Коркин Юрий Федорович туһунан

Киирии тыл оннугар

Бу оччугуй кинигэҕэ тахсыбыт ахтыыларга, кэскили эрэ түстээбит эдэркээн учуутал Коркин Юрий Федорович кылгас да буоллар сырдык олоҕун түгэннэриттэн ахтыым уонна чугас дьонун, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт доҕотторун кэриэстэбил суруктара киирдилэр. Маны барытын тугу да тупсарбакка, була сатыы-сатыы уустугурда барбакка, уустаан-ураннаан дьэрэкээннии сатаабакка кинигэ оҥорон таһаардым.

Орто туруу бараан дойдуга иэгэлдьийэр иэччэхтээх, бокулдьуйар сүһүөхтээх икки атахтаах киһи-аймах барахсан күн сиригэр көстөн ааһар кэмин чыычаах түннүгүнэн элэс гынарыгар холууллар. Ити эрээри сорох киһи сүүс сааһыгар диэри бохооруйа кырдьан, туспа тиэргэн тэринэн, бур-бур буруо унаарытан уһун олоҕу туоруур, сорох олох амтанын ситэ билбэккэ күөгэйэр күннэригэр сылдьан бу сиртэн бараахтыыр… Ол да буоллар Дьылҕа Хаан хайдах даҕаны төлкөнү кылгатан-уһатан оҥордор, хас биирдии кэлбит киһи туох эрэ уратыны, саҥаны тулалыыр эйгэҕэ өйдөбүл курдук хаалларар.

Юра кылгас да буоллар сырдык, киһи-аймах сиэринэн дьоллоох түгэннэрдээх, ардыгар уустук моһуоктардаах оллур-боллур олоҕу олорон ааспыта. Кини айылҕаттан айдарыылаах дьикти-кэрэ, ып-ыраас санаалаах, сып-сырдык дууһалаах, олус амарах, улгум майгылаах киһи этэ. Сүүрбэ алта cааһын иһигэр дьиҥ күүстээх таптал иэйиитин билэн, бар-дьон махталын ылан, үөрэнээччилэрин эҕэрдэлэрин истэн, ийэ-аҕа, балыс-быраат тапталларыгар угуттанан, устудьуоннуу сылдьан мүлчүргэннээх сырыыларга түбэһэн эдэрдии эрчимнээх олоҕу олорбута… бу «-бута, -быта» диэбит курдук атылыы сыһыарыылары туттуохпун баҕарбатарбын да хайыахпыный, дьылҕаны утары мэлдьэспэппит…

Бииргэ төрөөбүт баар-суох чороҥ соҕотох убайым Юра 1985 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр күн сирин көрбүтэ уонна 2011 cыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр, буолаары буолан самаан сайын өрөгөйдөөх ыһыахтара ыытыллар кэмигэр, ыарахан ыарыыттан сырдык тыына быстаахтаабыта… хараҕын ооккотун букатыннаахтык саппыта… Тулабыт барыта хараҥаран, олох тохтообутун, суолтатын сүтэрбит курдук буолбута, туманныы өлбөөркөй салгыннаах курус күннэр ааспыттара… Юрабыт барбытыгар Ийэ дойдубут иһийбитэ, бэл, чыычаах ырыата мэлийбитэ, оҕо күлүүтэ тохтообута… Арай, бу ыар түгэннэри хатыҥ чараҥ сипсиэрэ уоскутардыы суугуунаан, санаабытын көтөҕө сатыырдыы үөскээбит чуумпуну уйгуурдар курдуга…

Юрий бииргэ төрөөбүт улахан балтыта Ираида Коркина

Юра оҕо сааһын туһунан

Адьас кырачаан эрдэхпитинэ

— Ууккуо, Ууккуо!! Аһыы кэл! – диэн, оҕо сааһым маҥнайгы доҕорун, баар-суох соҕотох убайбын оонньуу сырыттаҕына ийэм соруйбутугар аһылыкка ыҥырарбын өйдүүбүн. Оччолорго мин киэҥ аартыктаах олох уһун суолугар саҥа үктэнэн эрэр иккилээх-үстээх киһичээн этим.

Убайым – олоҕум маҥнайгы доҕоро… кинини ийэлээх аҕам Юрка диэн ыҥыраллара. Ону мин «р» буукубаны уонна «ю» дорҕоону сатаан саҥарбаккабын, убайбын: «Уукко…» — диэн ыҥырарым. Бу санаатахха, сып-сырдыгынан көрбүт төгүрүк оччугуй харахтаах, ыраас номоҕон сирэйдээх, мэлдьи тэп-тэтэркэй имнэрдээх сэмэй майгылаах уол оҕото эбит. Ийэм аһылык астаатаҕына: «Баран убайгын ыҥыр», — диирэ. Ону эрэ кэтэспиттии, бэйэтин курдук уолаттары кытта оонньуу сылдьарыгар сүүрэн тиийэрим. Ол быыһыгар, хата бэйэлэрин кытта быылга-буорга булкуллан, оонньууларыгар киирсэн хаалан, хойутаан дьиэлиирбит.

Убайым 1985 cыллаахха муус устар 12 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Кэтэһиилээх уол оҕону Советскай Союз геройун, маҥнайгы  космонавт аатынан Юрий диэбиттэрэ. Санаабар, дьүһүнэ-бодото да майгынныыр курдуга. Миигиттэн икки сыл улахан киһи буоларын быһыытынан, барыга бары үөрэтэ-такайа, сүбэлии-амалыы сылдьара. Кини миэхэ аан маҥнайгынан, баара-суоҕа түөрт саастаах эрдэхпинэ, космос тутулун туһунан кэпсээбитэ.

Иркачуок (миигин итинник диэн ааттыыра), ити Күн диэн хойуу куударалаах кыраһыабай кыыс буолбатах, кини тыыммат, ип-итии, төп-төгүрүк, сирдээҕэр хас да төгүл улахан шар. Оттон сир – эмиэ уп-улахан шар. Космоска улахан күн таһыгар тоҕус планета баар, эмиэ сир курдуктар да онно дьоннор уонна кыыллар суохтар… – диэн, бу санаатахха, алталаах оҕоҕо өйдөөх баҕайытык туттан туран кэпсиирэ.

— Уукко, хайдах оннук буолуоҕай? Ити мультикка Күн кыраһыабай кыыс буолан көстөр дии! – дии-дии мөккүһэрим.

— Суох, эн билигин кыраҕын, элбэҕи билбэккин… – диэн

улаханнык тугу да дакаастыы сатаабакка быһааран кэбиһэрэ.

Мин убайбын олус өйдөөх, букатын хас да сыл аҕа улахан курдук саныыр этим. Кининэн киэн туттарым, наарын: «Убайым итинник диэбитэ, кини олус өйдөөх», — диэн кэпсиирим.

Оччугуй оҕо эрдэҕинээҕи күннэрбиттэн мин биир түгэни өйдөөн хаалбыппын. Убайбынаан эбиэт кэнниттэн үссэнэ олоробут. Оччолорго кини биэс, онтон мин үс саастаахпын. Эмискэ барыанньалаах килиэппин алҕас төлө тутан муостаҕа  түһэрэн кэбистим, ону ылаары гыммыппар Юра:«Пахай, кирдээҕи ылыма! Итиннэ микробтар бааллар, сиэмэ!” – диэтэ.

— Микроб диэн тугуй?.. – мин билбэт тылбын истэн ыйыттым.

— Микроб диэн киһи хараҕар көстүбэт үөннэр, ханна баҕарар бааллар, ордук муостаҕа элбэх.

— Оччоҕо ити килиэппэр тиийбиттэрэ буолуо дуо?

— Бааллар бөҕө буоллаҕа, итини сиэтэххинэ искэр киириэхтэрэ уонна онно эмиэ үөннэр үөскүөхтэрэ оччоҕо, — диэн убайым дьоһуннаахтык саҥарда.

Мин итиччэлээҕи истэн баран сиргэ сытар килиэби ылан иһэн туттуннум. Оҕолуу чычаас өйбөр улахан киһи кэскиллээҕи толкуйдуурун курдук араас санаалар көтөн түстүлэр. Убайым саҥатын быһа гыммакка олоппоспор төттөрү олордум. Бу кэмҥэ Юра: «Муостаны таарыйдыҥ, баран илиигин суун, микробтар сыстыбыттара буолуо», — диэн дьаһайбытын бу баар курдук өйдүүбүн. Бу санаан көрдөххө, баара-суоҕа биэс эрэ саастаах оҕо итинник толкуйдуура киһини сөхтөрөр эбит. Билиҥҥи кэм кырачааннара бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар ити курдук кэпсэтэллэрин адьас истэ иликпин.

Убайым олус бэрээдэктээх этэ, дьоммут тылларын куруук истэрэ уонна туох эмит туһалааҕы эттэхтэринэ ылынара. Мин киниэхэ холоотоххо ыһыллаҕас-тоҕуллаҕас, баһым иһэ бап-баллыгырас, туох да оруннааҕы толкуйдаан саҥарбат, сытыы-хотуу кыысчаан этим. Онтон Юра олус сэмэй, чуумпу, истигэн оҕо этэ, этиэн иннинэ барытын толкуйдаан баран саҥарара, үөрэтэрэ. Хаһан даҕаны эппит тыллара мээнэҕэ буолбатах этилэр.

— Киһи өллөҕүнэ дууһата хаалар… – Юра сэттэ саастааҕар кинигэ ааҕан баран эмискэ итинник саҥарбыта. Мин эмиэ интэриэһиргээччи киһи буолан убайбын тула көттүм.

— Киһи тоҕо өлөрө буолуой? – диэн ыйыттым.

— Киһи хаһан эмит син-биир өлөр. Оччоҕо ону билбэккэ хаалар. Арай, биир сарсыарда таһырдьа тахсыаҕа уонна дьоҥҥо көстүбэт буолан хаалбытын бэлиэтии көрүөҕэ.

— Ол аата хайдах?

— Ол аата өлбүт киһиттэн кини дууһата тахсан барар, ол иһин өлбүтүн бастаан билбэккэ хаалар.

— Оттон дууһа ол кэннэ ханна барарый?

— Дууһа Халлааҥҥа Таҥараҕа барар.

— Таҥара хайдаҕый?

— Таҥараны ким да көрө илик, кини хайдаҕын ким да билбэт.

Убайым мин боппуруоспар эппиэттээбит тылларын өйбөр хатаабытым. Кини улаатан баран Таҥараны хас эмэ мөлүйүөнүнэн төгүл киһи мэйиитин куоһарар мындыр өйдөөх, сирдээҕи олохтон адьас атын чараас эйгэҕэ, кини этэринэн киһи сатаан быһаарбат нефизическай, нематериальнай уобалаһыгар олорор диирэ. Ол эбэтэр сүүнэ улахан күүс, энергия диэн өйдөппүтэ.

Оҕо сааспыт сэбиэскэй былаас кэнниттэн бириэмэҕэ ааспыта. Онон икки утарылаһар кэмнэр уратыларын билэ улааппыппыт. Оҕо-оҕо курдук мэнигилиирбит, күнү-дьылы умнан туран сүүс сиринэн сүүрэкэлиирбит, оонньуурбут. Кыһынын икки этээстээх уопсай дьиэбит кыбартыыратыгар кыстыырбыт,онтон сайын ахсын эһэм аах дьиэлэригэр сайылыы тахсар этибит. Манна Чурапчы чараҥын кэрэ көстүүтүгэр, алаас сыһыы ортотугар, хойуу ойуур быыһыгар оҕо сааспыт кэрэ күннэрэ ааспыттара.

Буоларын курдук, чугастааҕы күөлгэ сөтүөлээн ахан биэрэр этибит. Убайым маҥнайгы кылааһын бүтэрбит сайыныгар тэйиччи соҕус хастарыллыбыт сиргэ иккиэн сөтүөлүү бардыбыт. Эмискэ сырдык былыттар ыанньыйан хараардылар уонна күммүтүн бүөлээттэрин кытта күүстээх тыал түстэ, этиҥ этэн ньиргиһиттэ. Өр-өтөр буолбата, ардах ыаҕайанан кутан, эппитин-сииммитин курдаттаан киирэн барда. Биһиги дьиэбит диэки суксуруһан сүүрдүбүт да таҥаспыт илийиэҕинэн илийдэ. Чугастыы ардахтан саҺар сир суох буолан, харса суох иннибит диэки бардыбыт. Мин этиҥ ньиргиэр тыаһыттан, чаҕылҕан курбуулууруттан куттанан ытаан киирэн бардым. Убайым миигин көрөн аһынна уонна соҕотох хаалбыт чараас сибиитэрэтин миэхэ устан биэрдэ.

— Иркачуок, түргэнник сүүр! – диэтэ.

Мин убайым миигин аһыммытын бэлиэтээн, өрө баран, атаахтаан эбии күүскэ ытаан марылаатым. Юра киһи эрэ буоллар ыксаата, бэйэтэ ытыах курдук сирэйдэннэ уонна өстүйбүт хараҕынан үөһээни көрдө: «Тохтоо диибин мин эйиигин! Тохтоо!» — дии-дии сутуругун халлаан диэки туһаайда. Маны эрэ кэтэспиттии, этиҥ ньиргиэрдээх этиитэ эбии күүһүрдэ, чаҕылҕан уота күүскэ чаҕылыйан курбуулаата. Ол эрэн, дьиэбитигэр чугаһыахпыт бэтэрээ өттүгэр ардахпыт уурайан хаалла, мэлдьэспит курдук арҕаа саҕахтан күн сардаҥата тыкта. Дэлби сылайан, сытыйан, санаабыт түһэн дьиэбитигэр киирдибит. Ийэбит иккиэммитин ньылбы сыгынньахтаан таҥаспытын уларытта уонна убайбын: «Маладьыас, балтытыгар тоҥмотун диэн сибиитэрэҕин биэрбиккин», — диэн хайҕаата.

Убайым киһини харыһыйар, өрүһүйэр майгыта куруук биллэр этэ. Тыынар тыыннаахха, ордук дьиэ кыылларыгар олус истиҥ сыһыаннааҕа. Биир күн мин кыната тостубут чыычаах оҕотун булан ылан дьиэбэр киллэрдим. Кыра буоламмын илиибинэн олус күүскэ хам тутабын быһыылаах. Дьонум тутатына сүүрэн кэлэн: «Чыычаах эрэйдээҕи ыыт, тыына хаайтарыаҕа», — диэн көрдөстүлэр. Мин кимиэхэ да иннибин биэрбэтим, чыычаахтаах илиибин көхсүм кэннигэр саһыардым. Бу кэмҥэ убайым хантан эрэ оонньоон, күлэн-үөрэн кэллэ уонна илиибэр чыычааҕы тута сылдьарбын көрөн сирэйэ-хараҕа уларыйа түстэ:

— Ира, чыычаах эмиэ киһи курдук аһыан, хаамыан баҕарар. Эн кинини хам тутан баран сылдьаҕын, билигин өлөн хаалыаҕа, эн кинини ыыт, — диэн мин диэки ааттаспыттыы көрдө.

— Суох, чыычааҕы мин булбутум, ыыппаппын, — диэн өһөстүм.

— Ыыт! Эйиигин биир ханнык эмит великан киһи кэлэн күүскэ хам туттаҕына төһө үчүгэй буолуой?! Чэ, ыыт…

Мин убайым тылларыгар баһыйтараммын чыычааҕы сиргэ ыыттым. Онуоха Юра кинини ытыһыгар ылан баран тыа диэки барда, оттон мин  батыһааччы буоллум. Убайым тыа саҕатыгар кэлэн баран, чөҥөчөгү булан чыычаах оҕотун онно олордон кэбистэ. Мин бу түгэҥҥэ бэйэбин олус буруйдаах курдук санаммытым. Хайдах буоларбын билбэккэ, мунчааран хаалбытым уонна өссө төгүл убайым барахсан аһыныгас сүрэхтээҕин билэн, аны хаһан да итинник гыныа суох буолан бэйэм бэйэбэр тыл биэрбитим. Оттон Юра киинэ дуу, остуоруйа дуу сүрүн геройун курдук, амарах санаатыттан, эйэҕэс сүрэҕиттэн олуһун киэн туттубутум…

Убайым миигин алта сааспын туолуохпар диэри килиэп маҕаһыыныгар  салаасканан таһарын өйдүүбүн. Куруук кинини сайыһан барсар этим, бытааннык хаамарым иһин ийэбит миигин салааскаҕа состороро. Биир дьахтары күн ахсын утары көрсөр этибит, кини биһиги диэки дьиктиргээбит хараҕынан көрөрө. Хаста эмэтэ тулуйа сатаан одуулаата быһыылаах уонна биирдэ мин диэки утары көрөн баран: «Тоҕо улахан баҕайы буолан бараҥҥын убайгар состороҕун?!» — диэн сэмэлээн ыйытта. Итиччэлээҕи истэн баран, соһуллан иһэн ойон турдум уонна кыбыстыбыт санаабар хайдах буолуохпун билбэккэ тохтоотум. Бу түгэҥҥэ убайым сылайбытыттан дуу, тоҥмутуттан дуу кытарбыт сирэйин көрөн олус аһына санаатым уонна салаасканы былдьаан ылан бараммын дьиэм диэки элээрэ турдум. Баран иһэн арааһы да санаатым. Юра улгум уонна истигэн майгылаах буолан ийэлээх аҕам тылларын быһа гыммакка, төһө кыайарынан миигин арыаллыы сылдьыбыт эбит. Баҕар, оччотооҕуга ыал кыра оҕото буолан атаахтаныллан салааскаҕа состорулла сылдьыбытым буолуо. Ону Юра барахсан хаһан да күнүүлээбэт да, ордук санаабат да этэ. Хата, улахан киһи быһыытынан харыстыы, бүөбэйдии сылдьыан баҕарар курдуга.

Убайым туһунан оҕо сааһым маҥнайгы күннэриттэн олохпор суолталанан иҥэн хаалбыт өйдөбүллэрим дьиҥинэн олус элбэхтэр. Мин кинилиин саас ахсын хаҥкылыы, хайыһардыы, сырылыы барарым. Сайын ойуурга тахсан, кыһын маҕаһыыҥҥа суксуруһан, ардыгар мөккүһэн-этиһэн оҕо сааспыт бастакы кэрдииһэ ааспыта. Юра олус сэмэй, эйэҕэс уонна көнө  майгыта оччолортон биллэрэ. Кини оҕо да сылдьан эппит суолталаах тылларын, сүбэтин-аматын, үөрэтиитин-такайыытын хаһан да умнуом суоҕа…

 Убайым — холобур оҥостор киһим

Убайым оскуола киһитэ буолбутун кэннэ мин олус ымсыырар этим. Кини куруук туйгун сыанаҕа үөрэнэрэ, дьонум аах олуһун хайгыыллара, онон,  Юра холобур оҥостор киһим буолбута.

Кини маҥнайгы кылаастан оройуоннааҕы оҕо библиотекатыгар сылдьарын сөбүлүүрэ. Биирдэ мин кинини сайыһан онно барыстым. Ааҕар саалаҕа таҥаспытын устан киирдибит. Барыта миэхэ олус сонун, саҥа буолан тулабын кэрэхсии көрөбүн. Арай убайым уруккаттан сылдьар киһи буоларын быһыытынан, сыһыаннаахтык туттан-хаптан полкаттан кинигэлэри ылаттаата уонна остуолга иннигэр уурунна. Мин киниэхэ чугаһаабыппар аттыгар миэстэ булан олорто, саамай элбэх хартыыҥкалардаах остуоруйа кинигэтин була охсон туттаран кэбистэ.

— Юра, балтыҥ сатаан ааҕар дуо? – дии-дии библиотекарь биһиги диэки кэллэ.

— Ааҕарга үөрэнэ илик, ол эрэн сорох буукубаны билэр. Кинигэни марайдыа да хайытыа да суоҕа, мин көрөбүн, — диэн олус дьоһуннаахтык туттан хоруйдаата.

«Мин өйдөөх убайдаахпын ол иһин кинигэни эмиэ сатаан көрөбүн» диэн санааттан сымыйанан интэриэһиргээбитэ буолан хартыынкалардаах илиистэри арыйталаан көрө олордум. Юра библиотекаҕа син балачча уһуннук биир кинигэни тутан аахпытын билигин да сөҕө-махтайа өйдүүбүн. Маны таһынан өссө хаһы даҕаны уларсан дьиэтигэр илдьэ барбыта. Бу кэнниттэн, кинини кэтэһэрбиттэн сылайан, тэһийбэт буоламмын уонна оттон буукубаны да билбэт киһи быһыытынан аны хаһан да библиотекаҕа барсыбатаҕым. Ааҕар буолан баран биирдэ сылдьар буолбутум, кэлин убайбын ситэ сатааммын интэриэһиргээбэт да кинигэлэрбин уларса сатыыр идэлэммитим. Ол эрэн Юра библиотекарь айымньы ис хоһоонун туһунан ыйыттаҕына толору эппиэттирэ, онтон мин барахсан сымыйанан  лахсыйарым, кыбыстыбыта буолан тылбын ыйыстан баран турарым.

Оччолортон Юра мындыр толкуйдааҕа, киэҥ билиилээҕэ, вундеркинд курдук өйдөөх этэ. Ол иһин да буолуо, оскуолаҕа маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирэн баран учуутал хараҕар быраҕыллыбыта. Сэмэй майгылаах, бэрээдэктээх уолчааны бары да сөбүлүүллэрэ. Туйгун үөрэхтээҕэ, олус үчүгэйдик уруһуйдуура, ыллыыра, үгүһү-элбэҕи уһанара, айара-тутара, спордунан дьарыктанара. Биирдэ хоһоон суруйан учууталыттан Светлана Ефремовнаттан хайҕанан турардаах. Ону дьоммутугар үөрэ-көтө кэпсээбитин истэн хайдах эрэ ордугургуу санаабытым. Айар диэн тугун билбэт этим, ол иһин Юра ситиһиитин олус чугастык ылыммытым.

Арай, биир күн:

— Юрка, айар диэн тугуй? Киһи хайдах айыан сөбүй? – диэн ыйыталаһааччы буоллум.

Онуоха убайым учебнигын ылан баран: «Иркачуок, холобура бу кинигэни хаһан эрэ ким эрэ илиитинэн суруйбута, ону дьоннор үчүгэй диэннэр кинигэ оҥорон таһаарбыттара. Бу хоһоону, холобура, Пушкин суруйбута. Үүт-үкчү манныгы ким даҕаны, хаһан даҕаны айбатаҕа, айыа да суоҕа», — диэн быһаарбыта. Кини эппит тыллара хаһан да өйбүттэн сүппэттии иҥэн хаалбыттара. Бу кэнниттэн, Пушкин курдук хаһан да айыллыа суохтааҕы айабын диэн бэйэм тылбынан хоһоон толкуйдаан көрдүм. Дьэ онно мин сурук диэн наадалааҕын билбитим уонна оскуолаҕа дьиҥнээхтии үөрэнэ барыахпын наһаа баҕарбытым.

Мин оскуолаҕа киирбит сылбар «Убайа олус үчүгэйдик үөрэнэр, актыбыыс оҕо, балтыта эмиэ оннук буолуохтаах» диэбиттэрин испэр үөрэ истибитим, ол иһин этиллибит тыллар толору туолалларын туһугар олус кыһаллан үөрэммитим. Хас бэнидиэнньик ахсын бүтүн оскуола үрдүнэн линейка буолара, онно үчүгэйдик үөрэнэр, онно-манна бастаан миэстэлэспит оҕолору таһаартыыллара. Кинилэр быыстарыгар сотору-сотору убайым аата иһиллэрэ.

Биир күн убайбын эмиэ ааттаатылар. Грамота ылан эрэр быһыылаах дии санаабытым даҕаны, тоҕо эрэ микрофону туттаран кэбистилэр. Онтон завуч: “Бу нэдиэлэ кыайыы күнүгэр аналлаах нэдиэлэ саҕаланна, ол иһин билигин Юра Коркин бэйэтэ айбыт хоһоонун истиэххэйиҥ”, — диэтэ.

Убайым олус сэмэйдик туттан тэтэрээтин арыйа баттаата уонна олус доргуччу хоһоон аахта.

«Барыбытын үөрдэр – кыайыы күнэ,

Ол иһин бэтэрээннэргэ махтал,

Туругура турдун кыайыы күнэ

Умнуллубатын улуу кыайыы…» — диэн ис хоһоонноох этэ. Хомойуох иһин ити хоһоон тыла да, суруллубут илииһэ да билигин суохтар.

«Тыый, убайыҥ олус поэт эбит, оччотугар эн эмиэ суруйар талааннааҕыҥ буолуо», — диэн учууталым олус сөхпүтэ. Мин бу тыллары испэр иҥэринэн, кэлин убайбын холобур оҥостон, эмиэ хоһоон айар идэлэммитим. Онтукабын күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри илдьэ сылдьабын.

Чурапчы коммунистическай ыччатын алын сүһүөх оскуолатын туйгуннук бүтэрэн, Юра президент ыйааҕынан саҥа тутуллубут таас оскуолаҕа бэһис кылааска киирбитэ. Онно да учууталларга сирдэрбэтэҕэ, туохха барытыгар актыыбынайдык кыттан испитэ. Мин кини математика, нуучча тылын уонна литература олимпиадаларыгар кыттан миэстэлэспит бириистэрин, грамоталарын көрөн олус ымсыырар этим. Куруук туспа хас наҕараада баарын кистээн ааҕар этим, онтукам убайым алтыс кылааска тахсарыгар отучча  курдук буолбутун билэн, мин эмиэ элбэҕи ситиһиэхтээхпин диэн кытаанах сыалы-соругу туруоруммутум.

Убайбын үөрэххэ күүстээх тардыһыылааҕын иһин дьоммут Чурапчытааҕы прогимназияҕа, гимназия иннинээҕи үөрэх кыһатыгар киллэрбиттэрэ. Ол оскуолаҕа киирэргэ хас эмит оҕону кэннигэр быраҕан туран киирии экзаменнарын, тургутан көрүүлэрин барытын кэриэтэ биэскэ туттарбыта. Юра иннигэр саҥа аартык уонна кэскили түстүүр сырдык олох арыллыбыта. Этэҥҥэ алтыс кылааһы бүтэрэн гимназияҕа киирбитэ.

Оскуолатааҕы сылларыгар ордук чуолаан физиканан, информатиканан уонна математиканан үлүһүйэн туран дьарыктаммыта. Ол да буоллар, нуучча, саха, немецкэй уонна быыһыгар турецкай тыллар предметтэригэр туйгуннук үөрэммитэ. Айылҕаттан айар талааннааҕа, өйтөн суруйуулара мэлдьи кэрэхсэнэрэ. Биирдэ, Саха литературатын уруогар,А.Е. Кулаковскай–Өксөкүлээх Өлөксөй тиллибитин туһунан фантастическай кэпсээн суруйбутун тоҕо эрэ өйбөр хатаан кэбиспиппин. Учуутала бэрт дьикти уонна дириҥ ис хоһоонноох кэпсээни суруйбутун хайҕаабытын биһиги бары истибиппит. Ол суруйбута билигин эмиэ суох да буоллар, өйбөр хайдах тиийбитинэн аҕыйах тылынан тириэрдэбин:

“Айар тыл аҕатын, Өксөкүлээх Өлөксөйү аны сүүс сылынан саҥа аппаратынан тилиннэриэхтэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ баар олус өйдөөх учуонай кэм-кэрдиис массыынатынан сүүс сыл анараа өттүгэр тиийбит. Онно Өксөкүлээх Өлөксөй уҥуоҕун аныгы олоххо аҕалан тилиннэрбиттэрин көрбүт. Улуу суруйааччы өйүгэр кэлэн баран буола турар аныгы кэми көрөн олус сөхпүт.

«Аныгы кэм дьоно олус да дьоллоохтук олороҕут, атынан буолбакка массыынанан сылдьаҕыт, халлаанынан да көтөҕүт, сир аннынан да, уунан да айанныыгыт. Ол эрэн барыта буортулааҕын билбэт эбиккит», — диэбит. Онуоха Кулаковскайы саамай түргэн көтөр массыынаҕа олордубуттар. Онтуката уон мүнүүтэ иһигэр Дьокуускай куоракка тириэрдибит. Дьэ манна сайдыы күүскэ барбытын көрөн Өксөкүлээх Өлөксөй тылыттан мата сыспыт. Кинини олус улахан баай дьиэҕэ олордубуттар. Онно барыта баар эбит. Дьэ манна олорон кини өссө элбэх айымньыны суруйбут». Маннык ис хоһоонноох дьикти кэпсээнин ааҕан бары да соһуйбуппут, сөхпүппүт. Учуутала саха тылын үчүгэйдик баһылаатаҕына суруйааччы буолуон сөп диэн сылыктаабыта.

Убайым суруйар дьоҕура итинэн бүппэтэҕэ, соҕурууҥҥу дойдулар уруһуйдаах, оҕолорго аналлаах комикс диэн айымньыларын үтүктэн суруйар буолбута. Ол курдук, «Кикки Поросенок», “Поросенок Кикки и его веселые друзья” диэн нууччалыы комикс айбыта. Мантыкатын дьиҥнээх курдук уруһуйдаан, тылын-өһүн, ис хоһоонун олус интэриэһинэйдик толкуйдаабыта. Баҕар, суруйуу өттүнэн үлүһүйэн туран дьарыгырбыта буоллар бэрт дьоҕурдаах суруйааччы киһи буолан тахсыа эбитэ буолуо.

Учууталлара Юраны  «Рай» диэн соҕурууҥҥу лааҕырга ыыта сатаабыттарын өйдүүбүн. Онно биһиги дьиэ кэргэн харчыбыт суох буолан уонна сайын окко көмөлөһүннэрээри хаалларбыттара. Ону убайым олус хомойо санаабыта. Ол эрэн хайыай, барарга-кэлэргэ харчы кырыымчыгын билэр буолан улаханнык туруорсубатаҕа. Кылааһын салайааччыта ийэбитигэр: «Бачча талааннаах, өйдөөх оҕону хаарыан лааҕырга ыыппатыгыт», — диэн кэлэйэн саҥарбыта. Ол сыл окко илии тиийбэккэ, убайбын күүскэ көмөлөһүннэрбиттэрэ. Бу санаатахха, алтыс-сэттис кылааска үөрэнэр оҕо дьиэ ис-тас үлэтигэр, окко-маска олус сыстаҕас этэ. Бугул түгэҕин эрэ харбаабакка от кэбиһиитигэр тиийэ кини тутаах үлэһит этэ.

Хас сайын ахсын убайым ханнык да лааҕырдарга сынньаммакка от оттоһон эрэ тахсыбыта. Арай, биир сыл Чурапчытааҕы интернат оскуола иһинэн үлэлиир оҕуруот аһын лааҕырыгар биир сезон сылдьыбыта. Ону даҕаны: “От оттуурга илии тиийбэт, оттуо этэ,” – диэн мөҥүттэллэрин өйдүүбүн. Ол да буоллар убайым олус санаарҕаабат этэ, кими даҕаны утары саҥарбакка төһө күүһэ-уоҕа тиийэринэн үлэни барытын кыайан-хотон иһэрэ.

Олус эрдэ, бука, ахсыс кылааһы тахсан баран булт абыгар ылларбыта. Улахан дьон кустуу баралларын ымсыырара, булт туһунан кинигэлэри ааҕара, кус-куобах туһунан эһээтиттэн уонна аҕатыттан мэлдьи ыйыталаһан тахсара. Онон, Юра кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа сыстаҕас киһи буола улааппыта. Саха итэҕэлинэн сиргэ-уокка ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара, дьыл араас кэмин таптыыра, түгэн көһүннэр эрэ чугастааҕы алаастарга, чараҥнарга дьаарбайан кэлэрэ.

Оскуолаҕа үөрэнэ барар кэмим чугаһаатаҕына мин харааста саныыр этим, оттон убайым төттөрүтүн үөрэр курдуга. Балаҕан ыйын маҥнайгы күнүгэр ким хайа иннинэ хомуна охсон оскуолатын диэки элээрэрэ. Хас эмэ учебнигы соһон аҕалан баран, остуол иннигэр тэлгэччи уурара. Биирдии-биирдии арыйталаан көрөрө, бу кылааска тугу-тугу үөрэтиэхтээҕин эрдэттэн быһаарара. «Ураа, быйыл физика диэн предмеккэ үөрэнэбит!» — диэт физика учебнигын миэхэ аҕалан көрдөрбүтүн өйдүүбүн. Кини, уопсайынан, алгебраҕа, физикаҕа, геометрияҕа, химияҕа кимнээҕэр да ордук быһаарсара. Мин дьиэтээҕи үлэбин, задаачалары эҥин ыарырҕатан ытыы сыһар этим. Ону убайым кэлэ охсон учууталлааҕар үчүгэйдик быһааран биэрэрэ. Ити курдук, хас ыарырҕаппыт матырыйаалларбын кэпсиирэ, өйдөтөрө, хаһан даҕаны барытын суоттаан кэбиспэтэ, толкуйдатар гына усулуобуйа туруорара, холобурдары аҕалан быһаарара.

Биирдэ, сэттис кылааска тахсыбыт сылбар физика предметин дьиэтээҕи уруогун бастаан ааҕарбар улахан айдаан таһаара сыстым. Учуутал биэрбит задаачатын кыайан суоттаабаккабын ытыы-ытыыбын ороҥҥо сытынан кэбистим. Онуоха убайым, баар-суох быыһааччым-өрөһүйээччим, сүүрэн кэлэн тэтэрээппин арыйа баттаат: «Чэ, кэл, көмөлөһүөм, уоскуй», -диэбитэ. Мин хараҕым уутун сотто-сотто аттыгар олорбутум.

— Иркачуок, физика задаачатын суоттуурга бастаан «дано» диэн суруйаҕын, онтон ханнык формуланан суоттуургун быһаараҕын. Уопсайынан, физика формулалартан турар, барытын өйгөр үөрэтэн ис уонна нүөмэрдии-нүөмэрдиигин туспа тэтэрээккэ, холобура, «Формула силы тяжести» диэбит курдук бэлиэтээн сурунан ис. Кэлин элбээн иһиэхтэрэ, оччоҕо эн курдук ыксаллаах киһи булкуйан кэбиһиэҕиҥ, ол иһин эрдэттэн сэрэтэ таарыйа барытын туспа үчүгэйдик наардаан суруй, — диэн Юра олус ылыннарыылаахтык, ыгылыйбакка наҕыллык быһааран кэбиспитэ.

Мин уоскуйан баран, кини эппитин курдук суоттаан, уруокпар биэһи ылан учууталбыттан хайҕанан турардаахпын.

Убайбын билигин да холобур оҥостобун. Кини: «Үөрэх диэн туохтааҕар да саамай наадалаах», — диэбитин адьас хаһан да төлөрүйбэт гына өйбөр хатаан кэбиспиппин уонна санаабар илдьэ сылдьан олохпор туһанабын.

Улахан киһи буоларбыт саҕана

Улахан кылааска тахсарын саҕана дьоммут биһиэхэ персональнай компьютер ылан биэрбиттэрэ. Ону Юра тутатына барытын билэ-көрө охсон, ханнык провод ханна киириэхтээҕин быһааран, хайа да программист көмөтө суох барытын оҥорон биэрбитэ. Клавиатураны американец курдук түргэнник баттыырын көрөн үөрэтэригэр көрдөспүтүм. Ону кини: «Буукуба ханна турарын өйгөр хатаан кэбис уонна элбэхтик бэчээттии сатаа, оччоҕо түргэнник баттыыр буолуон», — диэбитэ. Ол кэнниттэн былдьаһа-былдьаһа кинигэ текстын бэчээттиир этибит.

Соҕуруу дойдуларга сайдыы хайдах бара турарын билэрэ, ол иһин Чурапчыга аны биэс сылынан хас биирдии ыалга интернет киирэрин сылыктаабыта. Мин барахсан ону билбэккэ: «Интернет диэни миэхэ чопчулаан быһааран биэр эрэ, — диэн көрдөспүтүм. Онуоха Юра: «Интернет диэн улахан глобальнай сеть уонна информация. Онно туох барыта баар. Холобур, туох эмит ыйытыы баар буоллаҕына барытын ол нөҥүө билиэххэ сөп», — диэн өссө 2000 сыллаахха ылы-чып быһаарбыта. Маны таһынан: «Саха Сиригэр сотору суотабай сибээс кэлиэ, бу билигин дьиэҕэ биир эрэ телефон баар эбит буоллаҕына, ол интернеты кытта тэҥҥэ хас биирдии киһи суотабайдаах буолуоҕа», -диэбитэ. Мин ол кэми олус ыраах курдук саныыр этим, онтукабыт үүнэ охсон билигин бары төлөпүөнэ суох олохпутун олоруо суох курдук буолабыт.

Биһиги убайбынаан биирдэ маннык мөккүспүппүт.

— Юра, мин кинигэлэрбин соһо сырыттахпына миэхэ интернет диэн туохха наада буолуой?

— Тыый, интернеккэ бары барыта баар буоллаҕа дии.

— Мин интернеккэ харчы төлүөм кэриэтин кинигэ бөҕөтүн мунньуом.

— Эн интернеккэ харчы төлөөн быдан элбэҕи билиэҥ. Онно Аан Дойду үрдүнэн тарҕана турар сонуннары, тугу билиэххин баҕарбыккын билэ олоруоҥ, онтон кинигэҥ эргэрэн барыа. Кинигэни мунньар буолаххына мус, ол эрээри интернетэ суох эн инникитин табыллыаҥ суоҕа. Хаалынньаҥ буолан хаалыаҥ.

— Юра, хайдах оннук буолуой? Кинигэни хайдахтаах да интернет солбуйбат.

— Чэ, улаатан баран, үлэһит киһи буолан бараҥҥын интернетэ суох син биир олоруоҥ суоҕа. Электроннай почтанан дьону кытта суруйсуоҥ, үлэҕин да быһаарсыаҥ… – диэн Юра оруннаахтык мөккүөрбүтүн түмүктээн кэбиспитэ.

Мин  иннибин биэрбэккэ өссө хас эмэ күнү быһа мөккүһэн кинигэ туһунан араас этиилэри булан дакаастыы сатаан көрбүтүм. Убайым барахсан күлэ-күлэ илиитинэн сапсыйаахтыыра. Эйэҕэс баҕайытык көрөн ылара уонна төбөтүн тоҥхоҥнотон сөбүлэһэрэ. Мөккүөрү кыайбыт киһилии өрө туттан кинигэлэрбин кууспутунан утуйбат эрэ этим. Онтон билигин, хас эмэ сыл ааспытын кэннэ, убайым сөпкө эппитин илэ харахпынан, чуор кулгаахпынан истэ-көрө, билэ сырыттаҕым.

Юра аныгы техниканы барытын билэрэ, ол иһин, информатикаҕа олус таттаран туран үөрэнэр этэ. «Геометрия для начинающих» диэн компьютернай программа толкуйдаабыта, онтукатынан конкурска кыттан биһирэммитэ. Кини компьютеры билэрин таһынан матассыыкылга уонна массыынаҕа эмиэ үчүгэйдик быһаарсар эрэ. Табаарыстара кэлэн алдьаммыт техникаларын көрдөрөллөрө, ону убайым буор босхо оҥорон биэрэр этэ. Биирдэ, таһырдьа уу тоҕо тахсан иһэн доҕотторун кытта матассыыкыл хасыһа сылдьалларын көрөммүн, тоҕо эбитэ буолла, тохтоон, тугу кэпсэтэллэрин кистээн истэн турдум.

Онно биир Коля диэн атах тостор атаһа уол: «Юрка, эн барытын сатыыгын дии, сатаабатыҥ диэн суох быһыылаах», — диэбитэ.

Юра: “Наһаа дии, оннук үчүгэйдик билбэппин ээ”, — диэн сэмэйдик хардарбыта.

«Юрка, оттон ааспыкка мин матассыыкылбын эмиэ ааһан иһэн бүтэрбитиҥ дии, уопсайынан манна автомастерской арыйыаххын наада быһыылаах» — диэн хайа эрэ уол саҥарбытын өйдөөн истибитим.

Мантан сиэттэрэн, доҕотторо кинини олус ытыктыы саныылларын таайбытым. Күн ахсын олбуорбут иһигэр уолаттар мусталлара, кини тула олорон элбэҕи да кэпсэтэллэрэ, сэһэргэһэллэрэ. Онно убайым аҕыйах саҥалаах да буоллар бэрт кэрэхсэбиллээхтик орун-оннугар өйдөнөр гына саҥарара-иҥэрэрэ. Дьиэтээҕи төлөпүөҥҥэ даҕаны киниэхэ эрэ олус элбэхтэ эрийэллэрэ. Уопсайынан, кинитэ суох биир да оонньуулара- дьаарбайыылара табыллыбат этэ.

Маны таһынан, Юра спордунан сөбүлээн дьарыктанара. Уҥуоҕунан-иҥиэҕинэн үрдүк уонна көнө буолан мэлдьи волейболга, баскетболга кыттара, буоксаны уонна футболу интэриэһиргиирэ. Биирдэ дьиэтигэр кыра баскетбол корзинатын оҥорон баран оччугуй мээчиги быраҕаттыы оонньуу сылдьар этэ. Мин ас астыы сылдьан сааланы өҥөйөн көрбүтүм.

— Юра, мин быраҕан көрөбүн?

— Быраҕан көр эрэ дьэ.

Мин хаста да быраҕа сатаатым да табыллыбата. Убайым күллэ уонна:

«Квадрат уруһуйдаабытым корзина таһыгар, ити мээнэҕэ буолбатах. Мээчиккинэн ити квадракка туһаайан быраҕаҕын, оччоҕо сүүс бырыһыантан аҕыс уонугар, оннооҕор тоҕус уонугар киирэр», — диэтэ.

Чахчы, кини эппитин курдук буолбута. Оттон биир күн аны буоксаҕа үөрэттэ. «Ойоҕостон боковой удар диэн, алларааттан апперкот, двойной уонна тройной диэннэр бааллар… саамай күүстээх удар сыҥаахха ойоҕоһуттан, сутуруккун хам тутаҕын, улахан тарбаххын маннык тутаҕын», — дии-дии аттыбар туран дьоһуннаахтык үөрэппитэ, хаста да ытыһын охсуолатан көрбүтэ.

«Сымса буоларгар куруук дьарыктана сылдьыаххын наада, хаһан эмит самозащитаҕа да наада буолан туруон сөп», — диэн миигин дьарыктыыра, буокса перчаткатын кэтэрдэн кэбиһэрэ уонна миигин уол курдук санаан быһыылаах, ыарыыта суох охсуолаан барара. Бу санаатахха, убайым  кыракый бырааттааҕа эбитэ буоллар, киниэхэ олус үчүгэйдик сыһыаннаһан, үөрэтэн-такайан, дьарыктаан ахан биэриэ эбитэ буолуо.

Манан киниттэн үөрэммитим бүппэт. Уруокпутун ааҕан баран
«Города-реки» оонньуур этибит. Биирдэ дьээбэлээн «й» буукубаттан саҕаланаллары толкуйдуурга сананныбыт. Иккиэн син өр төбөбүтүн сынньан толкуй бөҕөтүгэр түстүбүт, онтон эмискэ киһим: «Точка!» — диэбитин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Кини: «Куорат -Йоханнесбург, кыыл — Йоркширкский терьер ыт, өрүс Йеллоустон, дьарык — йога, предмет — йод иһитэ», — диэн халлыгыраччы аахпытын бэри диэн бэркиһээн, сороҕун мэлдьэһэ сатаан көрбүтүм да, энциклопедиялары, атластары арыйан көрө-көрө барытын дакаастаан кэбиспитэ. Мин хотторон ытыах курдук буолбуппун ийэм: «Убайгар кыыһырбакка, хата элбэҕи билэриттэн үөрэнэн иһиэххин наада», — диэбитигэр уоскуйа быһыытыйбытым.

Манна даҕатан кэпсээтэхпинэ, кини кроссворду уонна сканворду таайарыгар ким да тиийбэт этэ. Оннооҕор аҕабытын кытта баһыйыах курдук буолара. Иккиэн дьыбааҥҥа чааһы быһа олорон саҥата-иҥэтэ суох, ардыгар мөккүһэн ыла-ыла таайбараҥнары таайаллара. Мин кыратык кыттыһа сатаан көрөрүм да билбэтим элбэҕиттэн кинилэргэ ырааҕынан баһыйтарарым.

Ол курдук, Юраҕа өйө көмө буолан, бэрт судургутук физика уонна математика ЕГЭ экзаменнарын туттарбыта. Бииригэр сэттэ уон биэс, атыныгар аҕыс уонтан тахса баал ылбытыттан үөрбүт-көппүт сирэйэ билигин да харахпар көстөр. Оскуолатын үчүгэйдик бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы Государственнай университет Информатика уонна Математика институтугар ИНФ отделыгар киирбитэ. Инники идэтэ – информатика учуутала.

Обургу оҕолор буолбуппутун кэннэ, убайбынаан дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөрбүт үксээбитэ. Убайым тоҕус сааһыттан ылата хас сайын ахсын оттуура, күһүн мас мастыыра уонна бултуу тахсара. Барыбытын Байанайдаах булчут буолан үөрдэрэ. Бочугурас уонна кус аҕалтаан мааны остуол тардыллара, биир да Ньукуолуну куһа суох аһарбыппытын өйдөөбөт курдукпун. Байанай дук гыннаҕына чугас табаарыстарыгар уонна аймахтарыгар бэрсэр идэлээҕэ. Үрдүк үөрэххэ киирбит сылыгар кини булдун-алдын суохтаан аҕай биэрбиппит. Онон, аны биэс сыл дьонум ус кыһыннары тухары Юрата суох кыстаабыттара, аҕабыт кини күүстээх көмөтүн  суохтуура, дьиэбит хайдах эрэ чуумпуран, иһийэн хаалбыта. Арай, өрөбүллэргэ, бырааһынньык күннэргэ аҕыйах кэмҥэ кэлэн барарын бары да улахан сэргэх күннэр кэлэн ааспыттарын курдук өйдүүбүт. Убайым устудьуоннуу барбыт сыллара миэхэ, улахан кылаас оҕотугар, олус чуҥкук кэм буолан ааспыттара.

Юра үлэһит бэрдэ этэ

Эриэккэс сыллар

Устудьуоннуу сылдьан Юра эдьиийбит кыбартыыратыгар, Коркина Аграфена Васильевналаахха олорбута. Онтон үөрэнэр дьиэтэ, КФЕН, чуп-чугас турара. Ол иһин маҥнай уопсайга олоро сылдьан аймахтарыгар үгүстүк ыалдьыттаан, устунан кинилэргэ көспүтэ.

Убайым маҥнайгы сылын үөрэнэн бүтэрэн кэлбитин кэннэ ахтылҕаммытын таһааран олус да өр кэпсэппиппит. Сайыҥҥы нуурал киэһэ чыычаах аймалҕана уурайан, кэҕэ этэрэ тохтоон, чуумпу уоскулаҥ бүрүүкээбит этэ. Убайым эттиин-сиинниин модьураан, куоластыын соноон, уҥуохтуун кытта үрдээн тупсубут көрүҥнэҥмитин өйдүүбүн. Мин ис санаабын, ахтыбыт иэйиибин тоҕо эрэ барытын кистии тутар этим. Ол да буоллар кэпсээммит бүппэккэ, хаһан да ирэ-хоро сэһэргэспэтэхтии сэһэргэспиппит. Убайым хайдах үөрэнэриттэн, устудьуон олоҕуттан саҕалаан, куорат олоҕун хас биирдии уратытыгар тиийэ барытын ырыппыппыт, санаабытын үллэстибиппит.

— Иркачок, онон устудьуоннуур диэн оскуола олоҕуттан быдан ыарахан эрээри олус интэриэһинэй. Киһи хайдах буолара барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.

— Оттон преподавателлэр төһө строгайдарый уонна хайдах үөрэтэллэрий?

— Учуутал курдук хас биирдии оҕону кытта ньээнкэлэспэттэр. «Үөрэнэ кэлбэт буоллаххына, баһаалыста үөрэнимэ, үөрэниэххин баҕараҕын – үөрэн”. Холобур, оскуолаҕа хас прогулгун барытын кэтии сылдьар буоллахтарына манна адьас атын дойду.

— Класснай руководитель диэбит курдук баар дуо? Кини кыһаммат да?

— Куратор диэн баар. Кылаас салайаччытыгар майгынныыр эрээри эмиэ уратылардаах. Уопсайынан, устудьуон адьас самостоятельнай буолуохтаах. Аскын-таҥаскын барытын бэйэҥ көрүнэҕин, харчыгын буоллаҕына харыстаан туттаҕын. Мин эдьиий Грунялаахха олорорум үчүгэй. Атын эбитэ буоллар аччыктаан да ыран да кэһэйбит буолуохтаах этим. Стипендиябыт кып-кыра, туохха да тиийбэт. Аны буоксаҕа сылдьар, хойукка диэри үөрэнэр буоламмын сэниэм наһаа баранар… – диэн кэпсээбитин өйдүүбүн.

Онон убайым устудьуон олоҕуттан быһа тардан сэһэргээбитин кэннэ, санаабар, хайдах эрэ чэпчэки соҕустук устудьуоннаан саҕалаабыт курдугум. Бэйэм талбыт үөрэхпэр, культура эйгэтигэр киирбитим. Юралыын сирдээх-халлаан курдук адьас ураты дьон буолан тахсыбыппыт. Мин киниэхэ холоотоххо олоҕу туох эрэ фантастика, остуоруйа курдук уобарастаан ылынар этим. Бэйэбин ханнык эрэ киинэ дуу кэпсээн дуу героинятын курдук көрөн, барыта үчүгэй буолуохтааҕын, мин эрэ тула олох хамныырыныы саныырым. Оттон убайым олоҕу хайдах баарынан, судургу соҕустук көрөрө.

Биирдэ эдьиийбит дьиэтигэр иккиэн чэйдии олорон мөккүстүбүт.

— Мин культура үөрэхпин бары таах сибиэ талаҥҥын, бостуой итинник идэни баһылаары гынаҕын дииллэр. Ол эрээри мин төттөрүтүн киэн туттабын, атыттар курдук айылҕаны алдьаппаппын, салгыны киртиппэппин. Дьону сэргэхситэр, талааннарын арыйар идэни баһылаары сылдьабын. Точнай науканы бары баһылаатахпытына, салгыммытын киртитэр эҥин араас оборудованиелары оҥордохпутуна сирбит эмсэҕэлиэҕэ, — диэн убайбынааҕар ордук үөрэҕи талбыт курдук дэтээри кэпсээччи киһи буоллум. Онуоха убайым ырааҕы одуулаан чочумча олоро түстэ, онтон мин диэки тобулу көрдө.

— Биһиги курдук точнай науканы баһылаабыт дьон баар буолан, салгын киртийэн, айылҕа алдьаммыта диэн балыйар сыыһа. Мин үөрэҕим сайдан истэҕин ахсын экологияны быыһыыр программа көмөтүнэн салгын ыраастыыр прибордары, проектары толкуйдаан таһаарыахпытын сөп. Оттон эһиги курдуктар ыллыы-туойа сылдьан оннугу кыайыаххыт суоҕа. Бааргыт үчүгэй эрээри, саҥа технологията суох син биир айылҕаны харыстыыр ыарахаттардаах буолуоҕа, — диэн Юра хардарбыта. Мин иннибин биэримээри уһуну-киэни толкуйдуу сатаан баран хотторон хаалбытым. Онон, кини санаата баһыйбыта.

Иккиэн устудьуоннуу сылдьан, биирдэ эмит көрсөн буолары-буолбаты кэпсэтэр этибит, туой уруккубут курдук дьээбэлэһэн, мөккүһэн ылааччыбыт. Көрсүспүт бириэмэбит даҕаны адьас аҕыйах курдуга. Кини актыбыыс быһыытынан, үөрэҕин таһынан буоксанан дьарыктанара, библиотекаҕа сылдьара уонна доҕотторун кытта алтыһара. Бириэмэбит иккиэммит көрсүһүүбүтүгэр адьас тиийбэт этэ. Ол да буоллар алтыспыт күммүт туох эрэ уратылаах, өйдөнүмтүө буолара.

Биир саас, маҕаһыыннары кэрийтэлээн баран, борук-сорук буолуута, билиҥҥи СВФУ, оччотооҕу судаарыстыбаннай университет, сүрүн корпуһун аттынан ааһан истибит. Убайым түргэн буолан кинини кытта сэргэстэһээри сүүрэр-сүүрбэт сиэлэн истим. Киһи эрэ буоллар убайбын ситэн, куотан, инним хоту түһүннүм. Чочумча буолаат тохтоотум, арай, киһим суох. Олус соһуйан кэннибин хайыһан көрбүтүм – тэйиччи соҕус хатыҥ мастар быыстарын өҥөйтөлөөн, чохчороҥноон үөмэ сылдьар, тугу эрэ көрдүүр курдук.

— Юра?! -диэн үөгүлээтим, онуоха Юра чугурус гына түстэ уонна соһуйбуттуу мин диэки чоҕулуйбут харахтарын туһаайда.

— Һуу, баар эбиккин дии! – сүрэҕин тутунна.

— Хайа миигин сүтэрэ сылдьаҕын дуо? Оттон эйиигин ситэн ааспытым дии, көрбөтөҕүн дуо?

— Оруобуна ол кэмҥэ мин кэннибин хайыспыппын быһыылаах… эйигин хараҕым далыттан сүтэрэн эҥин арааһы барытын толкуйдаатым, уоран ылбыттара да буолуо диэн санаан ыллым… хата киһини куттаатыҥ… – убайым миигин булан, мичээрдии-мичээрдии утары хааман кэлбитэ, —  кэбис, куттала бэрт, куһаҕан дьон баар да буоллахтарына көҥүлэ, эн иннибэр хаамп.

— Киһини күллэрэҥҥин, куорат килбэйэр киинигэр сылдьан ханна сүтэн хаалыахпыный?

— Билиҥҥи үйэҕэ араас дьон бааллар, бу хараҥаҕа, буолаары буолан хойуу мастар быыстарыгар, куһаҕан хара санаалаах дьон сиэртибэлэрин маныы олорор буолуохтарын сөп, ону биһиги хантан билиэхпитий?

Ити курдук, убайым барахсан мэлдьи харыстыыр-араҥаччылыыр, бүөбэйдиир майгылааҕа, кыраны-кыамматы аһынар чараас сүрэхтээҕэ, кырдаҕастарга да, элбэх суумкалаах дьахталларга да хаһан баҕарар миэстэтин туран биэрэр, көмөлөһө сатыыр ураты айылгылаах этэ.

Билэр кыргыттарым: «Убайыҥ – красавчик! Кыыстаах дуо?» — диэн хаста да ыйыта сылдьыбыттаахтара. Ама, кини ыраас сэбэрэтин, сырдыгынан сандаарыччы көрбүт арылхай харахтарын, модун таһаатын, халыҥ ньыгыл быччыҥнарын сөбүлүү көрбөт буолуохтарай? Ону ааһан сэмэй майгытынан, амарах сүрэҕинэн, үтүө санаатынан кимиэхэ да сирдэрбэтэ. Бу санаатахха саха уолугар кыыс эрэ умсугуйуох дьүһүннээх, олоҥхо бухатыырын курдук толуу-мааны көрүҥнээх этэ. Оскуолаҕа практикалана сырыттаҕына сиэбиттэн улахан кылаас кыргыттарыттан тапталга билиниилээх саппыыскалары булаттыыра, дьиэтигэр сотору-сотору нарын куоластаах кэрэ куолар эрийтэлииллэрэ. Ол эрэн убайым устудьуоннуур сылларыгар биир да кыыһы сүрэхтиин сөбүлээбэккэ, харахтыын таптаабакка аналын булбакка сылдьыбыта. Дьоммут санааларыгар кийиит кэлэрин кэтэһэр курдуктара.

Кыыс туһунан ыйытыыга:

— Үчүгэй кыыс суолбар көстө илик, тас көрүҥнэрэ үчүгэй кэрэ кыргыттар элбэхтэр эрээри миэхэ ол наадата суох. Кыыска сүрүнэ – сахалыы сэмэй майгыта, ис киирбэх тыла-өһө, ыраас туттунуута уонна хаһаайыстыбаннайа. Тас көрүҥ диэн көннөрү хах эрэ буоллаҕа, — диэн эппиэттиирэ. Мин кини идеалын билэн баран, оннук кыыһы убайым барахсан аны өтөрүнэн булбата буолуо диэн куттана саныыр этим. Сэмээр онно барсар кыргыттары көрдүүр курдук буолбутум.

Биирдэ мин үөрэхпэр омук тылын күнүгэр ырыата булан ыллаа диэбиттэригэр, фонограмма көрдүү диэн убайбар кэлбитим. Юра онно компьютер иннигэр олорон “Битлз”  бөлөх «Yesterday», Кранбериес «Zomby», Селин Дион «Титаник» ырыаларын музыкаларын була охсон биэрбитэ. Сатаан ыллаабатах өттүбүн кичэйэн үөрэппитэ,саҥабын-иҥэбин көннөрбүтэ. Кини көмөтүнэн куурсум чиэһин көмүскүүрбэр бэрт үчүгэй английскай ырыаны биир кыыстыын дуэттаан биһирэммиппит. Билиҥҥи кэмҥэ диэри Кранбериес «Зомби» ырыатын тылын нойосуус билэн, убайым үөрэппитин саныы-саныы кигинэйэн ыллыыбын.

Устудьуоннуур сыллар – кэрэ түгэннэр. Ол эрэн сындыыс сулустуу түргэнник ааһа охсубуттара. Мин үс сыллаах орто үөрэхпин, кини үрдүк үөрэҕин 2007 cыллаахха бүтэрбиппит. Иккиэн дипломнарбытын туппутунан дойдубутугар айаннаабыппыт. Таксига олорон эрэн инникитин тугунан дьарыгырыахтаахпытын туһунан сэлэстибит. Мин барыта чэпчэки буолуохтааҕын курдук:

— Куоракка киирэн көрдөөн көрүөм. Онтон эн?- диэтим.

Онуоха убайым арылхай хараҕынан ырааҕы одуулаан көрбүтэ. Чуумпутук олорбохтуу түспүтэ.  Онтон: «Мин Мурун Тыымпыйа оскуолатыгар информатика учууталынан киириэх буолбутум», — диэн чопчутук хардарбыта. Ити эппит тылын кини олоҕо бүтүөр диэри тутуһан сылдьыбыта. Уопсайынан Юра мэлдьи туох эрэ саҥаҕа үөрэнэ сылдьара, сонуну билбитин научнайдыы кэпсиир идэлээҕэ, ол иһин учуутал буолуохтааҕа эрдэттэн биллэр курдуга.

Дойдубутугар тиийиибитигэр дьоммут чугас аймахтарбытын кытта бырааһынньык остуолун тэрийэн көрсүбүттэрэ, эдьиийбит Акулина Васильевна Юраҕа ноутбук, оттон миэхэ харчы бэлэх биэрбитэ. Бары даҕаны олус үөрбүттэрэ, хайҕаабыттара,баҕа санааларын эппиттэрэ. Онон, дьэ, иккиэн үлэһит  дьон буолбуппут, олох киэҥ аартыга иннибитигэр этэ. Юра үлэлии барарыгар олус элбэх былааннааҕа, саҥаны олоххо киллэрэр санаалааҕа.

Юра маҥнайгы уонна тиһэх таптала

Юра маҥнайгы улахан таптала – Катя… Оо, төһөлөөх уйан сүрэхтэн тахсыбыт кэрэ тыллары, ырыа намыын матыыбын, истиҥ иэйиитин арыллыытын киниэхэ анаабыта буолуой?.. Икки сүрэх икки ардыгар дьиҥнээх таптал уота кутаалыы умайбыта, сир сириэдийэн тупсубучча, мэндээрбит халлаан үрдээбиччэ курдук буолбут эриэккэс күннэрэ үүммүттэрэ.

Мин оччолорго Хаҥаласка иккис Дьөппөҥҥө үлэлии сылдьарым. Дьоммун кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэрбэр: «Юрка дьиэтигэр адьас кэлбэт, кыыстанан кэлэрэ-барара аҕыйаан хаалла, өйө-санаата барыта Катя буолан баран сылдьар»,  — дииллэрин истэн испэр олус үөрэрим. Убайым сотору элбэх ыалдьыттаах, мааны остуоллаах улахан уруу тэрийиэҕин харахпар оҥорон көрөрүм.

Балтараа сыл үлэлээн баран дойдубар төннүбүтүм кэннэ, кыракый балтыбыт Марианна төрөөбүт күнүгэр Юра Катялыын кэлбиттэрэ. Буспут моонньоҕон курдук хап-харанан тэрбэччи көрбүт номоҕон сирэйдээх кыыһы сиэтэн киллэрбитэ. Ус киэһэни быһа саһыгыраччы күлэн ыла-ыла бэйэлэрин икки ардыларыгар ботур-итир эйэҕэстик кэпсэтэ сылдьыбыттара. Катяны «Чыычаах» эрэ диэн ыҥырара, тэриэлкэтигэр аһын кутан, сонун устан, миэстэтин туран биэрэрэ, быһатын эттэххэ, дьиҥнээх кавалер курдук быһыыламмыта.  Дьэ, онно убайым таптыыр доҕоругар ураты истиҥ сыһыанын илэ харахпынан көрбүтүм, эт кулгаахпынан истибитим.

Юра суох буолбутун кэннэ Катя киниттэн ыарахан хаалбыта. Оо, төһөлөөх элбэх харах уутун тоҕон, инчэҕэй сыттыктаах ыар нүһэр түүннэр ааспыттара буолуой?.. Арай, тулалыыр эйгэ барытын мэлдьэспиттии олох устун хааман иһэр курдуга даҕаны, Катя үйэ саас тухары тапталлаах доҕорун сүтэрбит аһыытын аны умнубат буоллаҕа. Эдэр киһи бачча ыарахан сүтүгү нэһиилэ уйунан, тоҕус ыйы быһа сүрэҕин анныгар убайым оҕотун илдьэ сылдьан үүт-үкчү аҕатын курдук кыысчааны күн сирин көрдөрбүтэ.

Бу кинигэни таһаарарбар ахтыы көрдөспүппэр: «Сатаан суруйбатым буолуо…» — диэхтээбитэ. Онон, убайым суох буолбут сайыныгар, баҕар хаһан эмит киинэ устуохтара диэн санааттан сценарий суруйарга санаммытым. Ол күннэргэ Катялыын ирэ-хоро кэпсэтэн, кинилэр хайдах билсиспиттэрин, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара хайдаҕын туһунан туоһуласпытым. Онтукабын диктофоҥҥа устубутум, сороҕун эт кулгаахпынан эрэ истибитим, онон, кэпсэтиибит сорох өттүн кылгатан, атынын киэргэтэн, тупсаран суруйабын.

Катя кэпсээниттэн

 2009 сыллаахха күһүөрү мин маҕаһыыҥҥа үлэлиир этим. Үлэлиир сирбиттэн арыый чугас баар Куохара ырыынагар төлөпүөммэр харчы угаары тахсар этим.  Онно дьүөгэбэр билэр кыыспыт Настя (аата уларытылынна) кэлэн сэлэһэн, кэпсэтэн, барар үгэстээҕэ. Сотору соҕус буолан баран Настятөлөпүөнүнэн кими эрэ дьээбэлиирин биллибит. Ханнык уолун ыйыталаспыппытыгар, Мурун оскуолатыгар үлэлиир эдэр учуутал диэбитэ. Ону мин эмиэ үөннэниэхпин сананан ол уол төлөпүөнүн нүөмэрин көрдөөбүппэр, Настя кыккыраччы аккаастаан кэбиспитэ. Мин, үөнүм батарбакка, ол уол нүөмэрин дьүөгэбиттэн булан ыллым: кини суотабайыттан Настя эрийэ сылдьыбыт буолан нүөмэрэ хаалбыт этэ. Ону мин сурунан ылан, дьээбэрэн ол уолга  смс-тары ыытарга санаммытым.

Киэһэ, ороммор оҥостон олорон, смс-тааччы буоллум: «Уол, билсэбит дуо?» — диэн ыыттым. Сотору буолаат Юра киниэхэ: “Билсиэххэ,” – диэбит. Бастаан сымыйа аатынан билсэн, улам-улам кини миэхэ төлөпүөммэр сурук ыытарын күндү бэлэх курдук кэтэһэр буолбутум. Хас эмэ күнү быһа суругунан эрэ буолбакка саҥаран эмиэ кэпсэттибит. Тоҕо эрэ кинини кытта сэлэһэр миэхэ чэпчэкитик бэриллэрэ, улахан кэпсэтэр темабыт суох курдуга эрээри чааһы быһа сэһэргэспиппит эрэ баар буолааччы. Онтон сотору буолаат, миигин холоонноох доҕорун курдук оҥостубуттуу “Чыычаах” диэн тыллаах смс-тары ыытаталыыр буолбута.

Биир күн дьэ көрсүһүөх буоллубут. Оруобуна үҥкүү киэһэтэ этэ. Юра биэчэр бүппүтүн кэннэ дьиэбиттэн таҕыстым диэн эрийбитигэр мин хайдах эрэ долгуйан хаалбытым. Ол иһин куотунаммын кыргыттарбын кытта түргэнник дьиэбит диэки саһа-саһа хааман испиппит. Ол кэмҥэ Юра сотору-сотору эрийтэлээн эбии ууга-хаарга түһэрдэ. Онтукабыт баара киһибит хайы-сах адьас чугас кэлбит этэ.

Арай, борук-сорук быыһыгар маҥан ыттаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх үрдүк уол хааман иһэр эбит. Долгуйаммын саҥабыттан матан турдум. Киһибит субу чугаһаабытыгар Таня диэн кыыспыт кинини фонаригынан тыктаран баран: “Эн Юра диэҥҥин дуо? Кэпсэтэр кыыһын бу аттыбар турар, чэ, кэпсэтиҥ” – диэтэ. Мин халлааҥҥа көтүөхпүн кыната суох, сиргэ тимириэхпин уһуга суох буолан хааллым, саҥабыттан маттым. Ыллым даҕаны балыыһа алааһынан быһалыы дьиэм диэки хаама турдум. Киһим кэннибиттэн батыһан кэлбитэ. Хайыахпыный, бачча ыраах кэлбит киһини үүрбэт буоллаҕым, ол иһин таһырдьа өөр да өр кэпсэппиппит. Тоҥон баран иһирдьэ киирбиппит. Юра дьиэлээри гыммытын наһаа хойут буолбутун иһин уонна аны онно-манна түбэһиэ диэн санааттан дьиэбэр хоннорбутум. Туох да дии санаама, онно кини миэхэ харыс да сири чугаһаабатаҕа. Кинини туспа тэллэххэ утуппуппут. Оччолорго балтыбынаан Танялыын иккиэн эрэ олорор этибит.

Сарсыҥҥы күнүгэр дьиэлиэн иннинэ иэдэспиттэн сылаастык сыллаан ылбыта. Онно хайдах эрэ аны кинитэ суох олоруо суоҕум курдук санаалар, дьикти иэйиилэр киирбиттэрэ. Аны Юрам ити кэнниттэн икки күн сүтэн хаалла, эрийбэт да, смс да ыыппат. Мин дьэ хайыыр эбит диэн испэр кэтэһэн көрбүтүм, үһүс күнүгэр биирдэ биллибитэ. Пахай, миигин сөбүлээбэтэх быһыылаах диэн саныы сырыттахпына эрийэн баран: «Ыраах сиргэ табаарыспын кытта бултаан кэллим. Байанайбыт бүүчээн биэрдэ. Миигин сүтэрдиҥ аҕай дуу?» — диэбитигэр олус да үөрбүтүм.

Бу күн кэнниттэн көрсөр түгэммит, кэпсэтэр кэммит элбээн эн-мин дэсиһэн сылдьар буолбуппут. Массыынанан хатааһылыы тахсарбыт, оно-манна дьаарбайан, дэриэбинэлэргэ билэр дьоммутугар күүлэйдээн кэлэрбит. Кинитэ суох олоҕум табыллыа суоҕун курдук буолбута. 2010 сыл үүнүүтүн Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньыгар аан маҥнайгынан, оруобуна уон икки чаас буолбутун кэннэ миэхэ эрийбитэ.

— Чыычаах, Саҥа Дьылынан эҕэрдэлиибин, аан маҥнайгынан эйиэхэ эрийдим…  — диэхтээбитэ.

Саҥа Дьыл киэһэ мин эмиэ дьүөгэлэрбин кытта биэчэргэ барбытым, онно Юра миэхэ кэһиилээх кэлбитэ. Бытаан үҥкүүнү биири да көтүппэккэ үҥкүүлээбиппит.  Арба киирэр ааҥҥа биир Юраны эккирэтэр кыыс турбута. “Привет Юра”, — диэн иһэн миигин көрөн баран тохтоон хаалбыта. Онуоха уолум «бу мин таптыыр кыыстаахпын” диэн киэн туттубуттуу илиибиттэн сиэтэн ылбыта уонна иһирдьэ киллэрбитэ. Аны үҥкүүлүүр саалаҕа, мин кыргыттарбар бара сылдьыбыт кэммэр, эмиэ Юраны уруккаттан сөбүлүүр атын кыыс тиийэн кэлбит үһү уонна: «Кимниин сылдьаҕыный ити?!» — диэн ыйыппыт. Онуоха уолум: «Кыыстаахпын, эйиигин мин таптаабаппын, баһаалыста миигин эккирэтимэ», — диэн хардарбыт. Онон, былдьаһыкка сылдьар уолланан хаалбыппын бэйэм да сөҕөн хаалбытым. Ол күнтэн ылата, мин кинини таптыырым күнтэн күн күүһүрэн-уоҕуран испитэ. Кини даҕаны:«Чыычаах, эйигинэ суох олоҕум суох, эйигин олус даҕаны таптыыбын», — диэн ис сүрэҕиттэн тахсар тыллары хаста да этэрэ, сахалыы уустаан-ураннаан элбэҕи да суруйан ыытара.

Ол сыл сайын үүммүтүн кэннэ Юра массыынатынан дьоммун кытта билиһиннэрэ диэн Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигитигэр туруммуппут. Бэрт уһуннук, онно-манна тохтоон ыла-ыла, айаннаан тиийбиппит. Ийэлээх аҕабын, бииргэ төрөөбүттэрбин кытта билиһиннэрэ таарыйа бары дэриэбинэ ыһыаҕар сылдьыбыппыт. Олус да кэрэ күннэр онно ааспыттара. Сөтүөлээн, айылҕаҕа күүлэйдээн, массыынанан сири-уоту кэрийэн аххан биэрбиппит. Өссө уһуннук сылдьыаҕын Чурапчыга дьоно оттуу ыҥырбыттара. Мин тиийбиппин кэннэ иккиэн эрэ тыаҕа отоннуу, тэллэйдии тахсар этибит, ол быыһыгар Мындаҕаайыга сөтүөлээн кэлэрбит.

Күн-дьыл ааһан номнуо күһүн буолбутун кэннэ иккиэн бииргэ олорор буолбуппут. Арыт Юра дьиэтигэр сылдьан кэлэрэ, сарсыарда эрдэ туран оскуолатыгар үлэлии барара. Эдэр ыал курдук ньир-бааччы олох олорон испиппит. 2011 cылы биһиги дьиэбитигэр ылбыппыт, ас бөҕөтүн астаабыппыт, бэйэ-бэйэбитигэр бэлэх бэрсибиппит. Эмиэ буоларын курдук кулуупка үҥкүүлүү барбыппыт.

Иккиэн олорор кэммитигэр арыт ардыгар төбөтө ыалдьан ылар этэ. Ону биһиги эдэр дьон улахаҥҥа уурбакка эмп-том көмөтүнэн ыарыыны мүлүрүтэрбитин эрэ билэр этибит. Биһиги ыарахан ыарыы эдэр киһини буулуо диэн санаабат да этибит.

2011 cыл муус устар 10 күнүгэр, cарсыарда аһылык иннинэ хаста да даҕаны гиряны көтөхпүтэ. Онтон аһаан баран, ас тарҕата сытан, эмискэ ыалдьан, хотуолаан, таттаран киирэн барбытыгар куттанан, уолуйан суһал көмөнү ыҥыра охсубутум. Инсуллаан реанимацияҕа киирбитин кэннэ утуйбат да аһаабат да буола сылдьыбытым. Ол күннэргэ аны ыарахан буолбуппун билбитим. Эппэрээсийэлэнэн баран тахсыбытын кэннэ тоҕо эрэ инникибитин саныыр идэлэммиппит.

Юра: «2012 сылы оҕобутунаан үһүөн көрсүөхпүт, ол сыл сайыныгар онно-манна сылдьыахпыт, барыта наһаа үчүгэй буолуо», — диэн ыра санаатын кэпсиирэ. Ону баара…

Чурапчыга куһаҕан буолуон нэдиэлэ баарына кинини суотабай видеотугар устубутум.

Онно Юра: «Аан Дойду дьоно бары дьоллоох буолуҥ… ийэбэр привет… Чыычаах, мин эйиигин олус күүскэ таптыыбын…»- диэбитэ…

Чыычаах куһаҕан буолбута, тулалыыр эйгэ суолтатын сүтэрбитэ. Ол кэмҥэ, хаста да түүлбэр кэлэрэ, хас түүн ахсын көрөр буолбутум. Онно эҥин арааһы барытын кэпсэтэрбит, туой куустуһан, сыллаһан ахтылҕаммытын таһаарарбыт.

Арай, биир түүлбэр Юра киэҥ ып-ыраас хонуунан хааман иһэн миэхэ утары кэлэр.

— Чыычаах, мин билигин сэттис халлааҥҥа баарбын, Саҥа Дьылга көрсүһүөхпүт. Онно хайаан даҕаны эйиэхэ тиийиэм…

— Юраа, оттон онно хайдах көрсүөхпүтүй?

— Итэҕэй, син-биир көрсүөхпүт.

— Оттон эн билигин тугу гына сылдьаҕын?

— Чыычаах, ол халлааҥҥа миигин онно-манна кытыннараары сылдьаллар. Концерт буолуохтаах, онно мин ыллыахтаахпын, ону-маны гыныахтаахпын.

— Юраа, оттон ол сэттис халлааныҥ ханна баарый?

— Оол турар, — диэн баран ыраах баҕайы көстөр дэриэбинэни көрдөрбүтэ.

Мин соһуйан уһуктан кэлбитим. Ити түүлбүн олус чуолкайдык өйдөөн хаалбытым…”

Катя барахсан ити курдук ахтыытын түмүктээбитэ. Кини кэпсээн бүтэн баран чуумпуран олорбута. Чох курдук хара харахтара урукку чаҕылларын сүтэрэн  мунчаарбыт, хараастыбыт көрүҥнээхтэрэ. Олус дириҥник өрө тыыммыта уонна Юра мичээрдээн олорор хаартыскатын өр одуулаабыта. Күөмэйигэр хомуоктанан саҥата-иҥэтэ иһийбитэ, хараҕыттан ып-ыраас уу «мөл» гынан таммалаабытыгар  олус да диэн аһына санаабытым, ытыахча курдук буолан ылбытым… Аны кини кэлбэт, модун илиитинэн  тапталлааҕын ириэрбэт, сылаастык уураан ылбат, кыыс оҕотун көтөхпөт буоллаҕа…

Юра тыыннаах сылдьан Катяҕа анаан Биттлз группа «Yesterday» диэн ырыа матыыбыгар тыл толкуйдаан, ыллаан уһултарбыта. Ол тыллара маннык:

“Чыычааҕыам, ахта олорон бүгүн бу мин,

Суруйдум эйиэхэ анаабыт

Истиҥ иэйии ырыа тылын.

Көмүһүөм, эйиигин олуһун санааммын,

Хара харахтаргын суохтааммын,

Таптыырым  күүһэ күүһүрэр.

Эн мин сүрэҕим аҥара буолаҥҥын,

Эн мин олоҕум салҕыыта буолаҕын.

Чыычааҕыам, таптыыбын эйиигин күүскэ мин,

Таптыаҕым олоҕун тухары,

Кэрэ нарын мин сибэкким.

Эн мин сүрэҕим аҥара буолаҥҥын,

Эн мин олоҕум салҕыыта буолаҕын.

Чыычааҕыам, эйиигин олуһун суохтаатым,

Минньигэс уостаргын аҕынным

Ахтар-саныыр мин доҕоруом,

Ахтар-саныыр мин доҕоруом.”

Юра дьонугар кийиит аҕалбыт күнэ

«Ыраас халлааҥҥа этиҥ этиитэ»

Юра Катятын билиһиннэрэ аҕалбыт күнүгэр убайым миигин оройбуттан сыллаан ылбыта. Мин тугу эрэ кэпсии олорор киһи муодарҕаан саҥабыттан матан хаалбытым уонна ыйытардыы кини диэки көрбүтүм. Хаһан даҕаны кини миигин итинник атаахтатан убайдыы сыллаабытын өйдөөбөппүн. Онуоха Юра төбөбүттэн имэрийэн ылбыта уонна: «Аадьыгырык,» — диэбитэ. Бу санаатахха, кинини кытта доруобай сылдьарын кэмигэр бүтэһик көрсүһүүбүт эбит.

Ити күн кэнниттэн мин куоракка үлэлии тахсыбытым, онно убайбын кытта аҕыйахта төлөпүөнүнэн күннээҕини кэпсэтэн баран тохтообуппут. Арай, саас муус устарга үлэлии турдахпына ийэм эрийэн баран: «Убайын инсуллаата, Чурапчыга кэл, мин кинини ыарыылыы куоракка вертолетунан тахсар буоллум!», — диэбитигэр сүрэҕим хайда сыспыта. Бу иннинэ икки сыллааҕыта ийэм бииргэ төрөөбүт балтыта Дария Радомировна маннык ыарыыттан суох буолбутун саныы түстүм. Туох эрэ салгыммын хаайбыта, тулам барыта хараҥара түспүтэ, дьон саҥата ыраатан хаалбыта, онтон бэйэм марылаччы ытыахпын эрэ баҕарбытым. Суһаллык хотуммуттан көҥүллэтээт Чурапчыга туруммутум.

Тиийээт да дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөр, балтыларбын көрөр-истэр аакка барбытым. Аҕам барахсан мунаахсыйбыт көрүҥнэммит этэ. Бу күннэргэ убайым олох олороору тыын былдьаһа сытара. Сыалай уонтан тахса хонугу быһа эппэрээсийэтэ суох төбөтүн тымыра быһа баран сыппыта, икки атахтаах уйунуо суох алдьархайдаах ыарыытын тулуйбута. Ол кэнниттэн ыарахан эппэрээһийэни ааспыта, тэһэ барбыт тымырыгар «клипирование» оҥорбуттара. Барыта этэҥҥэ ааспыта. Ол эрэн, өссө икки тымыр быһа бараары сылдьарын биһиэхэ быраастар сэрэппиттэрэ. Аныгы компьютернай томограмма көмөтүнэн аневризмалара ханан баалларын эппиттэрэ. Аны өссө иккис эппэрээһийэҕэ бэлэм буолуохтааҕа, онуоха диэри кини оронтон сэдэхтик туруохтаах, хаамыа суохтаах, сорох аһы, утаҕы иһиэ-амсайыа суохтаах этэ.

Ыам ыйыгар биһиги куортамнаан олорор кыбартыырабытыгар Юра эппэрээһийэлэнэн баран тахсыбыта. Кинини ыарыылыы ийэм олорсубута, оттон мин оруобуна кэтэхтэн үөрэнэр кэмнэрим үүммүттэрэ. Убайым онно миигин кытта бүтэһигин көрсүбүтэ. Манна хаал диэн көрдөспүппүтүн адьас буолуммакка, икки ыйы быһа балыыһа түөрт истиэнэтин одуулаан сыппыт киһи Чурапчытын чэбдик салгынын, күөх кырдалын, чараҥын суохтаан эдьиийдээхпитин кытта дойдутугар туруммута. Барыан иннинэ миэхэ илиитин ууммута уонна сүр кытаанахтык хам туппахтаан баран: «Чэ, Иркачуок, пока…» — диэхтээбитэ. Миэхэ бу түгэҥҥэ кинини ыытыахпын баҕарбат санаа киирбитэ. Хайыахпытый, былааннаммыт айан олоххо киирбитэ. Айаннаан иһэн аара суолга массыыналара алдьанан Чурапчыга өр буолан баран тиийбиттэрэ. Кинини туох эрэ ыытымаары гыммыт курдук буолбут этэ. Ааспыт ааспытынан эрээри, оччолорго барытын өтө билбиппит буоллар, Юрабытын куоракка хаалларыахтаах этибит…

Самаан сайын силигилээн, ыһыах күнэ чугаһаан бары даҕаны туох да куһаҕаны кэтэспэккэ сырыттахпытына дьулаан сурах биһиги аймаҕы супту көппүтэ. Убайым аны хаһан да төннүбэттии хараҕын ооккотун саппыта, сэттэ күн өйө-төйө суох сытан сырдык тыына быстаахтаабыта…

Мин Юрам сууллуон иннинээҕи күн миигинниин төлөпүөнүнэн кэпсэппитэ. Ол күнү хаһан да умнубаппын, санаабын-онообун хам баттаабытын төлө ыытардыы «Тиһэх кэпсэтии» диэн кинилиин бүтэһигин кэпсэппит күммэр анаан олохтон арыый уларытыллыбыт кырдьык кэпсээни суруйбутум. Ону салҕыы аллараа ааҕыҥ.

Тиһэх кэпсэтии

(чахчыга олоҕурбут кэпсээн)

Саргылаах самаан сайын кэрэ бэйэтэ, чээлэй күөх ойуур мааны таһаата, чочуллан оҥоһуллубут курдук төгүрүк алаастар эриэккэс көстүүлэрэ матассыыкылынан айаннаан иһэркиһиэхэ өссө эбии умсугутуулаахтык хараҕы сымнаталлар, куту-сүрү уоскутар курдуктар.

Мин хараҕым далыгар сурулаан ааһар айылҕа соторутааҕыта эрэ симэммит чээлэй күөҕүн кэтии-маныы олорон, хайдах эрэ инникини санааммын хараастан кэллим. Биһиги, киһи-аймах, бу Ийэ Сирбит киэҥ дуолугар олорон төһөлөөх маннык үтүө-мааны бэйэлээх айылҕа сорҕотун алдьаппыппыт, чиргэл мастарын кэрдибиппит, буорун тиэрэ-маары хастарбыппыт буолуой?

Матассыыкылбытынан дьиэ олбуорун иннигэр субу тиийэн кэллибит.

«Дьэ кэллибит», — диэтэ кэргэним.

«Һуу, лууктаах суумкаларбытын хостуу охсуохха», — дии-диибин  матассыыкыл кэлин багааһынньыгыттан суумкалары хостоотубут.  Бу кэмҥэ утары кэргэним ийэтэ биһигини үөрэ көрүстэ.

«Хайа, луук төһө элбэх эбитий?» — диэтэ.

«Син баар», — диэн өссө да элбэҕи кэпсээри оҥостон аан кирилиэһигэр олорооппун кытары суотабай төлөпүөнүм тыаһаан аралдьытан кэбистэ. Бу кэмҥэ дьонум дьиэҕэ киирдилэр.

Ылан көрбүтүм, бииргэ төрөөбүт убайым мин хонууга сылдьыбыт кэммэр букатын уончата эрийэ сылдьыбыт эбит. Хайдах эрэ дьиксинэ санааммын дуу, хайдах дуу сүрэҕим өрө мөхсөн ылла. Бу кэмҥэ убайым дойдутугар баар этэ. Аҕыйах ыйдааҕыта төбөтүгэр хаан туран, мөлтөөн, куораттааҕы реанимацияҕа киирбитэ, эппэрээсийэлэммитэ. Балыыһаттан тахсан баран, билигин дьонугар сытара.

Төлөппүөммүн ылан убайым нүөмэригэр эрийдим. Онтукам кимниин эрэ кэпсэтэ олорор эбит. Чэ, кэлин кэпсэтэр инибин дии санаан күүлэҕэ киирэн истэхпинэ,эмискэ төлөпүөнүм тылыгыраан тыаһаабытыгар, илиибиттэн ыһыктан суотабайбын күөх окко түһэрэн кэбистим. Ылан көрбүтүм, убайым эрийэр эбит. Мин олус үөрдүм, ис-испиттэн сүргэм көтөҕүлүннэ.

— Убаай, пирибиэт!!

— “Дорообо Иркачуок!” — убайым Юра, киһи дьиксиниэҕин иһин, сэниэтэ суох куолаһынан сөҥнүк саҥарда.

—  Хайа? Доруобуйаҥ хайдаҕый?

«Кэминэн курдук, эн туох сонуннааххын?..» — Юраөрө тыынан ылаахтаан, салгыны эҕирийэрэ төлөпүөн нөҥүө иһилиннэ.

— Улахан сонун суох. Бу лууктаан кэллим. Манна айылҕата олус кэрэ эбит ээ.

— Кимниин баран кэллин, Алешалыын дуо?

— Оннук, Алешалыын. Дьэ, оттон эн туох сонуннааххын?

«Миэхэ суох курдук…» — убайым өссө төгүл өрө тыынан ылла.

— Хайа, туох ааттаах өрө тыынныҥ?

— Ээ, чуҥкуйдум аҕай. Тугу да гынарым суох.

— Кинигэ ааҕыаххын, телевизор көрүөххүн.

— Барытын гынным. Ол гынан баран, син-биир тугум эрэ тиийбэт курдук…

— Ол аата хайдах?

— Урут барытын интириэһиргиир бэйэм, хайдах эрэ дьиэҕэ олорон тэһийбэтим. Ол иһин…

— Ол иһин?

— Ол иһин… ааспыкка бултуурбун,айылҕаҕа сылдьарбын ахтан кэлэн, ыппын кытта чугастааҕы алааска дьаарбайан кэллим…

«Хайдах буола сылдьаҕын?!» — мин киниэхэ хаамар көҥүллэммэтин билэр буоламмын, мөҕүөх санаам киирдэ.

—  Балтым барахсан, эн миигин мөҕүмэ… айылҕа миигин хайдах эрэ бэйэтигэр ыҥырар дуу, умсугутар дуу курдук этэ. Бара сылдьыахпын олус баҕарбытым… ол иһин булчут ыппын кытары чугастааҕы, били Абаҕа алааһыгар баран кэллим… Онно тиийэн айылҕабын дьэ көрдүм. Сытан эрэ үрдүк халлааны одуулаатым… били куоракка балыыһаҕа сытан түүлбэр эрэ көрөр этим, маннык сылдьарбын… онтон билигин, бу илэ баран кэлэммин дьэ уоскуйдум… Ытым барахсан күөлүгэр син өр харбаан таҕыста.  Хаарыаны, мин эмиэ сөтүөлүү, умса киирэрим буоллар диэн ымсыыран, көрөн баран олордум…

Юраөссө төгүл өрө тыынна. Хаһан да маннык санаатын кэпсээбэт бэйэтэ, уу сахалыы тылынан этэн-тыынан барбытыгар дьиктиргээн да, соһуйан да төлөпүөммүн тутан олорон кэпсээнин түмүктүөр диэри истэн, тэлгэһэ күөх отугар олордум. Убайым кыратык тохтуу түһэн баран кэпсээнин салҕаата.

— Иркачуок, ити мин Катябын кытта биир тылы булан дьүөгэлэһээр эрэ. Арба бүгүн киниэхэ барыахтаахпын. Аата үчүгэйин… Эн билигин кэргэҥҥин кытта төһө баҕар, ханна баҕар көҥүл күүлэйдээн, көччүйэн кэлиэххитин син буоллаҕа дии. Оттон мин, доруобуйам көҥүллээбэт буолан, дьиэ иһиттэн мэнээк быкпаппын… Эчи үчүгэйин, киһи доруобай сылдьан санаабытын барытын онорор этэ. Сотторбун ыллым да, чугастааҕы күөлгэ, үрэххэ сөтүөлүү ыстанарым. Катябын сиэппитинэн сир аһын хомуйа, дьаарбайа барарбыт… Аны инник хаһан да буолуо суоҕун курдук… Хаһан иккис эппэрээсийэбин аһарда охсон, хаһан аныгыс ый түмүгэ буола охсорун кэтэһэбин… Бэйэбин килиэккэҕэ хаайтарбыт көҥүл чыычаах курдук сананабын… Билигин мин ыллым даҕаны, алаастары уҥуордаан спортсмен курдук сүүрэ барыахпын баҕарабын…    Ол иһин, адьас тулуйбакка, Абаҕа алааһыгар баран кэллим…

— Юра, аны ити курдук ыраата ханна даҕаны барыма. Доруобуйаҥ эппэрээсийэ кэнниттэн чөлүгэр түстэҕинэ, барыта аастаҕына биирдэ эрэ барар кыахтанаҕын. Онон өссө даҕаны, баара-суоҕа биир ый тулуйарыҥ хаалла…

— Балтыкааным барахсан… эн уһун кэмҥэ дьиэттэн быкпакка, ол иннинэ балыыһа таас истиэнэлэриттэн ураты тугу да билбэккэ сытар эдэр киһиэхэ төһөлөөх куһаҕанын билбэт буоллаҕыҥ… Мин эрдэ куруутун барар-кэлэр, сүүрэр-көтөр, мэлдьи хамсана сылдьар актыыбынай киһи этим… Онно, балыыһаҕа сытан, куруук бултуурбун, доҕотторбун кытары массыынанан тиэллэн, хоно-өрүү диэн ыраах кэрэ айылҕалаах сирдэргэ баран кэлэрбин олус ахтар этим. Оттон билигин, саатар бу дьиэбэр олороммун, таһырдьа өҥөс гынарым нэһиилэ эрэ көҥүллэнэр.

— Ити барыта бэйэҥ доруобуйаҥ туһугар буоллаҕа дии, — мин убайым тыына-быара хаайтарбытын уоскутан саҥардым.

— Онон, Ира, муус доруобуйалаах эрдэххинэ онно-манна сылдьан, айылҕаҕа даарбайаҥ хаал. Эн курдук көҥүл эбитим буоллар хас күн ахсын айылҕаҕа тахсан, саатар сир астыам этэ… Доруобуйаҥ баарын тухары сүүрэ-көтө, олоххор ситиһиитэ оҥоро сырыт… Мин, чөл эрэ буолларбын, Катябын кытта массыынанан Аммаҕа, Хаҥаласка баран кэлиэм… Чэ, кыаллыбаты санаа-оноо оҥостон бүтүүм. Хата бу, ийэм аах кэллилэр, сакаастаабыт суокпун атыыласпыттара буолуо… Чэ, Иркачуок, этэҥҥэ сырыт! Алешаҕын кытта мээнэ кыыһырсыма… — убайым Юра кэпсээни түмүктээт да төлөпүөнү ууран кэбистэ…

… Ити түгэн кэнниттэн биир күн ааста. Сарсыарда  түннүк нөҥүө күн кылайа ойон дьиэ ис бараанын биллэ сырдаппыта. Чэй өрөн, остуолга ас бэлэмнээтим. Бу кэмҥэ эмиэ төлөпүөнүм тылыр гына тыаһаата, ылан көрбүтүм ийэм эрийэр эбит…

— Алуо! Мамуо, дорообо!

— Ира… — ийэм ытаары гыммыт курдук соччото суох куолаһын истэн, сүрэҕим өрө мөхсө түстэ, — Ира, убайыҥ бүгүн сарсыарда комаҕа киирдэ…

Мин куһаҕан сонуну истиэхпин баҕарымына төлөпүөнү ылан ууран кэбистим. Барар-кэлэр сирбин билбэккэ, таһырдьа сүүрэн таҕыстым. Ып-ыраас, үрдүк мэндээрбит халлааны өр одуулаан туран, санаам күүһүнэн, Үрдүк Айыылартан убайым этэҥҥэ буоларын туһунан көрдөстүм. Син өр турдум. Уу-чуумпу. Арай, чыычаах кэрэ ырыата  туох да буолбатаҕын курдук чуумпуну уйгуурдар.

… Бу кэннэ өссө сэттэ хонук буолан баран, биир ийэттэн иитиллэн, биир аҕаттан айыллан үөскээбит баар-суох соҕотох убайым бу олохтон букатыннаахтык барбыта. Ол күн биһигини билбэт дьон бары сахалыы таҥас таҥнан, маанымсыйан-киэргэнэн ыһыахтыы киирбиттэрэ. Үрүҥ Күн барытын мэлдьэспиттии чаҕылыччы тыган, киһи көлөһүнэ тохтор куйаас күнэ үүммүтэ… Ол эрэн, ити барыта биһиги кутурҕаннаах тиэргэммитин таарыйбакка, биһигини эрэ тумнан ааспыт курдуга…

Бу күн, убайбын кытта тиһэх кэпсэтиибитин дьэ өйдөөн-санаан кэлбитим. Кини хайдах буолуоҕун эрдэттэн билбит курдук, ол күн, барыларын кытта кэпсэтэ-ипсэтэ сатаабыт этэ. Оттон саамай маҥнайгынан, миэхэ, ыраах олорор балтытыгар хаста да эрийэ сылдьыбытын түмүгэр, мин истэн абыраабатахпын. Ол күн, баҕар, мин луук хомуйа барбатаҕым буоллар, убайбын кытта син өр кэпсэтиэхпит эбитэ буолуо, кини кэриэс тылларын өссө да элбэҕи этиэхтээҕин саныы-саныыбын олус да хараастабын,  туох эрэ улахан соругу ситэри толорботох курдуктуу, сүрэхпэр оспот баас  иҥэн хаалбыт… “Этэҥҥэ сырыт…” – диэн эппит тиһэх тыллара кулгаахпар субу-субу иһиллэр курдук.

Ираида Коркина 

Маҥнайгы үөрэнээччилэрин кытта. Төлөйге учуутал быраактыкатын бара сылдьан, 2006 с.

Юрийга анаммыт бар-дьонун ахтыылара

Төрөппүттэргэ сүрэх бааһа

 Мин бу ахтыыны таһаарарым туһунан ийэлээх аҕабар сэмээр этэн көрбүтүм. Ол эрэн, кинилэр убайбыт туһунан ону-маны ахтан суруйдахтарына уйаҥ дууһалара хаанынан ытыырын курдаттыы билэр буоламмын “ахтыыта суруйуҥ” диэн ыххайбатаҕым. Хайдах да диэбит иһин, кинилэр төрөппүт уолларын саамай күндүтүк саныыллар. Ахтыы тыла да суох ийэлээх аҕабыт дууһалара туоххаһыйарын, сүрэхтэрэ ытыырын курдаттыы билэн олордоҕум.

Убайым аҕабытыгар Фёдор Васильевичка саамай тутаах көмөлөһөөччүтэ этэ, дьиэ ис-тас үлэтэ, хаһаайыстыба, мас-муус дьыалата кинитэ суох табыллыбата. Кылгас олоҕу олорон ааспытыттан сүүрбэ сыл тухары сайыннары от оттоон тахсыбыта, ханнык да лааҕырдарга сынньамматаҕа, соҕуруу да дойдуга бара сылдьыбатаҕа. Оттон ийэм Юраҕа эмиэ ордук чугас этэ, кини бииргэ төрөөбүттэрэ уонна атын оҕолоро эмиэ кыргыттар буолан соҕотох уолугар улахан болҕомтотун уурара, күнэ-ыйа барыта киниттэн тахсара.

“Мин сүрэхпэр дириҥ баастаах киһи…” диэн тыллартан саҕаланар ийэбит Анна Радомировна «Кыым» хаһыакка ыыппыт суруга тахсыбыта. Ийэ киһиэхэ төрөппүт оҕотун, буолаары буолан күҥҥэ көрдөрбүт чороҥ соҕотох уолун сүтэрии – саамай ыар ыйаах… Төһө да тулалыыр эйгэ тэтимнээх олоҕор уйдаран, дьону кытта сэлэһэ сатаан санаатын аралдьыттар, хаһан да сүрэхтэн сөҥмөт аһыйыы ханна барыай? Онон, ахтыы ирдээбэккэ кини «Кыым» хаһыакка ыыппыт «Мин сүрэхпэр дириҥ баастаах киһи…» кыһыылаах-абалаах суругун таһаарабын.

«Мин сүрэхпэр дириҥ баастаах киһи, тапталлаах хаһыаппар санаабын эттэхпинэ эрэ уоскуйууһубун. Бу кэнники сылларга Дьылҕа Хаан миигин аһыммата, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, ыар кэмнэр үүннүлэр. Маныаха кими дабуруйдаабаппын эрээри, туох барыта кыраттан тутулуктаах буоларын дьэ биллим, итэҕэйдим.

Мин бииргэ төрөөбүт Дария Нахова диэн олус элэккэй, эйэҕэс майгылаах балтылааҕым. Дария 44 cаастааҕа, үс оҕо тапталлаах ийэтэ этэ. 2009 сыл сааһыары кини эмискэ төбөтө ыалдьан, дьиэтигэр суһал көмө ыҥыртарбыта. Быраас уол кэлэн укуол биэрээт, төннүбүтэ. Дьиҥэр, тутатына балыыһаҕа илдьэ барыахтаахтар эбит. Онтон балтым үтүөрэн биэрбэккэ, икки хонон баран балыыһаҕа тиийбитэ. Онно кинини: «Инсуллаабыккын», — диэн балыыһаҕа укпуттара (бу тухары бэйэтэ хаама сылдьыбыта)». Балтыбын ыйы быһа ыарыылаабыппыт. Отут хонук буолан баран (куорат быраастара эппиттэринэн, 40 хонук сытыахтаах эбит), балыыһаттан таһааран кэбиспиттэрэ.

Аны, эмтээбит бырааһа куораттааҕы быраастары кытта төлөпүөнүнэн кэпсэппитин түмүгэр, анарааҥҥылар «илиитэ-атаҕа хамсыыр буоллаҕына, бэйэтэ кэллин» диэбиттэр. Онон балтым нэксиэлээх суолунан айаннаан куоракка киирбитэ. Онно тиийэн, Дария күн аҥара утуйа түһэн баран, Медкииҥҥэ эдьиийбитин кытта МРТ-га төбөтүн түһэртэрэ тиийбит. Ол МРТ диэннэригэр түһэр кэмҥэ алдьархайдаах тыас–уус бөҕөтө буолбут, балтым сууллан түспүт уонна өйүн сүтэрбит. Үс күн комаҕа сытан баран, сырдык тыына быстаахтаабыта. Бу тухары хайа да быраас Дария төбөтүгэр аневризмалаах буолуон сөбүн (аневризма – мэйии тымырыгар үөскүүр, киһи олоҕор кутталлаах үллүү) билбэтэх. Дьиҥэр, инсуллуур дьоҥҥо ол үгүстүк көстөр. Үс оҕото, ол быыһыгар биэс эрэ саастаах кыракый кыысчаана, ийэтэ суох хаалбыттара.

Ыар кэм ынырык бааһа сүрэхпититтэн саҥардыы оһон эрдэҕинэ, 2011 сыл муус устар 10 күнүгэр улахан оҕом, баар-суох соҕотох уолум, Юра инсуллаан, санэриэйсэннэн көтөн өрөспүүбүлүкэтээҕи Суһал көмө киинигэр реанимацияҕа киирбитэ. Диагноһа – «субарахнодиальное кровоизлияние мозга на фоне аневризмы» диэн. Аны ол аневризма Юра төбөтүгэр биир эрэ буолбатах: үс баар эбит. Реанимацияҕа үс күн сытыаран баран, неврология отделениетын уопсай балаататыгар көһөрбүттэрэ. Саҥа көрөн-истэн, ыарыылаан истэхпитинэ, иккистээн тымыра тэстэн, төттөрү реанимацияҕа киирбитэ. Ол иһин икки хонугу аһарбакка, суһаллык төбөтүгэр уустук «клипирование» диэн эппэрээсийэни оҥордулар. Сарсыарда тоҕус аҥаартан киэһэ биэскэ диэри биир аневризманы этэҥҥэ эппэрээсийэлээбиттэрэ.

Уолум бу кэнниттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа икки нэдиэлэ сыппытын кэннэ, иккис эппэрээсийэҕэ диэри сынньана таһаарбыттара. Уолбут дойдутугар курдаттыы талаһан, дьонун-сэргэтин ахтан Чурапчыга ыам ыйын 25 күнүгэр үөрэн-көтөн аҕай кэлбитэ. Аҕыйах хонук ийэлээх-аҕатыгар, онтон кэргэн ылыахтаах таптыыр кыыһыгар олорбута. Элбэхтик хамсанарын төһө да бопторбут, эдэр киһи санаата баһыйан, тэһийбэккэ, таһырдьа тахсан хаампытын иһин мөҕүллээхтиирэ.

Кыыһыгар нэдиэлэ курдук олорон, биир күн балыыһаҕа бүллүтүөнүн эккирэтиһэ барбыта (тоҕо эбитэ буолла?!). Онно уочаракка турдаҕына, уолаттар, кыргыттар докуомуон эрэ ылабыт диэн, уочарата суох быһа киирбиттэр. Дьиҥэр, оҕом быһа киириэхтээх эбит… Ол кэннэ уолум, дьиэтигэр тиийэн сууллан түспүтэ. Суһал көмө кэлэн, балыыһаҕа илдьибитэ. Эдэр быраас кэлэн көрөн баран, куораттары кытта кэпсэтэн, «послеоперационный судорожный синдром» буолбут диэн быһаарбыта. Мин быраастан уолум иккистээн инсуллаабытын-суоҕун анаалыстаан көрүҥ диэбиппин, мээнэ оннук сатаммат диэбитэ. Хоннорон баран балыыһаттан таһаараары гыммыта эрээри, сэрэхэдийэн, биир нэдиэлэ сытыарбыта.

Ол кэмҥэ уолбар төлөпүөннээн «төбөҥ ыалдьар дуу суох дуу?» диэн ыйыттахпына «ыалдьар» диирэ. Онно сыттаҕына УЗИ-га түһэрэ илдьибиттэр (тоҕо эбитэ буолла?) ылан ис уорганын түһэрбиттэр уонна «үчүгэй» диэбиттэрэ (тоҕо эрэнгиэн хоһугар төбөтүн түһэрбэтэхтэрэ буолла?) Маны биһиги олус дьиктиргээбиппит.

Уолбун Чурапчы терапиятыгар биир нэдиэлэ сытыаран баран таһаарбыттара. Ол кэннэ тоҕо эрэ уолум эмискэ уойан хаалбыта, ону мин эмтэн буолуо дии санаабытым. Аны сатаан утуйбат буолбута, ол иһин бырааһа утуйар эмп анаабытын иһэ сылдьыбыта. Мин саныахпар, бу охтуутугар микроинсульт буолбут буолуон сөп диэн сабаҕалыыбын: туттара-хаптара бытааран, саҥата-иҥэтэ аҕыйаан хаалбыт этэ. Ол тухары биһиги быраас эппитин тутуһан сылдьыбыппыт, дьиҥэр уолум мэйиитигэр олоҕор кутталы үөскэтэр дьайыы бара турбут, тымыр быстаары сылдьыбыт!

Бэс 14 күнүгэр мэйиитэ эргийбитигэр сууллан түһүөм диэн, ороҥҥо тиийэн сытынан кэбиспит. Суһал көмө быраастара кэлэн көрөллөрүгэр, өйдөөх этэ даҕаны, саҥата-иҥэтэ олуттаҕас буолан хаалбыт этэ. Мин санаабар тутатына реанимацияҕа илдьиэхтээхтэр этэ! Ону баара, быраастар өлөөрү сылдьар киһини терапияҕа илдьэллэр.

Уолбун кытта барсан истэхпинэ, мин диэки мөлтөөбүт, иччитэ суох хараҕынан көрбүтэ. Терапияҕа тиийэн, изоляторга көрө-истэ турдахтарына, илиитэ-атаҕа хамсыыра адьас мөлтөөн хаалбыта, быраас иккис аневризмата тэстибит диэн быһаарбыта. Чугас дьоно көрөн турдахпытына, комаҕа киирбитэ. Оннук туруктаах киһини суһал көмө массыынатынан тирилэтэн, хирургия реанимациятыгар илдьибиттэрэ, искусственнай аппараакка холбообуттара. Бу тухары Юра быраастара, кинини куоракка эмтээбит быраастары кытта кэпсэтэ да сылдьыбатахтар, өлбүтүн кэннэ кэлин эппиппитигэр анарааҥҥылар соһуйан эрэ хаалбыттара. Быраастар оҕом ыарыытын историятын туһунан тугу да көрдөөбөтөхтөр, оттон невролог бырааска ол докумуон баар этэ. Хирургияҕа сытан уолум өйө-төйө суох сытан куһаҕан буолаахтаабыта…

Мин санаабар, сыыһа манна элбэх. Ийэ сүрэҕэр, миэхэ, кыра да буоллар, сыыһа туттунуу оҕом дьылҕатын сарбыйбытын саныы-саныыбын сүрдээҕин хараастабын. Тустаах испэсэлиистэр, барытын учуоттаан, үчүгэйдик көрөн-истэн, кыра да ыарыы үөскээбитин кыһаллан, чинчийэн испиттэрэ буоллар, баҕар, этэҥҥэ буолуо этэ.

Биһиги дьиэ кэргэммитигэр маннык икки ыар сүтүк тахсыбытын иһин кыһыйан-абаран суруйабын. Салгыы хайдах олорорбун бэйэм да билбэппин. Балтым Дария – 44, баар-суох уолум Юра 26 эрэ саастаахтара. Билигин уолум оҕото, сиэним, күн сирин көрөрүн эрэ кэтэһэбин».

Анна Коркина, Чурапчы

«Кыым» хаһыат 2011c., сэтинньи 10 күнүтээҕи 44-c нүөмэрэ

Биһиги аймах мааны киһитэ

Биһиги ыалга Юра маҥнайгы сиэн буолан ийэ-аҕа, эһээ-эбээ, эдьиий-убай тапталын билбит кини буолуохтаах. Кини хайдах көрбүтэ-истибитэ, саҥарбыта-иҥэрбитэ, барбыта-кэлбитэ барыта маҥнайгы солун буолара.

Гимназиятын ситиһиилээхтик бүтэрэн СГУ-га үөрэнэ киирэн, биһиэхэ олорор буолбута. Үөрэнэр бириэмэтигэр элбэх доҕоттордоох-табаарыстардаахэтэ. Тиһигин быспакка «Юрка баар дуо?» — диэн ааны тоҥсуйаллара.

Биэс сыл үөрэнэнэрин тухары сессияларын ситиһиилээхтик туттаран, үөрэ-көтө дойдутугар, дьонугар кэһиилэнэн-таймаланан айанныыра. Арай, 3-c дуу 4-с дуу кууруска биир экзаменын сатаан туттарбакка соһуппуттаах.

Кэппит таҥаһын мунньан-мунньан баран сууйара. Ваннаҕа киирэн, аанын хатанан, өр да өр сууйан кып-кыһыл гына тиритэн-хорутан тахсан кэлэн киһини күллэрэрэ. Биэс сыл сүрдээх иллээхтик, эн-мин дэсиһэн биллибэккэ ааспыта.

Үөрэҕин бүтэрэн үлэлии сылдьан, бэстилиэнэйин 2010 сыл кыһын кэлэ сылдьыбыта. Катята медцентрга көрдөрө кэлбитин арыаллыы сылдьар этэ.

Мин кухняҕа ас астаан бүтэрэн эрдэхпинэ Юрам таҥнан бараары оҥосто турар эбит. «Суох Юра, аһатан баран биирдэ ыытыам,» — диэн кыыһыран туран аһатан ыыппытым.«Онно эмиэ буспут үһү ээ,»  диэн аккаастана сатаабыта. Дойдтугар тиийэн ийэтигэр Аннаҕа: «Эдьиий Груня наһаа минньигэс спагеттилаах котлет буһарбыт этэ,» — диэн кэпсээбит этэ.

Биир саас, Аан Дойду дьахталларын күнүгэр Юрка биһиэхэ биирдии хартыына бэлэхтээн үөрдүбүтүн олох умнубаппын.

Юра, Юрка, Юрася – аны суох!

Санаабар күлэн-үөрэн мичилийэн бу киирэнкэлиэх курдук. Кини кылгастык да буоллар чаҕылхайдык биһиги олохпутугар баар буола сылдьыбытыгар улахан махтал.

Коркина Аграфена Васильевна, Юра аҕатын бииргэ төрөөбүт балтыта.

Хорга солист быһыытынан

 Мой брат был очень жизнерадостным

Мой брат был очень жизнерадостным, трудолюбивым и добрым человеком. В окружении его общества мне всегда хотелось быть таким же как он. К сожалению, мне не довелось чаще общаться с ним, так как он много времени уделял работе, но все же, нам удавалось побывать вместе.  Юра был отличным охотником, он передавал мне свой огромный опыт в охотничьих делах, и делал это с огромным удовольствием. Брат очень грамотно и доходчиво объяснял все нюансы охоты.

Когда мне бывало тяжело, или меня беспокоил какой-нибудь вопрос, я всегда мог обратиться к Юре, и он, несмотря на занятость, всегда помогал и выручал меня, и я чувствовал, что у меня есть старший брат. Юра практически мог ответить на любой вопрос, будь это о жизни, будь это о науке, на любой… Он никогда не говорил «не хочу», «не могу», «не умею», он всегда твердил «нет ничего, чего не сумеет сделать мужчина» и Юра всегда советовал мне следовать этому принципу.

Теперь Юра живет в моем сердце как приятное воспоминание о добром и замечательном человеке. Его светлая душа освещает мой жизненный путь. Я никогда не забуду, что у меня был такой неординарный брат.

Седых Рустам, двоюродный брат

Бииргэ үлэлээбит коллегаларын  ахтыылара

Киһиэхэ олох биирдэ бэриллэр, сороҕор – уһун,  сороҕор кылгас…

Сана оскуолаҕа киирэрбитигэр 2007 сыллаахха, үөрэх саҕаланыытыгар эдэр учууталлар кэлбиттэрэ, ол иһигэр- информатика учуутала Юрий Федорович. Кабинет саҥа оборудованиеланан, тэрийэр- хомуйар син балачча бириэмэни ылыах курдуга да, биһиги Юрабыт (таптаан инньэ диэн ааттааччыбыт) сып-сап курдук аҕыйах хонугунан таҥан, үлэлэтэн барбыта. Биһиги,оскуола син саастаах учууталлара компьютерга оччолорго элбэҕи билбэт этибит. Юрабыт үөрэҕэр семинардары, практикалары ыыталаан, син сыстан, билэн барбыппыт.

Куруук үөрэн мичийэ сылдьар, сүүрүүнэн кэлэр-барар, барытын успейдаан оҥорбута эрэ баар буолааччы. Киэһэ хойут оскуолаҕа үлэлии кэллэххэ, хайаан да кабинетыгар тугу эрэ гына сылдьар буолааччы. Хаһан да аккаастаммат, тугу эмэ ыйыттахха хоруйа суох  хаалларбата.

Мин Юраныкыттанууччатылыгарэлбэх оҕолоох кылаастаргаподгруппананхардары-таары үөрэтээччибит.Ирдэбилэоннук. Онубиллибэтинэнсолбуйсааччыбыт. Кини кыһын бултуу, саас куска, хастыы да күн бараары,уруоктарын атастаһан миигинсолбуйааччы. Ону ким да билбэт этэ.Үксүнсубуотабуолан биһиэхэтабыллааччы. Кэлин ону «амтаһыйан», сүрдээхтик сөпсөһөн, «уоран» солбуйсааччыбыт. Кыратыкуруогар хойутаары гыннаҕына, долгуйан, дьонугар эрийэн билээччибит.

Юра дьонун, балтыларын наһаа сөбүлүүр, ытыктыырэтэ. Кыракый балтытыгар Марианнаҕа иккискылааска үөрэнэ сырыттаҕына, дакылаатсуруйтарбытым, онно көмөлөһөн бөҕө. Ааҕар күнүгэрдолгуйан, кэлэнсотору-сотору өҥөйөн көрда көрбуолбута. Онтониккисмиэстэбуолбутугариккиэн наһаа үөрбүппүт…

Үс-түөртсылустатаэлбэхконкурстарга кыттыбыта, көмөлөһөр бөлөххө хаста да түбэһэнбэлэмнэспитим.Улахан туох да сүпсүлгэнэ суох аһаҕас уруоктарыгарбэйэтэ бэлэмнэнээччи. Уруокка киирдэҕинэ, олохатын киһи. Дьиҥнээх үчүгэйучууталбуолархаачыстыбалардааҕа. Ону да билэн буолуо,бэйэлэрин үөрэнээччилэрингимназияларкуруук ыҥыраллара.

Ону биһигиЮрабытбарбаккаоскуолатыгарбэриниилээхтик үлэлээбитэ. Киниттэн элбэҕи эрэнэрбит, кэтэһэрбит…

Оо, онтон бырааһынньыктарга, көрсүһүүлэргэ наһаа үчүгэйдикыллыыра. Куруутун репертуарынтематынуларытан иһэрэ. Кинини үтүктэн, Юра көҕүлээн, бииргэ үлэлиируолаттара, коллегаларакэлинэмиэыллыыридэлэммиттэрэ.

Билигин хаһан баҕарар биһиги тоҕоостоох түгэн көһүннэҕинэ, куруукЮрабытынсуохтуубут, ахтабыт. Аттыбыгыгарсуох да буоллар, кинисырдык мөссүөнэ хаһан да умнуллуо суоҕа.

Бииргэ үлэлээбитколлегата, Чурапчы 2-c №-х Орто оскуолатын нууччатылынучуутала

Матвеева Павлина Артемовна

Юра кэллиэгэлэринээн

Киһи киэнэ үтүөтэ…

Ортодойдугакэлэнбарыыкиһи аайы тус-туспа суоллаах-иистээх буолар. Үтүө киһи эрдэ бу олохтон барара хомолтолоох суол. Маннык киһи олохтон туораабытын да кэннэ, бииргэ алтыспыт дьонун-сэргэтин өйүгэр дириҥник, ыраас, сырдык өйдөбүлүнэн өрүү тыыннаах буолар.

Юраны кытта Мурун Тыымпыйа оскуолатыгар үлэлээбиппит. Кини информатика учууталынан, мин дириэктэрииитэр үлэҕэ солбуйааччынан. Маҥнайбилсиигэ сүрдээх кытаанах, аҕыйах саҥалаах, тоҥуй киһи курдуга. Кэлин билсэн-көрсөн баран олохатын киһитин билбитим. Кини мээнэ, наадата суох дьыаланы ылыммат, саҥарыан, оҥоруон иннинэ толкуйдаан баран оҥороро. Уруогар үлэ эрэ тыаһын-ууһун киһи истэрэ. Үөрэтэр оҕолорун хаһан да хаһыытаан-ыһыытаан, ыххайан бэрээдэктиирин өйдөөбөппүт. Уруогун тиэмэтигэр да көрүнэн, толкуйдуу олорор буолааччы, бу кэмҥэ кини ханна да аралдьыйбата. Ылыммыт үлэтин улахан айдаана, сүпсүгүрүүтэ суох, эппиэтинэстээхтик тиһэҕэр дылы оҥорорун сөбүлүүрэ. Ол да иһин оҕолор кинини учуутал быһыытынан олус сөбүлүүллэрэ, ытыктыыллара.

Юра айылҕаны ытыктыыра, булка сүрдээх сыһыаннааҕа. Булт туһунан кэпсэтии буоллаҕына сирэйдиин-харахтыын уларыйара. Сарсыарда уруок иннинэ эрдэ туран, кэрийэн кэлэрин сөҕө истэрим. Мээнэ киһи сарсыарда үлэтин иннинэ кэрийэн кэлбэтэ чахчы. Хоту алаастарга сылдьан хаста да көрсөн турардаахпыт. Кини өрүү илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолара. Булт түгэниттэн биир умнуллубат сырыыны ахтан ааһыахпын баҕарабын: Биир күн куораттан ыалдьыт доҕорум кэлбитигэр кустуу диэн бардыбыт. Икки күнү быһа кэрийдибит. Биир да көтөр-кынаттааҕы харахпытыгар да көрбөккө, төннөн иһэбит. Ыалдьыт булт суоҕуттан бэркиһээн саҥарбат. Сылайан, интернат бааһынатыгар, суол кытыытыгар сынньанар буоллубут. Бу олордохпутуна мотоциклынан Юра тиийэн кэллэ. Тохтоон, мотоциклын умулларан кэпсэттибит. Ыалдьыт кустан мэлийэн иһэрин истэн биир халбаны кытта икки чыккымайы рюкзагыттан таһааран ыалдьыкка туттаран кэбистэ. Аккаастаары гыммытын кытаанахтык, булгуччу ылыахтааҕын туһунан эттэ. Ыалдьыт махтанан, үөрүү-көтүү бөҕө буолла. Кэлин билбитим, бултаабыт булдун барытын биэрбит этэ. Ити курдук кини дьону соһуччу үөрдэрин сөбүлүүрэ, көҥөнөр, кэччэнэр диэни билбэт майгылааҕа.

Биһиги өйдүүрбүт тухары: Юра киһи быһыытынан — үтүө, үлэһит быһыытынан – төһүү, доҕор быһыытынан – эрэллээх, булчут быһыытынан — байанайдаах, үөрэ-көтө, мичээрдиитыыннаах буолуоҕа.

Бииргэ үлэлээбит коллегата, Чурапчы 2-c №-х Орто оскуолатын директоры иитэр өттүнэн солбуйааччы Андрей Васильевич Деллохов.

Юра барытыгар талааннааҕа, оратор да быһыытынан хаалсыбат этэ

Сүрэхпитигэр мэлдьи тыыннаах буолуоҕа

Мин, Юрий Фёдоровиһы биһиги оскуолабытыгар Саха Государственнай университетын математика уонна информатика салаатын ситиһиилээхтик бүтэрэн информатика учууталынан ананан үлэлии кэлиэҕиттэн билэбин.

Юра олус сэмэй, холку, чиэһинэй майгытынан бииргэ үлэлиир коллективыгар сөбүлэтэрэ. Үлэтигэр эппиэтинэстээх, кыһамньылаах буолан, коллектив ытыктабылын ылбыта.

Иллэҥ бириэмэ көһүннэҕинэ айылҕаҕа сылдьан бултуурун, техниканы кытта бодьуустаһарын сөбүлүүрэ.

Оскуола тэрээһиннэрэ, сынньалаҥ киэһэлэрэ кинитэ суох барбат этилэр. Манна барытыгар Юрий Фёдорович сүүрэн-көтөн солбуллубат музыкант буолара. Бэйэтэ сүрдээх үчүгэй куоластаах буолан элбэх концертарга, биэчэрдэргэ ыллыыр буолара. Ону таһынан кини оскуола иһигэр ыытыллар араас күрэхтэр, күрэхтэһиилэр, концертар, олимпиадалар кыттыылаахтара.

Юрий Федорович киһи быһыытынан ураты кэрэ майгылаах буолан хаһан да киһиэхэ аккаастыыр диэни билбэт этэ. Ол курдук элбэх бииргэ үлэлиир коллегаларыгар компьютернай үлэҕэ, интернет саҥа киирэригэр куруук көмөлөһөрө.

Учууталларга хайдах слайда оҥорорго, информатиканан хайдах туһанарга үөрэтэрэ. Көрдөстөххө ноутбуктар, компьютердар вирустарын ыраастаан биэрэрэ, алдьаммыт компьютернай техниканы өрөмүөннүүрэ.

Юра сүрдээх элбэх инники былааннардаах этэ. Онтон биирдэстэрэ, оскуола компьютердарын барытын биир ситимҥэ холбооһун этэ. Бу былаанын олоххо киллэрээри ситим тарда сылдьан, эдэр сааһыгар биһиги кэккэбититтэн соһуччу ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Юрий Федорович ыраас дууһата. эйэҕэс элэккэй майгыта, истиҥ сыһыана биһиэхэ үйэ-саас тухары хаһан да умнуллуо суоҕа.

Чурапчы 2-c №-х Орто оскуолатын черченияҕа, трудка учуутала Егор Касьянович Федосеев  

Ханнык даҕаны үлэттэн чаҕыйбат этэ…

Өйдүү-саныы сылдьыахпыт

Күндү коллегабыт, табаарыспыт Юрий Федорович үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн 2007 сыллаахха информатика учууталынан үлэлии кэлбитэ. Манна үтүө суобастаахтыкхайа да ыарахантантоллубакка, аккаастаммакка, барытыгар кыһаллан үлэлээбитэ. Кини үлэһит быһыытынан бэйэтин үчүгэйэрэ өттүттэн көрдөрбүтэ. Араастаһымнаахконкурстарга ситиһиилээхтиккыттара, концертаргаыллыыра, спортивнай күрэхтэһиилэргэ даҕаны активнайпозициялаахбуоланоскуолатын чиэһин элбэхтик көмүскээбитэ. Кини сатаабата–билбэтэдиэн суоҕа.

Идэтин үчүгэйдик баһылаабыт, дириҥ билиилээхучууталбуоланкини үөрэппит оҕолоро араасолимпиадаларга, конкурстарга, научнай-чинчийэр хабааннаах ааҕыыларга ситиһиилээхтиккытталлара. Уруогатеоретическай, методическай үрдүкбэлэмнээх буолан оҕолорго тиийимтиэгына интэриэһинэйдиктолкуйдааныытар этэ. Кини оҕолор бары сөбүлүүручууталларабуолбута. Уруогу таһынанараассонункружоктары, курстарыыытара. Учуутал быһыытынан деловой хаачыстыбалардаах, үрдүкэппиэтинэстээх этэ.

Ол курдук улуустааҕы эдэручууталлар «Мир — глазами будущих поколений» конференцияҕа соһуччукыттыыныыларбуоллубут. Дьэ биһигиыксалынанхомунантиийэнбэлэмнэнии үөһүгэр түстүбүт. Эдэрдьон билбэппит-көрбөппүт үгүс буоллаҕа дии… долгуйарбыт, куттанарбыт даҕаны хаалсыбат. Онуоха биһигиЮрабыт сүрдээх холку, бусанаатахха ыксаабыт, ыгылыйбыт да көрүҥэ суоҕа, бэйэтигэрэрэллээхтикбэлэмнэммитдакылаатын ааҕан дьүүллүүр сүбэ биһирэбилинылыанылбыта. Оннуккурдук туохтан да толлон–иҥнэнтурбат, талан ылбытидэтигэрбэриниилээхэтэ.

Күндү киһибит, будойдугакылгас кэмҥэкэлэсылдьарынбилбиткурдук, барытыгар ситиһэсатаабыттыы сүүрэ-көтө сылдьара. Киһи быһыытынан сэмэй, аһыныгас этэ, онон киһини өйдүүрбуоланколлективка сөбүлэтэрэ, элбэх истиҥ табаарыстардааҕа. Оҕолорго истиҥ сыһыаннаах буолан кинилэргэ  сөбүлэтэрэ.

Юрабытолус үчүгэймайгылаах, олоххо кэрэҕээрэ тардыһар, инникигээлбэхырасанаалардаахэтэ.

Доҕорбут сырдык-ыраас мөссүөнүөнэ биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар өрүү тыыннаах сылдьыаҕа.

Чурапчы 2-c №-х Орто оскуолатынхимияҕа уонна биологияҕа учуутала Иванова Ольга Юрьевна

Хаһан да умнуохпут суоҕа

Мин Юрий Федоровиһы биһиги оскуолабытыгар 2007 cыллаахха Саха государственнай университетын математика уонна информатика салаатын ситиһиилээхтик бүтэрэн биһиэхэ үлэлии кэлиэҕиттэн билэбин. Бастакы билсиһиибитигэр кинини саҥата аҕыйах, кэпсээнэ суох курдук көрбүтүм. Кини туттара-хаптаракытаанах, оттомноох этэ уонна олус болҕомтолоохтук үлэтигэр сыһыаннаһара.

Онтон бэйэ-бэйэбитин кытта билсиһэн-кэпсэтэн барбыппытыгар кини сүрдээх бэһиэлэйэ, ханнык баҕарар күрэхтэһиигэ биһигини кытта тэҥҥэ кыттара, олус үчүгэйдик ыллыыра. Туох эмит компьютерга сыһыаннаах үлэ буоллаҕына кинитэ суох адьас сатаммат этибит. Иллэҥ бириэмэтигэр айылҕаҕа сылдьан бултуурун сөбүлүүрэ. Бултаан кэллэҕинэ туох бултааҕын, хайдах сылдьыбытын туһунан үөрэ-көтө кэпсиирэ. Юра оскуола тэрээһиннэригэр, биэчэрдэригэр, бырааһынньыктарыгар аһары эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара.

Юра киһи быһыытынан ураты кэрэ майгылааҕа, хаһан да киһиэхэ аккаастыыр диэни билбэт этэ. Холобур мин компьютерым алдьаннаҕына куруук көрөн оҥорон биэрэр этэ, ол курдук коллегаларбытыгар эмиэ көмөлөһөрө.

Юра спордунан дьарыктанарын сөбүлүүрэ, биһигини кытары волейболга уонна да атын көрүҥнэргэ көхтөөхтүк кыттара. Ол курдук биир түгэн өйбөр хаалан хаалбытын суруйуум. Улуус иһинэн ыытыллар «Биэс эр бэрдэ» диэн күрэххэ биһиги хамаанда туруоран кыттыбыппыт. Хара маҥнайгыттан бастыыбыт диэн сыал-сорук туруорунан бэлэмнэнэн барбыппыт. Ол сыалбытын ситиһэн 1-кы миэстэ буолбуппут. Бирииспитигэр биир куул сибиэһэй собонон, бастакы истиэпэннээх грамотанан, мэтээлинэн наҕараадаланан үөрэн-көтөн кэлбиппит. Бу курдук Юра кыттыылаах сырдык түгэннэр олус элбэхтэр.

Юрабыт эдэр сааһыгар биһиги кэккэбититтэн ыарахан ыарыыттан туораабыта олус хомолтолоох. Кини ыраас дууһата, эйэҕэс элэккэй майгыта, истиҥ сыһыана биһиэхэ үйэ саас тухары хаһан да умнуллуо суоҕа.

Чурапчы 2-c нүөмэрдээх орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Оконешников Александр Андреевич

 

Кини куруутун бастыҥ доҕор буолара

Эдэркээн доҕорбут кэриэһигэр

 Юрий Федорович биһигиоскуолабыгыгар 2007 сыллаахха саҥа үөрэҕин бүтэрэн, информатика учууталынан үлэлиикэлбитэ. Үлэтинбастакы күнүттэнэлбэх билиилээх, үлэтигэр бэриниилээх, оҕолорго олус үчүгэй сыһыаннаах, коллективка түргэнник киирэн, элэккэй, үлэһит-специалист быһыытынан сыаналаммыта. Үлэлиикэлбит сылыгар биһиги оскуолабыт саҥа компьютернай кабинет комплегын ылбыта. Хасбиирдии компьютеры таҥан, ситимнииркабелларынбэйэтэтардан, Интернет киллэрэн, оччолорго саҥа оскуолаахсынбэриллибитинтерактивнайдуосканы үлэлэтэн, олусэлбэх түбүгү көрсүбүтэ. Биирдэ да ыарырҕаттым, сатаабатым диэбэккэ, кабинетын аҕыйах хонук иһинэнбарытынбэлэм оҥорбута.

Үөрэнээччилэркинипредметыгаролус сөбүлээн үөрэнэллэрэ. Үгүс оҕо киниыытар «Юный информатик» диэнкружогардьарыктанан, улуус, республика иһинэныытыллыбытолимпиадаларга, конкурстарга, докладтарга ситиһиилээхтиккыттыбыттара. Юрий Федорович учуутал быһыытынанолусбоччумнаах, ирдэбиллээх, толоругас буолааччы. Өрүү сырдык көстүүмүн кэтэн, учительскайгакиирэнкэлэнбарыбытын эҕэрдэлии көрсөрө харахпарбубааргадылы.

Киһи быһыытынанолус элэккэй. эйэҕэс, хаһан да көмөҕө аккаастаабат. куруутун ээҕи кыттасылдьар, сырдык киһиэтэ.

Оскуола, нэһилиэк, улуус араас таһымнаахобщественнай дьаһалларыгаркуруук көхтөөктүккыттара. Олкурдук «Молодой педагог», «мистер Чурапча», «КВН» улуустааҕы художественнай самодеятельность  күрэхтэригэр, араасконцертарга көхтөөхтүккыттыыны ылара. Юрий Федорович олус кэрэ куоластааҕа. Бэл «Эргэрбитхаартыскалар» диэнырыатын иһиттэхпинэ, өрүү уруккуну-хойуккуну санаан хараҕым уута сүүрэнылааччы. Олкурдуккини куолаһа киһи ис уйулҕатын таарыйар, долгутар алыптааҕа. «Мистер Чурапча» конкурскакыттарыгар бэйэтин бары өттүнэн эргиччи кыахтааҕын, улаханталааннаах киһи саһасылдьыбытын үгүс көрөөччү сөҕө-махтайа билбиттэрэ. «КВН» күрэҕэр булугас өйдөөх, сценаҕа тахсанараасминиатюраларга көрүдьүөстээх түгэннэриоонньоон, барыбытын үөрдүбүтэ, күллэрбитэ.

Юрий ыал улахан оҕото буоланбалтыларыгар наһаа үчүгэйдик сыһыаннаһара. Балтылара үөрэнэн бүтэн «Биһигиубайбытбаар дуо?» диэнучительскай аанын күн аайы өҥөйөөччүлэр. Кылаас төрөппүттэрин мунньаҕын, араасконкурстарын өрүү көтүппэтэтэ. Биһигибииргэ үлэлээбитдьон бары Юраныолус үчүгэйдиксаныыбыт, ахтабыт, араас түгэннэргэ «Юрабыт баара буоллар…» диэн тыл элбэхтик иһиллэр.

Хомойуох иһин Дьылҕа Хаан, эдэркээн доҕорбутун, олоҕун саҥа оҥостон, ыалбуоланэрэр түгэнигэр, биһигикэккэбититтэн соһуччусуохгынна. «Юра суохбуолбут» — диэн тыл барыбытыгар, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинкурдук иһиллибитэ. Бары, хайдахэмит үтүөрдэр, үчүгэй буоллар, олоҕун ситимэ быһабарбатардиэниспитигэрэрэнэсылдьыбыппыт.

Олохдиэнолус да кэбирэх, кылгасбуоларэбитдиэн, харааста санаабыппыт.

Доҕорбутун, коллегабытын, Юрий Федоровиһы – Юраны өрүү саныы, ахтасылдьыахпыт. Кинисырдык мөссүөнэ, элэккэйбэйэлээх күлбүт- үөрбүт харахтара. хасбиирдии үөрэнээччигэ, учууталга, төрөппүккэ өйбүтүгэр- санаабытыгар өрүү хаалыаҕа…

Чурапчы 2-c нүөмэрдээх орто оскуолатын төрүт культураҕа учуутала, Оскуола эдэр специалистарын түмсүүтүн чилиэнэ Слепцова Марианна Михайловна

«Мистер Чурапча» күрэххэ кыттыбыт хаартыската

Доҕотторун ахтыылара

Доҕорум, кылааһынньыгым, однокурснигым уонна коллегам

1996 сыллааха прогимназия алтыс кылааһыгар туттарсан киирбитим. Саҥа арыллыбыт кылаас буолан бэйэ-бэйэбитин билсибэт оҕолор элбэх этибит. Олортон биирдэстэрэ — сырдык дьүһүннээх, спортсмен көрүҥнээх, сэмэй майгылаах уол баара, аата Коркин Юра. Гимназия уонна прогимназия оҕолоро кинини бэлиэтии көрбүттэрэ, тоҕо диэтэххэ, кини «фляг», переворот назад онороро. Тустуунан дьарыктанар эбит этэ. Үрдүкү кылаастарга «Мистер фляг» диэн аатырара. Юркалыын математикаҕа үчүгэй буоламмыт олимпиадаларга, республиканскай «Мат-бой» күрэхтэһиилэригэр, «Шаг в будущее» конференцияларыга бииргэ сылдьар этибит. Ол быыһыгар дьээбэлээх-хооболоох буолан күллэрэн–аралдьытан аҕай биэрэр этэ.

Ити курдук оскуола сыллара аастахтара, үөрэххэ туттарсар бириэмэ кэллэ. Интэриэспит биир буолан биир институтка, биир группаҕа түбэспиппит. Мин табаарыспын кытта үөрэнэр буоллум диэн, долгуйбакка эрэллээхтик бастакы үөрэх күнүгэр барбытым. Студент уолаттар бэйэ бэйэбитин сүрдээҕин өйөһөммүт, көмөлөсүһэммит үөрэх чыпчаалын дабайан испиппит. Үөрэх кэмигэр араас киһи күлүөх түгэннэрэ да бааллара. Онтон биирдэстэрэ маннык:

Юрка үөрэнэр сирбититтэн олус чугас олороро биэсуонча миэтэрэ, дьиэтиттэн таах сүүрүүнэн сылдьара, ону группа оҕолоро бары билэллэр. Тоҕо эрэ утуйан хаалан наар хойутуур идэлээх этэ. Ону биир күн эмиэ хойутаан кэллэ, преподаватель буолуохтааҕын курдук ыйытта: «Коркин, почему опаздываем?!». Онуоха Юркабыт эппиэтэ бэлэм: «Ээ, на автобус опоздал». Группа оҕолоро бары күлэн тоҕо бараллара, преподавательбыт туох күлүүлээҕин сэрэйбэт да этэ. Сороҕор атын да эппиэт биэрээччи: «Ээ, будильник проспал».

Каникул аайы үлэлээн хаччылаһар идэлээҕим, ол онтон биирдэстэригэр Юрканы ыҥырдым, олбуор тутуутугар. Үлэлээччилэр үһүөбүт, үлэбитин үллэстэн кэбистибит: кыҥааччы, тутааччы уонна саайааччы. Аны биһиэнэ буолан барыта дьээбэ-хообо. Саамай неуклюжайбыт тоһоҕо саайаачы, мин саамай ырыганнара мас тутааччы, онтон саамай мөлтөх харахтаахпыт Юрка – кыҥааччы. Ол да буоллар туохтааҕар да көнө, бөҕө олбуор табыллан тахсыбыта.

Практикаларга сиэттиспитинэн бэйэбит бүтэрбит гимназиябытыгар учуутал идэтин баһылыырбыт. Бүтэһик бэһис курска тиийэн Юркалыын отличниктар буолан турдубут. Үөрэхпитин ситиһиилээхтик бүтэрэн, үрдүк үөрэхтээх информатика учууталлара буоламмыт иккиэн толкуйдуу да барбакка, төрөөбүт Чурапчыбытыгар, оҕолору саҥа технологияларга үөрэтэ барарга сананнаммыппыт. Мин сотору кэминэн Чурапчы техническай колледжыгар информатика преподавателэ буолбутум. Юрка тута Чурапчы иккис нүөмэрдээх орто оскуолатыгар информатика учууталынан киирбитэ.

Булт кэмигэр бииргэ бултуу барар этибит. Юрка саҕа илин алаастары, дьүөдьэлэри, тыалары билэр киһи суоҕа. Юркалыын сылдьан киһи мунуом диэн куттаммата, бултуйарга эрэллээх барар буолара.

Сыллар ааһан иһэллэрэ, Юрка оскуолатыгар ситиһиилэрэ элбээн иһэрэ. Мин ол кэмҥэ учуутал идэтиттэн тэйэн, Дьокуускайга үлэлии-хамныы сылдьарым. Сотору–сотору үлэ миэстэтин булан Юрканы киин куоракка үлэлии кэл диэн ыҥыра сатыырым да киһим аккаастана турара. Дьоммор көмө буолар киһи суох, отум-маһым элбэх диирэ. Бука сэрэйдэххэ, айылҕатыттан, бултуур–алтыыр сирдэриттэн, дьонуттан-сэргэтиттэн тэйиэн баҕарбат санаалааҕа.

Доҕоро, кылааһынньыга, однокурснига, коллегата Владислав Николаевич Аржаков

Бастыҥ доҕорум Юра

Юра куруук үөрэ-көтө сылдьар этэ, ону-маны сүбэлиирэ-амалыыра. Юралыын биһи МурунТыымпыйаҕа көһөн кэлиэҕиттэн билсэн, бииргэ улааппыт оҕо сааспытын сырдыктык да саныыбын. Мин санаабар сэмэй майгыта, куруук туох да буоллун «суох», «кыаллыбат» диэн тылы туттубакка көмөлөһөр, ыарахантан толлубат дьиҥ санаалаах чугас доҕор этэ. Кини биирдэ маннык диэн турардаах: «Мин бииргэ төрөөбүт убайым да быраатым да суох буолан эһигини чугас табаарыстарбын бииргэ төрөөбүттэрим курдук көрөбүн, саныыбын». Ол иһин кини миэхэ кырдьык убай курдук сыһыаннаһан көмөлөһөрө, элбэҕи сүбэлиирэ. Табаарыстарын барыларын таптаан ааттыырын сөбүлүүр этэ. Холобур икки Колялары- Колинкалар, Кешаны-Кешик, Володяны-Болодьуска, Ваняны-Баанньыска, Костяны-Костик, диэн ааттыыр этэ. Ол курдук биһиги Юраны-Юрка диэн ааттыыр этибит.

Юра эрдэ, ыалдьыан иннинэ, этинэн-хаанынан, иҥииринэн кыахтаах уол оҕото этэ. Ол иһин кини оскуолатын бүтэрэн баран буоксанан дьарыктаммыта. Буоксаны сөбүлээн, биһиэхэ тренер кэриэтэ буола сыдьыбыта. Араас приемнарга үөрэтэн, бэйэҕин хайдах көмүскэнэргэ үөрэппитэ. Кини майгыта сымнаҕас, тыла иҥэмтиэлээх буолан биһиги үчүгэйдик ылынар этибит.

Буоксаны сөбүлүүрүн таһынан кини үөрэҕэр үчүгэй буолан үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн оскуолаҕа үлэлии киирбитэ. Кини эйэҕэс майгылаах, сымнаҕас санаалаах, тыла иҥэмтиэлээх буолан бу күн сиригэр учууталынан ананан кэллэҕэ буолуо. Кини үөрэппит оҕолоро билигин учууталларын туһунан олус үчүгэйдик саныыллар, сырдыктык кэпсииллэр.

Юра айылҕаттан айдарыыллаах киһи буолан, айылҕаҕа олус таттарыылаах этэ. Кини өссө биир сөбүлүүр дьарыга булт буолар этэ. Кини саас бастакы булка таҕыстаҕына, хантан эрэ ыраахтан дьиэтигэр кэлбит киһи курдук, тылынан эппэтэр да дьоллонор дьүһүнэ биллэр этэ. Юралыын бултуу таҕыстахха биирдэ да мэлийбэккэ кэлээччибит. Тоҕо диэтэххэ кини булт ханна баар буолуохтааҕын барытын билэрэ. Билигин санаатахха кырдьык айылҕа оҕото этэ.

Юра барытын билэрэ-сатыыра элбэх буолан, массыынатын бэйэтэ үрэйэн баран хомуйара. Билигин санаатахха кырдьык олоххо ыксыыр эбит. Ити кылгас олоҕор барытын ситиһээри, барытын билээри-көрөөрү, бу күн сириттэн барарын эрдэттэн билбит курдуга.

Юра Катятын олус күүскэ таптыыр этэ. Кини туһунан сотору-сотору кэпсиирин наһаа сөбүлүүрэ. Юралаах Катя бииргэ олорор кэмнэригэр кинилэргэ күүлэйдии тиийдэххинэ олуһун бэркэ олороллор этэ. Киирдэххэ куруук сылаас ас, итии чэй. Куруук үөрэн  көрсөллөрө. Юра Катя дьонугар билсэ барарыгар олус долгуйбута. Хата уолбут онно хайҕанан үчүгэй күтүөт буолан кэлбититтэн олуһун үөрэрэ. Юра сотору соҕус буолан баран Катялыын холбоһуохтаах этилэр. Хомойуох иһин доҕорум Юра ити баҕа санаата туолбатаҕа. Ол эрэн кини син биир бэйэтин кэнниттэн хаанын хаалларан, кыыс оҕоломмута.

Доҕорум Юра эдэр сааһыгар улаханнык ыалдьан бэс ыйын 21 күнүгэр, сарсыарда 10 чааска бу күн сириттэн барбыта. Ол күн Чурапчы нэһилиэгин ыһыаҕын күнэ этэ.

Билигин кэлэн санаатахха доҕорум Юра олус да көрсүө-сэмэй майгылаах киһи эбит. Мин ыраас санаалаах, истиҥ тыллаах доҕордоно сылдьыбыт эбиппин дии саныыбын. Кини сырдык мөссүөнэ өйбөр-санаабар, сүрэхпэр хатанан сылдьар.

Доҕорум Юра, быдан дьылларга быраҺаай.

Юра бастыҥ доҕоро Дьячковский Коля (Колинка) 

Ахтан ааһыахпын баҕарабын…

Табаарыспын Юрканы ахтан ааһыахпын баҕарабын. Мин ахсыс кылааска гимназияҕа үөрэнэ киирэн баран билсибитим, Юрка бэйэтэ этэринэн өссө эрдэ, кыра кылааска сылдьан, тустуу секциятыгар кэлбитигэр билсибит үһүбүт. Кини кэпсиир этэ кэлин: «Мин секцияҕа саҥа кэлбиппэр эн фляг, сальто оҥорон пример көрдөрөр этиҥ диирэ». Кини саҥа кэлбитигэр мин тустан бүппүт буоламмын дуу, хайдах дуу өйдөөбөт эбиппин. Кэлин дьарыкпын быраҕан ити хамсаныылары сатаабат буолбутум, онтон Юрка хойукка диэри сатыыра. «Тренерым бэйэҥ сатаабат буолбуккун дуу?” — диэн киһини дьээбэлээн күлэрэ.

Оскуолаҕа бастакы парталарга олорор этибит, мин ортоку эрээккэ, Юрка — уҥа эрээккэ. Нуучча тылыгар, математикаҕа Юркаттан элбэхтэ устар этим, онтон кини миигиттэн физиканы устара, ол курдук бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбиппит. Оскуолаҕа сылдьан физкультура уруогар тардыныыга күрэхтэһэр этибит, Юрка наар элбэҕи тардынан бастыыра, кини кэнниттэн наар иккис буолар этим. Төһө да элбэҕи тардыннаххына син биир ситиэҥ суоҕа диирэ. Чахчы оскуоланы бүтэриэхпэр диэри сиппэтэҕим.

Аны устудьуоннуу сылдьан биир күлүүлээх түгэннээхпит. Бииргэ үөрэммит доҕотторбун  кытта маҕаһыыҥҥа бараммын, кимиэхэ да суох диэн ааттаан оранжевай куртка ылбытым.Сарсыҥҥы күнүгэр Юркалыын көрсө түстүбүт, кини эмиэ үүт-үкчү оннук оранжевай куртка ылыммыт эбит. Утары көрсөн баран иккиэн: “Тоҕо киһини үтүгүннүҥ?” – диэн саҥа аллайбыппытын өйдүүбүн. Ол иһин буолуо, уулуссаҕа иккиэн хаамтахпытына дьон бары эргийэ-эргийэ көрөр этилэр.

Юрик үөрэҕин бүтэрэн Мурун Тыымпыйаоскуолатыгар информатика учуутала буолбута, ону: “Бу киһи учуутал буолбуккун дуу?” — диэн күлэрим, онтукам сотору буолбакка бэйэм эмиэ учууталынан үлэлии киирбитим. Хайабыт эрэ араас биричиинэнэн үлэтигэр кэлбэтэҕинэ, кистээн бэйэ-бэйэбитин солбуйсааччыбыт.

Ол кэмҥэ кылааспыт уолаттарыттан биһиги эрэ кэргэн ыла илик этибит. Онно  мөккүһүүбүт элбэх этэ, мин эрдэ ылыам, эн эрдэ ылыаҕын,  дэһэрбит.Тиһэҕэр тиийэн иккиэн утуу-субуу тэҥҥэ сүрэхтэрбит аҥаардарын көрсүбүппүт. Онно эмиэ биир күлүүлээх түгэннээхпит. Табаарыспыт Борисов Степа кэргэн ылаары шаферга наадыйан иккиэммититтэн “хайаҕыт шафер буоларый”- диэн ыйыппытыгар, иккиэн, эмиэ бу кэргэн ылаары сылдьабыт диэн, аккаастаан турардаахпыт.

Табаарыспыт Юрка бэрт үчүгэй, чиэһинэй, дьиҥнээх табаарыс этэ. Эппит тылыгар хайаан да турара. Кини биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах!

Бииргэ үөрэммит доҕоро Евгений Карсанаев.

Табаарыһым Юрка!

Мин Юрканы кытта алтыс дуу сэттис дуу кылааска үөрэнэ сылдьан билсибитим. Оччолорго кини дьоно МурунТыымпыйа түөлбэтигэр саҥа көһөн кэлбиттэр этэ. Оскуолаҕа барарбытыгар-кэлэрбитигэр куруук аргыстаһан барааччыбыт. Онтон ол курдук алтыһан атах тостор атастыы буолбуппут.

Куруутун булт туһунан кэпсэтэр этибит, ким тугу бултаабытын, төһөнү Байанай биэрбитин туһунан сэлэһээччибит. Оччолорго сааһым кыра буолан мин бултаммытым да ахсааннаах этэ. Онтон биир үтүө күн дьиэбэр Юрка киирэн кэллэ уонна эттэ: «Арболитовай дьиэлэр тастарыгар куртуйах-улар бөҕө олорор». Дьэ оҥостон-тэринэн бардыбыт. Тиийбиппит кырдьык да улар бөҕөтө хатыҥҥа олорор эбитэтэ. Ити арааһа алтынньы, сэтинньи ыйга быһыылаах этэ. Дьэ үөмэн аҕай киирдибит. Ыраах баҕайы сиртэн ытан көрдүбүт да мэлигир. Уолаттар санаабытын түһэрбэккэ кэрийэ бардыбыт. Бу диэн төһөнү булбуйбуппутун өйдөөбөппүн эрээри дьиэбитигэр син хас да бочугурастаах тиийбиппит. Ол сыл мас көтөрүн саҕа элбэх суох этэ. Биир күҥҥэ аҕыска тиийэ бочугураһы Байанайбыт уунара.

Сааскы куска эмиэ дьэ дурда туттан наар бииргэ сытар этибит. Ол эрээри бултаабыппыт тухары дурдаттан өлөрбүппүт ахсааннаах. Үксүн кэрийэн бултуурбут. Юрка уопсайынан бултуурун олус сөбүлүүрэ. Булт диэн баран муннукка ытаабыт киһинэн кинини ааҕыахха сөбө буолуо. Кини саанан олус үчүгэйдик ытара, ордук күөрэтиитин кыайара. Тыаҕа бочугурастыы таҕыстахха ким ордук бултуйарый диэн куруук күрэхтэһэрбит.

Юрка бэйэтэ наһаа сэмэй майгылаах, куруутун үөрэ-көтө сылдьар үтүө киһи этэ. Маны таһынан олус өйдөөх, элбэҕи аахпыт киһи быһыытынан биллэрэ. Киһи тугу эмит ыйыттаҕына билбэтэ диэн суоҕа, сканворду, кроссворду уонна эҥин араас таайбарыҥнары ааһан иһэн таайара.

Доҕорбун Юрканы хаһан да умнуом суоҕа, куруутун өйдүү-саныы сылдьыаҕым.

Юра бастыҥ табаарыһа Николай Максимов

Юра кэнниттэн кини соҕотох кыысчаана Юрианна Юрьевна Оконешникова хаалбыта. Юрианна билигин 10 саастаах.

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *