Кардашевскай Николай Семёнович туһунан

ХОЛХУОСТААХ ХООДУОТТАР

Киһи диэн айылҕа бэрт уустук,

Чулууттан чулуу айымньыта,

Бэйэтэ туспа дойду,

Хас биирдии киһи дууһата.

Моисей Ефимов

 

Мин аҕам – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, бүлүмүөтчүк, байанайдаах булчут, үлэ ыстахаанабыһа, удаарынньыга Николай Семёнович Кардашевскай.

– Алааспыттан арахпат, өтөхпүттэн өнүйбэт киһибин. Киһиэхэ хаһан баҕарар киинэ түспүт, биһигэ ыйаммыт сирэ күндү буолар. Зыков Яков Фёдорович бэрэссэдээтэллээх “Өндөрөйөп” холхуос аҕыйах туруу үлэһит дьоннооҕун да иһин тигинээн-таҕынаан, үлэлээн-хамсаан олорбута. Хаһан баҕарар сатабыллаах салайааччы дьону түмэ тардар, эппит тылын иһитиннэрэр, бэйэтин ытыктатар. Яков Фёдорович оннук киһи этэ, – диэн аҕам Табаҕаҕа көһөн кэлбиппит кэннэ уу иһэ-иһэ хайгыыра. – Ойоҕо Ааныска барахсан наһаа да үөрүнньэҥ, аламаҕай дууһалаах дьахтар этэ.

Сэбиэт Агафия Никитична уолаттара Никита уонна Толя сайын аайы «Дулҕаҕа» кэлэн сайылыыллара. Сүрдээх сэмэй, үлэһит уолаттар этилэрэ. Миигин быыкаайык кыысчааны дьиэлэригэр сиэтэн киллэрэн, кинигэ ойуута көрдөрөллөрө. Иллэҥ буоллаҕына Толя остуоруйа кэпсиирэ. Ааныска сахалыы баахыланан күндүлүүрэ.

«Дулҕа» сайылыкка утарыта эйэ-дэмнээхтик олорбуппут. Биһиги дьиэбит ампаар салҕааһыннаах дьиэ этэ. Ампаарга утуйарбыт. Сөп-сөрүүн, утуйарга аналлаах курдук. Дьиэбит ааннаах, биир хостооҕо. Онно убайым олороро, суот тардан лаһырҕатар тыаһа иһиллэрэ.

Агафия Никитична дьиэтэ – ампаар дьиэ. Муостата кырааскалаах, кып-кылабачыгас. Аан таһыгар сиэркилэ күлүмүрдээн турара. Истиэнэҕэ араамалаах элбэх хаартыска ыйанан кэчигирээн турара, мас долбуурга кинигэлэр. Оронноро тупсаҕай оҥоһуулаах буолара, саахымат ойуулаах таҥаһынан бүрүйэн хомуйаллара, быысапкалаах сыттыктар орону киэргэтэллэрэ.

Яков Фёдоровичтаах бэйэлэрэ оҕолоро суох этилэр. Тулаайах аймахтарын оҕолорун Аана, Ганя Кухаренколары бэйэлэрин оҕолорун курдук таптаан иитэллэрэ.

Аана сытыы-хотуу кыыс, түргэн-тарҕан туттуулаах. Эдьиийбиниин Танялыын аҕам звенотугар окко үлэлииллэрэ. Эдьиийбиниин аҕас-балыс курдуктара.

Ганяны аҕам, уол оҕото суох буолан, көрөн-истэн үлэҕэ такайара. Сай аайы былааннарын аһара толороллоро. 1954 сыллаахха «Өндөрөйөп» холхуоска олорон 112 аҥаар туонна оту соҕотоҕун кыдамалаан, Мэҥэ Хаҥалас Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ. Аҕам Ньукулай үлэ ыстахаанабыһа, удаарынньыга, байанайдаах булчут, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа этэ. Ийэм Лөкүөрүйэ үлэ, тыыл бэтэрээнэ.

«Өндөрөйөп» холхуос дьоно бары да биир санаанан, холхуостара туругурарын туһугар таһаарыылаахтык үлэлииллэрэ. Ыанньыксыттар үүт былаанын аһары куоһаралллара.

Аҕам кыра тутуу биригээдэтин тэрийэн, Доропуун Арчахов салайан үлэлэтэрэ. Мастан бэртээхэй оҥоһуктары оҥороро. Биһиэхэ орон, остуол, дьааһык оҥорбута. Наһаа үтүө майгылаах кырдьаҕас этэ. Уола Дьаакып Арчахов аатырбыт уус, Майа промкомбинакка үлэлээбитэ. Үлэ ыстахаанабыстарынан киэн туттабын: Г.С.Зыков, М.Эверстов, М.А.Порядин, Р.Зыков уонна да атыттар.

Табаҕаҕа көһөн кэлэн да баран «Өндөрөйөптөр» сибээстэрин быспакка, доҕордуу сыһыаннаахтара. Бааһа Бурнаһыап, Миисэ Бэрээдьин, Куола Бэрээдьин, Мэхээс Эверстов, Дьаакып Зыков уо.д.а.

Дьахталлар: Мотуруос Санникова, Лөкүөрүйэ Борисова, Аана Кухаренко-Эверстова уо.д.а. биир дьиэ кэргэн курдук олорбуттара. Аҕам 1958 с. оһолго түбэһэн 52 эрэ сааһыгар олохтон туораабыта.

Ийэм1969 сыллаахха кыыһыгар Груняҕа көһөн киирбитэ. Ийэбэр дьүөгэлэрэ кэпсэтэ-ипсэтэ, балыыһаҕа көрдөрүнэ кэлэ тураллара.

Эдьиийим аах Хомустаахха туберкулёзнай санаторийга ананан үлэлии барбыттара. Эдьиий бухгалтерынан, күтүөт кылаабынай бырааһынан. Убайым Николай Семёнович эмиэ көһөн кэлэн санаторийга үлэлээбитэ. Убайым – хомуньуус ааттааҕа. Эмиэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа этэ. 50 эрэ сааһыгар эмискэ күн сириттэн күрэммитэ. Доҕоро Яков Михайлович кэпсэтэн, тиһэх суолугар көмөлөһөн, сүүрэн-көтөн уҥуоҕа «Балаҕаннаах Сыһыыга» дойдутугар убайын таһыгар көмүллэ сытар.

Аҕам дьоҥҥо үтүө сыһыаннааҕа. Сорох дьон олоххо бүдүрүйдэҕинэ көмөлөһөн, сүбэлээн- амалаан үтүө суолга төннөрөрө. Ол иһин дьон таптаан-ытыктаан киниэхэ Көннөрөр Ньукулай диэн хос ааты биэрбиттэр.

Кыыһа Харыстаана КАРДАШЕВСКАЯ.

Дьокуускай к.

2026 сыл балаҕан ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *