Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланарыгар 5 саастаах төгүрүк тулаайах этим. Балтараа сааспыттан аҕам убайыгар икки хараҕа суох абаҕам оҕонньорго Васильев Кирилл Тимофеевичка иитиллибитим. Кирилэ оҕонньор 2 кыыс оҕолордооҕо. Улахан кыыһа Мария элбэх оҕолордоох ыал ийэтэ этэ. Аҕалара Петров Никифор Гаврильевич сэрии бүтэһик сылларыгар сэриигэ барбыта, онтон кыайыы өрөгөйдөөх сэрииттэн кэлбитэ. Иккис кыыһа Өрүүнэ сэрии бириэмэтигэр колхозка мас кэрдэ сылдьан суорума суолламмыта.
Биэс сааспыттан хараҕа суох абаҕам оҕонньордуун Аллыҥа нэһилиэгин «Кыһыл Кулуһуннаах» колхозка сиэттиһэ сылдьан хортуоска олордуутугар, сыыс отун ыраастааһыныгар үлэлиирбит. Сааскы ыһыыга оҕуһунан буола хорутарбыт, буорун миэлкэй гына барамньылыырбыт, онтон бурдугу илиинэн ыһарбыт. Ол кэнниттэн эмиэ барамньылаан кээһэбит. Мин оҕус сиэтээччи буолар этим.
Сайыҥҥы от үлэтэ буолара. Оҕонньору ходуһа ортотугар хотуурунан от охсоругар киллэрэн туруоран кээһэҕин уонна эргийэ сылдьан оту охсоро. Окко биһигини кытта «Тыкаарыга» олорор ыаллар ийэлэрэ, кырдьаҕас эмээхситтэр, оҕонньоттор, кыра оҕолор үлэлиилэрэ. 10 сааспыттан үөһэ саастаах оҕолор улахан дьону кытта колхоз төһуу үлэһиттэрэ буолан атын сирдэргэ, ходуһаларга ыйы-ыйдаан хоно үлэлии бараллара. От кээһиитигэр оҕус сиэтэрим. Оҕонньор от кээһиитигэр кыдамалыыра. От үрдүгэр турар киһи абаҕабар барытын ыйан- кэрдэн биэрэрэ, манан бырах диэн. Күһүн бурдук хомуура буолара, онно абаҕам биһикки сиэттиһэ сылдьан үлэлиир этибит. Эмээхситтэр баайан түүтэхтээн иһэллэрэ, ол түүтэхтэри биһиги кыракый оҕолор оҕонньотторго таһарбыт. Ону кинилэр куурда диэн ааттаан уонтан тахсалыы гына соһулуоннаан туруоран иһэллэрэ. 5-6 саастаах оҕолорго саамай чэпчэки үлэбит түүтэхтэри таһыы этэ.
Ол курдук абаҕам Кирилэ оҕонньордооххо олоро сырыттахпына 7 саастаахпар Арыылаах нэһилиэгин «Бакамдатыгар» олорор аҕам ийэтэ Аана, маачаха эбэм Кирилэттэн көрдөһөн миигин сайын «Бакамдаҕа» илдьэ барар, бэйэтигэр көмө киһи гынаары. Колхозка ыанньыксытынан фермаҕа үлэлиирэ, соҕотоҕун олороро, онно доҕор оҕо гына, сайылыкка. Маачаха эбэм олус кыанара, туптара-хаптара түргэн этэ, «эбэҥкилии» хааннааҕа, «Чөҥкөлөй» кыыһа диэн ааттааҕа, фермаҕа. Миигин олус сөбүлүүрэ, таптыыра. Күһүн буолар. Сайылыктан «Айах» диэн сиргэ ферма кыһыҥҥы хотоҥҥо көһөрө.
Аҕа дойду сэриитэ саамай үгэннээн турар бириэмэтэ. Кыһын буолар, «Айах» диэн сиргэ син элбэх ыал баара. Ити кэмҥэ аччыктааһын, хоргуйуу-сүтүү элбэҕэ. Ыал-ыалынан аччыктаан өлүүлэрэ биһиги харахпыт анныгар барыта баара… Ол аччыктааһын эбэм биһиккини тумнан ааспатаҕа. Кыра балаҕаҥҥа иккиэйэҕин олорорбут. Эбэбинээн аччык сылдьан хотоҥҥо ынах ыырбыт, саах күрдьэбит, эбэм ынах ыырыгар тымтык уотунан сырдатарым. Аана улахан ыстакаан чааккы саҕа, туостан тигиллибит кыра ыаҕыйатын кистээн илдьэ сылдьара, ынах ыырыгар. Ол ыаҕыйатыгар ыаммыт үүт кутан, дьон киирбэт сиригэр саһыаран туран миэхэ үүт иһэрдэрэ. Хас ыам аайы кистээн үүт иһэрдэрэ.
Саас буолар. Халлаан сылыйан чалбах-уу бөҕөтө буолара. Сылаас күннэр буолан аччыктаан ыалы кэрийээччи оҕолор, улахан дьон элбээн барбыттара. Эбэм биһикки хотонтон киэһэ балаҕаммытыгар киирэн сулугур ууну кытта кыра лэппиэскэ тоорохойун сиэн утуйдубут. Сарсыарда тоҥон туран кэллим, күн тахсыбыта хайы-сах ырааппыт этэ. Эбэм оронугар утуйа сытар. Оһох оттон дуомнаатым. Эбэбин уһугуннара сатаатым да, уһуктубата. Ону ыалларга тахсан эттим. Дьон киирэн көрбүттэрэ, «оо, эмээхсин былыр үйэҕэ айаннаабыт» диэтилэр.
Эбэм тыыннааҕар дьоҥҥо мин истэрбэр 8 саастаах диэн кэпсиирэ. Эбэм суох буолтун кэннэ мин ыал устун кэрийиим, Айах, Бакамда икки ардыгар сырыым элбээбитэ. Аччыктаан, хоргуйан өлө сыһан… Сорох ыаллар аһата түһэллэрэ, бэркэ билэр ыаллар. Сорохтор аһылык суох диэн үүрэн таһаараллара.
От-мас көҕөрүүтэ этэ. От-мас көҕөрүүтэ хойуу лабаалаах харыйа мас төрдүгэр хонорум. Саҥа тахсар хатыҥ сэбирдэҕин, ону кытта куртуйах куолайыгар хаһаанар хатыҥ сиэмэтин хомуйан сиирим. Бу санаатахха ыам ыйын бүтэһик күннэрэ быһыылааҕа. Тыыннаах буолуу мөккүөрэ этэ.
Ол сылдьан Бакамдаҕа биир билэр ыалбар “хонноруҥ” диэн этэ сатаатым, ону бэйэбит аһыыр аспыт суох диэтилэр уонна холдьоҕон таһаардылар. Киэһэ этэ. Нэһиилэ дьиэттэн тахсан ыаллар дьиэлэрин үрдүгэр тахсан оһох турбатын төрдүгэр утуйар санаалаах этим. Ол турдахпына биир аттаах киһи чопчу миэхэ тиийэн кэллэ. Миигин атыгар мэҥэһиннэрэ олорто уонна бэйэтигэр аттан түспэтин диэн быанан ыга баанна. Ол кэннэ Аллыҥаҕа Кыһыл Кулуһуннаах колхоз «Тыкаарытыгар» айаннаатыбыт. Абаҕам Кирилэ оҕонньор мин ыал устун сылдьарбын истибит эбит…
Хоргуйан өлүү Сунтар оройуонугар үгэннээн турар бириэмэтэ, Аҕа дойду сэриитин саҕана. Абаҕам Кирилэ оҕонньор аҕыйах да буоллар сүөһүлээх-астаах этэ. Элбэх кыракый сиэннэрин уонна миигин истэн-харайан киһи гыммыта. «Тыкаары» 6-7 ыаллара колхозка үлэлээн, аччык дьылга бэйэ-бэйэлэригэр туох баарынан көмөлөсүһэн бултаан-алтаан олорбуттара.
Ити курдук үчүгэйдик сайылаан, кыһыны кыстаан 1943 сыл атырдьах ыйыгар абаҕам Кирилэ 9 саастаахпар Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтигэр «үөрэннин, киһи буоллун» диэн детдом дириэктэригэр С.Г.Кривошапкины кытта кэпсэтэн туттаран кэбиһэр. Детдомҥа киирэн киһи буолар кэскилим дьэ саҕаламмыта. Күҥҥэ үстэ нуорма быһыытынан аһыырбыт. Таҥас-сап ырааһа үчүгэйэ бэрт этэ. Баспытааталлар биһигини тулаайах оҕолорго ийэ-аҕа курдук үчүгэйдик сыһыаннаһаллара, арааска барытыгар иитэллэрэ-такайаллара. Повардарбыт астара олус минньигэс буолара, биһигини тутуталаан ылан төбөбүтүн имэрийэллэрэ, сыллаан ылаллара. Ол аайы биһиги харахпыт уута халыйара уонна ытамньыйа түһэн ыларбыт…
1943-44 үөрэх сылыгар 9 саастаах уол бастакы кылааска Тойбохой 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирэбин уонна бастакы кылааһы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэбин. 1944-45 үөрэх сылыгар иккис кылааска үөрэнэ киирэбин, үөрэхпэр үчүгэй үөрэнээччилэр ахсааннарыгар сылдьарым. Иккис кылааска үөрэтэр учууталым Саввинова Татьяна Яковлевна олус өйдөтөр гына ис дууһатын ууран туран үлэлиирэ. Үөрэх чааһын кэнниттэн ыҥырталаан эмиэ үөрэтэрэ. Үөрэтэригэр төрөппүт ийэ курдук сыһыаннаһара, биир да мөҕөр тылы туттубат учуутал этэ. Ити курдук үөрэх дьылын үчүгэй үөрэнээччи буолан, иккис кылааһы үөрэнэн түмүктээбитим. Ол да буоллар доруобуйам чааһа мөлтөх этэ, элбэхтик үөрэх күнүн көтүтэрим.
1945 с. сайын иккис кылаас кэнниттэн Илимниирдээҕи тубдетдомҥа эмтэнэ барбытым. Онно 3 сылтан ордук эмтэнэн оскуолаҕа үөрэммэккэ, сайын 1949 сыллаахха Тойбохой детдомугар төннөн кэлэбин. Сааһым 14 буолбута. 1949-50 үөрэх сылыгар үһүс кылаастан үөрэхпин саҕалаан, хоп курдук үөрэнэн үчүгэй ортонон бүтэрбитим. Ити курдук салгыы үөрэнэн 1954 сыллаахха 19 саастаахпар Тойбохой ситэтэ суох орто оскуолатын үчүгэй ортонон үөрэнэн, свидетельство ылан 7 кылааһы бүтэрэбин.
1953 сыллаахха Тойбохой 7 кылаастаах оскуолатыгар орто оскуола 8-с кылааһа аһыллыбыта. Оччотооҕу оскуола администрациятыттан 8-с кылааска үөрэтиҥ диэн сайыбылыанньа суруйан көрдөһө сатаабытым, ону оскуолаҕа үөрэнэр сааһыҥ ааспыт диэн ыла да сорумматахтара. «Ол мин 3 сыл Илимниир тубдетдомугар үөрэммэккэ эмтэммитим буруйум үһү дуо?» – диэн утарылаһа сатаабытым да, кытаанах аккаас этэ. Ити курдук детдом дирекцията миигин Якутскай диэки уруһуй училищетыгар үөрэххэ атааран кэбиспитэ. Ол үөрэххэ, сатаан уруһуйдаабат эрээри, киирэ да сорумматаҕым.
Күһүн буолар, Якутскайга үөрэх дьыла саҕаланар. 1954 с. күһүн Якутскайга пединститутка үөрэнэр Тойбохой детдомугар бииргэ иитиллибит студент уоллуун Афанасьев Афанасий Ивановичтыын үөрэх министерствотыгар тиийэн Саха сирин Оҕо дьиэтин управлениетын начальнигар Орёхиҥҥа, нуучча киһитигэр киирэн кэпсэттибит.
Орёхин үөрэх министриттэн направление ылан 100 солк. айаҥҥа уонна кыһыҥҥы таҥаска диэн туттаран кэбистэ уонна: “Нам оройуонугар Нам орто оскуолатыгар интернакка олорон 8-с кылааска салгыы үөрэн”, – диэбитэ, Намҥа тахсар суол булан атаарбыта. Студент табаарыспар Афанасий Ивановичка 20 солк. туттаран кэбиспитим, олус диэн үөрбүтэ. Намҥа тахсан 1955 с. 8-с кылааһы үөрэнэн бүтэрэбин.
Армияттан кэлэн Намҥа тахсан райпромкомбинатка 4 ый рабочайынан үлэлээн баран, 1957 с. атырдьах ыйыттан Покровскай кирпииччэ заводугар рабочайынан үлэбин саҕалаабытым. Кирпииччэ заводугар үлэлии сылдьан вечернэй оскуолаҕа онус кылааска үөрэнэ сатаан баран, үлэм ыарахан буолан бүтэрбэтэҕим.
1959 с. төрөөбут Сунтаарбар 5 сыл устата тэлэһийэ сылдьан баран кэлэбин. Ол кэлэн бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри Тойбохой детдомугар иитиллибит дьиэбэр физрук баспытааталынан үлэлээбитим. Балаҕан ыйыттан Сунтаардааҕы райпромкомбинатка рабочайынан, онтон тутууга 1961 сылга диэри плотнигынан үлэлээн баран Тойбохойго тахсан, 10-с кылааска оскуола оҕолорун кытта Государственнай экзаменнары экстернынан туттартаан бүтэрэн, аттестат ылан үөрүү-көтүү этэ.
Райпромкомбинатка, тутууга үлэлии сылдьан общественнай үлэм – спорт-инструктордаан Сунтаарга оскуола оҕолоругар, улахан дьоҥҥо спортивнай секцияларын тэрийэн үлэлэтэрим. Ону билэн үөрэх салаатын начальнига Попов Владислав Гаврильевич 1961 с. Хадан 8 кылаастаах оскуолатыгар физкультура учууталынан Райкомол нөҥүө үлэҕэ анатар. Итинтэн ыла эдэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ, эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар уһун-унньуктаах физкультура учууталынан педагогическай үлэм саҕаламмыта. Хадан оскуолатыгар учууталлаан, 1963 сыллаахха Омскай куоракка физкультурнай институтка үөрэххэ киирэн студент үрдүк аатын чиэстээхтик сүкпүтүм. Онно сааһым 29 этэ.
1967 с. Омскайдааҕы физкультурнай институту ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн физкультура идэтин ылбытым уонна спорт эйгэтигэр үлэлээбитим. Омскай куоракка үөрэҕи бүтэрэр сылбытыгар Уус-Алдан кыыһа Мария Васильевна Софроновалыын ыал буолбуппут. Кини ветеринарнай институту үөрэнэн бүтэрэр. Иккиэн үрдүк үөрэхтээх эдэр специалистар буолан Саха сиригэр кэлэн Уус-Алдан оройуонугар Тандаҕа үлэлии барабыт. Тандаҕа кэлэн мин оскуолаҕа физкультура учууталынан, Мария Васильевна «Герой Егоров» совхозка ветвраһынан ананан үлэбитин саҕалыыбыт.
Танда оскуолатыгар үлэлииргэ спортзал, усулуобуйа суоҕун да иһин үлэ үчүгэйдик саҕаламмыта. Күһүн үөрэх күнэ аһыллыбытыгар хаар түһүөр диэри араас сүүрүүлэри, спортивнай оонньуулары тэрийэн, кылаастарынан эстафеталары ыытан оҕолор биһирэбиллэрин ылбытым. Итини кытта сэргэ спортплощадка, ручной мяч площадкалара оҥоһуллубуттара.
Тандаҕа 2 сыл үлэлээн баран 1969 сыллаахха Сунтаар оройуонун Тойбохой 8-с кылаастаах оскуолатыгар кэлэн 1997 с. диэри физкультура учууталынан үлэлээбитим. 1997 сылтан 2014 сылга диэри Тойбохой Г.Е.Бессонов аатынан орто оскуолаҕа дьэ бүтэһиктээхпин, 80 сааспар диэри физкультура учууталынан үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.
53 сыл – үйэ аҥаарыттан ордук сыллар усталарыгар физкультура учууталынан үлэлээн эдэр көлүөнэни иитиигэ, эт-хаан сайдыытыгар, доруобуйаларыгар көмөнү оҥордум дии саныыбын. Советскай былаас саҕана уонна билиҥҥи эстибит сайдыылаах былааска үлэбин түмүктээтим.
Балтараа сааспыттан тулаайах хаалбыт киһи сэрии ыар сылларыгар сыл биэс сааспыттан колхозка үлэлээн, детдом кэнниттэн 5 сыл араас тутууларга сылдьыталаан, үлэлээн киһи- хара буолбутум. Ити барыта холбоон 62 сыл үлэ ыстааһа буолар. Онон Советскай былааска уонна билиҥҥи сайдыылаах государствоҕа детдомҥа иитиллибит иэспин төлөөн эрэх-турах саныыбын.
Ол быһыытынан 83 сааспар үктэнним, кэргэним Мария Васильевна 79 сааһыгар сылдьар, ыал буолан 50 сыл бииргэ олорон кэллибит. Доруобуйабыт да аһааҕырар кэмэ кэллэ быһыылаах. Тыа сирэ эстэн, кырдьаҕас дьоҥҥо эмтэнэргэ эмп-том суоҕун, сытар балыыһа куойката аҕыйаабытын иһин биһиги төрөөбүт-үөскээбит алааспытыттан көһөргө күһэлиннибит, оройуон киинигэр эбэтэр куоракка. Тойбохойго олорор дьиэлээх этибит. Аарыма кырдьаҕас дьон буолан, эдэр оҕо ыаллары кытта бииргэ олорууну сөбүлээбэппит.
Былыр сахалар бэргэн этиилээхтэрэ: баай-дуол, сир, уһаайба, олорор дьиэ – барыта ыал кыра оҕотугар ананыахтаах. Ол үгэһинэн мин сирим, уһаайбам, олорор дьиэм кыра уолум оҕотугар – 3 саастаах сиэммэр Аселияҕа докумуон оҥоһуллан ананна. Биһиги 4 оҕолоох этибит.
Улахан уолум Пётр Яковлевич суоппар идэлээх, таксист. Кэргэннээх, 4 оҕолоох.
Иккис оҕом Наталия Яковлевна Якутскай куоракка олорор, биир тутуу тэрилтэтигэр архитекторынан үлэлиир. Биир уол оҕолоох.
Үһүс оҕом Афанасий Яковлевич омук тылыгар СГУ-ну үөрэнэн бүтэрбитэ, онтон философияны СГУ-га аспирантураҕа үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэҕи бүтэрээт СГУ-га преподавателинэн, Наука министерствотыгар, СР правительствотыгар ведущай специалиһынан олус үчүгэйдик үлэлээбитэ.
Наука министерствотыгар үлэлии сырыттаҕына профессор Лазарев салайааччылаах Григорьев, Плотников, Васильев буоланнар Аллайыаха оройуонугар Чокуурдаахха мааман оҕотун хостооһунугар командировкаҕа барбыттара. Ол мааманнарын оҕотун хостоон аҕалан, Чокуурдаахха самолёт көтүөн балтараа чаас иннигэр гаражка уган туруорбуттар. Ити чаас ыккардыгар уолбутун туора соҕус хаама сырыттаҕына орто дойдуттан крэтэ охсон, суорума суоллаабыттара… Бу кырдьаҕас ийэлээх аҕаҕа олус кыһыылаах, абалаах турук буолар. Оҕобутун билигин санаатахпытына кырдьаҕас оҕонньордоох эмээхсин сүрэхпит кыланар, дууһабыт ытыыр!
Ити сиэхситтэр төһө да байбыттарын, олох олорбуттарын да иһин үөһээ айыылар көрө-маныы сылдьаллар, ханна да куотуохтара суоҕа. Син биир олохпут анараа дойдуга тиийдэхпитинэ тэҥ буолуоҕа. Төһө да баай-тот буолуҥ, айылҕа бэйэтэ харайыаҕа.
Уолбут Афанасий Яковлевич Васильев СР правительствотыгар, Наука министерствотыгар ведущай специалиһынан үлэлээбитэ. Ол иһин СР правительствота үчүгэй, чиэһинэй үлэтин билэннэр министерствоҕа секретнай документация үлэһитинэн анаабыттара. Сокуон быһыытынан маннык үлэһит ханна да командировкаҕа, мааман дьыалатыгар барыа суохтааҕа.
Саамай кыра оҕобут Васильев Александр Яковлевич суоппар. Кэргэннээх, үс кыыс оҕолордоох.
Бу мин Аҕа дойду Улуу сэриитин иннигэр ийэтэ-аҕата суох, 1934 с. төрүөх тулаайах буолан государство өртүттэн туох эмит өйөбүл баара буоллар диибин. Кыайыы 75 сылынан сибээстээн 1927-1945 сс. төрөөбүт сэрии тулаайахтарыгар Госдума уонна Ил Түмэн депутаттара СОКУОН ылаллара буоллар олус үчүгэй дьыала буолуо этэ.
«Туймаада» хаһыат 360-с нүөмэригэр (14.06.2017 с.) Зинаида Винокурова, Якутскай куораттааҕы сэрии сылын оҕолорун сүбэтин бэрэссэдээтэлэ «Сокуон хаһан ылыллар?» диэн ыстатыйатыгар: «Сэрии кэмин оҕолоро Кыайыы 75 сылынан, Октябрьскай революция 100 с. юбилейа чугаһаатаҕын аайы кэккэбитин көрүнэбит», – диэн суруйар, туруорсар. Ону ааҕан хайдах эрэ эрэнэ саныыбын.
Яков Афанасьевич ВАСИЛЬЕВ, тыыл, үлэ ветерана, Сунтаар оройуонун Тойбохой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Тойбохой детдомун бочуоттаах иитиллээччитэ, РСФСР норуотун үөрэҕин туйгуна, спорт ветерана, ССРС боксаҕа спордун маастарыгар кандидат, СР физическай культуратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ.
2017 сыл.
