Чурапчы аҕыс кылаастаах 2-с оскуолата: Үтүө өйдөбүл

Биһиги олохпутугар бэлиэ суолу-ииһи хаалларар, сырдыгынан сыдьаайар ураты түһүмэҕинэн ойор күннээх оҕо сааспыт буолар. Хайдах сиэрдээх, көрүүлээх дьон буолан, уһуйуллан тахсарбыт бу кэмҥэ сылдьыбыт эйгэбититтэн быһаччы тутулуктаах. Оҕо аймах инники олоҕун укулаата үөрэх кыһатыгар, сырдыкка-кэрэҕэ, билиигэ-көрүүгэ уһуйбут учууталларбыт кыһамньылаах үлэлэрин түмүгэр ууруллар.

Мин маны этэн туран, ааспыт үйэ 70-с сылларын тумарык буолбут улаҕаларын сэгэтэн, өйбүтүгэр-санаабытыгар кичэллээхтик хараллан ууруллубут, дириҥник иҥмит үтүөкэн кэмнэри эргитэн көрүүм.

Аламаҕай маҥан күн күлүмүрдэс көмүс утахтарын салҕыбакка ыһарыттан чаҕылыйа оонньуур, ситимэ быстыбат долгуннардаах, хараҥа түүн, чуумпу ньууругар алтанынан дуйдаммыт сэмэй ый ураты сэбэрэтин көрүнэн сэргэхсийэр үтүөкэн күөлүн хоту өттүгэр, таала көнө хонуулаах оскуола-интэринээт түөлбэтигэр, Чурапчы аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэммит кэрэ кэмнэргэ эргиллэммин сырдатарга сананным.

Дьэ кырдьык даҕаны оҕо сааспыт быстыбат ситимэ буолбут, Чурапчы күөлүн хоту эҥэригэр таайаан сытар интэринээт томторо көрүөхтэн кэрэ сир этэ. Бэс ыйыгар көнө хонуутун сирэмин ситэрэн, араҥас дьүһүннээх сибэкки хойуутук үүнэрэ. Күөрэгэй чыычаах дьырылас ырыата үөһээттэн уҕараабакка дьирилиир буолара. Түөлбэбитин ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут хатыҥ чараҥ тулалыыра. Бу кэрэ көстүүнү маҥан оппуохалаах оскуола дьиэлэрэ сиэдэрэйдик ситэрэн биэрэллэрэ.

Олорор сирбит спорт эйгэтигэр, үлэҕэ сөҕүмэр ситиһиилэрдээх чулуу дьонунан эмиэ аатырара. Ол курдук түөлбэбититтэн саханы аар-саарга аатырдыбыт, Олимпиада чыпчаалыгар дабайбыт, Аан дойду күрэхтэһиилэригэр бастаабыт бөҕөстөр Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов уһуйуллан тахсыбыттара. Уһулуччулаах тустуу тренерэ Д.П.Коркин интэринээт томторугар таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Мин бу түөлбэ аҕыс кылаастаах оскуолатыгар, бэйэм саастыыта Мурун Тыымпыйа уонна санаторий томторуттан сылдьар кырачаан кыргыттары, уолаттары кытары 1973 сыллаахха, балаҕан ыйын бастакы күнүгэр киирбитим. Биһигини улахан түннүктэрдээх, ыраас, киэн, сырдык, үөрэх кыһатыгар маҥнайгы учууталбыт Сидорова Мария Пантелеймоновна үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Ол курдук ити үөрүүлээх түгэнтэн ыла, үөрэнээччи аатыраммыт, билиигэ-көрүүгэ уһуйуллар оскуолатааҕы сэргэх олохпут саҕаламмыта.

Мария Пантелеймоновна биһиэхэ дириҥ билиини иҥэрэ сатыыр, олус кыһамньылаах, ирдэбиллээх учуутал этэ. Кини уһуйуутунан бастакы буукубалары, сыыпаралары билэммит, ааҕары, суоттууру баһылааммыт саҥа арыйыылары оҥорбуппут. Мария Пантелеймоновна кылааска үөрэтэрин таһынан, суолта ууран, биһигиттэн элбэхтик кинигэни ааҕарбытын ирдиирэ. Уруогун быыһыгар үөрэнээччилэрин сэҥээрдэр гына, кинигэҕэ киирбит айымньылары кэпсиирэ. Каникул кэмигэр, аахпыт кинигэлэрбит ис хоһоонун, сүрүн дьоннорун туһунан аналлаах тэтэрээккэ суруттарара. Тумуу киирэн, ыалдьан, оскуолаҕа кэлбэт түгэммитигэр, үөрэнээччилэринэн ханнык дьиэтээҕи үлэни толорорбутун сиһилии суруйан ыытара.

Мурун Тыымпыйа курдук тэйиччи түөлбэттэн тымныыны аахсыбакка, бойбоччу таҥныбыт, саал былаатынан сирэйдэрин тууна бааммыт оҕолор билиигэ-көрүүгэ талаһыылара баһыйан үөрэнэ кэлээхтииллэрэ. Ол да буоллар аара мэниктээн, аралдьыйан сирэйдэрин син биир кыратык үлүппүт буолаллара. Мария Пантелеймоновна үөрэх кэнниттэн үөрэнээччилэрин бүөбэйдээн, амарахтык сыһыаннаһан, халыҥнык таҥыннаран дьиэлэригэр атаартыыра. Маҥнайгы учууталбытын биһиги үтүө тылынан эрэ ахтабыт, олус үчүгэйдик саныыбыт.

Кинигэни умсугуйан туран ааҕыыны, биһиэхэ иҥэрбит дьонунан бастакы учууталларбыт буолаллар. Түөлбэбитигэр библиотека баара. Мин биир бэйэм бу дьиэҕэ сөбүлээн сылдьарым. Библиотекардаабыт дьонтон, үлэлиир миэстэтэ тымныытыттан буолуо, мэлдьи хаатыҥкалаах сылдьар Старостин Сергей Григорьевиһи өйдөөн хаалбыппын. Ааҕар дьиэбит сөрүүн этэ. Ол да буоллар оһоҕо оттулуннаҕына тута сылыйара. Сергей Григорьевич саҥа кинигэлэри Чурапчыттан куулга уган, салаасканан соһон аҕалара. Сорох кинигэлэри дьиэбэр уларсан илдьэ барарым. Сурунаал, хаһыат, кинигэ көрөр, ааҕар буоламмыт библиотека биһиэхэ билиибитин хаҥатар, сэргэхсийэр дьиэбит этэ.

Саха тылыгар уонна литературатыгар Кононова Татьяна Степановна уонна Листикова Мария Семеновна үөрэппиттэрэ. Кинилэр сүрүн болҕомтолорун өйтөн суруйууга уураллара. Уруокка аахпыт айымньыларбыт ис хоһоонун сиһилии кэпсиирбитин ирдииллэрэ. Татьяна Степановна итиэннэ оскуола завуһунан үлэлиирэ. Учуутал быһыытынан ирдэбиллээх этэ. Кини биирдэ “һыттыа-һыттыа күммүт тыкта” диэн ураты, дьиибэ тыллардаах ырыаны толорбутун биһиги сэргээн истибиппит. Билигин санаатахха дэгэрэҥ ырыа эбит. Татьяна Степановна завуч быһыытынан үлэтигэр бэриниилээҕин, дьоҥҥо ирдэбиллээҕин маннык түгэҥҥэ бигэргэтэн турар. Биирдэ черчениеҕа үөрэтэр учууталбыт Степан Степанович расписаниетын бутуйан эбитэ дуу, эбэтэр эдэр киһи утуйан хаалан дуу, уруогар биллибэтэҕэр биһигинэн, бүтүн кылааһынан ирдэтэ кини дьиэтигэр ыытан турар. Хойутаан да буоллар кэлэн үөрэттэ быһыылааҕа.

Уруһуйга Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищены бастакынан түмүктээбит дьонтон биирдэстэрэ Карсанаев Петр Терентьевич үөрэппитэ. Мин биир уруокка саас оҕолор хайыһардыы сылдьалларын уруһуйдаабытым. Күн сырдыгар хаар үрдэ араастаан күлүмүрдээн көстөрүн өҥнөөх харандаастарынан уруһуйдаан көрдөрбүппүппүн учууталым: “Болҕомтолоох, кэрэни өйдөөн көрөр эбиккин. Кэлин художник буолуоххун сөп эбит”, – диэн хайҕаан турар. Ол хайҕабылтан дуоһуйууну ылан, тирэҕирэн, уруһуйдуур дьарыкпын бырахпакка өссө сайыннарбытым. Оройуон иһинэн ыытыллар уруһуй конкурстарыгар кыттан дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылар этим. Художник идэтин таларбар Петр Терентьевич сабыдыала, уһуйуута төһүү буолбута.

Аҕыс кылаастаах оскуолаҕа биһигини идэлэрин чахчы баһылаабыт, бэринилээх учууталлар үөрэппит эбиттэр. Үлэ уруогун Новгородов Николай Иннокентьевич ыытара. Кини сүбэтин, көрдөрөн биэриитин болҕомтолоохтук ылынан, умсугуйан туран мастан араас кыыллары кыһан таһаарар этибит. Дьоҕурдаах буоламмын оройуон, республика таһымыгар быыстапкаларга кыттан турабын. Михайлов Рома “Сыарҕалаах ат” диэн мастан кыһан оҥорбут үлэтэ республикаҕа улахан биһирэбили ылан, Москва куоракка ыытыллыбыт улахан быыстапкаҕа туруоруллубута. Онно бэлиэтэнэн, хайҕанан «Артек» лааҕырга сынньанар ыҥырыы туппута.

Ахсаан курдук уустук предмеккэ Чепалова Валентина Ильична уонна Платонов Константин Дмитриевич үөрэппиттэрэ. Валентина Ильичнаттан улаханнык саҥарыллыбыппытын, мөҕүллүбүппүтүн өйдөөбөппүн. Үөрэхпэр кыһалларым иһин мин киниэхэ сөбүлүүр үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ этим. Валентина Ильична олус үчүгэй буочардааҕа. Грамоталары кини толорбут буолааччы.

Платонов Константин Дмитриевич биһиэхэ алгебраны, геометрияны үөрэппитэ. Кини дьиҥ-чахчы идэтигэр бэриниилээх, чиҥ билиини биэрэргэ кыһамньытын уурар учуутал этэ. Билигин кэлэн билинэр буоллахха, киниттэн наһаа толлор этибит. Биһиги кылаастан кини ыытар уруоктарыгар кыргыттар үчүгэйдик үөрэммиттэрэ. Оконешников Алеша ахсаан холобурдарын түргэн үлүгэрдик түмүгүн таһаарара. Ити өттүгэр кини дьоҕурдаах этэ. Константин Дмитриевич диапроекторы туһанан уруоктарын ыытара. Рентген пленкатын ыраастаан, хара тууһунан холобурдары суруйбутун, диапроекторынан экраҥҥа көрдөрөрө. Фанераттан оҥоһуллубут пенал саҕа размердаах, аҥара кыһыл, аҥара от күөҕэ өҥнөөх индикатор диэнинэн уруокка туттар этибит.

Природоведение, биология предметтэрин Спиридонова Нина Титовна уонна Евграфова Тамара Семеновна үөрэппиттэрэ. Нина Титовна юннаттар куруһуоктарын тэрийэн, үөрэнээччилэр айылҕаны харыстыыр өйдөөх-санаалаах буола улааталларыгар сорук туруорунан, оскуолаттан күүскэ үлэлээбит эбит. Биһиги кылаастан ол куруһуокка Михайлов Рома сөбүлээн сылдьара. Нина Титовна ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут хатыҥ чараҥмытын эргиччи күрүөлэтэргэ турунан, охтубут, бэрдийбит мастары, лабаалары биир сиргэ чөмөхтөөн, тыаны ыраастаан, олус үчүгэй хамсааһыны саҕалаан дьон биһирэбилин ылбыта.

Уруок кэнниттэн продленкаҕа хаалан, Карсанаева Мария Егоровна көмөтүнэн дьиэтээҕи үлэлэрбитин толорор этибит. Уһуннук оскуолаҕа сылдьар буоламмыт продленкаҕа хаалааччылар аһыыр этибит. Кэнсиэрбэлээх балыгынан, килиэбинэн үссэнэрбит. Мария Егоровна биһигини сэҥээрдэр гына, атыҥҥа арылдьыйбакка олорон истэрбит курдук олус үчүгэй кэпсээннэрдээх буолара. Чурапчы оройуонугар Көмньө диэн сайылыкка буолбут алдьархай туһунан сырдаппытыгар олоххо араас дьикти баарын билбиппит. Сэриигэ барбакка дезертирдээн, ийэтин көмөтүнэн сарайга саһан сытан эйэлээх олоххо тиийбит, куһаҕан быһыыламмытыттан эрэйи көрөр киһи туһунан “Трясина” диэн киинэ сюжетын сиһилии кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын.

Оскуоланы бүтэрэр үөрэхпит дьылыгар кылааспыт салайааччытынан нуучча тылын уонна литературатын учууталынан ананан кэлбит Керемясова Елена Петровна үлэлээбитэ. Кини олус үчүгэйдик ыллыыра. Ол дьоҕурун бигэргэтэн, Роза Рымбаева репертуарыттан ырыаны толорбутун биһирии истибиппит. Аҕыс сыл устата үөрэммит оскуолабытын бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар киирэрбитигэр алҕыы, үтүөнү-кэрэни баҕара хаалбыт киһибитинэн кылааспыт салайааччыта Елена Петровна буолар.

Үөрэхпит кыһатыгар араас хабааннаах тэрээһиннэр мэлдьи ыытыллар этилэр. Манна үөрэнээччилэр, учууталлар көхтөөхтүк кытталлара. Үөрэх предемэттэригэр туһаайыллыбыт нэдиэлэлэр түмүктэринэн бастыҥнар ааттананнар оройуон, республика таһымыгар ыытыллар билии олимпиадаларыгар күрэхтэһэллэрэ. Аны оскуола иһинэн кылаастар икки ардыларыгар үөрэххэ, бэрээдэккэ нэдиэлэ устата күрэхтэһии ыытыллара. Нэдиэлэ бүтэһигэр тахсыбыт түмүк көрдөрүүтүнэн бастаабыт кылаас понедельникка киинэҕэ сылдьара. Маннык үрдүк биһирэбили ылар инниттэн үөрэххэ кыһаллыы күүһүрэрэ, бэрээдэк даҕаны биллэ тупсара.

Дойдуга бэриниилээх, сиэрдээх буолууга, билиигэ-көрүүгэ угуйар оҕо бүтүн Союзтааҕы түмсүүтүгэр – пионерскай хамсааһыныгар киирэммит, кытара кыыһар кыһыл хаалтыһы иилинэммит олоххо көрүүбүт бигэтик уларыйбыта. Үтүө, аһымал санаанан салайтаран, тимуровскай үлэнэн үлүһүйэн, кырдьаҕастарга, кыамматтарга кыһалҕаларын туоратан дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөрбүт. Сырыыбыт түмүгүнэн үтүө суобастаахтык үлэлээбиппит иһин махтал тыл бастыҥын ыларбыт. Америка социалистическай дойдулар бырааптарын күөмчүлүүр, сэриини күөттүүр политикаларын утаран, бүттүүн сэбиэскэй норуоту кытары биир сомоҕо буолан оскуолабыт иһигэр линейкаҕа турар буолар этибит.

Аҕыс кылаастаах оскуола туһунан ахтыыга, умнуллубат, санааны көнньүөрдэр, чаҕылхай өйдөбүлү хаалларбыт Саҥа Дьыллааҕы тэрээһини, бырааһынньык иннинээҕи түбүгүрүүнү киллэрдэхпитинэ сатанар. Үөрэх иккис чиэппэрин түмүгэ тахсыытын, дьэрэкээн оонньуурдарынан, тырымнас гирлянда уоттарынан, күлүмүрдэс мөһүүрэнэн сиэдэрэйдик симэммит харыйа тула ыытыллар эгэлгэ бэлэхтэрдээх ураты дьикти тэрээһини олуһун диэн кэтэһэрбит.

Сүрэҕи-быары манньытарынан, санааны көтөҕөрүнэн Саҥа Дьыллааҕы тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэн түбүгүрүүнү бэлиэтиэм этэ. Кылаастар икки ардыларыгар истиэнэ хаһыаттарыгар, үөрэнэр кабинеттарбытын кэрэхсэтэр гына киэргэтиигэ бастыҥнары быһаарар күрэхтэр буолаллара. Үөһээ тилэри тардыллыбыт үрүҥ сапка маҥан баата тооромосторун, мөһүүрэлэри иилэн, хаар кыыдамныыр дьикти көстүүтүнэн көрүдүөрү сэргэхситэрбит.

Араас өҥнөөх кырааскаларынан сотуллубут кумааҕыттан кырыйан гирлянда оҥорорбут. Ыраас илиистэн хаар кыырпахтарын араастаан кырыйан таһаарарбыт. Саҥа Дьыллааҕы дьоро тэрээһиҥҥэ анаан хаһыаттан, таҥастан бэлэх угар мөһөөөччүктэри дьиэбитигэр тиктэрэн, открыткалары сыһыаран аҕаларбыт. Бырааһынньыктааҕы бэлэхпитигэр, мөһөөччүкпүт иһигэр, кэмпиэттэри кытары хайаан даҕаны биирдии дьаабылыка баар буолара. Билиҥҥи фруктаҕа тэҥнээтэххэ, оччотооҕу дьаабылыка оскуолабыт иһигэр минньигэс сытынан бүтүннүү дыргыйан кэбиһэрэ. Харыйа турар саалатын истиэнэтигэр открыткалартан уруһуйдаммыт улахан кээмэйдээх ойуулар Саҥа Дьыллааҕы кэрэ, дьикти көстүүнү сиэдэрэйдик ситэрэн биэрэллэрэ. Мин бу хартыыналары наһаа сэргии көрөр этим. Ол ойуулар уруһуй уонна черчение учуутала Коркин В.Н. үлэлэрэ буолалларын кэлин билбитим. Саҥа Дьыллааҕы дьоро тэрээһиннэрбитигэр оскуолабыт биир туллубат тутаах киһитэ, учууталбыт Абрамов Роман Романович солбуллубат Моруос оҕонньор оруолун сатабыллаахтык толорон үөрэнээччилэр, төрөппүттэр биһирэбиллэрин ылыан ылбыта. Кини кэлэн иһэрин биллэрэн, торуоскатынан муостаны тонсуйар тыаһа уонна бэлэхтэрдээх обургу мөһөөччүгүн сүкпүтүнэн харыйа турар саалатыгар биһиэхэ туһаайан эҕэрдэ тыллары эппитинэн Хаарчаана кыыһынаан киирэн кэлэллэрэ бэйэтэ ураты сэргэх көстүү этэ. Моруос оҕонньор – Роман Романович илиититтэн иккис чиэппэр түмүгүнэн бастыҥ үөрэнээччилэр Саҥа Дьыллааҕы бэлэх ылаллара. Дьэ ол кэнниттэн кылаас аайы, үөрэнээччи ахсаанынан бэлэхтэри туттаран үөрүүбүтүн үксэтэрэ.

Билигин оскуола-интэринээт томторугар үөрэммит оскуолабыт турбут сирэ омооно даҕаны көстүбэт. Ол да буоллар биһиги үөрэхпит кыһатын, билиигэ, сиэрдээх буолууга уһуйбут үтүө санаалаах, кыһамньылаах учууталларбытын умнуохпут суоҕа. Оскуолабыт туһунан үтүө өйдөбүл өлбөөдүйбэккэ, уос номоҕо буолан, кинигэҕэ киирэр ахтыыларга тиһиллэн аата-суола ааттана туруоҕа.

Биһиги кылаас оҕолоро оскуолаҕа ылбыт билиибитигэр тирэҕирэн, сөбүлүүр үөрэхпитигэр үөрэнэн, араас идэлэри баһылаан үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Мин оҕо эрдэҕинээҕи дьарыкпын сайыннаран, учууталларым сүбэлэрин ылынан, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа киирэн, ону бүтэрэн художник идэлээх үлэһит буолбутум. 1989 сылтан 1993 сылга диэри үөрэммит оскуолабар уруһуй учууталынан үлэлии сылдьыбытым. Билигин художник быһыытынан үлэлиибин.

Ойор күннээх оҕо сааспыт туһунан үтүө өйдөбүлү чиҥэппит, Чурапчы аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэммит, сырдыгынан сыдьаайар кэрэ кэмнэрбитигэр саныыр санаабыт мэлдьи эргиллэ туруоҕа, бигэтик ситимнээн соргулааҕы түстүөҕэ.

Михаил Иванович СИДОРОВ,

Чурапчы аҕыс кылаастаах оскуолатын

1981 сыллааҕы бүтэрээччи.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *