СУНТААРГА ҮЙЭҔЭ УМНУЛЛУБАТ ХАЛААН
1959 сыллаахха Бүлүү өрүспүт Сунтаар аннынан ыам ыйын 20-тин диэки мууһа устубута. Оччолорго кыһыммыт -50-60 кыраадыс тымныы буолар этэ уонна уһуннук тымныйара. Мууспут устан бүтэн баран, нэдиэлэ курдук уубут түһэрин оннугар эбиллэ турбута.
Мин оччолорго 9 саастаах уолбун. Тугу көрбүппүн, тугу өйдөөн хаалбыппын ахтыы бэрээдэгинэн эһиэхэ тириэрдэбин.
Урукку райком аннынан уу биэрэктэн 1-2 миэтэрэ хаалбытын кэннэ билиҥҥи аптека переулогыттан (Илья Иванов переулогыттан) Лермонтов переулогар диэри (оскуола иннинээҕи переулок) уу халыйан тахсан ыаллар дьиэлэрин ылбыта. Билиҥҥи «Наталья» маҕаһыын оннунан «Тумуһукаан» налыы хонуутугар уу ыы-быччары кутуллубута билигин күөл буолан турар.
(Урут ити налыы сир кураанах этэ. Сайын аайы оскуола оҕолорунан онно үүнэр оту сиилэстэтэр, сенажтатар этилэр. Итини таһынан «Абаҕа» диэн сир эмиэ кураанах, уута суох этэ. Онно эмиэ оҕолору оттотоллоро. Ити «Абаҕаҕа» халаан уута киирэн билигин эмиэ улахан күөл олохсуйда. Хас да сыллааҕыта нэһилиэк дьаһалтата ити күөллэр ууларын турбаларынан хачайдаан өрүскэ түһэрэ сатаабытын, ити күөл кытыытыгар олорор сүөһүлээх ыаллар өрөлөһөн ууну өрүскэ быраҕыыны тохтоппуттара. — Юрий Мекумянов).

Лермонтов переулогар өрүс үрдүгэр томторго «Монопуол» (арыгы атыылыыр смешаннай маҕаһыын), Райсоюз ыскылааттара бааллара. Билиҥҥи Мичурин переулогар, өрүс үрдүн диэки Христофоровтар, Дмитрий Даниловтаах олорор томтордорун аннынан, билиҥҥи «Татыйыына» маҕаһыын оннунан өрүс үрдүгэр хас да ыалы ылан, Октябрьскай уулуссаҕа көлүкэни киэптии учуутал В.В.Парфенова, Тэн Миитэрэйдээх тэлгэһэлэринэн Парашютистар дьиэлэрин оннунан Григорьев Б.Б., Никитин В. дьиэлэринэн, Еремеева И.Е. олорор томторун аннынан, «Маяк» маҕаһыын оннунан «Тумуһукааҥҥа» халаан уута куппута.
Октябрьскай уулуссаҕа билиҥҥи «Нюрбина» маҕаһыынтан уулусса нөҥүө «Дорстрой» диэн суол оҥорор тэрилтэ баара. Биир ДТ-54 тыраахтырдаах, прицепной грейдердээх, соткатааҕар кыра С-80 бульдозердаах.
«Сельхозтехника» (ол саҕана МТС) диэки Лесной (Абаҕа) үрэҕинэн уу тахсан Абаҕа күөлэ ойууруттан, Октябрьскай уулусса урукку таас мастерскойдар оннуларынан халаан уута силбэспит.

Тойбохойдуур суолга халаан уута суолга муостаны суулларан, Абаҕа атаҕынан, билиҥҥи Хонуулаах түөлбэтин ойууругар диэри ылан Сунтаар күөлгэ куппута. Ол саҕана Хомустаах буолата ойуур, солоно илигэ. Отон аһара үүнэрэ, күһүн куобахха туһахтыырым. Сэлиэнньэ стройучаастак территориятынан, Парашютистар переулоктарынан бүтэн харыйа ойуур буолан барара.
Сарсыарда эрдэ олохтоох араадьыйа дииктэрэ Ларионов Семен Васильевич тэриэлкэ араадьыйанан райком (Павлов В.Г.), райсовет (Васильев С.И.) уураахтарын билиһиннэрдэ: «Өрүскэ хара уу кэллэ, намыһах сирдэринэн халаан уута тахсан сэлиэнньэ ууга баран эрэр, ыксаллаах балаһыанньа биллэриллэр. Ыаллар дөкүмүөннэргитин, сүөһүгүтүн илдьэ икки этээстээх оскуолаҕа көһөҕүт. Тэрилтэлэр, оскуола үрдүкү кылааһын оҕолоро балыыһа, промкомбинат аппаларын үрдэтэ аппаларга мустаҕыт, авиапорт, комбинат ыаллара ууга барар кутталлара үөскээтэ».
Дьон наһаа айманна, долгуйда. Күрдьэхтээх элбээтэ. Таһынан тахсаары турар аппаларга буордаах кууллары дьаптайан күннэри-түүннэри үлэ саҕаланна. Ыксаан райсоюз ыскылаатыттан тэлиэгэлээх атынан, фанера кабиналаах полуторка массыынанан буорту буолбут кур бурдугу тастылар, онон аппалар быһыттарын бүөлээтилэр. Сүөһү сиэтээччи, куулга боросуонак сүгэһэрдээх элбээтэ. Райсоюз ыскылаатыттан бурдугу, бородууктаны икки этээстээх оскуолаҕа тастылар. 2 этээстээх оскуола, начаалынай оскуола, интэринээт дьиэтэ дьонунан туоллулар.

С.В.Ларионов сарсыарда, күнүс, киэһэ, түүн дьону уоскутан балаһыанньаны кэпсиир. 1958 сылтан сүрүн киинэ иннинэ Кинохроника диэни көрдөрөллөрө. Онно Бүлүү өрүскэ ГЭС тутулларын, өрүс бохсуллан муора үөскүөҕүн туһунан кэпсииллэрэ. Кыайыы-хотуу. КрАЗ массыыналар көһөҥө таастары өрүскэ сүөккээн быһыт оҥороллорун көрдөрөллөрө.
3-4 күн түүннэри-күнүстэри даамбаны бөҕөргөтүү үлэтэ оргуйар. 1958 сыллаахха тэриллибит Стройучаастак дьоно уһун атахтаах козел оҥортоон, былаахы тэлгэтэлээн И.Иванов переулогыттан Лермонтов переулогар диэри Октябрьскай уулуссаҕа муоста оҥордулар. Хас да кыра тыынан туорааччылар бааллар. Уу бытааннык эбиллэн 4-с күнүгэр сарсыарда райком аннынан уу таһыма биэрэги кытта тэҥнэстэ. Ол түүн ортото Ларионов С.В. «Уу балысханнык кэллэ, даамбалары тоҕо көттө, үрдүк сиргэ тахсыҥ» диэн хаста да хатылаата.
(Ити кэмбинээт бурдуктаах куулунан быһыттаммыт даамбата киэһэнэн кыра-кыратык сыккыстаан тоҕо баран эрдэҕинэ араадьыйанан дьону ыҥыра сатаабыттара да, соччо ким да кэлэн биэрбэтэҕэ. Итиннэ биһиги даамба алдьанан эрэрин киэһэ көрбүппүт, ким да кэлбэтэҕин эмиэ билэбит. Ити түүн даамба тоҕо баран Сунтаар улахан аҥаара оскуола территориятыттан кэмбинээт, паарка бүтүннүүлэрэ, Бартыһаан аҥаара ууга барбыттара. — Юрий Мекумянов).
Ойон туран билиҥҥи Б.Игнатьев переулогынан (оскуола иннинээҕи переулок), ыаллар тэлгэһэлэринэн тумнан, Октябрьскай, Киров уулуссалары биилбэр диэри ууну кэһэн өрүскэ киирдим. Биэрэк көстүбэт: тобукпар диэри уу. Уҥуоргу харыйа ойуур 3 гыммыт 1-рэ ууга турар, өрүс харах ыларын тухары муора курдук көстөр. Дьулаан көстүү!
Ыалы кытыылаан хаҥас диэки бардым. Сунтаар элбэх оҕотун үөрэтэн олох киэҥ аартыгар үктэннэрбит убаастыыр учууталларбыт Римма Алексеевна, Николай Егорович Саввиновтар, Розетта Федоровна, Виссанион Васильевич Селляховтар, Егоров Өстүөппэлээх, Муруку Силиппиэннээх, Некрасов переулога, Хортуоска Сутурук Арамааннаах, почта-телеграф дьиэтэ, Олег Кошевой переулога, амбулатория, райком бастакы секретара Н.Д.Гурьев суоппара Алексеев Дьаакаптаах, сэрии кыттыылааҕа Сергеев Георгийдаах дьиэлэрин анна, тэлгэһэлэрэ уу.
Аппа уута балыыһа томторугар тэҥнэһэн турар. Төннөн райкомҥа кэллим. Килэччин уһаайбата, билиҥҥи В.Николаев переулога, улахан кулууп дьиэтэ, сбербанк, сэрии кыттыылааҕа Попов Макаар (Берлиҥҥэ тиийбит Макаар) дьиэтэ, райсовет, Дормидонт Данилов переулога, райсоюз территорията: ларек ыскылааттар, хонтуора дьиэтэ, сатыы киһи сылдьар кыараҕас переулога. Доценко атыыһыт дьиэтэ (библиотека), причал дьиэтэ. Уу таҥара дьиэтин томторугар тиийбит. Уҥуоргуга Монопуол маҕаһыын томтор оройугар көстөр. Аллара ыаллар, 4 квартиралаах уопсайдар түннүктэригэр диэри уу.
Төннөн кыараҕас переулогынан Октябрьскай уулуссаҕа киирдим. Уу «1000 мелочей» маҕаһыын (нарсуд уонна уопсай дьиэлэр) томторугар тиийбит, уулусса нөҥүө өттүгэр Саха АССР үтүөлээх учуутала З.И.Зедгезидзевалаах дьиэлэрэ түннүгэр диэри уу, атын намыһах сиргэ турар дьиэлэри түннүктэрин ортотунан, сүүрүгэ сүрдээх. Уу далаһа муостаны үрдүнэн барбыт. «Мичурин, «Сельхозтехника» диэки өссө эбиллибит» диэни тыылаах дьонтон истэн, төннөн Д.Данилов, Советскай уулуссанан тобукпар диэри ууну кэһэн кэллим.
Билиҥҥи «Туймаада» маҕаһыын таһыгар үрдүк сиргэ военкомат дьиэтин ааныгар диэри уу. Дьон тыынан туоруу сылдьаллар. Уу Насыровтар уһаайбаларынан Д.Данилов переулогынан Советскай переулокка куппута. Билиҥҥи военкомат аннынан уу ыаллары ылан Партизанскай уулуссаны туораан, Гагарин уулуссанан Строд уулуссаҕа киирэн Кулун ыйаабыты кытта силбэһэр. Онон-манан тумнан оскуолаҕа кэлбитим билиҥҥи таас оскуола оннугар спортивнай площадка Октябрьскай уулуссаны хабан толору уу. Элбэх ынах маҥырааһына, сибиинньэлэр часкыйыылара, оҕо-дьахтар айманыыта ыарахан көстүү этэ.
Памятникка кэллим. Авиапорт, Кулун ыйаабыт буолата, үстүүлээх, түөртүүлээх сиэрдийэ күрүөлэрэ көстүбэт, билиҥҥи Гуляев маҕаһыыныгар диэри муора.
Тэн Миитэрэй, Дьөгүөрэп 2 мас тыылаах мотуорунан, комбинаттан оҕо-дьахтар тиэйэн аҕаллылар. Түөртэ-хаста кырыннылар. Памятник томторугар тиксэллэр, онтон оҕо-дьахтар оскуолаҕа сатыы бараллар. Мас тыы ортотугар мотордара стационарно олорор, сэрэйдэххэ водомет мотор. Памятнигы аҕыйах сыллааҕыта үс сүһүөхтээх гынан, үрдүгэр сулустаан маһынан оҥорбуттара.
Партизанскай уулусса баһыгар, «Тумуһукаан» күөлүн үрдүнэн дизельнай электростанция баара, памятник кырдалыгар «Татыйыына» маҕаһыын оннугар сельсовет (Степанов С.В.) турбута, салгыы Доодороптор, Колесниковтар, Николаева Д.В., Петровтар, Семеновтар, Тимофеевтар, Ивановтар бааллара. Строд уулуссатын өттүгэр Яллановтар, Аввакумовтар уонна аҕыйах ыал баара. Бүтэһик Васильев П.А. памятник анныгар «Хоттей» оннугар адвокат Евсеев Петр кэргэнинээн Надежда Егоровналыын олорбуттара, онтон Пахомовтар, Казаков Ыстаппааннаах бааллара. Иһин диэки трофейнай немецкэй коляскалаах матасыыкыллаах Львов нуучча.
Авиапорт туоратынан «Эрэл» маҕаһыынтан Октябрьскай уулуссаҕа көтүрүллүбүт уопсай дьиэнэн, устатынан Октябрьскай уулуссаны бата Гуляев маҕаһыыныгар диэри, манеж оннугар турбут аҥаара икки этээстээх аэровокзал, нөҥүө өттө «Эрэлтэн» паарка ойоҕоһунааҕы ыаллар оннуларынан, ыһыахха элбэх киһи хаартылаан дьолломмут «Дьоллоох арыы» кытыытынан барыта уу.
Авиапортка 2 киһини олордор Як-2 уонна Ан-2, Ли-2, Ил-14 сөмөлүөттэр түһэллэрэ. Көтөр балаһаны көрөөччү, хонтуруоллааччы, элбэх дьону муҥхалаан аһаппыт, лүөччүк таҥастаах Кучук Өндөрөй. Доку Маарын буолата (Химия) саҥа солонон эрэр. Намыһах сирдэригэр моонньоҕон аһара үүнэрэ.
Биир саастыылааҕым, балыыһа аппатын үрдүгэр олорбут Ераскумов В.И. ахтарынан уу дьиэлэрин түннүгэр тиийбит. Ол күн эбиэт кэннэ, памятник томторугар кыра Ми-2 бөртөлүөт түстэ. 5-6 киһи, кэтэһэн турар Сайгылла оҕонньор, Матвеев Өлөксөй тэлиэгэлээх аттарыгар, атахтарын тэлиэгэҕэ ууран ууну, бадарааны кэстэрэн райкомҥа бардылар. Киэһэлик төттөрү тиэллэн кэлэн көттүлэр. Коротов В.Р. таһынааҕы переулогынан, СПТУ диэки Папанин уулуссатынан пааркаҕа диэри Кулун ыйаабыт буолата толору уу.
СПТУ-нан, ветучаастагынан сэлиэнньэ бүтэр, ойуур саҕаланар. Ветучаастак урут Киров уулуссатыгар О.Кошевой переулогын утары баара. Бартыһаан өттүгэр уу памятник томторугар аҕыйах миэтэрэнэн тиийбэккэ турара. Строд уулуссаҕа «Байкал» оннугар кыра маҕаһыын баара. Атыыһыта Архипов М.Е.. Салгыы холкуос бурдук кутар хаптаһын ыскылаата. Анныгар подваллаах ампаар. Таас кулууп оннугар детсад, ыаллар, «Корона» маҕаһыын оннугар тарбыйах хотоно, суол нөҥүө гараж. Күөл үрдүгэр холкуос сапраапката. Уу «Корона» томторугар диэри тахсыбыт. Уҥуоргута уу ойууругар диэри.
1967 сыллаахха «Бартыһаан» «Элгээйи» совхозка холбонон тутуу күүскэ барбыта. 4 квартиралаах уопсайдар, пилорама, хотоннор тутуллубуттара. «Тумуһукаан» халаантан күөл буолбута. 1965 сылтан Чокулаах порда солонон, 1967 сыллаахха Ан-2 сөмөлүөккэ хортуоппуй, хаппыыста тиэйэн Мииринэйгэ ыытарбыт. Аэровокзал Дорбой бэтэрээ өттүгэр 2 квартиралаах дьиэҕэ баара.
Сарсыныгар ыалым Филиппов И.П. икки аты ыҥыырдаан мэччирэҥ көрө билиҥҥи порт суолугар кэллибит. Элбэх сүөһү Булгунньах диэки көрөн маҥыраһа тураахтыыллар. Улахан тыыга тарбыйахтары тиэйэн туората сатыы сылдьаллар. Улахан сүөһүлэри ат кутуругар холбоон 10-чалыыта кырынныбыт. Уу ат өрөҕөтүнэн. Булгунньах аҥаарыттан ордуга уу. Чокулаах күөлэ ойууругар диэри уу. Кылабыыһа аннынан эмиэ ат өрөҕөтүгэр диэри кэстэрэн, туораан Сунтаар күөл диэки бардыбыт. Кулгаах, Бытый, Дорбой буолалара ууга сыталлар. 20-чэ үөрдээх андылар водокачка аннынан күөлгэ түстүлэр. 1970 сылларга диэри андылар Сунтаар күөлгэ түһэллэрэ.
Кулгаахтан төннөн Булгунньаҕынан Ураһалаахха киирдибит. Ойууруттан кытыытынан кэстэрэн Мэйик буолатыгар киирээри бардыбыт. Уу билиҥҥи дьон уҥуохтарын оннунан кута сытар. Мэйик буолатыгар киирэн Уолбуту көрбүппүт ойуурун саҕатыттан уу. Кус арааһа толору. Уйбааным: «Уу түспэккэ эбилиннэҕинэ сүөһү эстииһи» диэн санаата түһэн төнүннүбүт. Ыал үксэ оһоҕо сууллан, дьиэлэрин анна сытыйан үлэ, ночоот бөҕө.
Оччолорго харчы тэтэрээт лииһин аҥаарын саҕа. 1961 сыллаахха харчы уларыйан куччаабыта. Ас-таҥас чэпчээбитэ, остолобуойга быһыы килиэп босхо бэриллэр буолбута.
2-3 күн уу туран баран түһэн барда. Үөрүү. Дьон сирэйдиин сырдаата. Өрүс биэрэктэммитин кэннэ «Быраһаай Тииккэ» биэрэк сиҥнэн, хоруоп сытар диэни истэн уолаттар онно бардыбыт. Хомуйан умата сылдьалларын 6-7-тэ баран көрдүбүт. Уу кэлэн турдаҕына төһө хоруоп устан барбыта биллибэт. Авиапорт саҕаланар сиринэн, билиҥҥи уопсай дьиэлэр оннуларынан улахан уу хаалбытыгар муҥхалаан хас да куул күстэх ылбыттар диэни истэн «Тумуһукаан» күөлүгэр күөгүлүүбүт. Собо, күстэх улаханын начаас хаптарабыт. Оччолорго Бүлүүбүт балыгынан баай этэ: туут балык, бил, хатыыс, майаҕас, күстэҕэ бөдөҥө. Тугунуогу 3-4-тэ түһэрэн улахан биэдэрэнэн ылан сөп буолаллара.
Көлүөһэ эрдиилээх борохуот Устьеттан көстөөт үстэ үөгүлүүр. Ол кэмнэрдээҕи үчүгэй ырыаларынан, вальстарынан доҕуһуолланан, үстэ үөгүлээн, райсоюз аннынан тиксэрэ үчүгэй да буолара. Биэрэк үрдэ толору дьон. Маҥан былааччыйалаах кыргыттар, көстүүмнээх уолаттар чымыдааннарын туппутунан түһэн сыллаһыы, уураһыы (студеннар). Кулууп таһынан, биэрэк үрдүгэр түүннэри оһуохай. Дьон наһаа да өрө көтөҕүллүбүтэ. Буолумуна: ити үлүгэрдээх халаан алдьархайын көрсүбүт дьон!
Борохуоту батыспытынан кыра, улахан буксирдар 1-2 баржаны соһон кэллилэр. Ууну түһэрии, баржа сүөкээһинин үлэтэ. Архивка уу түһэриитигэр үлэлиир дьону босхо остолобуойга аһатарга райсовет дьаһала баар. Сайын ортото Мииринэйтэн буорун бэйэтэ хоруйан тиэнэр дорожнай техника кэлэн Фадейка буолатыттан (автодром) Октябрьскай, Советскай уулуссалар намыһах сирдэринэн, перекрестоктарынан буорун тарҕаччы кутан дэхсилээтэ. Буордара бүтэн айылҕа анаан оҥорбут улахан, үрдүк булгунньаҕыттан буорун ылан саҕалаан иһэн туга эрэ алдьанан төттөрү барда.
Күһүөрү өрүспүт уута эстэн хаалла. Дьэли, онтон да атын сирдэринэн кылгас саппыкынан кэһэн туоруур буоллулар. Күһүөрү буорун баһан ылан кэннинэн сүөккүүр фронтальнай погрузчигы ДТ тракторга кэтэрдэн, С-80 бульдозерданан, кыра кузовтаах ЗиС, ЗиЛ-130 самосвалланан салгыы үлэлээтилэр. Эһиилигэр ситэрэн булгунньаҕы сири кытары тэҥнээтилэр. «Кылаат көстүбүт, улахан тирии кууллаах, баайар сиринэн кыһыл көмүс кириэстээх үһү» диэни истэн уолаттар Булгунньахха киирдибит. Хонууга кууллааҕар улахан түгэҕэ хайдыбыт тирии хатан сытар. «Кырдьык эбит» диэн бульдозер анньан чөмөхтөөбүт буорун илиинэн хаһан кытай вазатын үлтүркэйин буллубут. Дьон «Доценко кылаата дэһэллэр, элбэх империал, кыһыл көмүс манньыаттаах буолуохтаах» диэни истэн күрдьэхтээх киирэн көрдөөтүбүт.
Бүлүүнү быһыттаан, муора үөскэтэн, онно мунньуллубут уу ситэ кутулла илик даамбаны тоҕо көтөн «хара» уу буолан кэлэн иэдээни оҥорбута дии саныыбын. Улахан ууну, ол иэдээни көрбүт буолан аны итинник уу кэлбэтин, ГЭС үйэлэргэ үлэлии турдун диэн баҕа санаабын этэбин.
Хаартыскаҕа: 1. Уу памятник штакетнигын баҕанатын төбөтүгэр диэри. Утары турбут трибуна устан О.Кошевой переулогар киирбитэ. 2. Биэрэги кытта тэҥнэһэн турар. Сарсыарда. Ол түүн Ларионов С.В. олохтоох радионан: «Уу балысханнык кэллэ. Балыыһа, Промкомбинат дамбаларын тоҕо көттө, үрдүк сиргэ тахсыҥ!» – диэн хаста да хатылаата. Райком анныгар хаартыскаҕа көстөр штакетнигы аҥаарыгар диэри уу. 3. Комбинат бэтэрээ: аартыгы бүөлээһин, биэрэги үрдэтии.
Аҕа саастаах табаарыһым Мекумянов Ю.В. кыратык бэйэтин санаатын этэн, компьютерга таҥан, электроннай почтанан ыытан көмөлөспүтүгэр махтанабын.
Тимофей Григорьевич ГУРИНОВ.
Сунтаар, 2019 с.
(“Ахтыылар”, 2026 с. от ыйа)
