Юмшанов Христофор Николаевич-Чысхаан туһунан

Сахалар сүүрүүгэ балачча уҥмат, тулуурдаах сүүрүктэрдээхпитинэн урут-уруккуттан биллэбит. Бэл биһиэхэ хоту Дьааҥы оройуонун Остуолба нэһилиэгэр Чолоһуттар диэн кытыгырас аймах дьон баара биллэр. Ыал аҕа баһылыга Юмшанов Николай Николаевич — Чолоһун Арыылаах нэһилиэгин Сартаҥын сиригэр олохтоох Хомпоруун Баһылай уолун Кылаастыыр Ньукулай уола эбит. Эдэр сылдьан кыыл табаны үс күннээх-түүн эккирэтэн ылара үһү. Аҕа дойду сэриитин сут дьылларыгар Остуолба олохтоохторун бултаан аһатан, нэһилиэккэ хоргуйуу тахсыбатах. Бултаабыт булдун мэһэмээҥҥэ уган үллэрэр эбит. Ыалга барытыгар тэҥ буоллун диэн. Кэргэнэ Евдокия Ивановна Слепцова Муома улууһуттан төрүттээх, түргэн-тарҕан туттуулаах, эмиэ быһый, көнө уҥуохтаах саха дьахтара…

Чолоһуттар дьиэнэн Остоолбо Улахан Сыһыытыгар оттуу сырыттахтарына, чугас күһүн тайах көстөр. Ыал аҕата Ньукулай уолун Көстөкүүнү дьиэттэн саа аҕалтараары этэр. Онуоха ийэлэрэ Дьэбдьиэ ити уол бытаан буолуо диэт, үс мастаах бүтэйи үрдүнэн ыстанан кэбиһэр да, сүүрэ турар. Ол курдук саа аҕалыллан, тайахтарын ытан ылан, дьону-киһини эмиэ абыраабыттар.

Бу ыал тоҕус оҕону төрөппүттэр. Ийэлэрэ Дьэбдьиэ 1957 сыллаахха өлбүт. Бу Чолоһуттар Дьэбдьиэлээх оҕолоро бары да кытыгырас-быһый, хотуурунан оту лаппа үчүгэйдик охсоллоро үһү. Константин Николаевич Юмшанов республиканскай куонкуруска киирсэр охсооччу этэ. Оттон иккис уол Юмшанов Христофор Николаевич-Чысхаан (1926-1956) саас куруук сүүрэрин, дьон киһи элбэхтэ көрөрө үһү. Чысхаан сүүрбэччэлээҕэр сэттэ кылаас үөрэхтээх комсомолец уол, Верхоянскай райсоветын культура отделыгар үлэлии сылдьан, 1946 с., Верхоянскай куоракка уһун сүүрүүгэ бастаан, Дьокуускайга республиканскай профсоюзнай кросска 3,5 км уонна 8 км дистанциялары аатырбыт Валентин Алантьев кэнниттэн иккистээн, Москваҕа Бүтүн Союзтааҕы мэһэйдээх марафоҥҥа кыттан кэлбит ситиһиилээх.

1946 с. бэс ыйын 9 күнүгэр Измайловскай пааркаҕа бары союзнай республикалартан уонна уобаластартан сүүсчэкэ хамаанда, барыта 800-тэн тахса кыттааччы стартаабыт. Аҕыс км мэһэйдээх дистанция устатыгар үстүү миэтэрэ кэтиттээх уулаах 5 ханааба, 1 м 20 см үрдүктээх уонча араас мэһэй баар эбит. Уонна сүүрэр сирдэрэ түһүүлээх-тахсыылаах, тыалаах-ойуурдаах, эрийэ-буруйа эбит. Саха сирин хамаандата уопсай түмүккэ 14-с миэстэҕэ тахсан, улахан ситиһиилэммит, Россия автономнай республикаларын ортотугар бастаабыт. Союзка бастакы сүрэхтэниигэ Х.Н.Юмшанов-Чысхаан, В.Алантьев, Н.Яныгина уонна Суворова кыттыбыттара биллэр.

Чысхаан – Х.Н.Юмшанов сүүрүүгэ бүтүн Союз аренатыгар тахсыбыт бастакы киһинэн буолар. Манна өссө мин эбэн этиэхпин баҕарабын, оччолорго 1946 с. ыраах Дьааҥыттан Москваҕа диэри айана даҕаны балачча сындалҕаннаах буолуо эбитэ ини…

Өссө бу суруйууга ахтыллар Степан Лыткин сахалартан биир балачча улахан миҥэлээх сүүрүк. Дьааҥы Табалааҕар Н.Н.Баишев бирииһигэр эдэр уолаттары 5 км отой лаппа куотуталаабытын көрөн сөхпүтүм… 1985 сылга Степан Лыткин Кыайыы 40 сыллаах юбилейынан «Дьокуускай-Верхоянскай» диэн хайыһарынан айаммытыгар комиссарбыт этэ. Ол айаны ахсыа буолан айаннаабыппыт. Степан Лыткины Аан дойду, Европа ветераннарын чемпионун ситэри чиэстээбэттэриттэн Григорий Мосов хомойо саныыра сөптөөх.

Республика спордун министерствота марафонскай сүүрүүнү инникитин сөргүтүөҕэ уонна ветеран сүүрүктэри биэстии сылынан группаларга араартыаҕа, инникитин күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара диэн эрэниэҕиҥ!

 

Андрей ПОТАПОВ-Айанньыт, Россия үлэҕэ, СӨ, РСФСР спордун бэтэрээнэ.

Дьааҥы, Табалаах нэһилиэгэ. 05.10.2017 с.

Хаартыскаҕа: 09.06.1946 сыл. 8 км мэһэйдээх дистанцияҕа сүүрүүгэ Москваҕа сахалартан, Дьааҥы Остуолба нэһилиэгиттэн кыттыыны ылбыт Христофор Николаевич Юмшанов-Чысхаан.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *