Быйыл 2017 сылга саха омук кылбар тустууга Пётр Попов төрдүс кинигэтэ киэҥ эйгэҕэ таҕыста. Пётр Егорович «Хардыы да чугуйбакка», «Саха бастакы маастардара», «Саха бөҕөстөрө – Россия чемпионнара» диэн кинигэлэрэ ыскылаакка быыл буола сыппакка, ааҕааччы биһирэбилин ылан бэрт түргэнник атыыттан сүтэн хаалбыттара. Билиҥҥи кинигэтин аата «Үтүө аат хайдах кэлэрий» диэн. Бэрт түргэнник атыыланан бүтэн хаалар кутталлаах.
Пётр Попов баара-суоҕа 26 эрэ сааһыгар диэри тустубута. Кини тустар истиилэ маҥнайгы кинигэтин «биир да харыс чугуйбакка» курдук иннин диэки түһэ турар, албастан албаска баран иһэр, киһи наар көрө эрэ олоруох курдук тустуута буолара. Дьэ ол да иһин 50-ча сыл ааста да, норуот уос номоҕо оностон кини тустуутун күн бүгүнүгэр диэри сэһэн оҥостоллор.
Тустуу ытык-мааны кырдьаҕаһа, улуу тустууктардаах Чурапчыттан, буолаары буолан ыарахан ыйааһыҥҥа маҥнайгы маастар Максим Сибиряков бу курдук ахтар: «Петя тактика диэни тутуспат, кимэн киирэр тустуук этэ. Сүүрбэтин эрэ ааһан баран кэлин Аан дойду чемпионнара уонна призёрдара буолбут Юрий Гусовы, Юрий Шахмурадовы, Нугзар Журулины, Станислав Гаджиевы кытта эрбии биитин тииһин курдук тэбис-тэҥҥэ тустар этэ. Дьиҥинэн аан дойду таһымнаах тустуук этэ, ону талаанын ситэ салгыы арыйбакка эрдэ тустууттан уурайбыта», – диир.

Кырдьыга да оннук. Пётр Егорович эдэр сааһыгар советскай-партийнай үлэҕэ ыҥырыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Обком уонна Совмин инструктордарынан, партком сэкиритээринэн, райисполком председателинэн, спорт миниистиринэн үлэлээбит тустуук буолар. Онон салайар үлэ уустуктарын этинэн-хаанынан билбитэ.
Тустуу федерациятын маҥнайгы президенэ буола сылдьан Пётр Егоровичтыын тустууга Н.Н.Тарскай бирииһин сөргүппүппүт, үс сылы субурутан «Золотой пояс Якутии» норуоттар икки ардыларынааҕы турниры ыыттарбыппыт, АХШ, Монголия, Турция хамаандаларын кытта матчевай көрсүһүү, РСФСР көҥүл тустууга күрэхтэһиитин ыыттаран 3 көмүс, 2 үрүҥ көмүс, 3 боруонса мэтээли ылбыппыт. Пётр Егорович пенсияҕа тахсан баран олус тахсыылаахтык суруйар идэҕэ көстө. Саамай үчүгэйэ диэн бэйэтэ хара көлөһүнүн тохпут, көбүөр быылын толору эҕирийбит саха омук киэн туттар чулуу тустууга бэйэтинэн суруйуута буолар.
Билиҥҥи «Үтүө аат хайдах кэлэрий» кинигэтин үс кэрчиккэ наардаабыт. Урукку кэмҥэ кинигэҕэ суруллубатах дьикти спортивнай дьылҕалаах дьону булан кинилэр дьиэтээҕи, үлэҕэ-хамнаска олохторун тус бэйэтинэн чинчийэн суруйбут. Холобур саха чулуу тустууктара Леонид Спиридоновы, Михаил Ноговицыны, Владимир Яковлевы, Владимир Торговкины дьиэлэригэр-уоттарыгар сылдьан, дьиэ кэргэннэрин кытта билсэн, төрдүлэрин-төбөлөрүн билсэн суруйбут. Төһө да улуу тустууктар буолбуттарын иһин инчэҕэй эттээх, тус олох эриирдэрин барбыт, ис-иһигэр киирдэххэ туспа проблемалардаах дьон буоллахтара дии. Биһиги дьоммут наар тустууларын эрэ суруйан тахсаллар, оттон Пётр Егорович атыннык арыйбыт.
Холобур, Лөонид хайы-үйэ үс оҕолоох ыал аҕата. Кини кэргэнэ Розалия Леониды бу курдук ахтар «В Лёне ярко выражены качества сильным мужчинам – мужественность, смелость, надёжность. При этом он невероятно добр, щедр, с ним легко общаться». Хайдах курдук үчүгэй сыһыаный! Леонид ийэтэ Татьяна Петровна Бүлүү улууһуттан төрүттээх, эдэр сылдьан сүүрүгүнэн биллэрэ. Эһэтэ Ньукулай Кэбээйи Мастааҕыттан эбит. Дьэ бу кырдьаҕас күүстээҕинэн биллэрэ эбитэ үһү. Онон Леонид куустээх буолуута геннэй төрүттээх буолар.
Михаил Ноговицын сүҥкэн ситиһиилэрэ Украинаҕа буолан, саха ыалдьааччылара улаханнык билбэттэр. Кини ийэтэ Мандрова Татьяна уон оҕолоох Герой-ийэ. Аҕата Василий Павлович «Ытык аҕа», 50-тан тахса сыл математика учууталынан үлэлээбит. Улаханнык кыанар, мүһэ бөҕөнү амсайбыт киһи эбит.
Владимир Яковлөв хайдахтаах курдук чаҕылхай тустууну 1985 сыллаахха ССРС чемпионатыгар көрдөрбүтүн бары өйдүүбүт. Талаанын үгэнигэр сылдьан 1987 с. ыараханнык травмаланан тустууттан эрдэ туораан турар. Ол гынан баран тус олоҕун тренерскэй үлэҕэ аныыр. Кини тус олоҕо да чэпчэкитэ суох. Кыра оҕо сааһыгар аҕата өлөн, Мэҥэ Хаҥалас Быраматыгар эбэтигэр Февронья Петровнаҕа, эһээтигэр сылгыһыт Иннокентий Яковлевка иитиллибит.
Владимир Торговкин тустуу хайысхатыгар баар-суох эрэнэр учуонайбыт. “Азия оонньууларын” чемпиона, олимпиец. Аҕата кыра сааһыгар олохтон туораан, ийэлэрэ Екатерина Петровна соҕотоҕун элбэх оҕону көрөн-харайан ииппит. Владимир холку, тустуук киһиэхэ олус интеллигентнэй. Науканан сибээстээн Петр Егорович Николай Слепцов-Сылык учуонай энергоинформационнай зона, поле, медитация боппуруостарыгар олус сөпкө тохтоон ааспыт. Мин Бродников, Башкиров анал үөрэхтэрин, Сенькин Василий Лукич тус сүбэлэрин-амаларын барбыт киһи буоларым быһыытынан, итини бэркэ билэр дьыалам. Киһи полетын энергетиканы салайар киһи сатаан улаатыннарар, оннооҕор тэйиччи олорон мэйиигинэн анараа киһи мэйиитигэр дьайан улахан хамсааһыны таһаарыахха сөп. Федерация салайааччыта Семён Березин бэйэтэ врач буоларын быһыытынан итини истэр, билэр буолуохтаах.
Аҕа саастаах уһулуччулаах талааннарга түһүмэххэ спорт миниистэрэ буола сылдьыбыт, республика көҥүл тустууга 1956 сыллаахха бастакы чемпиона Семён Иванович Алексеевы олус бэркэ сырдаппыт. Кырдьаҕас билигин 86 сааһа. Кэпсээн киирэн, тыл этэн бардаҕына киһи эрэ соһуйуох курдук. Өйө-санаата, памята сүрдээх. Кыра оҕо эрдэҕинэ детдомтан үтүө санаалаах Алексеевтар ылан ииппит эбиттэр. 1952 сыллаахха Булуҥ оройуонун киинигэр Күһүүргэ оройуон спартакиадатыгар кыттаары 50 көс сири сатыы баран кыттыбыта киһини эрэ сөхтөрөр.
Зедгенидзев Семён Александрович Сунтаар улууһугар, спорт эйгэтигэр улаханнык ытыктанар киһи. Мин кинини тус бэйэм харахтаан көрбөтөх киһим гынан баран, сураҕын истибитим сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Хаама сылдьар спорт легендата. Төрдүлэрэ грузиннар эбит, олор 18 үйэҕэ кэлэн хаалбыттар. Семён Александрович акробатикаҕа спорт маастара, тустууга республика чемпиона. Сунтаар чулуу спортсменнара кини илиитинэн ааспыттара диэтэххэ арааһа сыыһа буолбата буолуо. Эһиил 90 сааһын туолар. Кэргэнэ Мария Афанасьевна республика үтүөлээх бырааһа, 85 сааһын туолар. Пётр Егорович кинилэр ыал быһыытынан ис сыһыаннарын олус да үчүгэйдик суруйбут.
Сафонов Николай Иванович эһиил 87 сааһа буолар. Спорт маастара, маҥнайгы тренердэртэн биирдэстэрэ. Алквиад Иванов кини илиитин иһинэн эрчиллэн ааспыта. Аҕыйах сыллааҕыта Николай Иванович тустуу туһунан суруйбут методичкатын ааҕан баран олус сөхпутум. Спортивнай анал үөрэхтээҕэ дьайар эбит. Саха сирин тустууктарын былчыҥнарын структуратын үөрэтэн тустуу албастарын уонна эрчиллии методикатын онно сөп түбэһиннэрэн ыытыахха диирин сөп дии саныыбын. Коркин Д.П. японнар тустууларын киинэҕэ устан кэлэн анаан-минээн үөрэппитэ. Алөксандр Иванов тустар хайысхата онно сөп түбэһэр этэ. Дэлэҕэ даҕаны ФИЛА президена Александр Иванову уһулуччу сөбүлээн 21 үйэ тустууга диэ дуо. Николай Иванович республикаҕа биллэр тустууктар баар-суох киэн туттар тойуксуппут. Пётр Егорович Сафонов тустууну ахтыытын уонна ырытыытын бэрт үчүгэйдик суруйбут.
Пётр Егорович билигин 70-нуу саастаах, чөл олоҕу тутуһан кэлбит, сааһыран баран бэтэрээннэргэ Аан дойду хас да төгүллээх чөмпионнара буолбут, билигин да эдэр оҕо курдук тус бэйэлэринэн көбүөргэ киирэн оҕолору эрчийэ сылдьар Соловьёв Федот Архиповичка уонна Кочкин Иннокентий Семёновичка анаан-минээн тохтообут. Кочкин Ф.А. Нам улууһун улуу Үөдэйиттэн, Кочкин И.С. Таатта Уолбатыттан төрүттээхтэр. Соловьёв Ф.А. отучча сыл №3 оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ. Тэрийэр талааннаах, тыллаах-өстөөх, билигин республика тустууга бэтэрээннэрин сэбиэтин правлениетын ситиһиилээхтик салайа сылдьар. Дьон сэһэнинэн 57 киилэлээх киһиэхэ 165 киилэлээх штанганы холкутук тобугар диэри тардар эбит. Кочкин И.С. куруус саҕана 5 куул хортуосканы санныгар уурдаран ылара эбитэ үһү.
Үһүс түһүмэххэ араас кэмҥэ суруйбут ахтыыларын киллэрэр. Сахалар наар «мухач» эрэ ыйааһыныгар тусталлар диэн өйдөбүл баар буолааччы. Ырытан көрдөххө орто ыйааһыҥҥа үчүгэйдик тустар эбиттэр. Ону Роман Егоров кинигэтинэн үчүгэйдик дакаастаан турар. Оттон ити санааны үчүгэйдик үрэйбиттэринэн Пётр Попов, Николай Неустроев, Павел Пинигин буолаллар. Пётр Попов 1964 сыллаахха Россия чемпионатыгар бронза мэтээли мүччү туппутум диэн ахтар. Ол күрэхтэһиини төһө да телевизор суох буоллар тыһыынчанан киһи көрбүтэ уонна радио, хаһыат нөҥүө билэр. Билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүллэр. Пётр Попов Россия биир күүстээх тустуугун Головины 4-3 ахсаанынан кыайан иһэн, киһитин аттатан баран кууһан ылан кэдэрийэн «мост» нөҥүө быраҕаары бэйэтэ баран хаалан турар. Оччолордооҕу хаһыаттар ону араастаан комментарийдаан суруйан тураллар. Өйдөөн-төйдөөн тустубакка кыайтарда диэбиттэр хойукка диэри баар эбиттэр.
Тустуу кырдьаҕаһа, саарына Николай Иванович Сафонов Пётр Попову тустууну искусствоҕа кубулуппут тустуугунан ааҕар. Дьэ ол да иһин Пётр Попов тустуутун күн бүгүнүгэр диэри өйдүүллэр. Мин эбэн этиэм этэ: сыылла сылдьан кыайыахтааҕар көтө сылдьан хотторбут ордук курдук. Пётр Попов 1965 сыллаахха Калининград куоракка Россия чемпионатыгар улуу тустуук Станислав Гаджиевы кытта тустубутун ахтар. Бэрт элбэх киһи кытаатан тэҥнэс диэн сүбэлээбиттэр. Арай тренерэ Николай Волков “отой кыайыыга эрэ тустаҕын, иккиһэ да үсүһэ да син биир, онтон чемпион буолуу диэн атын, дьонуҥ-сэргэҥ эйигин күүтэллэр” диэн муос-таас курдук модьуйбут. Онно санаам бөҕөтүйэн, настройум отой атын, күүһүрэ түспүтүм диир. Дьэ хабыр хапсыһыы буолбут, ыалдьааччылар бары кинилэр көбүөрдэригэр көһөн көрө кэлбиттэр. Ол хабыр хапсыһыыга санаа күүһэ баар буолан, улуу Гаджиевы кыайан Россия чемпиона буолар.
Пётр Егорович Николай Волковы олус ытыгылыыр уонна сыаналыыр. Николай Волковы уонна Дмитрий Коркины утарыта туруорар күүстэр сороҕор көстөн ааһаллар. Икки улуу тренердэри утары туруортуур, икки тустуу аҕаларын харсыһыннарар хайа да өртүнэн саха тустуутугар омсолоох.
Пётр Егорович олус үөрүнньэҥ, ыалдьытымсах, боростуой. Дьоҥҥо сыһыаннара үчүгэйинэн, хос санаалара суоҕунан, аламаҕайдарынан убайа Климент Егоровичтыын үкчүлэр. Бука хааннара, геннара оннук буоллаҕа. Пётр Егорович икки доп-доруобай улахан сиэннэрдээх. Биирдэрэ врач үөрэхтээх, иккиһэ соҕуруу тутуу үөрэҕин бүтэрбит. Эһэлэригэр сыһыаннара истиҥин көрөн киһи үөрэр эрэ. Эһэлэрин туһунан олус үчүгэйдик ахталлар, эһэлэрэ кинилэргэ хаама сылдьар тыыннаах холобур.
Пётр Егорович кинигэтин сүүрэн-көтөн бэйэтэ харчытын булан таһааттарар, көмөлөспүт дьоҥҥо, тустуу федерациятыгар махтала улахан. Ол иһин да буолуо, кинигэ экземпляра аҕыйах, тиксибэккэ хаалбыттар наһаа хомойумаҥ.
Пётр Егорович уһун сылларга араас салайар үлэҕэ үлэлээн Саха сирин сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. Спорт миниистирин быһыытынан элбэх саҥалары киллэрбитэ, ордук чуолаан маассабай спорт, физкультура сайдыытыгар, ыччаты спортивнай тыыҥҥа иитиигэ, чөл олоҕу сайыннарыыга түөрт кинигэ суруйан кэскиллээх суол хаалларда. Бэйэтэ норуот таптыыр чаҕылхай тустууга, онон Д.П.Коркин аатынан государственнай бириэмийэни ылыыга дьоһуннаах кандидат буолуон сөп этэ.
Кини бу ахсынньыга лоп курдук 75 сааһын туоларынан тус олоҕор, дьиэ кэргэнигэр дьолу-саргыны, доруобай уһун олоҕу баҕарабын!
Макар ЯКОВЛЕВ,
ССРС көҥүл тустууга федерациятын исполкомун чилиэнэ, Саха сирин көҥүл тустууга федерациятын Бастакы президенэ (1989-1992 сс.), ХИФУ профессора.
2017 сыл, ахсынньы ый.
