Осипов Николай Васильевич ахтыыта

Прокопий Чуукаар «Уол оҕо уон уhуктааҕа» кинигэтин туhунан

Прокопий Яковлевич Прокопьев-Чуукаар бу кинигэтэ тахсыан иннинэ, ааҕааччы быhыытынан өйдөбүлбүнэн, суруйууларын бэчээттэрэ тохтоон сылдьыбыт курдук этэ. Бу кинигэни ааҕан баран, сааhырбыт суруйааччыбыт уруккутун курдук “буораҕа кураанах сылдьар эбит” диэн астынным. Өссө даҕаны күүс кыайарынан, көлө тардарынан суруйа, айа сырыт диэн баҕа санаабын этэбин.

«Уол оҕо уон уhуктааҕа» диэн дьоҕус кинигэни Прокопий Чуукаар ааҕааччыларыгар бэлэх ууммут. Кинигэ сүрүн геройа Иван Яковлевич Кривошапкин диэн булчут туhунан кэпсэнэр. Ааҕарга сүрдээх интэриэhинэй, тыллара өйдөнүмтүө. Кинигэ геройа сүрдээх күүстээх санаалаах, булугас өйдөөх, ханнык да ыарахаттартан чаҕыйан турбат киhи. Кэргэннии Иван уонна Александра Кривошапкиннар үс оҕолорун илдьэ хаhан да сайын буолбат, от бытыгыраан иhэн сүтэн хаалар, киhитэ-сүөhүтэ суох тыйыс тымныылаах Муус Кудулу байҕал Куччугуй Ляховын арыытыгар 12 сылы мэлдьи олороллор. Уйбаан айылҕаны кытта алтыhан, кини ыар тыынын кытта сөп түбэhэн, икки атах хаhан да бултаабатах өлгөм булдун, сылга муҥутаан алта сүүс кырсаны өлөрбүт туруу булчут.  Кини маннык өлгөм булду хайдах ситиспитэй?

Бастакытынан, Уйбаан отой үөрэҕэ-тойо суох эрээри, булт туhунан өбүгэлэр үтүө үгэстэрин кытаанахтык тутуhара, баай барыылаах Байанай айыыны үҥэр таҥара оҥостон сүгүрүйэр, онто киниэхэ хас хардыытын ахсын көмөлөhөр курдуга. Алта сүүс биирис кырсата – хара кырса – Байанай бэлэҕин курдук тубэhэр. Маннык кырсаны улуу эрэ булчуттарга эhэкээн биэрэр эбит.  Аны туран,  40 салаалаах муостаах хотугу норуоттар кэрэх гынар ытык табалара Уйбааҥҥа улуутумсутан, өлөр-хаалар күнүгэр көмөлөhөр. Маны эмиэ Байанай сиэрдээх бэлэҕин курдук көрүллүөхтээх.

Иккиhинэн, сахаларга былыр-былыргыттан үгэс буолбут өс хоhооно баар: «Уол оҕо биир хонукка түөрт уон моhолу туоруур», – диэн. Онно Уйбаан сытыы, булугас өйүнэн 12 сыл устатыгар хаста-хаста өлүү айаҕын өҥөйөн баран быыhанарын, кинигэни ааҕа олорон киhи бэйэтэ куттанар.

Маҥнай, арыыга киирэллэригэр, чычырбас аhылык буолбутугар кини киhи өлөн-охтон биэриэ дуо?! Илиминэн куруппааскылары иҥиннэрэн үссэнэр албаhы булар. Аны табаттан чуучула оҥорон, табалары чугаhатан бултуур. Бу барыта саха киhитин булугас өйүттэн, өбүгэлэрин үгэстэрэ дууhаҕа иҥэриллибитэ өтөн киириилэрэ диэн сылыктыахха сөп. Аны туран, дьиикэй табалары хараҥаҕа бултуур ньыманы булар: кыhыл өҥө суох ракетницанан үөhэ  ытан, ол сырдыгар ытыалаан эрэйэ суох бултуура – бу Уйбаан бэйэтэ айбыт албаhа.

Үсүhүнэн, олоҕун аргыhа Александра Уйбаан дьоллоохтук олороругар уонна үйэтэ уhууругар диэххэ да сөп, өйдөөх өйөбүл, холоонноох ойох буолбут аныгы үйэ бастыҥ дьахтарын уобараhын быhыытынан көрүөххэ сөп. Дьахтарга бэриллэр бастыҥ идэ – иистэнньэҥ. Кини сатаабатаҕа диэн суох: дьиэ кэргэнин барытын кутуйах сиэбит кырса сэмнэҕиттэн ичигэс, туhалаах таҥастарынан хааччыйбытын үөhэ, оннооҕор ыттарын атахтара  соролооботун диэн  кэтинчэлэтэлээн кэбиhэр эбит. Кыракый кырадаhыннартан сувенир арааhын тигэр, оҥорор. Ыксаллаах бириэмэҕэ туохтан да куттаммат  хорсун санаата өлөр-тиллэр кэмҥэ хаста да өрүhүйүүтэ буолар. Ону таhынан, хоонньуга сытыhар холоонноох доҕоро Уйбааҥҥа ыксал тирээбит кэмигэр сөптөөх сүбэни була охсон, этэр тыллара көҕүс кэҥэтэр, сөбүн көрөн быhаарар суолу тобуларыгар хаста-хаста күүс-көмө, өйөбүл буолбутун кинигэ усталаах туоратыгар көрөбүт. Уйбаан бэйэтэ да сонно тутатына махтана охсон иhэриттэн сылыктаатахха, кэргэнин өрө тутара көстө сылдьар. Эҥкилэ суох эйэлээх олохтоох ыал быhыытынан аныгы олоххо холобур буолар дьон.

Бу кинигэ иитэр суолтатын манныктарга көрүөххэ сөп: үрдүкү кылаас оҕолорун куттаҕаhа суох буолуу тыыныгар иитэр, хорсун быhыы холобурдарын ылан кылаас чааhа оҥоруохха, кылааhынан дорҕоонноох ааҕыылары ыытыахха сөп. Эдэр дьон, уолаттар кыыhы сэбэрэтин эрэ көрөн кэргэннии буолан сотору арахсаллар. Бу кинигэҕэ кыыс сэбэрэтэ эрэ буолбакка, чиҥ туруга, үлэhитэ, быhыыта-майгыта, туруктаах ийэ, кэргэн буолуу диэҥҥэ үөрэтэр. Эдэр, орто саастаах ыалларга ырыынак ыар тыыныгар ылларан, аhыы аhынан сатарбакка, ыарахан балаhыанньаттан тахсар суолу тобулуохха, элбэхтик үлэлиэххэ диэҥҥэ үөрэтэр. Уйбаан бэл 12 сыл усталаах туоратыгар муораҕа биирдэ да айаҕа сыттаах киирбэтэҕэ холобур буолар.

Күндү ааҕааччылар, бу кинигэни булгуччу ааҕыҥ! Истиҥник сэҥээриэххит, элбэххэ үөрэниэххит диэн эрэнэбин.

Прокопий Яковлевич, кинигэҕин сурахтаах Сунтаарга сонун гына, киэҥ Ньурбаҕа кэпсээн оҥосто илдьэ бардыбыт. Улахан баhыыба!

Николай Васильевич ОСИПОВ,

үлэ, тыыл, сибээс бэтэрээнэ, Сунтаар кырдьаҕас олохтооҕо, сөбүлээн ааҕааччы.

2004 сыл.

(«Ахтыылар», 2026 с. от ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *