Ааспыт сыл ахсынньытыгар “Туймаадаҕа” хаһыат актыыбынай, общественнай корреспондена Уйбаан Буурсап “Хомуһуннаах хомусчуту өйүөххэ!” диэн төбөлөөх суруйуута тахсыбыта. Мин ол ыстатыйаны ис сүрэхпиттэн таттаранолорон, үөрэн-көтөн, олус биһирээн аахпытым. Уонна бэйэм сэҥээриибин хаһыат нөҥүө билиһиннэрэргэ холоннум.
Ыстатыйа ааптара Уйбаан Буурсап суруйарынан, аатырбыт “Алгыс” ансаамбыл тэриллэн аан дойдуга аатын ааттаппыта 60 сыла туолла. Итини көрсө Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбаан үтүөкэннээх кинигэтэ таҕыста. Аҥаардас аатын да ылан көрүҥ – “Куйаартан кутуллар дорҕооннор”.
Хомус барахсан уһун сылларга тимирэ-тимирэ күөрэйэн, умулла-умулла уһуктан билигин аан дойду шедеврин быһыытынан билиниллэн эрэллээх илиилэргэ тиксибит курдук. Итиннэ саамай үтүө өҥөлөөх Хомус Уйбаан буоларын Саха сиригэр бары билэллэр.

Мин Иван Егорович үтүөтүн, үлэтин эридьиэстии барбаппын, ону саха санаалаах барыта билэр. Саха сирин саамай үрдүк аатыгар тиксэргэ Иван Егорович толору бырааптаах. Үрдүк наҕарааданы, ааты-суолу иҥэрэргэ кытаанах ирдэбил баар дииллэр. Киниэхэ ити ирдэбилгэ эппиэттиир барыта баарын билэбин, туоһулуубун даҕаны: үрдүк аакка тиксэргэ “үктэл” диэххэ дуу, урут ылбыт бэлиэлэрэ, сэмэй наҕараадалара киниэхэ сөптөөх баар. Киһи быһыытынан көрөр буоллахтарына майгы мааныта, үрдүк култуура, үтүө санаа, дьоҥҥо-олоххо таптал баар. Патриот диир буоллахха киниттэн ордук дойдутун-дьонун таптыыры булуоҥ суоҕа, үлэһитин-дьулуурун туоһута – наука доктора, профессор, академик. Кини “Саха Республикатын бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк ааты сүгэр толору үтүөлээх дии саныыбын.Сахам сирин дьоно, мин этиибин өйөөҥ, иилэ хабыҥ эрэ. Бу этиибин өйөөҥ, оччоҕо хомуспут өссө эрчимириэ, дьикти-кэрэтыаһа дойдубут аатын кэҥэтиэ. Аан дойдуга айаатыа, кэнэҕэски кэлэр көлүөнэҕэ бэриллиэ, ааппытын өссө киэҥник ааттатыа, диэн Уйбаан Буурсап саамай сөпкө суруйар…
Мин бэйэм Иван Егорович Алексеевы-Хомус Уйбааны, аатын-суолун, үлэтин-сырыытын туһунан 1961 сылтан, кини оччолорго Саха госуниверситетыгар студенныыр кэмиттэн билэр, истэр этим. Ол туһунан ыстатыйа ааптара Уйбаан Буурсап кылгастык, сиһилии сырдатта. Онон хатылыы барбаппыт.
Бэйэм эмиэ оччолорго ыраах, хоту төрөөбүт-үөскээбит Усуйаанам улууһуттан кэлэн Дьокуускайга үөрэнэ сылдьарым. Эдэрбиттэн ылатасуруйар идэҕэ тэһэ кэйдэрэн, “Эдэр коммунист” хаһыакка сотору-сотору сылдьарым. Ол хаһыатым мэктиэлээн 1962 сыл сааһыары кыһын Республикатааҕы айар ыччат мунньаҕар кыттыбытым. Ол саҕана уостан түспэт “Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай” ырыа тылын суруйбут эдэркээн поэт Альберт Бүлүүйүскэй, биллиилээх мелодист, ырыаһыт Ольга Иванова буоламмыт семинарга сылдьыбыппыт.
Билигин И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан төһө даҕаны аҕыс уонун аастар өйө-санаата чэгиэн, дьонугар-сэргэтигэр өссө даҕаны үтүөнү-кэрэни, үйэлээҕи оҥорон хаалларар сырдык ыра санаалаах, дьиҥнээх саха саарына, киһи кэрэмэһэ.
Киһи тыыннааҕарүрдүк аакка-суолга тиксиэхтээх. Оннук дьолго тиксибэтэх барахсаттар ханна барыахтарай. Чэ, холобурга, 700-түү страницалаах, сэттэ туомнаах, научнай суолталаах кинигэни суруйбут улуу учуонай-топонимист Багдарыын Сүлбэ, биллиилээх советскай-партийнай, салайар үлэһит Максим Сибиряков да буоллуннар… Кинилэр кэмигэр өйөммөккө, үрдүк аакка-суолга тиксибэккэ бараахтаабыттара.
Российскай Федерация, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, хас даҕаны кинигэ ааптара, профессор Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбааны Саха Республикатын Бочуоттаах олохтооҕо аатын иҥэрэр туһунан Уйбаан Буурсап суруйуутун биир бэйэм ис дууһабыттан өйүүбүн.
Николай КҮНДҮЛҮН,
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ Суруналыыстарын,
Географическайобществотын чилиэнэ, Усуйаана оройуонун,
Хаһааччыйанэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
“Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына.
Хаартыскаҕа: Н.Күндүлүн, И.Алексеев-Хомус Уйбаан, Н.Максимов. Саха театра, 2013 с.
