«Аврораҕа” бииргэ сынньаммыт, бизнескэ үлэтин, олоҕун кэрэхсээбит үһүс киһибин билиһиннэрэбин. Иванов Герман Семёнович Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтигэр 1963 c. Анастасия Алексеевна, Семён Кириллович Ивановтар элбэх оҕолоох, сылаас эйгэлээх дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт, улааппыт. Кинини көрдөххө, кэпсэттэххэ – олус холку, бэйэтигэр эрэллээх, олоххо таба тайаммыт суолугар чиҥник үктэммит киһи эбит диэн өйдүүгүн.
– Аҕам 2 үлэҕэ – Промкэмбинээккэ столярынан, онтон 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолаҕа сопхуоһунан үлэлээбитэ. Ийэм эмиэ биэнсийэҕэ тахсыар диэри 1 эрэ тэрилтэҕэ, сельпоҕа, бухгалтердаабыта. Бииргэ төрөөбүттэр алтабыт: Валерий, Владислав кэнниттэн игирэлэр Римма, Розалия, онтон Анатолий Cемёновичтар уонна мин. Аҕабыт барыбытын дьиэлээбитэ. Кини салалтатынан бары тахсан маһын кэрдэр, онтон пилорамаҕа эрбэтэр этибит. Кэлии нуучча биригээдэлэригэр көҥдөйүн туттаран баран, ис үлэтин барытын бэйэтэ оҥорбута.
– Бары үөрэхтэммиккит дуо?
– Бары үөрэхтээх, үлэлээх, билигин биэнсийэлээх дьоммут.
– Эн оскуола кэнниттэн ханна үөрэммиккиний?
– 1981 с. Уссурийскайга байыаннай училищеҕа туттарсыбытым да, кыайан киирбэтэҕим. Ол иһин тута төннөөт, дойдубар СПТУ-га киирэн, суоппар идэтигэр үөрэммитим. Аармыйаҕа барыахпар диэри кылгас кэмҥэ «Сунтаар” совхозка үүт тиэйэр массыынаҕа үлэлээбитим. 1981-83 cc. аармыйаҕа Монголияҕа уонна Казахстаҥҥа сулууспалыырбар Казахстаҥҥа 6 ый бурдук таһыытыгар суоппардаабытым.
– Онтон төннөн кэлэн баран, ханна үлэлээтиҥ?
– Сунтаар райисполкомугар, норуодунай хонтуруол комитетыгар суоппарынан үлэҕэ киирбитим. Кэлин улуус администрацията диэн уларыйбытыгар салгыы үлэлээбитим. Онтон уурайан, электростанцияҕа көспүтүм. Онно хас да сыл суоппардыырым таһынан, Дьокуускайга 1 ыйдаах курска үөрэнэн, Мирнэй-Сунтаар улахан, 110 киловольтаах линияларыгар электромонтёрдаабытым. Ол кэнниттэн “Якутопторг” Сунтаардааҕы салаатыгар ыскылаат сэбиэдиссэйэ буолбутум. Үлэлии сырыттахпына, тыа сиригэр баар салааларын сабан кэбиспиттэрэ. Ырыынак кэмэ кэлэн, ыһыллыы-тоҕуллуу буолбутугар хотунан эҥин сылдьан, кэммэрсээннии сатаабытым. Кыра массыынанан ол-бу мал, отон тиэйэн илдьэн Удачнайга атыылыырбыт.
– Отону хантан ылар этиҥ?
– Бүлүү эҥэр нэһилиэктэриттэн атыылаһан ылан, Удачнай куорат ырыынагар нэдиэлэни супту туран атыылыырбыт. Ити 1998 эҥин сылларга этэ.
– Оччоҕо бастаан кэммиэрсийэттэн саҕалаабыт эбиккин дии.
– Ол кэнниттэн бэйэм дьарыктаах буолар туһуттан 2010 cылтан шиномонтаж өҥөтүн оҥорор чааһынай тэрилтэ тэринэн, урбаанньыт буолбутум. Ол саҕана оройуоҥҥа соҕотох оннук тэрилтэ баара да государственнай этэ, онон миэнэ бастакы чааһынай буолбута. Сакаас аһара элбэҕинэн күүстээх үлэ саҕаламмыта. Ким да үөрэппэтэҕэ, барытыгар бэйэм үөрэммитим. Отой солото суох сылдьар этим – күҥҥэ 50-ҥа тиийэ көлүөһэни оҥорорум, түүн 12 чааска утуйарым. Оннук үлэлээн, сыыйа сайыннаран испитим. Саҥа станоктары атыыласпытым уонна суоппардар бэйэлэрэ илиилэринэн тутан-хабан оҥоһуннуннар диэн санааттан улахан гараж туттан, онно подъёмниктары туруортаабытым. Атын киһиэхэ эрэммэт, итэҕэйбэт, бэйэлэрэ эрэ өрөмүөннээтэхтэринэ астынар, бигэ эрэллээхтик айанныыр майгылаах суоппардар бааллар. Оннук дьон киирэн оҥостор. Билигин ИП диэнтэн тахсан, самозанятость диэҥҥэ көспүтүм. Ол иһин бэйэм билэрбинэн, бара-кэлэ сылдьан үлэлиибин.
– Бастаан тэринэргэр туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй?
– Ол кэмҥэ Сунтаарга шиномонтажка туттуллар аналлаах үнүстүрүмүөннэр атыыга суохтара. Биир эргэ компрессоры булан үлэлэппитим. Бастаан көлүөһэни үрдэрэн эрэ биэрэрим. Онтон, тэрилтэбин өссө сайыннараары, аҕыйах бырыһыаннаах 500 тыһ. солк. кредит ыламмын, эбии элбэх подъёмниктары, пресстэри эҥин атыыласпытым. Ол барыта үлэлии турар.

– Үлэһиттэрдээххин дуу?
– Суох, биир да үлэһитим суох, бэйэм соҕотоҕун үлэлиибин.
– Быйыл манна кыстаабыккыт дии, сотору тиийэн салгыы дьарыктанар буоллаҕыҥ?
– Кыһын сынньанан, эмтэнэн-томтонон баран Сунтаарбытыгар барабыт. Саас массыына көлүөһэтин сайыҥҥыга көһөрүү саҕаланар. Онон күһүн хойукка, айан суола туруор диэри үлэлиибин.
– Билигин итинэн дьарыктанар чааһынай дьон элбээтэҕэ дии?
– Нэһилиэк аайы бааллар, Сунтаарга бэйэтигэр эмиэ элбээтилэр. Онон клиент аҕыйаата.
– Оттон эйиэхэ уруккуттан өрөмүөннэтэр дьонуҥ син-биир кэлэллэрэ буолуо?
– Ээ, саастаах суоппардарым кэлэ тураллар. Күүтэллэр, хаһан кэлэрбин ыйыталлар.
– Бизнескэ улахан уопуттаммыт киһи, эн, саҥа саҕалыыр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Туохтан да куттаммакка, харса суохтук үлэлээн барыахтаахтар. Кыраттан саҕаланар буоллаҕа. Үлэлээн бардахха барыта көстөн иһэр, идея да киирэр, онон саҕалыахха эрэ наада. Мин бастаан маһынан уһанаары гыммытым, онтон уларыппытым.
– Иллэҥ кэмҥэр бултуур эбиккин дии, улахан булка да сылдьыбытыҥ буолуо?
– Бултуубун, улахан бултан тайахха, киискэ сылдьааччыбын. Саас кустуубун.
– Ону таһынан өссө туох атын дьарыктааххын?
– Сунтаарга спортзалга эрчиллэбин, стадиоҥҥа баран сүүрэбин.
– Эн күрэхтэһиилэргэ кыайар, Сунтаарга биллэр спортсмен эбиккин буолбат дуо?
– 1983 с. райисполкомҥа үлэлии сырыттахпына, Харитонов Валентиннаах эҥин мас тардыһыытыгар холонон көрөргө эппиттэрэ. Онтон ыла дьарыктанан, күрэхтэһиигэ кыттар буолан барбытым. Оройуоммар мэлдьи бастыыр этим. Онно сөп буолбакка, сайын аайы матасыыкылынан ыһыахтары кэрийэр идэлэммитим. Уоннуу ыһыахха сылдьар этим. Онно мас тардыһан, барытыгар кыайарым. Ол саҕана массыына, матасыыкыл бириис диэн суоҕа, мүһэ уонна грамота биэрэллэрэ. Бириис эрэ туһугар киирсибэккин, кыайыаххын баҕаран үлүһүйэн кыттаҕын уонна кыахтаах уолаттары булан, мас тардыһыыга угуйаҕын. 1990 c. Манчаары Оонньууларыгар призердаабытым. Ол инниттэн онно кыттар этим да биһиэхэ, Сунтаарга, эрчиллэр тренажёрдар суохтара атахтыыра.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ.
– Кэргэним Алла Октябриновна Сунтаар Сиэйэтиттэн төрүттээх. Тэҥ саастыыбыт. 1983 с. райисполкомҥа үлэлиирбэр араас отделтан 70-ча эдэр ыччат Илимниир Кырамдатыгар нэдиэлэни быһа сайын окко субуотунньуктуу тахсар этибит. 200 эҥин тоннаны оттуурбут. Биригээдэ дьоно уларыйа турара. Онно киһи бары тахсыан баҕарара – окко эмиэ сынньанаҕын, бэһиэлэй буолара. Сарсыарда 4 чааска диэри утуйбакка сылдьарбыт: хас да сиринэн кутаа тула олорон, кэпсэтии бөҕө буолара, Коротов Валерийдаах эҥин кэпсээннэрэ, анекдоттара бүппэт этэ. Аллалыын онно билсэн холбоспуппут. Кини 20 cыл Госстрахха специалиһынан үлэлээбитэ, онтон 13 cыл Сбербаҥҥа бухгалтердаабыта. Билигин биэнсийэҕэ олорор. 2 оҕолоохпут, 3 cиэннээхпит. Улахан уолбут Красноярскай университетын бүтэрбитэ, хайа инженерэ идэлээх. Аллараа Кураанахха «Полюс Алдан” АО көмүһү хостуур фабрикатыгар начальник производствоҕа солбуйааччыта. Кэргэнин кытта бииргэ үлэлииллэр. Студенныы сылдьан, билсэн холбоспуттара. Кырабыт эмиэ ол университекка үөрэммитэ, инженер. Дьокуускайга «Интехстрой”-га начальник производствоҕа солбуйааччытынан үлэлиир.

– Кэргэнниилэр тапталлара хаһан да уостубатын, үйэлээх буоларын төрүөтэ туох буолуой?
– Бэйэ-бэйэни өйдөһүү, үлэни үллэстэн оҥоруу, эйэлээх буолуу.
– Төһө элбэх эрэллээх доҕоттордооххун?
– Доҕотторум бары булчуттар. Наар бииргэ бултуубут, бэйэ-бэйэбитигэр мэлдьи көмөлөсүһэбит.
– Эн санааҕар, дьиҥнээх доҕор диэн хайдах киһиний?
– Эйигин өйдүүр, ыарахан кэмҥэр өйүүр, ыалдьыттаһар эрэ диэн буолбатах, көрдөстөххө аккаастаабат, хардарыта көмөлөсүһэр киһи.
– Дьон эйиэхэ сыһыаныгар куһаҕан өртүн төһө бырастыы гынаҕын?
– Ээ, сотору соҕус умнан кэбиһээччибин. Бастаан өһүргэнэн баран, сыыйа аһарабын, үйэм тухары санаабар тута сылдьыбаппын.
– Дойдугар Сунтаарга олох сайдыыта төһө барар дии саныыгын?
– Суоллар бары оҥоһулуннулар. Суол үчүгэйэ эмиэ сайдыы бэлиэтэ буолар. Урут Дьокуускайга 2 cуукканан кэлиллэрэ, билигин – кыһын 13 чааһынан. Ити улахан сайдыы буоллаҕа дии, таһаҕас да таһыытыгар көмөлөөх.
– Тыа сиригэр үлэ суох дииллэригэр сөбүлэһэҕин дуу, эбэтэр тугу эмэ тобулан үлэлиэххэ сөп дуу?
– Суох, сөбүлэспэппин – үлэ элбэх! Идэтэ суох киһи сүөһү көрүүтүгэр да үлэлиэн сөп. Вахтанан үлэҕэ эмиэ ыҥыра тураллар. Дьиэ кэргэннээх да элбэх дьон онно баран үлэлиир. Мин бэйэбэр уолаттары үлэлэтэ сатаабытым да быыллааҕын иһин киирбэттэрэ, киирдэхтэринэ да тулуйбакка, биир нэдиэлэнэн куотар этилэр. Чахчы кирдээх үлэ буоллаҕа. Мааска кэттэххэ аны тыынарга мэһэйдиир, онон төһө быылы сии сылдьарым биллибэт. Ыарахан үлэ – сааһыран баран ыарырҕатар буоллум.
– Дьиэ кэргэҥҥин кытта хайдах сынньанаҕыт?
– Айылҕаҕа тахсааччыбыт, сир аһын хомуйааччыбыт.
– Манна, куоракка быйыл саҥа кыстаатыгыт дуо?
– Саҥа. Улахан уолум «Куоракка олорон көрүҥ, мин дьиэбэр төһө баҕарар олоруҥ” диэн квартиратын босхо биэрбитэ. Барытын бэйэтэ төлүүр.
– Эн, арааһа, куораты сөбүлээбэтэҕиҥ буолуо.
– Оннук, тыыным хаайтарда. Дэриэбинэҕэ хаар күрдьэн, тугу эмэ гынан, салгын да сиигин. Манна маҕаһыыннары кэрийэҕин, ону музей курдук көрөҕүн, кэнсиэркэ сылдьаҕын.
– Онон “тыа сиригэр олорор ордук эбит” диэтэҕиҥ.
– Ордук. Манна түбүгэ бэрт, эмискэ кэллэххэ өссө сылаалаах да курдук эбит.
– Ол туохтан сылаалааҕый?
– Оттон автобуска сарсыардаттан дьон бары ыксаабыт, сүүрбүт-көппүт баҕайы көрүҥнээх буолаллар. Сунтаарга билэр дьоҥҥун көрсөн, дорооболоһо, кэпсэтэ сылдьаҕын, манна уулуссаҕа биир да билэр киһигин көрсүбэккин, бары кыыһырбыт курдук сылдьаллар уонна автобуска үтүрүһүү-анньыһыы элбэҕэ бэрт. Харчы да түргэнник баранар курдук – подъезтан таҕыстыҥ да сиэпкин тэбээбитинэн бараҕын. Манна үлэлээх киһи, баҕар, үчүгэй буолуо. Тутуу биригээдэтигэр да үлэлиэххэ сөп этэ. Убайым Владик Москваттан кэллэҕинэ, баҕар кинини кытта үлэлиирим дуу. Кини соҕотоҕун сылдьан сварщиктааччы. Тугу барытын сатыыр: иистэнэр да, астыыр да, балаакка, бэргэһэ да тигэр.
– Оттон эн ас астыыгын дуу?
– Наада буоллаҕына дьиэ үлэтин барытын оҥоробун. Антах үлэттэн орпоппун. Кэргэним өрөбүлгэ өрөтө сатыыра да, өрөбүлгэ атын шиномонтажтар сабыллаллар, онон үлэм ордук элбиир күнэ. Бэйэм суоппар буолан, тэстибит көлүөһэни абырахтыыр хайдаҕын элбэхтик тоҥон-хатан, эппинэн-хааммынан билбитим. Иккилии-үстүү көлүөһэ тэһиннэҕинэ эрэй бөҕөтө буолара. Ол иһин кичэйэн, хаачыстыбалаахтык оҥоробун уонна «чэ, тэстибэккэ, үчүгэйдик сырыт!» диэн алҕаан ыытабын, ол туолар эбит, ону суоппардар сөбүлүүллэр. «Эн алгыһыҥ тиийэн, сайыны быһа биир да көлүөһэм тэстибэтэ», – диир дьон баар.
– 12-с сылын итинэн дьарыктаммыккын дии, ол тухары салгыбатыҥ, атыҥҥа уларытыаххын баҕарбатыҥ дуо?
– Суох, отой салгыбаппын, сөбүлүүбүн. Бэйэбэр сөптөөх үлэни булуммуппун дии саныыбын уонна чааһынай тэрилтэм буолан, сабан баран, көҥүл барарым-кэлэрим үчүгэй.
– Ол аата чааһынайынан үлэлиири ордордуҥ?
– Ордорон. Сорохтор коллективка сылдьаары, дьону кытта алтыһаары, тэрилтэҕэ үлэлиири ордороллор. Миэхэ да күн аайы араас дьон кэлэр: үөрбүт-көппүт да, кыйахаммыт да. Сорохтор киирэн баран тахсыбакка, кэпсэтэ олоруохтарын баҕараллар.
– Оччоҕо психолог курдук, дьон майгытын билэ үөрэннэҕиҥ?
– Ээ, билэбин: ким кэччэгэйин, ким дэлэгэйин.
– Түмүккэ тугу этиэххин сөбүй?
– Бэйэбин дьоллоох курдук сананабын. Оҕолорум үөрэхтээх, үрдүк хамнастаах үлэлээх, дьиэлээх-уоттаах дьон буоллулар. Биһигиттэн харчы көрдөөбөттөр, үөрэттэрбиппит эрэ. Үлэһит буолан баран, хаһан да биһиги моойбутугар олорботохторо, хата, көмөлөһүөхтэрин сөп. Олохторун бэйэлэрэ оҥоһуннулар.
– Манна букатын көһөр санааҕыт бакаа суох дуо?
– Суох, кэлэ-бара сылдьабыт. Сунтаарга дьиэбит бойлердаах буолан бэйэтэ турар, ыалларбыт көрөллөр. Наар онно олорбут, урут тэйбэтэх буолан дойдубун ахтабын.
– Герман Семёнович, истиҥ кэпсээҥҥэр махтанабын! Олус сыралаах эрээри, сөбүлүүр үлэҥ инникитин да ситиһиилэннин, дьон махтала эйигин үөрдэ, кынаттыы сырыттын, өрүү маннык дьоллоохтук сананар буолаар!
Бу “Туймаада” кэнники нүөмэрдэригэр билиһиннэрбит үс киһим курдук бэйэлэрин өйдөрүнэн, мындырдарынан суол солонон, үлэлээн-хамсаан, олоххо элбэҕи ситиспит, сиэрдээх майгылаах, бэйэлэрин күүстэригэр бигэ эрэллээх дьон баара үөрдэр. Кинилэр Орто дойду олоҕун киэргэтэллэр, сылаас, сырдык тыынныыллар, кэскилэ сайдыытыгар олук уурсан төһүү күүс буолаллар, онон инникигэ эрэли үөскэтэллэр.
Зоя ИМ.
Дьокуускай к.
