Баалдьахалар тустарынан

БААЛДЬАХАЛАР

Уһунуускай Николай – Баалдьаха Тандалгы алааска Эбэттэн киирии аартыктан арҕаа диэки өртүгэр олохтоох киһи этэ. Кини түөрт уоллааҕа, биир кыыстааҕа, кэргэнэ Мария Ивановна – Хоросоо 1885 с.т., быраата Егор 1902 с.т., оҕолоро: Мария 1916 с.т., Пётр 1923 с.т.

Баалдьаха уолаттарыттан Ушницкай Гаврил Николаевич – Баалдьаха Хабырыыһа, эбэтэр Халыҥ Хабырыыс (1885-1947) Дүпсүн улууһун ыһыахтарыгар тустуутунан аатырбыта. Ордук халбарыйан быраҕар албастары туттар. Ортону үрдүнэн уҥуохтаах, халыҥ эттээх-сииннээх киһи эбитэ үһү. Хайдах эрэ түөһүллэҥнээн эрэр курдук хаамар, чиҥ, чаҥкынас соҕус саҥалаах эбит.

Хабырыыс түмсүүлэргэ, ыһыахтарга эҥин ыллыыра үһү. Онтон Ушницкай Сэмэн Николаевич – Хоһуох Сэмэн (1889-1961) бииргэ төрөөбүттэриттэн куоластарынан ордуктара, бастаан колхоз тэриллэрин саҕана Өнөр нэһилиэгин Тандалгытыттан көһөн Нам Арбыныгар олорбут. Онтон куоракка киирэн саха театрыгар ис-тас үлэҕэ, харабылынан үлэлээбит. Атын уоллаттары Сүөдэр – Сүөдэрбэн, Ньукулай – Хасхай Ньукулайа дииллэрэ. Сүөдэрбэн (1902 с.т.) Өнөргө олорон саалтыры ааҕара. Колхозтар тэриллиилэрин саҕана Сүөдэрбэн Дьокуускай куораты булан баай дьахтары кэргэн ылан Бодойбоҕо олорор. Сүөдэрбэн уола Николай (1935-1994) СГУ историческай отделениетын бүтэрэн баран Бороҕоҥҥо райкомна үлэлээбитэ. Кэргэнэ Кириллина Екатерина Ивановна диэн быраас. Онтон Сүөдэрбэн эдьиийэ Уоча эмиэ кыралаан ыллыыра. Уоча Өнөргө олорон Мирнэйгэ Хоһуох Сэмэн уолугар фотограф идэлээх Пётрга баран кыстыы сылдьыбыта. Бу аймах-билэ дьон олус сымнаҕас майгылаах, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах этилэр. Хасхай Ньукулайа хоту улууска баран олорбут курдук.

“Олонхосуты Якутии” диэн кинигэгэ Ушницкай Гаврил Николаевич – Баалдьаха Хабырыыһа (1885 -1947), Ушницкай Семён Николаевич – Хоһуок Сэмэнэ олоҥхоһуттар диэн сурулла сылдьар.

Учуонай Копырин Н.З. ахтар: “Сааскы каникул саҕана буоллаҕа буолуо, Баалдьаха Хабырыыһа (Ушницкай Хабырыыс Ньукулаайабыс, тустуук, улуус бухатыыра динллэр) иитэр соҕотох уола Мэхээчэни Дүөндүттэн тиэйэн иһэн хоммута. Мэхээчэ Дүөндү оскуолатын ситэ бүтэрбэккэ уурайбыт курдук өйдүүбүн. Бастаан сэбиэккэ суруксуттаабыта, ол кэнниттэн сэбиэт, колхоз бэрэссэдээтэлэ буолуталаабыта. Өнөр биир үтүө киһитинэн аатырбыта, бэрт көнө, сымнаҕас үлэһит киһи этэ. Чомолуйбуг ыраас кыһыл хааннаах, ис-киирбэх дьүһүннээх.

Хабырыыс ол биһиэхэ хоммут киэһэтигэр “Мачайар Баһылай” диэн норуот поэматын олоҥхо курдук ыллаан толорбутун өйдүүбүн. Ол иннинэ, арааһа, олоҥхону истэ илик буолуом. Хабырыыс дьэллэм, “ыллаа эрэ” диэтэххэ үгүс көрдөһүннэриитэ суох толорбутуиан барар, балачча үчүгэй куоластаах. Баалдьахалар бары уус тыллаах, ырыаһыт эбит этилэр.

“Хабырыыс быраата Хоһуок Сэмэн чугас эргин суох үчүгэй олоҥхоһут диирэ, – мин аҕам. – Хабырыыс тустууга да иннинэн, ыһыахха ким хайа иннинэ тустаары харытын ньыппарынан баран түөлбэ ортотутар хаамыталыы сылльар буолара дииллэр. Улахан күүһэ суох буолан баран сүһүөхтээх, быраҕыылаах, кыайдарбын-хотторбун диэн ымсыыран, баҕаран тустара үһү. Инньэ гынан тура күүстээх да дьону охтортуура дииллэр. Хойут кырдьыбытын кэннэ: “Тустуу төбө үлэлээх”, – диирин истэрим. Ол аата аҥардас күүс быһаарбат, сүһүөх, албас, тактика, өй эмиэ кыттыһар. Илиигэ муос курдук кытаанах киһини кытта кииристэҕинэ күүһүн барытын үөһээ өттүгэр биэрэр эбит, аллараата мөлтөх буолуо диэн үөрэллэрэ үһү. Хабырыыс бырааһынньыктарга тустуталаабытын кэлин хаста да көрбүтүм. Ымсыырарым да, мин төрүкү мөлтөх буоламмын туста оонньооботоҕум”.

Литвинцев Хабырыыһы охторуутун туһунан кэпсээтэххэ, маннык. 1929 сыл сайын сир түҥэтигин мунньаҕар нэһилиэк дьоно олорчу кэриэтэ мустубут. Бачча түмсүбүччэ оонньуута-көрдө тэрийиэҕиҥ дэспиттэр. Кылыйсыбыттар, ыстаҥаласпыттар. Тустууга Литвинцевкэ киириэн сөптөөх эдэр киһи көстүбэтэх. Арыыччаларын урут кыайталаабыт. Литвинцев, күөгэйэр күнүгэр сылдьар киһи, арай эппит: “Хабырыыһы кытта тустуом этэ”.

Хабырыыс арыый ыарыы быһыытыйан, тустуутун тохтотон сылдьар аҕамсыйан эрэр киһи: «Бу уол хайдах буоларый? Сэниир киһиҥ мин дуо, нохоо? Ити буоллаҕына, тустан да көрүөм. Оҕом, дьэ өлүкпүн сос», – диэбит.

Үөрүү, сэргэҕэлэһии буолан 5 солкуобай харчыны ким кыайбыт ыллын диэн ураҕас төбөтүгэр баайан, ураҕаһы сиргэ туруору анньыбыттар, төгүрүччү олорбуттар. Эдэрдээх кырдьаҕас бөҕөстөр син ыһыахха, урууга курдук халтаҥ соннорун, атахтарын таҥаһын устан, таҥас курунан курданан тустан барбыттар. Хабырыыс халыҥ-киппэ, баараҕай көрүҥнээх, түһүлгэҕэ охто илик киһи. Эдэр бөҕөһү күүһүнэн бала тутаары, сиһин имиллэҥнэтэн харса суох сикиириккэтэн, быраҕаары икки өртүнэн халбаҥнатан барбыт. Онтон быраҕаары сүһүөҕэ мөҕөн ылыытыгар түбэһиннэрэн, хардары быраҕан Литвинцев бэйэтин тас уорҕатынан ыыппыт. Дьон соһуйан үөгүлэһэ түспүттэр. Хабырыыс ойон турбут. Охторугар сыгынньах атаҕынан чэгиэн кырсы сылгы туйаҕынан тэппитин курдук логлу тирэммитэ үһү.

Кэссиэ уола Лэгэнтэй оҕонньор халтаҥ сонун уста биэрбит уонна эппит: “Бээрэ, бу хайдах киһини барытын охторор оҕонуй?”. Онуоха дьон: “Тохтоо, тохтоо, эйиигин кытта тустубат”, – дэспиттэр. Хабырыыс бэйэтэ эмиэ дьонтон итэҕэһэ суох соһуйбут, улаханнык кыһыйбыт, иккиһин туһуннарыҥ, астыннарыҥ диэбит.

Тандалгыга олорбут Баалдьаха Хабырыыһа 1885 с.т., оттон Литвинцев Ньукулай 1906 с. төрүөх. Оччотугар Хабырыыс Ньукулайтан 22 сыл аҕатыгар тахсар. Кинилэр тустуулара 1929 с. нэьилиэк дьоно үксэ мустубут сир түҥэтигин мунньаҕар буолбут. 22 саастаах Майысыайабы 44 саастаах Баалдьаха Хабырыыһын кытта туһуннарбыттар. Кэссиэ Лэгэнтэйэ (1889 с.т.) Баалдьаха Хабырыыһынаан биир алааска олороллоро.

Баалдьаха Хабырыыһа толорор Мачайар Баһылай диэн поэма-тойук туһунан сырдаттахха, маннык. Мачайар Баһылай (төрөөбүт, өлбүт сыла биллибэт) олоҥхоhут, ырыаhыт Нам улууһун Таастааҕыттан төрүттээх киhи эбит. Кини туhунан фольклорнай экспедиция кэмигэр Таастаах олохтооҕо Соловьёв П.Е. (ийэ олоҥхоhут Соловьев А.Е. аймаҕа) ахтыбыта баар. “Мачайар Баһылай” диэн Саха сиригэр бэккэ тарҕаммыт ырыа. Бастаан бу поэма 1936 сыллаахха суруллан 1938 сыллаахха “Дабаан” альманахха тахсыбыт. (“Дабаан” альманах. –М.,1938. 101-120 стр.). “Мачайар Баһылай” диэн поэма-тойугу өссө Баалдьаха Хабырыыһа 1930 сылларга толорор эбит. “Мачайар Баһылай” диэн поэманы Г.У.Эргис 1936 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Дойдунуускай нэһилиэгэр Кычкин Гаврил – Хабыанньа тылыттан суруйбут.

Бу ырыаны ырыаһыттар, олоҥхо курдук, дьоно хайдах сылдьалларын тылынан кэпсииллэр, оттон дьоно кэпсэтиилэрин ырыанан биэрэллэр.

“Мачайар Баһылай” кылгас ис хоһооно: Эргис Хаҥалас нэһилиэгэ, Кириискэ оҕото биэс мөһөөккө барбатах бадьара дьоруо аттаах Мачайар Баһылай сүүрбэ биэс сааһын томтойо туолан, атыыһыттаан аатыра сылдьан, Киистээх дэриэспэ, Таастаах таарбаҕан, Сиэги-Буодьу диэн Дьааҥы сиһэ түүлээҕэ олус сураҕын истэн, биир мөһөөк икки мөһөөк буолан киирэрин толкуйдаабыт. Атас-доҕор атыыһыттарыттан үп иэс көрдөһөн уон ордуга биэс аты тэринэн, уон биэс тыһыынча суумаланан, үс киһилэнэн, тэринэн баран, аччыгый баһаар таҥаратын дьиэтин таһыгар биир биэдэрэ тыыннаах испиири иһэрдэн туран, эдэр дьонтон былаҕастыбыанньа, кырдьаҕас дьонтон алгыс ылан аттанан айаннаабытын туһунан мүччүргэннээх сырыыларын сиһилии кэпсиир поэма.

Аны “Бэриэт Бэргэн” диэн олоҥхо туһунан. Олоҥхоһут, фольклор хомуйааччы Афанасий Степанович Попов – Муотаан, уруккута Нам 11 Сииттэтигэр 1910 с. тохсунньу 31 (Охонооһойоп) күнүгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Олоҥхоһут быһыытынан 30 сааһыттан биллибит. Уус-Алдан олоҥхоһута С.Ушницкайтан – Хоһуок Сэмэнтэн “Бэриэт Бэргэн” диэн олоҥхону Нам Арбыныгар истэн толорор буолбут. Бу олоҥхону 1939 с. СС НК архыыбыгар латыынныы суруйан туттарбыт. (СС КК Архыыба 5 ф. 7 оп.35 дь.)

2016 сыллаахха гуманитарнай чинчийиилэр институттара “Бэриэт Бэргэн” олоҥхону бэчээттэтэн таһаарда. Киирии тылга суруллубутунан, олоҥхону Нам киһитэ А.С.Попов – Муотаан Уус Алдан олоҥхоһута С.Н.Ушницкай тылыттан суруйбута ыйыллыбыт.

Саха сиригэр “Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн” диэн бастакы сахалыы П.А.Охлопков “Наара Суох” спектакла Саха добровольнай хамаандатын дьиэтигэр туруоруллубута. Бастакы туруорууну тэрийээччи Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр – ХІХ- с үйэ бүтүүтэ Саха театральнай искусствотын саамай бөдөҥ общественнай уонна политическай деятелэ, Саха театральнай искусствотын бэрэстэбиитэлэ.

1905 с. атырдьах ыйыгар В.В.Никифоров-Күлүмнүүр көҕүлээһининэн Дьокуускай куоракка «Саха норуотун ортотугар үөрэхтээһин тарҕаныытын обществота» тэриллибитэ. «Үөрэхтээһин тарҕаныытын уопсастыбата» дьоһуннаах ситиһиитинэн 1905 с. алтынньы 6 күнүгэр Саха кулуубун тэрийии буолбута.

Общество чилиэннэрин көҕүлээһининэн аҥардас 1906 с. тохсунньу 3 күнүгэр норуокка биллибит олоҥхолортон талан, саха тылыгар бастакы “Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн” диэн спектакль туруоруллубута.

Бастакы спектакльга олоҕуран аатырбыт олоҥхоһут П.А.Охлопков “Наара Суох” сюжета ууруллубута. Спектаклы тэрийээччилэртэн биирдэстэринэн И.Е.Охлопков — Наара Суох буолта, ол кэмҥэ баһаарынай хамаанда брандмейстерын эбээһинэһин толорооччу. Оруоллары артыыстар Сабыйаан – Н.Захаров, Айыына – М.Н.Андросова-Ионова, Бээрэкээн – А.Говоров, Тимир Лабыҥкаан – Я.Павлов, А.Е.Кулаковскай, олоҥхоһут бэйэтэ П.Охлопков уо.д.а.

Спектакль сценографията көстүбэтэ. Сценарий суруйуута суох туруоруу буолла диэххэ сөп. Оруолларын толорооччулар бары кэриэтэ олоҥхоһут дуу, тойуксуттар дуу олоҥхону ис хоһоонун, сүрүн сюжеттарын үчүгэйдик билэллэр уонна туһааннаах мизансцен, декорациялары, таҥастарын- саптарын, гримнэри туһаныы, бу олоҥхоҕо ситэ туттуллубатах саҥа сюжеттары туруорууга ансамбль-оруолу толордулар.

Олоҥхо сүрүн геройа Бэриэт Бэргэн олоҥхого ахтыллар абааһы үс бухатыырыттан биир эрэ абааһы бухатыырын (Тимир Эрэсиинэ) кытта охсуһара көстөр. Көһө сылдьан охсуһаллар. Үрүҥ Айыы тойон дьүүлүнэн үйэттэн үйэ тухары сир анныгар тимирэр. Итинэн олоҥхо бүтэр. Атын икки абааһы бухатыырын кыайыыта, Бэриэт Бэргэн Дьалыстай Куону кэргэн ылан дьоллоох олоҕу туругурдуута суруллубакка хаалбыт.

Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн көрөөччүлэр «өрө көтөҕүллэн», олус өрө көтөҕүллүүлээхтик уонна «улахан ситиһиинэн» ааста. Бастакы саха спектаклын туруоруу Саха национальнай театральнай искусствотын сайыныгар саҕаламмыта, онтон 1906 с. тохсунньу 3 күнүгэр Саха театрын бастакы, любительскай түһүмэҕин саҕалаабыта. «Саха норуотун ортотугар үөрэҕи тарҕатар общество» активистарыттан любительскай бөлөх тэрилиннэ. Кинилэртэн сорохторо кэлин Саха театрын профессиональнай артыыстара буолбуттара. Ити күн Саха театрын тэриллибит күнүнэн ааҕыллар.

Урукку өртүгэр Өнөр нэһилиэгэр Баалдьаха Хабырыыһа диэн олоҥхоһут баара нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар биллибэт этэ. Хабырыыс биир эрэ олоҥхонон муҥурдамматах буолуон сөп. Атын норуот ырыаларын, олоҥхолору толороро буолуо. Баҕар биир эмэ Хабырыыс толорор ырыаларын туһунан истибит киһи баар буолуон сөп. Сэрии кэнниттэн икки сыл буолан баран өлбүт. Ушницкай Гаврил Николаевич – Баалдьаха Хабырыыһа түһүлгэҕэ охтубатах тустуук эрэ буолбатах, Саха сирин олоҥхоһуттара диэн справочникка киирбит олоҥхоһут буолар.

Иван Егорович ЛЫТКИН.

Дьокуускай куорат, 2016 сыл.

Хаартыскаҕа: Баалдьаха Хабырыыһа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *