БОЧЧУМНААХ, ДЬОҺУН КИҺИ
Дьиҥэ, киһи бу орто дойдуга олорон ааһар олоҕо, ананан кэлэр дьылҕата олус кылгас эбит. Ону сааһырбыт киһи өйдүүр. Эн төһө даа уһуннук олор – олох чыпчылыйыах түгэнэ элэс ааһар, эйигин кэтэһэн турбат эбит. Аны ол олоххун көрүнньүк олорон аастаххына, эн тускунан кутурҕан тоҕус эрэ хонуктаах буолуон сөп диэн эмиэ баар. Өссө киһи киэбиттэн кэдэрги, сиэртэн-сэмэттэн түктэри сырыттаххына “дьоллоохтук олордум” дэнэргэр олус кэрэгэй буолуо. Ол иһин киһи олоххо сахалыы, киһи киэбинэн сэмэйдик, дьоһуннук олоруохтааҕын туһунан кырдьаҕастар өрүү этэллэрэ. Итинтэн сиэттэрэн, кылбайан турар кырдьык иитин иһинэн олоҕуҥ оҥкулун торумнаныах тустааххын.
Ол эрээри, төһө даа кырдьаҕастар этиилэрин билбит иһин, бу орто туруу-бараан дойдуга киһиттэн ордук сиэмэх, хабыр, кэрээнэ суох иҥсэлээх-оботтоох суох быһыылаах. Олох отуора хамсаан, өй-санаа олус уларыйда. Киһи-аймах махтала суох буолла. Олус бэйэмсэх буоллубут. Үлэлии-хамсыы, үөрэ-көтө сылдьар кэмигэр махтал тылларын олус «көҥөнө» этэбит. Махталы киһиэхэ тыыннааҕар, биһиги ортобутугар үөрэ-көтө, үлэлии-хамныы сырыттаҕына этиллиэ эбитэ буолуо. Ону өрүү тумнабыт, өрүү умнабыт. Итини өйдөөн, махталлаах буоларбыт буоллар дуу…
Итинник, куолу аҥардаах киирии тылынан саҕалаан баран, Семён Данилович Давыдов туһунан (05.08.1967 — 13.02.2024 сс.) ахтан-санаан ааһыым. Бука, кини туһунан элбэх киһи ахтыы суруйдаҕа.

Сэмэни мин оҕо эрдэҕиттэн билэбин. Оскуолаҕа үөрэнэр даа сылларыгар олус көссүө-сэмэй, үөрэҕэр даа үчүгэй этэ. Олоҕор даа оннук олорон, үлэлээн ааста. Орто оскуоланы бүтэрээт, Амма улууһун Сатаҕай совхоһун отделениетыгар бухгалтерынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон үүнэн-сайдан, төрөөбүт Сатаҕайыгар сүрүннүүр бухгалтерынан, экономист-бухгалтерынан, КП директорынан, нэһилиэк баһылыгынан үлэлээн ааста.
«Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх, түөлбэ түстээх» диэн санаанан кынаттанан, Сатаҕай нэһилиэгин төрүччүтүн үөрэтиигэ, түмүүгэ оскуола коллективын кытта үлэлэһэн, республикаҕа төрүччүнү үөрэтии тэрилтэтин кытта ситим олохтоон, туспа кинигэ тахсыытын үбүлээн кинигэ күн сирин көрүүтүгэр улахан өҥөлөөх. Маны сэргэ нэһилиэккэ олорон, үлэлээн ааспыт ытык-мааны дьоммут ааттарын үйэтитиигэ ананан тахсыбыт кинигэлэргэ, нэһилиэк историятын түмүүгэ, Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыт, ол сэриигэ сырдык тыыннара быстыбыт дьоммут ааттарын үйэтитиигэ күүс-көмө буолбута олус махталлаах. Т.С.Лукин олоҕун, үлэтин сырдатыыга анаан «Тимофей Спиридонович Лукин» диэн кинигэ тахсыытыгар сүҥкэннээхэй оруоллаах. Ол курдук, кини үлэлээн ааспыт кэмигэр Сатаҕай нэһилиэгэр сыһыаннаах уонча кинигэ тахсыбыта. Биир дойдулаахпыт, кыраайы үөрэтээччи, хоһоонньут Харитина Семёновна Яковлева-Көрөөхтүүр мунньубут матырыйаалларынан түмүллэн суруллубут кинигэ харатын аахпыта. Биһирээбитэ уонна 2024 сылга бэчээттэтиэх буолбута. Ону өлөр-өлүү быһа түстэ. Туспа нэһилиэк буолбуппут 50 сылын көрсө Сатаҕай нэһилиэгин историятын, онно сыһыары тутан «Октябрь» колхозка аналлаах кинигэни 2027 сыллаахха таһаарар соруктаах хамыыһыйаны тэрийэн, салайан үлэлэтэ сылдьыбыта.
Семён Данилович салайааччы быһыытынан ураты сэмэй, боччумнаах, дьоһун киһи этэ. Үлэлии сылдьар балаһыанньатынан туһанан, тус бэйэтин туһугар ханньары тардыбатах чиэһинэй киһинэн билинэбин. Хаһан даҕаны кыайдым-хоттум, кэпсэттим, ситистим диэн кэпсэммитин өйдөөбөппүн. Отой чахчы кыаллар эрэ буоллаҕына дьон билиитигэр таһаарара. Нэһилиэк историята хомуллан, түмүллэн кэнчээри ыччаттарбытыгар хааларыгар ис сүрэҕиттэн баҕарара, анал кинигэлэр тахсыыларыгар өрүү харчы булан көмөлөһөрө.
«Кими даҕаны ураты тутан, олус чорбоппокко тэҥҥэ тутан суруйаргыт буоллар. Нэһилиэкпит сайдыытыгар туһааннаах үлэлэринэн бары тэҥҥэ кытыннахтара, үлэлээтэхтэрэ дии», – диирэ.
«Син элбэх кинигэ таҕыста. Бэйэҥ үлэҥ, ситиһииҥ туһунан санааларгын биир эмэ кинигэҕэ киллэрбэппит дуо», – диэн ыйытан турабын. Онуоха олус соһуйбута, сонньуйбута. «Ээ, суох. Балаһыанньанан туһанан, бэйэтин суруйтарбыт диэхтэрэ. Сөбүлээбэттэрэ чуолкай. Бэйэм да ылыммат суолум», – диэн хардарбыта. Ити Москваҕа баран эмтэнэн кэлбитин кэннэ этэ. Хонтуораҕа.
Ийэтэ Елена Ксенофонтовна олоҕун бүттүүнүн доруобуйа харыстабылыгар анаабыт киһи. Төһөлөөх оҕо кини ытыһын сылааһын билэн, күн сирин көрбүтэ буолуой? Түүннэри-күннэри вызовтарга сүүрүү, сынньалаҥы да билбэккэ үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. Хонтуораҕа, нэһилиэккэ уһуннук үлэлээбит дьон тустарынан кэпсэтии буолбута. Мэҥэ Хаҥалас Суолатыгар улахан юбилейнай ыһыаҕынан сибээстээн, түөрт киһини юбилейнай бэлиэҕэ түһэриҥ диэбиттэрэ. Биһиги онно комиссия мунньаҕар бара сылдьыбыппыт. Онтон айаннаан кэлэн иһэн: «Ити этэр бэлиэлэригэр ийэҕин түһэр. Үлэлии сылдьар кэмҥэр, ийэҥ үлэтин сыаналаан атын да бэлиэлэргэ туруорсуоҥ этэ», – диэн санаабын эппитим. «Итинник санаалары миэхэ отой этимэ. Дьон араастаан саныахтара. Туһааннаах тэрилтэтэ, кэмэ кэллэҕинэ, сыаналыахтара», – диэн букатын сөбүлэспэтэҕэ. Ити санаа, «Атаара хаалбыта алааһым» диэн Кыайыы 80 сылыгар аналлаах кинигэ харатын ааҕан баран, дьүүллэһэ олорон эмиэ хатыламмыта. Ылымматаҕа.
Герой Лукин аатынан КП-га председателлии сылдьан оскуоланы, детсады олус өйүүрэ. Учуутал күнүн аайы сүөһү ылан, харчытыгар түҥэтэн дьоро киэһэлэр буолаллара. Эмиэ биир умнуллубат махталлаах өйдөбүл буолар. Суруллан, бэчээккэ барыахтаах кинигэлэр хараларын (черновик) хайаан да билсэрэ. Бэйэтин туһунан хайҕаан, махтанан кыбытык киирбитин буллаҕына соттороро. Сөбүлээбэт этэ. Ити курдук олус көнө этэ, мин санаабар. Сэмэн Дайыылабыс үлэлиир кэмигэр син элбэх кинигэ таҕыста. Итинтэн сиэттэрэн: `Семён Данилович, син кинигэлэр таҕыстылар. Арай бэйэбит дьоммут, аймахтарбыт тустарынан суох, суоҕун тэҥэ. Тугу эрэ торумнаабыт киһи”, – диэбиппэр: `Уйбаан, онтон санаарҕаама. Чахчы үлэлээбиттэр диэтэхтэринэ суруйуохтара. Ахтыахтара. Ахтыбатахтарына даҕаны суобаспыт ыраас. Тугу булбуппутун түмтэхпит. Сүрүнэ, үлэлиир кэммитигэр тугу саныырбытынан, сатыырбытынан, кыайарбытынан үлэлээтэхпит дии», – диэбитэ. Ити биһиги Семён Даниловичтыын бу орто дойдуга тиһэх көрсүһүүбүт, тиһэх кэпсэтиибит этэ.
Үлэҕэ-хамнаска, ордук салайар киһиэхэ дьону кытта алтыһыы, өйдөспөт буолуу үгүс буоллаҕа. Ол эрээри салайар үлэ ис хоһооно, салайааччы уйулҕата көннөрү киһи олоҕун укулаатыттан, уйулҕатыттан отой ураты. Араас тылы-өһү, мөккүөрү олус чугастык ылынар киһи сатаан аһарыммат, өс тутар киһи салайааччы буолбат. Ити өттүгэр Семён Данилович олус киэҥ-холку, кыана туттар, кимиэхэ даҕаны өһүрбэт этэ. Салайааччы быһыытынан муударайдык сыһыаннаһара. Ити хаачыстыбатын мин олус сөбүлүүрүм, ылынарым. Төһө да сороҕор мөккүөрдэр баалларын иһин хардарыта тулуйсан кэллэхпит. Аны араҕыстахпыт, быдан дьылларга быралыйа…
Мөккүөртэн киһи сайдар, үөрэнэр, “куһаҕан киһи диэн суох” диэн санаалааҕа. Оруо маһы ортотунан киирэн, мээрилээн мөҕөн-этэн барбат этэ. Дириҥник толкуйдаан, дьаһайан, үлэлээн ааспыт эбит.
Иван Николаевич АДАМОВ — Айдын Мургун,
Россия суруналыыһа, Сатаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
2025 сыл, олунньу ый.
