Ийэ дьиэҕэ баарыгар
Иэримэ дьиэ иччилэнэр,
Иэдьэгэй кытта минньийэр,
Иэйиэхсит хотун үөрэр.
Ийэ дьиэҕэ баарыгар
Иилии кууһар үөрүү,
Итии-истиҥ сыһыантан
Илгийэр тула өттүҥ.
Ийэ дьиэҕэ баарыгар
Оҕо-аймах дьоллонор,
Остуол аһа хотойор
Дьол-соргу тосхойор.
Кэтии Лэчил. Сунтаар.
Ийэбит Пахомова (Токосова) Татьяна Макаровна 1931 с. тохсунньу 30 күнүгэр Өлүөхүмэ улууhун 1 Нөөрүктээйи нэhилиэгэр төрөөбүт. Онтон дьоно Сунтаар Тыhакыыhыгар көһөн кэлбиттэр. Кэнники оҕолор бары Тыhакыыска төрөөбүттэр. Бииргэ төрөөбүттэр алтыалар этэ. Биhиги ийэбит саамай улаханнара: Татьяна, Мария, Валерия, Саргылана, Мотрена уонна бырааттара Александр. Билигин 3 кыыс бааллар.

Ийэбит кыра сааһыттан оҕо звенотугар үлэлээбит, онтон ыанньыксыттаабыт. 1950 сыллаахха Пахомов Григорий Николаевичтыын ыал буолбуттар. 1951 сыллаахха кыыс оҕоломмуттар, иккис оҕотун ыарахан сырыттаҕына кэргэнин “бурдугу уордуҥ” диэн балыйан хаайыыга ыыппыттар.
1954 сыллаахха иккиһин биһиги аҕабытыгар Пахомов Петр Даниловичка кэргэн тахсан сэттэ оҕону төрөппүттэрэ. 1964 сылтан пенсияҕа тахсыар диэри оскуолаҕа муоста сууйааччынан үлэлээбитэ. Биhиги ийэбит 2003 сыллаахха Эдьигээҥҥэ кыыhыгар Парасковьяҕа олорон өлбүтэ.
Ийэбит сүрдээх сытыы-хотуу, ханнык да үлэттэн чаҕыйан турбат туруу үлэhит этэ. Эдэригэр ыанньыксыттаан баран кэнники оскуолаҕа остуорастаабыта. Эдэр сылдьан кулуупка пьесаҕа оонньуура, общественнай үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттара. Ынах, сибиинньэ, куурусса ииттэн дьиэ кэргэнин иитэрэ. Кыhынын сүөһү өлөрүүтүгэр ис ырытан нуорма өлүүтүн ылара. Оччоҕуна биһиги бары остуол тула туран ис кырбаан биирдии буһарыынан тоҥортоон кыhыҥҥыга хаhаанарбыт. Сайынын сарсыарда эрдэ туран ынахтарын хомуйа таарыйа тэллэйдээн кэлэрэ. Түүнүн оҕолоро утуйбуттарын кэннэ таҥас абырахтыыра, үтүлүк, этэрбэс тигэрэ. Хаһан утуйан-туран сылдьарын туох билиэй?

Дьиэ үлэтигэр аҕабыт үлэтинэн сибээстээн улахан сыhыана суоҕа, барытын ийэбит быhаарара. Ийэбит наhаа кэhиимсэх этэ. Аҕабыт бултаан кэллэҕинэ чугастааҕы ыалларыгар хайаан да бэрсэрэ. Сунтаарга кэлэр-барар киhинэн хотунугар, балтыгар хайаан да кэhии ыыталыыра.

Кэргэннии Пахомовтар: Татьяна Макаровна, Петр Данилович.

Биһиги дьиэ кэргэн 1977 с.
Ахтыыны суруйдулар
Татьяна уонна Петр Пахомовтар оҕолоро.
* * *
Мин эдьиэй Таанньам
Пахомова (Токосова) Татьяна Макаровна орто балта Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, “Сунтаар улууһун сайдыытыгар сүдү кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката, элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ Егорова Валерия Макаровна ахтыыта.

– Биһиги алта бииргэ төрөөбүттэртэн эдьиэй Таанньа улахан эдьиийбит. Төрөппүттэрбит холбоон уон түөртэ оҕоломмуттар. Биһиги дьоммутугар уол оҕо турбат ыала курдук кэпсэтэллэр этэ, дьон. Мин икки улахан эдьиийдэрбиттэн ордук эдьиий Таанньалыын тапсар этибит. Эдьиийим оҕо сылдьан олус сытыы, оҕуһу туора миинэн баран абааһы кыыһын тойугун туойан биһигини куттаталыыр этэ. Кини от үлэтиттэн иһэрин ыраахтан билэр этибит. Мин кыра сылдьан сайын аайы эдьиий Танньаҕа Уһун Күөлгэ Тыһакыыс диэн кыра сүөһү көрөр аҕыйах ыаллаах сиргэ баран сайылыырым. “Куба уйата” диэн сайылыкка сайылыыр этибит. Эдьиийим онно ыанньыксыттыыр этэ. Онно олорон эдьиийбин кытта күһүн кус оҕолуур этибит. Туппут куһун оҕолорун миигин батыһыннара сылдьан ырбаахым тэллэҕэр угара. Ол курдук биирдэ эмиэ идэбитинэн кус оҕолуу бардыбыт. Эмискэ ырбаахым тэллэҕэр баар кустартан биир кус оҕото көтөн тахсыбытыгар, мин соһуйан сарылыы түһэн баран баар кустарым оҕолорун барытын ууга ыһан кэбистим. Уонна ол кэнниттэн кус оҕолообот буолбутум…
Эдьиийбиттэн биирдэ да мөҕүллүбүппүн өйдөөбөппүн. Кини олус үлэһит, турбут-олорбут сытыы дьахтар этэ. Мин кыра эрдэхпинэ эдьиийим икки кыра кыыстааҕа – Валя уонна Рита. Онтон иккис кэргэнэ Пахомов Петр Данилович диэн булчут, сылгыһыт киһиэхэ кэргэн тахсан сэттэ оҕоломмуттара. Күтүөм Бүөтүр чулуу сылгыһыт аатын ылан массыына фондатынан наҕараадаламмыта. Эдьиэй кэнники да миэхэ көмөтө олус улахан. Ол курдук кэргэним, оҕолорум атахтарын таҥаһын, үтүлүктэрин, бэргэһэлэрин тигэн абырыыр этэ.
Эдьиийим олус үөрүнньэҥ, ыалдьытымсах, кэлбит ыалдьыты кэһиилээх ыытарын наһаа астынара. Сүөһү, куурусса, сибиинньэ тутар этилэр. Элбэх оҕолоох ыал буолан остуол куруук толору астаах-үөллээх, баай-талым олохтоох этилэр. Ол биллэн турар, элбэх сыранан ситиһиллэрэ. Күтүөм Петр Данилович булчут буолан сыбаайбабар кыһыл саһыл бэлэхтээбитэ. Ол саҕана түүлээх көстүбэт кэмэ этэ. Ол курдук, бастакы киис бэргэһэ диэни эмиэ күтүөм кэтэппитэ. Эдьиэй иистэнньэҥ буолан булчут, сылгыһыт оҕонньорун таҥаһын олус кичэллээхтик имитэн, тигэн таҥыннарара. Күтүөбүттэн бултуу-алтыы сырыттаҕына атын булчуттар ыйытар эбиттэр “тоҥус ойохтооххун дуо?” диэн. Эдьиэй күһүҥҥү идэһэтин бэйэтэ өлөрөн-сүлэн, астаан-үөллээн кээһэр этэ. Дьиэтин быыһын, муостатын бэйэтэ саайара.
Эдьиийдээх күтүөтүм үтүө да дьон төрөөн-үөскээн ааспыт эбиттэр. Оҕолоро бары үөрэхтэнэн, ыал ийэтэ-аҕата, эбээтэ-эһээтэ буолан быр-бааччы, үгүстэрэ куоракка олороллор. Ийэ, аҕа ууһа салҕанан эдьиийдээх күтүөтүм элбэх сиэннэннилэр, хос сиэннэннилэр.
Балтыта Егорова Валерия Макаровна.
