Адаровтар: Алемпиада Егоровна уонна Тимофей Семёнович

СЫРДЫК ӨЙДӨБҮЛ ХААЛЫАҔА

Верхоянскай оройуонугар элбэх сыл таһаарыылаахтык үлэлээбит ытыктабыллаах ыалы – Алемпиана Егоровна уонна Тимофей Семёнович Адаровтары дьон үчүгэй, үтүө эрэ өртүнэн билэллэрэ.

Тимофей Семёнович Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгиттэн төрүттээх, Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ, тыыл ветерана  советскай-партийнай үлэ, тыыл ветерана. Кини дьиҥнээх коммунист, Верхоянскай, Саккырыыр, Таатта, Орто Халыма оройуоннарыгар учууталынан, оскуола директорынан, совхозтар парткомнарын секретарынан, ССРС народнай депутата Петров Никифор Николаевич көмөлөһөөччүтүнэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Элбэх сылларга олохтоох Советтар депутаттарынан быыбарданара. Саха АССР Верховнай Советын Бочуотунай Грамотатынан, «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн уонна элбэх юбилейнай мэтээллэринэн, Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Үлэлээбит сирдэригэр ирдэбиллээх, принципиальнай салайааччы быһыытынан ытыктанара. Тимофей Семёнович өр сылларга олохтоох, республиканскай хаһыаттарга общественнай корреспондент буолан бэчээттэнэрэ.

Кэргэнэ Алемпиада Егоровналыын 60-тан тахса сыл дьоллоохтук олорбуттара, 4 кыргыттарын үөрэттэрэн, ыал оҥортоон 8 сиэн, 11 хос сиэн тапталлаах эһэтэ, эбэтэ буолбуттара. Ийэлэрэ Алемпиада Егоровна элбэх сыл оҕо иитиитигэр уонна райсоветтар секретардарынан үлэлээбитэ.

Ытыктабыллаах кэргэннииллэр ыарахан ыарыыттан утуу-субуу бу сиртэн барбыттарынан бииргэ үлэлээбит коллегабытыгар Людмила Тимофеевна Адароваҕа, кини дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.

Эһиги төрөппүттэргит туһунан сырдык өйдөбүл сүрэхпитигэр куруук хаалыаҕа.

“Дьааҥы чыпчаала” оройуоннаҕы В.З.Кириллина аатынан кыраайы үөрэтэр музей коллектива.

2021 с. алтынньы ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *