ИЙЭЛЭРБИТ ТУСТАРЫНАН ИСТИҤНИК…
Ийэттэн чугаhын
Киниттэн сылааhын,
Суох эбээт олоххор
Бу орто дойдугар.
Николай Ньуур.
* * *
ИЙЭМ ДЬҮӨГЭЛЭРЭ
Светлана Ивановна ИВАНОВА, «Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна», «Методист Якутии», «За вклад развитие образования Сунтарского улуса» бэлиэлэр, Сунтаар нэhилиэгин үөрэҕириигэ Гранын хаhаайкалара
– Сунтаар сэлиэнньэтин Томуhукаан түөлбэтигэр ааспыт ХХ үйэ ортотугар Советскай диэн ааттаммыт бириэмэҕэ элбэх ыалы кытары алтыhан, араас омуктар олус эйэ-дэмнээхтик, үөрэ-көтө олорбуппут. Урукку кэм сиэринэн бары анал ааттаах этибит: биhиги Ивановтар-Павловтар ийэбит Килиимэбис Муоча, Сииннэр ийэлэрэ Нуучча Морууhа, кырасаабысса Аана ийэтэ Кэриэй Марыына, Зедгенидзевтэр ийэлэрэ – Сэндэл Марууһа.
Ыалларбытыттан Лидоченнар аҕалара Баhылай, уhун уҥуохтаах киhи биhиэхэ халааҥка оhох туппутун өйдүүбүн. Ийэлэрэ Ольга элбэх саҥалаах, кыра уҥуохтаах, олус үчүгэй майгылаах чүөчэ чэйдии киирэр этэ. Хачыаҥкалар-Антыыпыннар (Ткаченко) ийэлэрэ үтүөкэн майгылаах украинка тётя Шура диэн, элбэх оҕолоох Сиидэрэптэр ийэлэрэ олус мааны Өкүлүүнэ. Саввиновтар «Кыhыл милииссийэ» ийэлэрэ бэкээринэҕэ, онтон остолобуойга үлэлээбит Саабынаба Мааппа, Евсеевтэр ийэлэрэ кыра-хачаайы «Эпсиэй» Муоча, Ивановтар ийэлэрэ Өлөксөөннөөх, музыка учуутала Эдуард Васильевич ийэтэ мааны баҕайы «Маҕан баттах Натаай», өр сылларга райпотребсоюhу салайбыт Дмитрий Данилович кэргэнэ киэҥ-холку майгылаах Ирина Николаевна, Платоновтар-Никифоровтар эдьиийдэрэ, эбээлэрэ «Былатыан» эбэтэр «Гастроном Маайа».
Сэргэстэhэ олорон, туохпут ордугунан ылсан-бэрсэн, үөрэ-көтө үллэстэн, наада буоллаҕына иэстэhэн, үөрэ-көтө сэлэhэн, сылдьыhан, көмөлөсүhэн олус да эйэлээхтик, үчүгэйдик олорбут эбиппит, урукку ыаллар. Бука бары сахалыы саҥаран, солуну-нуомаhы күн аайы тэҥҥэ үллэстэн, ким-туох ордуктааҕынан көмөлөсүhэн, бэрсиhэн, бука бары тэҥҥэ сир астаан, бэйэ-бэйэттэн үөрэнэн, оҕуруот олордон, оҕолор бары устар күнү быhа оонньоон, ол быыhыгар дьиэҕэ илии үлэтин барытын толорон, дьоллоох оҕо сааспыт элэс гынан ааспытын билбэккэ да хаалбыппыт.
Саас буолла да барыбытыгар оҕуруот үлэтэ. Онно бары да кэриэтэ моркуоп, луук, хортуоска, сибэкки олордорбут, бэйэ-бэйэттэн үөрэнэн буолуо. Мин билигин да мэлдьи рассада уонна араас оҕуруот аhын олордорбуттан алыс астынабын, кинилэртэн үөрэнэн. Кэриэй Марыына уонна Нуучча Морууhа оҕуруоту олус табан олордоллоро. Оҕуруот үлэтэ бүтээтин кытары өрүс анараа биэрэгиттэн луук хомуйуута, сир астааhына саҕаланара, ыаллар бары бииргэ буоларбыт. Хадьаҕаҕа баран отоннуурбут, хаптаҕаhы, малинаны Баҕалаахтан, Мачыыстан, Налдьаттан хомуйарбыт. Ким эрдэ иhитин толорбут атыттарга көмөлөhөрө, ким хас мэмэhээни толорбутун ыйыталаhаллара. Сир аhын хайдах хомуйарбытын үөрэтэллэрэ. Отон угун мээнэ туура тардыбакка уонна наhаа сири тэпсибэккэ, биир сиргэ олорон эрэ хомуйарбыт. Тоҕо эрэ оҕолорго өлгөм үүнүүлээх сири үргэтэллэрэ. Сир аhын наhаа үлүһүйбэккэ хомуйаллара, “эhиил да кэлэн үргүөхпүт” дииллэрэ.

Хаартыскаҕа: РТС-тан киинэ көрөн кэлэн иhэллэр. Ийэм Матрёна Фёдоровна, дьүөгэлэрэ Син Маруся, Иванова Александра Егоровна.
Сөп соҕустук кэлэн биhиги оонньуу, ийэлэрбит киинэ көрө бараллара. Өрүһү мас оҥочонон эрдэн туоруурбут. Ийэлэрбит истиҥник күлсэ-күлсэ, Нуучча Морууhа сахалыы саҥатын истэ-истэ, көрдөөхтүк кэпсэтэн өрүһү туораан иhэллэрэ бу харахпар көстөр. Мин үксүгэр дьиэ үлэтэ бүтэн, Бүлүү өрүскэ сөтүөлүү сылдьар буоларым. Өрүскэ балык элбэх этэ. Ууга киирэн турдахха кыра балыктар “оруукалар” атаххын кычыгылаталлара. Иккилии буолан таҥаhынан күөйэн балыктыыр этибит, ону ийэлэрбит арыыга ыhаарылаан биэрэллэрэ үчүгэйэ, минньигэhэ… Биэрэккэ мас ыскамыайка элбэҕэ, онно олорон Бүлүү өрүс долгуннарын, кытыылыы үүммүт хойуу маhын, кэрэ айылҕаны одуулуурбут. Сылаас сиккиэр тыал сайа охсор салгынын өйбөр тутан хаалбыппын. Биэрэккэ киhи элбэх да буолара, өрүһү кыйа ыскамыайкаларга дьон сынньана, “өрүһү көрө”, сэлэhэ олорор буолара.
Чугас ыалларбын үтүө-мааны тылларынан ахтан-санаан ааhабын
Ону таhынан чугас олорбут ыалларбытынан буолаллара Дмитриевтэр: ийэлэрэ начальнай кылаас учуутала Катерина Дмитриевна, Львовичтар: ийэлэрэ атах таҥаhын улларааччы Суоппуйа. Онтон Герасимовтар олорбуттара, аҕалара военком этэ, кыыстара Галина лицейгэ математика учуутала. Онтон Иевлевтэр олорбуттара: ийэлэрэ санэпидстанцияҕа үлэлээбитэ, аҕалара Иевлев Николай Васильевич сельпо бэрэссэдээтэлэ этэ. Улахан уоллара быраас, кыыстара Наташа история учуутала.
Биэрэк диэки ыалларбыт Куhумуун Бүөтүр эдьиийинээн олорбута. Бүөтүр өр сылларга райсоюзка охранниктаабыта. Эчи саппыкыта килэбэчийэн, хааман-сиимэн түргэн туттунуулаах киhи этэ. Күһүн мэлдьи сүөhү өлөрүүтүгэр ис сууйуутугар сылдьара. Онтон Баhылайап Уйбааннаах элбэх cүөhү бөҕөнү тутан байылыаттык олорбуттара. Хас да оҕолоохторо: Дуня, Галя, Наташа уонна кыралара Валентин. Балантыын ыал буолан кэргэнинээн Анналыын үс оҕолонон, бэйэтэ быраас үөрэҕин бүтэрэн үгүс сылларга рентген кабинекка үлэлээбитэ. Кэргэнэ Анна өр сылларга аптекаҕа үлэлээбитэ.
Онтон Поповтар олороллоро. Улахан уоллара Леонид эдэр сылдьан Сунтаарга комсомолу салайа сылдьыбыта. Кыра атаах уол Бааска эрдэ өлбүтэ. Онтон Егоров Киристэпиэрдээх олорбуттара. Дьиэ туллар тутааҕа ийэлэрэ этэ. Кыра, хачаайы эрээри олус үлэhитэ. Оҕолоро үксэ уолаттар этэ, биир кыыс оҕолоохторо. Оҕуруот олордоллоро, мэлдьи сибиинньэ иитэллэрэ. Улахан уоллара Толя Егоров –спортсмен, биллэр тустуук, тимир ууhа, элбэх уол оҕолоох. Кыыстара Паша үгүс сылларга портка үлэлээбитэ.
Онтон Уйбануоп Миитэрэйдээх олорбуттара. Ийэлэрэ Балбаара ыарыhах этэ. Икки игирэ кыргыттардаахтара: Роза уонна Рая. Үс уоллаахтара: Рева, Рома уонна Вова. Уолаттар үөрэхтэригэр үчүгэйдэрэ, хомойуох иһин бары эдэр саастарыгар өлбүттэрэ. Өрүс биэрэгэр ыалларбыт Степановтар олорбуттара. Улахан уоллара история учуутала, хоту олорор уонна үлэлиир этэ, дьонугар кыhыл улахан баҕайы балыгы кэhии ыытара. Ийэлэрэ Елена ол балыктан бэрсэрэ, өлгөмө, минньигэhэ сүрдээх буолара. Орто уол Анатолий физкультура учуутала этэ, нуучча кыыhа кэргэннээҕэ. Кыралара Биичэ (Вячеслав) Степанов, кэлин биллэр журналист буолбута. Кыhын туруору сыыртан хайыhарынан Бүлүү өрүскэ түhэрэ, сайын уу хайыhарынан катерынан состорон метеостанция таhыттан Леснойга диэри хатааhылыыллара. Икки этилэр. Ол кэннэ Сунтаарга кинилэр курдук ким да оннук сырылыырын көрбөтөҕүм. Үөрэҕэр уhулуччу үчүгэй, өйдөөх баҕайы харахтааҕа. Ийэлэрэ Елена Биичэ 10 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына өлбүтэ.
Атын өттүттэн ыалларбыт Георгий Фёдоров (биллэр этнограф, былыргы үһүйээннэри хомуйааччы) кэргэнэ Натаайдыын, кыыстара тыла суох Сибиэтэлиин олороллоро. Наhаа мааны ыаллар этэ. Георгий Фёдоров от күөх өҥнөөх дубовай остуолга олорон суруксуттаан тахсара, эчи ручката элбэҕэ, арааhа… Истиэнэ кыйа стеллажтарга олус халыҥ кинигэ бөҕө баара. Кыра сылдьан ол кинигэлэри көрүөхпүн, ааҕыахпын наhаа баҕарарым. Дьон наhаа хонор, ыалдьыт бөҕө сылдьар ыала этэ. Ыhыах кэмигэр кинилэр диэкиттэн тойук эбэтэр оhуокай иhиллэр буолара. “Мэhэйдээмэҥ, айдаарымаҥ, атын сиргэ оонньооҥ”, – диэн дьоннорбут бопсор этилэр.
Атын өттүттэн ыалларбыт Ткаченколары-Антипиннары ахтан-санаан ааhыахпын баҕарабын. Сүрдээх эйэлээхтик, дьолоохтук олорон испиттэрэ баара… Кэлин өйдөөтөххө дьиэ туллар тутааҕа тётя Шура эбит этэ. Сыл аайы төрөөн, бэйэтин харыстаммакка, 8 оҕотун хаалларан эмискэ таҥас сууйа туран сүрэҕэ тохтоон өлбүтэ. Оо, ас астыыра өлгөмө, минньигэһэ! Оҕурсуу салаатын улахан тааhынан оҥороро, мэлдьи сүөhүлээх этилэр, сибиинньэ да иитэллэрэ. Оо, эдэркээн тётя Шура үлэhит да эбит. Оонньуу сырыттахпытына барыбытын ыҥыран аhаталыыр буолара.
Лидоченнар аттыларыгар «Туйахтар» (Фёдоров Миша, Толя, Коля диэн ааттаах уолаттардаах) ыаллар олорбуттара. Ийэлэрэ эдэр сааhыгар ыалдьан эмискэ өлбүтэ. Ол ыаллар ийэлэрэ эмиэ миигин наhаа аhынар этэ, тоҕо эбитэ буолла, көрдөҕүн аайы ыҥыран ылан кисиэл иhэрдэрэ, булочка, лампысыай хампыат биэрэрэ. Ол иhин мин кинини көрдүм да саhан хаалар этим. Кистэл буолбатах, соҕотох кыыс буолан бырааттарбын көрөн, ас астаан, дьиэ, таҥас сууйан тахсарым. Ону үлэ курдук ылыммат этим. Ол иhин аhына саныыра буолуо. Урукку оҕо барыта да оннук ини.
Онтон Евсеевтэр олорбуттара. Дьэ кыра уолаттара мин бырааттарбын кытары оонньоон-көрүлээн оҕо саастара ааспыта. Ийэлэрэ кэрэ сэбэрэлээх Муоча оҕолорун наhаа үчүгэйдик көрөрө, аҕалара Уйбаан үйэтин тухары “Сельхозтехникаҕа” бухгалтер этэ. Муоча эдэр сааhыгар өлбүтэ. Оҕолоро билигин сорохторо бааллар. Онтон саамай сылдьыспыт, билсэр дьоммут Былатыан Маайалаах, Ааныска этилэр. Ааныска эдьиий этэ, балтыгар амарахтык сыhыаннаhара. Билэр да, сылдьыhар да дьонноро элбэҕэ. Мальколар, Малышевтар мэлдьи кэлэн сылдьаллара. Маайа өр кэмҥэ сельпоҕа, гастрономҥа дьиэ сууйбута. Үчүгэй майгылаах, үлэhитэ бэрт буолан дьон бары билэрэ, кэпсэтэрэ, убаастыыра харахха быраҕыллара. Ииппит кыыстара Еля элбэх оҕолооҕо, олору биэбэйдээн күнүн билбэккэ атаарара. Сыллата бытырыыс курдук кыра оҕолору батыhыннаран Маайа үгүстүк биhиэхэ чэйдии киирэрэ.
Үксүбүтүгэр доҕордоhуу, үтүө сыhыан, көмөлөсүһүү үтүө өйдөбүлүн ийэлэрбит хаалларбыттара. Нуучча Моруусаҕа соҕурууттан лётчик уола Гена, кыыhа Тамара Мирнэйтэн уонна да атын оҕолоро кэhии ыыппыт буолаллара, онтон биhиэхэ эбэhээт бэрсэрэ: эриэхэ, лампысыай хампыат, дьаабылыка. Мин испэр онтон наhаа үөрэрим. Кэриэй Марыына бурдук ас астыыра эчи минньигэhин. Кыыhа Аанчык эдэр сааhыгар үс оҕону тулаайах хаалларан өлбүтүгэр, онтун аhыытыгар түргэн баҕайытык өлбүтэ. Биhиэхэ үгүстүк Маҥан Баттах Натаай, Былатыан Маайалыын чэйдии уонна миин иhэ киирэн Өлүөхүмэ туhунан кэпсиирин истэрим. Ити курдук кыра кэрчик кэмнэри санаан ааhарбар бу барытын ситимнээбит, оҕо саас кэрэ кэмнэрин бэлэхтээбит ийэлэрбитигэр махтанан туран, күн-күбэй ийэлэрбит тустарынан ахтан-санаан ааhыаҕыҥ.
Ийэм Иванова Матрёна Фёдоровна туhунан истиҥник
Кыыhа Светлана Ивановна ИВАНОВА
– Күн сирин көрдөрбүт күн-күбэй ийэм, бэйэм ааттыырбынан маамам, Иванова Матрёна Фёдоровна Дьаархан нэhилиэгэр Иванов Фёдор Алексеевич (“Будьур” оҕонньор, куудара баттахтааҕын иhин ааттаабыттар), Иванова Евдокия Ивановна дьиэ кэргэнигэр сэттис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ 13 этилэр. Икки улахан убайдара сэриигэ баран өлбүттэрэ. Сэрии ыар сылларыгар ас-таҥас тиийбэт бириэмэтигэр улахан эдьиийдэрэ, быраата Тараас ыалдьан өлбүттэрэ. Эрэйи көрсүбүтэ, аччыктааhын, хоргуйуу тугун этинэн-хаанынан билбитэ. Тыыннаах ордубуттара Аана, Өлөксөй, Ксения, Моисей, Улахан Дуунньа, Кыра Дуунньа бары ыал буолан, оҕо-уруу бөҕө тэнитэн, билигин халыҥ аймах аатын ылан олордохторо.
Ийэм Матрёна Фёдоровна сэрии кэнниттэн Сунтаарга киирэн тээтэбитин Павлов Иван Климовиhы көрсөн, ыал буолан сэттэ оҕону төрөтөн-иитэн, үөрэхтээбиттэрэ. Аҕам атыыhыттаабыта, онтон рабочайынан үлэлээбитэ. Аҕабыт Иван Климович эмискэччи ыалдьан эрдэ өлбүтэ. Ийэбит Матрёна Фёдоровна өр сылларга райсоюзка охраннигынан үлэлээбитэ. Мэлдьи күлэ-үөрэ сылдьара, эйэҕэс, үөрүнньэҥ майгылааҕа. Сытыы-хотуу буолан билэр дьоно үгүһүн сөҕөрүм. Ханна да сырыттар ханнык да киhини кытары кэбэҕэстик уопсай тылы булара, өйдөhө охсоро. Билиҥҥилиии эттэххэ “коммуникабельнай” этэ. Биир-икки тылынан таба этэн-тыынан, мэлдьи дьон ортотугар баар буолара, туохтан да кэтэмэҕэйдии турбакка дьону барыларын кытары уопсай тылы булара, сытыы-хотуу майгылааҕа, иҥнэн-толлон турбат этэ. “Оннооҕор күнү утары көрө сылдьабыт”, – диэн бэргэн этиилээҕэ.
Дьиэ кэргэҥҥэ барыбытыгар даҕаны үөрэххэ-билиигэ, ааҕыыга тардыhыы адьас кыра эрдэхпититтэн инэриллибит эбит. Төрөппүттэрбит хаhыат, сурунаал бөҕөнү суруттараллара: “Наука и техника”, “Техника – молодёжи”, “Юный техник”, “Юность”, “Юность Севера”, “Комсомольская правда”, “Бэлэм буол”, “Физкультура и спорт” уо.д.а. Дьиэбитигэр элбэх кинигэ баара. Кыра эрдэхпититтэн дуоматтыыр, шахмат оонньуур этибит. Билиигэ, үөрэххэ тардыhыылаах буоларбытыгар үөрэппит эбиттэр, төрөппүттэрбит. Ийэбит кинигэ ааҕарбытын, библиотекаҕа сылдьарбытын мэлдьи көҕүлүүрэ. Кимтэн да хаалсыбакка үөрэнэрбит, оҕолору кытары оонньуурбут. Мин бэйэм наhаа эппиэтинэстээх этим, дьиэбин ыраастык тутарым, бырааттарбын көрөрүм, ас астыырым. Ийэм биhигини иитээри күн солото суох үлэлээн тахсара. Төhө да дьиэ үлэтин барытын толордорбун син быыс булан оонньуурум, үгүс доҕоттордооҕум. Ол оҕо сааhым доҕотторун билигин да күндүтүк саныыбын: Борисова Галяны, Николаева Ританы, Егорова Катяны… Оонньуурбутун ким да бопсубата, ол гынан баран биһигини билиҥҥи оҕолору курдук ким да ньээҥкэлэспэт этэ. Бэриллибит сорудаҕы, күннээҕи үлэни биир-биэс тыла суох оҥорорбут, толорорбут. Ол быыhыгар оҕолор лапталаан, сасыhан, сэриилэhэн, ыаллаhан, сайын сөтүөлээн, кыhын хатыыскалаан, сырылаан, хаарынан кириэппэс туттан оонньуурбут. Оонньуубут үксэ сүүрүүлээх-көтүүлээх буолара. Бары ыаллыы олорор оҕолор олус эйэлээх буоларбыт, ким да иирсэ, этиhэ сылдьарын өйдөөбөппүн. Ким эмэ дьиэтээҕи үлэтэ бүппэтэҕинэ кэтэhэрбит, ол оҕоҕо көмөлөhөрбүт. Киинэҕэ, хам-хаадьаа концертка сылдьарбыт.

Хаартыскаҕа: Иван Климович, Матрёна Фёдоровна Павловтар оҕолорунаан.
Ийэм олус асчыт этэ. Алаадьы, бэрэскии, хворост буhардаҕына түргэнэ сүрдээҕэ, минньигэhэ да бэрдэ. Ордук ис миинин чугууҥҥа буhарара минньигэс да буолара, аhа өлгөмө, тотоойута. Эмээхситтэр бары мунньустан, кэпсэтэ-кэпсэтэ ис миинэ иhэ олороллоро харахпар көстөр. Күһүн буолла да сүөhү астааhыныгар бойняҕа сылдьара. Хаан аҕаллаҕына ыалларыгар эбэhээт бэрсэрэ, ону үтүктэн мин сүөhүлэнэн баран идэhэлэннэхпинэ урууларбар, ыалларбар бэрсэр этим.
Хоноhо элбэхтик хоноро. Үгүс-элбэх урууларбыт сылдьаллара. Ийэбит барыларын мэлдьи үөрэ-көтө көрсөр буолара, ирэ-хоро кэпсэтэн бараллара, сэhэннэрэ элбэҕиттэн, бүппэтиттэн сөҕөрүм. Ийэбит олус үчүгэйдик дуоматтыыра, шахмакка оонньуура, муннук былдьаhарын сөбүлүүрэ. Эмээхситтэр мунньустан олорон солуну кэпсэтэ-кэпсэтэ, лотолууллара. Онно Давыдова Таанньа кэлэн мэлдьи оонньуурун көрөрум. Памята олус үчүгэй этэ. Карточкатын биирдэ көрөн баран таҥнары ууран олорор буолара уонна түргэн баҕайытык тахсара. Маҕан баттах Натаай: “Мэлдьи дьэ кини баата бэрт дии”, – диирэ. Хаартынан дурактыыллара, очко эмиэ оонньууллара.
Маамам вышивкалыан да сөбө, баайар да этэ: түннүк сабыытын, сыттык хаатын, орон, остуол сабыытын оҥороро. Портрет, сибэккии эҥин вышивкалыыра. Ону араамаҕа уган истиэнэни киэргэтэрэ. Орон, сыттык сабыыта эмиэ баайара.
Кэлин сибиинньэ эҥин иитэрэ, илиитэ үчүгэй буолан сибиинньэлэрэ олус эмис буолаллара. Өр сылларга ыскылаакка харабынайдаабыта. Бииргэ үлэлиир кыргыттарын олус үчүгэйдик саныыра, отой отчестволарынан эрэ ыҥырара. Ордук хаһаайыстыбаннай ыскылаакка бииргэ үлэлээбит дьонун күндүтүк саныыра. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр үлэлээбит буолан “За доблестный труд в Великой Отечествөнной войне 1941-1945 гг.” мэтээллээҕэ. Тыыл, үлэ бэтэрээнэ этэ. “Медаль материнства” I уонна II степеннээх мэтээллэрдээҕэ.

Хаартыскаҕа: Ийэм Матрёна Фёдоровна бииргэ үлэлээбит дьүөгэлэринээн.
Кыайыы күнүн эбэhээт дьүөгэтинээн Маайалыын бэлиэтиирэ, параакка, кыайыы оhуокайыгар сылдьаллара. “Мин мантан сэриигэ барбытым” диэн ырыаны сөбүлээн ыллыыра, сэриигэ баран сураҕа суох сүппүт убайдарын саныыра. Олус уруумсаҕа. Бары эдьиийдэрэ, балтылара, бырааттара элбэх оҕолоох этилэр. Араас сиргэ да олордоллор сылдьыhаллара, билсэ тураллара. Эдьиийин Аананы кытта мэлдьи көмөлөсүhэллэрэ. Бары атахпытыгар туран, идэ ылан, үлэhит буолан, кыаҕыран, саҥа дьиэ туттан, оҕолор сорохторо ыал буолан, элбэх сиэннэнэн, сиэннэрин биэбэйдэhэн, үс хос сиэни илиитигэр көтөҕөн, үөрэн-көтөн ийэм котоку кэнники сылларга сынньалаҥнык, үчүгэйдик олорбута. “Кыыhым сылаас илиитин биллэҕим, кыыс оҕо котоку сүрэҕэ сылааhа, сымнаҕаhа”, – диирэ. Барыбытыгар даҕаны бу орто дойдуга олорорбут тухары ийэлэрбит котокулар кэрэ мөссүөннэрэ араҥаччылыы, сылааhынан илгийэ тураллар.
КҮН-КҮБЭЙ ИЙЭМ ЛУКИНА МАРИЯ ГАВРИЛЬЕВНА
Кыыhа Надежда Серафимовна ИВАНОВА, өр сылларга аптека управлениетыгар үлэлээбитэ, фармация ветерана, Сунтаардааҕы уот ситимин үлэhитэ.
– Мин ийэм Лукина Мария Гаврильевна 1929 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Хадан нэhилиэгэр Курсуй диэн сиргэ төрөөбүтэ. Кыра сылдьан тулаайах хаалан ыалга хамначчыттаан киhи буолбут. “Мэлдьи аччык сылдьар этим, тоҥон эрэй бөҕөнү көрөр этим”, – диирэ. Онтон Сунтаарга киирэн дьиэ көрөөччүнэн үлэлээбит, ол сырыттаҕына бэкээринэ аhыллан, онно килиэп астааччынан киирбит.



Хаартыскаҕа: Ийэбит Мария Гаврильевна дьүөгэлэрин кытта.
Ол сылдьан аҕабын көрсөн ыал буолбуттар. Ол кэмҥэ аҕам номнуо түөрт оҕолоох огдообо киhи эбит. Мин ийэм аҕабар тахсан биhиги түөрт оҕо төрөөбүппүт. Бэкээринэттэн уурайан баран РТС-ка турбут 4-с нүөмэрдээх детсадка повардаабыта.

Хаартыскаҕа: Мария Гаврильевна оҕолоро: Вова, Надя, Серафима уонна кыра уол Серафим.
Сэбиэдиссэйинэн Ирина Николаевна Потапова үлэлээбитэ. Поварынан ийэм пенсияҕа тахсыа диэри үлэлээбитэ, биhигини түөрт оҕону атахпытыгар туруортаабыта.
Ийэм олус ыраас туттунуулаах, асчыт маанылааҕа этэ. Биhиги кыра сылдьан хаhан да аччыктаабыппытын өйдөөбөппүн, мэлдьи дьиэбит аhылык сытынан дыргыйара. Сир аhын хомуйарара өлгөмө, сугун барыанньалаан сиэтэлиирэ минньигэhэрэ да бэрт. Таҥас сууйан ыйыыра ырааhа сүрдээх буолара. Ийэм олус оҕуруктаах өйдөөх этэ. Биhигини таҥас сууйар кистэлэҥэр, аhылык астыыр минньигэhигэр үөрэтэн барбыта олус туhалаах эбит. Билигин маамам инньэ гынар этэ, маамам оннук астыыр диэн мэлдьи саныыбын. Туохха да тэҥнэммэт күндү киhи Ийэ баар бу сиргэ, Аан дойду аанньала, ананын киниэхэ барыбыт махтала. Мин ийэм тулаайах буолан дьону ордук өйдүүр, көмөлөhөр, сылдьар идэлээҕэ. Хайа суох буолуор диэри үлэни өрө тутан, үлэҕэ хойутуур диэни билбэт этэ. Мэлдьи дьонноох сиргэ үөрүүнэн барар, кэпсэтэн дуоhуйан кэлэрэ. Ийэбитин солбуйар киhини биhиги оҕолоро хантан да булбаппыт. Ийэ – сир кэрэтэ, үтүөтэ, тапталы иҥэрээччи, дьиэ кэргэн сылаас иэйиитин ситимнээччи.
1998 сыл ахсынньы 1 күнүгэр ийэбит түөрт оҕото көмүс уҥуоҕун көтөҕөн, этэҥҥэ төрүт буорун булларбыппыт. Биhиги ийэбитин Мария Гаврильевнаны күүстээх санаалаах, олоххо тардыhыылаах, туруу үлэhит, кэрэ киhинэн өйбүтүгэр-санаабытыгар хаалбыт.
Биhиги бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. Мин, улахан кыыстара Иванова Надежда Серафимовна ыал буолан Иванов Семён Даниловичтыын үс оҕолоохпун, сэттэ сиэннээхпит, түөрт хос сиэннээхпит. Улахан быраатым Владимир Серафимович кэргэнинээн Елена Егоровналыын түөрт уоллаахтар, 18 сиэннээх этэ. Кыра балтым Серафима Серафимовна Иванов Виктор Иосифовичтыын түөрт оҕолоохтор, 12 сиэннээх. Кыра быраатым Серафим Серафимович кэргэнэ Мария Михайловналыын үс оҕолоох этэ, түөрт сиэннээх. Ийэм баар буолан бары түөрт оҕото кэргэн, эбээ, хос эбээ буолан сылдьарбытыттан испэр наhаа махтанабын. Билигин бары киhи, ыал буолан дьон тэҥинэн олоробут. Билигин ийэм баара буоллар сиэн, хос сиэн кэрэтин билиэ этэ…
ПОТАПОВА ИРИНА НИКОЛАЕВНА ТУҺУНАН
Ирина Николаевна Потапова – педагогическай үлэ ветерана, Сунтаар нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Кини 1929 сыл ахсынньы 10 күнүгэр Бүлүүчээн нэhилиэгэр Мэйик диэн сиргэ төрөөбүтэ. 1960 сыллаахха Күндэйэҕэ детсад сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалаабыта. 1962 сыллаахха Сунтаарга көhөн киирэн, “Сельзозтехника” территориятыгар саҥа детсад туттарыытын кэпсэппитэ уонна онно сэбиэдиссэйинэн үлэлээн саҕалаабыта. Саҥа детсад уунан ититиллэр этэ уонна оҕо оонньуур площадкалардааҕа. Кэлин бу оҕо уһуйаана “Берёзка” диэн ааттаммыта. 1964 сыллаахха дьиэ кэргэнинээн Бүлүүчээҥҥэ көспүттэрэ. Онно тиийэн Иирэлээхтээҕи ГОК көмөтүнэн уунан ититиллэр детсад аспыта.

Хаартыскаҕа: Ирина Николаевна, кэргэнэ Дмитрий Данилович Даниловтар.
1966 сыллаахха кэргэнэ Дмитрий Данилович “Бордоҥ” совхозка үлэҕэ анаммытыгар оҕо уһуйаанын салайбыта. Онно детсадка холбуу дьааhыла саады туттарбыта. Детсад дьиэтэ саҥардыллыбыта, тас өттө штукатуркаламмыта, оҕо оонньуур сирэ штакетнигынан эргитиллибитэ. Сунтаарга кэргэнэ Дмитрий Данилович “Холбос” райпотребсоюзка ананыаҕыттан 4-с детсадка сэбиэдиссэйинэн пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Онтон Госстрахха үлэлии сылдьан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Үс оҕолоох, оҕолоро бары үөрэхтэнэн, идэ ылан, ыал буолан, элбэх сиэн итии тапталыгар угуттанан сынньалаҥнык олорбута.

Хаартыскаҕа: Ирина Николаевна оҕолоро, күтүөт уонна бырааттара Юрий Ильич.
ИЙЭБИТ МАРФА ПРОКОПЬЕВНА САВВИНОВА СЫРДЫК КЭРИЭҺИГЭР…
Кыыhа Роза Николаевна Троева, үлэ ветерана, СР социальнай сулууспатын туйгуна, “За вклад в развитие социального страхования” бэлиэ хаhаайката
– Күн сирин көрдөрбүт, сылаас тапталынан угуттаан ииппит, улаатыннарбыт, үөрэхтээбит таптыыр күн-күбэй ийэбит, амарах эбээбит, хос эбээбит Саввинова (Евсеева) Марфа Прокопьевна туhунан ахтан ааhыаҕы баҕарабыт.
Биhиги ийэбит 1926 сыллаахха Сунтаар улууһун Куокуну нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Эhэтэ Павлов Пётр Кононович (Ньиччэ Бүөтүр) Куокуну Быйагытыгар олоро сылдьыбыт. Улахан Элгээн диэки олохтоох эбит. Ийэтэ Мария Петровна Павлова. Элбэх оҕо төрөөбүтүттэн биhиги эрэ ийэбит хаалбыт. Ол кэмҥэ оҕо турбат ыала аатыран ийэбитин күрэтэн Прокопий Матвеевич уонна Матрёна Васильевна Евсеевтэр дьиэ кэргэннэригэр ииттэрэ биэрбиттэр. Ииппит аҕата Аҕа дойду сэриитигэр тыына быстыбытын кэннэ ийэтэ уһаабатах. Сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбит аҕатын быраатын Матвейы “аҕам дии саныырым” диирэ.
Кэлин ийэбит Сунтаарга киирэн Дмитрий уонна Елена Очосовтарга олорон дьиэлэрин, оҕолорун көрсүбүтэ. 1953 сыллаахха оройуон балыыһатыгар санитаркалыы сылдьан аҕабытынаан Саввинов Николай Иннокентьевичтыын холбоһон ыал буолбуттара. Аҕабыт Сунтаар улууһун Чакыр нэһилиэгиттэн төрүттээх, 1928 сыллаахха төрөөбүт. Кини милииссийэҕэ үлэлии сылдьар кэмнэрэ этэ. Сырдык хааннаах киһи буолан буолуо, «Кыһыл милииссийэ» диэн ааттыыллара. Аҕабыт уус ааттааҕа буоларын дьон билэрэ, дьиэ тутуутугар көмөлөhүннэрэ ыҥырар этилэр. Сунтаар орто оскуолатын спортивнай саалатын тутуутугар кини кылаата эмиэ баар. Биhиги кыра эрдэхпитинэ бэйэтэ иккитэ дьиэ туттубута. Кэлин “Сельхозтехникаҕа” тырахтарыыстаабыта.

Хаартыскаҕа: Марфа Прокопьевна, кэргэнэ Николай Иннокентьевич Саввиновтар.
Оҕо эрдэхпитинэ элбэх да куобаҕы бултаан аҕалара. Туунан, илим үтэн балыктыыра, муҥхаҕа сылдьара. Сыыҥкабай улахан баалынайы толору балык буолара, онтон ордук сөбүлээн тууһаммыт тугунуогу сиирбит. Аҕабыт баарына кэтэх сүөһүлээх этибит.
Дьоммут сэттэ оҕоломмуттара, онтон биэһэ уол, иккитэ кыыс. Ийэбит элбэх оҕолоох ийэ буоларынан “Материнская слава III степени» орденнаах.

Бастакы уол Николай 1954 сыллаахха төрөөбүтэ. Өлүөхүмэтээҕи техникуму бүтэрэн идэтинэн техник-механигынан, кэлин “Сельхозтехникаҕа” өрөмүөннүүр мастерскойга салайар үлэҕэ сылдьыбыта. 1978 сыллаахха кэргэннэнэн, икки кыыс оҕоломмуттара. 1980 сыллаахха убайбыт күн сириттэн суох буолбута. Кинини салгыыр алта сиэннээх, биир хос сиэннээх.
Иккис уол Валентин 1955 сыллаахха төрөөбүтэ, идэтинэн экскаваторщик-бульдозерист этэ, ПМК-ҕа (РПСЭО) мелиорацияҕа үлэлээбитэ. Ыал буолан биир уоллаах этэ. Иккиэн 1991 сыллаахха убайбыт 36 сааhыгар, уола Коля 2 сааhыгар хомолтолоохтук олохтон туораабыттара.
Үһүс уол Анатолий 1956 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Билигин улууска биллэр урбаанньыт. Анатолий Сунтаарга ыытыллыбыт дьиэ-уhаайба күрэҕэр дьиэтэ бастакы миэстэни ылан турар. Икки уоллаах, биир кыыстаах. Улахан уола Алёша 2023 сылтан Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ дойдутун көмүскүү сылдьар. “Слава защитникам Отечества”, “Георгий Жуков” мэтээллэрдээх, ветеран боевых действий. Убайбыт Толя туйах хатарар биэс сиэннээх, биир хос сиэннээх.
Бастакы кыыс Роза 1958 сыллаахха төрөөбүтэ. Идэтинэн биэлсэр, биолог, экономист үөрэхтэрдээх, РФ үлэтин бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальной сулууспатын туйгуна, “За вклад в развитие социального страхования РС(Я)” бэлиэлээх, бочуотунай грамоталардаах, ТФ ОМС РС(Я) “За вклад в дело внедрения и развития системы обязательного медицинского страхования в РС(Я)” уонна ФСС РФ “За заслуги в обеспечении деятельности Фонда”. Биир уоллаах, биир кыыстаах, икки сиэннээх.
Төрдүс уол Владислав 1959 сыллаахха төрөөбүтэ, суоппар идэтин ылан ыраах рейсэҕэ сылдьар дальнобойщигынан үлэлээбитэ. Мас ууhа буолан тутуу биригээдэтин салайан үлэлээбит тэрилтэтигэр элбэх тутуулары уонна чааhынай дьоҥҥо олорор дьиэлэри тутууга элбэх сыратын биэрбитэ. Сунтаарга Бүлүү эбэ кытылыгар урбаанньыт Нина Прокопьевна Герасимова көҕүлээhининэн уонна кыттыытынан 1999 сыллаахха таҥара дьиэтин тутан саҕалаабыттара. Бу Введенскэй храм Бүлүү эрэ сиригэр буолбакка, Саха сирин епархиятын кэрэ көстүүтэ буолар. Бу храм тутуутугар үлэлэрин сыаналаан Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи архиепископ Роман аатыттан махтал грамоталаах, өр сыл тутууга дьоhуннаах үлэтин, кыра уонна орто бизнес сайдыытыгар кылаатын иhин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин махтал суругун туппута. Биир уол, биир кыыс оҕолоох, биэс сиэннээх.
Бэhис уол Владимир 1960 с. сыллаахха төрөөбүтэ. 1997 сыллаахха олохтон туоруор диэри тракториhынан даҕаны, мас ууhунан даҕаны үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кэнниттэн икки уоллаах, биир кыыстаах, биир сиэннээх. Улахан уола Толя 2023 сылтан Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ дойдутун көмүскүү сылдьар, ветеран боевых действий. “За боевые отличия” мэтээллээх, балаҕан ыйыгар “Георгий Жуков” мэтээлигэр түhэрбиттэрэ.
Кыра кыыс Надежда 1963 сыллаахха төрөөбүтэ. Акушерка, зубной техник үөрэхтээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэтин бэтэрээнэ. Билигин даҕаны медицина эйгэтигэр үлэлии сылдьар. Утумнаахтык тиис оҥорорунан дьарыктанан, үтүө үлэтэ Бочуотунай грамотанан бэлиэтэнэн дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар киhи. Биир уоллаах, биир кыыстаах, икки сиэннээх.
Аҕабыт 1972 сыллаахха сүрэҕинэн ыалдьан эмискэччи барбыта. Ийэбит барахсан илиитигэр тоҕус сааhыгтан 18-гар диэри сэттэ оҕолоох хаалбыта. Биэс уолу аhатар-таҥыннарар, үөрэтэр соҕотох ийэҕэ ыарахан кэмнэр этилэр. Аҥаардас улаатан истэхтэрин аайы уларыйар атахтарын таҥаhыгар ыарахаттары көрсүбүтүн санаан ааhара. Ыҥырыкка сылдьар иистэнньэҥ ийэтиттэн хаалбыт “Зингер” иистэнэр массыыналааҕа. Онон күннээҕи кэтэр таҥаспытын тигэрэ, соммутугар тиийэ саҥардара.
Дьиэ ис-тас үлэтэ үксэ уолаттар санныларыгар сүктэриллибитэ. Убайдарбыт, бырааттарбыт барахсаттар мас мастанан, муус ылан, кыhыннары-саастары, күhүннэри анньыынан ойбон алларан сыалыhардыыллара. Сааларын туппутунан тыаҕа тахсан хайаан да илии тутуурдаах кэлэллэрэ: кустаах, хаастаах, мас көтөрдөөх. Колябыт мотуордаах тимир оҥочолоох буолан атах оҥостоллоро. Сайынын навигация кэмигэр баржа таһаҕаһын куруустаһан харчылаhаллара.
Уолаттар эт-хаан өттүнэн бэйэлэрин бэркэ кыаналлара, спордунан дьарыктаналлара. Убайбыт Коля ытыыга кэккэ ситиhиилэрдээҕэ. Бүлүү өрүhүн харбаан туоруура уонна төннөрө. Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх күүстэригэр “радиотелефонист ракетных войск и артиллерии” чааска сулууспалаабыта. Отделение командира этэ, “Отличник Советской армии” диэн бэлиэлээх уонна старшай сержант званиелаах дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Бырааппыт Володяттан атыттар бары армияҕа сулууспалаабыттара. Валентин тустуунан уонна гиирэни көтөҕүүнэн дьарыктаммыта. Мирнэй куоракка буолбут гиирэни анньыы күрэхтэhиитигэр улахан доруобай нууччалары, украинецтары кыайан иккис миэстэни ылан ийэтин үөрпүт да, сөхтөрбүт да этэ. Ийэбит: “Валентин үөрүнньэҥ, куруук мичээрдээбитинэн дьиэбэр киирэн, хайаан да таарыйан ааhааччы”, – диирэ.
Мин оскуоланы бүтэрэн үөрэххэ киирэн устудьуоннуур кэмнэрбэр убайдарым Валентин, Толя харчынан көмөлөспүттэрэ. Убайым Коля бэйэтэ устудьуон киhи таҥас тиктэрэргэ сыаналаах бостон шерсть, натуральнай солко матырыйааллары, бэлиэ күммэр бэйэтин уруhуйугар, шкатулкаҕа тиийэ бэлэхтиирэ.
Улаатан үлэhит буолан баран, Валентин уонна Владислав өссө сулумах сылдьан сэргэстэhэ уhаайба ылан киэҥ-куоҥ гына бэйэлэригэр дьиэ туттубуттара, дьиэ иhигэр миэбэллэрин оҥостубуттара. Володя дьиэ иhигэр туттуллар малы: чороону, кытыйаны, олоппоhу уо.д.а. кичэйэн туран оҥороро.

Хаартыскаҕа: Ийэбит Марфа Прокопьөвна бииргэ үлэлиир дьонун кытта.
Ийэбит олорбут сылларын устата араас үлэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Нэhилиэк бэкээринэтигэр биэкэрдээн, остолобуойга кухня үлэhитинэн өр сылларга үлэлээн дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыта. Ол сылларга оhох итии күлүгэр олордуллубут, арыынан сотуллубут форма иhигэр саhарчы буспут итии арыылаах килиэби сиэн улааппыппыт. Астаабыт аһылыгын, алаадьытын сыта уулуссаттан кэлэрэ, бурдук аhыттан дьиэ бичиэнньэтин, лэппиэскэни, бирэскиини минньигэстик да астыыра. Буhарбыт бирэскиитэ минньигэhин балтым Надя бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ ахтан аhарбыта.
Киэhэ хойут үлэлээн бүтэр буолан, уолаттар ийэлэрин көрсөн дьиэтигэр матассыыкылынан аҕалаллара. Дьэ ол кэннэ бары остуол тула олорон аһыыр этибит.
Ийэбит туох да үлэттэн чаҕыйбат этэ. Кэтэх хаhаайыстыбатыгар сибиинньэ иитэрэ.

Yтүө майгылаах, эдэриттэн-кырдьаҕаhыттан тутулуга суох дьоҥҥо эйэҕэс сыhыаннаах ийэбит элбэх табаарыстаах этэ. Балыыhаҕа үлэлээбит кэмнэригэр кэрэ сэбэрэлээх нуучча кыргыттара бэйэлэрин бэлэхтээбит хаартыскалара элбэҕин көрөн сөҕө саныырбыт. Бииргэ үлэлээбит дьоно, ону таhынан ыаллыы олорбут ыал ийэлэрэ Зедгенидзевтэр, Ивановтар, Синнэр, Мурукучаевтар, Харитоновтар уо.д.а. бары бэйэлэрин кытта чугас билсэллэрэ
Ийэбит аhыныгас сүрэхтээҕэ. Бэйэтигэр холоон эбитэ буолуо, элбэх оҕолоох Герой ийэлээх Соловьёвтарга кыра оҕолоругар биhиги аччаабыт, кэппэт үчүгэй таҥаспытын биэрэн бэйэтин кыаҕынан көмөлөhөрө. Балык, кус-хаас, сибиинньэ этин бэрсэн кинилэртэн сүөhү иhин, хаанын ылара.
Ийэбит туохха барытыгар дьоҕурдаах, сыстаҕас этэ. Ол курдук оҕо сырыттахпытына ириис саптан күрүчүөгүнэн баайбыт курууhуба остуол, орон сабыылара, кытыыларын курууhубанан киэргэппит бырастыыналара, сыттык хаалара бааллара. Ороммут үрдүнэн субурҕа таҥаска быысыбайдара ыйанан тураллара.
Сарсыарда эрдэ туран, ыаллыы Харитоновтартан үүт ыла тахсарыгар, ааны аһан дьиэтин салгылатара. Таарыйа хонуу сибэккилэрин незабудканы, кэҕэ кулгааҕын, мутукча лабаатын хомуйан утуйар хоспутугар турар хомуот үрдүгэр уурара. Ол сыта дыргыйан биһиги өйбүтүгэр, дууһабытыгар дириҥник иҥмит. Ол иһин да буолуо, бырааппыт Владик сарсыарда аайы хааман кэлэригэр хонуу сибэккитин үргээн аҕалан түннүгэр ууран дьонун үөрдэр.
Дьиэбит иhигэр, сайынын террасабытыгар, тэлгэhэбитигэр араас кэрэ сибэккиилэри олордоро, хортуоска буолатыгар онон-манан кыhыл маак сибэккилэрэ тэтэрэллэрэ. Дьиэбит иннигэр палисадникка моонньоҕон, хаптаҕас, сибэккилэр үүнэн тураллара.
Ийэбит оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар сахалыы сурукка латинскай буукубалары туттубут буоланнар, латыынныы сурук суруйан биhигини үөрдэрэ. Уолаттарынаан саахыматтыыра, Валентин тиит мастан оҥорбут хаамыскатынан остуол оонньуутугар күрэхтэhэллэрэ.
Ийэбит үлэлээн-хамсаан “За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.” мэтээллээх, тыыл, сэрии, үлэ бэтэрээнэ. Пенсияҕа 65 сааhыгар тахсан баран Дьокуускай куоракка көспүтэ. Кыра саастаах оҕолордоох кыыhыгар Надяҕа олорон ас астаан, иистэнэн, сиэннэрин көрсөн улаатыннарсыбыта. Ол олорон сиэнин кыыhы Наташаны 4 сааhыттан иҥнэни тутарга, дьаныhан туран иистэнэргэ үөрэппитэ. Ийэбит аһыыр остуола мэлдьи минньигэс, толору астаах буолара. Куоракка бары бырааһынньыктары балтыбыт Надя дьиэтигэр ыларбыт. Сайын Андрейдаах Наташатын илдьэ дойдутугар баран ахтылҕанын таhаарара.
Ийэбит тигиитин, байыытын 81 сааhыгар диэри туппута. Ол курдук олоҕун бүтэhик сайыныгар дойдутугар бара сылдьан оҕолоругар, сиэннэригэр анаан араас дьүөрэлэhэр өҥнөөх лоскуй таҥастан тикпит дьыбаан сыттыктарын хаалара, орон сабыыта ийэбит сымнаҕас илиитин сылааhын биhиэхэ санатар.
Ийэбит туруору сымнаҕас майгылааҕа, кими да мөхпөт, сэмэлээбэт этэ. Хаhан да улахан саҥатын истибэтэхпит, кыыhырбытын көрбөтөхпүт. Онон биhиги оҕолор ийэ тапталын толору билбиппит.
Кэлэр 2026 сылга ийэбит баара буоллар 100 сааhын туолуо этэ. Тапталлаах ийэбит олоҕун оҕолоро, 15 сиэнэ, 20 хос сиэннэрэ салгыыллар.
КҮН-КҮБЭЙ ИЙЭМ – ИВАНОВА АЛЕКСАНДРА ЕГОРОВНА
Кыыhа Людмила ИВАНОВА-КУШАТОВА, педагогическай үлэ ветерана
Эн, кини уонна мин
Ийэттэн кэлбиппит
Ийэбит эмийин
Илгэтин испиппит.
Эллэй.

– Ийэм ийэтин ийэтэ – эбээм Таанньа Күрүүкэбэ, ийэм эhэтэ Дьөгүөр Күрүүкэп. Эбэм Сөдүөччүйэ 1885 сыллаахха Үөһээ Мэйиккэ иккис оҕонон төрөөбүт. Эбэм дьонун тылыттан тахсан, таптал абыланар ылларан, сөбүлүүр киhитин кытта холбоhон ыал буолан Тойбохой Кулуhуннааҕын нөҥүө Арыылаах диэн алааска көспүт. Дьоннорун тылларын истибэтэх буолан энньэтэ суох барбыт. Ийэм Өлөксөөн кулун тутар 8 күнүгэр 1919 сыллаахха төрөөбүт. Революция саҕана өр сылларга утарсыы түмүгэр Артамон Егоров кыhыллар кэккэлэригэр киирэн үрүҥнэри кытта ытыалаhыы кэмигэр ытыллыбыт үһү. Эбээлээх ийэм ол кэнниттэн олохторо кытааппыт. Кыайан олорбот буолан, сэнэх ыалы кэрийэн үлэлээн айахтарын ииттинэ сатаабыттар.
Биирдэ кыhалҕаҕа киирэн төрөппүттэригэр баран ийэтин ыҥыртаран хотоҥҥо көрсөн кэпсэппиттэр. Кыыhын аhынан бурдук, эт, көмүс, курустаал, фарфор аhыыр иhит биэрэн ыыппыт. Аҕата баар буолан дьиэҕэ киллэрэн аhаппатах үһү. Сүрэхтэммит аата Егорова Александра Егоровна диэн эбит. Итини пенсияҕа тахсарыгар Дьокуускай архыыбыттан булан ылбыт этэ. Онон пенсияҕа манна Өктөмҥө көhөн кэлэн баран тахсыбыта.
Ити курдук эрэйи көрө сатаан баран, улахан уол оҕолордоох огдообо киhиэхэ кэргэн тахсан, I Нөөрүктээйи Сэрии киирбит диэн сиргэ мин ийэбин кытары көhөн бараллар. Ол кэннэ ийэм аата-суола уларыйан Иванова Александра Егоровна диэн ааттанан саҥа олоҕо саҕаланар. Сэрии киирбит алааhа Кириэстээх утары Бүлүү өрүһүн нөҥүө өттүгэр, икки биэрэстэ тэйиччи турар үһү.
Эбээбит Сөдүөччүйэ 20-тэ оҕолоно сатаабыт эбит да, табыллыбатах. Ол иhин элбэх оҕолоох урууларыттан Сүөкүлэ диэн кыыhы ииттэ ылбыттар, ол эрэ кэннэ 1930 сыллаахха таайым Хабырыыс төрөөбүт үһү. Ииппит аҕатын туhунан улаханнык тугу даҕаны кэпсээбэт этэ, “үөрэттэрбитэ” диэбитэ. “Кыhын үөрэхпэр оҕус үрдүгэр айаннаан кэлэр-барар этим, сороҕор оҕуhум турунан кэбиhэр, тоҥор ахан этим”, – диирэ. Сэниэ баай киhи оттон сыарҕалаах атынан тиэйбэт эбит дии. Ыалга, урууларыгар олордубат, кэччэгэй киhи эбит дуу дии санаабытым. Бэйэтин улахан уолун Питерга төлөөн үөрэттэрбит эбит. Кэлэр-барар суолун, олорор сирин, аhылыгын төлөбүрэ улахан буолуо буо. Улахан үөрэхтээх, дуоhунастаах үлэҕэ сылдьар революционер буолбут үһү. Ол да иhин буолуо, Сэбиэскэй былаас кэлбитигэр Чорбоох үөрбүт, кулаахтааhын саҕана баайын, үбүн барытын колхозка биэрбит үһү. Оннук гынан улаханнык убаастанар кырдьаҕас этэ. Сүүрбэ сыллааҕыта Сэрии киирбиккэ сиэннэрэ киниэхэ анаан бэлиэ туруобут үһүлэр.
Оттон эбээм дьонноро Күрүүкэптэр Тэрэппиин атыыhыты кытары баайдарын бэрсимээри утарса сатаабыттар да кыаллыбатах. оннук гынан хаайыыга баран ытыллыбыттар. Бу кэнники ыстатыйалары көрөн, ааҕан билэбит. Ийэбит тугу да кэпсээбэт этэ. “Павлов бандьыыт буолбатах”, – эрэ диирэ.
Ийэм оскуоланы бүтэрэн баран ликбезкэ учууталлаабыта.
Ийэм бастакы кэпсээнэ
Ол учууталлыы сылдьан, Маай бырааhынньыгын көрсөргө кыhыл куhуок матыарыйа наада буолбутугар, ийэбин Сунтаартан атыылаhан кэлэригэр сорудахтаабыттар. Ат үрдүгэр олорон, харчытын уктан баран айаннаабыт. Аллыҥаҕа эдьиийигэр Ааныскаҕа хонон, аhаан ааспыт. Сунтаарга табаарын ылан, ыырдан түргэнник төннөн иһэн эмиэ эдьиийигэр хоммут. Табаарын эдьиийэ ампаарга уктарбыт. Этэҥҥэ утуйан туран табаарын ылан тахсыбыта – биир куhуога суох үһү. Көрдүү сатаабыттар да, булбатахтар. Оннук хатыылаах ампаартан сүтэн хаалбыт. Ийэм хайыай, ытаан-соноон баран салгыы айаннаан дойдутугар тиийдэҕэ дии. Оттон ол табаарын Чорбоох оҕонньор төлөөн, хата ийэбин хаайыыга ыыппатахтар. Онтон ыла эдьиийин кытары эйэлэрэ арахсыбыт, билсибэт, сылдьыспат буолбуттар.
Ийэм иккис кэпсээнэ
Чорбоох оҕонньор хас киhини иитэ олоруой, ол иhин бастаан ииппит кыыстарын Сүөкүлэни Бурҕаллалар Сүөдэр диэн уолларыгар биэрэллэр. Ийэбитин эмиэ ыйыппакка эрэ сэниэ ыал диэн Мараах Хабырыыс уолун кэпсэтэн холбообуттар. Ийэм бастаан аккаастаабыт, буолумматах үһү. Ону дьоно Сөдүөттэн атын киhиэхэ биэрбэппит диэбиттэрэ диир, “хайыахпыный, сөбүлэспитим” диэбитэ күлэ-күлэ. Ол курдук Сөдүөт бэйэтэ бэйэтинэн сыбааттаhа кэлбит. Сыарҕалаах атынан кэлбит, онтун тэллэҕэ саhыл тириитэ этэ диир. “Улахан уҥуохтаах, кыhыл саhыл истээх ыт саҥыйахтаах, бэргэhэлээх, уhун таба тыhа курумуулаах, оннук үтүлүктээх, кымньыылаах, ботуоҥкалаах киhи киирэн кэллэ”, – диир. Ийэм маанытын иhин сөбүлүү көрдөҕө дии. Аhыы олорон көрбүтэ “тарбаҕын аайы көмүс биhилэхтээх этэ” диэн эбэн кэпсээбитэ.

Хаартыскаҕа: Александра Егоровна уонна Федот Ивановтар.
Үһүс кэпсээн
Ол оннук сүктэн Кириэстээххэ барбыт. Марааха Хабырыыhа эhэбит элбэх бас билэр сирдэрдээх этилэр, төрүт сирдэрэ Мараах диэн сир эбит, Соколинай таhа. Курулууру туораан Наахара диэки бардахха Өндөй диэн киэҥ-куоҥ сир баара. Мин онно тиийэ сылдьан көрбүтүм олус улахан алаас, хонуу этэ. Былаас уларыйбытыгар Марааха тугу да биэрбэккэ кулаах буолбут, кистиирин кистээбит. Ону барытын уола, биhиги аҕабыт сирдээн, тыллаан биэрбитэ, ол иhин бырааттара “таҥнарыахсыт” диэбит үһүлэр.
Төрдүс кэпсээн
Ол курдук икки уолламммыттара ыалдьан төннүбүттэр. Аҕабытын сэбиэккэ суруксутунан анаабыттар, чахчы да үчүгэй буочардаах этэ. Уонна суоту-учуоту кыайа тутар эбит, аҕата үөрэттэҕэ дии. Улахан оҕотун Мухтуйанан, Ленскэйинэн илдьэ сылдьан табанан табаар ыырдан аҕалар эбиттэр. Ол суруксуттуу сырыттаҕына сэрии саҕаламмыт. Ийэм үөрбүт үһү, сэриигэ ыыппатахтар, маҕан билиэт биэрбиттэр, тоҕотун билбэт. Аччык күннэр-дьыллар кэлбиттэрэ, дьэ көрүөххэ амырыын этэ диирэ. Карточканан үлэлиир эрэ дьоҥҥо биэрэллэрэ, ийэм колхозка ол-бу атах-бытах үлэҕэ сылдьыбыт. Ийэтин кытта быраата үлэлээбэтэхтэр, онон икки киhи өлүүтүн үллэстэллэр уонна эбии ынахтарын ыан, үөрэ отун буккуйан, бэс субатын эбэн-сабан, аhатан, тар хааhы оҥостор этибит диэбитэ.
Сэрии бүппэт да бүппэт, дьиэ дьиэнэн өлөр этилэр диирэ. Кыhын биирдэ аччыктаан дьэ сүөhүбүтүн өлөрөн, сороҕун буорга-хаарга кистээн, уоран астанныбыт. Ону баара син тэйиччи олорор ыаллара үҥсэн, сууттанан, аҕабытын хаайыыга, ийэбитин барыларын күhэлэҥ үлэҕэ Кэмпэндээйигэ утаардылар диир. Ийэбит аччыктаан, ыран, үлэлиир кыаҕа отой суох үһү. Кыhыны супту мас кэрдиитигэр ахтабытыгар дылы тоҥ хаары тэпсэ сылдьан үлэлиир этибит диирэ. Икки сыллара бүтэн дойдуларын булан, аҕабыт төннөн ыраах Сүлдьүкээргэ тиийэн бултаан-балыктаан, таба ииттэн арыый да олорбуттар. Онно Туой Хайаҕа эдьиийдэрим төрөөбүттэр. Сэрии да бүппүтүн иhин олох ыарахан этэ, үксүн булт, балык аhынан олорбуттар. Аҕабыт хата булугас-талыгас, нууччалыы билэр буолан Мухтуйанан таба этин табаарга атастаhан дьонун абыраабыт.
Ол курдук аны Садын сирин экспедициялар буулаабыттарыгар аҕабытын снабженеhынан үлэҕэ ылбыттар. Ийэбит кыра оҕолордоох буолан үлэhиттэргэ ас астаан, оҕолорун көрөн олорбут. “Көс ыал курдук көhөн да биэрбиппит. Аны аҕаҕытын билэр үөрэхтээх табаарыhа күhэйэн, тылыгар киллэрэн Сунтаарга көhөр буоллубут, – диир. – Онно Гаанньанан ыарахан этим, хаалыам дуо, көсүhэр буоллаҕым”, – дии-дии күлбүтэ эрэ.
Туой Хайаттан Сунтаарга диэри көhүү ыырдар ыраах сир буоллаҕа дии. Мин ол саҕана үстээх этим, ол дьыл көhүүтэ сотуллубаттык өйбөр хаалбыта. Үөр табанан көспүппүт, малбыт-салбыт уонна түөрт кыра оҕо диэ. Миигин саамай кэнники кибитка дуомнаах, кэннибэр үс таба баайыылаахха олордон кэбистилэр. “Табалар сиэри гыннылыр”, – диир үһүбүн уонна ытаа да ытаа буолар үһүбүн. Онтон сылайан Наахараҕа диэри утуйан кэлбиппин. Ону убайым саныы-саныы күлэр этэ.
Наахараҕа кэлэн аҕам болуот оҥосто охсон, аны болуотунан айаннаатыбыт, ортотугар балаакка туруорбуттара. Ол эрээри наhаа кутталлаах этэ, бэрэбинэлэр быыстарынан уу дьалкыллан ыhыахтанара көстөрө. Мүччүргэннээх уhун айаммыт бүтэн, Сунтаар биэрэгэр тиксэн үөрбүппүт ахан. Райполар дьиэ була охсон, урукку 5-с маҕаhыын таhыгар табаарыhа Гуриновтар, Уаровтар үөрбүт ахан үһүлэр. Кэлээт да ыам ыйын 19 күнүгэр уол оҕо төрөөн аҕабыт үөрбүт. Хас да күн сууйбуттар.

Сунтаарга ийэбитигэр түүҥҥү харабыл үлэтин була охсон биэрбиттэр, биэс оҕолоохтор диэн көмө бөҕөтүн оҥорбуттар.

Кэлин биhиги улаатарбыт саҕана ийэбит бастаан райпотребсоюз иистэнэр сыаҕар иистэммитэ, онтон Промкомбинат иистэнэр сыаҕар көhөн пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Ийэм тулуурдааҕыттан, үлэhититтэн наhаа сөхпүтүм. Иистэнньэҥ бэрдэ, барыны бары сатыыра, астыыра, түргэн-тарҕан туттуулааҕа. 1985 сылга диэри сүөhүтүн тутан олорбута. Оттуур сирин былдьатан аhына-аhына эспитэ, сорохторун атыылаабыта.
Төрөппүттэрбит түөрт оҕолорун ыал оҥортоон, сиэн бөҕөтүн көрсүбүттэрэ. Арай биирдэ өйдөммүттэрэ дьиэлэригэр мин эрэ туга да суох хаалбыппын. Аны ийэм сотору-сотору миигин үтэр-анньар буолла, чахчы да өйдөммүтүм 25-пин туолбут эбиппин. Хайыахпыный, үөрэххэ киирэн баран барбат буоллаҕым дии. Бастакытынан кимиэхэ тахсабын диэн санааҕа ылларбытым. Үөрэх тохтуу түстүн дии санаатым. Саас Кушатов армияттан кэлэн, пляжтыы сылдьан билсиhэн, түргэнник дьоммор билсиhиннэрэ аҕалбыппар ийэм хомойбут этэ. Барбытын кэннэ “саатар эн сахаҕа тахсыаҥ этэ буо” диэхтээбитэ. Онон сыбаайбалаабатахтара, икки тыhыынчаны биэрэн баран бэйэҕит оҥостуҥ диэбитэ. Биллэн турар, Сиэнньэ хомойбута ахан да буоллар олордохпут дии, бэркэ.
Ол курдук кыыс оҕо төрөөбүтүгэр үөрэн, ийэм аатын биэрбитим кэннэ тута үлэҕэр таҕыс, мин оҕобун көрөбүн диэбитэ. Иккис оҕобут уол, кэлэ-бара эhэтин аатын биэр диэбитин биэрдэҕим дии. Суулаан баран дьиэтигэр илдьэ тахсыбыта уонна эмиэ үлэлээ диэбитэ. Онон икки улахаммын көрдөрбөтөҕө, үлэлээн абыраммытым, онон ийэбэр улахан махталлаахпын. Ол саҕана кини 60-на этэ. Ол курдук икки сиэннээх, 40-тан тахса хос сиэннээх, хос-хос сиэннэрэ 30-тар. Ийэбит тура-тура омуктары буллаххытый диирэ. Төрүттэрбитин үөрэтэн көрбүппүт хос эбээбит Татьяна Петровна Крюкова – башкир буккаастаах эбит, баҕар ол иhин буолуон сөп. Аҕам өттүнэн тоҥустар, хос эбээбит Ленскэй эбэҥкитэ эбит. Быhыытынан-таhаатынан, дьүһүннүүн-бодолуун мин курдук үһү. Дьикти дии, дьиэм иhигэр мин эрэ атын көрүҥнээхпин.
Онон төрүттэри билии – бэйэни билинии. Сирдээҕи олоххо бүттүүн ыалынан, аймаҕынан оруолларбытын атастаhан, тутуспутунан төрүүрбүт, кэлэн барарбыт курдук төрүттэрбитигэр биhиги эмиэ баарбыт. Төрүттэри билии буор кукка, этэҥҥэ, туруктаах сылдьарга туhалаах. Ийэбитигэр, аҕабытыгар истиҥ-иhирэх, тапталлаах сыhыана суох сылдьан доруобуйа туhунан толкуйдуур уустук. Ол иhин туох-ханнык иннинэ төрөппүттэрбитин ытыгылыы, кинилэри хайдах баалларынан ылынан таптыы, ытыктыы-саныы сылдьыахтаахпыт.
Күн-күбэй Герой-ийэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын огдообото Егорова Варвара Ивановна дьиэ кэргэнэ
Кыыhа Наталья Николаевна НИКИФОРОВА, СР фармациятын туйгуна, национальнай көрүҥнэргэ спорт маастара, Хабылыкка уонна хаамыскаҕа СР республиканскай категориялаах судьуйата
– Ийэм Егорова Варвара Ивановна 1929 сыллаахха саас Мочууhун нэhилиэгин, билиҥҥитэ Кутана сэлиэнньэтин Сымалыыр Таппалааҕар төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэриттэн кини саамай кыралара. Икки кыыс эрдэ өлбүттэр, убайа 12 саастааҕар эhээтин аахха иитиллэ сылдьан өлбүт. Ийэбит аҕата Уйбаача көрбөт буолан, эhээлээх эбээтигэр илдьэн харайтарбыттар. Кыайан көрүө-харайыа суох курдук буолан, биир ыйдаах оҕону аҕатын Уйбаача бииргэ төрөөбүт убайыгар Баhылайдаахха (Хоноhо) көрдөрө биэрэллэр. Саҥаhа Даарыйа биhиги ийэбитин биир ыйдааҕар оҕо гынар, 12 сааhыгар диэри оҕолорун кытта тэбис-тэҥҥэ тутан олус үчүгэйдик, иhирэхтик көрөн-истэн иитэр. Ол иhин биhиги дьиэ кэргэн таптаан “эбээбит” диирбит. Күндү киhибитигэр махталбыт улахан.
Ийэбит оҕо сааhа олус эрэйдээхтик ааспыта, төрөппүт таптала диэн тугун билбэтэҕэ. Ол содулугар эдэр сааhыттан доруобуйата мөлтөөн балыыhа бөҕөнү кэрийбитэ, эмп-том күүһүнэн атаҕар турара. Оскуолаҕа үөрэнэн иhэн кыhалҕаттан уурайан хаалбыта. Ыал устун оҕо көрөн айаҕын ииттиммитэ. Кутана күөлүн уҥуор Дьөгүөрэптэргэ, поэт Альберт Бүлүүйүскэйи, үс сааhыттан параличтаабыт оҕону көрөн, ол оҕо көрүүтэ-харайыыта ийэм үгүс сыратын ылбыта. Кинилэргэ олорон, тыыннаах хаалбытыттан үөрэн, араспаанньатын Егорованан ааттаппыт.
Аҕата Николаев Иван Егорович, ийэтэ Назарова Дария Егоровна. Ийэбит аҕатын өттүттэн хос-хос эhэм аата-суола биллэр, аатырбыт уус киhи эбит. Норуокка биллэр аата Болуотунньук Дьэкиим. Барыта 12 таҥара дьиэтин тутуспута биллэр. Кини Мэнэкэй аҕатын ууhуттан төрүттээҕэ.
Ийэм олус эдэр сааhыгар, 19-гар 1948 сыллаахха Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа Никифоров Николай Васильевичка кэргэн тахсар. Аҕабыт оччотооҕу кэмҥэ 4 кылааhы бүтэрбит добуочча үөрэхтээх киhиэхэ киирсэрэ. Сэрии иннинэ Ньурбаҕа олорон спорт комитетын председателинэн үлэлээбитэ, салайар талааннаах, колхуос мунньахтарыгар олус үчүгэйдик тыл этэр, үчүгэй куоластаах, хоhоонноох, оҕолорун көтөҕөн олорон куруук туойар этэ дииллэрэ. Аҕабыт бу кэмҥэ колхозка биригэдьиирдээбит. Ыал буолан утуу-субуу биэс уол, биэс кыыс оҕоломмуттара, 20 сыл бииргэ ыал буолан олорбуттара.


Хомойуох иhин аҕабыт 1968 сыллаахха, баара-суоҕа 50 сааhыгар ыалдьан олохтон туораабыта. Онон ийэм улахан уолунаан Капитоннуун оҕолорун иитэр эрэйигэр-кыhалҕатыгар түспүттэрэ. Үгүс сыраларын биэрэн, олоххо сөптөөх суолу булалларыгар иилээн-саҕалаан, билигин оҕолор бары улаатан, сэттэ оҕо үрдүк үөрэҕи, үс оҕо орто анал үөрэҕи ситиhиилээхтик бүтэрэн идэ араас салаатыгар таhаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар, ыал-куус буолан олороллор. Аан дойдуга махтал баар эбит буоллаҕына ананыахтаах, сиргэ тиийэ сүгүрүйэ, биhиги эйэҕэс, сылаас-сымнаҕас, сатабыллаах, уйан дууhалаах, эр санаалаах, олоххо тардыhыылаах күн-күбэй Герой ийэбитигэр Иванова Варвара Ивановнаҕа уонна аҕа оннугар хаалбыт улахан убайбытыгар Никифоров Капитон Николаевичка. Аҕабыт өлбүт ыарахан кэмигэр оҕолорун ыhаттаан кэбиспэккэ, ийэбит эрдээх санаатын ылынан улахан ыал бас киhитэ буолан 82 сааhыгар диэри олорбута, барыны бары дьаhайан, сүбэлээн-амалаан…
Салгыы ийэм көччөх гынан көтүппүт 10 оҕотун хаартысканан билиhиннэриэм.

Хаартыскаҕа: Кутана орто оскуолатыгар директорынан өр сылларга үлэлээбит улахан убайбыт Никифоров Капитон Николаевич дьиэ кэргэнэ.

Орто убайбыт Никифоров Анатолий Николаевич.

Никифоров Борис Николаевич дьиэ кэргэнэ, Сунтаар сэлиэнньэтэ.

Никифоров Степан Николаевич дьиэ кэргэнинээн, Кутана сэлиэнньэтэ.

Александр Николаевич дьиэ кэргэнэ, Кутана сэлиэнньэтэ.

Фармацевт идэлээх эдьиийбит Наталья Николаевна.

Кэбээйигэ олорор үҥкүүһүт балтыбыт Александра Николаевна дьиэ кэргэнэ.

Врач балтыбыт Светлана Николаевна дьиэ кэргэнэ, Түбэй-Дьаархан.

Учуутал идэлээх Людмила Николаевна дьиэ кэргэнэ, Элгээйи сэлиэнньэтэ.

Хаартыскаҕа: Кыра кыыс Эльвира дьиэ кэргэнэ, Ньурба куорат.
Иэримэ дьиэни иччилээбит, аал уотун арчылаабыт ытык-мааны ийэбит киhиэхэ биирдэ бэриллэр аналы дьоhуннаахтык толорон, орто дойду дьолун билэн, биир бэйэтэ элбэх силистэнэн сириэдийэн, силигилээн Аар хатыҥ буолан арчыланан олох олорбута.
Үлэ киhини сайыннарар, үөрэтэр-иитэр аналлаах буоларын ийэм олоҕо көрдөрдөҕө. Киhи олоҕо салҕанан бара турар. Көлүөнэлэртэн көлүөнэлэр үүнэ туруохтара. Бу уhун олох остуоруйата умнуллубакка, салгыы сэhэргии турдар…
Ийэм Сунтаарга сүүрбэччэ сыл олорбута. Ыалбыт Матрёна Фёдоровналыын ыаллаhан, дьүөгэлэhэн олус үчүгэйдик, иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара. Матрёна киэҥ-холку, эйэҕэс майгылааҕа, олус ыалдьытымсаҕа, мэлдьи ыраас дьиэлээҕэ, толору астаах сандалылааҕа. Муударай толкуйдааҕа, сырдыгынан сыдьаайан сылдьара. Оҕолоро бары үөрэхтээх, үтүө үлэhит ыал буолан дьоннорун удьуордарын тэнитэ тураллар.
Түгэнинэн туhанан Светлана Ивановнаҕа барҕа махтал, таптал, баhыыба! Баҕарабын доруобуйаны, эдэрдии эрчими, саҥаттан саҥа ситиhиини. Дьиэ кэргэҥҥэр ил-эйэ эҥээрдэстин, дьол-соргу тосхойдун! Оҕоҥ, сиэниҥ, аймах-билэ дьонуҥ истиҥ сыhыаннарынан угуттанан санаабытыҥ сатаннын, толкуйдаабытыҥ туоллун диэн алгыспын аныыбын.
ПЛАТОНОВА МАРИЯ АЛЕКСЕЕВНА – Былатыан Маайа (Гастроном Маайа)
Кыыhа Елена Ивановна ПЛАТОНОВА, СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ ветерана
– Иитиллибит ийэм Платонова Анна Алексеевна оҕо дьиэтигэр сырыттахпына булан ылан ииттибитэ. Эдьиий Маайа (Платонова Мария Алексеевна) ийэм бииргэ төрөөбүт балта эбит. Кини өр сылларга сельпоҕа, гастроном маҕаhыыныгар остуораһынан үлэлээбитэ. Ийэм эдьиийбинээн Маайалыын сибиинньэ, куурусса иитэр этилэр. Олус атаахтатан, көрөн улаатыннарбыта. Алдан куоракка сиэстэрэ идэтигэр үөрэттэрбитэ. Ийэм Аана Алексеевна мин ыал буолбутум кэннэ өлбүтэ. Кутанаттан төрүттээх уон оҕолоох Никифоровтар орто уолларыгар Бориска кэргэн тахсан, алта оҕолонон, бэйэм Сунтаардааҕы оҕо балыыhатыгар медсестранан өр сылларга үлэлээбитим. Эдьиийим Маайа оҕолорбун барытын көрбүтэ, ньээҥкэлэспитэ. Олус үлэhит этэ. Мин кинилэргэ махталым улахан. Светлана Ивановна ийэтин Муочаны кыра эрдэхпиттэн билэбин, миэхэ оҕолорбун көрсөн элбэхтик көмөлөhөрө. Эдьиийбин Маайаны кытары ыкса дьүөгэлии этилэр. Мэлдьи өлгөм астаах остуоллаах, эйэҕэс майгылаах, ханнык да киhини үөрэ-көтө көрсөр. Муочаны оҕолор эмиэ олус сөбүлүүллэрэ, эбээлэрин курдук саныыллара.

Хаартыскаҕа: Ийэм Платонова Анна Алексеевна бииргэ үлэлиир дьүөгэлэринээн.

Ийэм Анна Алексеевна балтытынаан Маайалыын уонна мин кыра эрдэхпинэ.
ИЙЭМ СТЕПАНИДА ФЕОКТИСТОВНА ИГНАТЬЕВА (КАЛАЧИКОВА)
Кыыhа Мария Петровна ИГНАТЬЕВА, үлэ ветерана, 30 сыл Сахателекомҥа үлэлээбитэ
– Мин Игнатьев Пётр Феоктистович уонна Мария Николаевна Спиридонова диэн дьиэ кэргэҥҥэ алтыс оҕонон күн сирин көрбүппүн. Ийэм кырабар өлбүтэ. Миигин биир ыйдаахпар аҕам бииргэ төрөөбүт улахан эдьиийигэр Степанида Феоктистовнаҕа уонна Калачиков Афанасий Николаевич Калачиковтарга ииттэрэ биэрбиттэрэ. Оҕо сааhым улахан аҥаара Сунтаарга ааспыта. Соҕотох оҕо буоламмын аhара маанылаан ииппиттэрэ. Ийэм Степанида улахан уҥуохтаах саха далбар хотуна этэ. Ыарыhах буолан үлэлээбэтэҕэ. Онон дьиэни-уоту кини тутан олорбута.

Хаартыскаҕа: Ийэбинээн Степанида Феоктистовналыын.
Элэккэй, эйэҕэс майгылааҕа. Бииргэ төрөөбүт быраатын оҕолоругар күүс-көмө буолара. Убайым Уйбаан, эдьиийим Наташа биhиэхэ олоро сылдьыбыттара. Киэhэ аайы ийэм убайым Уйбааҥҥа кэпсээн аахтарара. Ону истэ сытан утуйан хаалар этим. Ийэм оҕуруот аһын аhара үүннэрэрэ, оҕурсуу, помидор. Помидор буолаҕа үүнэр этэ, кытарчы буhан туралларын өйдүүбүн. Ыалларыгар бэрсэрэ. Ол саҕана өссө да ыаллар оҕурсуу, помидор олордубат быhыылаах этилэр. Сибэккини дьиэбит иhигэр куруук үүннэрэрэ. Кыанар эрдэхтэринэ ынах сүөhү иитэллэрэ, сибиинньэ эмиэ иитэр этилэр. Ийэм олус үчүгэйдик ыллыыра, дьиэтигэр туойар да этэ. Аҕабынаан Аппанаастыыын аhара иллээхтик 49 сыл бииргэ олорбуттара, хаhан да этиhэ сылдьалларын өйдөөбөппүн. Балтытын Марусяны кытта аhара үчүгэй сыhыаннаах этилэр. Быраатын кытары сибээстэhэ турара.
Эдэр сылдьан “дьахталларга тустар этэ” диэн дьон кэпсиирэ. Ыалдьыттар, хоноhолор кэлэ тураллара, ону барыларын ийэлээх аҕам мэлдьи үөрэ-көтө көрсөллөрө. Остуол хотойорунан аhылык бэлэмнэнэрэ, үөрэ-көтө аhаан тарҕаhаллара. Ийэм киинэҕэ сылдьарын сөбүлүүр этэ. Аҕабын кытары иккиэн сылдьаллара, сайын пааркаҕа ыhыахха бараллара. Быысапкалыыр этэ. Биhиги Томуhукааҥҥа олорбуппут. ыалларбытын кытары олус эйэлээхтик сылдьарбыт.

Хаартыскаҕа: Аҕабынаан Афанасий Николаевичтыын.
Аҕам Аппанаас коммунист этэ. Кини партия кэккэтигэр 50 сыл сылдьыбыт бэлиэлээх. Советскай-партийнай үлэhит. Кэлин пенсияҕа тахсан баран Сунтаар совхозка үлэлээбитэ. Мин ийэлээх аҕабын наhаа истиҥник саныыбын. Кинилэргэ махтанабын. Дьоллооох оҕо сааhым Сунтаарга ааспыта. Ийэлээх аҕам Сунтаар биир бастыҥ-мааны ыаллара этилэр.

Мин билигин пенсияҕа Дьокуускай куоракка олоробун. Сахателекомҥа 30 сыл үлэлээбитим. Биир кыыстаахпын, икки сиэннээхпин.

Кыыспынаан Анюталыын.

Сиэннэрбин Алисаны уонна Виканы кытары.
КҮН-КҮБЭЙ ИЙЭБИТ НИКОЛАЕВА АКУЛИНА НИКОЛАЕВНА
Кыыhа Николаева Дария Прокопьевна, СР Доруобуйа харыстабылын Бочуоттаах ветерана, туйгуна, «За вклад в развитие здравоохрания в Сунтарском улусе» бэлиэ хаһаайката
– Биhиги күн-күбэй ийэбит – Акулина Николаевна 1936 сыл олунньу 1 күнүгэр Тэҥкэ нэhилиэгэр Николаевтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс кыыhынан төрөөбүтэ.

Хаартыскаҕа: Ийэбит Акулина Николаевна.
Аҕата Николаев Николай Николаевич Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, үйэтин тухары сылгыhытынан үлэлээбитэ. Ийэтэ Анна Афанасьевна ийэбит кыра сааһыгар өлбүтэ, инньэ гынан эhэбит иккиhин кэргэннэнэн сэттэ оҕолонон, ийэбит бииргэ төрөөбүттэрэ уон биир буолбуттара. Эhэбит 94 сааhыгар өлбүтэ.
Ийэбит оҕо сааhа сэрии ыар кэмигэр түбэhэн, тоҥон-хатан, аччык аҥаардаах ааспыт. Ол да буоллар интэринээтинэн, ыалынан сылдьан Куокуну оскуолатын сэттэ кылааhын бүтэрбитэ. Уон аҕыс сааhыгар аҕабытын Сидоров Прокопий Афанасьевичка кэргэн тахсан, Сунтаарга олохсуйбуттар. РТС уопсайдарыгар ыалга олорон баран, 1960 сылга Октябрьскай уулуссаҕа саҥа дьиэ туттан киирбиттэрэ. Утуу-субуу сэттэ оҕоломмуттар. «Элбэх оҕо бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, үлэлиирбэр мэhэй буолбаттар», – диэн 1961-1965 сылларга Лесной оскуолаҕа ньээҥкэнэн, онтон 1993 сылга диэри оҕо санаторнай дьааhылатыгар үлэлээбитэ. Оҕо иитиитигэр сэмэй кылаатын сыаналаан өр сыллаах үлэтин иhин 80 сааhын туоларыгар «За вклад в развитие дошкольного образования в Сунтарском улусе» диэн бэлиэни туттарбыттарыгар «Дети войны» мэтээли ылбыт курдук үөрбүтэ, дьолломмута.


Ийэбит Акулина Николаевна эдэр сылдьан.

Төрөөбүт дьиэбит…

Төрөөбүт дьиэтин уран тарбахтаах кыыһа Наталья вышивката.

Дьоннорум дьиэ туттан киирэн баран ылыммыт, аһаабыт ыскааппытын реставрацияллаан оҥорбут, биир устуул ордо сылдьар, уонна ийэбит вышивката.
Иккис кэргэниттэн Валентин Афанасьевичтан үс оҕолонон, харайан, иитэн ийэбит Акулина Николаевна 46 сааhыгар Герой-ийэ аатын ылбыта. Эhээйикпит Валентин ыкса ыалбыт Потаповтар ийэлэрэ Харычыай бииргэ төрөөбүт быраата. Сэттэ оҕолоох дьахтары кэргэн ылан, өссө оҕо төрөтөн, сиэн бөҕөнү көрсөн-харайсан, үлэ бөҕөнү үлэлээн, улахан оҕолору барыларын дьиэлээн – чахчы да геройдуу быhыыны оҥорбут, дьоллоох олоҕу олорбут эбит.

Ийэбит кыыһын Наташаны уонна уолун Проняны кытары.

Наташа Мичили көтөхпүт, Даша Проняны.

Кэриэй Марыына сиэнинээн Сашалыын.
Ийэбит үлэтин, элбэх оҕо түбүгүн быыhыгар быысабайдыыр, иистэнэр, баайар этэ. Астыыр аhа олус минньигэс буолааччы. Кымыс ытыйан оҥкучахха уурара, куйаас сайын дьиэ таhынааҕы оҕолор бары киирэн иhэллэрин билигин да саныыллар. Дьиэ үлэтигэр бэрээдэги ирдиирэ. «Хаhаайын дьиэтин тиэргэнэ ырааhынан, хаhаайка оhоҕун көрүҥүнэн сыаналанар», – диэччи. Бэйэтэ оhоҕун сыбаан, бырааhынньык аайы испиэскэлээн маҥхатара.
Ийэбит барахсан улахан бырааhынньыктары оҥорботор даҕаны, өйдүү-саныы сылдьар курдук элбэх түгэннэри тэрийэрэ. Эксээмэн туттара барар күҥҥэ сарсыарда эрдэ убайбыт күөгүнэн күстэх хаптаран кэлбитин, ийэбит ыhаарылаан сиэтэн атаарара. Эксээмэн туттаран кэллэххэ, таhырдьаттан эт кэнсиэрбэтинэн борщтаах миин сыта эҕэрдэлээн көрсөрө.
Уопсай баанньыктан кэллэххэ ып-ыраас, өтүүктэммит утуйар таҥас хаҕа ороннорго күүтэ сыталлара туспа үөрүү буолара…
Элбэх оҕо буолан, дьиэ ис үлэтэ уочаратынан буолара. Дьиэ тас үлэтэ, хотон дьаhайыыта убайбыт эбээhинэhэ этэ. Дьоммут хойукка диэри ынах сүөһү иитэн, сибиинньэ, хоруолук, куурусса көрөн олорбуттара.
Ийэбит барахсан көрсүө-сэмэй майгылаах, кими да кытта этиhэ, өстүhэ сылдьыбатаҕа, куруук үөрэ-көтө сылдьара. Ыкса ыалларбытынаан эйэ-дэмнээхтик олорбуппут. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүhэрбит, ийэбит дьааhылатыгар хоно бардаҕына икки Харычыай («Патаакап Харычыайа», «Захаров Харычыайа») киирэ-тахса көрө сылдьаллара. Оҕолор тэҥ саастаах буоламмыт олус эйэлээх, биир ыал оҕолорун курдук сылдьар этибит.
Тапталлаах ийэбит, эбээбит, хос эбээбит Николаева Акулина Николаевна «тээтэм сааhыгар тиийдэрбин» диэн баҕа санаата туолбакка, 2020 сыл бэс ыйын17 күнүгэр 84 сааhыгар ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбыта.

Ийэбит Акулина Николаевна кыргыттарын кытары: Дария, Людмила, Наталья, Александра.

Кыргыттара Аня, Даша.

Кыра кыыһын Нюргуянаны кытары.

Кыргыттарын кытары.

Сиэнинээн Айаал Фёдоровтыын – ох саанан ытыыга Европа икки төгүллээх чемпиона, Россия хас да төгүллээх чемпиона, призёра, спорт маастара, Саха Республикатын рекордсмен-чемпиона, СР олимпийскай чемпионнары бэлэмниир киинин спортсмен-тренерэ.

Ийэбит кыыһынаан Наталья Прокопьевналыын уонна сиэнинээн.
ТҮМҮК ТЫЛ
Биир түөлбэҕэ үөскээммит, тус-туспа дьылҕалаах дьон буолан араас сиргэ тарҕаhан олордорбут, кыратык да буоллар оҕо сааспытын ахтан, күн сирин көрдөрбүт күндү ийэлэрбитин истиҥник санаан аастыбыт.
Оҕо сааhым доҕотторо 2023 сыл сайын Сунтаар аатырбыт ыhыаҕар көрсө түспүппүт бэлиэтэ – бу сурукка тиhиллибит ийэлэрбит тустарынан истиҥ ахтыылар. Кэмигэр этиллибэтэх истиҥ тыллары, ааспытын да кэннэ буоллар, эттэхпит буоллун күн-күбэй ийэлэрбитигэр.
Бу ахтыылар хойутаан да буоллар ийэлэрбитигэр сүгүрүйүү, ис дууhаттан тахсар махтал көрүҥэ буоллун диэн түмүктүүбүн.
Ахтыылары бэлэмнээтэ
Светлана Ивановна ИВАНОВА.
2025 с. ахсынньы ый.
(“Ахтыылар” интернет-сайт)
