Иванов Аркадий Степанович ахтыыта

ОЛОҔУМ КЭРЧИКТЭРИТТЭН

Дьылҕа хаан ыйааҕынан

Мин, Иванов Аркадий Степанович, 1950 сыл алтынньы 21 күнүгэр Сунтаар оройуонун Элгээйи сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтүм. Ийэм эрэйдээх Аҕа дойду сэриитин ыар сыллара дьайан, элбэх оҕо төрөтөн ол содулуттан аһаах туруга уйбакка, миигин оҕолоноот эрэйдээх-буруйдаах олохтон өлөн туораабыт үһү.

Кыра оҕону, бороохтуйа түспүтүм кэннэ, аҕам туора ыалга ииттэрэ биэрбит. Ол да ыалым ийэлэрэ өлөн, биэс-алта сааспыттан Тойбохой детдомугар иитиллибитим. Улааппыт-үөрэммит кыһабын олус истиҥник саныыбын, көҥүл көччүйэн оҕо сааһым ааспыта. Сааһыран баран анаардахпына, детдом оҕото төрөөбүт норуотун олоҕуттан быһа тутуллан отой атын эйгэҕэ түбэһэр эбит. Олорор бөһүөлэгиҥ үлэтэ-хамнаһа, дьонун кыһалҕалара эйигин ончу таарыйбаттар. Төрүт омугуҥ олоҕо күннээҕи бытархайтан таҥыллан тураллар эбээт. Дьон кыһалҕата, хоп-сип, ким өлбүтэ, ыал буолбута детдом оҕотун күннээҕи кэпсэлигэр ахтыллыбат, иитээччилэр да оннугу кэпсэл оҥостубаттар. Дьэ ол иһин буоллаҕа, детдом оҕото ыал буоларга бэлэмэ суох, норуотун төрүт үгэстэриттэн тэйбит, от оттообот, ынах ыабат – барыта бэлэмҥэ мэҥийбит буола улаатар.

Ол да сиэринэн мин эмиэ үөрэх ылбакка, наар хара үлэҕэ миккиллэн, биир сиргэ түптээн олорбокко, үлэлээбэккэ, чэпчэкиттэн чэпчэкигэ талаһан эдэр сааспын кураанахха бараатаҕым. Хата, сааһыран баран кытаанах дьаһаллаах ойоххо түбэһэн кырдьар сааспар сиэрдээхтик, дьоллоохтук олорор дьылҕаҕа тигистим.

Өйбүн-төйбүн эрдэ тутан, үөрэх ылан дьон тэҥинэн олорбутум буоллар, баҕар, туохха эмит тыас таһаарыам эбитэ дуу? Эбэтэр тойон буолан тордурҕаан, бэриккэ бэһирэн хаайыллыам эбитэ дуу? Дьылҕа хаан хайдах дьаһайбытынан, омсоллоох түгэннэрдээх олоҕу олорон, үйэбин моҥоон эрдэҕим. Билигин дьол диэн чуумпу, уу-тураан олох буоллаҕына – мин дьоллоохпун. Ипотека, кредит суохтар. Олорор дьиэлээхпин, оҕолор, сиэннэр үөрдэллэр – онтон ордук туох наада? Бүгүҥҥү олоҕум маннык салаллыбытыгар ойоҕум өҥөтө.

Ойохпунаан Наталья Николаевналыын үс оҕону көрөн-харайан, этэҥҥэ улаатыннардыбыт. Үһүөн үлэһит бэртэрэ, үчүгэйкээн сиэннэри бэлэхтээтилэр. Аны сиэннэрбит улааталларын, кинилэр ситиһиилэрин сэмээр кэтэһэ аргыый аҕай олоруохпут буоллаҕа, дьылҕа хаан төһөнү өлүүлээбитинэн.

Аркадий Степанович ИВАНОВ-Силис.

Үөһээ Бүлүү олоҕо, киин түөлбэ.


 

ОҔО СААСТАН БИИР ТҮГЭН

Убай Кеша ахтыыта:

– 1941 сыл ахсынньытыгар аҕабыт холкуос уопсай мунньаҕар барбыта. Оҕолор аҕабыт, баҕар, туох эмэ ыстыыры аҕалыа диэн, санаабытыгар тугу эрэ кэтэһэр курдукпут. Ийэбит уу сылыта уурбута. Арай аҕабыт тыын быһаҕаһынан тыынан киирэн кэллэ да, уу көрдөөн иһэн эрдэҕинэ ааммыт тэлэллэ түстэ. Ону кытта дьиэ ортотугар саатын бэлэм туппутунан Ойуун Дьөгүөр биирдэ баар буолла да, аҕабытын саанан тирээтэ уонна: «Куотуоҥ да сэрэн! Ытан кэбиһээр диэбиттэрэ», – диэн күргүй былаастаах саҥата дуораһыйда. Оччону көрбүт-истибит дьиэлээхтэр, оҕолор ытаһыыбыт уонна ийэбит барахсан айманыыта оччолорго букатын кырачаан киһи өйбөр-сүрэхпэр иҥмитэ хойукка диэри умнуллубакка эрэйдээбитэ.

…Кэлин билбиппит аҕабыт ол мунньахха “дьон хоргуйан, ыал ыалынан эстэн эрэр, кыратык баар бурдуктан, эттэн түҥэтэ түһүөххэ, дьоммутун быыһыахха” диэн тыл эппит. Сураҕа, истиэнэҕэ ыйанан турбут Ыстаалын мэтириэтин хайытан түһэрбит, далбаатанарын омунугар. Дьэ онуоха фроҥҥа барар бурдугу сиэри суодайбыт, эбиитин Ыстаалын мэтириэтин алдьатта диэн аакта оҥоро охсон, холкуос бырабылыанньатын аатыттан хаайарга, сууттуурга диэн уураах таһаарбыттар.

Аҕабыт нөҥүө сылыгар босхолонон баран, холкуоһугар төннүбэккэ Элгээйи МТС-гар үлээлии хаалбыт. Кэлин сопхуос буолбутун кэннэ, дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччы буолуор диэри МТС-гар үлэлээбитэ. Ийэбит Татыйыыс өлбүтүгэр биэс ини-биилэри Бордоҥ, Тойбохой детдомнарыгар утаарталаабыта. Мин Бордоҥ киэнигэр түбэспитим.


 

ИНТЕРНАККА

Оҕо эрдэххэ түүн кылгаһа, төбөҕүн сыттыкка уурбутуҥ баара – баспытаатал хаһыыта туран суунарбытын дьаһайара иһиллэ охсубута баар. Олорор дьиэбит оһох оттооччута Хороох Өндөрөй оһохторо оттуллубуттара ырааппыт. Сыыһа-халты таҥнаат оһох айаҕар үмүөрүһэбит, «нохолоор, оһох аанын сабыҥ эрэ!» – Өндөрөйбүт хаһыытыыр. Аны соммутун бүрүммүтүнэн аһыыр сирбитигэр сүүрэбит, тымныы обургу хаххаламматах испитин, көхсүбүтүн кымаахтыыр, онно эрэ кыһаллыбаппыт. Ийэ курдук ытыктыыр буобардарбыт Өкүлүүн, Мотуруона астаабыт итии хааһыларын сии охсоору сүүрүү кытаанаҕа. Онтон үөрэх, күнүс кэлэн улахан оҕолор оһоххо оттуллуохтаах мастары эрбииллэригэр көмө буоларбыт.

Дьэ ол кэннэ уруок аахтыахха диэри, хоскор дьуһуурунай буолбатах буоллаххына, сынньалаҥ. Бу кэмҥэ буолара оонньооһун, охсуһуу, улахан уолаттартан дьарыллыы. Ол эрээри детдом олоҕо үчүгэй да этээ. Ийэ, аҕа мөхпөт. Сааһыран баран Ийэ диэн айбыттарыҥ сүдү бэлэхтэрэ быһыылаах диэн өйдөбүлгэ кэлэн эрэбин, дьоллоох дьон Ийэ тапталын билэн эрдэхтэрэ. Олох биир бэлэҕэ Ийэ барахсан таптала, ону билбэтэҕим дьол биир сүҥкэннээҕэй түгэниттэн илии соттуу буоллаҕа. Детдом биир омсолоох өрүтэ ыал буолан олоруу үөрүйэҕэ ончу иҥпэтэҕэ, ол да иһин ойохтортон араҕыстаҕым. Эндирдээх олоҕу да олордорбун, кырдьар сааска дьоллоох курдук сананабын. Онуоха билиҥҥи ойоҕум кытаанах майгыта төрүөт буоллаҕа. Кини үүннээн-тэһииннээн туппатаҕа буоллар, ханна-ханна тиийиллиэ биллибэт. Дьэ, оннук.


 

БИЛИГИН КЭЛЭН МАХТАНАБЫН

“Аҕа”. Бу тыл миэхэ тугу этэрий? Сүрэхпин хамсатар, санаабын оонньотор, уйулҕабын уйгуурдар дуо? Суох быһыылаах. Тыл, кураанах тыл, чопчу чугас өйдөбүлэ суох. Оннооҕор “ийэ” диэн тыл долгуппат.

Оҕотук сылдьан ийэтэ-аҕата суохпуттан итэҕэстээх курдук санаммат этим, буолуохтааҕын курдук ылынарым. Ыал оҕолоругар ончу ымсыырбатаҕым, детдом тотоойу аһылыга, ыраас таҥаһа, оонньуур оҕоҥ элбэҕэ – оҕо эрэ сайдыах, кута тохтуох эйгэтэ буоллаҕа. Билиҥҥи детдомнары билбэтим, биһиги детдоммут үчүгэй үлэлээх буолан иитиллибит кыһабын истиҥник санаан эрдэҕим.

Төһө да тулаайах буолларбын аҕалаахпын билэр, көрбүт, туох эрэ өйдөбүл хаалбыт бадахтаах. Аҕам маннык этэ диэн харахпар омооно олорботох.

Биир үтүө сайыҥҥы күн обургу уол көрсөн “ноо, аҕаҥ кэлбит үһү” диэн соһутта. Дьиҥинэн, төрөөбүт дойдум оройуон киинигэр киирэн эбэни туораан ыраах сытар. Тойбохойтон чиэски сир. Былыр, суол-иис суоҕар мэнээк киһи ылла да кэлбэт. Өмүрэх курдук кэлбит эрэ, кэлбэтэх эрэ аҕаны көрдүүр санаа атастарбар Ымай Куолаҕа, Аанча Паанаҕа киирдэҕэ.

Оччо ыраахтан кэлбит да буоллаҕына, син уолун көрсүөхтээҕэ буолуо диэн өйдөбүл биһиэхэ киирбэтэҕэ. Доҕотторум барахсаттар ийэтээҕэр буолуох аҕалара да суох дьон туспа оҕо аҕатын көрөөрү дуу, кэһиигэ тиксээри дуу туруммуттара сүрэ бэрдэ. Инньэ гынан бөһүөлэкпит ортотугар баар лааппыга бардыбыт. Хас биирдии ааһар эр киһини уолаттарым сэмээр ыйаллар, “кини дуо?” диэн ыйыталлар.

Хантан билэрим буолла? Тоҕо эрэ киэпкэтин умса кэтэр этэ диэн өйдөбүл хаалбыт. Уолаттарбар ону этэбин, уулуссаҕа син өр төттөрү-таары хаамыстыбыт да ол билбэт, харахтаабатах киһибин хантан билэммин ыйан биэриэхпиний. Соннук бастакы өрүкүнэспит уохпут умуллан, атыҥҥа аралдьыйан мэниктии ойдохпут. Аҕа туһа диэн өрүкүйүү омуна умнуллубута түргэн. Сааһырбыт кэннэ оҕо саас түгэннэрэ, дьэ, биир-биир өйгө охсуллан ааһаллар.

Тулаайах оҕолор эйгэлэригэр ийэ, аҕа туһунан кэпсэтии баарын ончу өйдөөбөппүн, ол туһуттан ытамньыйар, суланар оҕону көрбөтөҕүм. Арай детдоммут интернат-оскуола диэҥҥэ уларытыллыбытын кэннэ ийэлээх-аҕалаах оҕолор кэлитэлээбиттэрэ. Кинилэр дьоннорун кытта бэркэ олорбуттарын, сайылыкка сайылыылларын, оттуулларын, бултуулларын кэпсэл оҥостоллорун истэрбит. Мин бэйэм туһум – ол олохторугар ончу ымсыырбатаҕым.

Ол кэм биир умнуллубат түгэниттэн саҥа доҕоттор, атастар элбээһиннэрэ буоллаҕа. Чугас сытар Дьаархантан Вася Спиридонов диэн уол бастакынан эбиллибитэ быһыылааҕа. Сып-сытыы, наһаа кыанар, куруук күлэ-үөрэ сылдьар уолчаан. Эт саастыы буолан бэркэ тапсыбыппыт. Кытыгырас уолчаан этэ, хайа да бэйэлээх уот баҕанатын кыпчыйда да тииҥ курдук өрө хатаастан, түргэн үлүгэрдик үөһэ ытта охсоро. Көрөн салларбыт.

Күһүн уолум этэр: “Эдьиийим кэлбит, көрсө барыахха”. Киэһэ хабыс-хараҥаҕа эдьиийэ түспүт ыалыгар Чөччөҥөлөөххө барар суол айаҕар турар дьиэҕэ кэллибит. Бу суолунан “Көнөөккө” сөтүөлүү сайын элбэхтик тиэстибиппит, кимнээх олороллорун удумаҕалатабын. Дьиэттэн эдьиийэ таҕыста, атаспын кууһар, сыллыыр, элбэҕи саҥарар. Уолум аҕыйах тылынан хоруйдуур. Аны миэхэ кэлэн иэдэспиттэн сыллаата, табахсыт эбит, табах аһыы сыта аҥылыйда. Сөбүлээбэтим да буоллар, тэйбэтим.

– Хайа дойдуттан сылдьаҕын? – диэн ыйытар.

– Элгээйиттэн.

– Мин онно тубсанаторийга эмтэнэ баран иһэбин, туох дьоннооххунуй, кимиҥ баарый?

– Аҕам.

– Тугу илдьиттиигин? Тугу үлэһэҕин?

Ол билбэт киһибэр тугу илдьиттиэхпиний, ааһа баран үлэх үлэһиэм, кэһии эрэйиэм дуо? Уолум эдьиийэ арахпат, кини “ийэ-аҕа, уруу-аймах” диэн өйдөбүлэ ончу атын бадахтаах. Аҕа буолла да уолун таптыыр, оҕо аҕатын ахтан туоххаһыйар диэн быһыылаах. Мин аҕалаахпар, аҕата суохпар ончу баардыылаабат бэдикпин.

Сол гынан, тугу да үлэһэрбин, илдьиттиирбин билбэккэ кулук-халык буола турдахпына, арааһа атаһым дуу, дьахтар бэйэтэ дуу – “чаһыы” диэн буолла. Ааспыт үйэ 50-60-с сылларыгар хары чаһыыта киһи аайы баар буолбат этэ. Учууталлар, мааны дьон кэтэллэрэ. Көрсүһүүбүт бүтэн төннүбүппүт.

Күннээҕи үөрэх, интернат олоҕун түбүгэр чаһыы үлэспиппин умнан, ол туһунан санаабакка да сырыттахпына доҕорум Вася чаһыы туттарда: “Бу эдьиийим аҕалбыта, аҕаҥ ыыппыт”. Соһуйан диэн төһөнү соһуйуоҥуй? Улаханнык үөрбэтэҕим, өр кэппэппин сэрэйэрим. Уонна барыта бэлэмҥэ улааппыт буолан быһыылаах, буолуохтааҕын курдук ылыммытым. Вася бэйэтин чаһыытын устан биэрбитэ буоллар ордук үөрүөм ини. Аҕам эрэ, ханнык эрэ билбэт киһим ыыппыт кэһиитэ ис куппар туох да иэйиини уһугуннарбатаҕа, долгуппатаҕа. Өр кэтэрдибэтэхтэрэ: ити уол уларсан, бу уол ылан соторунан алдьаммыт чаһыыны туттаран кэбиспиттэрэ. Эмиэ бэлэмҥэ үөрэммит, малы-салы харыстаабат майгы баһыйан сол кэһии сүтэн-иҥэн хаалбыта. Вася эдьиийэ барахсан ханнык быһыыга-майгыга аҕабын көрсүбүтүн оҥорон көрөр кыаҕым суох. Эппит тылыгар турар, оҕо туһугар ыалдьар, сытыы дьахтар эбит диэн билигин хайгыы, ытыгылыы, истиҥник саныыбын.

Детдоммут оскуола-интернат диэҥҥэ уларыйан оҕо наһаа элбээбитэ. Ол иһин буолуо, төрөппүттэрдээх оҕолору сайын аайы дьонноругар ыыталыыллара. Син аҕалаах, кииринньэҥ ийэлээх киһини миигин эмиэ биир сайын аҕабар ыытар буоллулар. Сиэйэ Ыгыаттатыгар барар Батаакаптар аҕалара уолаттарын ыла кэлбитинэн, олору кытта Элгээйилиир буоллум. Сунтаарга диэри эрэйэ суох тиийдибит, ол кэннэ уу суолунан айанныахтаахпыт. Болдьоҕо сөп түбэспэккэ дуу, таба туппакка дуу нэдиэлэни быһа кэтэһэн, кэмниэ-кэнэҕэс сүрдээх бытаан айаннаах бааржаҕа дуу, туохха дуу олорон айаннаатыбыт. Сарсыардаттан киэһэ сайыҥҥы күн арҕалаабытын кэннэ Элгээйи бөһүөлэгэ турар кытылыгар тигистибит. Түөрт көстөөх сири ньыһыйан, аныгы киһи анаарыытынан бытаан айан эбит. Оччолорго баарыгар баһыыба.

Ыал олоҕун ончу сөбүлээбэтэҕим; мэник, ачаа кыргыттар, кыһыл оҕо улаатан эрэр уол кэпсэтиэ баара дуо? Наар оҕо көтөҕөн, бүөбэйдээн таҕыстым, оҕолоро ытанньаҕа салыннарда. Аны өрүстэн киэһэ аайы икки биэдэрэнэн уу баһабын. Түргэнник куоппут киһи диэн эрэ санаа баар. Улахан дьон дьаһалыгар үөрэммит оҕо хайа хайысханан, туох туһаайыытын тобулан тапталлаах Тойбохойбун булуохпунуй? Аны ыаллыы уолаттары кытта кучуйсан күнүс киинэҕэ сылдьан кииринньэҥ ийэбиттэн мөҥүлүннүм. Аҕабын кыһыл тылынан сулуйбут быһыылааҕа, бэркэ кыыһыран ситии тирбэҕэнэн сирэйгэ биэрдэ. Төһө да ыарыйдар буруйа суохпар охсуллубуппуттан наһаа абардым, аба-сата уонна детдом уолаттарын тыйыс иитиитэ көбөн ытаабатым, мыык да диэбэтим. Аҕам сирэйин утары көрөн балай эмэ турдубут, тирбэҕин түбэһиэх элитэн баран дьиэҕэ киирдэ.

Биир кыһын биһиги кылаас Элгээйи оскуолатыгар бэйэбит саастыылахтарбытын кытта күрэхтэһэ бардыбыт. Оскуола таһаҕас таһар массыынатыгар лыык курдук симиллэн бэркэ айаннаабыппыт. Биири сөхпүтүм Элгээйи оҕолоро эйэҕэстэрэ: дьиэҕэ киирэрбитигэр ааны аһан, аһыыр сирдэрин ыйан, утуйар сирбитин булларан бэркэ маанылаабыттара. Төннөрбүтүгэр тоҕо эрэ “Киин уһаайба” дэнэр түөлбэтигэр тохтообуппут. Арай массыынаҕа киһи хатаастан тахсан:

– Мин уоллаах этим, Аркаас, бааргын дуо? – диэн аҕам саҥатын иһиттим.

Туох да үөрүү, долгуйуу кыыма кылам да гымматаҕа, олорор сирбэр эбии кирийэ сатаан, умса туттуохпунан туттан саһарбынан састым. Оҕолор да ыҥыра сатаатылар, бары биир таҥастаах элбэх оҕо ортотуттан чуо миигин булбатылар. Соннук төрөппүт аҕабын көрсүбэккэ айаннаатахпыт.

Дьылҕа ыйарынан, олох очура охсорунан аны хаһан да истибэтэх сирбэр – Бүлүү Хампатын оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпына “аҕабыт уһугулаан сытар” диэн иһитиннэрии кэлбит. Улахан убайбар Киэсэҕэ олорорум, иккиэн айаҥҥа туруннахпыт. Өр айаннаан аҕабыт тыыннааҕар баттаһа тиийдибит. Киирэн көрсүбүппүт, убайым тугу кэпсэппитин билбэппин, истибэтэҕим. Мин, эдэр оҕотук киһи, өлүү-сүтүү диэни бэйэҕэ чугастык ылыммат, ханна эрэ ырааҕынан сылдьар тэгили өйдөбүлгэ холуурум. Харах уута тахсыахтааҕар аһынар, хараастар санаалар киирбэтэхтэрэ.

Аҕам сытар хоһуттан тахсааппын эдьиийим, аҕам балта Ааныска утары көрсөн:

– Хайа, тугу диир, хайдаҕый? – диэн ыйытар.

– Уолаттардааҕын саҥа билбит курдук, – диэн чап гыннарабын.

Туох санааттан, туохтан сэдиптээн итинник хардарбыппын билиҥҥээҥҥэ диэри билбэппин.

– Аньыы даҕаны, бу уол тугу-тугу тыллаһар? – эдьиийим кыыһырар.

Аҕыйах хонон баран аҕам Иванов Степан Афанасьевич орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барбыта. Баара-суоҕа 53 саастаах эбит. Биэнсиэйэҕэ да тахсаахтаабатах.

Аҕабын кытта илэ, кэтэх алтыспыт түгэннэрим ситинниктэр. Аҕам барахсан элбэх ыччаттары хааларбыта – уон алта оҕону. Билигин кэлэн аҕабар махтанабын: орто дойду олоҕун бэлэхтээбитигэр. Эн ыччаттарыҥ киэҥ Саха сирин үрдүнэн тэнийдилэр.

Хаартыскаҕа: хаҥас олорооччу аҕам, уҥа таай Миитэрэй, сэрииттэн хараҕыттан матан кэлбитэ.

Үөһээ Бүлүү олобура, киин түөлбэ.

2023 сыл бэс ыйын 26 күнэ.


 

АТАҺЫАМ, АХТАБЫТ ДУО ААСПЫТЫ?

– Үөлээннээҕим Уйбаан, дорообо. Дьэ, доҕор, оҕо сааспыт дьүөгэтэ Шура “юннаттаабыт оҕолор тустарынан ахтыыта суруй” диэтэ ээ! Эн биһикки юннат этибит буоллаҕаа. Ол ааспыт оҕо сааспыт бэлиэ түгэнин ахтыһыах дуу, сэгэриэм. Уруккуну-хойуккуну умнубаккынан эн буоллаҕыҥ. Дьэ, Уйбаан, саҕалаа эрэ.

Уйбаан:

– Ончу кыракый сылдьан син чыычаахтары көрөрүм эбитэ буолуо, ол өйбөр ончу хаалбатах. Ийэбин кытта олорор эрдэхпинэ ынахтаахпыт эбитэ дуу? Ол умнуллубут. Арай оскуолаҕа саҥа киирбиппит кэннэ бастакы учууталбыт Дарья Алексеевна кылаас оҕолорун “Тыыннаах муннук” диэҥҥэ илдьэн чыычаахтары көрдөрбүттээх. Бастакы өйдөбүлүм диэн ол.

Архаас:

– Мин бастакы өйдөбүлүм ытааһыннаах этэ. Ити билиҥҥи “Ботаническай сад” (Тойбохойго) туруохтаах сиригэр, улахан оҕолор баҕана оҥкучаҕын хаһан үлэлии тиритэ-хорута сылдьаллара. Эн биһикки кыра бэдиктэр мэниктии сылдьан, эйигиттэн саһаары хаһыллыбыт баҕана дьааматыгар киирэн чохчос гынан олороору сонно кыбыллан хааллым, мөхсөн тахсаары гыннаҕым аайы эбии кыбыллабын, хайдах да тахсар аат суох. Улахан уолаттар кэлэн күлэллэр, кыргыттар аһынан таһаара сатыыллар. Хантаан? Кытаанахтык кыбыллыбыт этим. Күрдьэҕинэн дьааманы кэҥэтээри гыннахтарына эппин таарыйыах курдуктар, син этэҥҥэ хостоон баччаҕа кэллэҕим. Киһи күлэр даҕаны, оччолорго ытаан сыҥсыйыы бөҕө этим.

Уйбаан:

– Арыый улааппытым кэннэ миэхэ “Астра” диэн сибиинньэни көрөргө, аһатарга сыһыарбыттара. Тугунан аһатыахпыный? Остолобуойтан ордор ас тобоҕунан, сайынын от үргээн аһатарым.

Архаас:

– Ээ, мин Семёнов Битээлийдиин куруолуктары аһатар этибит. Кинилэр ячейка курдук килиэккэлэргэ олороллоро, сырдык сетка аанынан киирэрэ, аһылыктарын ону аһан уурарбыт. Тыһы куруолук оҕолонуон хас эмэ хонук инниттэн аанын халыҥ хордуонунан сабарбыт, хараҥаҕа оҕолонуохтаах. Аны оҕоломмутун кэннэ оҕолорун илиигинэн таарыйыа суохтаах үһүгүн. Бэйэтэ туспа мындырдаах, быраабылалаах.

Уйбаан:

– Биир умнуллубат өйдөбүлү хааларбыт түгэнинэн “Пущик” диэн эһэ оҕото буолар. Арай биир күн “Пущик едет в Прагу” диэн киинэ көрдүбүт, ол онно “Пущик” диэн эһэ оҕотун туһунан этэ. Киинэттэн бүтэн тахсыбыппытыгар, хантан истибиттэрэ буолла – “эһэ оҕотун аҕалбыттар, эһэ оҕотун” диэн сүпсүлгэн бөҕө. Эһэ оҕотун көрө ойдубут. Кып-кыракый киһи эрэ таптыах кыылчаана хаарчах иһигэр муннукка бүгэн олорор эбит. Кэлбиппитигэр сүүрэн кэлэн сиэткэ нөҥүөттэн ийэтин сытын ыла сатаан буолуо, биһигини сытырҕалыы сатыыр. Хап-хара харахтардаах, хап-хара муннулаах, хараҥа кытархайдыҥы түү мээчик курдук бөкүнүҥнүүр. Ол киинэттэн сылтаан эһэбит оҕотун “Пущик” диэн ааттаабыппыт.

Чугастааҕы “Бэрэ” күөлүгэр сөтүөлүү барабытыгар илдьэ сылдьарбыт, ууга чомполонорун наһаа сөбүлүүрэ. Аны Ботаническай сады кытта сэргэстэһэ “Арыы” диэн ойуур баара, онно илдьэн күүлэйдэтэрбит. Маска хатаастан тахсара, төһө да ыҥыра сатаабыт иһин түһэн бэт. “Ээ, чэ, биһиги бардыбыт”, – диэн баран мастар күлүктэригэр саһан хаалабыт, оччоҕуна Пущик биһигини сүтэрэн алларааны көрөн ытаан ылар уонна наһаа бытааннык түһэ сатыыр, тохтоон тулатын көрө сатаан мэлээриҥниир. Сыт ыла сатаан салгыны сытырҕалыыр, эмиэ аллараа түһэрин салгыыр. Сиргэ түһэн суолбутун сытырҕалаан хайа диэки барбыппытын эндэппэт уонна сүүрэн кэлэн булаттаан ылан үөрэн атахпытын кууспахалыыр.

Архаас:

– Мин ити кэмҥэ туртастары көрөр-аһатар этим. Хас сарсыарда аайы Талах Күрүөҕэ баран хатыҥ лабааларын тоһутан аҕаларбыт уонна кыылларбытыгар биэрэрбит. Туох да улахан киһи сэргиэҕэ суох курдуга. Ол туртастарбыт киэҥ хаарчахха кустары, кууруссалары кытта тэҥҥэ сылдьаллара. Кууруссалары, кустары кимнээх аһаталларын билбэппин, бука син көрсөн эрдэхпит да, умнуллубут.

Биир күн олорор корпуспутугар кыра чыычаах аһаҕас түннүгүнэн көтөн киирбитин тутан ылан, көппөтүн диэн кынатын сарбыйан баран көтөрдөр иитиллэн турар хааччахтарыгар ол чыычаахпытын ыытан кэбистибит. Оо, онно баар бары көтөрдөр ол кыракый чыычааҕы тобулу тоҥсуйаары сырсыы бөҕөлөрө. Олор быыстарыгар муора хоптото баар, саамай түргэннэрэ кини эбит, били чыычаахпытын ситэн кэлэн ааһа сүүрдэ уонна эргиллэ биэрэн хаптас гынан киэҥ баҕайы айаҕын атан утары сүүрэн кэлбит чыычаах сордооҕу биирдэ уобан дьүккүк гынан ыйыстан кэбистэ. Чыычаахпыт хопто куолайынан хамсыы-хамсыы иһирдьэ, куртаҕар буолуо, бара турда. Хопто сиэмэх буоларын көрөн сөҕүү бөҕөтүн сөҕөн турардаахпыт.

Уйбаан:

– Биир күн баспытааталым: “Георгий Евдокимовичка бара сылдьар үһүгүн”, – диэтэ. Салынным ээ, туох буруйу оҥордохпунуй? Дьиэтигэр тиийдим, ааҥҥа турдахпына кыыһа Ася: “Паапа, эйиэхэ Уйбаан кэллэ”, – диэбитигэр хостон оҕонньор тахсан: “Так-так, дьэ, Уйбаан, үчүгэй юннат буолаҥҥын Москубаҕа бараҕын, онон бэлэмнэн”, – диэтэҕэ. Соһуйдум, итэҕэйимиэх санаа киирэр, бэйэбин уһулуччу үчүгэй үлэлээх курдук санаммат этим. Хаһан барарбын да ыйыппакка тахсан бардаҕым дии. Ол күн детдом ыскылаатыттан ыраас таҥас таллардылар. Хата соҕотох буолбатах эбиппин – Семёнов Битээлий (Анча), Алексеев Валерий (Лэппиэскэ) бааллар.

Сарсыныгар эрдэ Сунтаарга киирэн Дьокуускайга көттүбүт. Киин куораппытыгар кураанах оскуолаҕа аҕалан олохтоотулар. Салайааччыбыт Дегтярёв Александр Фёдорович. Манна Москубаҕа барааччы оҕо элбэх эбит, бары кыргыттар, тойбохойдор эрэ уолаттардаах эбиппит диэх курдук. Хонон тураат, бары авиапортка кутуллан тиийэн Москубалыыр сөмөлүөккэ киирдибит. Түөрт мотуордаах сүҥкэннээхэй улахан Ил-18 диэн көтөр аал эбит. Үс салоннаах, биһиги ортоку салоҥҥа олордубут. Төһө өр көппүппүтүн билбэппин. Москуба үрдүнэн көтөн иһэн иллюминаторынан көрөбүн.

Улуу куорат бүтэр уһуга көстүбэт дьиэлэринэн бачыгыраан, олор быыстарыгар күөх пааркалар, ойуурдар көстөллөр. Долгуйан, үөрэн бу куораты тутатына таптыы, хайгыы көрөбүн.

Син этэҥҥэ хонор сирбитин булан, сарсыҥҥытыттан ВДНХ-ны кэрийдибит. Дьиэ кыылларын, көтөрдөрү көрдөрөллөр, хата мин яблоко үүнэрин илэ көрөн отоно элбэҕин сөхпүтүм билигин да умнуллубат. Дьон көрбөтүгэр биир яблоконы туура тардан ылан сиэн көрбүтүм аһыытыҥы, ол эрээри алыс минньигэһиргэтэн сиэбитим. Сити курдук юннат буолан, кыылларга тапталым таһынан эбиитин биһирэбил ылан ССРС киин куоратыгар күүлэйдээн турардаахпын.

Ахтыыны суруйдулар Иван Иванович ПОПОВ, Ньурба куората.

Аркадий Степанович ИВАНОВ, Үөһээ Бүлүү олобура.

Тохсунньу ый 13 күнэ, 2023 сыл.


 

ОҔО СААҺЫМ ДОҔОТТОРО

Саҥа үйэ тэрилэ дэлэйэн, ыраахтан-чугастан сэлэһии-билсиһии бөҕө. Бэрт. Аны Тойбохой детдомугар бииргэ улааппыт үөлээннээхтэрим булан, бэйэлэрин түмсүүлэригэр киллэрэн уруккуну-хойуккуну санатыһыы буолла.

Оҕо сааһым доҕотторо эһиги буоллаххыт, мин саныыр санаам, сүбэлэһэр, арыт көмүскэл көрдүүр тирэхтэрим, төһө да кыра-дьарамай буолларгыт дурда-хахха буолар эрэллээх дьонум. Ханна бааргытый чугас, истиҥ доҕотторум Анча-Паана, Ыккый Бүөккэ? Паана (Семёнов Виталий) үчүгэй юннат буолан (дьиҥинэн “арагаайкананан элбэх чыычааҕы өлөрөн” диэн күлсэрбит) Москубаҕа барсыбыта. Оо, кэлэрин кэтэһэн бөҕөө. Ботаническай саадка үлэлии сырыттахпытына Сунтаартан сөмөлүөт кэллэ, мин сүрэҕим тигинэччи тэптэ ээ. Үлэлээн бүтээт, доҕорум Паана кэлбит диэн бүк эрэллээх корпуспар сүүрдүм. Хоспутугар киирбитим Паанам турар, сахалар буоллахпыт куустуһуу-сыллаһыы суох, сыттыгын анныттан биир бытыылка лимонады хостоон эмиэ саҥата суох туттаран кэбистэ. Ол тухары саҥа суох, оттомноохтук, тургутан көрөрдүү сирэйбин-харахпын маныыр. Эчи ол лимонад үчүгэйиин, кыынньа сылдьар кымыс курдук, эмиэ да биллэр-биллибэт минньигэс, туохха да майгыннаабат остуоруйа дойдутун отонун амтана баар курдуга. Бачча сааспар диэри элбэх, эгэлгэ утаҕынан күндүлэннэҕим буолуо эрээри, ол доҕорум Паана миэхэ анаан аҕалбыт утаҕыттан ордугу амсайа иликпин. Баһыыбалыыр диэни балаҕаҥҥа хаалларбыт сордоох, доҕорбор ол утахтан хаалларыах тойооску үһүбүн дуо? Барытын бэйэм мэҥиэһиннэҕим. Оҕо сааһым доҕоро ханна буолуой, билигин?

Бэйэбин кытта эт саастыы, бииргэ улааппыт доҕотторум Батаакаптар буолаллар.

Детдомҥа, син атын тэрилтэлэргэ курдук, сайын өрөмүөн үлэтэ баран эрдэҕэ. Ол иһин буолуо, сайыҥҥы лааҕырдар диэн баар этилэр. Үксүн “Чөкчөҥөлөөххө” тахсан сайылыыр этибит. Биирдэ Уһун Күөлгэ (Арыылаахха) сайылаабыппыт, иккитэ-хаста Арҕаа оскуола үөрэнэр дьиэтигэр сайылаабыппыт. Биир сайын Арҕаа оскуолаҕа сайылаан олордохпутуна үс ини-бии уолаттары аҥаара мас атахтаах, аҕалара Николай Киргиэлиһийэби кытта аҕаллылар. Бу Съезд, Потап, Бааска диэн уолаттар эбит. Ордук тапсан Сийиэһи кытта бодоруспутум. Дьэ уруһуйдьут оҕолор этилэрэ, ол Батаакаптар.

Оҕо-уруу тэриммэтэхтэрэ, Тойбохойго Өлөксөөндөрө эмээхсиҥҥэ эҥэрдэһэн олрбуттара, өстүбэһи Павлов Өлөксөөндүр эмиэ ол эмээхсиҥҥэ олорбута. Кэлин таҥара дьиэтин Хахай Маайа олоро сылдьыбыт кыракый салҕааһынын, эһэҕиттэн көһөрөн аҕалан “Талах Күрүө” аттыгар туспа бур-буруо таһаарынан үһүөн этэҥҥэ олорон испиттэрэ.

Улахан уол Бааска атын турукка киирэр идэлэнэн, атах-балай баран хаалар идэлэммитэ уонна сол оннук сылдьан Тойбохой — Сунтаар суолугар тоҥон өлбүт сураҕын истибитим. Потап байанайдаах булчут буолбута. Арыгыны батыһан испэт, сиэр быһыытынан көтөхсөр эрэ этэ. Ол баара, өлүү быалаах дииллэринии, хаайыыга хаста эмэтэ олрбут киһилиин тыаҕа бултуу барардыы кэпсэппиттэр. Мин аһара бэккэ билэр, биир кэмҥэ Табаҕа холуонньатыгар бииргэ түбэсиһэн ааспыт киһим Кузьмин Евгений эбит. Наһаа ыгым, утары саҥарбыт киһитин самнарар адьынаттаах буолара, ол Евгений. Оҕо сылдьан баттыгаһа суох кырдьыктаах дьүүллээх лидер быһыытынан билэрим. Кэлин хаста эмэ хаайыыга олорон, отуора хамсаан, хаана көөнньөн хаалбыт этэ.

Потап бииргэ тыаҕа барар киһитэ ыҥыран Николаев Өндүрүүс дьиэтигэр аһаабыттар. Кыраттан сылтаан Евгений Батаагы кырбаабыт, биирбит дьиэтигэр кэлэн карабинын ылан ситиһэ барар. Бу ыраах сир эбээт, Талах Күрүөттэн Арҕаа оскуола аттыгар диэри син сойуохха, уһуну-киэҥи толкуйдуохха сөп буолара буолуо. Ол эрээри атаҕастаныы кыһыыта-абата өйү баайдаҕа. Тиийэн сытар киһини буукка түһэрэр. Евгений да кыанар киһи ойон туран электро-уоту умуруора ойор, ону иккис ытыынан охторор. Биһиги киһибит бастакы ытыытыгар буутун уҥуоҕуттан халты баран үөһэ самыытын уҥуоҕар иҥнибит, ама киһи хамсыыр да кыаҕын ылларыа эбитэ үһү, киһитэ кини буолан Евгений ойон туран сүүрэ, көмүскэнэ сатыы сылдьыбыт.

Потап элбэх сыл хаайыыга олорбут киһи тыыныгар туран, бэйэтигэр “высшай миэрэ” бириигэбэрин сурунаахтаатаҕа ол. Өлөөччү аймахтара, дьон-сэргэ бары Батаагы көмүскүү сатаабыттара, онноҕор мин “Орто Дойду” хаһыакка суруйа сатаабытым да, “за незаконное хранение нарезного оружия” диэн ыстатыйаҕа олоҕуран икки сыл колония-поселениеҕа бириигэбэрдээбиттэрэ. Хаайыылаахтар уһун илиилэрэ онно тиийбитэ, уолбутун быһахтаан кэбиспит этилэр. Съезд убайдарын сүтэрбит аһыыта, тулаайах оҕо сааһа таайан эдэр сааһыгар ыарахан ыарыы содулуттан олохтон барбыта.

Быһылаан буолбут дьиэ хаһаайынын Николай Өндүрүүһү атаһа быһахтаабыта. Ол быһылаан иһэ хараҥа. Бу быһылаан дьонун барыларын чугас атастарым, доҕотторум этэ эбээт…


 

ҮТҮӨ, СЫРДЫК КИҺИ – ЭДЬИИЙИМ ГААЛЯ

Кини кимий? Онтон эдьиийим. Сып-сылааһынан көрбүт хара харахтаах, мичээр киэргэппит номоҕон сирэйдээх, хаһан да кыыһырбат, элэккэй киһи – кини эдьиэй Гааля.

Ону баҕас Өлөксөй уол кыратыттан билэр. Бастаан отой да саллыбыттаах ээ, ол эдьиийиттэн. Дьэ, ол маннык.

Сайын үгэнэ. Өлөксөй ханна эрэ улдьааран олорор корпуһугар кэлбитэ (детдом оҕолорун олорор дьиэтэ), оҕо бөҕө утары суугунаһан тоҕо анньан тахсан иһэллэр. “Туох эрэ буолбут, сылдьыбатахпар сэмэлэнэн эрдэҕим”, – дии саныыр. Туох буолбутун билээри бэйэтин саастыы оҕону көрө сатыыр, онто да аллар атаһа Уйбаан Боппуок эрэ буоллаҕа. Уола көстүбэт. Утары обургу саастаах Ымай Куола тахсан иһэрин тохтотон ыйыталаһааччы буолла.

– Тугу мунньахтаатыгыт?

– Шефтэһии туһунан, эйигин Сидорова Галяҕа анаатылар.

– Ол тугуй “сиэптэһии” диэн?

– Ээ, ол кыыс пионерскай хаалтыһын сүтэрдэҕинэ булан биэрэҕин, – диэт Куола ааһа бара турда.

Өлөксөй санааҕа түстэ, “оо, дьэ, хаалтыһын сүтэрбэтэ буолла-ар” диэн уоскутана сатыыр. Дьиҥинэн, ыһыах кэмигэр детдом остолобуойа күнүскү өттүгэр үлэлээбэтинэн улахан кыргыттарга кыра иитиллээччилэри хоччуопаҕа аһатарга диэн хаччы оҕото биэрэр эбиттэр, ону шефтэһии диэн эрдэхтэрэ. Чахчы да, өтөр ыһыахтар саҕаламмыттара.

Өлөксөй Уйбаанныын ыһыах көрүгэр аралдьыйан аһыыр туһунан да санаабаттар. Дьуохар түһүлгэлэрин кэрийэн, тэҥнээхтэрин бөһүөлэк оҕолорун булсан мэниктиир, оонньуур үлүскэнигэр сырыттахтарына Галя Сидорова ыксаан аҕай кэлэн:

– Хайыы, бу оҕолору да, нэһиилэ буллум дии. Баарыаҥҥыттан аһаабакка сылдьаахтыыгыт дуо?

Уолаттар саҥата суох улахан кыыс иннигэр сукуллан тураллар.

– Чэ эрэ, бардыбыт, – диэт Өлөксөйдөөх Уйбааны эр-биир сиэтэн ас сыта кэлэр, ыһыахтыыр арыы ойууру кыйа сиэрдийэ бүтэйи батыһа уһун субурҕа остуоллардаах хоччуоппалыыр сирдэригэр аҕалла. Хара бараан сирэйдээх аҕамсыйбыт дьахтар дьаһайар остуолугар хаптаһын олох маска олордуталаата, асчыт хотуҥҥа тугу эрэ эттэ. Онуоха биирдэрэ Өлүөскэлээх иннилэригэр тэриэлкэлээх миини уурталаата, килиэп быста, алаадьы уурда. Өлүөскэ уол маннык миини хаһан да испэтэх, онтулара үөрэ миинэ диэн эбит. Гааля уолаттары аһыммыттыы көрөр, кини диэки көрдөхтөрүнэ ийэлии эйэҕэстик мичээрдиир.

– Аһааҥ-аһааҥ, оҕолор, – Гааля оҕолору ыксаппат. Күнү быһа аһыылларын умнан мэниктээбит оҕолор ис миинин мотуйдулар, аны асчыт дьахтар икки куурусса сымыытын уолаттарга уунна.

– Ылыҥ, ылыҥ, – диир Гааля, мичээрдиир.

Сымыыттарын охсуһуннараат, хахтыы охсон сиэн кэбистилэр. Эчи үчүгэйин, Өлүөскэ ордук ап-араҕас иһинээҕи төгүрүгүн сөбүлээтэ. Тотон, сылаанньыйан олордохторуна эдьиий Гааля сиэтэн, ыһыахтыыр арыы ойуур иһирдьэтигэр илтэ. Дьон тоҕуоруһан турар сирдэригэр чугуһаатахтарын аайы лыҥкынас куоластаах кыыс ыллыыра иһиллэр. Эчи ыллыыра улаханын, ырааһын!

Маҕан солко былаатынан

Мааны кыыстыы далбаатанан

Көтөн тахсан кыталыктар …

Өлүөскэ кыталыктары кытта тэҥҥэ көтүөн баҕарда. Чугаһаан кэлэн көрбүттэрэ детдом кыыһа Валя Герасимова ыллыы турар, дьон чуумпуран, мэктиэтигэр тыыммакка да истэллэр. Кыыс ыллаан бүтэн түргэн үлүгэрдик дьон быыһыгар киирэн сүтэн хаалла, истиэхпитин иһиттибит диэбиттии дьон тарҕаһар аакка бардылар.

– Уолаттар, киэһэ буолла, корпускутугар сүүрүҥ, – диэт Гааля уолаттары төбөлөрүттэн имэрийдэ, ойууртан тахсар ыллыкка аҕалан атаарталаата. Өлүөскэлээх Уйбаан “Арыыттан” тахсан ыраах көстөр бөһүөлэк диэки сүүрүүнэн түһүнэн кэбистилэр.

Ыһыахтар бүттүлэр, сайын барахсан үгэнэ. Итии сатыылаабыта ыраатта, оҕо-аймах сөтүөттэн ордубат. Биир үтүө күн обургу уолаттары кытта Өлүөскэ, Уйбаан куруук сөтүөлүүр “Көпөөк” көлүччэлэригэр баран эрэллэр. Аккыырай аартыгар тиийэн ойуур иһинэн томточчу кутуллубут буордаах былыргы суол омоонугар тиийиэхтээхтэр, онтулара да мэһэйдээх, быһа барарга Бабыкаанап оҕонньор оттоох күрүөтүн ааһыахтаахтар, оҕонньор бэйэтэ баар буоллаҕына атырдьаҕын өрө туппутунан оҕолору сырсар буолааччы. Улахаттар соруйан да онон барааччылар, оҕонньору кыынньаан бэйэлэрэ мэниктэригэр кутталлаах быһылаантан өрө күүрэн ылаары буоллаҕа. Күрүөлэрэ да сонос талахтартан хатыйан оҥоһуллубут, быыһа суох, бэрт кичэллээх оҥоһуулаах. Бу да сырыыга улахаттар онон бардылар, Өлөксөйдөөх Уйбаан кэннилэриттэн сапсай уопсан иһэллэр.

Оттоох күрүөнү ортолоон эрдэхтэринэ оҕонньор хаһыыта иһилиннэ. Кэбиһиилээх кур от кэнниттэн кыраабылы күөрэччи туппут маҥан баккылаах, оннук ырбахылаах хатыҥыр оҕонньор сүүрэн иһэр эбит. Улахаттар тилэхтэрэ эрэ көстөн хааллылар, икки кыралар уолуйан турбут сирдэригэр хараҕаланнылар. Оҕонньор улахаттары сырсан омунугар кыралар аттыларынан сүүрэн ааста, сиппэт буоллаҕа. Онтон куттанан барар сирдэрэ баҕана үүтэ, кэлэр сирдэрэ кэлии үүтэ, халлаанаан көтүөхтэрин халлаан ыраах, сирдээн тимириэхтэрин сир кытаанах буолан турар кырачааннарга кэлэн, күлэн мичээрдии-мичээрдии төбөлөрүттэн имэрийтэлээтэ.

– Куттанымаҥ, оҕолор, тахсар сир бу баар, – диэн сиэрдийэ күрүөҕэ диэри сирдээн аҕалла. – Быраҕан барбыт чолоҕордоргутун ситиҥ, – диэт, эргиллэн дьиэтин диэки барда.

Өлөксөйдөөх Уйбаан сирэйдэрин көрсөөт, аккыырай суолунан бугуһуйбут кулунчук курдук атахтарын өрө тэбэ-тэбэ сүүрэ турдулар.

Көнөөккө кэлбиттэрэ куруук сыгынньахтанар сирдэригэр кыргыттар кэлэн сыгынньахтаммыттар, сорохторо ууга киирэ иликтэр. Улахан уолаттар көлүччэ уҥуор тиийэн тас таҥастарын устан, көлүччэ бадарааннаах кытылын тэпсэ сылдьаллар. Өлүөскэлээх Уйбаан ханыы тардыстах буолан уҥуор улахан уолаттарга бардылар. Тиийэн аҕыйах таҥастааҕын ньылбырыта биэрэн, Өлүөскэ ууга киирэн бадараан түгэхтээх от саба үүммүт күн уотун суоһугар сылыйбыт чаллыр ууну кэһэр. Биирдэ көрбүтэ аттыгар ким да суох, бары көлүччэ ортотугар кыыстыын-уоллуун сөтүөлээн аймалаһаллар, уунан ысыһа оонньуулл ар. Өлүөскэ оҕолорго тиийэ охсоору ыксыыр, түбэһиэх сиринэн көлүччэ үөһүгэр дьулуһар. Моонньугар диэри кэһэн киирбитэ баара, оҕолорго субу тиийиэхчэ буолбута да, уу анныгар аҥхайга үктээн оройугар диэри ууга тимис гынна. Чачайа-чачайа күөрэйэр, оҕолор киниэхэ эрэ кыһамматтар. Өлүөскэ эмиэ тимирэн эрэрэ баара да, ким эрэ хонноҕун анныттан чэпчэкитик көтөҕөн дьара сиргэ туруоран кэбистэ. Көрбүтэ эдьиэй Гааля кэм да күн-ый буолбут, быстахха былдьаныаҕын өрүһүйбүт. Махтанар диэни билбэт уолчаан оҕолору кытта оонньообутунан, уунан ыһыссыбытан барар.

Ол сайын эдьиэй Гааля оскуолатын бүтэрэн, оччотооҕу сиэринэн колхоһугар үлэлээтэҕэ. Күһүн оскуола аһылларын чугаһыгар Уйбаан Өлүөскэҕэ кистээн этэр:

– Эдьиэй Гааля “Күрүүкэпкэ” ааһыаҕа, манаан туран олорсуохпут.

Туохха олорсоллорун билбэтэр да, Уйбаан эппитин сэҥээрэ иһиттэ. Чахчы да күнүскү аһылык чугаһыгар бөһүөлэк илин баһыттан сыарҕалаах оҕуһу мииммит киһи кэлэн иһэрэ көһүннэ. Уолаттар утары сүүрэн тиийдилэр, эдьиэй Гааля үөрбүт сирэйэ сырдаан көһүннэ. Уйбаан урут хатаастан тахсан Гааля иннигэр оҕус арҕаһыгар олорунан кэбистэ. Өлүөскэ хойутаабыт киһи быһыытынан эдьиэйин кэннигэр мэҥэстэн, синньигэс биилиттэн кууһан олордо.

Өлүөскэ кыра уол дьылҕа, оҥоһуу диэннэрин билбэт, инникитин туох күүтэрин сэрэйбэт, ол туһунан куойатыгар-маҥкытыгар оҕустарбат. Эдьиэй Гаалялыын, доҕоро Уйбаанныын куруук бииргэ буолуохтарыгар бүк эрэнэр. Кинилэр үтүө майгылаах, эйэҕэс, истиҥ мичээрдээх эдьиэйдэринээн колхуос нэс оҕуһун миинэн өр да өр, ырыых-ыраах айанныахтара. Маҥан былаатынан мааны кыыстыы далбаатанан кинилэр үрдүлэринэн кыталыктар көтө дайыахтара. Эдьиэй Гааля нарын куолаһынан ыллыыран истэ-истэ, ат оҕуска буолбакка түөрт-түөрэм туйахтаах, сыыдам сырыылаах маҥан акка олорсон сырдык саҕахтар диэкки туос бөтөрөҥүнэн көтүөхтэрэ…

2023 сыл ахсынны ый 17 күнэ.


 

ЭНДИРДЭЭХ ЭДЭР СААҺЫМ

Выпьем, добрая подружка

Бедной юности моей,

Выпьем с горя; где же кружка?

Сердцу будет веселей.

Ырааппытыан ааспыта ол олохпун тосту уларыппыт, сырдык саҕахтарга эрэнэр ыра санаабын сарбыйбыт куйаас сайыным!

Эдэр саас ордуос майгыта, таһынан бычалыҥныыр уохтаах хаана, сутурук кыһыйан сылтах көрдөөн охсуһан сотуһар омсо баһыйа тутан хааччахха хаайыллынахпыт.

Инньэ гынан, үс атастыылар кып-кыараҕас хаамыраҕа бэйэбит курдук көҥүл олоххо батан сылдьыбатах урдустары кытта ойо тутуллан, халыҥ халҕан нөҥүө ыт баһын саҕа күлүүһүнэн хатанан бохсулуннахпыт.

Сайыҥҥы куйааска түөт ыйы быһа быкка-былахыга сиэтэн, биһиги да сыта сатаатахпыт. Ол былаһын тухары эдэр да, эмэн да дьон киирэн тахсыбыттара, эбэтэр этаптанан салгыы айаннаабыттара.

Онно да сытан арыгыны булан иһэҕин. Күҥҥэ иккитэ оправка диэҥҥэ таһаараллар – тахсан киирэҕин, чэччийэҕин. Ол сирбит милииссийэ дьуһуурунайын түннүгүн анныгар диэххэ сөп. Билиҥҥилии эттэххэ, бэйэтэ «видеонаблюдение». Олбуорбут түөрт-хас миэтэрэ кэтит, халыҥ хаптаһыннарынан оҥоһуллубут. Олбуор дьиэ истиэнэтигэр сыстар муннугу милииссийэ түннүгүттэн хайдах да көрбөккүн. Онон туһанан истиэнэ, хаптаһын ыпсыыларын үктэл оҥостон, хатыылаах боробулуохаҕа тэлэгириэйкэ быраҕан нөҥүө түһэн арыгы лааппытыгар элэстэнэбин. Кытыгырас киһини миигин үтэн-анньан, көмөлөһөн хатааһыннараллар, сорох уолаттарбыт түннүк нөҥүө дьуһуурунайы кытта ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтэн аралдьыталлар. Оччолорго испиир дэлэй, лааппы чугас. Түргэн атах «оправка» бүтэ илигинэ кэлэ охсобун. Хаалла сытар киһи өйө быракааска тобуллаҕас. Арыгыбытын киэһэ утуйуох иннинэ иһэбит.

Биир оннук арыгылааһын кэнниттэн наарабыт хаптаһынын көтүрэн, түннүкпүт эрэһиэккэтин өр олуйан мадьыктаһан биир туруору хаптаҕай тимирин сөхүлүөпкэтиттэн хоҥуннардыбыт. Күүстээх уолбут Өндүрүүс ол тимири тас диэки тиэрэ аста, оҥойбут хайаҕаска батыах айылаах киһи мин эбит.

– Чэ, Аркаас, кытаат, түүҥҥү Сунтаарга күүлэйдээн кэл, – диэн алҕаан баран көтөҕөн хайаҕаска үҥүлүттүлэр. Аллараа «запреткаҕа» кыбылла-кыбылла нэһиилэ түстүм. Тас олбуор үрдүк, эбиитин үрүт-үөһэ хас да эрээт хатыылаах боробулуохалаах. Оннук боробулуоханы туоруу үөрэммит киһи иһирдьэттэн тэлэгириэйкэ бырахтардым, олбуор туора хаптаһыннара ис өттүттэн туттарыллыбыттара хатаастарга табыгастаах. Үөһэ тахсан тэлэгириэйкэни саба быраҕан нөҥүө түстүм. Судургу, түргэн буолла. Таһырдьа күһүҥҥү хараҥа сатыылаабыт, туох да көстүбэт. Туох эрэ хараара үллэн көстөрүгэр тиийэн иһиллиирдии, чуҥнуурга санананным. Ол үллүбүт бөлкөйүм чугастан сыныйан көрбүтүм туосапка-бинтиэпкэ луостара эбиттэр. Эчи элбэҕин, тимирдэрин суйдаан ылбыттар, бука, көҥүлэ суохтары туппут сааларын сэмнэхтэрэ ини.

Арай:

– Аркаадьый, Аркаадьый, – диэни иһиттим. Бу соторутааҕыта хаайыллыбыт 144-с ыстатыйалаах (уоруу) уол мин кэннибиттэн түннүгүнэн түһэн баран, «запретканы» кыайан туораабакка гынан баран хайдах миэхэ кэлэрин ыйыта сатыыр эбит. «Өлүү болдьохтоох, оһол төрүөттээх» диэбиттэринии, ол кэмҥэ дьуһуурунай милииссийэ Кишка Болуодьа уонна биир дружинник буолан, бука уборнайтан кэлэн истэхтэрэ, сытар хаамырабыт түннүгүн сырдыгар кыһарыйан хаптаһын быыһынан «запреткаҕа» киһи элэҥниирин көрбүттэр.

– Киһи сылдьар, киһи, – диэн саҥаны иһиттим, ону даҕаспытынан Кишка ыксаабыт саҥата:

– Биир киһиҥ ханнаный, ытабын… – үөхсэр

Хас киһи тахсыбытын хантан билбиттэрин билигин да билбэппин. Баҕар, ыксаабыт санаабар өр мучумааннаспыттара өйбүттэн көппүтэ буолуо уонна холуочук этим быһыылааҕа.

Киһини өлөттөрүөм дуо? Саһа сытар сирбиттэн туран Болуодьабар тиийэн атаҕын таптайа-таптайа:

– Бу баарбын, – диэтэҕим. Үскэл баҕайы киһи сүр сымсатык хатаастан турбутуттан ыстанан түстэ, бэстилиэтин хаҥас илиитигэр уларытан эрэрэ да уҥа илиитинэн чэчэгэйим туһаайыытынан саайда. Дөйөн таралыс гынным быһыылаах, биирдэ өйдөммүтүм икки дабыдалбыттан өрө дэллэритэн дьиэҕэ киллэрэн эрэр эбиттэр. Утары көрсүбүт эписиэр бэстилиэт рукояткатынан түөскэ саайда эбээт. Тыыным хаайтаран аппаҥныыбын эрэ, нэһиилэ салгын эҕирийдим. Ол охсубут чэрин суола хойуккааҥҥа диэри баара. Охсоро сөп, оправкаҕа сылдьан түннүк нөҥүө боксалаһыахха диэн тырысыы гынар буоларым, «боксёр үһү» дииллэрин истэн.

– Ноо, сэрэн, биирдэ эмит түбэсиһиэхпит, – диэн саанар буолара. Тоҕоостоох кэмҥэ түбэһиннэрдэҕэ.

Киллэрдилэр. Отдел иһэ өрө оргуйан олорор, киһи да киһи, хаамыраларга барар аан тэлэччи аһаҕас, ол диэкиттэн ыһыы-хаһыы, үөхсүү-маатыры иһиллэр. Уолаттары кырбаан эрдэхтэрэ. Били мин кэннибиттэн тахсыбыт «Бесогон» кырбамматах этэ. “Венабын быстабын, өлөбүн”, – дии-дии көрүдүөр түннүгүн тааһын ытыстарынан үлтүрүтэ саайбыт, хаан бөҕө буолбут. Скорай ыҥырбыт үһүлэр. Ону кэлин, айдаан бүппүтүн кэннэ истэбин.

Миигин арыгыһыттар сытар каталажкаларыгар умса анньан кэбистилэр. Түннүк-үөлэс суох, хабыс-хараҥа. Син харах үөрэммитин кэннэ көрбүтүм 4-5 киһи баар, бары биир муннугу булан чөмөхтөһөн олороллор. Итирбит ымааннара да суох, ол үлүгэр айдаантан өйдөнө охсубуттар. Бу хаппахчыга аһаппакка, уу иһэрдибэккэ соҕотохтуу сууккаттан ордук кэм сытыардылар. Ол эрээри туох да айдаана суох төттөрү хаамырабар анньан кэбистилэр.

Хата сотору сууттаан, наһаа өр кэтэһиннэрбэккэ тиийиэхтээх сирбэр илдьэр буолбуттара. Уолаттарым суут ыскамыайкатыттан үргүлдьү босхоломмуттара. Этаппытыгар барарбытыгар аара Ньурбаҕа хоннордулар. Бары нууччалар, аны аттынааҕы хаамараҕа дьахталлар бааллар. Биһиги Сунтаартан иккибит, киһим аата эмиэ Аркадий Иванов диэн. Строгайга баран иһэр. Бу Ньурбалар КПЗ-ларын халҕанын чуолҕана улахан баҕайы эбит, бука, аһылыктарын ситинэн биэрэн эрдэхтэрэ. Дьахталлар киэһээҥи «оправкаҕа» таҕыстылар, биир эдэр нуучча дьахтара эр дьон камератын аанын тас өттүгэр турунан кэбиһэр, иһирдьэттэн эдэр нуучча уола ол чуолҕанынан илиитин уган таска турар дьахтары убахтыыр. Онтон солбуһаллар, аны дьахтар иһирдьэ илиитин уган уолу убахтыыр. Иһирдьэ баар дьон ол ону ончу аахайбаттар.

Сарсыныгар Дьокуускайга көттүбүт. Сөмөлүөт түһээтинэ бэлэм турар «воронокка» олордуталаан, айаннаатыбыт. Били Ньурба дьахталлара бааллар, «воронок» иһэ хабыс-хараҥа. Хайа эрэ диэки били эдэр нууччаларбыт сыллаһар-уураһар тыастара иһиллэр. Мин аттыбар саха дьахтара олорор, киирэрбитигэр бэйэм соруйан кини аттыгар олордоҕум буолуо. Эр киһим уһугуннах буоллаҕа ини, дьахтарым түөһүн туһаайыытынан тутардыы сараҥнаан эрдэхпинэ:

– Кутургуйабыын! – диэн дьахтарым хатан баҕайытык часкыйан бытарыппат дуо.

Соһуйан, куттанан илиибин сараппытынан дөйөн олордум ээ. Ким да аахайбатаҕыттан, туох да конвой өттүттэн саҥа иһиллибэтэҕиттэн син холкутуйдум.

Тиийиэхтээх сирбитигэр дьэ кэлэн түстүбүт. Ханна, туох сиргэ кэлбиппитин өйдөөн-дьүүллээн көрбөтүм. Түргэн үлүгэрдик үрүө-тараа тутан тарҕаталаатылар. Биһигини уолбунаан ханнык эрэ хаамыраҕа аҕалан иһирдьэ анньыталаат, таспытыттан хатаан хачыгыр гыннардылар. Үөһэ симиктик кытарар лаампа уотугар көрбүтүм – үрүт-үөһэ ороннордоох кэҥэс хос эбит. Түгэххэ үс-түөт нуучча үмүөрүһэн олорон тугу эрэ кэпсэтэллэр. Биһиги сэргэстэһэ ороннор үөһээ долборуктарыгар кыра тутуурдаахпытын уурдубут.

Урут хаайылла сылдьыбыт буолан киһим билэрэ элбэх. Бу киирбит сирбит карантин, эбэтэр «привратка» диэн үһү. Бырааһынньык кэмигэр кэлбит буолан (хаһан сууттанан, этап кэтэһэн бу сири буларбытыгар Өктөөп күнэ буолбут) үс-түөрт хонорбут буолуо. Аһатар кэмнэрин куоттаран кэлэн, аны сарсыардааҥҥа диэри баланданы көрбөппүт. Ити буруо сыта кэлэр, нууччаларбыт «чифирдииллэр», хаһыаты модьу быа курдук эрийэн ону уматан куруускаҕа уу оргутан хойуу гына чай көөнньөрөн ону иһэллэр. “Баҕар биһиэхэ кэлиэхтэрэ, шконкаҕыттан түһээйэххин”, – диир. Испэр: соһон түһэрбэт үһүлэр дуу, уонна киирээт көрдөхпүнэ оннук айылаах охсор-тэбэр, өлөрөр-өһөрөр көрүҥнэрэ суоҕа дии саныыбын. Уку-суку, кыра кураанах килиэп сыыстаахпытын хачыгыратан, көҕүс көҕүспүтүнэн сыстыһан саҥата суох саха икки эдэркээн уолаттара олох дьалхаанын уйбакка, дьылҕабытын айбыттарбытыгар туттаран баран тоҥон ибигэрэ сыттахпыт.

Сотору аан нөҥүө элбэх киһи атаҕын тыаһа, хоһооно биллибэт көйгүөр бүтэҥитик иһилиннэ. Киһим: “Этээп кэллэ, биһиэхэ киллэриэхтэрэ”, – диэн ботугуруур. Күүтүү. Сахалар буоллахтарына – бэт. Нууччалар буолуохтара диэн дьаахханабыт. Надзиратель тылларын кылыгыратан, ааны аһаары күлүүһү хачыгыратар тыаһа кураанах аҥаардаах тоҥ хаамыра иһигэр этиҥ этэн лиһигирэтэринии дуорааннанан иһилиннэ. Аан аһылан тэлэс гынна. Арай… сахалар сирэйдэрэ. Арай барыларын билэр уолаттарым, оҕо сааһым доҕотторо, бииргэ улааппыт атастарым: Сиидэрэп Сылааба, Саабынап Аркаадьый, Түмэппиэйэм Барыыс, Испирдиэнэп Гуоса, икки-үс уолу билбэт дьонум этэ, ээ, Даньыылап Баанньа эмиэ баара. Оо, ол онно үөрбүппүөн, оннук үөрэр-соһуйар диэни кэлин бастакы уол оҕону ойоҕум төрөппүтүгэр билбитим. Өр сылларга көрсүбэтэх бииргэ улааппыт доҕоттору көрсүү хайдахтаах үөрүүлээҕин, күндүтүн билэн турардаахпын. Билиҥҥи сааһым миэркэтинэн 4-5 сыл көрсүбэтэх диэн отой соторутааҥҥы буоллаҕа. Уолаттарым аһылыктара элбэҕэ, кэпсэллэрэ бүппэтэ – үс хонукпут ончу биллибэккэ элэс гыммыта. Биир үтүө күн барыбытын үүрэн таһааран ханна эрэ илтилэр. Уһун-синньигэс, имик-самык сырдатар лаампалардаах хараара- лүҥкүрбүт көрүдүөр истиэнэтигэр сыһыары кэккэлии туруортаатылар. Таһаҕастарбытын иннибитигэр уурдардылар, миэхэ туоҕум да суох. Атыттарга сүгэр, тутар маллара баар аҕай. Көрүдүөр уһугуттан кумааҕылары тэлимнэппитинэн сүр эрчимнээхтик хааман нуучча эписиэрэ ааһан дьон малларын тэбиэлиир:

– Что тут, б..ди, парашу развели!? – диэн күргүйдүүр. Сүрдээх дойдуга кэлбиппин, доҕоор, биһиги милииссийэлэрбит ити нууччаҕа холоотоххо отой аанньаллар курдук көһүннүлэр.

Ол турдахпытына:

– Иванов А! – диэн хаһыы иһилиннэ.

– Я, – диэт инники хардыылаатым. Утары хаамыра хатыырын аһан хачыгыратан ааны тэлэйэ баттаат, иһирдьэ анньан кэбистилэр. Табах буруотун быыһынан көрбүтүм хаамара иһэ бары нуучча. Ханна олорорбун, ханна түһүүлэнэрбин билбэккэ аан аттыгар тэпсэҥнии турдахпына хаамыра аана тэлэллэ түстэ да, күүстээх илии саҕабыттан харбаат ылаат көрүдүөргэ дэллэритэн таһаарда.

– Фамилия? Статья? Срок? – диэн үрүт-үөһэ ыйытан баран, кыбдьырына түһээт атын хаамараҕа анньан кэбистэ. Били бииргэ кэлбит уолум оннугар строгайга киллэрэ сылдьыбыт эбиттэр. Ааппыт, араспаанньабыт, түбэспит ыстатыйаларбыт биирдэр буоллаҕа.

Бу киллэрбит сирдэригэр бары сахалар, эбиитин дойдубар көрөр ырааҕынан билэр уолум баар. Бэйэ дьоно, бэйэ дьоно. Өйдөһөн, өйөһөн аҕыйах хонук буолааппын кытта тиийиэхтээх сирбэр илдьибиттэрэ.

Олоҕум биир кэрдиис кэмэ түмүктэнэн, аны атын түһүмэх саҕаланнаҕа. Иннибэр туох күүтэр?

Сити кэмҥэ 18 сааспын ааһан, 19-пун ортолоон эрэрим. Тулаайах үөскээн, туора ыалга көйгө оҕо буолан, детдомҥа иитиллэн, хас эмэ оскуоланы уларыта сылдьан үөрэнэн Орто дойду олоҕор өр да олорбут курдугум, элбэх эриирдээх да түгэннэри ааспыт курдук сананарым.

Күлүгэ суох уола Силис.

Дьокуускай куорат, алтынньы ый 15 күнэ.


 

ЧАХЧЫ НОМОХХО КИИРИЭХ КИҺИ

Мин таайым Дмитрий Афанасьевич Степанов сэрииттэн хараҕа суох буолан кэлбитэ. Аҕыйах кэмҥэ алтыспытым. Сөҕөрүм элбэх этэ.

Мин, детдом ииппит оҕото, убайдардаахпын алтыс кылааһы бүтэрэрбэр билбитим. Эгэ аймахтарбын билиэм дуо? Кыһалҕаҕа кыһарыйтарбыт киһи аймаҕыргас буолар – тэхтиргэ тэбиллэн, кэнтиккэ тэптэрэн барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буолан быыһата-абырата таай Миитэрэйи булар санаалаах, кини олорор дьиэтин көрдүүргэ күһэллии буолла. Ити ааспыт үйэ 80-с сылларын чугаһа.

Таайым Степанов Дмитрий Афанасьевич.

Инньэ халлаан сылыйыаҕыттан киин куораты булан, арыгыны кэтэн авиапорт, речпорт, автовокзал дьиэлэригэр хонуктаталаабытым. Ардыгар саҥа тутулла турар дьиэлэргэ саһан киирэн түүнү атаарыы, күнүскү өттүгэр куораты кэрийэн арыгы иһээри быыһы-хайаҕаһы тиҥсирийии… Быһата, ыт олоҕун олоро сылдьыбыттаахпын.

Оччотооҕу «Туймаада» маҕаһыын кэннигэр турар таас дьиэ үһүс этээһигэр ханнык эрэ кыбартыыраҕа ыйдаран тиийэн звоногу баттаатым. Аан нөҥүө кыыс саҥата чаҕаарар. Онуоха туох диэмий, нүдьү-балай: “Ээ, мин”, – диир киһи буолан биэрдим. Аан тэлэллэ түстэ, улаатан эрэр кыыс оҕо соһуйбуттуу, ыйытардыы көрүөҕүнэн көрөн турар.

– Таай Миитэрэй баар дуо?

Хараҕа суох киһи ханна барыаҕын, аны санаатахха, ааргы ыйытыы буолбут.

– Аҕаа, эйиэхэ кэллэ, – диэт, кыыс элэс гынан хаалла. Куукуна диэкиттэн:

– Кэл, кэл, манна, – диэн саҥа иһилиннэ.

Тиийдим, бэйэбин билиһиннэрдим.

– Саҥаҥ убайдаргар майгынныыр, быһыыҥ-таһааҥ ийэҥ Татыйыыс курдуккун. Эт-сиин уолан күүс-уох мэлийбит, – диэн түмүктээтэ икки хараҕа суох таайым, тутан-хабан көрөн баран. Мин:

– Дойдулуом этэ, бу куорат диэн сирдэригэр киһи-хара буолуом суох, – диэн үбүнэн көмөлөһөрүгэр көрдөстүм

Дьиҥинэн хаччы дук гынна да булбут-талбыт аатыран, атастары кытта киһиргии-киһиргии арыгы иһэр эрэ санаалаах буоллаҕым. Таайым барахсан ону сэрэйбэтэ кэлиэ дуо? Ол күн хоннорон, ханнык эрэ аймах уолунан авиапортка арыаллатан киллэрэн дойдубар утааран турар.

Аҕыйах сылынан арыгыттан тэйэн, ойохтонон, куоракка тиийэ сылдьан таайбар таарыйбытым. Кыыс улаатан «барышня» буолбут, ааны сол да кини аста. Буоларын курдук эмиэ:

– Аҕаа, эйиэхэ, – диэт, хоһугар куймарыс гынна. Таайым ыҥырбытыгар тиийбиппэр:

– Хайа, Аркаадьыйгын дуо?

Оччолорго соһуйбатаҕым, билигин сөҕөбүн ээ – ити хантан миигин биллэ диэн. Чугаһаан аттыгар олорооппун кытта:

– Саҥаҕыттан иһиттэххэ доруобуйа тупсубут, хаамаргыттан иһиттэххэ арыый да эттэммиккин.

Кэпсэтэ түһэн баран лааппыга ыытта. Онно бэлиэтии көрбүтүм – хаччы номиналын тутан көрөөт, хастаах солкуобай буоларын тута этэр эбит. Ас-таҥас сыанатын эндэппэккэ билэ олороро сөхтөрбүтэ.

Киэһэ утуйарбар эппин-сииммин тутан-хабан көрөн баран:

– Улахан ыарыы суох эбит. Илииҥ, атаҕыҥ тостубуттара бэккэ оспуттар. Оройгун хайа охсубуттара сааһырдаххына төбөҥ ыарыытынан биллэриэҕэ. Мантан антах арыгы испэтэххинэ ытык сааскар тиийиэҕиҥ, – диэн түмүктээбитэ.

Убайдарым кэпсииллэринэн дьону эмтиир этэ. Дьиэтигэр эр киһи үлэтин барытын оҥороро. Ойоҕо эмиэ хараҕа суох, Тааттаттан төрүттээх эмээхсин этэ. Хомойуох иһин, ол икки сырыыбынан кинини кытта билсиим муҥурдаммыта.

Аркадий Степанович ИВАНОВ-Силис.

2025 сыл, кулун тутар ый.


 

СЭБИЭСКЭЙ КЭМ

Сэбиэскэй кэм! Ким ону билигин өйдүүрүй? Орто саастаах дьон буоллаҕа. Мин оҕолорбуттан ону өйдүүр суох быһыылаах. Бэйэм, дьэ, баттаспыт дьоллоохпун. Ол кэмнээҕи үлэһиттэр, тэрилтэлэр билиҥҥи кэмнээҕи капиталистическай тутул үлэһиттэриттэн чыҥха атыттара. Тэрилтэлэр да элбэхтэрэ. Райсоюз, промсторой, мелиорация, промкомбинат уонна бытовой комбинат, сорохторун умнан да кэбиспиппин.

Бытовой комбинат атах таҥаһын тигэр сыаҕар үлэлээн, үтүө дьону кытта алтыспыттаахпын.

Билиҥҥи «Ийэ скверин» оннугар уһун дьиэ турбута, дьэ ол этэ атах таҥаһын тигэр, чөлүгэр түһэрэр мастарыскыай. Сөбүгэр элбэх үлэһиттээх, бэйэтэ туспа эйгэлээх, олохсуйбут үгэстэрдээх улуус биир бөдөҥ тэрилтэтин туспа улахан салаата. Ленин уулуссатын кыйа Сэбиэскэй уулуусса диэкинэн киирэр ааннаах. Иһирдьэ киирбит киһи үргүлдьү ааспатын диэбиттии, орто киһини түөһүнэн үрдүктээх бүтэй эркиҥҥэ кэлэн иҥнэ түһэр. Ити эрээри бу эркиммит кистэлэҥ ааннаах, биир туорай өрө көтөҕүллэр бүтэй бэйэтин үрдүгүттэн арыый намыһах аан аһылыннаҕына иһирдьэ киирэҕин. Бу үлэһиттэр киирэр ааннара, туора дьон киирбэтин кыраҕытык манааччынан атах таҥаһыгар сакаас ылааччы кассирдар: эдэркээн кырасаабысса кыыспыт Сардаана, чэнчис, ыраас, киртэн-хохтон тэйиэс Далбар Хотун – Муза Сидорова буолаллара.

Кинилэри ааһан үлэһиттэри кытта иһирдьэ аастахха уһун, сырдык хоско киирэҕин. Дьэ кэпсэл-ипсэл, дорообо-дыраастый үлүгэрин истэн, өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө намыһах остуоллар нөҥүө эдэр да эмэн да, эр дьон дьахталлар да үлэлии олорор эбиттэр ээ. Омос көрдөххө эчи элбэхтэрин, тыас-уус, саҥа-иҥэ бастаан киирэр киһини харааччы иирдэн кэбиһэр курдук. Өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө, киирэтинэн уҥа киэҥ түннүк анныгар аҕамсыйбыт дьахталлар олороллор.

Бу кырдьаҕас иистэнньэҥнэр Дадасова Мария, Филиппова Александра Николаевна диэннэр. Дадасаба Маарыйа дьиэтиттэн алаадьы аҕалара уонна быстах омурҕаҥҥа барыбытын онон күндүлүүрэ. Ол олорон былыргыны кэпсэтэрбит. Өлөксөөндөрө эмээхсин Аҕа дойду сэриитэ бүппүтүгэр буолбут үөрүүнү-көтүүнү умнубатын ахтара, Маарыйа да кэпсээнэ баһаама, олору киэҥ эйгэҕэ таһаарартан туттунуум. Өлөксөөндөрө да Маарыйа да сүрдээх амарах, үтүө санаалаах кырдьаҕастар этэ. Кинилэри кэккэлэһэ Маҥаастан төрүттээх Коля Петров эрдэ маҥхайбыт баттахтаах төбөтө туртайан олорор, аттыгар элбэх кэпсээннээх, күлбүт-үөрбүт Проня Васильев мичилийэр. Аны кинилэри утары атах таҥаһын сыаҕын орто саастаах «кыргыттара», наар күлэн саһыгырата-саһыгырата кэпсээнэ бараммат Шура Дмитриева, аттыгар дьүөгэтэ аҕыйах да саҥалаах буоллар дөрүн-дөрүн кэпсэлэ киирдэҕинэ омуннура-омуннура, киэҥ-киэҥник көрө-көрө хам буолбат саҥалаах Марыына Константинова олорор. Үһүс дьүөгэлэрэ кинилэртэн хаалсыбат кэпсээннээх Таанньа Васильева мичилийэ олорор. Бу уһун остуол төбөтүгэр атах таҥаһын улларааччылар солбуллубат биригэдьиирдэрэ Игорь Николаев мичээрдии олорор.

Туох баар үлэһиттэр эргийэр кииммит, сонуну-нуомаһы истиһэр сирбит бу үлэһиттэр олорор улахан хосторо. Бу хоһу ойоҕолуу туспа ааннаах кыракый хоско сыахпыт тутаах үлэһитэ Настаа олорор. Настаа туһунан туспа ахтар тоҕоостоох. Кинитэ суох этэрбэс тигээччилэр да, улларааччылар да үлэлээбэттэр.

Ортону аннынан уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, аҕыйах саҥалаах, наар үлэлээн эрэ тахсар эдэрчи дьахтар. Көрдөөх, омсолоох кэпсээннэргэ кыттыспат, биирдэ эмит күллэҕинэ наһаа ис киирбэх көрүҥнэнэр. Хаһан да кыыһырбытын көрдөрбөтөҕө, бу Настя Степанова. Үлэтигэр эрдэ кэлэн этэрбэс тигээччилэргэ таба тыһыттан унтуу киэбин быһара, сүрдээх түргэн, сымса туттунуулааҕа. Күҥҥэ төһө этэрбэс киэбин быһарын билбэппин, хоһуттан тахсыбакка күнү-күннүктээн үлэлиирин эрэ көрөөччүбүн.

Аны бу улахан хоспут уһугар туспа ааннаах хоско кырдьаҕаспыт Дяриков Ариан үлэлиир. Кини киһи инньэ былыр «артыал» диэн сорох дьон билбэт да, истибэтэх да ааттаах тэрилтэ саҕаттан үлэлиир. Быткомбинат буолбутугар мотористаан, катерга капитаннаан, чаһыы да оҥорон, мэхээньиктээн – быһата сатаабат диэн суох эргиччи дьоҕурдаах. Онтон унтуу улларыытыгар кини курдук бөҕө, тупсаҕай гына улларар киһи биһиги улууспутугар суох. Кини улларбыта көрөргө да үчүгэйэ сүрдээх буолааччы. Ариан оҕонньор чыначчы тутта сылдьар, хонтойбут чараас муруннаах, сытыытык көрбүт уоттаах харахтаах. Омос көрөн толло, сабырыттара көрөр киһигиҥ кытта билсэн, чугасаһан бардахха көнө сүрүннээх, эбиитин килбиктиҥи да майгылаах аламаҕай барахсан этэ. Бэккэ тапсан үлэлиирбит, сэһэргэһэрбит.

Этэрбэс сототун тигээччилэртэн ордук чугасыһан Анна Харлампьевна Михайлованы кытта бодоруспутум. Сүрдээх толуу көрүҥнээх саха Далбар хотуна диэн дьэ кини, наһаа үөрүнньэҥ, эйэҕэс майгылаах. Сүрдээх ыраас туттуулаах иистэнньэҥ диэн – кини. Холку майгылаах, мындыр көрүүлэрдээх кэпсээнньит, үтүө сүбэһит, амарах эдьиий тэҥэ буоллаҕа Аана барахсан. Хойуккааҥҥа диэри бэйэ-бэйэбитигэр өйөнсөн, үлэбитин аттаран тэҥҥэ үллэстэн үлэлээн бэккэ тапсарбыт. Эдьиийим барахсан кырдьан, үлэни кыайбат буолан тохтоон хаалбыта. Аана тикпит этэрбэһэ наһаа бөҕө, лып-лап буолааччы. Бу Ариан да Аана Харлампьевна да курдук унтууну туйгуннук улларар да, тигэр да дьон аны суохтар уонна үөскүөхтэрэ суоҕа. Унтуу кэппэт үйэ кэллэ быһыылаах.

Атах таҥаһын чөлүгэр түһэрэр, тигэр сыах муҥур хотуна Гаврильева Мария Степановна буолар. Үлэһиттэрин үлэлэрин хаачыстыбатын көрөр, мөҥөттөөн да ылааччы, ол эрээри сыаҕын үлэһиттэрин ханна да буоллун көмүскэһэ сылдьар ийэбит тэҥэ саныыр киһибит этэ, ол “хотуммут”. Үлэни сатаан аттарарынан, дьоҥҥо тэҥ сыһыанынан бары ытыктыыр, тылыттан тахсыбат этибит. Үтүө салайааччы, тэҥнээх кэллиэгэ этэ буоллаҕа Мария Степановна Гаврильева барахсан.

Матырыйаалы булуу, бэлэм бородууксуйаны (этэрбэстэри) батарыы Васильева Евгения Исаевнаҕа сүктэриллэрэ. Евгения барахсан киириилээх-тахсыылаах, дьаһаллаах дьахтар буолара. Аныгы үйэни баттаһа олорбута буоллар коммерсант бэрдэ буолара хааллаҕа.

Наһаа табыллан үлэлээбит тэрилтэм туһунан ахтыым манан бүтэн эрдин. Син бэйэбит кэммитигэр былаан, субуотунньук, күрэхтэһии диэннэри дьүөрэлээн бэккэ үлэлээбит эбиппит. Сайынын оттоон, күһүнүн хортуоска хомууругар, сааһын райпо подвалыгар хортуоска сыымайдааһыныгар, кыһынын этэрбэс тигэн, улларан бэйэбит холбутугар сөп буолар үлэни үмүрүттэхпит. Үтүө да кэмнэр, үтүө да дьон этилэрэ ол ааспыт үйэҕэ олорбут олохпор өйдөбүнньүгүм.

Үөһээ Бүлүү киин түөлбэтэ.

Бэй ыйын 7 күнэ, 2021 сыл.


 

ҮСТҮҮНЭП

…Олоҕуҥ усталаах туоратыгар төһөлөөх элбэх киһилиин алтыһан ааһарыҥ буолуой? Сорохтор үтүө өйдөбүл буолан сүрэххэр-быаргар умнуллубат гына үйэ-саас тухары сөҥөн сылдьаллар. Оннук дьон, арааһа, аҕыйах курдуктар.

Биир оннук чаҕылхай киһинэн Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү сэлиэнньэтин олохтооҕо Өндөрөй Уйбаанабыс Үстүүнэп буолар. Кини киһи сүүрүүгэ ситиһиилэрин эридьиэстиир кыах да, санаа да суох. Спортка кыра сыһыаннаах, сахабын дэнэр киһи бары билэр, ытыктыыр киһибит буоллаҕа.

Бээ, тус бэйэбит хаһан билистибит этэй? “Оо, ол сылдьар сүүрүк Үстүүнэп”, – диэн онтон Үөһээ Бүлүүгэ кэлээт да биллэҕим дии. Илии тутуһан, «эн-мин» дэсиһэн чугастык билсиим ааспыт үйэ 90-с сылларын саҕаланыытыгар. Өссө чугастык Өндөрөй 60 сааһын туолуутугар анаммыт хас да хонуктаах сүүрүүтүгэр билбитим. Бу 60 саастаах сааһырбыт киһи сылайары билбэккэ сүүрэриттэн адьас мах бэрдэрбитим, саллан чачайа сыспытым. Элбэх хонуктаах сүүрүүгэ, сүүрэр кэмҥэр сөп буола-буола кыралаан үссэнэҕин, оннукка анаан кыра массыына арыаллыыр. Хаһан тохтоон тыын ыла түһэргин, хааһы сииргин кэтэһэриҥ кэмнээх буолуо дуо? Ол ону быһаарар, дьаһайар киһибит Өндөрөй буоллаҕа. Киһиҥ тохтуур, сынньанар диэни таһыччы умнан иннигэр сүүрэн элэстэнии, барбах аҕай атаҕын таҥаһын тилэҕэ маҥхаҥныыр. Аттыгар баар дьонугар кэпсэлэ-ипсэлэ ыраатан, былыргы былдьаһыктаах дьыллар уорҕаларыгар буолбут түбэлтэлэри сэһэргээн бүппэт, бараммат кэпсэл тимэҕэ сөллөн уутугар-хаарыгар киирэн иһэр. Билигин даҕаны онно сөхпүт санаам умнуллубат: Өндөрөй сүүр да сүүр, кэпсээ да кэпсээ.

Хайа эрэ нэһилиэккэ эрдэ кэлбиччэ баанньыктанар буоллубут. Хонор ыалбытыттан баанньык ыраах, сааһыары кыһын. Суунан бүтэрбитигэр хараҥарбыт. Дьиэлээһин буолла. Хаамтыбыт. Дьэ, доҕор, киһи хаамар да буолар эбит. Өндөрөйбүт сол да кэпсээнэ бүппэт уонна киһи-киһи курдук хаамарга дылы да, биһиги хаалымаары киһибитин отой туос бөтөрөҥүнэн сырсабыт. Акаары санаабар хаамарбынан дьонтон итэҕэһэ суох курдук сананарым, пахай, Өндөрөйбүтүн атара сэлиинэн арыаллаабыппыт. Кэпсииллэрэ чахчы эбит: Дүллүкүттэн улуус киинигэр сатыы киирэрэ үһү, массыыналаахтар ситэн олордоору гыннахтарына «олорсубаппын» диэн сапсыйан кэбиһэрэ дииллэрэ. Ол сүүрүүбүтүн этэҥҥэ түмүктээн, дьиэтигэр хонон, маанылатан чугастык билсэн арахсыбыппыт.

Ол сыл күһүнүгэр Дүллүкүгэ ыҥырда. Сололоох киһи тугу гына сытыамый, бардаҕым дии. Дүллүкүттэн чугас «Бэттиэмэ» диэн сиргэ таҕыстыбыт. Массыынатын сыһыыга хаалларан, тыынан уҥуор туораатыбыт. Саха балаҕана туттан бэттээхэй диэн сайылык тэриммит. Хотуна Арайыыса Уйбаанабына ынаҕын, торбуйахтарын көрөн-истэн сүрдээх бэккэ дьаһанан олорор эбит. Дьэ чахчы ырай олоҕо диэн манна эбит: ойууртан сир аһа, күөлтэн собо, ынахтан үүт-сүөгэй. Ама дуу, ааспытын да иһин ахтарга-саныырга үчүгэйэ сүрдээх!

Детдом, интэринээт улаатыннарбыт киһитэ өбүгэлэрбит дьаһанан олорбут эйгэлэригэр быстах да кэмҥэ да буоллар олоро түстэҕим. Эчи үчүгэйин! Оттоон көрбөтөх отчут туох таһаарыылаах үлэлээх буолуомуй, ол да буоллар си-дьүгээр быар куустан сылдьыбакка, оҕонньортон хаалсыбат курдук үлэлии сатыыбын. Биир күн күөлбүт илин баһыгар, чаллыр уу баарыгар иккитэ саа тыаһаата. «Һок, тугуй?» – дэһии, көрүү-истии бөҕө буоллубут. Ойуур саҕатыгар киһи хаамар, төттөрү-таары кэлэр-барар. Өндөрөй мичээрдиир: “Уол кэллэ, Кириисэ”, – диир. Ууну кыйа, эргийэ саалаах киһиэхэ утары барабыт тугу бултаабытын көрө, үлэттэн тохтуу түһээри. Киһибитигэр чугаһаан көрбүппүт эдэркээн, ис-киирбэх көрүҥнээх, көбүс-көнө уҥуохтаах-арҕастаах хатыҥыр уол буолан биэрдэ. Күлбүт-үөрбүт аҕай, хам буолбат: холботолуу сатаатым, хайаан да табыллыбыт буолуохтаахтар диир, мичээрдээн мап-маҥан, тэбис-тэҥ тиистэрэ көстөллөр. Өндөрөй сэмэлээтэҕэ буолар, хаадьылыыр да хараҕар, куолаһыгар, туттара-хаптара уларыйбытынан кыра уолун таптыыра, киэн туттара көстө сылдьара. Киһи соһуйуох оскуола оҕото уонна аҕамсыйбыт аҕа тэҥнээх дьон курдук кэпсэтэллэрэ уонна хаадьылаһаллара, ол эрээри бэйэ-бэйэлэрин таптыы, ытыгылыы көрсөллөрө. Ону бэл мин, туора киһи, эндэппэккэ билбитим. Ол мучумааннанан өлөрүллүбүт кустарбытын булан, киэһэ кус сиир буолбуппутуттан үөрэн, кэпсэл-ипсэл бөҕө буолан балаҕаммыт диэки төттөрү бардыбыт.

Гриша барахсан оччолорго 9-ка дуу, 10-ка дуу үөрэнэрэ. Кэпсэтинньэҥ, көрдөөх-нардаах, кэрэ сэбэрэлээх оҕо этэ. Ийэлээх, аҕа кыра уоллара кэлбитигэр ис-истэриттэн сырдаан, сылаанньыйан хаалбыттара. Ол эрээри ымманыйан, онон-манан хатаҕалаан барбатахтара, хантан эрэ үлэ лааҕырыттан кэлбит уол кэпсээнин сэҥээрэн истэллэрэ, кыралаан сэмэлииллэрэ. Икки кус буһан тахсыыта Өндөрөйүм балаҕан муннугар баар кыра умуһахтан үрүҥ арыгы таһааран, сүүтүк саҕа кып-кыра үрүүмкэ ылан арыгы кутан уотун аһатта уонна биир үрүүмкэни куттан истэ. Олоро түһэн баран хотунун диэки мичээрдии көрөн ылар: “Эмээхсиэн, эдэр сааспытын санаһыаҕы аны биири испит киһи дуу?” – диир. Арыысата холку бэйэлээхтик: “Ии, бу оҕонньор түөһэйээри гыммыт”, – диир, күөһүн хоторон миин куттатыы олорон. Бадаҕа, Амма Аччыгыйа суруйбутугар баара: «Киһи биир үрүүмкэ иһэр көҥүлүн быстарыа суохтаах», – диэн. Ону санаан оҕонньору хайгыы да, ордугургуу да көрбүтүм.

…Ол күһүн аһара да бэркэ сылдьыбыппыт. Кэнники бэйэ-бэйэбитигэр сылдьыстахпыт, ол эрээри бииргэ оттоспут күһүммүн куруук саныыбын. Саха дьоно киэн туттар киһибит, үйэҕэ дэҥҥэ көстөр кыахтаах сүүрүк, киһи гиэнэ маанылааҕа, аламаҕайа бэйэтигэр чугаһатан сылдьыбытынан киэн туттабын. Баҕар сиэннэриттэн, хос сиэннэриттэн эһэлэрин утумнаан уҥмат тыҥалаах, сындалыйбат иҥиирдээх, быһый атахтаах сүүрүк үөскүүрэ дуу? Ону биһиги, сааһырбыт дьон, көрбөппүт-истибэппит буолуо да буоллар, эрэнэ хаалыаҕыҥ дуу, доҕоттоор!


 

4-с НҮӨМЭРДЭЭХ ОСКУОЛА

Эмиэ да ырааппыт курдук ээ, бу оскуола кэллэктиибигэр киирбитим. Эмиэ да соторутааҥы курдук, бу оскуола сыбаайалара саҥа түһэ турдахтарына сиэн уолбунаан салгын сии таарыччы күүлэйдии, оскуола тутулларын көрө кэлэрбит. Эргэ “Бараахап” аатынан оскуолата көтүллэн, урукку аҕыс кылаастаах оскуола саҥа корпуска “Күүлэҕэ” көспүтүгэр “Бараахаптар” дьиэм аттыгар баар оскуолаҕа көһөн кэлбиттэрэ. Ол кэмтэн буоллаҕа, төрдүс оскуола кэллэктиибигэр киириим.

Учууталлар барахсаттар культурнайдара, эйэҕэстэрэ, хара үлэһит диэн атарахсыта көрбөттөрө – наһаа үтүө эйгэлээх кэллэктиип эбит. Онтон саҥа оскуола корпуһугар көһүү үөрүүтэ. Бэртээхэй да оксуоланы тутан дьэндэтэн, улууспутугар дьоһуннаах бэлэх оҥордулар этэ.

Олбуор харбааччы буолан учууталлары алыс чугастык билэттээбэппин, тус миигин салайар завхоһум Диманы (Дмитрий Иннокентьевиһы) бэккэ билэрим. Көнө майыгалаах, отой тойомсуйбат, кэпсээннээх-ипсээннээх эдэр киһини хайгыы эрэ көрөрүм. Бэт дьаһаллаах, сатабыллаах салайааччы диэн өйдөбүллээхпин. Аны биир наһаа ытыктыыр киһибинэн бухгалтербыт Марианна Васильевна буолар. Тугу эмит ыйыттаххына лоп-бааччы быһааран, төһө да үлэлии олорор буолбутун иһин киирбит киһи кыһалҕатын өйдүүр, көмөлөһөр үтүө киһи, бу Марианна Васильевна.

Кинигэ, сурунаал ааҕар киһи оскуолам бибилэтиэкэтин ахтыбакка ааһар табыллыбат буоллаҕа. Саҥа оскуола бибилэтиэкэтэ, дьэ, бэртээхэй хоско дьиҥ бибилэтиэкэлии тэриллэн үлэлээбитэ. Бибилэтиэкэр Розалия Васильевна сүрдээх чэнчис, ирдэбиллээх үлэһит эбит. Кинигэлэр бары теманан тус долбуурдаах, хаһыат, сурунаал арааһа элбэҕэ, киһи кута-сүрэ тохтуур, ааҕарга табыгастаах үтүө эйгэлээх, туспа айылгылаах киэҥ, сырдык уораҕай – бу оскуола бибилэтиэкэтэ.

Төһө да учууталлары кытта чугас эйэргэспэтэҕим иһин, барахсаттар наһаа культурнай, эйэҕэс дьон буолалларын бэккэ билбитим уонна үлэлэрэ ыараханын, бүппэт түмүктээҕин илэ көрөн итэҕэйбитим. Спиридонов аатынан оскуолаҕа үлэлээбиппин истҥник саныыбын. Оскуолам кэллэктиибигэр сыралаах үлэлэригэр ситиһиини, тус олохторугар дьолу баҕарабын.

Үөһээ Бүлүү с.

Кулун тутар 28 күнэ.


 

ЫТ ТУҺУНАН

Ыт, диэ. Кырабытыттан “ыт – киһи доҕоро” диэн, ньолобуой кылаас букубаарын ойуутугар уруһуйдаммыты көрдөрө-көрдөрө, маҥнайгы учууталбыт Дарья Константиновна итинник диирэ. Амма Аччыгыйа «Алдьархай» диэн дьиҥнээх олоххо буолбут быһылаантан сэдиптээн суруйбут сэһэнин улаатан баран наһаа таттаран аахпыттааҕым. Ник Тогойкин хорсун быһыытын сөҕөн, хайҕаан билигин да умнубаппын. Ити сөмөлүөт суулларыгар биһиги бастакы учууталбыт Дарья Константиновна эмиэ баар эбитин кэлин билбитим. Наһаа ирдэбиллээх, чэнчис, хаһан да улаханнык саҥарбат да буоллар бары толлор, ытыктыыр этибит.

Дьэ, ыт киһи доҕоро буоларын син билэр курдукпут. Детдоммут тэлгэһэтигэр Мойбо диэн улахан хара ыт баара, түөһүгэр күннээҕэ. Дьиҥинэн Бороскуо диэн таҥас сууйааччы детдом үлэһитэ дьахтар ыта этэ да оҕолор үлбүрүйэн, аһатан бэйэбит ыппыт курдуга. Кинини кытта Мохсоҕол диэн кугастыҥы өҥнөөх, сур да диэххэ сөп олус сылбырҕа, көнө сиргэ сүүрэн Мойбону куотар кыра ыт баара. Оттон тоҥуу хаарга Мойбо улахан буолан Мохсоҕолу сүүрэн тулуппат. Детдом аттынан атын ыт ааһыа эрэ кэрэх, биһиги ыттарбыт булду көрбүт курдук түһүнэллэрэ, дьэ онно көрөрбүт ким хайдах сүүрүгүн.

Ыттарга ымманыйбатым, олоруҥ да өйдөөхтөр, бас-көс уолаттарга бэттэр. Биһиги курдук кыралары аахайбаттар, имэрийдэххэ үтүөнү оҥорбуттуу аат-харата туран биэрэллэр. Улахан уолаттар имэрийдэхтэринэ эриллэҥнээһиннэрин, ньылаҥнааһыннарын көрүөҥ этэ. Бастакы ыттарым итилэр.

Ленин уулуссаҕа турар уопсайбытыгар дөрүн-дөрүн ыттар олохсуйан иһэн сүтэн хаалаллара. Арай Наайда диэн тыһы ыт өр буолбута. Миигин наар батыһа сылдьара, «Алёнушка» детсадка оҕолорбун илдьэрбэр үөр ыт арыалдьыттаах барарым. Наайда сүүлэ кэлбит кэмэ түбэһэн сүүрбэччэ ыт батыһыннарыылаах тиийэрбит. Тахсыахпар диэри детсад тас олбуоругар Наайда сытар буолара, таҕыстым да эмиэ үөр ыт аргыстаах дьиэлиирим. Онно сөҕөн турабыт ыт күүһүн уонна этэ-сиинэ тимир курдук кытаанаҕын. Ол баран иһэн атыырдар бурайсаллара, охсуһаллара ханна барыай? Оннук охсуһуу кэмигэр биир ыты тута сыстылар, өрүтэ ойуоккалыы сылдьар ыт түҥнэри анньыллан миэхэ кэлэн ойоҕоһунан бууппар түстэ. Тыыннаах ыт сымнаҕас эттээх, ыйааһына да оннук ыарахан буолбат буолара. Оо, бу олох туһугар охсуһа, тыынын туһугар туруулаһа сылдьар ыт бары былчыҥнара күүрэн, тыҥаан омуна суох тимир болгуо эбэтэр тоҥ тиит бэрэбинэ кэлэн түспүтүн курдук кытаанаҕа, ыарахана. Оччолорго сүүрүү, эрчиллиим үгэнэ, эдэрбин даҕаны, инньэ гынан уҥуохпун тоһуппата быһыылааҕа. Дьэ, оннук айдаанынан дьиэбэр кэлэрим, аһаат үлэбэр ойорум. Көр, онно Наайда батыспат, өр буоларбын билэр буоллаҕа. Уопсайбытын тэпсилгэн оҥордо диэннэр Наайданы бытыылка манньалаан өлөттөрбүттэрэ. Мин дойдубар, Сунтаарга уоппускабар барбыт кэмим этэ.

Чааһынай дьиэҕэ көһөн кэлэн баран Тыҥырах диэн ыттаммыппыт. Ээ, ол эрэйдээҕим бэйэбэр дылы хоргус, киһиргэс майгылааҕа. Маҕаһыыҥҥа барарбар тэлгэһэттэн тахсабыт, уулусса нөҥүө ииктиир остуолбалаах, хайаан онно тиийэн атаҕын өрө көтөҕөр. Киһи да күлэр, улахан ыт түбэһэ кэлэн ыппын сытырҕалаан, чинчийэн бардаҕына ол Тыҥырахпыт атаҕын түһэрэн бэт, саараама, атын сири көрдөҕө буолар уонна ииктээн бүтүө диэн кэтэһимэ. Боотур ыт кэһэтээри дуу, билсиһээри дуу манаһар, биһиэнэ олооруҥнуу-олооруҥнуу ииктээн бүппэт. Хайа муҥун манаһыай уонна ииктии турары кырбаан саакка киириэ дуо, улахан бэйэтин кыһалҕатын бооссойо баран хаалар. Биһиги ыппыт сэмээр тулатын көрүнэр, ыт барбытын билэн өрө ходьох гынар: “Ким баарый, били адьарай ханна барда?” – диэбиттии суоһурҕанардыы чиккэҥэлиир. Аны сэнии көрбүт ытыгар ыстанарын көрүөҥ этэ, борбуйун аҕыйах түүтүн сахсатар, кыылын уһугуннарбыт аатыран үрэ-үрэ ойор. Па, анаара ыт куоппакка утары ырдьыгынаата да биһиги киһибит ньылбыйа түһэр, кутуруга эп-эйэҥэлэс. Сыллыы сатаан, анараа ыт сырайын салыы сатаан муҥ. Анараа ыт сырайын куоттара сатыыртан орпот.

Алыһын сөбүлээбит ытым кып-кыракый той-терьер этэ. Мамаев оҕонньорго сиэн кыыһа Москубаттан ыыппыттарын ытыыра, үрэрэ бэрдин иһин убайбар сыҥалаабыттарын, миигин ыл диэбитэ. Үөрүүнэн ылбытым.

Наһаа өйдөөх, иччитин туһугар сырҕан да эһэни утары охсуһуох курдуга. Киһи күлэрэ баар, улахан тыһы ыт күндү сэбин сыллаары, салаары кэнники атахтарыгар туран тиийэ сатыы-сатыы эрэйдэнэрэ. Хаарыан ыппын массыына түҥнэри көтөн өлөрбүтэ.

Аны ойоҕум 60 сааһын туоларыгар куоракка олорор кыыспыт самоед боруода мап-маҥан ыт оҕотун сыанаҕа атыылаһан ыыппыта. Кыра эрдэҕинэ сиэннэр кими да чугаһаппаттара, ончу оҕолорун курдук көрөллөрө. Улааппытын кэннэ “оҕонньор ыккын аһат, «быйаҥын» (сааҕын) ыраастаа, сатана ыта үрэн утуппата” диэн көйгөтүллэр буолла. Күн-дьыл сылааһыгар билисипиэтинэн сылдьан чэччитэр буоларым, халлаан тымныытыгар ханна да барбака сыапка хараҕаланан сытаахтыыр. Таҥнан барарбын көрдөҕүнэ ытаахтыыр, чэччийэ баран эрэбит диэн. Наһаа эйэҕэс, эккэлэс ээ, дьиҥинэн, туора дьон ону билбэт. Арыт, ардыгар бэйэбит буруйдаахпыт дии саныыбын. Соҕотох ыт хаһан да улахан киһиэхэ саба түспэт. Тэлгэһэтигэр иччитин кытта сылдьыбат буоллаҕына. Кыргыттар, дьахталлар ыты көрдүлэр да часкыйа түһээт куоталлар, эбэтэр сирэйдэрин саба туттан баран тураллар. Соҕотох ыкка куттаммыты биллэриэ суохтааххын, төҥкөйөн быраҕардыы туттан сиртэн тугу эмэ ылбыта буолаҕын. Туох да суох буоллаҕына кыһын хаары да харбаа, сайын буору да ылан бырах. Ыкка кырыктаныы сүрдэннэ, сөп даҕаны, бэйдиэ сылдьар ыттар наһаа элбээн киһиэхэ кутталланнылар. Ыттар да өйдөөхтөр: кырыкпытыгар хардалара биир – кыыллыйыы, ыттыйыы, өһүөн.

2025 сыл, олунньу ый.

Аркадий Степанович ИВАНОВ-Силис.


 

КҮНҮҮ

(Дьахтар кэпсээнэ)

Сааһырбыт дьон сиэринэн уруккуну-хойуккуну ыатарабыт. Онтон сылтаан күнүү туһунан сэһэргэһии буолла. Мантан аллараа саха Далбар хотунун сэһэнин истиэҕиҥ эрэ…

– Адьас оҕотук сааспар икки өттүттэн сөбүлэһэ көрсөн ыал буолбуппут. Урукку, сэбиэскэй тутул ирдэбилинэн онус кылааһы бүтэрээт ынах ыаһыныгар пиэрмэҕэ умса анньыллыбытым. Эһиилигэр улуус киинин ыһыаҕар сырдык хааннаах, көнө уҥуохтаах уоллуун билсэн күһүнүгэр холбоспуппут. Кырыллыбытынан кыыс оҕото сылдьан, син уолаттар харахтара хатанар бытааһаҕа буолуом, ээ. Бэйи, билиҥҥибин көрүмэ. Биһиги да эдэр буолан куймарыҥнаатахпыт. Аралдьыйан хаалаары гынным. Туох диэн истим этэй? Ыал буоллубут диэбитим дии. Хата кэргэним туруу үлэһит, барытыгар дьоҕурдаах эбит. Баччаҕа тиийиэх быабар, бэйэтэ табахтаабат буолан ол хобдох дьаллыкпын бырахтарбыта. Били пиэрмэҕэ үлэлиир кэмнэрбэр кыргыттары кытта кучуһан табахха убанан хаалбытым, хата үчүгэйэ диэн арыгы диэҥҥэ ончу сыстыбатаҕым.

Барыта санаа хоту буолуоҕун хоойго сытар холоонноҕум күнүүһүтэ кыайда. Бастаан утаа хайдах эрэ испэр үөрэр курдугум. Таптыыр буолан күнүүлүүр, диэн. Син ыал сиэринэн оҕолонон, дьоммут дьиэтин дьиэ гынан олох олорон бардыбыт.

Үөһүгэр киириитэ, дириҥээн барыыта күнүүһүт диэн абытайдаах кыһалҕа буоларын эппинэн-хааммынан билэн бардым ээ. Эрим бэйэтин саастыыта эдэр дьону дьиэтигэр көрбөт буолан барда. Ыаллыы олорор аллар атаһын кытта охсуһан, атырдьах салаатыныы араҕыста. Бииргэ үлэлиир табаарыс уола күлэн, дьээбэтигэр тэптэрэн мин бэйэлээҕи иэдэспиттэн убураары сыҥааҕа тоһунна. Сыллатаары таалан туран биэрбит аатыран, мин эмиэ дьарылынным.

Аны биир өрөбүл күн ыраах нэһилиэктэн убайым киирбит сураҕа иһилиннэ. Киэҥ сири булбучча атастарын-доҕотторун көрсөн аһаабыт уонна бар-бадарааны бүрүнэн миэхэ кэлээччи буолан алдьархай аанын астаҕа.

Биһиги аймах эбэбитинэн татаар хааннаахпыт, убайдарым тас дьүһүннэринэн нууччаҕа майгынныыллар. Оттон мин аҕабын батан “мара сахабын”. Убайбын сыгынньахтаан, таҥаһын сууйан ороҥҥо сытыаран утуттаҕым дии. Ас астыы турдахпына аҕабыт тиийэн кэллэ. Күлбүтэ-үөрбүтэ, күлүм аллайбыта сүр. Онтон хараҕа сууйуллан баран куурда ыйаныллыбыт эр киһи таҥастарыгар хатанна:

–  Бу ким таҥастарай? – диэн буолла.

–  Убайым итирик кэлэн утуйа сытар, – диэтэҕим дии.

Хоско ойон киирэн, үөхсүү кытаанаҕа буолла.

–  Аны нуучча убайдаммытыҥ дуо, сирэҕэс, – диэн баран, утуйа сытар киһини оронтон соһон түһэрэн охсон-тэбэн барбат дуо?

Хаан-уруу аймаҕы көрөн туран өлөттөрүөм дуо? Көмүскэстэҕэ буолан аны мин түбэстим. Иккиэммитин үлтү кырбаан, дьиэттэн атахпытынан куоттахпыт. Сууттаһан арахса сыһан, аны итинник дьүһүлэниэ суох буолан элэ-была тылын ылан салгыы олордохпут дии. Аҕабыт (оҕонньорум буоллаҕа) биэнсийэҕэ тахсан баран уһаабатаҕа, сүрэҕинэн таарымталаан бу орто дойду олоҕуттан бараахтаабыта.

Маннык олохтоох ыал элбэх бөҕө буоллаҕа. Мин сэһэним ол туһунан буолбатах, ити киириитэ эрэ.

Оҕолор улаатаннар, иллэҥсийбиччэ, дьахталлары кытта кучуһан сарсыарда тайахтаах хаамар буолбутум номнуо иккис сыла. Туругум тубуста диэбэппин. Ол хаамар дьонтон чорботон, биир сааһырбыт эр киһилиин чугаһастым, устунан ыксалаһан хааллыбыт. Били былыргыбар эргиллибит курдук турукка киирдэҕим үһү, бу эмээхсин. Тапталлара диэни иккиһин билэн ууга-уокка түһэр үлүгэрэ. Эрбинээн килбигийэн ситэ таптаспатах эгэлгэлэрин бу “содур” оҕонньортон билэн соһуйабын даҕаны, үөрэбин даҕаны. Бэл эдэрбэр түспүт курдукпун.

Сайын кэлэн доҕорум ыһыахтыы дойдутугар барар буолла. Туох кистэлэ кэлиэй, онно урут чугаһаспыт дьахтара баарын бэккэ билэбин. Киһибэр эмиэ да эрэнэр курдукпун. Айаннаан дойдутугар тиийбитин биллэрдэ уонна сүтэн хаалла. Оо, дьэ, онно биллим ээ, күнүү диэни! Төлөппүөммүн манаан баран олоробун, хараҕым уута кэлэр да кэлэр. Аны сүрэҕим быһыта тутар, бу ыарыытын. Суох, суох. Баас ыарыыта буолбатах, дууһа ыарыыта диэххэ дуу? Эбэтэр күнүү сүлүһүнэ сүрэхпин сүһүрдэрэ итинник ыалдьар дуу?

Олорор да, турар да табыгаһа суох курдук. Уһуутуу-уһуутуу хааман ылабын, харахпар сэгэрим били дьахтарын кытта сиэттиһэ сылдьаллара көстөр, ол аайы уҥа сыһабын.

Төһө уһуннук эрэйдэниэм эбитэ буолла, кэмниэ-кэнэҕэс сэгэрим эрийдэ. Оо, үөрдэхпиэн! Саҥам да кыайан тахсыбат. Тугу эрэ саҥарар да ис хоһоонун өйдөөн-дьүүллээн истэр суох. Доҕорум куолаһын ырыа, кэрэ муусука курдук истэбин.

Араҕыста. Туох диэбитэ буолла? Онтон төлөппүөммэр хаартыскалар кэллилэр. Сэгэрим убайын кытта сэргэстэһэ олороллоро көһүннүлэр, сэлэһэ-кэпсэтэ сыталлара көһүннүлэр. Һуу, уоскуйдахпыан, наһаа ыарахан таһаҕаһы сүгэ сылдьан баран бырахпыт курдук чэпчии түстүм. Эчи, холкутуйдахпыан. Тэлиэс-былаас үктээн ороммор үнэн кэллим, охсуллубут оттуу “күр” гына сууллан түстүм да утуйар икки, түлүкэчийэр икки ардынан турукка киирэн хаалбыппын бэйэм да билбэккэ хааллым.

Кэлин санаан көрдөххө, кэргэним котоку олорбуппут отут сылын тухары күнүү ыар ыарыытын сүрэҕин, быарын нөҥүө ыытан төһө эрэ эрэйдэннэ. Мин буоллаҕына күн аҥаара күнүүлээбиппэр сүрэҕим тохтуу сыспыта, иирэн да барыах турукка кииртэлээбитим. Оҕонньорум отут сылы быһа, күнү-күннүктээн, сылы-сыллаан күнүү сүлүһүнүгэр сүһүрдүллэ сырыттаҕа. Ол онтон сүрэҕэ алларыйан кылгас үйэлэннэҕэ. Киһи кыһыйара баар – отой олоҕо, төрүөтэ суохха күнүүлээн эрэйдэнээхтиирэ, киниттэн атыным суох этэ буоллаҕа. Дьэ, билигин күнүүлүүрүгэр төрүөт баар.

Күлүгэ суол уола Силис.


 

СОЧИ (ХАРА МУОРА)

Дьэ эрэ, бу тэлгэһэтиттэн тэлэһийбэтэх, ыырыттан ырааппатах оҕонньорго оҕолорум барахсаттар Сочига сынньанарга путёвка атыылаһан сөмөлүөккэ олордон атааран биэрдилэр. Барбах аҕай «Боинг 737-800» диэн омук көтөр аалынан Арассыыйа «тэбэр сүрэҕэр» – улуу Москуба куорат диэки көтөн күпсүйэ турдубут. Бэлэм торумнаммыт ыйынньык эркээйилээх буолан тиийиэхтээх сирбэр улгумнук тиийдим. Сочига оҕолорум интернет нөҥүө кэпсэппит таксилара кэтэһэн турар эбит, олохсуйуохтаах сирбин бэрт түргэнник буллум.

Күнүс тиийбит буолан киэһээҥҥэ диэри олохпун булуннум. Көрдөрүөхтээх эмчиттэрим хосторун нүөмэрдэрин, болдьоҕо суруллубут кумааҕытын толотторон ыллым. Киэһэ аһаан баран устунан утуктаан бардым. Били биһиэхэ, Саха сиригэр, бу кэмҥэ түлэй түүн ортото. Манна сөрүүн буолбучча дьон таһырдьа аалыҥнаһыы, хаамсыы, үҥкүүлээччилэр да бааллар. Өр тулуктаһа сатаан баран эрдэ ороммун буллум.

Сарсыарда сүрдээх эрдэ уһугуннум. Соҕотоҕун тугу гына сытыамый, туран сүүрэ, хаһан да харахтаабатах муорабын көрө аллараа түһэн сөрүүн салгыннаах кураанах уулуссанан, муора манан буолуо диэнинэн сабаҕалыыр санаабынан ыйынньык оҥостон, сүүрэн дэгэйэ турдум. Чахчы да муорабыт чугас баҕайы эбит, улахан дьиэлэр күлүктээн миигиттэн көстүбэтэҕин аанньа чуп-чугас нэлэһийэ сыппыт эбит ээ.

Улуу бэйиэттэр хоһуйбут байҕаллара илэ-чахчы баараҕай да эбит, сүдү да көстүү. Дөрүн-дөрүн түллэх гынан туустаах уутун кытылга быраҕар, өрүһүспүттүү төттөрү эҕирийэн ылан эмиэ түллэх гынан, сол да кытылын таһыйбытын курдук таһыйа турар. Киэҥ харах ыларын тухары уу, омос көрдөххө өҥө сырдык кубаххай от күөхтүҥү.

Кытылга туран көрдөххө, күүстээх долгуну уоҕун-суоһун намыратыахпыт диэн иккилии миэтэрэ кэтиттээх, соччо үрдүктээх, сүүрбэччэ миэтэрэ суораҕа тумсутуу киирэр гына сытыары бетон оҥоһуктар 50-нуу хардыылаах тэйиччи лөглөһө сыталлар. Олор уорҕаларыгар күөгү тутуурдаах балыксыттар букунаһаллара көстөр.

Бастакынан тиийэн кэпсэппит киһим Астрахань татаара эбит, Наиль диэн. Үрдүк үөрэхтээх. Муора флотун офицера. Түүр омугун билэн, онтон маарыннаһар тылларбытын санатыстыбыт. Сити кэмҥэ Путин төрөөбүт тылы төрөппүт баҕатынан үөрэтэргэ диэн сахсаана этэ, ол туһунан ыйыппыппар:

–  Алыһын сөптөөх этиини оҥордо, – диир киһи буолла, бу татаарбыт.

–  Тоҕо?

–  Син биир, хаһан эрэ Сир үрдүгэр биир эрэ тыл хаалыаҕа. Төрөөбүт тылынан дьиэҕэ кэпсэтэҕин, ол да сөп. Бэйэм английскайдыы кэпсэтэбин, оҕолорум эмиэ. Татаардыы өйдүүллэр. Сайдыы баран иһэригэр тэҥҥэ үктэһэн иһиэхтээхпит, онно төрөөбүт тылы билэр улаханы туһалаабат. Санааҕын ханнык баҕарар тылынан эт ээ. Тыл – инструмент. Син биир сүгэ, быһах эрбии курдук. Ханна оҥоһуллубута оруолу оонньообот. Ханнык да тылынан саҥар сүрүнэ, дьону кытта өйдөс. Ити сүүрбэччэлии тылы билэр дьон бааллар. Зачем? Тылтан тылга тылбаастыыллар. Зачем? Өлбүт тыллары үөрэтэллэр. Зачем?

Үрдүк үөрэхтээх татаар интеллигенын тыла сити курдук буолла. Хаартыскаҕа түһэрээри гыммыппын кыккыраччы батынан кэбистэ. Бу Наилым балыксыт быһыытынан баҕарар баҕата – «морской карась» диэни күөгүтүнэн туттарыы эбит. Мин өрө көтө түстүм:

–  Биһиги сахалар карась – собо отой национальнай балыкпыт, оннооҕор ол «карасьпытыгар» бааматынньык туруорбуппут ээ, – диибин.

–  Эһиги «караськыт» атын буолуохтаах, маннааҕы «карась» үс киилэ ыйааһыннаах, 40-50 см улаханнаах.

Мин киһим соторутааҕыта киирбит буолан муора собото буолуохтааҕар биир быччыкыта да суоҕа. Атын балыксыттары көрө барар буоллаҕым диэн аттынааҕы балыксыкка тиийэбин. Кирилл диэн, 68 саастаах, Москубаҕа төрөөбүт, үс саастааҕыттан Сочига олорор. МВД Академиятын бүтэрбит. Полковник. Кэпсэтэ туран табах ылан уматынна, синньигэс сотолоох «парламент» диэн сигарета. «Табахтаабытыҥ өр буолла дуо? Оскуола паартатыттан буолуо ээ”, – диэн тоһоҕолоон ыйыппыппар:

– Ещё раньше, – диир.

– С детсадовских лет что-ли? – күлбүппэр, сонньуйан баран сапсыйан кэбистэ. Онон хаһан табахтаабыта биллибэтэ.

– Здоровье как?

– Какое здоровье…

Сапсыйан кэбистэ. Көрдөххө кытаран уол оҕото. «Морской карасьпын» ыйыппыппын, билигин хаппат диэн куотунна. Ол бэйэлээҕи тугунан мэҥиэлиигитий диэн ыйыппаппар, от (бадаҕа, муора ото буолуо), хурма буолар эбиттэр. Онтон чиэрбэни диэбиппэр:

– Морские рыбы они другие, – эрэ диэтэ. Ол карасьпыт коралларынан аһылыктанар үһү. Тиистэрэ бирээмэ үс сантымыатырга тиийэ улахан эбиттэр.

Сол сиэринэн аны атын балыксыты кытта көрүстүм. Дмитрий Красноярскайтан кэлбит, ойоҕун, сиэнин илдьэ. Муора соботун көрө да илик үһү. Аны икки эр киһи, биир дьахтар балыктыы туралларыгар тиийэбин. Воркутаттан сылдьаллар. Кыра холуочуктар.

– Төһө хабарый?

– Пусто, – дэһэллэр.

Хаптаҕына да кыра, бытархай балык хабар үһү.

– «Морской карась» диэни билэҕит дуо? – диэбиккэ:

– Слышали, видеть не видели, хотим поймать, – диэн күлсэллэр.

Чэ, сити курдук Сочига кэлбит бастакы сарсыардам саҕаламмыта.

Муус устар 16 күнэ.


 

ДАГЕСТАҤҤА

Манна биир таксиһы кытта кэпсэттим.

– Эһиэхэ хайдах ойох ылаҕытый? – диэн ыйытар таксиһым.

– Молча. Спрашиваешь согласие, если «да», живём вместе. Свадьбу сыграй, не сыграй – это твоя вольная воля, – диибин.

Киһим сөҕөр, төбөтүн быһа илгистэр. Саҥата суох олорбохтоон баран:

– У нас только на один калым, миллион рублей и обязательно свадьба. Тысячу человек напоить, накормить надо.

Уонна онтон ойохторо кыыс буолбатах буоллаҕына кырбаан-кырбаан баран «выгоняют», ытыстарын тас диэки тутан түөһүттэн тугу эрэ үтэйэр курдук киэр анньан көрдөрөр. Бэйэтэ дагестанец.

– Кабардиннары кытта бэйэҕит тылгытынан өйдөһөҕүт дуо? – диэн ыйыппыкка:

– Ты что, в самом Дагестане 16 наречий-говоров, даже они друг друга не понимают, – диэннээх.

Уопсайынан ыллахха, Нальчик дьоно москвичтар курдук буолбатахтар, эйэҕэстэр. Аны ырыынакка атыылааччылар «ыл да ыл» диэн ыххайбаттар. Ыллаххына «хорошо», ылбатаххына кыһаллыбаттар. Биир да кытай дуу, киргиис дуу атыылыырын көрбөтүм. Отонноро, ол-бу баайыы таҥастара, эмтээх отторо, үүт астара, арыгылара, эттэрэ-балыктара – барыта бэйэлэрин киэннэрэ. Курорт дойдута буолан атыылыы-эргинэ үөрэммиттэр. Сочига курдук аҥаардас кэлиилэри эрэ суймуурдаан олорботтор.

Нальчик ортотугар ынах дьаарбайа сылдьарын, сарсыарда эрдэ тахсан тротуарга сылгы саахтаан ааспытын көрүөххэ сөп. Автобуска олорон куорат таһыгар таҕыстаххына ынахтар, козалар, сылгылар көҥүл мэччийэ сылдьалларын көрөҕүн. Үүнүүлэрэ хомуллубут садтар, сонуоктар элбэхтэр, онон Нальчик үлэлээн эмиэ айаҕын ииттэр. Сочины хара үлэни үлэлээбэт мааны дьахтарга холуйуохха сөбө дуу, оттон Нальчигы үлэһит, чэбэр, бэйэтэ ыабыт үүтүн, үүннэрбит отонун атыылыыр элбэх саҥата суох, кимиэхэ да бэрт буола сатаабат, кимниин да айдаарсыбат, ол эрээри бэйэтин хоодуоттук туттар сиппит эр киһиэхэ холуу көрдүм. Нальчик бэйэтэ сүрдээх ыраас куорат.

Кабардин Балкартан атын тыллаах, культуралаах омук эбит. Кабардин киһитин кытта кэпсэппитим “ахсааммыт тэҥ сыһа” диир, балкарка эмээхсини кэпсэтиннэрэ сатаабытым бэйэтин тылынан тугу эрэ саҥарара, мин эмиэ сахалыы лэбэйбитим, тугу да өйдөспөккө гынан тэйсибиппит. Мусульманнар буолан кыргыттар, дьахталлар былааттаах сылдьаллар, наһаа кэрэ сэбэрэлээхтэр. Кырдьаҕастара даҕаны кырасыабайдык кырдьаллар. Бу маннык баай, кэрэ куоракка арыгы испит көрүҥнээх биир да киһини көрбөтүм. Нальчигы наһаа сөбүлээтим, олохтоохтору эмиэ.

Ол эрээри диэххэ, дьэ, доҕоттоор, атыы-эргиэн киинэ, лааппы-маҕаһыын симсибит аҕай, дьон халҕаһата таба үөрүн курдук бүппэккэ суккуллар сиригэр тырыттыбыт таҥастаах, ып-ырыган, биэс уонча саастаах олохтоох омукка майгынныыр тас көрүҥнээх эр киһи аҕыйах бытархайдаах тимир куруусканы уунан салыбырата турар эбит. Наһаа соһуйдум, отой бэҕэһээ уларыттыбыт ис таҥаспар быты көрбүт курдук сананным. Быттыйыы кытаанаҕын билбит киһи хайыахпыный, уруургуу көрдөҕүм уонна сиэппэр баар тимир харчыларбын умнаһыт иһитигэр куттум. “Бачча үчүгэй дойдуга олорон хайдах маннык олоххо тиийдиҥ?” – диэн испэр киһибиттэн ыйытабын, киһи элбэҕэ бэрт буолан ону таспар таһаарбатым.

Оттон бу – атыы-эргиэн килбэйэр киинигэр умнаһыттыы турар эмээхсин.

Ким ийэтэ, эбэтэ буолаахтыай? Бачча үтүө дойдуга олорон ама умнаһыттыахха сөбө буолуо дуо, диэн акаары санаалар киирэллэр. Олох олоруу эриирдээх-мускуурдаах, ханнык моһолго, туох алдьархайга түбэһэн бөҕүөрбүт такыр тарбахтаргын уунан кумалаан олоҕор тиийээхтээтиҥ, кырдьаҕаас? Аттыгынан дьон бөҕө суккуллар, бытархай биэрэр киһи ончу суох, арай бу эн мэлдьи күөх дойдугар кый ыраахтан кэлбит саха дьоно аас-туор олохтон хатырбыт, дьарамай, күүстээх үлэттэн хараарбыт ытыскар бытархай хаччыны куттубут уонна кыбыстыах иһин «спасибо милые» диэн симик саҥаны иһиттибит.

Чечен оҕонньорун билистим, 65 саастаах, “совсем молодой эбиккин” диирбин ылыммат. Бэйэм сааспын эппиппэр отой сымнаан хаалла, Ахматов Мухад диэн ааттаах. Пиибэ иһэ сылдьар, үөрүү-көтүү бөҕө.

– Эһиэхэ арыгы көҥүллэммэт үһү эбээт, – диэбиппэр:

– Оннук, биир маҕаһыыннаахпыт, онтон атыылаһан тахсан истэххинэ милииссийэ (бэйэтин тыла) тутан ылар уонна 5 тыһыынча ыстараап эбэтэр… – тарбахтарынан клетканы тутан көрдөрөр, каталажканы этэр буоллаҕа.

– Ханна олороҕун, куоракка дуу, тыа сиригэр дуу?

– Чири-Дор диэн бөһүөлэккэ, ынахтаахпын, кууруссалардаахпын, виноградник баар.

– Бэйэҥ арыгы оҥостубаккын дуо?

– Ыллыҥ да оҥостубаккын.

Элбэх оборудование наада үһү. Чэ, быһата, үтүө киһи.

Олоҕун кэрчиктэрин ахтан суруйда

Аркадий Степанович ИВАНОВ–Силис.

2025 сыл, кулун тутар ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *