Ийэлэрбит Анна, Мария Кирилловна Килибеевалар бииргэ төрөөбүттэринэн хаан-уруу балтым, Россия культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР телевидениетын уонна радиотын бастакы диктора Лира Тарасовна Белолюбская быйыл ыам ыйын 11 күнүгэр ытык сааһын – 80-нун туолар. Кэргэнинээн гражданскай авиация бочуоттаах ветерана Спартак Яковлевич Белолюбскайдыын эт саастыылар.
Кэргэнниилэр Лира уонна Спартак Белолюбскайдар ыал буолан бииргэ олорбуттар 60 сыла туолла. Улахан кыыстара Людмила Спартаковна быйыл 60 сааһын туоларынан сибээстээн, кини үрдүк музыкальнай үөрэхтээх коллективын күүһүнэн концерт туруордулар. Киниэхэ 60 сааһынан сэмэй өйдөбүнньүк бэлэҕи туттардылар, чиэстээтилэр-бочуоттаатылар.
Урут Советскай Союз саҕана даҕаны гражданскайынан олох олоруу баара. Оччотооҕу эдэр оҕо дьон Лира Местникова, Спартак Белолюбскай улахан таптал кутаатыгар умайа сылдьан, бигэтик ыал буоларга быһаарыммыт кэмнэригэр, эдэр уол Спартак Белолюбскайы суһаллык повестка туттаран армияҕа илдьэллэр. Нөҥүө сылыгар уоппускатыгар кэлэн, сүрэхтии таптаабыт Местниковатыныын сокуонайдык ыал буолаллар. Белолюбскайдар дьиэ кэргэн үйэлээх саастарыгар арыгыны испэккэ, табаҕы тардыбакка, чөл ыраас олоҕунан үгүстэргэ холобур буолан олороллор.
Лира Тарасовналаах 6 бииргэ төрөөбүттэр. Олортон саамай улаханнара уол оҕо этэ. Кыһыл оҕо эрдэҕинэ Лаазырынай уул. 2-с нүөмэригэр куһаҕан санаалаах дьон түннүгү дьөлө бырахпыт тыастарыттан соһуйан, сүрэҕэ тохтоон күн сириттэн бараахтыыр. Оччотооҕу эдэр ыал дьон, Тарас Павлович Местников дьиэ кэргэнэ туохха да кэмнэммэт ыар сүтүк, сүрэх кыланыылаах, харах уулаах улахан сүтүгү аастахтара.
1934 сыллаахха убайым Мичил күн сирин көрөр, миигиттэн үс ый аҕа, быраас идэтин ылбыта. 48 сыл эрэ күн сиригэр олороохтообута. Элбэҕи оҥоруохтаах, айыахтаах киһи суох буолбута биһиги аймахха ыарахан, туохха да кэмнэммэт ыар сүтүк этэ. 1936 сылга Лира күн сирин көрбүтэ, онтон быраатым Юрий 1940 с. күн сирин көрбүтэ. Онтон Муся, Тарас сэрии кэнниттэн төрөөбүт оҕолор. Билигин бары пенсияҕа тахсар саастарыгар тиийбэккэ күн сириттэн бараахтаабыттара. Миигин тумус тутталлара – бырааттарым Юрий, Тарас. Мин оҕолорум эдьиийдэрэ, далбар хотуннара Мария соһуччу суох буолуута барыбытын аймаабыта.
Ойуунускай норуот өстөөҕө аатыран хара балыырдаах хаайыллыбытыгар, Саха театрын директорын Тарас Павлович Местниковы эмиэ хаайбыттара. Биричиинэтэ: “Ойуунускай айымньыларын театргар оонньотон, Ойуунускайдыын биир куомуннааххыт”, – диэн баайсан.
Хаайыыттан 2 сыл улахан атаҕастабылы, муҥу-сору көрөн доруобуйата айгыраан, хаар маҥан баттахтаах киһи тахсыбыта. Бу баара-суоҕа 34 саастаах киһи.
Тарас Павлович ийэтэ Аксиния эмээхсин маннык диэн кэпсээбитэ: “Уолум Тарааһы хаайбыттарын кэннэ кийиитим Мария Кирилловна барахсан икки оҕолорун иитээри колхоз араас үлэлэригэр бэйэтин харыстаммакка үлэлээбитэ. Биһигини этинэн-арыынан, аһылыгынан хааччыйан кыһалҕата суох олорбуппут”, – диэн махтанан кэпсиирэ. Ол хааннаах репрессия содулуттан күтүөтүм Тарас Павлович Местников 53 сыл эрэ олорбута.
Дьахтар, ийэ киһини – мин эдьиийбин Мария Кирилловнаны репрессия содула сытыытык дьайбыта, хаһыҥа хаарыйбыта. Онон күн сириттэн эмиэ 53 эрэ сааһыгар бараахтаабыта. Балтыбар Лира Тарасовна Белолюбскаяҕа “репрессия сиэртибэтэ” диэн анал пенсия анаммыта.

Балтым Лира Тарасовна, мин санаабар, телевидениеҕэ Советскай Союз саҕана дикторынан айымньылаахтык, таһаарыылаахтык, дьон-сэргэ тапталын, ытыктабылын ылан үлэлээбитэ. Ол кэмнэртэн Сунтаар “Ильич уоттара” хаһыата суруйбутуттан биир түгэни ахтан ааһыым:
“Чугас, күн аайы киирэ сылдьыһар ыаллара дьахтар киирэн кэлбит. Арай дьиэлээх хаһаайын муостаҕа тыылла тэбинэн сытар эбит. Дьиэлээх дьахтар наҕыл баҕайытык иистэнэ олорорун көрөн, ыйыппыт: “Хайа, бу аҕаҕыт тоҕо муостаҕа тыылла тэбинэн сытарый?”. Онуоха дьиэлээх дьахтар: “Ээ, ити биһиги аҕабыт кырасыабай дьахталлары көрдөҕүнэ уҥар идэтэ. Сибилигин телевизорга диктор Лира Белолюбскаяны көрөн уҥан сытар. Сотору өйдөнүө, доҕоор, өйдөнүө”, – диэбит”.

Балтым Лира Тарасовна эбэтэ Аксинья сааһын уонна хаан-уруу таайын Саха Республикатын бочуоттаах киһитин Тарас Гаврильевич Десяткины утумнаан, хата 80 ытык сааһыгар тиийбитигэр үөрэбин уонна астынабын. Арыгыны испэт, табаҕы тарпат үтүө-мааны киһиэхэ Спартак Яковлевич Белолюбскайга кэргэн тахсан, бииргэ ураты эйэ-дэмнээхтик ыал буолан 60 сыл олорон кэллэхтэрэ – үгүстэргэ холобур буолар олоҕунан.

Күтүөтүм туһунан кылгастык эмиэ ахтан-санаан ааһыым. Спартак Павлович Белолюбскай дьиэтээҕи балаһыанньатын көрдөһөн, отставкаҕа тахсан старшай лейтенант званиелаах кэлэн Якутскайга гражданскай авиация военнай идэтинэн үлэҕэ киирбитэ. Салгыы үрдүк үөрэҕи бүтэрэн ТУ-104 самолётка бортинженерынан Москванан, омук сирдэринэн көтүһэн, бочуоттаахтык пенсияҕа тахсыбыта. Сааһыран, бытааран, 70 сааһын ааһан баран үс төгүл оһоҕоһугар улахан уустук операцияны ааспыта. Сааһын тухары чөл олоҕу тутуһан, марафонскай сүүрүүнэн утумнаахтык дьарыктанан, доруобуйата чэгиэн буолан уустук операциялары тулуйдаҕа.
Спартак Яковлевич аҕата Яков Дмитриевич Белолюбскай эмиэ репрессияҕа түбэспитэ. Ол репрессия сахалар бэйэбит тэрийбит репрессиябыт этэ. Партия обкомун бастакы секретара С.З.Борисов “Таатталар эмиэ бандьыытаатылар” диэн тэрийбит үлэтэ этэ.
Партия Тааттатааҕы райкомун бастакы секретарын Яков Дмитриевич Белолюбскайы үлэтиттэн устан, партиятыттан таһааран тураллар. РСФСР Верховнай Суута Таатталарга саа-саадах тутан бандьыыттааһын тахсыбатах диэн, Саха АССР Верховнай суутун уурааҕын көтүрбүтэ. Бу РСФСР Верховнай суутун уурааҕар олоҕуран Яков Дмитриевич Белолюбскай Партия обкомар заявление биэрэн, 1954 сылга партия обкомун уурааҕын көтүттэрэн турар да, уһаабатаҕа. Бу репрессия содулуттан доруобуйатыгар тус олоҕор улахан охсуу ылан, 53 сааһыгар эмиэ сирдээҕи олохтон барахтаабыта.
Балтым Лира Тарасовна, ытыктыыр убаастыыр күтүөтүм Спартак Яковлевич ытык 80 сааскытынан, ыал буолан эйэ-дэмнээхтик олорбуккут 60 сылынан үөрэн, астынан туран оҕолоргут, сиэннэргит, хос сиэннэргит тустарыгар холобур буолар олоҕунан өссө да уһуннук олоруҥ диибин.
Убайгыт Ньургун КИЛИБЕЕВ,
саҥаскыт Люция ЖИРКОВА.
2016 сыл, ыам ыйа.

Наһаа истиҥник суруллубут ахтыы
Таайбыт Ньургун куруук истинник чугас дьонун үйэтитэн истинник суруйар👍