Аммосов Афанасий Дмитриевич туһунан

Соторутааҕыта «Саҥа олох» хаһыакка үлэ, тыыл, сцена ветерана, ССРС культураҕа туйгуна А.Д.Аммосов ҮЙЭТИТИИГЭ киэҥ далааһыннаах үлэтигэр махтанан, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Д.П.Чечебутов «Күүс өртүнэн көһөрүллүү» мемориальнай музейын директорын кэрэхсэбиллээх бэлиэтээһинэ тахсыбыта.

Биир өртүнэн, Афанасий Дмитриевич Дириҥнээҕи Культура дьиэтигэр директордыы олорон туох-баар дьоҕурун, талаанын, сыратын-сылбатын уурсан, айар идэ умсулҕаныгар ылларбыт үрдүк таһымнаах республика үрдүнэн сураҕырбыт, талааннаах эйгэни бүөбэйдээн таһаарсыбыт коллектива Дириҥнээҕи Народнай театр үрдүк аатын сүкпүтэ быйыл 40 сылын туолла!

Мин народнай театр маҥнайгы художнига буола сылдьыбыппынан, театр оҥкула хаһан, хантан, ситим тардан саҕаламмытын туһунан бэйэм өйдөбүллэрбэр олоҕуран ахтан ааһарга сананным…

1968 с. Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрэн, орто таһымнаах художник уонна оскуолаларга уруһуй, черчение учуутала диэн дипломнаах дойдубар Чурапчыга үлэлии таҕыстым. Эдэр-чэгиэн сылдьан, үс кыһын чаһыынан кыаһыланан, учууталлыахпын ыарырҕатар этим. Онон культура эйгэтигэр үлэ көрдөһө оройуон киинигэр киирэ сырыттым. Культура салаатын сэбиэдиссэйэ Сивцев Афанасий Алексеевич үөрэ-көтө көрүстэ эрээри, кэпсэтиибит түмүгэ хобдох буолла. Тыа сирин кулууптарыгар, культуратын дьиэлэригэр художник акылаата диэн көрүллүбэт үһү. Онон баҕаҥ хоту үлэ буларыҥ кыаллыбата буолуо диэн түмүктээтэ.

«Арба, даҕаны, бэйэҥ дойдугар Дириҥҥэ быйыл икки этээстээх культура дьиэтэ аһыллыахтаах. Онно, баҕар туох эмэ быыс – хайаҕас булаайаҥый», – диэн санаабын көтөхпүтэ буолла. Саараҥ санаалаах Дириҥҥэ дьиэбэр кэлбиппэр, дьонум сонун бөҕөлөөх тоһуйдулар: «Холкуос бырабылыанньата саҥа туппут икки этээстээх культуратын дьиэтигэр, чахчы өрө тардыа, сэргэхситиэ диэн Үөһээ Бүлүүттэн культура эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар бэйэлэрин уолларын, Охонооһой Оммуоһабы ыҥырбыттар үһү», – диэн буолла. Манна, үлэлии кэлэргэ сөбүлэспит сураҕын истэн испэр эгди буола түстүм.

Сарсыныгар Культура дьиэтин иккис этээһигэр холкуос эргэ хонтуоратыттан көһөн кэлэн малларын-салларын саамылыы сылдьалларыгар баттаһа кэлэн илии-атах буолан көмөлөстүм. Дьон-сэргэ санаата кэлбитэ, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ сүрдээх этэ. Аллараа этээскэ субуотунньукка сылдьар дьон ортотугар Настаа Нэстээрэбэ хотун хобдьоорор саҥата иһиллэр: «…ол Үөһээ Бүлүү Үөдүгэйин дьонугар бэркэ диэн сөбүлэтэн үлэлии-хамсыы сылдьан тоҕо эмиэ кэлэрэ буолла? Бука дойдубар туһалааҕы оҥордорбун диэн тардыстан эрдэҕэ буолуо да, биһиги дьоммут төһө-хачча үрүлүйэ көмөлөһөн абылыыллара буолла. Ыл, Ылдьаана, аргыстаһан дьиэлиэх эрэ, эбиэт да чугаһаан эрэр».

Дьэ итинтэн ылата хаһан да харахтаабатах Омуоһабым кэлэрин күүскэ кэтэһэр киһи буоллум. Кэлбит сураҕын истээт кулуупка ойон тиийдим да, бырабылыанньа мунньаҕар сылдьар диэтилэр. Сарсыҥҥы күнүгэр билсэ-көрсө оройуоҥҥа киирбит үһү диэн буолла. Үһүс күн адьас да куораттаан хаалбыт сураҕа иһилиннэ. Кэмниэ-кэнэҕэс биир сарсыарда кулууп үлэтигэр сыһыаннаах бары үлэһиттэри мунньан, кураанах залга фойеттан ыскамыайкалары хомуйан киллэртээн, төгүрүччү олордуталаан билсиһии икки кэпсэтии икки аҥаардаах олус туһалаах мунньах буолла.

Афанасий Дмитриевич төһө да дойдутуттан тэйэ сырыттар, үгүс үлэһиттэри ийэлэрин-аҕаларын, убайдарын-бырааттарын нөҥүө хаан таттаран балай да билбэхтэһэр киһи буолан үгүстэри соһуппута. Мунньахпыт сүрүн тиэмэтэ общественнай малга-салга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы туһунан буолла. Уопсайынан даҕаны, саҥа директор үлэтин сүрүн девиһэ: суоҕу баар оҥоруохха, баары салгыы барҕардыахха диэн эбит. Мин уруһуй үөрэҕин бүтэрбиппин үөрэ истибитэ. «Үлэҕин бу күннэргэ быһаарыам», – диэн бэрт кэбирэхтик этэн кэбиһэн соһуппута даҕаны, үөрпүтэ даҕаны.

Дьэ онтон кини диэтэх киһи үлэлээн-хамсаан, оргуйан киирэн барбат дуо! Туох-ханнык иннинэ культура эйгэтигэр уһуннук үлэлээбит буолан республика таһымынан билсэр, өйөбүллээх дьоннордооҕун туһанан наадалаах боппуруостарыгар кимиилээхтик-кыайыылаахтык кэпсэтэр. Саҥа үлэҕэ киириэхтээх  культура дьиэтин кураанах турар киэҥ уораҕайын материальнай базанан толорууга сүрүн күүһүн уурбута. «Эрилик Эристиин» холкуос правлениетыгар хаста да кырынан, салайааччылардыын атах тэпсэн олорон быһаарсан уопсай тылы булан, оройуон кииниттэн эмиэ өйөбүл ылан үбү-харчыны үгүөрү булбута. Дьокуускай куорат араас таһымнаах министерстволарынан уһаты-туора сүүртэлээн, ыарырҕаппыт сирдэригэр республикаҕа сураҕырбыт биир дойдулаахтарынан, доҕотторунан түмүк-түмүк сирдэргэ чуолҕан оҕустартаан, олус наадалаах дефицит табаардары холкуос улахан массыыналарынан хаста да төхтүрүйэн уу кэлбитин курдук тоҕо астаран таһаартаан киэҥ фойеҕа толору хаалатан кэбиһэн дьонун-сэргэтин үөртэ, сөхтөрдө да этэ!

Көрөөччүлэр олорор залларыгар урукку хаптаһын өйөнөрдөөх ыскамыайкалар оннуларыгар сымнаҕас өйөнөрдөөх, бөҕө-таҕа эрээттэр планкаларга буолталарынан эриллэн кэчигирэһэн тураллара элбэх киһи сөҕүүтэ, киэҥ туттуута буолбута. Сценаҕа араас өҥнөөх софиттар, прожектордар ыйаммыттара. Сцена иһэ хас да эрээтинэн сыаналаах күндү таҥастарынан симэммитэ. Декорацияҕа туттуллуох түүгүнэн холусталар, концертарга хоровой ансамблларга туһаныллыах эмиэ түүгүнэн солко материаллар костюмернай хос долбуурдарыгар бэрээдиктээхтик кыстаммыттара. Оччолорго художественнай кырааскалар, колонковай киистэлэр, груннаах холустаралар адьас атыыга тахсыбат, дефицит материал этилэр. Ол кыһалҕа эмиэ Афанасий Дмитриевич эрэ баар буолан эрэйэ суох быһаарыллыбыта.

Оччолорго Саха сирин художниктарын союһун председателинэн биһиги директорбыт оҕо сааһыттан бииргэ эрэйи-муҥу көрсөн улааппыт доҕоро, улуу график Афанасий Петрович Мунхалов үлэлиирэ. Онон доҕорун көрдөһүүтүн быһа гыммакка, худфонд нөҥүө заявка түһэрэн сакаастарбын барытын икки дьааһыкка ыга симэн Дьокуускайтан соһуччу таһааран, миигин адьас маат ыыппыта.

Эмиэ ити кэмнэргэ мин сүрүн кыһалҕам – үлэм боппуруоһа дьиибэтик быһаарыллыбыта. Афанасий Дмитриевич холкуос правлениетыгар туруорсан, ордук холкуос кылаабынай бухгалтерын, күннээҕи олоххо олус эйэҕэс киһи эрээри тустаах үлэтигэр чиҥ билиилээх, холкуос «хааһынатын уордаах харабыла» диэн кистии-саба ааттыыр киһилэриттэн П.Е.Адамовтан итэҕэтиилээхтик дакаастаан холкуостан хамнастаах культура дьиэтин художнига оҥотторон кэбиһэн, дьиэбэр ийэбин үтүө сонуннаах тиийэн үөртүм да этэ!

Уопсайынан маҥнайгы директорым оччолорго булугаһынан-талыгаһынан тэҥнээҕэ суох киһи быһыылааҕа. Кэлин хас да сыл ааспытын, народнай театр буолбуппут кэннэ Саха театрыттан кэлэ сылдьыбыт Саха АССР үтүөлээх актрисата Ирина Максимова костюмернайга киирэн араас күндү тюк таҥастары көрөн соһуйан, охто сыспыта. «Биһиги Сахабыт театрыгар да маннык материаллар суохтар, эһиги хантан булаҕытый?» – диэн сөрү диэн сөҕөн, бэри диэн бэркиһээн барбыттаах.

Афанасий Дмитриевич иккис тыын соругунан культура дьиэтин иһинэн айар дьоҕурдаах, талааннаах коллективы тэрийии этэ. Ол кини холугар, базаны бөҕөргөтөрдөөҕөр, көстөн турар чэпчэки суол быһыылааҕа. Тоҕо диэтэххэ талааннаах дьон кини тула тардыһыыта олус күүстээх этэ. Хайа күн культура дьиэтин аана аһыллыаҕыттан сырдык, ыраас сиэдэрэй оҥоһуулаах сценаҕа бырааһынньыктааҕы концертарга бэлэмнэнии былааннаахтык барара. Пьеса оонньонор буоллаҕына эдэриттэн эмэнигэр тиийэ олус көхтөөхтүк кытталлара. Айылҕаттан айдарыылаах талааннаах артистар бааллара: Гаврил Попов, Ылдьаана Сидорова, Максим Старостин, Прокопий Флегонтов, Николай Дмитриев, Аркадий Родионов, Анастасия Сокольникова о.д.а. Оччолорго даҕаны ордук эдэр ыччаттар ортолоругар биирдиилээн да буоллар: «Сүүрбүтүм тухары киэҥ көхсүбүн кимиэхэ да көрдөрбөтөҕүм, тустубутум тухары ийэ буорбун кимиэхэ да былдьаппатаҕым» диэбит курдук, кыайбатахтарынан-хоппотохторунан киһиргэс оҥостор төттөрү сүргүөх ыччаттар бааллара да, саҥа кулууп сабыдыалыгар оҕустаран, көхтөөх ыччат күйгүөрүгэр кыттыһан, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһан культура дьиэтин бары ыытыллар мероприятиеларыгар көтүппэккэ кыттыһар дьон буолбуттара. Онуоха сүрүн көҕүлээччинэн, саҥа идеялары быраҕан сэргэхситээччинэн биллэн турар Охонооһой Омуоһап буолара. Кини биһигини эдэр ыччаттары кытары адьас тэҥнээхтэрин курдук туттан, күн кыһалҕата суох киһилии үөрэ-көтө өрүкүйэ сылдьара.

Оччотооҕу, биһиги хантан билиэхпитий, оҕо сылдьан хоту күүс өртүнэн көһөрүллүү амырыыннаах атаҕастабылын иринньэх этинэн-сиининэн билбитин! Ол туһунан оччолорго кэпсээн оҥостуохтааҕар тыл быһаҕаһын да быктаран иэстэбиллээх буолар кутталлааҕа. Үрдүк өһүөлээхтэр норуотттарын иннигэр ыар буруйдарын дьэбиннээх күлүүскэ хатаан өр сылларга сөҥөрдөн сытыарбыттара. Ол эрээри кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбатыныы, Чурапчы дьорҕоотторо хорсун туруулаһыыларынан күүс өртүнэн көһүрүллүү атаҕастабыллаах алдьархайа норуот билиитигэр харах уулаах ахтыылар буоланнар хас биирдиибит сүрэҕэр сөҥмүттэрэ.

Афанасий Дмитриевич бииргэ төрөөбүт быраата, кэлин Новосибирскай куоракка олохсуйбут улахан ученай, Государственнай бириэмийэ лауреата буолбут Алексей Аммосов көһөрүллүүгэ сылдьыспыт аас-туор, оонньоммотох оҕо сааһын туһунан ахтыытыгар убайыгар анаабыт маннык иһирэх махтала баар:

“…Ити дьыл сайына саҕаланарын кытта убайдарым Афоня уонна Тит кииһилэлээн аҕалаллара. Сиикэй хаптаҕаһы, моонньоҕону хомуйан аҕалаллара, ону суоракка буккуйан хааһы буһараллара. Арай биирдэ убайым сарсыарда баран хаалбыта. Киэһэ күн киириэр диэри кэлбэтэҕэ. Ийэбит муҥхаҕа сылдьар буолан, суох кэмэ этэ. Эбэм эрэйдээх аймаммыта: «Хам аччык оҕо баччааҥҥа диэри кэлбэтэ, ыраах баран мунан хааллаҕа дуу, быстаран охтон хаалла дуу», – диэн муҥатыйара.

Кэмниэ-кэнэҕэс Афоня нэһиилэ соһуллан тиийэн кэлбитэ. Хаптаҕастыырыгар өрүүтүн сүгэ сылдьар ботуоҥкатыгар үөрэ отун булан толору симэн кэлбит этэ. Дьэ онно үөрдэхпитин эриэхсит! Кэбээйи сиригэр суол соломмот, бурдук сирин оһорбото суох буолан үөрэ ото үүммэт сирэ этэ. Убайым төһөлөөх сыранан, ханна тиийэн ол өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх аһы булан кэлбитин ким билиэй? Ол сиикэй хаптаҕас, моонньоҕон, ол дьолго биирдэ көстүбүт үөрэ ото суоҕа эбитэ буоллар биһиги суох буолуо этибит”.

Элбэх сыллар кэннилэриттэн ити киһини уйадытар ахтыыны ааҕан баран, мин Афанасий Дмитриевичка убаастабылым өссө дириҥээбитэ.

Афанасий Дмитриевич сцена улахан маастара! Дьэ, манна кини «күнэ тахсар, күөрэгэйэ ыллыыр». Сценаҕа профессиональнай таһымнаах үлэлиир чаҕылхай талааннаах маастары мин аан-бастаан киниэхэ көрбүтүм. Конферансье диэн көннөрү толоруллуохтаах нүөмэри биллэрээччи эрэ буолбатаҕын, бу концерты саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри үрдүк күүрээҥҥэ тутан, көрөөччүлэри үөрдэ-көтүтэ, сэргэхситэ-сэҥээрдэ турар олус эппиэттээх идэ буоларын Афанасий Дмитриевич чахчылаахтык итэҕэппитэ. Онтон ыллаан ыҥсылыттаҕына, хоһоон-үгэ ааҕан үөрэ-дьүөрэ түһэртээн бардаҕына куттарын туттарбыт махталлаах көрөөччүлэр имнэрэ тэтэрэн, сирэйдэрэ мичээринэн сыдьаайан, сценаттан кэлэр абылаҥҥа куустаран тыыммакка да олороллорун астына, киэн тутта үгүстүк көрөрүм.

Билигин сааһыран олорон санатахпына, ол күөгэйэр күннэрбэр саас аайы хаардаахха ырыаҕа ылламмыт Амма оройуонун нэһилиэктэрин, Илин Эҥэр улуустарын кэрийэн, тумустаах автобуспутугар ыга симсэн ырыа-тойук, көр-күлүү, тиэхэ-найаан аргыстаах олус да бэркэ тапсан гастроллуурбут! Ол сыдьаай сырдыктаах, дьол-үөрүү аргыстаах өрөгөйдөөх кэмнэри билигин олоҕум кэрэ бэлэҕин курдук ылынабын! Ити гастроллары барытын биир эйэлээх коллективка түмэ тардан, бары тэрээһин түбүктэрин бэйэтигэр ылынан убаастабыллаах директорбыт Афанасий Дмитриевич тэрийэрэ. Ол иһин күн бүгүн даҕаны эдэр сааспар олохпун киэргэтиспитин иһин сөҕүрээбэт махталлаахпын!

 

Афанасий Дмитриевич ССКП эрэллээх чилиэнэ. Ол партията тус олоҕор дөрүн-дөрүн ыарыылаахтык тайаныталаан ыллар да, кини коммунистическай идея боростуой дьоҥҥо чугас турарыгар, туһалаах буолуоҕар экчи эрэнэр буолан партиятыгар бэриниилээх.

Дириҥнээҕи народнай театрга олус таһаарыылаахтык үлэлии сырыттаҕына, кинини оройуон салалтата Чурапчытааҕы народнай театрга киллэрбиттэрэ. Онно да кылыы кэтээн сүгүн үлэлэппэтэхтэрэ. Онон үлэлиирин үгэнигэр сылдьан үтүрүм-хатырым тутуллан, атын улуустарга үлэлииргэ күһэллибитэ. Олорго да сэргэхтик үлэлээн, айар үлэтин чиэстээхтик түмүктээбитэ. Пенсияҕа тахсан, дойдутугар Чурапчыга кэлэн баран ҮЙЭТИТИИ боппуруостарыгар, Күндүлүнэн, Чочууданан памятниктары туттарыыга о.д.а. сөҕүмэр үгүс общественнай үлэтин туһунан Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Д.П.Чечебутов «Саҥа Олох» хаһыакка сиһилии сырдатан турар. Онно Дмитрий Павлович улуус сайдыытыгар, улуус дьонун үйэтитиигэ сөҕүмэр үгүс үлэни оҥорбут ытык кырдьаҕас баччааҥҥа диэри улуус бочуоттаах олохтооҕо буола илигиттэн бэккиһиирин биллэрбит.

Сотору кэминэн бу алҕас көннөрүллэн, интэриэстээх тэрилтэлэр ходатайство оҥорон улуус мунньаҕар түһэрэллэригэр баҕатын биллэрбит. Мин эмиэ ити баҕа санааҕа сүүс быраһыан кыттыһан туран бастакы директорбар, культура уһулуччулаах маастарыгар үлэһит буолар маҥнайгы муҥкук хардыыларбар аҕалыы кыһамньыгынан айхаллыы көрсүбүккэр сүһүөхтээх бэйэм сөһүргэстээн туран дириҥ махталбын таптыыр хаһыатым нөҥүө тириэрдэбин!

Алгыстаах санааҥ саргыланнын! Уйгута дэбилийэр уһун үйэлэн!

Иван ПИНИГИН, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СР культуратын туйгуна, РФ спордун туйгуна.

2017 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *