2017 сыл муус устар ыйыгар Национальнай художественнай музейга саха народнай художнига, биллиилээх скульптор Максим Максимович Павлов 75 сааһыгар анаммыт бэртээхэй быыстапка аһыллыбыта. Максим Максимович айар үлэтин туһунан искусствовед, профессор З.И.Иванова-Унарова дакылаат оҥорбута, кини үлэлэрин, оҥоһуктарын ырыппыта.

Мин Максим Максимович аан бастаан сахалар мамонт муоһуттан араас үлэлэри чочуйан, кыһан оҥороллорун аан дойдуга, араас омуктарга көрдөрбүтүн суруйуохпун баҕарабын. Маны ким да тоһоҕолоон бэлиэтээбэт, болҕомтоҕо ылбат.
1981 сыллаахха Эргиэн-промышленность палаататын иһинэн Канада Монреаль куоратыгар “Киһи уонна кини тулалыыр эйгэтэ” диэн улахан, Аан дойдутааҕы быыстапка тэриллэн, үс ый курдук бэс ыйыттан атырдьах ыйын бүтэһик күннэригэр диэри үлэлээбитэ. Бу быыстапкаҕа Саха сирэ аан бастаан туспа разделынан Арменияны кытта Советскай Союз экспозициятыгар турбута.
Быыстапка олус эппиэттээх, улахан уонна туспа разделынан республика кыттар буолан Совмин председателин солбуйааччы М.П.Габышев салайааччылаах тэрийэр хамыыһыйа тэриллэн сүрдээх күүскэ үлэлээбитэ. Миигин раздел начальнигынан уонна экспозиция ааптарынан анаабыттара, 3 стендэни илдьэ барар буолбуппут. Мин туруорсуубунан (араас пресс-конференцияларга кыттыахтаахпыттан саллан) Хоту сир физтех. проблемаларын солбуйааччы директорын, оччолорго техническай наукалар кандидаттарын В.П.Ларионовы, Ирбэт тоҥу үөрэтэр Институт үлэһитин, наука эдэр докторын, французскай тылы үчүгэйдик билэр В.П.Мельниковы ыытар буолбуттара. Академик, Саха сирин худуоһунньуктарын Союһун председателэ А.Н.Осипов мэктиэтин үһүс стендиһинэн М.М.Павлов барар буолбута. М.М.Павлов экспозицияны туруорарга үлэлэһэрин таһынан быыстапкаҕа мамонт муоһуттан оҥоһуктары оҥорон, чочуйан дьоҥҥо көрдөрүөхтээҕэ.
Ол кэмҥэ Аан дойду балаһыанньата наһаа бэрдэ суоҕа. Биһигини, Советскай павильон үлэһиттэрин, эрдэ сэрэппиттэрэ – павильон эрэ иһигэр (Советскай павильон бэйэбит территориябыт курдук көрүллэрэ) көҥүллүк бэйэбит дойдубут туһунан кэпсиирбит, көрдөрөрбүт көҥүллэнэрэ, КГБ да үлэһиттэрэ бааллара, бэйэбитин да хонтуруоллууллара. Канада да өттүттэн араас провокация оҥоһуллуон сөптөөҕө. Маҥнай тиийдэхпит утаа харчыбытын Канада долларыгар уларытан биэрбэккэ эрэйдээбиттэрэ, ас-үөл атыылаһарга долларбыт суоҕа. Бииргэ үлэлиир дьоннорбутуттан иэс доллар ылан, арыый чэпчэки диэн ынах кутуругун атыылаһан Максим миин буһарда. Аны тууспут суох. Владимир Петрович Москваттан өйүө гынан илдьэ кэлбит туустаах селёдкаларын Максим Максимович көрбөтүгэр мииммитигэр угаттаан кэбиспит. Максим Максимович (В.П. улаханнык билсэ иликтэрэ, кэлин улахан доҕордуу буолбуттара) кэлэйии бөҕө: “Ларионов мииммитигэр туустаах селёдкалары укпут. Хайа саха эти, балыгы бииргэ буһарар үһү”. Сиргэнэн мииҥҥэ отой чугаһаабата. Биһиги Владимир Петровичтыын испиппит. Манан биири этээри гынабын: “Максим Максимович ханна да сырыттар, саха үгэһин, култууратын тутуһар, толорор киһи”.
Монреальга Максим Максимович үс ыйы быһа мамонт муоһуттан хайдах чочуйан, кыһан араас оҥоһуктары оҥорору толору көрдөрбүтэ. Көрбүт дьон сөҕөр-махтайар этилэр. Павильоммут директора Л.С.Гудыря көрдөһөн, наадалаах дьоннорго бэлэхтэри да оҥортотолообута. Онон, Максим Максимович саха уус-уран оҥоһуктарын мамонт муоһуттан хайдах оҥороллорун аан дойдуга аан бастаан көрдөрбүт киһи буолар. Саҥа тэриллибит Үҥкүү ансамбла Канадаҕа аан бастаан олус ситиһиилээхтик сылдьыбыта. Салайааччынан култуура миниистирин солбуйааччы В.А.Босиков сылдьыбыта. Бука Америка континеныгар саха фольклорун, үҥкүүтүн-битиитин, ырыатын-тойугун, чабырҕаҕын аан бастаан көрдөхтөрө буолуо.
Саха народнай артыыһа Иван Прокопьевич Степанов олус өрө көтөҕүллэн хас да ырыалара ыллаабыта, Ньургун Боотур ариятын толортообута. Сэбиэскэй павильон үлэһиттэрэ ордук нуучча народнай ырыаларын толорорун сөбүлүүллэрэ, сөҕөллөрө. Армяннар сөҕөн “ССРС народнай артиһа дуо” дииллэрэ. Ол саҕана Уйбаан туох да званиета, бэл Саха үтүөлээх артиһын аата суоҕа. Ол саҕана бочуоттаах ааттары иҥэрии олус кытаанах буолара. Үс ый устата ыраах тэлэһийэ сылдьан үлэлээбит дьонтон биир да киһи бэлиэтэммэтэҕэ, Эргиэн-промышленнай палаататтан наҕараадаҕа түһэрии баарын үрдүнэн.
Биһиги музейбыт үлэһиттэрэ бу быыстапка тэрээһинигэр көхтөөхтүк кыттыбыттара. Бэлэмнэнии курдук 1980 сыллаахха Ленинградка этнография музейыгар “Якутия: сегодня, вчера, завтра” диэн улахан быыстапканы тэрийбиппит. Ол улаханнык туһалаабыта.
Бу быыстапка кэнниттэн 1984 сыллаахха Румынияҕа Бухарест куоракка иккис быыстапкабытын тэрийбиппит. Максим Максимович барсыбыта. Владимир Петрович оннугар Руслан Григорьев барбыта. Бухарестка тиийдэхпит утаа ССРС посола Е.М.Тяжельников приём оҥорбута, Румынияҕа үлэлиир 54 посол кэргэттэрин кытта сылдьыбыт этилэр. Раздел начальнига буоламмын Е.М.Тяжельников көрдөһүүтүнэн Р.С.Григорьевы посоллары көрсүһүннэрэ ыыппытым. Руслан Спиридонович кэлин күлэ-үөрэ кэпсиирэ: 54 посол кэргэттэрин илиилэрин сыллаатым, Британия посолун ойоҕун илиитин сыта дьикти, барыларыттан ордук… Күлүү күлүүнэн буолан баран, 54 посолу приёмҥа көрсүбүт саха баара дуу, суоҕа дуу?!”. Быыстапкаҕа сылдьан бэл итинник эппиэттээх сорудахтары кытта толорорбут…
Ити приёмҥа Муоматтан Л.Н.Григорьева (оччолорго Люлия Николаевна Муома райкомун бастакы секретара этэ) илдьэ кэлбит табатын тылынан ол посоллары күндүлээн турабыт. Максим Максимович буһарбыта. Бэл, Василий Афанасьевич Босиков таба тыллара буһара турдахтарына олус чаастатык амсайа киирэн киниттэн кыратык мөҕүллэн турар. Онон, Максим Максимович биир бастакынан Саха сирин маанылаах аһынан – таба тылынан омук дьонун – араас дойду посолларын күндүлээн, сөхтөрөн турардаах. Ону дьон билбэттэр. Манан мин саха эр дьоно мындырдарын, бүгүрүлэрин, барыны бары сатыылларын, тугу да көрөн турбаттарын этээри гынабын. Бу үйэлэртэн илдьэ кэлбит сатабылбыт буолар.
Мин атаһым, доҕорум, саха народнай художнига Максим Максимович маннык үтүө-мааны, мындыр, барыны бары сатыыр киһи. Кэнники сылларга бэйэтин үөрэнээччилэрин түмэн, айар бөлөх тэрийэн араас болуоссаттары, сквердэри оҥорор, киэргэтэр, дьон-сэргэ махталын ылар. Үбүлүөйүнэн сибээстээн, уһун чэгиэн-чэбдик, дьоллоох соргулаах олоҕу, саҥаттан саҥа үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Алгыс баһа сыланнын!
Егор ШИШИГИН,
Саха музейын дириэктэрэ, Россия музейдарын Союһун президиумун чилиэнэ, Саха республикатын духуобунаска академиятын Бочуоттаах академига, РФ, СР культураларын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас, Таатта улуустарын, Амма, Бүтэйдээх, Тараҕай нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина.
2017 сыл, ахсынньы ый.
