Габышев Михаил Прокопьевич туһунан

КӨНӨ, СУДУРГУ САХА МААНЫ КИҺИТЭ

Республикабыт сэрии кэннинээҕи бөдөҥ салайааччыларыттан биирдэстэринэн Михаил Прокопьевич Габышев буолар. Кини ханна да, ханнык да дуоһунаска үлэлээтэр дьоҥҥо биир кэм олус сымнаҕас сыһыаннааҕа, киэҥ көҕүстээх, араас өрүттээх үлэлэргэ ситиһиилээхтик үлэлээбит салайааччы этэ.

Норуот кинини таптаан, ытыктаан Солко Мэхээлэ диэн ааттаабыта. Кырдьык да туох да дьиэк сыстыбатах, көнө, судургу саха мааны киһитэ этэ. Быйыл кини сэтинньи 21 күнүгэр 95 сааһын туолар. Бука, кини сэбиэскэй-партийнай үлэтин туһунан суруйаллара буолуо. Мин ытыктыыр салайааччым туһунан үлэбинэн алтыспыппын, билэрбин суруйарга быһаарынным.

Мин кинини 1966 с. саас хаардаахха орто оскуоланы бүтэрээччилэр слёттарыгар көрбүтүм. Оччолорго Михаил Прокопьевич дойдутугар Мэҥэ-Хаҥаласка партия райкомун бастакы секретарынан үлэлиирэ, слёкка тыл эппитэ, оройуон оскуоланы бүтэрээччилэрин олох киэҥ аартыгар ситиһиилэри баҕаран сүбэ-ама биэрбитэ, сахалыы алҕаабыта. Оройуонугар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, оройуон республика биир бастыҥ оройуона буолбута, Михаил Прокопьевич ССКП XXII съеһигэр делегат буолбута, республикабыт Правительствотын солбуйааччы председателинэн 1972-1984 сылларга үлэлээбитэ.

Студенныыр сылларбар проф. Г.П.Башарин «История» научнай куруһуогун юбилейыгар бу куруһуокка 1940-1950 сс. дьарыктана сылдьыбыт ытыктабыллаах, ыҥырыылаах ыалдьыттарга киирсэн, Михаил Прокопьевич факультеппытыгар сылдьыбыта. Кини пединститут историческай факультетыгар үөрэнэ сылдьан (1947-1952 сс.) бу куруһуокка дьарыктаммыт. Үөрэҕин бүтэрэн, дойдутугар Төҥүлүгэ учууталлыы сылдьан музей тэрийбит. Михаил Прокопьевич оччоттон музейдарга, кыраайы үөрэтиигэ чугас эбит. Ол да иһин Правительство председателин солбуйааччытынан үлэлии олорон холбоһуктаах музейы (1978 с.), Суотту, уо.д.а. музейдары тэрийиигэ история, культура памятниктарын көрөр-истэр Общество үлэтин салайарыгар олус сыстаҕас, бу үлэлэри ымпыгар-чыымпыгар билэрин сөҕөрбүт, кини ыйыытынан, көмөтүнэн үгүһү оҥорбуппут.

1960-с сылларга Бүтүн Россиятааҕы история уонна культура памятниктарын көрөр-истэр Общество тэриллибитэ, Саха сиригэр бу общество атаҕар туран быстыбатаҕа, салайааччыларынан биллэр учуонайдары үлэлэтэ сатаабыттара. Ыксаан Михаил Прокопьевичка сүктэрбиттэрэ, солбуйааччынан, хамнастаах үлэһитинэн Иван Деевич Архиповы анаабыттара. Общество үлэтэ сыыйа атаҕар турбута, оройуон аайы общество салаалара тэриллибиттэрэ, үлэлэригэр бэриниилээх, авторитеттаах кырдьаҕастары бу үлэҕэ тардыбыттара: Тааттаҕа – И.А.Уваров, Аммаҕа – И.С.Лонгинов, Чурапчыга – Г.Д.Ефимов, Мэҥэҕэ – Р.Г.Васильев, Бүлүүгэ – Е.М.Никифоров, Ньурбаҕа – К.Д.Уткин курдук кырдьаҕастар бэркэ үлэлээбиттэрэ, памятниктар испииһэктэрэ оҥоһуллан, Правительствоҕа бигэргэммитэ, сотору брошюра бэчээттэммитэ, памятниктар государство көрүүтүгэр киирбиттэрэ, мемориальнай дуоскалар ыйаммыттара. Саҥа памятниктар оҥоһуллубуттара, эргэлэр реставрацияламмыттара. Үлэ күөстүү оргуйбута, Чөркөөх музейа тэриллибитэ, Суорун Омоллоон слайдалаан лекциялары үгүс оройуоннарга ааҕыталаабыта.

Москваттан биллиилээх учуонай, архитектура доктора А.В.Ополовников кыыһынаан архитектура кандидата Е.А.Ополовниковалыын хаста да кэлэ сылдьыбыттара, Якутскай остуруок башнятын реставрациялыыр үлэни салайбыттара, үгүс сэдэх, ол иһигэр XVII үйэтээҕи Зашиверскай Спасскай таҥара дьиэтин, Пономарев башнятын кээмэйдэрин чертеһун, макеттарын оҥорбуттара. Михаил Прокопьевич көмөтүнэн «Деревянное зодчество Якутии» диэн бэртээхэй кинигэни бэлэмнээн бэчээттэппиттэрэ. Обществобыт Россия биир бастыҥ үлэлээх отделениета буолбута. Бу манна Михаил Прокопьевич, Иван Деевич улахан өҥөлөөхтөр. Маны умнарбыт сатаммат! Республикабытыгар памятниктарга сыһыаммыт, үлэбит лаппа тупсубута, бу үлэлэргэ ыччаттарбыт кыттар буолбуттара.

1981 с. Саха сирэ «Киһи уонна тулалыыр эйгэ» диэн Монреалга (Канада) буолбут Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа аан бастаан туспа разделынан кыттыбыта. Бу быыстапкаҕа раздел начальнигынан үлэлээбит буоламмын, тэрээһин үлэ хайдах барбытын үчүгэйдик билэбин. Республикабыт бу быыстапкаҕа кыттарын туһунан тэрийээччи ССРС эргиэн-промышленность палатата икки сыл иннинэ 1978 с. суругу ССКП Саха сиринээҕи обкомун бастакы секретарыгар Г.И.Чиряевка ыыппыт. Гавриил Иосифович бу суругу Госплан председателигэр Т.Д.Сивцевкэ ыыппыт, сорудах биэрбит. Томмот Диодорович суолта биэрбэккэ, кумааҕытыгар буккуйан кэбиспит, умнууга хаалбыт. 1979 с. бүтүүтэ бэлэммит хайдаҕын бэрэбиэркэлии быыстапка директора Л.С.Гудыря комиссиялаах кэлэрин туһунан сурук кэлбитигэр, дьэ «бабат» дии түһэллэр, тэрийэр хамыыһыйа тэрийэ охсоллор, М.П.Габышевы председатель оҥороллор, миигин раздел начальнигынан аныыллар. Москва (ТПП СССР — торгово-промышленная палата СССР) комиссията кэлиэр диэри бэрт суһаллык Саха сирин разделын тематическай былаанын, быыстапкаҕа кыттар тэрилтэлэр (экспоненнар) испииһэктэрин оҥорон бигэргэттэрбитим. Михаил Прокопьевич улаханнык көмөлөспүтэ, ити кыһын Москваҕа аҕыста (8) командировкалана сылдьыбытым, барыта быыстапка боппуруостарынан. Билбэппит да элбэҕэ сүрдээх этэ, докумуоннары оҥоруу, экспонаттары страховкалааһын уо.д.а. боппуруостары аан маҥнай көрсүбүппүт, быһаарбыппыт.

«Советскай Россия» издательствоҕа Саха сирин туһунан буклет аан маҥнай оҥорбуппут, онно бэчээккэ барыан иннинэ, автор быһыытынан Дьокуускайтан тиийэн илии баттаабытым, барар экспонаттарга материальнай эппиэттээх буоламмын элбэх докумуоннары толорбутум, илии баттаабытым. Экспонаттарбытын угар дьааһыктарбытын мебельнай фабрикаҕа В.Г.Павлов оҥорбута. Олус үчүгэй мебель оҥоһуллар материалларыттан бөҕө-таҕа дьааһыктары оҥотторон абыраабыта, муора пордугар олус холуоннук, тоҕута-хайыта анньан тиэйэллэрэ. Мурманскай муора пордугар культура солбуйааччы миниистиринээн В.А.Босиковтыын таһаҕастарбытын илдьэн туттарбыппыт. Музейым коллектива кырдьаҕастыын эдэрдиин күнүстэри-түүннэри үлэлээн, экспонаттары хомуйбуттара, дьааһыктарга мас көөбүлүгэр суулаан упаковкалаабыттара. Олус элбэҕи кутаммыт Монреальга тиийэн, хостуурбар эрэйи көрбүтүм. Бу үлэлэр барыта аан маҥнай оҥоһуллубуттара, опыт суоҕа.

Быыстапка 3 ый үлэлиэхтээҕэ. Миигиттэн ураты 3 стендист барыахтааҕа: биир француз тылын билэр киһи, тылбаасчыт буолуохтааҕа. Мерзлотоведение институтугар үлэлиир, Алжирга биир сыл стажировканы барбыт В.П.Мельниковы булбуппут.

Сэбиэскэй павильон директора Л.С.Гудыря «Раздел начальнига буоларгынан пресс-конференцияларга кыттыан, Саха сирин туһунан араас боппуруостарга, ол иһигэр промышленность, наука сайдыытын туһунан бэлэмнэн», – диэн эрдэттэн сэрэппитэ, куттаан кэбиспитэ. Мин оччолорго эдэр киһи куттанан, баҕар, бэйэм оннугар сорох пресс-конференцияларга кыттыа диэммин Владимир Петрович Ларионовы стендиһинэн илдьэ барыахха диэн этии киллэрбитим. Михаил Прокопьевич көрдөһүүбүн ылыммыта. Үһүс стендиһинэн муосчут М.М. Павловы, А.Н.Осипов мэктиэлээһининэн илдьэ барбыппыт. Кини мамонт муоһуттан кыһыыны көрдөрүөхтээҕэ. Максим Максимович улахан сатабыллаах, талааннаах, олус үлэһит художник буолан экспозициябытын оҥорорбутугар абыраабыта.

Былаан быһыытынан, ССРС, Армения кэннилэриттэн Саха сирин күннэрэ ыытыллыахтаахтара, М.П. Габышев салайааччылаах республика делегацията кэлиэхтээҕэ. Биһиги бэлэмнэнии бөҕө, аспытын Якутскайтан, «Холбостон» ылан илдьэ барбыппыт.

Василий Афанасьевичтыын эрдэ буолбут ССРС, Армения күннэрин, банкеттарын көрбүппүт. Ол дойду дьоно, ыалдьыттар, журналистар банкет остуолларын астарын эрдэ «амсайаллар», харса суох кэмпиэттэри эҥин суумкаларыгар ылар эбиттэр. Бу барыта буолуохтааҕын курдук, ким да буойбат, кыбыстыбат. Василий Афанасьевич олус соһуйда: «Маннык буоллаҕына табыллыа суохпут, аспытын эрдэ бүтэрэн кэбиһииһиктэр, манан лентата тардан кэбис, Михаил Прокопьевич тыл этэн, остуолга ыҥырбытын кэннэ, лентабытын быһа кырыйыахпыт», – диэн миэхэ сорудах биэрдэ. Оннук да буолбута.

Делегациябыт састаабыгар ССРС народнай художнига, академик А.Н.Осипов, Мирнэйтэн Социалистическай үлэ Геройа Р.И.Томилова бааллара. Саха сирин күннэригэр бэс ыйын 22 күнүгэр Монреаль мэрэ Жак Драпо, ССРС Канадаҕа посуола А.Н.Яковлев, посольство, консульство, эргиэн представительствотын эппиэттээх үлэһиттэрэ кэлбиттэрэ, үгүс ыалдьыт, журналистар сылдьыбыттара, пресс-конференция буолбута, М.П.Габышев тыл эппитэ, Саха сирин туһунан кэпсээбитэ, Канада хаһыаттарыгар интервью биэрбитэ.

Ыалдьыттарга тэрийбит банкеппыт да этэҥҥэ барбыта, арай биир көрүдьүөс түгэн буолбута: павильоммутун харабыллыыр Доменик диэн полицейскай холуочуйан хаалбыта. Консульство үлэһитэ Георгий Аласания диэн грузин миигин сэмэлээтэ: «Павильон иһэ ССРС территорията, полицейскай туох эмит буоллаҕына биһиги эппиэттиибит, таһааран павильон тиэргэнигэр ыскамыайкаҕа олордон кэбиһиҥ, Канада территорията», – диэтэ. Биһиги Максим Максимовичтыын полицейскай Доменигы таһааран, павильоммут истиэнэтигэр өйөннөрө олордон кэбистибит. Канада территорията, биһиги эппиэти сүкпэппит. Манна даҕатан эттэххэ, павильон иһигэр ССРС туһунан литератураны тарҕатарбыт, киинэ көрдөрөрбүт көҥүллэнэр, атын сиргэ көҥүллэммэт.

Саха сирин делегацията анал программалааҕа, мин кинилэри арыаллаан Торонто куоракка ССРС эргиэнин представительствотыгар Ниагара күрүлгэҥҥэ сылдьыспытым.

Посольство, павильон үлэһиттэрэ, журналистара Саха сирин делегациятыттан олус астыммыттара. Кырдьык да Михаил Прокопьевич, Афанасий Николаевич дьоһун, астык дьон этилэр, тутта-хапта сылдьаллара, тыллара-өстөрө дьоһун этэ. Алмаастаах Мииринэй аатырбыт үлэһитэ Раиса Ивановна делегацияны өссө киэргэппитэ, боппуруостарга дьоһуннук эппиэттиирэ.

ССРС эргиэҥҥэ-промышленноска палатата Саха сирин разделын үлэтин үрдүктүк сыаналаабыта, миэхэ махтал биллэрбитэ. Арай төрөөбүт республикабыт сыаналаабатаҕа… В.А.Босиков кинигэ суруйбута, Михаил Прокопьевич хаһыаттарга интервью биэрбитэ, ыстатыйалара тахсыбыттара.

Канадаҕа туспа разделынан аан дойдутааҕы быыстапкаҕа кыттыы улахан туһаны аҕалбыта. Бу кэнниттэн республикабыт араас быыстаплкаларга, дьаарбаҥкаларга ситиһиилээхтик кыттан кэллэ, кыттар даҕаны. Манна бастакы олугу уурсубуппутунан киэн туттабыт, Саха музейын үтүөтэ-өҥөтө улахан. Бу үлэни салайбыт, сүрүннээбит киһинэн Михаил Прокопьевич буолар!

1984 с. кинини партия обкомун культураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн ыыппыттара. Манна кини 1988 с. союзнай суолталаах персональнай пенсияҕа барыар диэри үлэлээбитэ. 1989 с. сэбиэскэй кэмҥэ улахан суолталаах эйэ комитетын уонна фондатын салайааччытынан талыллыбыта, «Өйдөбүнньүк» кинигэ кылаабынай редакторынан үлэлээбитэ, сүҥкэн суолталаах үлэни оҥорбута. 1989-2005 сс. бу кинигэ 10 туомун таһаарбыттара, 62609 сэриигэ ыҥырыллыбыт дьону чопчулаабыттара, сэрии, үлэ Геройдарыгар анаммыт хас да дьоһун кинигэлэри таһаарбыттара.

Михаил Прокопьевич Габышев төһө да коммунист партия өрөгөйдөөн турар кэмигэр үлэлээтэр норуотугар чугас, кини олоҕо тупсарыгар ис сүрэҕиттэн үлэлээбит норуоттан тахсыбыт талааннаах салайааччы, үтүөкэн, киһилии киһи этэ. Биһиги кинини умнубаппыт.

Егор Спиридонович ШИШИГИН,

РФ, СӨ культураларын үтүөлээх үлэһитэ, РФ музейдарын Союһун Бочуоттаах чилиэнэ, СӨ Ытык Сүбэтин чилиэнэ, Саха музейын сүрүннүүр научнай үлэһитэ.

2023 сыл, сэтинньи ый.

(“Ахтыылар”, 27.05.2025 с.)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *