ТЭТИМНЭЭХ ҮЛЭЛЭЭХ САЛАЙААЧЧЫ
Быйыл 2019 сылга Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгин олохтооҕо Фёдор Степанович Фёдоров 65 сааһын үбүлүөйдээтэ.
Фёдор Степанович Советскай Амияҕа ытык иэһин толорон кэлээт, Элгээйиттэн 13 оҕолоох Дьоруой-ийэ Матрёна-Нотуус уонна Иван Ивановтар диэн ыаллар улахан кыыстарын Розаны кэргэн ылан Кутанаҕа олохсуйар. Оччолорго Роза Дьокуускайга ЯГУ физмат үрдүкү кууруһун устудьуонката этэ. Розалиялаах Фёдор холбостохторун эһиилигэр итии таптал тиҥийэр сүрэх маҥнайгы туоһута ньургуһун тыллан эрдэҕинэ кыыс оҕо төрүүр. Кыыстарын Ньургуйаана диэн ааттыыллар.
Билигин икки үрдүк үөрэхтээх Ньургуйаана Наумова Дьокуускайга омук ийэттэн саха аҕаттан сахалыы иитиилээх кэргэннээх, 2 уолаттардаах, улахана Автодорожнай техникуму бүтэрээт Владивостокка РА саллааттыыр, иккиһэ – оскуолаҕа үөрэнэр. Орто кыыстара Сардаана Турцияҕа Киршехир куорат Османгази университетыгар үөрэммитэ, итии күннээх Киргизстан киинигэр Бишкеккэ юрист кэргэнинээн 2 оҕолоох олороллор. Розалаах Федор дьиэ кэргэнинэн биэс буолан Бишкеккэ биир ый дуоһуйа сынньанан кэлбиттэрэ: “Аан дойдуга үтүө да сир баар эбит, – диэн сөҕүү-махтайыы, – виноград бөҕө, дьаабылака арааһа дьиэ таһыгар кытара буһан турар, сиэн төһөнү сиэххиний”, – дииллэр.
Үһүс кыыс эмиэ икки үрдүк үөрэхтээх Ираида Аргунова Тааттаттан төрүттээх, юниор эрдэҕинэ ушууга икки төгүллээх Аан дойду чемпиона, физик кэргэнинээн 2 оҕолоох Дьокуускайга олороллор. Кыралара Леонид Федорович СВФУ, ПИ, компьютернай технология идэтин бүтэрбит, сылаас, ыраас Амма өрүс үрдүгэр төрөөбүт Таатта кыыһа кэргэнинээн, уоллаах кыыс оҕолорунаан Хатаска олроллор, куоракка үлэлииллэр.
Үбүлээр кэргэнэ Фёдорова Розалия Ивановна Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин методиһа, Саха сирин учууталларын учууталлара, Саха сирин үөрэҕириитин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ. Идэтинэн 40 сыл физика учууталынан үлэлээбитэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Үрдүк үөрэххэ туттарсыахтаах оҕолору дьарыктыыр, дьиэтигэр кылынан бэргэһэ, дөйбүүр оҥорор, түүлээҕинэн, оҕуруонан иистэнэр, баайар. Билигин даҕаны оскуолалар спартакиадаларыгар остуол тенниһигэр күрэхтэһэр, Күүкэй пенсиялаахтарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.

Федор Степанович Күүкэйин нэһилиэгин сайдыытыгар үлэтин сыаналаан “Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”, Москваттан “Олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарбытын иһин’’ мэтээл, Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспута 380 сылыгар үбүлүөйүнэн бэлиэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, үгүс элбэх министерстволар, Правительство, Ил Түмэн Бочуоттаах Грамоталара, түөскэ анньынар бэлиэлэр хаһаайыннара.
Фёдор Степанович Күүкэй нэһилиэгэр ыыппыт үлэлэрэ:
— Дьокуускайтан тутуу биригээдэтин дуогабардаһан аҕалан, таас оскуола иккис сылыгар үлэҕэ киирэрбитэ;
— оскуолаҕа 20 миэстэлээх интернат аһан, саҥа кухня-остолобуой туттарбыта;
— 35 миэстэлээх саҥа детсад туттарбыта;
— эдэр учууталларга икки дьиэ тутулуннулар;
— ыһыахтыыр сиргэ – оҕо оонньуур сирэ, хачыалларыгар тиийэ;
— күрэхтэһиини тула, концертары олорон көрөр элбэх ыскаамыйалары, концертыырга аналлаах сценаны, ис оҥоһуута оһуордаах саха ураһатын, уһун дьону аһатар остуоллардаах үс хорчуоппалыыр сарайдары, пааркаҕа киирэргэ уран көрүҥнээх боруота ааны;
— Уулуссалар сүрүн суоллара гравийданан, сиэмэнтэ олбохтоох баҕаналара хараҥардаҕына бэйэтэ сырдыыр, сарсыарда сырдаатаҕына умуллар лаампаланнылар;
— нэһилиэк ытыктанар чулуу, чаҕылхай дьоннорун скверэ оҥоһулунна, көҕөрдүлүннэ;
— 400 кв.м иэннээх тэрилтэ дьиэтэ тутуллан, үөрэҕириини төрүттээбит Самсоновтар педагогическай династияларыгар аналлаах уһаайбаҕа Духуобунас-үөрэҕирии киинэ, Самсоновтар музейдара, нэһилиэк администрацията үлэлии турар;
— Сүөһүнэн, сылгынан үлэлиир икки кээпэрэтиип;
— фельдшерско-акушерскай пуун тутулунна;
— 2 модульнай котельнай туттарбыта, Дьокуускай куорат ГУП ЖКХ Министерствотын, Сунтаардааҕы ЖКХ-н кытары дуогабардаһан, магистральнай турбалары куораттан аҕалтаран, нэһилиэнньэ 75% котельнайдарга холбоммута, 30% благоустройстволанна;
— уонтан тахса сыл эриһэн, Эбэттэн тахсар үрэҕи туоратар железобетон муосталаах инновационнай шлюз-регулятор оҥортордо, Сунтаар улууһугар чугаһынан суох баараҕай тутуу;
— “Күүкэй” күөлүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин уһулуччулаах күөллэрин испииһэктэригэр киллэрии 01.10.2017 с. бигэргэннэ, Россия Наука Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Биологическай институт криолитозона проблематын чинчийии салаатын кытары үлэлэһэн нэһилиэккэ сүдү улахан оруоллаах үлэни таһаартарда. ДВАГС үрдүк үөрэҕин бүтэрбит Фёдор Степанович Фёдоров 2004 сыллаахтан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри баһылыгынан тэтимнээх үлэтигэр Күүкэйтэн төрүттээх кырдьаҕастар сүгүрүйэ махтанабыт.
Алексей Осипович ФЁДОРОВ, үлэ-тыыл бэтэрээнэ.
Сунтаар с., 2019 с.
(“Ахтыылар”, 2026 с. бэс ыйа)
