Аргунов Владимир Петрович туһунан

Саха сиригэр Мэҥэ Хаҥалас оройуона элбэх киһилээх, нэһилиэктээх, оскуолалаах оройуонунан биллэр. Онон, оройуоммут иһигэр нэһилиэккэ успуорт хайа эрэ көрүҥэр чорбойуута  улахан таһымнаах чорбойуу буолуон сөп. Нэһилиэк чорбойбут успуордугар өрөспүүбүлүкэҕэ да киирэн миэстэлэһиэн сөп. Ону ааһан, Россия хайа баҕарар уобалаһын таһымыгар нэһилиэк чөмпүйүөнэ эбэтэр призёра   ситиһиилэниэн сөп.

Хара нэһилиэгэ успуорка ордук дуобатчыттарынан чорбойор. Нэһилиэктэн оҕолорго Россия чөмпүйүөннэрэ,  призердара, Европа призердара,  улахан дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ, оройуон чөмпүйүөннэрэ бааллар.

Маннык быһыы-майгы силиһин-мутугун билиэх санаа  сыппах быһах биитинии сулуйда. Онон, үрдүттэн олорон үөрэтэргэ сананным. Бастатан туран бу ситиһии барыта Аргуновтар диэн араспаанньалаах ыаллары кытта ситимнээх эбит.

Былыр, 1917 сыллаахха, Аргунов Бүөтүр Сүөдэрэбис диэн урааҥхай оҕото Күн сирин көрбүт. Сытыы-хотуу уол улаатан,  холкуос бэрэссэдээлигэр тиийэ үүммүт, биригэдьиирдээбит. Сэриигэ кыттыыны ылбыт,  бааһыран хараҕар оҕустаран кэлбит.  Сэрии кэнниттэн Бүөтүр  Дьөппөнтөн Бөтүрүөп Өндөрөй кыыһын  Борускуобуйаны кэргэн ылбыт, ыал буолбут.  Икки уол, үс кыыс оҕоломмуттар уонна эбии кыаммат чугас аймахтарын икки оҕотун ииппиттэр.

Бүөтүр  сэрии кэнниттэн саһыл иитиитигэр үлэлээбит. Оччолорго бу саҥа салааҕа бастыҥ дьону, баартыйа сорудаҕынан,  туруорбуттара. Күндү түүлээх судаарыстыба баайын хаҥатара.

1957 сыллаахха холкуостары бөдөҥсүтүү буолбутугар Хаптаҕайга уонна Хараҕа баар саһыл пиэрмэлэрин холбоон Хараҕа кииннээбиттэр.

Бүөтүр   дьиэтээҕи дьарыгынан дуобат оонньуута эбит. “…Үчүгэй оонньооччу баар буолла да дуобатын дуоскатын кыбыммытынан тиийэн кэлэн оонньообутунан барар идэлээҕэ. Маны таһынан ийэбитин Борускуобуйаны, арааһа, дуобаттыырга үөрэппит онон эстэпиэтэҕэ күрэхтэһиигэ иккиэн кытта бараллара. …Оччолорго дуобат дуоската, биэскэлэр бэйэ оҥоһуута буолаллара. Икки эрээтинэн, аҕыс биэскэнэн оонньууллара. Биэскэлэр уратылара диэн талаҕынан оҥоһулаллара. Биирэ төбөтө уһуктаах, биирэ төбөтө ачаахтаах буолара.. ” –диэн уола Болуодьа кэпсээтэ.

Бастакы уол Болуодьа (Владимир Петрович Аргунов) 1949 сыллаахха төрөөбүт.

“…Аҕам оскуолаҕа барыам иннинэ дуобаттыырга үөрэппитэ. Наар албыннаан кыайтарар. Ол аайы үөрэммин “киирсиэх” диэтэ да киирсибитинэн барабын. Ол эрээри биирдэ эмэтэ кэһэтэн  кыайара. Оччоҕо мин ытыыбын уонна биир-икки күн оонньообоппун. Онтон уоскуйбутум кэннэ биир эмэ киэһэ дуобаттыыбыт. Эмиэ кыайаммын үөрүү-көтүү бөҕө буолабын. Дьэ ити курдук угуйан,  дуобаттыырга үөрэппитэ.

Арааһа аҕам айылҕаттан педагог эбит диэн билигин кэлэн толкуйдуубун. Кэлин тириэньэр буолан баран Хараҕа начаалынай кылаас оҕолорун дьарыктаабытым. Онно аҕам педагогикатын туттар этим. Ол эрчийбит оҕолорбуттан бэйэлэрин саастарыгар Россия, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ, призердара тахсыбыттара.  Егорова Оля, Вова Яковлев, Петя Аргунов (Болуодьа уола), Чупрова Аня бары биир саастыылаахтар,  дуобакка маҥнайгы хардыыны мин эрчийиибинэн дьарыктаммыттара. Билигин бары дуобакка успуорт маастарыгар хандьыдааттар. Инникитин кэскиллээхтэр. Төһөтүн да иһин уонча сыл лиссиэйгэ тириэньэрдээбитим эбээт. …Аны, дуобатыҥ сааскыттан тутулуга суох,  биир таһымҥа оонньуоххун сөп. Күрэхтэһээччи  быһыытынан кэхтибэккин. Атын успуортка, холобура, тустууга, сүүрүүгэ куруук үчүгэй результаккын илдьэ сылдьыбаккын, үксүгэр доруобуйаҥ кыайбакка эрдэ тохтуугун. Алта уоннаах дуобатчыт “күөгэйэр күнүгэр” да сылдьыан сөп.

Алтыс кылааска Майаҕа үөрэммитим. Хаалтыстаах пионербын. Улаха кылаас оҕолоро табахтаан киирэ-киирэ  дуобаттаан хотторон кыһыйаллара. Биэнньэр сылдьан биирдэ оройуоммут оччотооҕу чулуу дуобатчыттарын кытта күрэхтэһиигэ кыттыыны ыллым. Онно Сүөдэр Баһылайабыс Куолаһабы алҕас кыайан улахан дуобатчыттар болҕомтолорун тартым. Онно, оҕонньорум кэнниттэн, дуоскабын көрбүтүм киһим комбинация бөҕөтүн толкуйдуу олорор эбит.  Онтон өйдөнөн хаамыыбын уларыппытым. Оҕонньотторум кэлин  “кэннибэр кэлэн тыыныма”  диэн боппуттара.

Алааһы наар биир өртүттэн көрдөххүнэ,  биирдэ эмэтэ мунаҥҥын атын сиринэн киирдэххинэ, алааскын билиэҥ суоҕа. Көстүүтэ уларыйар. Ол курдук дуобат дуоската бэйэҥ өртүгүттэн көстүүтэ биир,  утары өртүттэн көстүүтэ атын. Абстрактнай толкуй наада.

Устудьуоннуу сылдьан дуобатчыт быһыытынан сайдыбытым. Өрөспүүбүлүкэ 13 төгүллээх чөмпүйүөнэ Саввиов Николай Николаевич нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ дьарыктыыра. Дьиҥинэн, испитигэр уһулуччу талааннаах дуобатчыт устудьоуннар бааллара. Холобур, кэлин тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбит Роман Гаврильевич Дмитриев.  Оччотооҕуга, Ромалыын биир хоско олорон үөрэммиппит. Кини зоотехник идэтигэр үөрэммитэ. Сороҕор хоспутугар Рома дуобакка үһүөммүтүгэр сеанс биэрэрэ. Оронугар истиэнэ диэки хайыһан сытан көрбөккө оонньуура.  Соруйан албыннаан биир эмэ түгэх пешкатын ылан кэбиһэн баран оонньуурбут. Ону билэн хайаан да оннугар уурдарара.

Дуобаттыыр идэ билбэт дьоҥҥун кытта ыкса билсэргэр төрүөт буолар. Дубатчыт дуобатчыты кытта хаан-уруулуу кэриэтэ  доҕордуу сыһыаннаах. Ону икки түбэлтэ көрдөрбүтэ.

Аармыйаҕа сулууспалыы тиийдим. Арай үһүс сылын сулууспалыы хаалбыт дембеллэр биһиэхэ кыыһырыы бөҕөлөр. Төрүөтэ – биһиги ыҥырыы аҕыйах ахсааннаах буоламмыт кинилэр өссө сыл аҥаара сулууспалыыр буолбуттар. Ол гынан биир атамааннара дуобаттаан барыларын кыайан аптарытыатынан туһанар эбит. Арай биирдэ дуобаттыы олордохторуна аттыларыгар кэлэн көрөн турдум. Ону “…тугу мээнэ көрөҕүн молодой, дуобаттыыгын дуо?” – диэн буолла. Мин сэмэйдик: “Боруобаланыахха сөп”, – диэтим. Кыайтарбыт   биир курууска сиикэй ууну иһэр диэн буолла. Сөбүлэстим. Киирсэн кыайан кэбистим. Дембелгэ уу истэриэм дуо, саҥарбатым. Онтон ыла дембеллэр атамааннарын кытта атастыы буолан бэркэ сулууспалаабытым.

Иккис түбэлтэ. Үөрэҕим кэнниттэн Аллайыахаҕа веуправление начаалынньыгынан үлэлии бардым. Арай биирдэ урбачыйбыт уола-хаан, баһаарынай чаас тойоно кэлэн уонча пууннаах предписание суруйан барда. Толорботуҥ да, ботуччу ыстараабы ылаҕын диэн суоһурҕанна. Хайыахпыный, толорбута буоллум да, огнетушительбын сатаан саҥалыы саппараапкалаппатым. Саппараапкалыыр тэрилтэ суох. Арай баһаарынай чаас тойоно дуобатчыт эбитин биллим. Баһаарынай чааска тиийэн дуобаттыах диэн хаайдым. Киһим сөбүлэстэ. Онтон ыла доҕордуу буолан били предписаниебыт да умнууга хаалла.

Хоту үлэлээмэхтээн баран дойдубар кэллим.  Төҥүлүгэ “М.Горькай” сопхуоска бэтэринээринэн үлэҕэ ыллылар. Сопхуос салалтата дуобаты сэргиир этэ. Кылаабынай буҕаалтарбыт Митрофанов Петр Семенович дуобат диэн баран муннукка ытаабыт киһи. Инньэ гынан каассатыттан 25 солкуобайы, турнир оҥорор буоллубут да, ылан биэрэр. Оччотооҕуга,  бириискэ улахан харчы. Сеанс биэрэр этим. Дириэктэрбит Стрекаловскай Илья Иванович бэйэтэ кыттара. Ол сылдьан дириэктэри утары оонньуурбар сүбэлээн бары көмөлүүллэрэ. Кыайтардахпына, саат. Нэһиилэ кыайарым, күрэхтэһиигэ барар баҕаттан. Төҥүлүгэ тэрилтэлэри кэрийэ сылдьан дуобаты пропагандалаабытым. Суоттуулларыгар дуобат сорудаҕа биэрэрим. Маҥнай ыарырҕаппыттара. Кэлин дөбөҥнүк суоттуур буолбуттара.

Ол сылдьан Степанов Егор Егорович диэн зоотехник-осеменатор,  дуобатчыт киһини кытта билсибитим. Совхоз сэттэ отделениетын бэлисипиэдинэн кэрийэ сылдьан ынахтарын сиэмэлиирэ. Бу чааһыгар улахан исписэлиис. Биир маннык түбэлтэ буолбута. Төҥүлү бөһүөлэгэ улахан сиринэн тайаан сытар. Онтон сиэмэлиир пуун дэриэбинэ кытыытыгар баара. Биирдэ чааһынай киһи ынаҕын сиэмэлэтээри Егор Егоровичка пуунугар аҕалла. Дьөгүөр сиэмэлииргэ сөбүлэстэ эрээри, маҥнай ынах сиэмэни ыларыгар бэрибиэркэ оҥордо. Бэрчээккэлээх илиитин ынах орбоҕор уган баран төттөрү ылан муннун таарыйбакка, уган ылбыт тарбаҕын сытырҕалаан  көрдө. Уонна бакаа сиэмэлииртэн туттунарын эттэ. Ынах маатката эндометриттээх, эмтиэххэ наада диэн  буолла. Ириҥэ сыта кэлэр эбит. Онон билбит. Онтон да атын билэр ньымалардаах этэ. Оччолорго анал прибордар суохтара.

Аны оҕолорун эмиэ дуобакка такайар.  Солото суох буолан уолаттарын ороннорун үрдүгэр маҕаньыыттаах дуоскаҕа садаача оҥорон ыйаан кэбиһэр эбит. Оҕо хаһан баҕарар хараҕынан ол сорудаҕы көрө сылдьар. Санаата киирдэҕинэ, суоттуур. Бэрт ньыма. Оҕотун өйүгэр өй эбэ,  суох да буоллар дьарыктыы сырыттаҕа ол.

Аны оччолорго Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн дуобакка сурутан оонньооһун диэн баара. Дьөгүөр суруйсан атын уобалас дьонун кытта оонньуура. Ол оонньуура дьээбэлээх. Бастаан Сэбиэскэй Сойуус картатын булар. Онно оонньуур дьонун олорор сирдэригэр былаахтары ыйыыр. Аны оонньуур дьонун хаартыскаларын хайаан да ирдиир. Ону көрөн олорон дуобаттыырын астынар. Биирдэ ханнык эрэ уобаластан “Лысый” диэн араспаанньалаах киһини кытта оонньообута. Киһитин хаартыскаҕын ыыт диэбитигэр. Хойуу да хойуу хаастаах уһун баттахтаах нуучча эр бэрдэ буолан таҕыста.

Быраатым Савва дуобакка успуорт маастара. Оҕо сылдьан оонньуурун билбэппин. Оччолорго мин уонча сыл аҕа киһи аармыйанан, Дьокуускайынан, хотунан сырыттаҕым эбээт. Аҕабыт-ийэбит дьайыыта хайаан да баар буолуохтаах. Кострома куоракка үөрэнэ сылдьан сайдыбыта. Уобалас чөмпүйүөнэ, Россияҕа полуфиналга тиийбитэ. Ол аата, төрдүс миэстэни ыла сылдьыбыт. Бука, маастардары мас курдук ааһыталаан, гроссмейстердарга эрэ хотторбута буолуо. Кыахтаах киһи.

Кэлэн оройуоҥҥа дуобат сайдыытыгар элбэх оҕону эрчийбитэ. Аны, соҕуруу оҕолор күрэхтэһэ барар буоллулар да, Савваны ыыталлара. Модьу-таҕа көрүҥнээх эдэр киһи оҕолору атаҕастаппакка, аахсан, илдьэ сылдьыа диэн эрэнэллэрэ буолуо. Савва кимтэн да толлон турбат, балыйтарбат, кырдьыгын булар киһи. Онон, өрөспүүбүлүкэҕэ дуобат успуорда сайдыытыгар улахан үтүөлээх. Уолум Петя дуобакка успуорт маастарын хандьыдаата. Бэйэм эрчийбитим…”.

Болуодьа биир күөс быстыҥа дуобатчыт буолбут олоҕун түөрэ кэпсээтэ. Алта уонтан тахса сыл, чыычаах түннүгү туора көтөн аспытын курдук, элэкис гынан хаалла.

Аргуновтар оройуоммутугар, өрөспүүбүлүкэҕэ, Россияҕа, Аан дойдуга дуобат успуорда сайдыытыгар кырата суох кылааты киллэрбит ыаллар буолалларын итэҕэйдим.

Федот ХАРИТОНОВ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *