Чурапчы орто оскуолатын 150 сылын бэлиэтээһин

Ханнык баҕарар киhиэхэ оскуолаҕа үөрэммит сыллара умнуллубат, олоҕун саамай кэрэ-бэлиэ кэмнэрэ буолаллар.

150 сыл анараа өртүгэр муус устар 4 күнүгэр Чурапчыга биир кылаастаах начальнай оскуола аһыллыбыта. Ол түгэни бэлиэтээн 2022 сыл ахсынньы 2-3 күннэригэр саха маҥнайгы лингвист учуонайа Семен Андреевич Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 150 сылын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтилэр. Икки күн устата оскуола кэллэктиибэ аһаҕас уруоктары, маастар кылаастары, эбии үөрэхтээһин дьарыктарын көрдөрдүлэр.

Маҥнайгы күн Н.И.Дьячковскай “Чурапчы үрдүк аатын түһэн биэрбэтэхпит”, И.С.Соловьева “Чурапчы улууһун учууталлара. Соловьева М.Д. “ уонна “Ахтабын-саныыбын үөрэммит оскуолабын” диэн бу оскуоланы бүтэрбиттэр ахтыыларыттан хомуллан бэчээттэммит кинигэлэр биһирэмнэрэ улуус дьаһалтатын дьиэтигэр буолла. “Школа мечты” диэн киинэ көрдөрүүтэ Айылгы кулуубугар сүрэхтэннэ.

Ырытыһыы кинигэлэргэ, киинэҕэ киллэриллибит, араас кэмнэргэ үлэлээн ааспыт дьону кытта сэргэхтик ааста. Кинигэни салааларынан оскуола урукку-билиҥҥи учууталлара, бэтэрээннэр сиһилии ырыттылар. Бу дьаһаллар олус тэрээһиннээхтик ыытылыннылар.

Иккис күн оскуоланы тус-туһунан сылларга бүтэрбит араас көлүөнэ дьон үөрэ-көтө муһуннулар. Сарсыардаттан оскуолаҕа кэлбит ыалдьыттары регистрациялааһын ыытыллан, бэрт үгүс араас кэмҥэ оскуоланы бүтэрбиттэр, үлэлии сылдьыбыт ыалдьыттар ыраахтан-чугастан кэлбиттэр. Олор истэригэр Москуба куораттан тыһыынча тахса килэмиэтири айаннаан төрөөбүт оскуолаларын, учууталларын, бииргэ үөрэммиттэрин эҕэрдэлии кэлбиттэр да элбэхтэр.

Биһиги көлүөнэ үөрэнээччилэри үөрэппит бэтэрээн, билигин үлэлии сылдьар учууталлар бырааһынньыктыы оҥостон, долгуйа үөрэн үөрэнээччилэрин, үөлээннээхтэрин кытта күө-дьаа кэпсэтэ, сүргэлэрэ көтөҕүллэн сылдьаллара хас биирдии киһи дууһатын үөрүүнэн толордо. Кэлбит ыалдьыттар салгыы кылаастарынан тарҕаһан, араас уруоктарга үөрэнэн, кылаас чааһыгар сылдьан, оҕо саастарыгар түһэн ыллылар. Кылаастарга, көрүдүөргэ үөрэммит оҕолор выпускниктар,үлэлээбит учууталлар хаартыскаларын галереята, араас хайысханан быыстапкалар тэриллибиттэр. Манна ким туохха дьоҕурдааҕынан: уруһуйдарын, иистэрин, мастан оҥоһуктарын арааһын түмпүттэрэ, кинигэлэри аҕалбыттара болҕомтону олус тарта. Ону көрө сылдьан урут манна бииргэ үөрэммит, үлэлээбит үөлээннээхтэрбин, бииргэ оҕо сааспын атаарбыт доҕотторбун көрсөн дуоһуйа кэпсэттим.

Биһиги бииргэ үөрэнэн бүтэрбиттэр оскуола 10 “б” кылаас ыытар кылааһын чааһыгар ыҥырыллан сырыттыбыт. Оҕолор сүрдээҕин тэриммиттэр. Ол курдук биир уруок устата ыытыллар кылаас чааһыгар ахсаан, нуучча, саха тыллара курдук уустук предметтэргэ үөрэннибит. Ол онно баар боппуруостарга эппиэттиибит диэн икки тус-туһунан судаарыстыба систиэмэтигэр үөрэммит үөрэнээччилэр, бэйэбит да билбэппитинэн урукку уонна аныгы көлүөнэ үөрэнээччилэрэ туох уратылаахпытыгар-атыннаахпытыгар санаа атастаһыытыгар, бэйэ-бэйэни билиһиннэриигэ кубулуйда. Онтукабыт олус истиҥ кэпсэтии буолан таҕыста.

Биһиги төрөөбүт дойдубут – Сэбиэскэй Сойуус, оскуолаҕа үөрэммит кэммит – ХХ үйэ 60-70-с сыллара. Хомуньуустар партияларынан салайтаран, кини ыччаты түмэр аналаах октябренок, пионер, комсомол кэккэлэригэр киирэн, дойдубутугар-норуоппутугар бэриниилээх буоларга иитиллибиппит. Бар дьону сомоҕолуур үтүө санаалаах, тыыннаах улаатан, коммунизмы тутар бигэ эрэллээх олорбуппут диэн биһиги көлүөнэ дьон сүрүн өйдөбүлүн оҕолорго тиэрдэ сатаатыбыт.

Күндү, чахчы да чулуу учууталларбыт биһиэхэ үөрэххэ интэриэһи үөскэтээри уонна билии үрдүк таһымын тутаары бары күүстэрин биэрэллэрэ. Биһиги көлүөнэ үөрэнээччилэри үөрэппит учууталлар коллектива сүрүннээн оччотооҕу сайдыылаах саха интеллигенциятын дьоно этилэр. Ону тэҥэ Россия уобаластарыттан киин үрдүкү үөрэх тэрилтэлэрин бүтэрбит учууталлар ананан кэлэллэрэ.

Барҕа махтал бары учууталларбытыгар! Чуолаан биһиги бастакы учууталларбытыгар – Татьяна Васильевна Бурхаеваҕа, Мотрена Петровна Эверстоваҕа, Любовь Григорьевна Поповаҕа.

Хаһан да умнуохпут суоҕа кылаастарбыт салайааччыларын, үөрэххэ-олоххо бастыҥ такайааччыларбытын Валентина Ивановна Сивцеваны, Василий Семенович Яковлев-Даланы, Клара Пименовна Поливкинаны.

Биһиги манна үөрэнэр кэммитигэр эти-сиини сайыннарар үлэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллара, элбэх спортивнай секциялар – көҥүл тустууга, чэпчэки атлетикаҕа, хайыһарга, баскетболга, волейболга, остуол тенниһигэр, бэл спортивнай гимнастикаҕа үлэлиирэ. Ол курдук уһулуччу өйдөбүлү хаалларбыт физкультура учууталларынан уонна спортивнай тренердэринэн Коркин Дмитрий Петрович, Захаров Василий Петрович, Ефремов Иван Иванович буолаллар.

Оскуоланы 1971 сыллаахха бүтэрбит 18 выпуск оҕолортон араас идэлээх, дьоңңо-сэргэҕэ дириңник ытыктанар, киhи холобур туттар дьоно үгүстэр.

Биһиги выпуск киэн туттар, уһулуччу киһибитинэн буолар Борисов Егор Афанасьевич, сэбиэскэй уоннаРоссия судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэлэ, 2003-2010 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын Бэрэссээдэтэлэ, 2010-2014 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрисидиэнэ, 2014-2018 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана, билигин – Российскай Федерация сенатора. Кини биһигиттэн соҕотоҕун учуонай истиэпэннээх – экэнэмиичэскэй наука доктора. Россияттан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн үгүс наҕараадалардаах.

Оскуоланы бүтэрээт, биһиги бары – 45 киһи салгыы үрдүкү уонна анал орто үөрэх эрилтэлэригэр, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Новосибирскай, Омскай, Томскай, Кемерово, Хабаровскай, Владивосток, Магадан, Ленинград куораттарыгар үөрэммиппит. Ол курдук үрдүк үөрэҕи 26, анал орто үөрэҕи 19 киһи бүтэрбитэ.

Киһи биирдэ бэриллэр олоҕор талан ылбыт таптыыр идэтэ үйэтин тухары сырдыкка сирдиир, тыын угар, олоҕун уһатар үрдүк анала буолар. Үлэлэрин бүттүүн 11 киһи үөрэх салаатыгар, 7 киһи медицинаҕа анаабыттара, 6 киһи инженеринэн, 2 – култуура эйгэтигэр, 4 киһи промышленноска, 2 киһи госсулууспаҕа, 15 киһи – норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар (суоппардар, суол үлэһиттэрэ, тутааччылар, экэнэмиис, буҕаалтар уо.д.а.) өр сыллар усталарыгар бэриниилээхтик үлэлээбиппит уонна бары үлэ бэтэрээннэрэбит. Биһиги испититтэн үгүс киһи араас таһымнаах, Россияттан уонна Саха Бырабыыталыстыбаларын уонна тэрилтэлэр ааттарыттан наҕараадаламмыттара, туоһу бэлиэлэри ылбыттара.

Эбиэттэн киэһэ оскуола үөрэнээччилэрин, коллективын күүһүнэн ыытыллыбыт өрө күүрүүлээх линейкатыгар биһиги оскуола 18 биир сылга бүтэрбит үөрэнээччилэрэ бары биир киһи курдук кэлэн долгуйан туран кытынныбыт.

Линейка РФ, СР государственнай, итиэннэ оскуола гимнин улахан коллектив өрө көтөҕүллүүлээхтик толоруутунан саҕаланна.“Россия уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ” Т.В.Пестерева салайар “Умсулҕан” бөлөҕө “Үбүлүөйгүнэн, тапталлаах оскуолам!” дьүһүйүүнү долгутуулаахтык аахтылар.

Ыҥырыылаах ыалдьыттар: “Чурапчы улууһа” МТ баһылыга С.А.Саргыдаев, улуус депутаттарын мунньаҕын председателэ А.А.Захаров, улуус үөрэҕин салаатын начальнига Ю.П.Посельскай, “Чурапчы нэһилиэгэ” МТ баһылыга В.Д.Сивцев истиҥ-иһирэх эҕэрдэлэрин тиэртилэр, таһаарыылаах үлэлээх педагогтарга наҕараадалары туттардылар. Үөрэхтээһин тиһигэр өр сыллаах таһаарыылаах үлэлэрин иһин “СР үөрэҕириитин туйгуна” бэлиэнэн дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Е.А.Захарова, дириэктэри научнай үлэҕэ солбуйааччы Л.Д.Пермякова, алын сүһүөх оскуола учуутала К.А.Неустроева; СР үлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа министерство Махтал суругунан физкультура учуутала В.Н.Кривошапкин наҕараадаланнылар. СР үөрэҕириитин Министерствотын Махтал суругунан Бүтүн Россиятааҕы “Физическэй культура” олимпиадатын призерун бэлэмнээбит П.Д.Собакин, В.В.Степанов бэлиэтэннилэр. Алын сүһүөх оскуола учуутала Т.Д.Барашкова “Чурапчы нэһилиэгэ” МТ баһылыгын Бочуотунай грамотатынан уонна өйдөбүнньүк чаһытынан наҕараадаланна.

Чурапчы улууһун үөрэҕин салаатын Бочуотунай грамотатынан оскуола гигиенаҕа инструктора М.Т.Оконешникова, дьиэҕэ үөрэтии педагога А.А.Алексеева, оскуола историяҕа учуутала Л.П.Илларионова наҕараадаланнылар.

Үбүлүөй үөрүүлээх күнүнэн ситиһиилээх үөрэнээччилэргэ “Оскуола 150-сыллаах үбүлүөйдээх бэлиэтэ” туттарыллынна: Бүтүн Россиятааҕы государственнай олимпиада “Физическэй культура” предметигэр ситиһиилэммит 11 гум.кылаас үөрэнээччитэ Попова Сахаяҕа, “Педагогика уонна психология” хайысхаҕа 9 мат. кылаастан Попова Еваҕа; Бүтүн Россиятааҕы “Мемориал Асташкина” ГО оонньууга ситиһиилээх 11 мат. кылаастан Саввин Ваняҕа; Бүтүн Россиятааҕы ”Победа” военно-патриотическай оонньууга ситиһиилэрин иһин 11 гум. кылаастан Далбаев Анатолий; Бүтүн Россиятааҕы “Ларионовскай ааҕыы” аһаҕас НПК лаурета ҕ кылаастан Макаров Айтал; Бүтүн Россиятааҕы “Ларионовскай ааҕыы” аһаҕас НПК-ҕа уонна Вернадскай аатынан Бүтүн Россиятааҕы чинчийэр үлэ конкурсугар ситиһиилэрин иһин 8 гум. кылаастан Попов Альбертка, 6 г кылаастан Гоголева Тоняҕа; Лобачевскай аатынан Бүтүн Россиятааҕы НПК-ҕа ситиһиилэрин иһин 8 тех.кылаастан Павлова Мичийэҕэ; Бүтүн Россиятааҕы “Ларионовскай ааҕыы” аһаҕас НПК-ҕа ситиһиилэрин иһин 8-I гум. кылаастан Спиридонов Никитаҕа, 8-II гум. кылаастан Кононова Санаайаҕа; Бүтүн Россиятааҕы РФ Үтүөлээх пилота П.А.Аткнин аатынан көҥүл тустууга чемпиона 8 тех. кылаастан Егоров Арылханҥа; Бүтүн Россиятааҕы ”Кубок у моря” тустуу турнирын үһүс призера 7 б кылаастан Элясов Никитаҕа . “ЮНАРМИЯ” Бүтүн Россиятааҕы оҕо хамсааһынын “Юнармейская доблесть” III ст. бэлиэтэ 11 гум.кылаас үөрэнээччитигэр Далбаев Анатолийга туттарылынна.

Үөрүүлээх чаас минньигэс тордунан күндүлээһининэн түмүктэннэ.

Элбэх ыччаты кэрэҕэ уhуйбут, олох киэҥ аартыгар көтүппүт тапталлаах оскуолабыт үүнэ-сайда, чэчирии тур, үтүө аатыҥ үйэлэри уҥуордаан үтүө тылынан ааттана туруохтун!

Манна эбии бииргэ үөрэммит кыыһым Света этиитигэр кыттыһабын оскуола оҕотун ,кэллэктиибин барыларын биир сомоҕо оҥорон ыллатыы –улахан кыайыы! Тыһыынчаттан тахса оҕо, учуутал 3 гимни, оскуоларын туһунан ырыаны биир киһи курдук ыллаатылар. Маннык элбэх киһилээх хору чурапчылар эрэ кыайа-хото туталлар уонна үгэскэ кубулуттулар. Олус диэн долгуйдум. Улаханнык астынным. Киэн тутуннум.

Өрөгөйдөөх түмүк тэрээһин – оскуола юбилейыгар туһаайыллыбыт өрө күүрүүлээх мунньах, көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ. Бу түһүмэххэ Саха сирин үрдүкү былааһын бэрэстэбиитэллэрэ, оройуон салалтата, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бары сыллар выпускниктара күргүөмүнэн кэллилэр. Оскуола үөрэнэр кабинеттарын, библиотекатын, материальнай-техническэй базатын хаҥатыыга боччум бэлэхтээх кэлэн үөртүлэр.

Бу түгэни Чурапчы улууһун Саҥа олох хаһыатын 03.12.2022 күнүнээҕи бэчээттэммит матырыйаалыттан ылан сыһыарабыт.

Ахсынньы 2-3 күннэригэр Саха бастакы лингвист-учуонайа Семен Андреевич Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 1ҕ0 сылын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтилэр. Икки күн устата оскуола кэлэктиибэ үлэлэрин хайысхаларынан аһаҕас уруоктары, маастар кылаастары, эбии үөрэхтээһин дьарыктарын көрдөрдүлэр. Бүгүн көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ итиэннэ “Айылгы” НАДь-гэр тэрээһин үөрүүлээх чааһа буолла.

Бастакынан киирии дакылааты оскуола дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Надежда Уарова оҥордо. Салгыы эҕэрдэ тылы РФ сенатора, Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын Бочуоттаах выпускнига Егор Борисов, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, СӨ наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ миниистирин солбуйааччы Владимир Тихонов, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаров, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Посельскай, Саха АССР үтүөлээх учуутала Виталий Неустроев, РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ Елена Монастырева эттилэр.

Долгутуулаах чааска СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан, Чурапчы улууһун, СӨ үөрэҕириитин сайдыытыгар тус кылаатын, өр кэмнээх, үтүө суобастаах үлэтин иһин “Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала” бочуоттаах аат история уонна обществознание учууталыгар Люция Павловна Илларионоваҕа иҥэрилиннэ. Эмиэ итинник ис хоһоонноох “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн физическэй култуура учуутала Владислав Николаевич Кривошапкин наҕараадаланна.

СӨ Ил Дарханын Бочуотунай грамотатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Сардана Еремеева, дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччы Петр Дьячковскай туттулар.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын махтал суруга нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Надежда Захароваҕа, оскуола үлэһитэ Роман Кожуровка туттарылынна.

Чурапчы улууһун дьокутааттарын быһаарыытынан улууска үөрэхтээһин сайдыытыгар тус кылаатын, өр кэмнээх үтүө суобастаах үлэтин иһин “Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо” аат, улуус үөрэҕин управлениетын мониторинг уонна үөрэх хаачыстыбатын хонтуруоллуур отдел исписэлииһэ Прасковья Николаевна Посельскаяҕа иҥэрилиннэ.

Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин “СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна” бэлиэнэн оскуола гигиенаҕа инструктора Мария Оконешникова наҕараадаланна.

Оскуола кэлэктиибигэр анааннар улуус Аҕа баһылыга Степан Саргыдаев уонна нэһилиэк баһылыга Владимир Сивцев, 200 уонна 150 тыһ. суумалаах сэртэпикээттэри туттардылар.

Бу кэнниттэн бары көлүөнэ выпускниктар, үлэдээбит учууталлар, завучтар, директордар тус-туһунан бөлөх буолан тахсан үөрэммит оскуолалара саҥаттан саҥа хамсааһыннары олоххо киллэрэн, өссө элбэх ситиһиилэринэн кынаттанан сайда турарыгар баҕардылар. Биһиги выпуск аатыттан үс функциялаах (принтер, копир, скан) тэрили оскуола учительскайыгар диэн ааттаан туттардыбыт. Бу дьаһаллар олус тэрээһиннээхтик, хас биирдии ыытыллыбыт мероприятиелар олус чуолкайдык толкуйдаммыт сценарийдарынан туох да дьиэгэ суох ыытыллан бары кэлбит ыалдьыттар үөрэммит оскуолаларын коллективыгар, үөрэнээччилэригэр уонна төрөппүттэригэр, улуус салалтатыгар олус махтанан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.

Бииргэ үөрэммиттэр “Дьоро киэһэбит” Софроновтар дьиэ кэргэттэрин дьиэлэригэр тэрилиннэ. Кийииттэрбит барахсаттар сылаас сыһыаннара, минньигэс астара туохха да тэҥнэммэт. Сирэй көрсөн олорон уруккуну-хойуккуну ахтыһан, хаһан да күлбэтэхпитин күлэн-үөрэн, ырыа ыллаан, үҥкүүлээн араҕыстыбыт. Дуоһуйа сынньанныбыт. Манна сүрүннээн Софроновтар, Наумовтар, Кузьминнар, Толстоуховтар дьиэ кэргэттэриттэн уонна Чурапчыга олохтоох кыргыттартан турар “Айан” диэн бөлөх баарын ахтан ааһар тоҕоостоох. Бу оҕолор (сэттэ уоммут буоллар даҕаны) түгэн көһүннэ даҕаны массыыналарын уруулларын тустаах сирдэрин диэки туттулар да айанныы тураллар. Ол курдук Саха сирин киин, Бүлүү, Хоту, соҕуруу оройуоннарынан, Магаданынан — Хабаровскайынан — Владивостогунан, Бурятиянан — Монголиянан уонна Орто Азиянан (Киргизия, Узбекистан, Казахстан) устун сырыттылар. Онтон отонноон, балыктаан, кустаан, бултаан кэлиилэрэ илиилэрин иһигэр.

Кэм-кэрдии ааһара киһи дьиктиргиэн курдук түргэн… Арай биһиги көрсөр-мустар күммүт уларыйбат – тохсунньу 3 күнэ уонна мэлдьи баар, сүрэхпитигэр букатыннаахтык уйаламмыт күндү дойдубут – Чурапчыбыт барахсан!

Афанасий РОМАНОВ — Бабаҕа Баатыр, Российскай Федерация орто анал үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ.

2022 сыл, ахсынньы ый.

 

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *