Денисов Герман Васильевич туһунан

СИТИҺИИЛЭЭХТИК ҮЛЭЛЭЭБИТ АКАДЕМИК, УЧУОНАЙ

Ньурба улууһа тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар киэҥ сирдээҕинэн-уоттааҕынан оччоттон баччааҥҥа диэри биллэр. Ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар сүөһүнү кииннээн иитии, тиэхиньикэнэн оттооһун кэҥээн иһиитин түмүгэр ходуһалар, мэччирэҥнэр үлтү тэпсиллэн, чиҥээн үүнүүнү биэриилэрэ сыллата намтааһыннара бэлиэтэммитэ. Ол үрдүнэн үөһэттэн сылгы-сүөһү ахсаанын элбээтиннэрэр эрэ былаан түһэ турара.

Оройуон салалтата (райком А.Л.Дохтуров, райсовет Н.Н.Лыткин) 1973 сыллаахха обкуом уурааҕын таһаартаран, учуонайдары ити кыһалҕаны быһаартарарга Ньурбаҕа үлэлииллэрин ситиспиттэрэ.

Учуонайдарга оройуон кииниттэн чугас, былыр Ньурба күөлэ түһүүтүгэр Оройко, Лүҥкү, Эрдиилээх диэн дириҥ кыра-кыра күөллэр ордон хаалбыттарын ортотугар быраҕыллыбыт кыра бааһына, иирэ-талах бүөлүү үүммүт ходуһатын, 127 га сири, оҥорторон биэриэх буолан сыһыарбыттара. Мелиоратордар 98 гектардаах “Лүҥкү” диэн ааттаан система оҥоруутун саҕалаабыттара. Саас эрдэттэн күһүн хойукка диэри Биология институтун лабораториятын сотрудниктара Г.В.Денисов, кэргэнэ В.С.Стрельцова диэн наука кандидаттара, лабораннар, араас институттартан, тыа хаһаайыстыбатын техникумуттан устудьуоннар быраактыкаларын бара таарыйа кэлэн үлэлиир полигонугар кубулуйбута.

Бастаан балааккаларга олорон үлэлээбиттэрэ. Салайааччылара Герман Васильевич оройкуому кытта быһаччы сибээһи тутуһан, оройуон улахан тэрилтэлэрин барыларын кытта билсии таһааран көмөлөһүннэрэн киирэн барбыта. Авиапортан улахан сөмөлүөт алдьаммыт салонун состорон аҕалтаран оннооҕор ыскылаат оҥостубут этилэр.

Улахан «Ньурба» сопхуос базатыгар тэриллибит буолан сирдэрин таҥастыылларыгар, ыһыыларыгар, хомуурдарыгар сопхуос мэхэньисээтэрдэрин көмөлөһүннэрэллэрэ. Тихонов Николай Гаврильевич диэн сопхуос луговод агронуомунуун биир сүбэнэн-соргунан үлэлээн ситиһии да баар буолбута эрээри, Г.В.Денисов хараҕын толорор уустук буоллаҕа! Бииргэ үлэлээбиттэрин уонча сыл ааспытын кэннэ, элбэх салаанан дьарыктанар сопхуос хайдах да тэтимнээхтик үүннэрии от ыһыытын олоххо киллэрэр кыаҕа суоҕун үрдүкү салалтаҕа өйдөтөн, ыһыы от сиэмэтин үүннэрэн тарҕатар аналлаах «Сүлэ» сопхуоһу эмиэ обкуом уурааҕынан тэрийтэрбитэ. Бу сопхуос уон сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар барыыстаахтык үлэлиир хаһаайыстыбалар истэригэр киирэн ситиһиилээхтик үлэлээн, былаас уларыйыытыгар түбэһэн үлэтин түмүктээбитэ.

Үлэлэрин учуонайдар өссө далааһыннаахтык салҕыахтаахтарын Союз ыһыллыыта, биллэн турар, эмиэ атахтаабыта.

Герман Васильевич Денисов тахсыылаахтык үлэлээн биологическай билим дуоктара, СӨ наукаларын академига, ирбэт тоҥноох зонаҕа сир оҥоһуутун эколого-биологическай хайысхатын саҕалааччы буола үүммүтэ, Норуоттар Доҕордоһууларын уордьанынан наҕараадаламмыта. Валентина Семёновна Стрельцова СӨ үтүөлээх агронуома буолбута. Науканы кытта тыа хаһаайыстыбатын производствота бииргэ үлэлээн Ньурбаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнай от ыһыыта промышленнай таһымҥа тахсыбыта.

Наука ситиһиилэрэ олоххо кэлим киириитин чаҕылхай туоһута бу этэ! Дьэ ол бэйэтэ, учуонайдар селекциялаан таһаарбыт курааны тулуйумтуо араас көрүҥ отторун, ол иһигэр элбэх белоктаах бобовай от – люцерна “Сюлинскай” суорда, ирбэт тоҥҥо хараллар сиэмэ бааныгар, Валентина Семёновна эппитинэн, туттарыллыбыт буолуохтаах. Оттон “Сүлэ” сопхуос үлэтин-хамнаһын туһунан өссө обкуом сорудаҕынан Бастыҥ опыт сиэрийэҕэ 1986 сыллаахха 5000 экз. “Первые уроки молодого совхоза» диэн брошюраны, Ньурба оройуонугар 2017 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын сылынан биллэриллибитин, бастакы сопхуос тэриллибитин 60, «Сүлэ» сопхуос тэриллибитэ 35 сылынан сибээстээн “Наукаҕа тирэҕирбит нүөл кырыс” диэн 200 ахсааннаах ахтыы кинигэни мин суруйан таһаартарбытым.

Аҕыс уоммун ааһан олорон, учуонайдардыын ыкса алтыһан ситиһиилээхтик үлэлээн-хамсаан ааспыт кэмнэрбин өссө төхтүрүйэн ахтан-санаан ааһыахпын баҕардым. Аан бастаан Г.В.Денисовы ханна көрдүм этэй?

1974 сыллаахха саас “Ньурба” сопхуос чуурка гараас тутан иһэн туох эрэ ирдэбилигэр эппиэттээбэт буолан, оччолорго дэлэйдик тиэллэн кэлэр минеральнай уоҕурдуулары уурар ыскылаат оҥостубуттарыгар уопуттарбар туттар уоҕурдуубутун лабараан кыыспыныын ыйыы сылдьыбыппыт. Түннүгэ-үөлэһэ суох киэҥ уораҕайга аммиачнай селитра, калийнай уоҕурдуу, суперфосфат тааралара хайыта-тэлитэ баран, сииги, ууну-хаары оборон биир кэлимсэ буолан хайа курдук өрөһөлөнө сытарыттан көйөн ылан ыйыырбыт. Сыт-сымар киһи таныыта хайа барыах үлүгэрэ. Ол дьүһүккэйдэнэ сырыттахпытына ГАЗ-66 массыыналаах дьон тиийэн кэллилэр. Хаакы бириһиэн таҥастаах, полевой суумкалаах бөдөҥ байыаннайдыҥы көрүҥнээх киһи уоҕурдуу ыла кэлбиттэрин, уопукка тутталларын эттэ. Ол Г.В.Денисов эбит. Мин ходуһаҕа уоҕурдууга уопуттарбын эмиэ Сүлэ Сайылык диэн ааттаах сиригэр оҥорор буоламмын кэлэ-бара таарыйан көрөн ааһар эбиттэр.

Күһүнүгэр бэйэлэрин баҕаларынан дэлээнэлэрим отун ыйааһынныырбар көмөлөстүлэр. Валентина Семёновна Стрельцованы онтон ыла билистим. Саар-тэгил уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, номоҕон, олус үтүө майгылаах дьахтар эбит. Сайын аайы лааҕырдарыгар Валентина Семёновна кыыһын Галяны, Герман Васильевич уолун Костяны илдьэ кэлэр эбиттэр. Костяны өйдөөбөппүн, оттон Галя агронуом үөрэҕэр Ярославль куоракка киириэр диэри, уонна трудовойугар сопхуоспут үлэһитэ диэн толорторбут буолан өйдүүбүн. Иккиэн оҕолоох дьон холбоһон, биир идэлээх буолан, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн үтүмэн да үлэни куйааска-кумаарга буһан-хатан, ардахха-сиппэххэ тоҥон-хааһан саас эрдэттэн, күһүн хаар түһүөр диэри Сүлэҕэ бааһыналарын ортотугар лааҕырданан олорон толорбуттара! 1979 сылга тыа хаһаайыстыбатын кылаабынай агронуомунан ананыахпыттан стационары кытта быһаччы алтыһыым саҕаламмыта. 98 гектардаах ньүөлсүтүү систематын түргэтэттэрээри управление специалистарын лааҕырдарыгар таһааран кэритэрэ, таарыйа уопуттарын көрдөртөөн, быһааран кэпсээн дьыалаларыгар быһаччы кыттыгастаах курдук буолбуппутун билбэккэ да хаалааччыбыт. Оннук киһини бэйэтигэр тардан ылар талааннааҕа. “Сүлэ” сопхуос тэриллэр техно-экономическай былаанын оҥорорбутугар управление, “Ньурба” сопхуос специалистарын барытын түмэн баһылаан-көһүлээн оҥорторбута. Миигин бу саҥа тэриллэр сопхуос дириэктэринэн ананарбар агронуом үөрэхтээҕим таһынан дьону-сэргэни кытта сатаан кэпсэтэргин көрөн биһирээн сөбүлэспитим, диэччи. Ол бука коллегаларбын кытта эйэ-дэмнээхтик алтыһыыбын уонна биирдэ авиапорт перевозкатын начаалынньыгар В.В.Кузаковка экспедитор кэргэним оннугар киирэн Ээйиккэ буочуканан уматык ыыттарарга вертолёт сакаастыыр, кини эмиэ алаастартан от сиэмэтэ хомуйарыгар вертолёт сакаастыы киирэн кэлэн, кэпсэтиибитин истэн оннук санааҕа кэлбит буолуохтаах.

Стационар үлэһиттэрэ бастаан балаакканан, Герман Васильевич дьиэ кэргэнинээн землянкаҕа олорбут этилэр. Табаар тааратын фанератынан киэҥ-куоҥ кухня, сиргэ тимирдиллибит ёмкоһынан холуодьас курдук журавелинэн биэдэрэнэн уу таһаарар аһыыр ууларын ылар сир оҥостубуттар. Оннооҕор авариялаабыт сөмөлүөт куорпуһун состорон аҕалан ыскылааттаммыт этилэр. Сопхуоспут икки квартиралаах мас дьиэни лааҕырдарыгар тутан биэрбитэ, хас эрэ вагончигы обкуомунан туруорсан бэйэлэрэ эмиэ аҕалтаран олорор буолбуттара. Дьиэни лаборатория гыммыттара. Аһылыкка үлэһиттэрин ыҥыралларыгар баҕанаҕа ыйаммыт рельсэ тоһоҕоһун тимиринэн охсуолаан биллэрэр этилэр. Бэрээдэк кинилэргэ байыаннай этэ. Герман Васильевич “байыаннайдарга уонна авиацияҕа бэрээдэк баар буолан ситиһиилээхтик, аварията суох үлэлииллэр” диэччи.

Бастаан “Ньурба” сопхуостан, онтон биһиги сопхуостан сирдэрин таҥастааһыныгар, ыһыыга, хомуурга кэлбит мэхэньисээтэрдэри тэҥнээхтэрин курдук кэпсэтэн-ипсэтэн, ыйан-кэрдэн, сүбэлээн үлэлэтэллэрэ, хас биирдиилэрин кытта чугастык билсиһэн бэйэлэригэр тардан ылаллара. Сопхуоспут устаабыттан, коллективнай дуогабарыттан, соц. куоталаһыы усулуобуйатын оҥорууга тиийэ бириэмэтин аахсыбакка Герман Васильевич специалистарбын, бэйэбин кытта дьүүллэһэн бииргэ оҥорсоро. Биир салаанан эрэ дьарыктанар буолан сопхуоспут үлэһиттэрэ бүүс-бүтүннүүтэ үппүт-аспыт, дохуоппут оппут сиэмэтэ эрэ үүнэриттэн тутулуктанарын өйдөөбүттэрэ. Коллективнай дуогабары бары билсэллэрэ. Буруйу оҥоруу, арыгылааһын түбэлтэлэрэ таҕыстаҕына уон үһүс хамнастарыттан, бириэмийэлэриттэн төһөтө эрэ сотуллара. Герман Васильевич барытыттан “төһө да улахан буруй иһин бириэмийэни бүтүннүү соппот буолуҥ, муҥутаан аҥарын сотуҥ, үлэлээбиттэрэ бүтүннүү сотуллара табыллыбат” диэн сүбэлээн өһүргэһии, хадаардаһыы тахсыбат буолара. Ыһыыга, хомуур кэмигэр нэдиэлэнэн күрэхтэһиилэр тэриллэллэрэ. Олорго быстах үлэһиттэр кытта тиксэллэрэ. Биэстии-уоннуу солкубайдаах бириистэри хонууга аһылыктарын тиэрдэр кэмнэригэр кассир биригэдьиири кытта илдьэн туттартыыллара.

Стационарга сайын аайы араас таһымнаах семинардары ыыталлара, экскурсиялар буолаллара. Сопхуос дириэктэрдэрэ, специалистара, улахан учуонайдар, киин хаһыаттартан кэрэспэндьиэннэр, өрөспүүбүлүкэ салайааччылара тиһигин быспакка сылдьаллара, биһиги хонууларбытын да быһа ааспаттара. Оннооҕор Монголия компартиятын бастакы сэкирэтээрэ Ц.Балхаажав салайааччылаах дэлэгээссийэтэ 1987 сыллаахха кэлбитин стационары, сопхуоспут үүнүүлээх бааһыналарын кэритэн көрдөрбүттээхпит. Алта киһилээх делегацияны Үрдүкү Сэбиэт президиумун бэрэссэдээтэлэ Л.Н.Григорьева, В.В.Скрябин, Ньурба оройкуомун сэкэритээрэ А.А.Томтосов, М.А.Григорьев арыаллаан илдьэ сылдьыбыттара. Итинник үрдүк таһымнаах ыалдьыттары астыннарар үлэ-хамнас оччолорго тигинэччи барара, Г.В.Денисов сырдатан кэпсиирэ-ипсиирэ да уһулуччу буолааччы.

Элбэх киһилээх делегациялары үксүгэр «Золотой комар» диэн вывескалаах остолобуойдарыгар аһатан ыыталааччылар. Саас кэлэллэригэр сымыыттыы сылдьар куурусса птицефабрикаттан аҕалан, оҕурсуу, помидор арассаадатын эмиэ илдьэ кэлэн, кыра оҕоруот аһын олордор буоланнар астарын арааһа элбэх буолааччы. Уонна оннук түгэннэргэ пуобардарыгар көмөлөһөн Валентина Семёновна эбии астыыр этэ. Командировкаҕа кыһын тиийэн дьиэлэригэр сырыттахха наһаа минньигэс астаах буолааччылар. Маҕаһыыҥҥа оччолорго состороонньо биэрэр минтайдара, скумбриялара бастыҥ ас эбитин онно билбиттээхпин! Магадантан ыыппыттара диэн кыһыл көмүс өҥнөөх хопчуонай скумбрия, муора бородуукталара остуолларыгар өрүү баар буолааччы.

Сүөһү иитиитинэн үйэтигэр киһи-хара буолан кэлбит норуокка от тиийбэт буолуута сүрүн кыһалҕа буола да туруо буоллаҕа! Отторбут арааһын ыччат буолуохтааҕар орто да саастаах дьон билбэппит баар суол. Ол кыһалҕаны быһаарарга үлэтигэр Денисов салалтаны эрэ буолбакка, оройуон бары тэрилтэлэрин кытта кытыннарарга кыһанара. Оччотооҕуга оройкуом оннооҕор хас биирдии чааһынай массыыналаах киһититтэн биир бугул оту туттардаҕына биирдэ ыспараапкатын көрдөрөн сапараапкаланар бэрээдэгин олохтуу сылдьыбыттаах. “Сүлэ” сопхуос от сиэмэтин ыраастыыр үлэтигэр тэрилтэлэр оробуочайдара, оскуолалар райсовет уурааҕынан графигынан үлэһиттэрин таһааран үлэлэтэллэрэ. Кыахтаах промышленнай тэрилтэлэр токпутун бетоннуур үлэҕэ тардыллаллара. Оройкуом бастакы сэкирэтээрэ А.Л.Дохтуров, Г.В.Денисов миигин кытта илдьэ сылдьан ити үлэлэргэ кыттыһалларыгар, дуогабар түһэрсэллэригэр кэпсэтиини ыыталлара. Онон Герман Васильевич биһикки тэрилтэлэр салайааччыларын кытта сирэй билсиһэн кэнники араас наадабытын кинилэрдиин быһаарсыһар кыахтанарбыт.

Ыһыы, хомуур үлэтэ – норуот бүттүүнүн дьыалата диирбит бастаан оройкуомнар хаһаайыстыбаннай үлэҕэ орооһон бүтүөхтээхтэр, идеологиянан эрэ дьарыктаныахтаахтар диэн буолбутунан, онтон чааһынай бас билиигэ, ырыынакка киириинэн сопхуостар эстиилэринэн тохтообута.

Герман Васильевич миигин “сир оҥоһуутунан дьарыктанар оскуоланы тэрийсэн, саатар оҕолор үүнээйи, ордук оттор араастарын билэллэрин, сир оҥоһуута умнууга барбатын ситис, биир агронуому иитэн да таһаардаххына соруккун толорбутунан ааҕыныаҥ” диэн оскуолаҕа барарбар сүбэлээбитэ. Оройонуо оччотооҕу сэбиэдиссэйэ В.М.Кузьмин кэтэһэн олорбут курдук, уруккуттан миигин билэр буолан, саҥа “Сүлэ” сопхуос бастаан үбүлээн туттарбыт оскуолата уон кылаастаммыт сылыгар дириэктэри производственнай үлэҕэ солбуйааччынан анаан таһаарбыта. Бу оскуолаҕа алта сыл ити дуоһунаска ситиһиилээхтик үлэлээн, алта уон сааспар пенсияҕа тахсыбытым. Ити үлэлиир сылларбар эмиэ элбэх дьону билэрбинэн оскуолаҕа 34 гектар быраҕыллыбыт бааһынаны сыһыартаран севооборот былааннаан киллэрэр курдук саҕалаан, сөптөөх тиэхиньикэнэн хааччыйан арахсыбытым. Госсортоучасток урукку сэбиэдиссэйэ Л.С.Алексеева, агронуом Ньургустаана Слепнева о.д.а. биэскэ-алтаҕа тиийэр идэлээх дьон мустаммыт элбэҕи оҥорбуппут. “Травосеяние в Якутии” диэн учуонайдарбыт 1989 сыллаахха таһаартарбыт кинигэлэринэн уонна стационартан ылбыт араас отторбут сноптарын, сиэмэлэрин көрдөрөн-иһитиннэрэн үөрэтэр этибит. Үөрэппит оҕолорбутуттан агронуом идэтин ылбыттар да бааллар. Олортон бастаан Тыа хаһаайыстыбатын департаменыгар начаалынньыгынан, онтон билигин ГБУСЗ бэрэстэбиитэлинэн оройуоҥҥа кылаабынай агронуомнуу сылдьар Е.Г.Филиппов баар. От ыһыытынан ылсан үлэлии сылдьар А.Илистянов салайааччылаах Кормовой хампаанньа хаһыс да сылын үлэлиир. Стационарга сайын аайы кэлэн үлэлииллэрэ эмиэ хайҕаллаах. Биир сотрудник “Улахан уопут” диэн ааттаммыт Денисовтаах олохтообут мониторинговай уопуттарыгар кандидатскайы бэлэмниир диэн үөрэ истибитим.

Г.В.Денисов 2000 сыллаахха Дьокуускайга “Травосеяние в криолитозоне” диэн Аан дойдутааҕы конференцияны ыытарга былааннаабыта. Миигин дакылаат суруйан кыттыһарбар көрдөспүтэ. Сэтинньи ортотугар буолуохтаах конференция нөҥүө сыл, Герман Васильевич доруобуйатын туругунан бэйэтэ олохтообут Хотугу дойдулар ходуһаларын институтун директорыттан уурайбытын кэннэ муус устар бүтэһик күннэригэр ыытыллыбыта. Онно мин производственниктартан соҕотоҕун бэлэмнээбит дакылааппынан кыттыбытым.

Герман Васильевич РСФСР народнай дьокутааттарын быыбарыгар 896-с нүөмэрдээх Бүлүүтээҕи быыбардыыр уокуруктан кандидатынан тура сылдьыбытыгар инициативнай группаҕа киирэн Марха уҥуор нэһилиэктэринэн: Ынахсытынан, Чуукаарынан, Малдьаҕарынан, Хатыынан арыаллаан сылдьыбыттааҕым. Быыбар иннинээҕи бырагырааматын бары биһирээбиттэрэ. Сахалыы саҥаны истэҕин дуо диэн бастакы ыйытыктара буолааччы. Онно “үөрэтиэх этим, саха тылыттан нууччалыыга киирбит тыл элбэх, холобур, балтарык диэн сахалыы тыл. Хааммытыгар хаһыстахха, нууччаларга татаар, сахаларга нуучча хаана хайаан да баар буолар, уруулуу омуктарбыт” диэччи.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукаларын Академиятын сүбэһитинэн аҕыс сыл үлэлээн баран үһүс кэргэнинээн. врач татаар дьахтара Марина Степановналыын, Москва анныгар Мытищи куоракка олохсуйан олорон хараҕа көрөр эрдэҕинэ стационарын, сөбүлээбит Ньурбатын, Сүлэтин дьонун-сэргэтин сураһан истиҥ-иһирэх суруктары биһиги дьиэ кэргэммитигэр ыытааччы. 2014 сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр 85 сааһын туолара ыйтан эрэ ордук хаалбытын кэннэ олохтон барбыта.

2015 сыллаахха Москва куоракка 150 экземплярынан кэнники кэргэнин М.С.Денисова хомуйан оҥоһуутунан “Россия глазами учёных” сериянан, СӨ наукаларын академиятын криолитозона биологическай проблемаларын институтун үбүлээһинэн “Мысли под занавес” Г.В.Денисов кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу кинигэҕэ ураты иһирэхтик Ньурбаҕа оҥорбут учуонайдар дьыалаларын өйөөбүт, олоххо киллэрсибит үгүс дьонун сэргэ миигин ахтан суруйбутун ааҕаммын, почтанан хаһан да көрбөтөх Марина Степановнам ыыппытыгар улахан махталлаахпын. Үөрүүбүн ааҕааччыларбыныын үллэстэ таарыйа хайдах суруллубутунан тириэрдэрбин көҥүллээҥ:

“…По согласованию с нами директором нового совхоза была назначена квалифицированный учёный-агроном Светлана Гаврильевна Петрова, имевшая прекрасные знания и талант организатора. Это была наша огромная удача. Наука и производство слились воедино. Светлана Гаврильевна Петрова, получив при организации совхоза лишь земельный надел и сгоревшую ферму, за годы своей работы создала высокорентабельное, первое на Вилюе хозяйство по производству семян многолетних трав со стабильным доходом и заработком рабочих. Достаточно сказать, что уже 1985 году совхоз «Сюлинский» производил свыше 100 тонн семян многолетних трав, реализуя их не только в Якутии, но и в Магаданской области, на Чукотке и Бурятии.

Исключительно согласованные действия этого талантливого организатора с нашими повседневными заботами и научными разработками во многом предопределили успехи всей дальнейшей работы Нюрбинского НПС, исследователей Института биологии СО РАН…”.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 1980-с сыллар ортолоруттан кормопроизводство учуонайдарбыт көмөлөрүнэн быһаарыллыах, Госагропром (бэрэссэдээтэл И.А.Матвеев) хаһаайыстыбаннай ахсааны, чековай системалаах биригээдинэй бэдэрээти сопхуос аайы киллэрэллэрин ирдиир буолуохтарыттан үлэ төлөбүрэ бэрээдэктэниэх курдук буолбута. Ол үрдүнэн закуп сыаната эккэ-арыыга үрдээбэккэ, сопхуостары ночооттоохтук үлэлииллэр диэн сылтаҕынан аҕыйах сыл иһигэр эһитэлээбиттэрэ. Союз ыһыллыыта наукаҕа эмиэ улахан охсууну оҥорбута. Билигин киһи да сонньуйар, Саха сирэ тахсыылаахтык үлэлээн кормопроизводствоны быһаарбыт өҥөтүн иһин ССРС Государственнай бириэмийэтигэр түһэрэр дөкүмүөннэрин туттара Герман Васильевич Москваҕа тиийбит күннэригэр ити түгэн тахсан турар! Кыһыл болуоссакка долгуйбут норуот ортотугар Денисов сылдьарын телевизорга бөдөҥ былаанынан түһэрбиттэрин хаста да хатылаан көрдөрөн соһуппуттара. Госбириэмийэҕэ түһэриллибит Г.В.Денисов, М.Е.Николаев, Н.А.Липунов, А.С.Яковлев араспаанньаларын сэргэ мин араспаанньам сурулла сылдьара. Ол бука, 1986 сыллаахха “Сүлэ” сопхуос коллектива Октябрьскай өрөбөлүүссүйэ 70 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн ыытыллыбыт Бүтүн Союзтааҕы соц. куоталаһыытыгар кыайыылааҕынан тахсан ССРС “Үлэнэн албан аатын кинигэтигэр” киллэриллибиппит иһин буолуохтаах. Союзпут ыһыллан, ааппыт устуоруйаҕа киириэҕэ хааллаҕа!

Чааһынай бас билиигэ киирии буолан тыа сирэ билиҥҥи туругар ким кыахтаах, сүрэхтээх-бэлэстээх эрэ тыаҕа олохсуйар буолла оҥоробун. Ол, биллэн турар, тыаҕа нэһилиэнньэ элбииригэр тиэрпэт. Тэрээһиннээх хаһаайыстыба эрэ элбэх үлэ миэстэтин таһааран тыа сирин өрө тардыа дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ чааһынай киһи специалистары даҕаны, аныгы элбэх эпэрээссийэни оҥорор сыаналаах тиэхиньикэни даҕаны наймылаһан, атыылаһан үлэлэтэрэ кыайтарбат буоллаҕа! Ньурбаҕа хаһыс да сылын үлэлиир кормовой хампаанньа элбэх сыллаах от сиэмэтин, эбиэһи балачча үүннэрэн атыылаан сүөһү-сылгы иитээччилэри абыраата буолан баран, оннооҕор кинилэр бастайааннай үлэһиттэрэ аҕыйах, быстах үлэһиттэр өҥөлөрүгэр өрүү наадыйаллар. Комбикорм оҥорор собуоту кыһыннары үлэлэтиэхтээхтэр, оччоҕо олохтоох үлэһиттэнэллэрэ дуу диэн эрэнэбит. Дохуоттаах хаһаайыстыба үксээн үбү-харчыны производство кэҥииригэр, социальнай эйгэҕэ угар эрэ түгэнигэр тыа сирэ сайдыа этэ буоллаҕа! Дохуоттанарга учуонайдарбыт айбыт Саха сирин кураанын тулуйар от суортара: Нюрбинский, Аласный, Короткоостый, Северный уонна Вилюйская бурдуктуҥулар, люцерна Сюлинская суортарын булан, элбэтэн туһаналлара хайаан да наада этэ.

Түмүкпэр, сыһыарыы быһыытынан Герман Васильевич суруйбут кинигэтиттэн уонна миэхэ ыыппыт суругуттан быһа тардыылары киллэриим:

2005 с. “Экология и эволюция сеяных лугов в криолитозоне” диэн В.С.Стрельцовалыын суруйбут кинигэлэрин 10-11 стр. “…На всём протяжении стационарных полевых работ мы получали помощь и поддержку руководства республики в лице: М.Е.Николаева, И.И.Петрова, С.Н.Маркина, а также руководителей Нюрбинского улуса и его хозяйств: А.Л.Дохтурова, И.Д.Теленкова, А.А.Павлова, С.Г.Петровой, В.Ф.Лугинова.

Постоянными помощниками в нашей работе были и местные агрономы Н.А.Липунов, Н.Г.Тихонов, а также высококлассные механизаторы В.Н.Иванов, И.В.Федоров…

…Большую моральную поддержку мы получали от местных крестьян – жителей близлежащих населённых пунктов Нюрбинского улуса: г.Нюрба, сс. Сюля, Антоновка, Нюрбачан, Дикимдя, безоговорочно поверивших в успех и полезность наших исследований. Их неизменная доброжелательность, готовность прийти на помощь в наших бедах и нуждах давали нам силы переносить тяготы оторванности от дома и семьи на протяжении долгих лет. Неоценимую помощь в работе оказывали нам учащиеся Сюлинской средней школы, студенты – практиканты зоофака Якутского госуниверситета и других вузов России. Всем этим людям – и ныне живущим, и уже ушедшим в мир иной с любовью и благодарностью посвящают свой труд авторы…”.

Кинигэ түмүктүүр чааһыгар 219 стр. манныгы ааҕабыт:

“…Чуда не произошло. Пока ждали, поголовье крупного скота, надои в республике упали почти вдвое, примерно на столько же – уровень жизни селян.

Авторы настоящей работы так же ждут чуда. Чуда прозрения, чуда падения пелены с глаз людей, власть имущих, которые бы наконец поняли, что судьба села – это прежде всего судьба якутского луга. Как только урожай станет хотя бы в 4-6 раз выше, чем сегодня… как в волшебной сказке разом поднимется во всей своей красе и величии северное село – не иждивенец, не приживалка а Его величество кормилец всея Якутии.

По затронутой проблеме авторы сделали всё, что могли. Возраст и время отрывают их от “большого опыта”. Это не лёгкий труд – продолжателям начатого нами бессрочного исследования – наилучшие напутствия”.

Герман Васильевич 2011 сыл тохсунньу 13 күнүгэр миэхэ суруйбут суругуттан аҕалабын:

“Дорогая Светлана Гавриловна! …Теперь мечтаем летом приехать на стационар, хочется посмотреть, куда идёт наука, что со всего этого получит производство. И хотя на девятом десятке лет путешествие дальнее, но мечта нас не оставляет, ведь почти 40 лет отданы Якутии. Больше чем во всех иных краях, в которых довелось жить от Одессы до Сахалина, в 15 местах. Вот и скажите, где у меня Родина?

Сейчас много говорят о инновациях и модернизациях. В аграрной науке всей России первый в системе РАН и МСХ опыты новации принадлежит Нюрбинскому НПС…

…Ваши две брошюрки у меня на видном месте. Я сошлюсь на них, возьму оттуда некоторые цифры и факты, но мне важна Ваша личность и ваших сподвижников… А если серьёзно, очень жалею, что 2 свои брошюры вы показали мне так поздно. Прочти я их лет 10-15 раньше, я не дал бы вам остановиться. Увидев, как Вы чётко и ясно мыслите и пишете, я бы наверняка склонил Вас к написанию диссертации по многолетним травам. Как мне удалось это сделать с В.Хайми, Л.Атласовой, Н.Тимофеевым (совхоз Якутский), и хорошо знакомой Вам В.Осиповой, которая скоро будет защищать докторскую, а сегодня трудится проректором СХ академии.

Как Ваше здоровье? Как дела вашего образцового супруга и прекрасного человека Ивана? Как сложилась жизнь ваших деток?

Как живёт народ в Сюльцах?..

Всем нашим друзьям и коллегам по земле Сюлинской низкий поклон, всех их поминаю только добрым словом, здоровья им всем и семейного счастья….

P.s. Приехав в Сюльцы и ознакомившись с состоянием дел хочу побывать у главы Нюрбинской администрации и предложить ему восстановить былую славу Нюрбинского НПС, вновь создать обьединение науки и производства. Как Вы смотрите на такую возможность? Кто сейчас глава администрации Нюрбы, как человек, специалист. Ведь имея опыт вашей работы и его волю, проанализировав как и чем занимается наука, можно было бы снова, на фундаменте былых достижений возродить и травосеяние и семеноводство трав на базе уже накопленного опыта намного быстрее, чем там, где его не было или он был слабее. Черкните, как решается проблема кормопроизводства в улусе сегодня? Неужели не уцелело ни одного гектара сеяных многолетних трав?”.

Оройуоҥҥа «Кормовой хампаанньа» тэриллэн элбэх сыллаах от ыһыыта ыытыллар гынан баран, олохтоох оттортон селекцияламмыт учуонайдарбыт таһаарбыт курааны тулуйумтуо отторун суортара ыһыллыбаттара хомолтолоох.

Светлана Гаврильевна ПЕТРОВА,

үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Сүлэ нэһилиэгин уонна Ньурба оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото.

2025 сыл ыам ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *