Российскай Федерацияҕа Учуутал уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылынан биллэриллибитинэн, Өҥөлдьө нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, орто оскуола директора Павлов Дмитрий Иванович төрөөбүтэ 100 сылынан сибээстээн, оройуоҥҥа оскуола директордарын күрэҕин көрсө.
Өҥөлдьө Ньурба оройуонун биир кытыы кыра дэриэбинэлэриттэн биирдэстэрэ. Тула өттө сыыр, сыырбыт үрдүгэр солообот харыйа ойуур, онон урукку тыымпы күөл оннугар үөскээбит дэриэбинэҕэ 200һү кыайар-кыайбат ыал төбүрүөннээн олохсуйбут.
Кочнев Пантелеймон Иннокентьевич, олохсуйа кэлэн, оҕолору мунньан, Федоров Никииппэр уонна Иванов Андрей Саввич дьиэлэригэр үөрэтэн барбыт. Оҕолор үөрэххэ, билиигэ-көрүүгэ тардыһар баҕалаахтарын көрөн, үөрэтэн, 1931 сыллаахха оскуола дьиэтин тутары ситиспит. Егоров Михаил (Чыычаахтыыр), Иванов Федот (Томтой), Плотников Николай (Ньамыр) эт илиилэринэн кэрдэн, тиэйэн-таһан, көтөҕөн, оскуоланы үс сылынан бүтэрбиттэр.
1928 с. – Өҥөлдьөҕө алын сүһүөх оскуола аһыллыбыта.
1938 с. – оскуола сэттэ кылаастаах буолар.
1962 с. – аҕыс кылаастаахха уларыйар.
1988 с. – орто оскуола аһыллар.
1992 с. – таас оскуола сыбаайаларын кулун тутар 21 күнүгэр түһэрии.
2002 с. – от ыйын 7 күнүгэр саҥа таас оскуола тутуута саҕаланар.
2004 с. – балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуола үлэҕэ киирэр.
2004 с. — оскуолаҕа Ньурба улууһун Бочуоттаах гражданина, Аҕа дойду уоттаах сэриитин кыттыылааҕа, «Кыһыл Сулус» орден кавалера, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, өр сылларга оскуола директорынан үлэлээбит Дмитрий Иванович Павлов аата иҥэриллибитэ.
2007 с. – оскуолаҕа киириэн иннинээҕи бөлөхтөөх оскуола диэнинэн үлэлии олорор.
2022 с. – малокомплектнай оскуолалар бөлөхтөрүгэр киириибит.

Директорынан араас сылларга Кочнев П.И., Буслаев Н.Г,, Винокуров С.Е., Тарасов Д.С., Иванов П.С., Софронов Ф.Г., Егоров М.С., Мартынов А.В., Санников А.Н., Акимов Г.Т., Товаров А.И., Степанова М.И., Филиппов Т.П., Иванов И.С., Степанов К.А., Федоров Е.А., Егоров Н.П., Лыткин Н.Н., Иванов С.А., Максимов А.Г., Павлов Д.И., Павлова Л.И., Александров Д.К., Павлова Л.М., Павлов А.Н. үлэлээбиттэрэ. Билигин эдэр талааннаах Васильев Сергей Викторович таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар.
Биһиги оскуолабыт араас кэмнэргэ үөрэнэн бүтэрбит выпускниктарбытыттан үлэ араас хайысхатыгар ааттара ааттанар Үтүөкэн үлэһиттэр өрөспүүбүлүкэ араас сиригэр үлэлээн-хамсаан ааспыттара, ааттарын ааттаппыттара. Ол курдук тыа сириттэн үөрэнэн тахсан, үлэһит буолан, РСФСРга Социалистическай Үлэ Геройа буолбут Михаил Федорович Алексеев, Ленин уонна Үлэ Кыһыл Знамята орденнар кавалердара Прокопьев Н.И., РСФСР Үтүөлээх экономиһа Федоров Н.В., Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалердара Васильев Н.Н., Лыткин Н.Н., Саввинова М.Д., РСФСР уонна Саха АССР Үтүөлээх учуутал Лыткина А.А., Саха АССР Үтүөлээх учууталлара Иннокентьев Н.Н., Павлов М.И., Павлов Д.И., Россия үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар Учууталлара Павлова Л.М., «Бочуот Знага» бэлиэ хаһаайыннара Лыткин Н.Н., Николаева М.Г., Николаев П.В., Николаев А.В., тыа хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһиттэрэ Федоров И.Н., Степанов Г.Н., Саввинов Г.П, .Николаев С.И., Степанова В.И.. Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ, 40-тан тахсалыы сыл учууталлаабыт бырааттыы Дмитрий Иванович уонна Михаил Иванович Павловтар албан ааттара оскуола эркинигэр сүппэт өйдөбүл буолан суруллан тураллар, кинилэр ааттарын, үлэлэрин-олохторун кэлэр ыччат дьоммутугар кэпсиибит, киэн туттабыт. Учуутал, поэт, фронтовик Алексей Афанасьевич Софронов аата дэриэбинэ уулуссатыгар иҥэриллибитэ. Бары бу оскуолаттан кынат үүннэрэн үөһэ көппүт оскуола выпускниктара.

Ытык киһи төрөөбүт-үөскээбит, үөрэммит оскуолатын үлэтинэн оройуон киэн туттуон туттар. Барыга инники буоларга дьулуһабыт, үөрэнэбит, үлэлиибит. Бу бүгүҥҥү күҥҥэ диэри оройуон үгүс оскуолатын ортотугар үгүс ахсааннаах ситиһиилэрбит даҕаны ону туоһулууллар. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ биһиги оскуолабыт олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, араас уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр сөптөөх хайысханан, оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтигэр табыгастааҕынан көрөн, киллэрэн, ханнык да тургутуулартан чаҕыйбакка, биир бигэ туруктаах оскуолаларыттан биирдэстэрэ буолар.
«Ыал – ийэтинэн» диэн өс хоһооно этэрин курдук, тэрилтэ салайааччытынан үлэтэ-хамнаһа көстөр. Оскуола салайааччыта оскуола ыытар бары үлэтин көрүҥэр – үөрэтиигэ, иитиигэ, сайдыыга — олук уурар, хайысхатын ыйар, булар. Кини өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн ууран сөптөөх суолу тобулар, кэллэктииби биир суолга таһаарар. Биһиги оннук суоллаах-иистээх ытыктыыр киһибит Дмитрий Иванович Павлов аатын билбэт киһи Ньурба оройуонугар суоҕа буолуо. Ол курдук кини аата Өҥөлдьө нэһилиэгин кытта ыкса ситимнээх. Манна элбэх оҕолоох ыалга күн сырдыгын көрбүт, мантан төрөөбүт Ийэ дойдутун фашистскай халабырдьыттартан көмүскүү барбыт, манна кыайыы көтөллөөх төннөн кэлбит, манна киһиэхэ бэриллэр сирдээҕи дьолун булбут, манна 5 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт, манна үлэ киһитэ буолбут, манна үүнэр көлүөнэни үтүөҕэ уһуйар, манна олоҕун тиһэх чааһын көрсөр. Манна – тапталлаах төрөөбүт Өҥөлдьөтүгэр.
Дмитрий Иванович 49 сыл педагогическай ыстаастаах, ол иһигэр 40 сыл оскуола директорынан үлэлээбитэ. Кини директордыыр кэмигэр ити үөһэ ааттаммыт учуонайдар, нэһилиэк биллиилээх дьонноро, кини алгыһынан үөрэнэн тахсыбыттара. Ирдэбиллээх, таһыттан көрдөххө, тыйыс курдук да буоллар, Дмитрий Иванович сымнаҕас, ордук кыыс-дьахтар кыһалҕатын өйдүүр, санаатын таайар киһи этэ. Директор быһыытынан уруоктарга сылдьара, сүбэ-ама биэрэрэ, сөбүлээбитин бар дьоҥҥо таһаарара. Учуутал кылаас таһынан үлэтин, оҕо дьиэҕэ үлэтин, эбии дьарыгын тэрийэн ыытарга уруок кэннэ оскуолаҕа араас хайысхалаах бөлөхтөр тигинэччи үлэлииллэрин, пионерскай, патриотическай хамсааһыннар араас тэрээһиннэрин тиһигин быспакка ыытары ситиспитэ. Элбэх оҕолоох уонна тиийиммэт-түгэммэт ыаллар оҕолоро олорор интернаттара үлэлиирэ Дмитрий Иванович үлэлиир кэмигэр аҕыс кылаастаах оскуола орто оскуола буолбута. Бу билигин ыраахтан оҕону угуйар таас оскуола сыбаайата түспүтэ. Кини үөрэнээччитэ Илларион Степанов (тутуу матырыйаалыгар инженер-технолог) Дьокуускай куораттан, учууталын баҕа санаатын олоххо киллэрэр туһугар, бэйэтин баҕатынан аҕалтарбыта. Дмитрий Иванович, онно оскуола тутуллубутун курдук, оҕолуу истиҥник үөрбүтэ уонна, соругун толорбут киһи быһыытынан, дьэ оскуолаттан уурайан, сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Людмила Ивановна (Д.И.Павлов улахан кийиитэ, нуучча тылын уонна литературатын учуутала) директордаан 1993-1994 үөрэх сылын саҕалаабыта. Дмитрий Иванович саҕалаабыт тэрээһиннэрин таһынан оҕону эстетическэй иитиигэ болҕомто ууруллубута. Аҕыйах сыл иһигэр оройуон, өрөспүүбүлүкэ иһигэр ааттанар «Кустук» үҥкүү бөлөҕө үөһэ тахсыбыта. «Океан» лааҕырга ыҥырыллан, Турцияҕа тиийэн сахалыы үҥкүүнү киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта. Учууталлар аттестацияны барар буолбуттара, квалификацияны үрдэтэр туһугар араас хайысхалаах НПКларга кытталлара.
Людмила Ивановна бэйэтин кэнниттэн оскуола директорынан история учууталынан үлэлиир Дмитрий Кириллович Александрову олордубута. Дмитрий Кириллович директордыыр кэмигэр, саха тылыгар модифицированнай программа оҥоһуллан, саха тылын дириҥэтэн үөрэтэр кылаас аһыллыбыта. НПКҕа кыттыы элбээбитэ, оҕолор региональнай уонна республиканскай таһымҥа тиийэ тахсыбыттара. Ньурбатааҕы техническай лицейга сүүмэрдэнэн үөрэнэ киирэр оҕолор баар буолбуттара. 1 республиканскай учууталлар күрэхтэригэр кыттан, Никитина А.И. «Учуутал-маастар» ааты ылбыта. Үлэ син биир күөстүү оргуйара, бастакы ОГЭ уонна ЕГЭ көрдөрүүлэрэ куһаҕана суох түмүктээх этилэр.
2001-2002 сыл иккис аҥаарыгар оскуола директорынан Людмила Михайловна Павлова анаммыта. Үлэлии олорор оскуола үлэтин-хамнаһын арыый уларыта тутан, саҥа хамсааһыннары киллэрбитэ. Студийнай дьарыктар олоххо киирбиттэрэ. Маннык дьарыгы тэнитэн, 2003 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэҕэ экспериментальнай площадка быһыытынан үлэни саҕалаан, 2007 сыллаахха ону бигэргэтэн, толору отчуот оҥоһуллан, Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин күрэхтэригэр кыттан, РФ Үөрэҕириитин Дипломун уонна РФ Президенин Гранын ылан, Мөлүйүөннээх оскуолалар ааттарыгар киирбиппит. Людмила Михайловна директордыыр кэмигэр ийэтин, педагогическай үлэ бэтэрээнин, 46 сыл педыстаастаах, Саха сирин сэбиэттэрин 1 сийиэһин дэлэгээтэ, Серго Орджоникидзе аатынан стипендиатката, Өҥөлдьөҕө бастакы пришкольнай учаастагы тэрийээччи, Хорула, Куочай, Өҥөлдьө оскуолаларыгар директордаабыт Степанова Мария Игнатьевна уопутун суолдьут сулус оҥостон, үгүһү-элбэҕи оскуола үлэтигэр киллэрбитэ. Мария Игнатьевна ханна да үлэлээбитин иһин амарах санаалаах салайааччы, тэрийээччи, киэҥ билиилээх учуутал быһыытынан ытыктанара.
2008 сылтан биһиги оскуола «Идэни таларга эбии дьарык көмөтө» («Дополнительное образование как средство предпрофильного самоопределения учащихся») диэн тиэмэнэн Өрөспүүбүлүкэҕэ экспериментальнай площадка буолан, үөрэнээччилэри үөрэх таһынан үлэҕэ атын хайысханан саҥа сүүрээн киллэрэн, үлэлии сылдьыбыта. Ол курдук эстетическай, прикладной хайысхаларга кэккэ ситиһиилэри технология учуутала, норуот маастара Никитина С.Н. киллэрбитэ. «Кустук» үҥкүү ансамбла, өр сылларга оройуон, өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах сценатыгар тахсан, дьоһун ситиһиилэммитэ. Оҕолору эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга, физкультура уруоктарыгар компьютернай диагностиканы туттуу бу кэмҥэ бастакынан саҕаламмыта. Онон түмүккэ Людмила Михайловна оҕону эт-хаан өттүнэн чэбдигирдэр үлэни өрө тутан тэрийэр «Бастыҥ дириэктэринэн» ааттаммыта.
Людмила Михайловна, директордыыр кэмигэр биһиги оскуолабыт 2009 сылтан ИПКРО Ресурснай Киининэн буоларын ситиһэн, оройуон учууталларыгар анаан, иитэр-үөрэтэр хайысхаларынан таһымнарын үрдэтэр араас хабааннаах куурустар, сэминээрдэр ыытыллыбыттара. 2010 сылга Россия туйгун оскуолаларын реестригэр киирэн, ону туоһулуур Добун сурук туппуппут. Бу үрдүк аат салгыы үүнэр көлүөнэни иитэр-үөрэтэр таһыммытынан өссө үрдүккэ тахсарбытыгар олук буолбута.
Павловтар династияларын салҕааччы Андрей Николаевич Людмила Михайловна уола, Мария Игнатьевна сиэнэ, Дмитрий Иванович сиэн быраата директор быһыытынан үлэтин 2008-2009 сылтан саҕалаабыта. Дьаһайар үлэни иҥэриммит, хаһаайыстыбанньык Андрей Николаевич оскуола материальнай төрдө бөҕөргүүрүгэр үлэтин анаабыта. Компьютернай кылаастар, кабинетнай систиэмэ таһаарыылаахтык үлэлииригэр болҕомтотун уурбута. Ону таһынан оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар өбүгэ оонньуута – мас тардыһыыта сайдарын өтө билбит курдук, оскуолаҕа Андросов И.А., онтон салгыы Иванов Иван Васильевич курдук бу спорт биир көрүҥэр сүгүрүйэр тренердэри Ньурбатааҕы спортивнай оскуола салаатын астаран, Өҥөлдьө оҕолоро Россия таһымыгар тахсан, кыайыы үөрүүтүн билэллэригэр олук уурбута.
2018 сыл күһүнүгэр туйах хатарааччы, удьуор утумнааччы, аат ааттатааччы оскуола директора Андрей Николаевич Мария Игнатьевна бюһун туруоран туран, учууталларга аналлаах сквери аспыта. Манна кини эбэтэ Мария Игнатьевна, убайа Дмитрий Иванович, ийэтэ Людмила Михайловна үүнэр ыччаты үрдүккэ, үтүөҕэ уһуйбуттарын туоһута буолан, бар дьоҥҥо өйдөбүлү биэрэр сквер. Ити курдук оскуола сылын ахсын араас иитэр-үөрэтэр хайысханы талан, түмүк таһааран, саҥаттан-саҥа сонун сүүрээни олохтоохтук ылсан үлэлиирэ.
Билигин директорбыт Сергей Викторович салалтатынан оскуола үлэлии-хамсыы олорор. 2021-2022 үөрэх сылыгар иитэр үлэ саҥа программанан үлэлээбитэ, ол курдук «Биһиги сүрүн үлэбит», «Школьные медиа» «Оскуолам үөрэҕэ», «Кылаас таһынан дьарык», «Төрөппүтү кытта үлэ», «Бэйэни салайыныы» диэн хайысхаларынан араас өрүттээх былааннаммыт үлэ оҕолору күннэтэ айа-тута сылдьарга иитэр-уһуйар. Төрөппүттэри кытта үлэҕэ «Көмүлүөк» диэн ааттаах бырайыакка бары түмсэн үлэлээн эрэбит. «Сэргэлээх» оҕо тэрилтэтэ оскуола оҕотун барытын хабан сүһүөхтэринэн үлэлэри торумнуур, ол былаанынан «Патриот» — спортивнай кулуубу, «Добродея» — волонтерскай хамсааһыны тэрийэн, кырдьаҕас аҕам саастаах дьоҥҥо, инбэлиит, ыарыһах оҕолорго, бэйэ-бэйэҕэ көмөнү оҥорорго, болҕомтолоох буоларга иитэр- үөрэтэр. Үгэскэ кубулуйбут «Пушкинскай бал», «Юный армеец», «ДОМ», «Мин нэһилиэгим – мин түөлбэм», «Аан дойду омуктарын култуурата», «Коммунарскай түмсүү» сыллата ыытыллаллар, оҕолорго умнуллубат өйдөбүлү хааллараллар, араас таһымнаах үлэни ирдииллэр.
2022 сыл Ааҕыы сылынан биллэриллибитинэн, ону олоххо чопчу киллэрэр сыаллаах үөрэтэр үлэҕэ анал сыал-сорук туруорунан, былаан ылынан, эбии үөрэхтэри, үрдэтэр куурустары, сэминээрдэри баран, билиибитин үрдэтэр үлэлэр ыытыллыбыттара. Үөрэх сылын бастакы аҥаарыгар метапредметнай тургутуктар ыытыллаллар. Метапредметнай олимпиадалары ыытарга торум оҥоһулунна, оройуон таһымыгар ыытар барыл былаан баар. Үөрэх сылыгар БГҮӨС (ФГОС) уларыйан киириитин үөрэтии, ырытыы кэмиттэн кэмигэр ыытыллар. Оскуолабыт материальнай- техническай туругун тупсарыы, саҥардыы үлэлэрин сыллата ыытабыт. Быйылгы үөрэх сылыгар методическай үлэ хайысхатын арыый уларытан, холбоһуктарга эбии бырайыактарынан үлэлиир тэрилтэ (проектный офис) тэринэн, саҥалыы көрүүнэн методическай үлэ саҕаламмыта. Ол түмүгэр оройуоҥҥа 1 миэстэни ылары ситиспиппит. Учуутал бэйэтин эрэ үөрэтэр бирэдимиэтинэн буолбакка, методическай хабааннаах үлэҕэ кыттан, санаатын үллэстэн, саҥа хардыыны оҥороругар бырайыак олук уурар кыахтанна, «Педагогический калейдоскоп» бырайыагынан үөрэнээччилэри араас хайысхалаах үлэҕэ, үөрүйэххэ уһуйабыт. .
«Киһи олорорун тухары үөрэнэр» диэн кынаттаах бэргэн тыл этиллибит эрэ буолбатах. Бу олоххо баар суол — киһи туох эмэ саҥаны чопчулаатаҕына, түмүгүн таһаардаҕына, онтун хайаан да бар дьонун дьүүлүгэр таһаарар, үллэстэр, сыаналатар буоллаҕа.
Биһиги Учууталбыт Дмитрий Иванович Павлов үлэлиирин тухары ааҕар, сайдар туһугар төһө эмэ үлэлээтэҕэ, билбэтин билэ сатаан ааҕара, сурунара, көрбөтөҕүн — истибэтэҕин сонурҕаан ыйыталаһара – туоһулаһара. Куруук тугу эрэ бэлиэтэнэ — суруна сылдьар буолара. Маны барытын туһанан, НПКбытын «Павловскай ааҕыылар» диэн ааттаан, эрдэттэн балаһыанньатын бигэргэттэрэн, тарҕатан, оройуон оскуолаларыттан, уһуйааннартан кыттааччылары күүтэр, истэр дьоһун бырайыактаахпыт, 5 сылга бииргэ маны тэрийэн ыытабыт. «Учуутал уонна уһуйааччы» сыла биллэриллибитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ биһиги учууталбыт Саввинова А.И. оройуоҥҥа бастакынан «Бочуоттаах уһуйааччы» ааты да ылбыта, оскуола үөрэтэр-иитэр хайысхаҕа сөптөөх суолунан баран иһэрин туоһулуур.
Биһиги директордарбыт сатабыллаах салайааччы буолаллара кэллэктиип үлэлээн ылар албан ааттарыгар да көстөр.
Бу мин 45 сыл устата үлэлээбит оскуолам салайааччыта-дириэктэрэ уларыйдаҕын аайы, бииртэн-биир үрдүк эппиэтинэстээх дириэктэрдэргэ түбэһэн, кэллэктиип бары турунан, эдэр ыччат дьоммутун аныгы сайдыылаах олох киэҥ аартыгар таһаарарга үлэлэһэ сылдьарбыттан толору дьоллоохпун.
Ити курдук «Бары түмүстэхпитинэ биһиэхэ ким да тэҥнэспэт» («Когда мы едины, мы не победимы») диэн санаанан салайтаран, Ньурба оройуонун ыраах сытар кыра нэһилиэгин оскуолата үлэлии-хамсыы сытар. Олоххо тахсар уларыйыылары, сайдыы араас хайысхатын кэмигэр таба тутан, үүнэр сүһүөх ыччат дьоммутугар тиэрдэргэ анаан үөрэнэбит, үлэлиибит.
Анна Ильинична НИКИТИНА,
РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар Учууталлара, 2022 сыл Ньурба оройуонун үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ.
