнүгэр куоракка бэрэбиэркэҕэ баран иһэн массыына саахалыгар түбэспитэ. Сырдык тыына муус устар 6 күнүгэр быстыбыта. Аҕам, тээтэм барахсан күүстээх санаалаах, мэлдьи күлэ-үөрэ сылдьар сырдык мөссүөнэ биһиги сүрэхпитигэр өрүү сылдьыаҕа. Кини олорботох олоҕун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыахтара.
Бэйэм туспунан кылгастык кэпсээтэхпинэ, Сунтаардааҕы байыаннай комиссариатка үлэлээбитим 18 сыл буолла. Үс оҕолоохпун, биир сиэннээхпин. Улахан уолум Иванов Борис Андреевич, эһэтин туйаҕын хатаран атах оонньутугар маастарга кандидат. Үрдүк үөрэхтээх финансист, Дьокуускай куоракка олорор, бэйэтин идэтинэн «Колми» фирмаҕа үлэлээбитэ быйыл 9 сыла. Кэргэнэ Лена Петровна турфирма менеджерэ. Иккис уолум Иванов Александр Андреевич үрдүк үөрэхтээх электроинженер, бэйэтин идэтинэн Аллараа Бэстээххэ тимир суолга үлэлиир. Кэргэнэ Ксения Михайловна кэтэхтэн юридическай факультет бүтэһик курсугар үөрэнэр, кыыстара Белла детсад иитиллээччитэ. Кыыһым Айталина Андреевна Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын 9-с кылааһыгар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар.


Улахан уола Вадим Владимирович ахтыыта:
– Мин аҕам (тээтэм) Николаев Владимир Алексеевич – Доруобай Болуодьа туһунан ахтан санаан ааһар эбит буоллахха, мин ордук тээтэбинээн бииргэ бултаабыппын, оттообуппун ахтан-санаан ааһабын.
Саха омук буоларым быһыытынан, тээтэм миигин кырабыттан куска батыһыннара сылдьааччы. Мин соругум диэн сэмээр үөмэн киирэн табыллыбыт кус ханан түспүтүн кэтээһин-манааһын, наада буоллаҕына арагаайканан биитэр маһынан ситэ баттаан ылан ситэрилээһин буолара. Сороҕор хойомуун куспутун эккирэтэн иккиэйэх бэйэбит үөгүү-хаһыы буолааччыбыт, онтубут бэйэтэ туһунан көрдөөх-күлүүлээх түгэн буолааччы. Төрөөбүт күнүм ыам ыйыгар буолан үксүн куска диэн тээтэбинээн айылҕаҕа тахсан ылааччыбыт. Хонукпут буолла да, курсуйан хаалбыт оту хаһан киирэн бэрт сылаастык утуйан турар буоларбыт. Аны кыһын өттүгэр куобахха туһахтыыбыт. Тээтэм ол саҕана оскуола ГАЗ-53 массыынатыгар суоппардыыр, күһүн хаар чарааһыгар онон сылдьабыт. Туһахпытыгар куобах иҥнибит буоллаҕына маҥнай мин сүүрэн тиийэбин, тээтэм кэннибиттэн күлэ хаалар, үөрүү-көтүү бөҕө буолабыт. Мас көтөрө элбэх буолан саабытын укта сылдьабыт. Дьиэбитигэр арыт мас көтөрдөөх, куобахтаах, ону таһынан тииҥнээх үөрэн-көтөн кэлээччибит. Сойбут тииҥ этин тэлэбииһэр иннигэр кирэ олорор минньигэс да буолара!
Арааһа бэһис эҥин кылааска үөрэнэ сырыттахпына буолуо, биир күһүн кустаан кэлэн иһэн лоокуут олорорун көрөн тээтэм «ыл, ноко, ол лоокууту ыт» диир, мин хап-сабар арагаайкабын хостоон эрдэхпэ киһим «суох, манан ыт» диэн саатын уунна уонна маннык кыҥаан ыт диэн ыйан-кэрдэн биэрдэ. Онон саанан бастакы булдум лоокуут буолар.
Ол күн киэһээтигэр тээтэм хайа эрэ оҕонньортон биир айах 16-лаах саа уларсан куобах маныы барбыппыт. Киһим миигин биир кыра өтөххө хаалларан баран бэйэтэ салгыы атын өтөххө барда. Дьэ мин манаан олор да олор, устунан букатын да утуйан киирэн бардым. Биирдэ өйдөммүтүм халлаан хараҥарбыт, арай иннибэр туох эрэ маҕана көстөр. Чөҥөчөк диэхпин баарыан суохха дылы этэ, диэн саарыы олордохпуна маҥхайарым сүтэн хаалла. Тууй-сиэ, барда буо, дии олордохпуна төттөрү маҥхас гынан кэллэ ээ. Оччону көрөн баран олоруом дуо, эмиэ сүтүө диэн тутуу былдьаһан туһаайа түһээт ытан хабылыннардым. Маҕаным мэлис кынан хаалла. Арааһа барда быһыылаах, диэн санаам түһэн добуочча олордум. Ол олордохпуна ойуур иһиттэн тээтэм тахсан кэллэ, «хайа, ноко, тугу ыттыҥ» диир. Мин «ээ, ол тиит анныгар туох эрэ маҥхаҥныырын ыппытым» диибин. Тээтэм тиит анныгар тиийэн «хайа, нокоо, куобаҕы бултаабыккын, оҕом котоку дьэ маладьыас» диэн, онно миигиннээҕэр үөрбүт-көппут тээтэм куобаҕы өрө көтөҕөн таһаарбыта астык да көстүү этэ. Онтон ыла тээтэбинээн элбэхтэ куска, куобах үүрүүтүгэр сылдьыбыппыт, тээтэм оскуола ДТ-75-гэр тырахтарыыстыыр. Ол бырысыабыгар толору тиэллэн, биир үксүн Дьаархан Чуукаарыгар айанныыбыт. Тээтэм кустаах, куобахтаах, бултаах дойду диэн бэркэ астынар сирэ быһыылааҕа. Инньэ гынан саас, күһүн буолла да Чуукаарбыт диэки айаннааччыбыт. Киэһэ утуйуох иннигэр кырдьаҕастар уруккуну-хойуккуну сэлэһэллэрин истэ сытар үчүгэй да этэ.
Сайын аайы тээтэм “Бригантина” от лааҕырын салайан үлэлэтэрэ, онтуҥ эмиэ туһунан көрдөөх-нардаах олох этэ. Тээтэм салайбыт лааҕыра улууска мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар буолан элбэх оҕоҕо Москуба куораты көрдөрбүт буолуохтаах. Кэнники Сымалаахха моой оттуу сылдьыбыппыт, онно от кээһиитэ буолла да ол диэки оттуур отчут бары бииргэ мустан кээһэбит. Тыраахтырдаах дьон тээтэ биһикки улахан тойоттор курдукпут, дьэ уонна ходуһа-ходуһаны кэрийэ сылдьан кээһии, көр-нар, бэйэтэ туһунан ыһыах курдук буолааччы.
Ону таһынан тээтэбит тутууга сыстаҕас буолан үлүгэрдээх дьиэни, атын да тутууну тутан элбэх дьон махталын ылбыт кини буолар. Спортсмен, маастар тээтэлээх буолан хас ыһыах аайы мүһэ диэни амсайбыт дьон биһиги буолабыт. Барахсан минньигэс да ас буолара, дьэ. Маамабыт кытаанах соҕус буолан буолуо, тээтэбит дьиэҕэ күүтүүлээх киһибит буолара. Түннүгүнэн сөбүлээн кэтэр сыгыайка бэргэһэтин кыҥнары кэтэн, оскуолатыттан кэлэн иһэрэ харахпар билигин да баарга дылы…

Улахан уола Вадим Владимирович НИКОЛАЕВ ахтыыта.
Уһун-Күөл, 19.04.2020 с.
КЫЫҺА НАТАЛЬЯ ВЛАДИМИРОВНА: Махтал күндү киһибитигэр!
Аҕа, аҕаа…
Төһөлөөх иһирэх, истиҥ
Иэйиилээх тылларый!
Төһөлөөх киһи оҕо буолан
Ити тылтан тирэхтэнэн
Бу орто дойдуга олорон
Ааһара буолуой.
Ким ону билиэй!
Ким ону ааҕыай!
Аҕа курдук күндү
Аҕа курдук күүстээх
Аҕа курдук эр санаалаах
Тугу барытын сатыыр
Киниэхэ тэҥнээх
Эркин курдук эрэллээх
Туллубат тутаах,
Өҕүллүбэт өһүө оҕоҕо
Ама ким баар буолуой.
Ол биһиги аҕабыт,
Күҥҥэ көрбүт күндү киһибит!
Мин аҕам (тээтэм) Николаев Владимир Алексеевич 1940 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини СР үөрэҕириитин туйгуна, атах оонньуутунгар САССР спордун маастара, Манчаары бирииһин хас да төгүллээх чемпиона, призёра, Бүлүү зонатын түөрт төгүллээх абсолютнай чемпиона, көҥүл тустууга бэтэрээннэргэ улуус икки төгүллээх чемпиона, призёра.
Мин аҕыс оҕоттон бэһис оҕонон 1973 сыллаахха төрөөбүтүм. Тээтэм миигин Наташа диэн бэйэтэ ааттаабыт. Тээтэм сүрдээх үлэһит, оскуолаҕа үлэлээбитэ. Сайын аайы ЛТО-ҕа от үлэтигэр оҕолору элбэххэ үөрэппитэ. Мин кыра сылдьан наар тээтэбин кытта сылдьар буоларым, миигин атаах оҕото этэ, улаханнык мөхпөт. “Москвич” массыынанан каникулга Элгээйи музейын, Мирнэй куораты көрдөрө наар илдьэтиирэ. Тобус-толору буолан барар этибит, үөрүү-көтүү бөҕө. Убайым Бадьыым, быраатым Сэмэн табаарыстарын барыларын илдьэтии барара. Саас бары саһаанныы, сайын оттуу, күһүн сир астыы тахсарбыт. Саас дьиэбит уһаайбатыгар хайыһар суола оҥорон, онно хайыһардыырбыт. Саҥа дьылга улахан да харыйаны аҕалар буолара, хайдах эрэ биһиги эрэ улахан харыйалаах курдук өйдүүбүн. Ону киэргэтэн улахан бырааһынньык буолара.
Маамалыын аҕыс оҕону төрөтөн улаатыннардылар. Биһигини барыбытын үөрэхтээн, үлэһит оҥорон, ыал-күүс буолан олоробут.
Мин аҕам – тээтэм туппут, төрөөбүт дьиэбэр ийэбинээн олоробун, студент уол оҕолоохпун. Махтанабыт күндү киһибитигэр – аҕабытыгар!

Кыыһа, Арыылаах нэһилиэгин «Сулусчаан» оҕо саадыгар баспытаатал көмөлөһөөччүтэ Наталья Владимировна.
Уһун-Күөл, 07.04.2020 с.
ОРТО УОЛ СЭМЭН (Хаартыскалар)

КЫРА УОЛ АЛЕКСЕЙ (ыстатыйа, хаартыскалар)





Саамай кыра кыыһа Надежда Владимировна НИКОЛАЕВА, Сунтаардааҕы 2-с №-дээх «Сардаана» оҕо саадын завхоһа:
– Биһиги тээтэбит… Кыра эрдэхпиттэн тээтэ дии үөрэммиппин, оҕолор «паапа» диэтэхтэринэ наһаа сөҕөр этим. Паапа диэн ким баҕайыный диирим.
Мин Владимир Алексеевич, Еликанида Семёновна Николаевтар дьиэ кэргэннэригэр ахсыс оҕонон төрөөбүтүм. Онон саамай ыал кырата, атааҕа, мурун бүөтэ буолабын. Надежда диэн тээтэм ааттаабыт, мин «эрэлим» диэн. Ол эрээри кыра эрдэхпиттэн Надьай диэн таптаан ыҥырара.
Үйэтин тухары тырахтарыыс, суоппар. Оскуолаҕа трактороведение диэни үөрэтэрэ, элбэх тырахтарыыһы үөрэтэн таһаарбыта. Сайын аайы ЛТО лааҕырын тэрийэн оскуола оҕолорун кытта Сымалаах киэҥ-куоҥ сыһыыларын, хонууларын барытын оттууллара. Мин эдьиийдэрим, убайдарым эмиэ онно үлэлэспиттэрэ.
Кыра сылдьан аһыы барарбар устууллаах этим, онно турабын – тээтэм хаһан хоһуттан тахсан сүүкэйдээн илдьэн остуолга олордорун манаан. Килиэппин арыылаан, саахардаан, кыра гынан кырбаан биэрэр, дьэ оччоҕо биирдэ астына-дуоһуйа аһыыбын. Ол иһин хойукка диэри килиэби кыайан быстыбат этим ээ. Уонна киэһэ аайы суорат сиир этибит, сүөгэйдээх. Тээтэбит эбэһээт үүт оргутан суорат оҥорооччу.
Оҕо саадыгар сылдьан дьиэлээх сырылыыр сыыр баар этэ, онно наһаа ымсыырар этим. Ол иһин тээтэм миэхэ анаан дьиэбит таһыгар дьиэлээх сырылыыр сыыр, икки хаачыал оҥорон биэрбитэ. Сэсиэт оҕолор ымсыыран бары биһиэхэ оонньуу кэлэллэрэ. Дьэ онно эн оонньоо, эн оонньоомо диэн киэбирэр быһыылаах этим, ол саҕана миэхэ эрэ баар буолан буолуо.
Саҥа дьыл буолла да дьиэбит иһигэр муостаттан ботолуокка диэри харыйа эрбээн киллэрэр. Ону киэргэтээри кэтэһии-манаһыы бөҕө буоларбыт. Кыра убайбын кытта, хантан тиийиэхпитий, быстаран утуйан хаалабыт. Сарсыарда турбуппут харыйабыт киэргэйэн, симэнэн турар буолар. Эдьиийдэрбит биһиги утуйбуппут кэннэ киэргэтэн кэбиһэр эбиттэр. Бу санаатахха, ёлка оонньуурун алдьатыахтара диэн кырасыабай оонньуурдары барытын үөһээ, биһиги тиийбэт сирбитигэр иилэллэр. Биһиэхэ аллараа лабааны хаалларар этилэр, онно кумааҕы оонньуурдары иилэрбит. Уонна киэһэ аайы уоттаах харыйа анныгар сытабыт.
Тээтэбит сарсыарда аайы эрчиллэр, онно биһигини санныгар сүгэн баран приседание оҥорор. Кыһын таһырдьа тахсан хаарынан суунара. Ону көрө-көрө сэсиэттэр сөҕөллөр аҕай. Халлаан күөх “Москвич” массыыналаах этибит, онно олордубут да онно-манна бары барарбыт. Сайын аайы тастыҥ дэриэбинэ ыһыахтарын көтүппэт этибит, тээтэбит атах оонньуутугар күрэхтэһэр буолан. Уонна наар бириистээх миэстэҕэ тиксэрэ, дьиэбитигэр бириис бөҕө тиэйэн кэлэрбит.
Хас бырааһынньык аайы Мииринэй куоракка бараллара, маамабытын кытта. Оо, дьэ ону кэтэһэр этибит, хаһан кэлэллэрин. Кэһии сиэри манаһыы буолара. Фрукта арааһын, дьааһыгынан лимонад, эриэхэ, хампыат, бичиэнньэ аҕалаллара. Ону маамабыт обургу кистии илигинэ тээтэбит биирдиини ылан тутартаан кэбиһэр, астына-дуоһуйа сиэн баран утуйан хаалабыт. Биһигини хаһан да мөхпөт, кыыһырбат, биирдэ эмит кыыһырдаҕына куһаҕаннык кыыһырара. Ол иһин буолуо, кыыһырдыбат этибит.
Биһиги дьоммут сүөһү иитэн, сибиинньэ көрөн сибиэһэй эт, сүөгэй, арыы сиирбит. Сайын аайы оттуу барабыт – Кэһэбилинэн, Муҥ күөлүнэн, Таныы өтөҕөр уонна Бөххөнньөх диэн кыра өтөххө. Барытын илииннэн оттуурбут, аттынааҕы дьоммут барыта техника этэ. Ону көрө-көрө ымсыырабыт эрэ, оо, от харбыырбын сүрэҕэлдһиир да этим… Ол кэриэтэ бугул туруоруом этэ. Биирдэ тээтэбитигэр от харбыыр уларсыаххаа диэбиппитигэр “ол харбыыргыт оту таах хаалларан кэбиһэр, хааччыстыбата суохтук хомуйар” диэбитэ. Кырдьык оннук эбит, кыраабылынан оту барытын хомуйан ылаҕын. Ол иһин барытын илиинэн оттоторо. Өрүүр күммүтүгэр сир аһын хомуйабыт. Тээтэбит ханна, туох сир аһа үүннэрин аһара билэр буолан чопчу ол сиргэ барабыт. Уонна илдьэ барбыт иһиппитин барытын толорон кэлэрбит.
Маамабыт булара-талара бэрт буолан биһиэхэ бары-барыта баар этэ, туох суоҕуй диэххэ сөп. Биһиги тээтэбит бултуурун сөбүлүүр, байанайдаах булчут. Күһүн, саас буолла да бултуу барара уонна кус арааһын, хаас, куобах, тайах бултуйан кэлэрэ.
Тээтэбит ас барар сиригэр искэн тахсан, онтун эппэрээһийэлэтэн трубка уктарбыта. Дьэ киһилии аһыыр буолан үтүөрдүм диэн үөрэн-көтөн сылдьыбыта. Бэрэбиэркэҕэ диэн Дьокуускай куоракка баран иһэн массыына саахалыгар түбэспитэ. Сиһин уҥуоҕун тоһутан, эппэрээһийэтин кыайан тулуйбакка бу күн сириттэн күрэммитэ номнуо ахсыс сылыгар барда. Төһө да суох буоллар тээтэбитин саныыбыт, суохтуубут. Тээтэм – өрүү сүрэхпэр!

КЭРГЭНЭ, ОҔОЛОРО, СИЭННЭРЭ (Хаартыскалар)


СИЭННЭР

АЙМАХТАР
Эдуард Данилович ЕРЕМЕЕВ — Ээдьик: Убайбыт Доруобай Болуодьа!

– Убайбыт Ньукулаайап Болуодьа биһигиттэн добуочча аҕа буолан эбитэ дуу, олоҕун кэлиҥҥи кэрчик кэмнэригэр отой кыратык алтыһан ааспыт эбиппит.
Арай хас көрүстэҕин аайы мэлдьи: «Хайа, быраат, дьыала хайдаҕый», – диэн истиҥник эҕэрдэлэһэр буолара. Туох эмэ дьээбэлээҕи, бахаабынай соҕуһу «чап» гыннардахха төбөтүн быһа илгистэн баран күлэн харахтара сүтэн хаалара. Санныбын таптайа-таптайа “чэ, ночубуо, эриһиэхпит, быраат” диэччи…
Кини тээтэбит Дайыылы биһиги оҕолор истэллэригэр хайгыырыттан соло буолааччыта суох. Бу эмиэ оҕолорго сыһыана, холобурдаан кини курдук буолуохтааххыт, диэн биһигин такайар ньыматын кэлин өйдүүр эбиккин. Оччолорго кырдьык киһи үчүгэй, ураты бэйэтин хаачыстыбалара үксэ өлбүтүн кэннэ эрэ ахтыллар. Анараа дойдуга аттаннаххына эрэ орто дойдуга оҥорбут үтүөҥ дагдайан тахсар диэн итэҕэс өйдөбүл баара. Онтон туран, билигин кэлэн өйдөнөммут, сайдаммыт киһини тыыннааҕар өрө тутуллуохтаах диэҥҥэ сөпсөһөбүн. Урут кырдьык “тэптэрэн биэрээһин, киһиргэтээһин” диэн буолара. Убайбыт кырдьык билиҥҥи кэмҥэ курдук дьону, тээтэбин хайҕааһына бэйэтин муударай уратыта буоларын биһиги кэлин сөп түбэһиннэрэн саныыбыт.
Болуодьа ордук уолаттары кытта тапсара. Ол туоһутунан хас да сыл оскуолаҕа «производственнай үөрэхтээһин» маастарынан ситиһиилээхтик үлэлээбитин, сайынын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар начаалынньыктаабытын туһунан бэрт элбэҕи кэпсиэххэ сөбө. Ордук чороччу улаатан эрэр бөһүөлэгин уолаттарын үлэҕэ, тиэхиникэҕэ мындыр сыһыаннаан иитэн, үөрэтэн таһаарбыта үгүс. Хас биирдии оҕону туһунан тутан, хараахтырын табан чугаһыыры сатыыр, кинилэргэ сөбүлэтэр буолан табыллан уһуннук үлэлээтэҕэ дии. Национальнай көрүҥҥэ спорт маастара буолан мин аҕай дэммэккэ, төттөрүтүн сэмэйэ бэрт буолан онтун ончу биллэрбэтэ.
Норуот таптаан «Доруобай Болуодьа» диэн аат иҥэрбитэ. Онтон кэлин өссө судургу, өйдөнөр буоллун диэн «Доруобайынан» эрэ биллэрэ. Били Доруобайдаах, Доруобайдаахтыын эрэ диэн буолара. Саҥаспыт Ниинэ Һэмиэнэбинэ, убайбыт саҥата суох бэрт сэмэй киһи буоллаҕына, төттөрүтүн утарыта саҥарсыыга ханнык баҕар киһини кыһыл тылынан «маат» ыыталыыр, сытыы тылларынан сабыта тамныыр эриэккэс дьоҕурдааҕынан биллэр.
Маамабыт Ниинэ тыыннааҕар мэлдьи биһиэхэ сылдьан ирэ-хоро кэпсэтэн тахсара. Онтун быыһыгар: «Эһиги Киччэкэҕит уола итинник гынар, маннык гынар…» – диэн күлэ-үөрэ бэрт эҕэлээхтик оонньоон үҥсэргиир буолара.
Сана дьиэ туттарбар пилорамаҕа эрбэммит мастарбын сайын мас сыарҕанан түөртэ кырынан, бэйэтин илибирээбит-салыбыраабыт эргэ «бартыбыалаах» ДТ-75 тыраахтырынан буор-босхо быраатырҕаан тиэйэн биэрбитин отой умнубаппын. “Быраат дьиэлэннин, кэлин саныаҕа…” – дии-дии эмиэ санныбын таптайбыта.
Тутуу үлэтигэр кыайарынан, сатабылынан кырдьык тэҥнээҕэ суоҕа. Кулгааҕар харандаас кыбыттан баран аа-дьуо тутуутун тула хаама сылдьарын элбэхтик ааһан иһэн көрөөччүбүн. Убайым Кылаар Лүөнньэлээххэ дьиэлэрин эмиэ кини «прорабтаан» туппуппут. Биирдэ эмэтэ киһилиин иирсэрин, мөҕүттэрин отой өйдөөбөппүн. Мэлдьи күлэ-үөрэ, эҕэрдэлэһэ эрэ сылдьара. Өссө эбиитин биһигини кэргэннии олоххо ойоҕу кытта иирсибэккэ сылдьарга бэрт дьээбэтик үөрэтэлиирэ. Онтун ис хоһооно букатын боростуой: “Истэн эрэ кэбиһэҕин, туоҕу даҕаны “туойдуннар”, истибэтэҕэ буолан атын сир диэки хайыһан баран биир сири тобулу одуулаан ороруллар баҕайыта, – диэн. – Мин истибэт соҕус буоламмын хата отой кыһаллыбаппын, бэрт баҕайы”, – дии-дии, күлэ-күлэ улахан сөмүйэтин өрө тутан көрдөрөрө харахпар субу баар.
Эдьиийэ Татьяна Алексеевна ИГНАТЬЕВА: Быраатым Болуодьа

Болуодьа ийэтэ Домна, мин ийэм Варвара – бииргэ төрөөбүттэр. Болуодьа ийэтэ эрдэ суох буолан, тулаайах аҥаардаах иитиллибитэ. Онтон улаатан Өлүөхүмэҕэ механиктар курстарыгар үөрэммитэ. Онно Өлүөхүмэ кыыһын Нинаны билсэн, кэргэн ылан дойдутугар кэлбитэ. Элбэх оҕону төрөтөн, ыал- күүс буолан Уһун-Күөлгэ олохсуйбутара.
Арыылаах орто оскуолатыгар суоппарынан, оҕолору массыына, тыраахтыр ыытарга үөрэтэн учууталынан үлэлээбитэ. Сайын аайы үлэ-сынньалаҥ от лааҕырын солбуллубат начальнига, элбэх оҕону үлэҕэ үөрэппит киһи буолар. Үгүс-элбэх оҕону суоппар, тырахтарыыс идэтигэр уһуйбут учуутал. Оройуоҥҥа биллэр атах оонньуутугар биир бастыҥ спортсмен. Күүстээҕин-уохтааҕын норуокка биллибит аата – «Доруобай Болуодьа» диэн буолара туоһулуур.
Олоҕун-дьаһаҕын бэркэ диэн дьаһанан олорбута. Оҕолоро кыраларыгар саҥа, улахан, этээстээх күүлэлээх дьиэ туттан киирбиттэрэ. Уһаайбатыгар оҕолоругар анаан оонньуур дьиэ, хаптаһынынан сырылыыр оҥортообута. Сааһыран пенсияҕа тахсан баран иккис саҥа дьиэтин туттан онно көһөн киирбиттэрэ. Сайын оҕолорун кытта оттоон элбэх сүөһүнү көрөрө, иитэрэ. Өлүөхүмэттэн сылдьар мин күтүөтүм Сергейдиин бэркэ тапсан, көҕүһэннэр саас буолла да ойуурга тахсан тутуунан дьарыктаналлара. Саһааннаан, баанньык оҥорон бэлэмнээн атыылыыллара, аныгы олох сиэринэн.
Өссө да уһуннук, сэниэлээхтик үлэлии-хамсыы сылдьыах киһи эмискэ олохтон туораабытыттан киһи хомойор эрэ. Чаҕылхай, үтүө киһи олоҕо кылгас да буоллар бэйэтин кэннэ хаалларбыт үтүө аата, оҕолоро, сиэннэрэ ону салгыахтара. Мин биир утах удьуорбунан Болуодьанан сэмээр киэн тутта сылдьабын.

Уһун-Күөл, 07.04.2020 с.
Ксения Прокопьевна КЛАРОВА: Убайбыт Володя

Владимир Алексеевич Уһун-Күөлгэ хойут үлэһит буолан кэлбитэ. Ол иннинэ эдьиийинээн Сунтаарга аҕаларын кытта олорбуттар курдук өйдүүбүн.
Манна ыал, үлэһит буолан баран кэлбиттэрэ. 1970 сылтан оскуолаҕа суоппарынан, маастарынан үлэлээбитэ. Үлэлиир сылыгар элбэх трактористары трактороведение учуутала, инженер-механик идэлээх Титова Елена Прокопьевналыын үөрэтэн таһаарбыттара. Үгүстэрэ отделениеҕа тракториһынан үлэлээн сүрүн күүс буолбуттара.
Владимир Алексеевич оскуола «Бригантина» диэн үлэ-сынньалаҥ лааҕырын салайан отделение отун бэлэмнээһинигэр, оҕолору үлэҕэ иитиигэ сүрдээх улахан оруоллаах. Оҕолор, үлэһит буолбуттара ырааппыт дьон, лааҕырга сылдьыбыттарын наһаа истиҥник саныыллар.
Убайбыт Володя кыһамньылаах аҕа, сатамньылаах хаһаайын этэ. Эр киһи дьиэ туттубутунан сахаларга сыаналанар. Кини икки дьиэни тутан кэргэнигэр, оҕолоругар хаалларда.
Биһиги кинини кытта биир төрүттээх, халыҥ аҕа ууһа буолабыт. Кини туһунан биһиги аймахха үтүө өйдөбүл эрэ хаалла.
Балта Евдокия Никифоровна ПЕТРОВА: Биһиги таайбыт
Николаев Владимир Алексеевич туһунан сырдык өйдөбүл өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр иҥэн хаалбыт.
Владимир оҕо сааһын олус ыараханнык, ийэтэ суох оҕо олоҕунан олорбутун ийэбит Софья Егоровна Сафонова кэпсиириттэн истэн улааппыппыт. Улаатан идэ ылан, кэргэннэнэн аҕыс оҕону күн сирин көрдөрбүтэ. Үтүө суобастаахтык үлэлээн, үүнэр көлүөнэ ыччакка үтүө өйдөбүлү хаалларан сирдээҕи олоҕун түмүктээбитэ.
Владимир Алексеевич олоҕун спортка анаабыт киһи диэтэхпинэ олус баһан этии да, алҕас да буолбатах буолуохтаах. Мин тус олохпор таайым үтүө холобур буолбута олус элбэх. Уолаттарым спортка тардыһыылара таайдарын такайыыта диэтэхпинэ сыыстарбаппын.
Ханна да сырыттарбыт Владимир баар буоллаҕына оҕолорбут күрэхтэһэн, кыайыылаах хампыат да бириис ылан үөрэн-көтөн тураллара харахпытыгар бу баар курдук көстөр.
Таайбыт барахсан ситэ олорботох олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар. Кинилэр хаһан да аҕаларын, эһэлэрин сырдык аатын түһэн биэриэхтэрэ суоҕа диэн олус эрэнэбин.
Оҕолор тус олохторун оҥостон, дьон сиэринэн үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан эдьиий киһи быһыытынан үөрэ, алгыы саныыбын.

Уһун-Күөл, 07.04.2020 с.
НАҔАРААДАЛАР
1970-75 сыллар

1976-80 сыллар


1981-86 сыллар

1987-92 сыллар

1993-99 сыллар

2000-05 сыллар

2006-10 сыллар

ТӨРҮЧЧҮ



Тапталлаах аҕабыт олорбут олоҕунан киэн туттабыт, кинини холобур оҥостобут, киниэхэ махтанабыт!
Бары үтүөнү кытта – оҕолоро, сиэннэрэ.


