Оҕо сылдьан, көһөрүүгэ…
Киһи олоҕун түннүгүнэн чыычаах көтөн элэс гынан ааһарын курдук кылгас дииллэрэ кырдьык эбит. Хайы-үйэҕэ мин сааһырбыт киһибин.
Чурапчы көһөрүүтэ…
Сыл-хонук аастаҕын аайы ыраах хоту чэҥ-муус дойдуга тиийбит биир дойдулаахтарым өйбүттэн-санаабыттан арахпаттар. Миигиттэн саастарынан кыратык аҕа уонна балыс оҕолор барахсаттар туох буруйдарын иһин ыраах тосту-туора дойдуга тиийэн быстарбыттара, күн сириттэн күрэммиттэрэ, дьоллоох оҕо саастарыттан маппыттара буолуой?! Ити сылларга дойдуга хоргуйуу, аччык олох бүрүүкээн турбута. Ол да буоллар төрөөбүт дойдуҥ, алааһыҥ, алаһа дьиэҥ эркиннэрин сылааһа өйдөнөр. Көһөрүү буолбатаҕа буоллар, муҥ сатаатар дьоммут барахсаттар көмүс уҥуохтара дойдуларын буоругар хараллыа этилэр.
Элбэх сылларга мунньуллубут санаабын суруйабын. Баҕар, биир эмэ күүс өттүнэн көһөрүллүү кыһарҕанын истибит дуу, тус бэйэтинэн этинэн-хаанынан билбит дуу эбэтэр аймах-билэ дьоно ол эрэйгэ, өлүүгэ-сүтүүгэ түбэспит дуу ааҕаарай диэн…
2017 с. Чурапчы оройуонун колхозтарын күүс өртүнэн хоту Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа көһөрүү 75 сылын туолар. Онно “Дьэҥкэрэ“ колхоз дьоно, кыра оҕолор туохха түбэспиттэрин билэр, өйдүүр өттүлэрбин ахтан ааттаталыахпын санаан суруйабын.
Айан
Уһун унньуктаах айан саҕаланыыта. 1941 сыл сайын аһыҥа элбэҕэ, этэрбэспит иһигэр илдьэ тэпсиллэрэ, окко-маска түүлээх үөн ыйанан турар буолара, от үүммэҕэ. “Дьэҥкэрэ“ колхоз сорох дьонун, сүөһүлэрин Горнай оройуонугар оттото, онно сүөһү кыстата ыытар буолбуттар. Үлэни кыайар дьон диэн аҕабын уонна ийэбин эмиэ бараҕыт диэн күһэйбиттэрэ. Оҕус тэлиэгэтигэр таһаҕаспытын тиэйдилэр, ийэм аах хаһыа да буолан сатыы сүөһүлэри үүрэллэр, ити курдук хас да ыал-дьон буолан айаннаабыппыт.
Мин 6 сааспын туола илигим үһү. Хайдах айаннаабыппын одоҥ-додоҥ өйдүүбүн. Аара айаҥҥа мин уонна Коля диэн ааттаах уол Симэхтээххэ ыалдьыбыппыт. Хата, баччаҕа кэлэр быабытыгар чэпчэкитик ааспыта диирэ ийэм.
Таһаҕастаах тэлиэгэҕэ дьааһык үрдүгэр сытан айаннаабытым. Онтон өйдөммүтүм дьон саҥата, айдаана бөҕө, сиргэ сытар эбиппин. Онтон көрбүтүм, ийэм сүөһү үүрэр талаҕын туппутунан сүүрэн иһэр эбит. Кэнники көһөрүүттэн кэлбиппит кэннэ ийэбиттэн истибитим, маннык эбит. Тэлиэгэ лах гына инники көлүөһэтэ туора сытар мастан түспүтүгэр, сууллан түспүппүн, тэлиэгэ кэнники көлүөһэтэ уонна атахтарым оҥхой сиргэ сыталлара. Онон хата көлүөһэ көҥдөйдөппүт, бачча кэлэр быабар. Наһаа куйаас, уу иһиэхпин баҕарарым…
Ити курдук айаннаан кыра алааска кэллибит. Хотоно холбуу турар балаҕан уонна ампаар баара. Дьоммут хоно оттуу бардылар, алааска ийэм биһикки хааллыбыт. Киэһээ утуйарбытыгар остуолбутун таһырдьа таһааран оҥостон сыттыбыт. Сытан эрэ халлааны көрдөхпүнэ, элбэх да элбэх сулус баара. Ийэм эргэ өтөхтөн куттанан, дьаахханан таһырдьа утуйа сатаабыт да кыайан утуйбатах үһү. Ити кыһын итиннэ кыстаатыбыт. Ийэм киэһэ хотоҥҥо ынах ыырыгар киирэн тымтык тутарым.
Саас буолла, ас кэмчи. Оҕо малын, куобах туһаҕын, игиини, чохороончугу угар сибиинньэ тириитэ хотуомкалааҕа (суумка диэххэ дуу). Ол хаппаҕыттан ийэм быһан чоххо үттэ… Бу сыта үчүгэйин! Кыра гына кырбаата, ыстаан сиэ диэн биэрбитэ, минньигэс да этэ. Өссө сиэххэ диэбиппин, кэбис иһиҥ ыалдьыа диэтэ. Хата аҕабыт кыыһырбатаҕа.
Арай Коля (билигин баар уордьаннаах сылгыһыт Терютин Николай Алексеевич диэн, оҕо-уруу сиэн, хос сиэннээх ытык эһээ) көлүччэ аттыгар сылдьара, миигин ыҥырар, кэл манна балык бөҕө баар, буһаттаран сиэхпит диир. Баран көрбүтүм соболор сыталлар. Коля биир чөмөҕү муспут, миигин иһиттэ аҕал диэтэ. Балаҕан таһыттан ийэм суунар тааһын аҕаллым, онно балык хаалаан икки өртүттэн тутан балаҕыммытыгар бардыбыт. Онтон мин балыкпытын кэпсии балаҕаҥҥа ийэбэр киирдим… Эмискэ таһырдьа ый-хай, ытабыл буолла. Ол маннык эбитэ үһү. Коля ийэтигэр бу балыгы буһар сиэхпит диэбит. Ону ийэтэ киһи сиэбэт балыга, аппыт балык диэбит. Онтон абаран, хомойон Коля балыгын тоҕо ыспыт уонна тааһы атаҕынан хаһыытыы-хаһыытыы үктээбит… Хор, ас оннук күндү, кырыымчык этэ.
Ийэм дьааһыктан үрүҥ көмүс курдук кырыбыайканы ылла уонна маны туох эмэ аска атастаһыахпыт, эйиэхэ кэнники саҥаны оҥотторуохпут диэтэ. Ханна эрэ ыалга бара сырыттыбыт да кырыбыайканы ким да ылбатаҕа, астара суох үһү диэн буолла. Балаҕаммытыгар тыанан төннөн иһэбит. Арай мин аҥаар холуоһам түһэн хаалбыт. Ийэм манна тур ханна да барыма, мин холуоһаны булан аҕалыам диэтэ да суол устун төттөрү сүүрэ турда. Мин тииккэ көхсүбүнэн өйөнөн икки илиибинэн тииттэн тутуһан турабын. Онтон ийэм сүүрэн иһэрин көрөммүн үөрдүм аҕай уонна төҥкөйөн отонноон сиэтим. Ийэм кэнники маннык кэпсээбитэ. Эмискэ, тыый, аны оҕом отонноон сиэри тыаҕа мээлэ барыа, баҕар, кыыл кэлэн куттуо диэн санаатым, сүрэҕим эмискэ мөҕүл гынна да төттөрү сүүрдүм. Оо, онтон эн тииккэ өйөнөн тураргын көрөн үөрдүм да этэ!
Малбытын тэлиэгэҕэ тиэнэн эмиэ ханна эрэ көстүбүт. Аны хоту ыраах балыктыы барар үһүбүт дэһэллэр. Улахан өрүс кытыытыгар кэллибит, онно отуу, балаакка, дьон бөҕө баара. Аймалҕан, ытабыл… Таһырдьа уот оттоллоро, онно хааһыларын буһараллара. Аҕам улахан балааккаттан ийэтин, эбээбитин көтөҕөн аҕалла. Эбээбит кыайан хаампат уонна “хаарыан оҕолорбутун сиэтилэр” дии-дии ытыыр. Ону мин ол оҕолору хайдах, тоҕо сиир буоллахтарай дии саныырым.
Борохуот кэлэрин кэтэһэн биэрэккэ элбэх күн хоннубут быһыылааҕа. Кыра оҕолор аччыктаан, тоҥон ытаһаллара. Ийэлэрэ хааһы буһаралларын кэтэһэн, көрөн тураллара харахпар билигин да көстөр курдук… Биһиги аны алтыа буоллубут: эбэм, аҕам, ийэм, аҕам балтын уола Ньукулай, аҕам быраатын кыыһа Мааппа (тулаайах оҕолор) уонна мин. Ийэм аах аҕабынаан хааһыбытын буһаран биһигини аһаталлара.
Дьэ, биир киэһэ борохуот кэллэ. Аҕам миигин көтөҕөн киллэрэн үөһэ ороҥҥо сытыарда, онтон эбээбитин киллэрэн аллараа ороҥҥо сытыарда. Утуйан эрдэхпинэ, борохуот хоҥунна. Мин аллараа олоро түстүм, ытаатым… Аҕам кэлэн айахпын атытан көрдө уонна, хата, оҕом тылын быһа ыстаабатах, аһыырыгар эрэйдэниэ суоҕа диэтэ. Төһө өр айаннаабыппытын билбэппин. Эбэбинээн аллараа түрүүмҥэ сытабыт, дьонум үөһээ таһаарбаттар. Үөһэ тымныы, тыаллаах дииллэр. Биирдэ дьэ үөһэ таһаардылар. Ийэм сиэтэ сылдьар. Дьэ, онно мин ууну, биэрэги, хайаны көрдүм. Дьон, оҕо ытаһаллара… Кэлин истибитим, аҕалара өлбүтүн таһааран хайа анныгар көмпүттэр үһү.
Бастакы кыһын саҥа сиргэ
Кэллибит диэтилэр… Аҕам ийэтин тараап устун көтөҕөн таһааран, таҥаһын тэлгээн балааккаҕа сытыардылар. Биир да дьиэ суоҕа, хаар түһэр этэ… Балаакка иһигэр миэхэ миэстэ тиксибэтэ. Ол иһин балаакка таһыгар дьааһыкпыт үрдүгэр орон оҥордулар. Хаартан хаххалаан, ийэм аах быыстарынан хахха буолак оҥордулар. Мин онно сытабын. Оннук хас хоммуппутун өйдөөбөппүн. Кэлин дьоммут мас кэрдэн мыраантан санныларынан таһан балаҕан туппуттара, онно көстүбүт. Балаҕаммыт улахан, икки өртүнэн ааннаах, ортотунан быыстаах.
Аҥаар өртүгэр бааллара:
- Оконешникова Анастасия Мироновна, оҕолоро Дуня, Ааныска, Миша. Эдьиийдэрэ Балаайа, убайдара Баһылай.
- Оконешников Семен Дмитриевич, кэргэнэ Настаа, оҕолоро Сүөдэр, Миисэ.
- Оконешников Николай Иванович, уола Уйбаан, кыыһа Ылдьаана.
- Оконешников Самсон Кириллович, ийэм Дьэбдьиэй, эбээбит Ылдьаана 82 саастаах, сиэннэр Ньукулай, Мааппа уонна мин.
- Сивцева Анна Афанасьевна, кыра кыыһа 1 саастаах, Оконешникова Мария Николаевна, ийэтэ Анна 72 саастаах.
Балаҕан анараа өттүгэр:
- Оконешникова Өлөөнө, кыыһа Катя уонна кыра кыыһа – эмиийдээх оҕо.
- Өлөөнө балта Биэрэ, кыра кыыстааҕа.
- Оконешникова Мария Прокопьевна, оҕолоро Уйбаан, Кэтириис, Шура, Настаа.
- Терютина Өлөөнө, уола Миитээ.
- Оконешников Яков, оҕолоро Хонооһой, Уйбаан.
- Эбэ Хонооһойун дьоно: ийэлэрэ Анна Егоровна, оҕолоро Коля, Варвара (8 саастаах), Афоня (4 саастаах), Уля (3 саастаах), улахан Аана, кыра Аана.
- Коркина Даша – тулаайах кыыс.
- Толстоухов Иван Прокопьевич, кэргэнэ Аана, уоллара Коля.
- Терютин Алексей Федорович, кэргэнэ Өлөксөөс, уоллара Коля.
Сорохторун умнуталаабыппын.
Ити кыһын үлэлиир дьону сорохторун балыкка, сорохторун бултата ыыппыттара. Балаҕаҥҥа кырдьаҕастар уонна оҕолор баарбытын өйдүүбүн. Биһиэхэ оҕолорго илим абырахтатар этилэр, матаабыс диэн кытаанах сап тарбахпытын аалар, бааһырдар этэ… Ийэм аах мыраантан мас кэрдэн киллэрэн, эрбээн оһох оттоллоро.
Эбээбит ити кыһын өлөөхтөөбүтэ, суорҕаныгар суулаан таһырдьа өлбүт дьон аттыгар сытыардыбыт, диэбитэ ийэм. Аҕам арыыттан хаһан кэлэн ийэтин уҥуох туппутун өйдөөбөппүн. Сааһыары балаҕан аҥар өртө сабыллыбыта, элбэх киһи өлөн уонна оттук аҕыйах, киһи кыайан олоруо суох диэн. Оҕолорго өлүү нуорма бурдук биэрбэттэрэ диэн кэнники дьоммут кэпсэтэллэрин истэрим.
Өлөксөөндөрө кулгааҕар улахан хомурдуос киирэн кыбыллан эрэйдээн, ытаан-соҥоон, сордонон өлөөхтөөбүтэ. Оҕото Бааска соҕотох хаалбыта…
Көһөрүүттэн кэлэн баран мин үөрэнэн үлэһит, учуутал буолбутум. Сайын ыһыахха Мугудайга биһиэхэ аймахтарбыт, дьоммут мусталлара. Урукку кыһалҕалаах олохторун ахтыһаллара, өлбүт-сүппүт дьоннорун, оҕолорун санаан ытаһаллара, оҕоҕо нуорма бурдук биэрбэт этилэр, онон даҕаны өлүү элбэҕэ дэһэллэрэ. Нуорма бурдугу 2-3 хонук эрдэ түҥэппиттэрэ буоллар, баҕар, мин кыыһым ордуо этэ, эн оҕоҥ курдук эмиэ үлэһит буолуо этэ дии-дии биир ийэ барахсан ытыыра…
Ити кыһын биһиги саҥаспыт Өлөөнө кыра кыыһын эмнэрэ сытан иккиэн өлөөхтөөбүттэрэ, Өлөөнө балта Биэрэ эмиэ оҕотунаан өлбүттэрэ. Саас балыктаан кэлбит улахан дьон төрдүөннэрин биир оҥкучахха таҥастарыгар сөрөөн харайбыттара үһү диэн кэпсииллэрэ.
1943 сыл сайынын Эбэ арҕаа биэрэгэр Сирэй Кумахха ийэм балыкка үлэлээбитэ. Улахан оҥочону ийэм уонна Өлөксөөс эрдэллэрэ. Кынаачайап Дьөгүөр куормалыыра, Өлөксөй уонна Бааска оҥочоҕо туран эрэ муҥханы ууга түһэрэллэрэ. Оттон биэрэккэ хаалбыт киһи быа тутара, сороҕор оҕолору көмөлөһүннэрэрэ. Күнүс тыаллаах буоллаҕына, сороҕор түүн чуумпуга балыктыыллара. Оччоҕо биһиги оҕолор өрүс аҕалбыт маһын бытархайын, хаппыт талах хомуйан уот отторбут, муҥха тахсар сирин миэстэтин диэки. Дьоммут онно илиилэрин ититэллэрэ, таҥастарын куурдуналлара, ол уотунан сирдэтинэн биэрэк диэки эрдинэллэрэ үһү.
“Дьэҥкэрэ“ колхоз колхозтаахтарын 1942 сыл күүс өртүнэн Хоту оройуоннарга көһөрүүгэ 16-гар диэри саастаах 31 оҕо барсыбыта, олортон 10-гар диэри саастааҕа 21 оҕо этэ.
Бу оҕолортон суорума дьылҕаламмыттарын ааттара бу баар (оччотооҕу мин өйдүүрбүнэн):
- Сивцева Роза – Сивцева Анна Афанасьевна кыыһа.
- Оконешникова Катя (детдомҥа баран иһэн куоракка балыыһаҕа өлбүт).
- …. Катя балта – ийэлэрэ Өлөөнө (Поисеева кинигэтигэр киирбэтэхтэр, бука испииһэк оҥоһулла илигинэ өллөхтөрө буолуо, бу ийэ кыра кыыһын эмнэрэ сытан иккиэн өлөөхтөөбүттэр).
- Оконешникова …. – кыра кыыс, ийэтэ Биэрэ, иккиэн ити кыһын өлбүттэр.
- Улахан кыыс – ….
- Кыра кыыс – Оконешникова Анна Афанасьевна оҕолоро.
- Оконешников Афоня – Хооһой 5 саастаах.
- Оконешникова Ульяна – 3 саастаах.
- Оконешникова Варя – 8 саастаах. Бу үс оҕо Оконешникова Анна Егоровна оҕолоро, Анна өлбүтэ.
- Оконешникова …. – аҕата Яков Иванович.
- Оконешникова …. – кыра кыыс, 1946 сыл тохсунньу 8 күнүгэр төрөөбүтэ, аһа суоҕа, өлбүтэ.
Сорохторун өйдөөбөппүн, Оконешникова Александра 2 оҕото өлбүтэ быһыылааҕа.
Бу “Дьэҥкэрэ“ колхоз кэлэр кэнчээрилэрэ этилэр, көһөрүү буолбатаҕа буоллар бу кырачааннартан үгүстэрэ ордуо эбиттэрэ буолуо… Барахсаттар улаатан ыал-күүс буолан, оҕо-уруу төрөтөн, дьиэлэнэн-уоттанан тэнийэн төрөөбүт дойдуларыгар олоруохтара этэ. Билигин “Дьэҥкэрэ“ колхоз сирэ-дойдута, алаастара, өтөхтөрө кураанахтар, сирбитин атын нэһилиэктэргэ биэрэн, өбүгэлэрбит өтөхтөрүгэр биир тоһоҕо мас анньыллара да суох буолла.
Ыар дьылҕа
Бу кыра оҕолортон чугастык билэрим, алтыһарым эдьиийим Кэтириис этэ. Кэтириис аҕата мин ийэм бииргэ төрөөбүт убайа Оконешников Василий Васильевич (кыра Баһылай дииллэрэ). Ийэлэрэ Өлөөнө уонна түөрт оҕо. Кэтириис, онтон утуу-субуу икки уол, кыралара кыыс. 1941 сыл биһигини сүөһү кыстата Горнай оройуонугар ыыппыттара, онно кыстаабыппыт.
Кэтириис дьоно “Дьэҥкэрэ“ колхозка сүөһүгэ үлэлииллэрэ. Ийэлэрэ Өлөөнө көрөр биир ынаҕа бадараан отун сиэри бадарааҥҥа батыллан өлбүт. Ону тойонноро (бэрэссэдээтэл) кэлэн колхоз сүөһүтүн өлөрдүҥ, ньочооту оҥордуҥ, онон төлөөҥ диэн биир ынахтаахтарын тутан ылбыт. Ынахтарын сыппайан син эбиниэхтэрэ эбитэ үһү. Торбосторо соҕотох хаалбыт, ол иһин ыксаан ону сиэбиттэр да күнү-дьылы толуйбатах. Бастаан оҕолоро, онтон уолаттар утуу-субуу хоргуйан өлөллөр. Харайар киһи суох буолан, дьиэлэрин таһыгар өтөх оҥкучаҕар үһүөннэрин быраҕаллар. Өлөөнөнү кыра кыыһынаан пиэрмэ ыалыгар көһөрөллөр. Катя Маралаайыга интернакка олорон үөрэнэр, өлүү аһыттан мунньан, өрөбүлгэ дьонугар барарыгар илдьээхтиирэ үһү.
1942 сыл Хоту көһөрүү буолар. Өлөөнө сыккырыыр тыына эрэ. “Дьэҥкэрэ“ колхоз дьонун кытта икки кыыһынаан Эдьигээҥҥэ ”Талахтаахха“ тиийэр. Тиийээт сотору кыра кыыһын эмнэрэ сытан иккиэн өлөллөр. Катя ыраах баар оскуолаҕа үөрэнэрэ, интернакка олороро. Катя алта кэргэннээх ыалтан сыл иһигэр чороҥ соҕотох хаалбыта. Интернакка бииргэ олорбут оҕолор кэпсииллэрэ, Катя өлүү да аһын кыайан аһаабата, наар түннүгүнэн көрө олорор буолара диэн.
1943 сыл биһиги Сирэй-Кумахха баарбыт, ийэм балыкка үлэлиирэ. Тулаайах оҕолору детдомҥа илдьэллэр үһү диэн Катяны биһиэхэ аҕаллылар. Эрэйдээхпит сыыһа моонньо барыта баас, ириҥэ-хаан, айаҕын нэһиилэ атытан убаҕас аһы эрэ аһыыра, наар ыалдьар диэхтиирэ.
Оҕолору илдьэр катер дуу, чэ, туох эрэ хотуттан кэлиэхтээҕэ тыал буолан хас да күн кэлбэтэҕэ. Арай биир сарсыарда турбутум, Катя ороно кураанах. Түүн оҕолору илпиттэр. Ийэбэр миигин тоҕо уһугуннарбатыҥ, Катяны көрбөккө хааллым диэн ытаатым. Өрүс биэрэгэр киирэн, баҕар, Катя кэлээрэй диэх курдук санаан кэтэһэ олордум. Ийэм кэлэн, илиибиттэн сиэтэн иһэн Катяны куоракка эмтиэхтэрэ, үтүөрүө диэн уоскутта. Онтон хайдах эрэ эгди буолан балааккабытыгар бардыбыт.
1946 сыл. Көһөрүүттэн кэлэн баран ийэм эдьиийигэр Вера Степановнаҕа Катя туһунан кэпсээбитэ. Вера сааһын тухары куоракка олорбута, соҕотох кыыһын Анастасия Лыткинаны куоратынан-соҕуруунан үөрэттэрбитэ, киһи-хара, үлэһит, саха күөрэгэйэ ырыаһыт буола үүнэн тахсарыгар олук уурбута. Вера балыыһаларынан кэрийэн сураһан көрбүтэ үһү да туох да докумуон көстүбэтэҕэ диирэ.
Бииргэ айаннаан кэлбит оҕолоро балыыһаҕа көрдөрөрбүтүгэр Катя баара диэбиттэрэ. Оттон детдомҥа барарбытыгар Катя суоҕа. Аны оҕолор хайа балыыһаҕа көрдөрбүттэрин билбэт этилэр. Онон Катяны балыыһаҕа хааллардахтара буолуо… Эдьиийим Катя барахсан ханна, хайа балыыһаҕа сытан, төһө ытаан-соҥоон, дойдутун, дьонун, ийэтин-аҕатын, балтын-бырааттарын санаан, ахтан-аһыйан, кылгас олоҕор ким да көрсүбэтэх кыһалҕатын, абатын-аһыытын көрсөн-билэн бу орто дойдуттан бараахтаатаҕа… – саныахха ыарахан.
Эдьигээҥҥэ
Эдьигээҥҥэ иккис кыһыммытыгар өрүс арыытыгар балааккаҕа кыстаабыппыт. Аҕабын түүлээхчитинэн анаабыттара. Онон үһүөн бииргэ олордубут, биир ороҥҥо утуйабыт. Сарсыарда баттаҕым кырыарбыт буолара. Тимир оһох баара… Терютин Өлөксөй, Өлөксөөс бааллара… Ити кыһын атахтарым тиҥилэхтэрэ иһэлийэн, ириҥэ буолан ууллан тохтоллоро. Дьонум онуоха куобах баттаҕын уокка кэриэрдэн онон баайаллара, сороҕор куобах тыҥатынан ириҥэтин оботтороллоро.
Ийэм, Өлөксөөс чугас соҕус куобах туһаҕын көрө бараллара. Оччоҕо балааккаҕа соҕотоҕун хааларым уонна аны эһэ кэлиэ диэн наһаа куттанарбын өйдүүбүн. Аҕам, Өлөксөй түүлэхтии ырааталлара үһү. Ийэм аах хойутаатахтарына, тимир оһох уота бүтэн, балааккабыт иһэ тымныйара.
1944-45 сс. Маҥнайгы кылааска үөрэнэ бардым. Попова Балбаараҕа олоттулар. Кыһыҥҥы өрөбүлгэ ылбатылар, дьонуҥ ыраах бааллар, буурҕа буолла диэн.
1945-46 сс. Иккис кылааска үөрэнэбин, кыһыҥҥы каникулга аҕаллылар. Дьонум ханна эрэ арыыга кыракый балаҕаҥҥа олороллоро. Ийэм оҕолоноору нэһиилэ сылдьара. 2-3 күнү быһа ыарыйда да кыайан оҕоломмото. Аҕам бөһүөлэккэ баран билэр аймахпыт дьахтары салааскаҕа соһон аҕалла. Балаҕаҥҥа киирэн уокка илиитин ититэрэ, тугу эрэ саҥара-саҥара уокка ас биэрэрэ… Онтон ийэбэр быыс иһигэр киирэн кэпсэтэрэ…
Сотору оҕо ытаата, кыыс диэтилэр. Аны сарсыныгар аҕам миигин салааскаҕа соһон бөһүөлэккэ илдьэр буолла. Ийэм кыайан турбата, быыһы аһан ийэбэр миигин көрдөрдүлэр. Ийэм: “Чэ, һыллыый, үчүгэйдик сырыт, эйиэхэ балыс кэллэ, аны иккиэ буоллугут», – диэтэ. Мин ытыы-ытыы тахсан салааскаҕа олордум. Аҕам салааскаҕа кэлгийдэ уонна эйигин эрдэ аҕаллын, оҕолору табанан оскуолаҕа илдьиэхпит диэбиттэрэ диир.
Сааскы өрөбүлгэ дьоммор аҕаллылар. Балаҕаҥҥа киирбитим дьонум ороннорун көрбүтүм, оҕобут суох. Ийэм эдьиийбэр кыайан үүт киирбэтэҕэ, оҕобутун аһатарга үүт суоҕа, убаҕас хааһы сиэтэрим да тулуйаахтаабатаҕа диэбитэ.
Күүтэн турар сылабаардар
1946 сыл дойдубутугар кэллибит. 1947 сыл сайын ийэм оҕустаах сыарҕанан, миигин доҕор гынан, урукку “Дьэҥкэрэ“ колхоз кэнсэлээрийэтигэр бардыбыт, ити “Бахы-Баалы“ диэн алааска. Өтөх кураанах, ыал суох. Ийэм биир ампаар аанын аста, онно киирдибит.
Арай ампаар оронугар сылабаардар тураллар, улахан-кыра, араас. Ийэм хомуһуолун сиэбиттэн сылыбаар кыраанын ылан биир сылыбаар тумсугар укта, бу биһиги сылыбаарбыт диэтэ, кыра соҕус алтан сылабаар этэ. Оттон сылабаардары ыйа-ыйа бу Өлөөнө киэнэ, бу Биэрэ киэнэ, бу Маайа сылабаара, бу Өлөксөөндөрө киэнэ дии-дии хараҕын уутун сотторо. Сылабаарбытын таһааран сыарҕаҕа тиэйдибит, ампаар аанын саптыбыт. Атын алааска бардыбыт, аара оҕуспутун уулаттыбыт, бэйэбит сирэйбитин-илиибитин суунан сөрүүкээтибит.
Алааска кэллибит, балаҕан аанын аһан киирдибит. Ыскааппыт баарын көрөн ийэм, хата, ким да ылбатах эбит диэтэ. Онтон: “Оо, бу эһэҥ бэргэһэтэ дии”, – диэтэ. Балаҕан атах оронун баҕанатыгар уһун быалаах чомпой нэк бэргэһэ ыйанан турара. “Киэһээ сытарыгар устан ыйаатаҕа, сарсыарда кыайан тураахтаабатах буоллаҕа”, – диэтэ ийэм. Ыскааппытын иккитэ кырынан таһаардыбыт, сыарҕаҕа тиэйдибит. Сылабаарбытын ыскаап аллараа өртүгэр уктубут. Ол кэннэ ийэм ыскаабы сыарҕаҕа кэлгийдэ.
Балаҕаҥҥа киирэн ийэм таас хамсатыгар табах уурунна, табаҕыттан оһоххо кутта, оһох күлүн чөмөхтөөтө. Бэргэһэни көрөн: “5-6 сыл тухары ким да харайбатах буоллаҕа, – диэтэ. – Таһааран ханна эмэ быраҕыахха дуу”.
Бэргэһэни ылла, балаҕантан таҕыстыбыт. Балаҕан кэннин диэки бөх баарыгар бардыбыт. Ийэм бэргэһэни суулуу тутта уонна “эн да кэннигэр хаалар дьоннооххун“ диэн бэргэһэҕэ туһаайан эттэ уонна сэрэнэн бэргэһэни бөх үрдүгэр уурда. Балаҕан аанын саптыбыт, оҕуспутун сиэтэн кэккэлэһэ хааман саҥата-иҥэтэ суох сайылыкка бардыбыт. Киэһэ хойут кэллибит. Наһаа сылайан, аччыктаан, утатан кэлээт да утуйбутум.
Муммут дьахталлар
Хас да дьахталлары сайын хайа үрдүгэр баар күөл таһыттан кыһыҥҥы илимнэри аҕалтара ыыппыттар. Дьахталлар хайаҕа тахсыбыттара кур отон баара үһү. Отонноон сиэбиттэр. Онтон сирдьиттэрэ “барыаҕыҥ, барар сирбит ыраах, хойутуохпут” диэбит. Маайалаах Өлөөнө: “Чэ, эһиги бара туруҥ, биһиги ситиэхпит, кыратык отон сии түһүө этибит”, – диэбиттэр.
Оконешникова Мария Прокопьевна 4 оҕолооҕо, Терютина Өлөөнө кыра Миитэ диэн уоллааҕа. Онтон аргыстарын суолларынан батыһаары гыммыттара, суоллара оһон көстүбэтэ үһү. Муохтаах сымнаҕас сиргэ атаххын ыларгын кытта атаҕыҥ суола оһон көстүбэт буолар, дииллэрэ билэр дьон. Барбыт аргыстарын хаһыытаан ыҥыра-ыҥыра хаалбыт сирдэригэр 2-3 күн хоммуттар, баҕар, дьоммут биһигини көрдьүү кэлиэхтэрэ диэн. Көһөрүүттэн кэлэн баран, көһөрүүгэ сылдьыспыт дьоммут кэпсэтэллэринэн, суолтатыгар эрэ көрдөппүттэрэ дэһэллэрэ.
Маайалаах Өлөөнө барахсаттар мунан, эрэй бөҕөнү көрөн син тыыннаах ордубуттара. Сорох суруйууларга 58, атын суруйууга 46 күн мунан сылдьыбыттара диэн суруллубуттары аахпытым да, хайата сөбүн билбэппин. Ону туоһулаһарга сөптөөх эппиэти биэрэр билигин ким да суох. Муҥнаахтар хараҥа буоллаҕына улахан мас анныгар куустуһан олорон ытаһа-ытаһа нухарыйбыта буолаллар үһү. Түөрт оҕолоох Маайа кэнники оҕолоругар кэпсиирэ үһү: “Мин урут өллөрбүн, сарсыарда уһуктубатарбын да дии саныырым. Онтон оҕолорбун эһигини санаан, бу билбэт-көрбөт сирдэригэр, дойдуларыттан быстан тулаайах хаалыах бэйэлэрэ буоллаҕа дии санаатахпына ытыырым уонна сарсыарда туран дьоммут бу диэки буолуохтара диэн эмиэ хааман барар этибит”.
Биирдэ эһэ арҕаҕар түбэспиттэр. Маннык эрэйдэниэхпит кэриэтэ, эһэ сиир буоллаҕына сиэтин диэн арҕахха киирэн хоммуттар. Сарсыарда туран арҕахтан тэйиэххэ, аны эһэ тиийэн кэлиэ диэн эмиэ хаамсыбытынан барбыттар. Ити курдук ыһыктынан кэбиспэккэ хаама, сыҕарыйа сатаабыттар. Хата, дьол быатыгар табаһыт малын уурар лаабыһыгар түбэспиттэрэ үһү. Табаһыт булан аҕалтаабыт. Оҕолоро үөрүүлэрин киһи сатаан тылынан да эппэт… Эгэ кумааҕыга кыайан тиһиллиэ дуо?!
Дьэ, тыыннаах ордон, оҕолорун кытта олорон сиэннэрин көрөн, биэбэйдэһэн бу орто дойдуттан бараахтаабыттара. Маайалаах Өлөөнө иккиэн да хоодуот, оҕолорун туһугар тыыннаах хаалар иһин мөккүһэн, сүбэнэн бэйэ-бэйэлэригэр уйаннык, иһирэхтик сыһыаннаһан маннык алдьархайдаах эрэйи-муҥу этэҥҥэ туораатахтара дии… Ийэ айылҕа, аар тайҕа барахсан дьон атаҕастабылыттан маннык эрэйи-муҥу көрсүбүт ийэлэри, ол сылдьалларын былаһын тухары наар оҕолорун туһугар тыыннаах ордон хаалар ыра санаалаахтарын иһин бу хорсун ийэлэри көмүскээн, күөмчүлээн тыыннаах ордордоҕо.
Эбэм
Эбэм Оконешникова Ылдьаана 82 саастааҕа. Аҕам Самсон ийэтэ. Эбэбит өттүгэ ыалдьара, кыайан хаампата. Аҕам көтөҕө сылдьара… Элбэх оҕолооҕо, сиэннэрдээҕэ, олоҕо “Абааһылаах” алаас.
1942 сыл астара быстан, аччыктаан барбыттар. Ньукулай аҕатын кытта хоонньоһо сыттаҕына, аҕата өлбүт. Эбэбит сиэннэриттэн кыра оҕолор өлбүттэрэ үһү.
Эбэбит биир уола (ыал аҕата) тойоҥҥо (бэрэссэдээтэлгэ) баран “бурдукта нэрээттээ, оҕолор иэдэйэн эрэллэр” диэн көрдөһө сатаабыт да, тойон бурдукка нэрээт биэрбэтэх. Бырааттыылар ыксаан астара адьас бүтэн, иккиэн баран сарайга баар туорах бурдугу ылбыттар. Сор быатыгар ити түүн кыраһа хаар түспүт, ити ыам ыйын саҥата эбитэ, суоллара көстө сытара үһү. Айдаан буолбут, суоллаан булбуттар. Бу муҥнаахтар бурдуктарын дьиэлэригэр аҕалбатахтар, аара төҥүргэс кэннигэр кистээбиттэр.
Милиция таҥастаах киһи ол мээрэй бурдук иһин (сатаатар ону ас оҥостон сиэбэтэхтэр даҕаны ээ) икки улахан киһини тутан хаайыыга илдьээри балаҕан аһаҕас аанын иннинэн төттөрү-таары хаамыталыыра үһү уонна “өстөөхтөрбүн-саастаахтарбын дьэ ситтэҕим” диирэ. Бу туһунан эбэбит сиэнэ Мааппа, ол мээрэй бурдук иһин хаайыыга барааччы Сэмэн кыыһа кэпсиирэ. Мааппа оччолорго улахан 16-17 саастааҕа үһү, көһөрүүгэ биһигини кытта сылдьыбыта. Кэлэн баран кэргэннэммитэ да кыайан оҕоломмотоҕо.
Мин Чурапчыга училищеҕа үөрэнэ сырыттахпына Мааппа Чурапчыга тубдиспансерга сытара, баран көрсөр этим. Онтон “аны кэлимэ, чэ этэҥҥэ сырыт” диэхтээбитэ уонна сотору өлөөхтөөбүтэ.
Хаайыыга ыытыллыбыттар эргийбэтэхтэрэ. Онон эбэбит Ылдьаана сыдьааныттан ким да орпото. Эбэбит Ылдьаана “хаарыан оҕолорбун сиэтилэр…” диэн ытыы-ытыы саҥарара. Дэлэлээх оҕолорун-сиэттэрин аһыйан итинник ыар тыллары эппитэ буолуой?! Олох эргиирэ кытаанах да буолара, киһиэхэ үөйбэтэх-ахтыбатах өттүгүттэн иэдээн кэлэрэ…
Ити сылларга уола Самсон эрэ ордон, киниттэн мин соҕотохпун. Аҕам Самсон баар буолан, ийэм биһикки хоргуйан өлбөтөхпүт, көһөрүүнү тулуйбуппут. Мин аҕабар киирии оҕобун. Аҕам миигин биирдэ да улаханнык саҥарбатаҕа, төбөбүттэн имэрийэн ааһара. Көһөрүүттэн кэлбиппит кэннэ олохпутун оҥорбута, ол өтөҕөр бу билигин кэлэн сайылыы олоробут.
Аҕабын урукку олох ыар тыына, ыарахан илии үлэтэ эрдэ үйэлээбитэ. Мин саҥардыы үлэһит буоларбын кытта бу олохтон туораабыта. Билсэр дьоммут, аймахтар түмүстэхтэринэ, “хата, эн баар буолаҥҥын аҕаҥ Самсон аата күҥҥэ элбэхтик да ааттанан эрдэҕэ” дэһэллэрэ, учууталлыыр эрдэхпинэ. Аҕабар Самсоҥҥа махталым бэлиэтэ көһөрүүттэн кэлиэхтэн ыла кини аатынан сылдьабын. Биһиэхэ үтүөтэ элбэҕин өйдөөн-санаан аатын үйэтитэбин.
Төрөппүт аҕам сэриигэ баран Ржев суостаах кыргыһыытыгар олоҕун толук уурбута, мемориальнай плитаҕа аата суруллан турар дииллэр. Аҕабын кэриэстээн бастакы уол сиэммэр кини аатын бэрдэрбитим. Аҕам Пермяков Иннокентий Николаевич – Дыгынайдар диэн киэҥ аймах элбэх оҕолоох ыал кыра уоллара эбитэ үһү.
2017 сыл
Күүс өттүнэн Хоту Көһөрүү 75 сыла туоларынан сибээстээн, бэйэм билэр дьонум, ону даҕаны сорохторун эрэ өйдүүрбүнэн… сатаатар, ааттара ахтыллан аастын диэн санааттан суруйдум. Санааларбын, тугу өйдүүрбүнэн суруйа сатаатым, сыыһа-халты баар буоллаҕына баалаамаҥ дуу…
Аҕам – Оконешников Самсон Кириллович, ийэм – Оконешникова Евдокия Васильевна. Кыра кыыстара 1946 с. тохсунньу 8 күнүгэр төрөөбүтэ, Эдьигээҥҥэ ыйтан эрэ ордон баран өлөөхтөөбүтэ.
Ахтан-санаан суруйдум
Анастасия Самсоновна ОКОНЕШНИКОВА.
Чурапчы оройуона, Маралаайы бөһүөлэгэ.
2017 сыл, от ыйа.

Ыарахан да тыыннаах дьон, тойон -хотун буолан биир үксүн кыра-хара дьон дьылҕатыгар олус ыардык сабыдыаллаабыттар. Саха норуота улахан омук дьаһалыгар үйэлэр тухары олорон элбэх батталы, атаҕастабылы көрсөн кэлбитин билиҥҥи ыччат билэрэ наада дуу суох дуу. Күн бүгүҥҥэ диэри харчы таҥаралаах омуктар, үрүҥ дьоннор, бэйэлэрин өйдөбүллэринэн дьаһайан олороллоро олохпутугар охсуулааҕа көстө турар.
Оттон хоргуйуу уонна аччыктыыһын туһунан ыччат истиэн да өйдүөн да баҕарбат. Бу биһиги кырдьан эрэр көлүөнэ бэйэбит дьоммут кэпсиир буоланнар чугастык ылынабыт. Билигин туох эмит политическай хамсааһын буоллаҕына син биир аҕыйах ахсааннаах кыра омукка олус охсуулаах буола туруоҕа.