Амыдаев Николай Данилович туһунан

АЙАР ҮЛЭҤ АРЧЫЛАННЫН!

Бу күннэргэ саха народнай художнига Н.Д. Амыдаев быыстапкатын илдьэ төрөөбүт улууһугар кэллэ. Биһиги корреспондеммыт Николай Даниловиһы көрсөн, аҕыйах ыйытыыга эппиэттииригэр көрдөстө.

Амыдаев Николай Данилович.

–­­­­­­­­­­­ Николай Данилович, быйыл алта уон сааскын туолбут юбилейгынан эҕэрдэлиибин! Телевизорга көрдөрбүттэрин көрбүтүм, дойдугар, дьоҥҥор-сэргэҕэр төһө өр буолардыы кэллиҥ?

– Эҕэрдэҥ иһин баһыыба. Төрөөбүт дойдум Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата уонна культуратын управлениета ыҥырыы ыытаннар, дойдубар муостан оҥоһуктарым быыстапкатын дьоммор көрдөрө кэллим. Ыҥырбыттарын иһин салалтаҕа улаханнык махтанабын.

Бастаан төрөөбүт нэһилиэкпэр Боотулууга үлэлэрбин көрдөрүөм, муҥхаҕа сылдьыһыам. Төннөн киирэн иһэн оройуон киинигэр быыстапкабын туруоруом уонна чугас нэһилиэктэргэ кыах баар буоллаҕына тахса сылдьыам этэ. Түөрт уонча үлэни аҕаллым.

– Эһиги художниктар артист эбэтэр суруйааччы курдук дьоҥҥо тута кыайан биллибэккит, онон эн эдэр ыччакка ханна үөрэммиккин, бастакы учууталларыҥ кимнээхтэрин, эдэр сааскар ханна үлэлээбиккин билиһиннэрбэккин ээ.

– Мин 1941 сыллаахха Көтөрдөөх начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим, 1945 сылга бүтэрбитим. Бастакы учууталларым Бүлүү киһитэ Степан Макарович Прокопьев, Мария Ионовна Данилова буолаллар. Гаврил Данилович Боескоров, Игнатий Данилович Боескоров, Никита Данилович Григорьев эмиэ үөрэппиттэрэ. Боотулуу сэттэ кылаастаах оскуолатыгар икки сыл үөрэммитим. Үөһээ Бүлүүгэ киэһээҥи оскуолаҕа промартельга үлэлии-үлэлии үөрэммитим. Армияҕа Кытай сиригэр сулууспалаабытым. Якутскайдааҕы художественнай училищены 1965 сыллаахха бүтэрбитим. Училищеҕа скульптор уонна муосчут С.А.Егоров элбэххэ үөрэппитэ.

Боотулууга икки сыл үөрэнэн баран Көтөрдөөххө Киров колхозка үлэлээбитим. Убайбын Титов Василий Даниловиһы кытта хас да сайын устата Дүүрэҥдэ эбэбитигэр үрдүттэн от отууга хоно сылдьан декадаҕа кыттан, от охсон түөртүү төгүл субуруччу декадаҕа бастаан, арыынан бириэмийэ ыларбытын умнубаттык өйдүүбүн.

Боотулуу интернатын дьиэтин тутуутугар Маҥаас, Сургуулук, Боотулуу нэһилиэктэрин уус дьоно түмсэн хас да сыл үлэлээбиппитин эмиэ чугастааҕы курдук саныыбын. Боотулуу эдэр ыччаттара түмсэн сынньалаҥ пааркатын штакетнигынан төгүрүппүппүт, онно түспүт хаартыскабыт билигин да баар.

– Николай Данилович, эн муоһу таһынан ханнык матырыйаалларынан үлэлиигин?

– Муоһу таһынан көмүскэ, атын да металларга кутуу, тардыы ньыматынан үлэлиибин, ювелирбын диэххэ сөп. Тимиринэн уһанабын, бетонщик, каменщик да буолуохпун сөп. Арай үлэнэн дьарыктанар киһи элбэх идэни сатыыр буоллаҕына үлэтэ тахсыылаах буолар. Табаарыстарым: “Ньукулай 40 араас идэни сатыыр”, – диэн оонньуу-күлэ этээччилэр. Ол син оруннаах. Түгэн-тоҕоос көһүннэҕинэ балыктыырбын, бултуурбун сөбүлүүбүн. Онтум сүрүн дьарыкпар улахан туһалаах.

– Ити бетонщик, каменщик туһунан эттиҥ, эйигин монументальнай скульптураҕа эмиэ ылсыһар курдук истээччибин, ол туһунан кэпсээ эрэ.

– Үөһээ Бүлүүгэ сынньалаҥ пааркатын тэрийиигэ кыттыбытым, эскиһин оҥорбуппут. Геройдар аллеяларыгар Социалистическай Үлэ Геройдара Саввинов, Васильев, революционердар Исидор Барахов бюст-скульптураларын оҥортообутум.

Аҕа дойду сэриитигэр баран өлбүттэри үйэтитиигэ Ньурба пааркатыгар, Үөһээ Бүлүүгэ культура дьиэтин иннигэр саха саллаатын скульптуратын оҥорбутум. Якутскайга Марат болуоссатын скульптурнай ансамблын, Нерюнгри куоратыгар Доҕордоһуу сэргэтин скульптурнай ансамблын оҥорсубутум.

– Эн Якутскайдааҕы художественнай училищеҕа 1965 сылтан 1985 сылга диэри преподавателинэн үлэлээтиҥ, ол туһунан уонна үөрэппит оҕолоруҥ тустарынан кэпсии түспэккин ээ.

– Сүүрбэччэ сыл училищеҕа үөрэнээччилэргэ композицияны, пластическай анатомияны, муостан оҥорууга предметтэри үөрэттим. Мин үөрэнээччилэрбиттэн 14 киһи ССРС Худуоһунньуктарын союзтарын чилиэннэринэн буоллулар. Икки киһи Художественнай академияҕа аспирантураҕа үөрэнэ сылдьаллар, Мамонтов К.М. Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ диэн үрдүк ааты ылла. Үөрэппит оҕолорбуттан Худуоһунньуктар союзтарын чилиэннэрэ Мамонтов К.М., Марков И.И., Слепцов П., Пинигин Р., Петров Р.Н., Слепцов М.Н., Романов М.Г. о.д.а. саха искусствота сайдыытыгар тугу эмэ киллэриэхтэрэ диэн бүк эрэнэ саныыбын.

– Учуутал киһиэхэ мантан ордук наҕараада да суох курдук, учуутал үөрэппит оҕолорунан. Ол да буоллар манныгы ыйытабын. 1971 сылтан Худуоһунньуктар союзтарын чилиэнэҕин, 1990 сылга Саха Республикатын народнай худуоһунньуга үрдүк ааты ыллыҥ. Бүлүү өрүс сүнньүгэр итинник үрдүк аакка тиксибит худуоһунньуктартан соҕотоххун. Бу сүүрбэччэ сыллаах преподовательскай үлэҥ өссө хайдах сыаналанна?

– Преподавательскай үлэбэр “ССРС орто специальнай үөрэхтээһинин туйгуна” ааты ылбытым. “За трудовое отличие” медалынан наҕараадаламмытым. Манна даҕатан эттэххэ, Монголия уонна Кытай Народнай Республикаларын медалларынан наҕараадаламмытым.

– “Орто дойду” диэн Романов-Уот Хайардаан киинэтигэр эйигин уһуллубут курдук истибитим.

– Ити киинэҕэ миигин муосчут быһыытынан көрдөрөн уһулбуттара. Ити киинэ үс сериялаах, сотору телевизорга көрдөрөллөрө буолуо. Ону көрүөххүт.

– Николай Данилович, кэпсээниҥ иһин улахан баһыыба, эн айар үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын! Кэргэҥҥэр Прасковья Семёновнаҕа, оҕолоргор эҕэрдэбин ыытабын. Дойдуҥ дьонун-сэргэтин кытта дуоһуйа көрүс, сынньан! Күүс-уох ыл! Айар үйэҥ арчыланнын!

Селькор Егор СЕМЁНОВ кэпсэттэ.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат, 2 сирэй. 1993 сыл алтынньы 23 күнэ, субуота.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *