Биһиги бииргэ үөрэммит табаарыспыт, истиҥ дьүөгэбит, Сунтаар улууһун Кэмпэндээйититтэн төрүттээх Саввинова (Данилова) Галина Григорьевна муус устар 9 күнүгэр Күн сириттэн барбыта номнуо биир сыла буолла.
Биһиги Галялыын Сунтаар бастакы нүөмэрдээх оскуолатыгар физико-математическай кылааска бииргэ үөрэммиппит. Үөрэҕэр олус кыһамньылаах буолан, физика уонна математика курдук ыарахан предметтэргэ олус үчүгэйдик үөрэнэрэ. Бииргэ үөрэнэр оҕолоругар хаһан да аккаастаабакка куруук көмөлөһөрө, сороҕор бэйэтэ суоттаан да биэрэрэ. Араас олимпиадаларга кыттара, кылаас таһынан ыытыллар тэрээһиннэр кинитэ суох ааспаттар этэ. Ол туоһутунан кини орто оскуоланы мэтээлинэн бүтэрбитэ буолар.

Оскуоланы бүтэрэн, СГУ математическай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Галя ис киирбэх дьүһүнэ, үтүө майгыта барыбытыгар сөбүлэппитэ. Сэргэлээххэ, 18 №-дээх уопсайга биир хоско олорон үөрэммит, күһүҥҥү практикабыт, Мэҥэ Хаҥалас Быраматыгар тутар этэрээккэ ыанньыксытынан үлэлээбит кэммитин хаһан да умнуохпут суоҕа. Галябыт олус холку майгылааҕа. Хаһан да кыыһыра сылдьарын өйдөөбөппүт, үөрэ-мичилийэ сылдьар этэ. Куруук сүбэ-ама биэрэрэ, үөрэхпитигэр көмөлөһөрө.
Үөрэҕин бүтэрэн төрөөбүт Сунтаарын улууһугар анаммыта. Сунтаар 3 №-дээх орто оскуолатыгар математиканы үөрэппитэ. Галина Григорьевна учуутал быһыытынан киэҥ билиилээҕэ, оҕолорго элэккэй сыһыаннааҕа. СӨ үөрэҕириитин туйгуна аат иҥэриллибитэ, араас элбэх грамоталара, наҕараадалара кини учуутал быһыытынан элбэҕи ситиспитин туоһулууллар.
Дьүөгэбит дьиэ кэргэнин олус таптыыра. Элбэх оҕо ийэтэ, хаһаайка мааныта, эрэллээх, муударай кэргэн, нарын ийэ, эйэҕэс эбээ – бу барыта биһиги Галябыт. Көрсө түстэхпитинэ ийэтин, оҕолорун, сиэнин, кэргэнин туһунан куруук ис-дууһатыттан истиҥник ахтара. Кинилэр хас биирдиилэрин ситиһиилэринэн олус үөрэрэ, киэн туттан кэпсиирэ.
Хомойуох иһин, билигин барытын «этэ» эрэ диибит. Уһун, ыарахан ыарыы биһиги Галябытын эдэр сааһыгар илдьэ барбыта олус кыһыылаах уонна хомолтолоох. Өссө да уһуннук олорбута буоллар, төһөлөөх элбэҕи ситиһиэ этэй…
Күн курдук сырдык киһибит — Галиккабыт аата, кэрэ мөссүөнэ хаһан да умнуллуо суоҕа. Кини кылгас, чаҕылхай олоҕун оҕолоро, сиэнэ салгыахтара диэн бигэ эрэллээхпит.
СГУ математическай факультетын МПО-90 1-2 группаларыгар уонна Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит табаарыстарын аатыттан Сивцева Саргылаана Дмитриевна.
