Прокопьев Прокопий Яковлевич-Чуукаар туһунан

БИИРГЭ ҮЛЭЛЭЭБИТ, АЛТЫСПЫТ ДЬОЛЛООХПУН

Прокопий Чуукаар диэн ааты мин эрдэ истибитим, оннук суруйааччы, суруналыыс баарын өссө студенныы сылдьыахпыттан билэрим. Кинилиин чугастык билсиһиим 1999 сыллаахха буолбута.

Оччолорго “Саха сирэ” хаһыакка үлэлиирим. Арай биир үтүө күн миэхэ Дьокуускай куорат мээрийэтиттэн этии киирдэ: “Сахалыы тыллаах куорат хаһыатын тэрийэбит, онно редактордыаҥ этэ дуо”, – диэн. Оччолорго мээр Илья Михальчук этэ, төһө да эдэр буолларбын мин кинини билэрим. Тоҕо диэтэххэ Илья Филиппович “Сахаполиграфиздат” директора этэ, Бэчээт дьиэтигэр иккис этээскэ хонтуоралааҕа. Биһиги “Саха сирэ” редакцията эмиэ иккис этээскэ баар этибит, онон сэргэстэһэ кабинеттарга үлэлээбиппит. Илья Филиппович ол үлэлии олорон мээринэн талыллыбыта.

“Саха сирэ” хаһыакка олус үчүгэйдик үлэлии сылдьарым, сурук отделын редактора этим. Сахалыы куорат хаһыатын тэрийэр этиигэ мин, толкуйдаан баран, сөбүлэспитим. Оччолорго оруобуна 31 саастаах эбиппин. Тугу эмэ саҥаны айар, киллэрэр баҕам баһыйбыта.

Саҥа сахалыы куорат хаһыата “Эхо столицы” диэн мээрийэ хаһыатын иһинэн тахсыахтаах, ол редакцията “Сахаполиграфиздат” саҥа дьиэтигэр баар (билигин ТРК “Туймаада” буолан турар). “Эхо столицы” кылаабынай редакторынан Андрей Гаврильевич Петров диэн Ньурбаттан төрүттээх, киирбит-тахсыбыт, тэрээһиннээх киһи этэ.

Онон, “Эхо столицы” редакциятыгар кэлэн билистим. Көрбүтүм Прокопьев Прокопий Яковлевич – Прокопий Чуукаар бэйэтинэн олорор. Ньурба уолаттара бааллар, игирэлэр, – Леонид уонна Андриан Николаевтар диэннэр. Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Виталий Иванов баар, кэлин Сур диэн аатынан биллэр суруналыыс буолбута.

Биир тылынан быһаччы эттэххэ, Прокопий Чуукаар “бу уол редактордыан сөп” диэн миигин, “Саха сирэ” хаһыакка үлэлии сылдьар киһини, ыйан биэрбит эбит.

Инньэ гынан бары олорон сүбэлэһэн, хаһыаты хайдах ааттыырбытыттан саҕалаан үлэни аттарыыга тиийэ кэпсэттибит. “Киин куорат” диэн ааттыахха дэстибит. Хаһыат рубрикаларын, хайдах көрүҥнээх буоларын барытын ырытан, сүбэлэһэн быһаардыбыт. Хаһыаппыт бастакы нүөмэрин атырдьах ыйын ортотугар таһаардыбыт, ити күннэргэ мин оруобуна иккис оҕом төрөөтө. Онон иккис уолум “Киин куорат” хаһыаты кытта эт саастыы буолар диэн үөрэбин.

“Киин куорат” хаһыаты дьэ үлэлэтэн киирэн бардыбыт. Уолаттарым суруйар талааннара сүрдээх, саҥаттан саҥаны суруйа тураллар. Прокопий Яковлевич биһиги “аксакалбыт”, уруккуну-хойуккуну билиҥҥигэ тэҥнии тутан суруйарынан улахан маастар буоллаҕа. Саҥа хаһыаты тэрийэр олус интэриэһинэй, умсулҕаннаах. Тэрийээччибит мээрийэ олус кыттыспат, орооспот, онон айымньылаахтык үлэлииргэ бары кыах баар.

Хаһыаппытын рекламалыыр сыалтан араас тэрээһиннэри ыытарбыт. Ол курдук Дьокуускай куорат күнүгэр “Киин куорат” хаһыат шоу-программатын ыыппыппыт. Ол онно, Опера уонна балет театрын иннигэр, күүстээх дьоҥҥо “Боссоойко тааһын” көтөхтөрбүппүт. 200-тэн быдан тахса киилэ ыйааһыннаах “Боссоойко тааһа” историялаах, ону билиһиннэрдэхпинэ сатанар.

Биир үтүө күн Прокопий Яковлевич эттэ: “Петр Алексеев уулуссатын кытыытыгар таас сытар, ол арааһа Боссоойко көтөҕөлөөбүт тааһа буолуохтаах”, – диэбитэ. Биһиги тута баран көрбүппүт, кырдьык, мээнэ сымара таас буолбатах эбит, туох эрэ үүттэммит курдук дьөлөҕөстөрдөөх эҥин. Бэйэтэ кылааккай, ол-бу алдьаммыт-кээһэммит сибиэнэ суох. Прокопий Яковлевичка ким эрэ эрдэ ол туһунан эппит эбит, ону умнубакка саныы сылдьыбыт. Дьэ ол тааһы биһиги “Сахаполиграфиздат” дьиэтигэр дьоҕус грузовой массыынанан тиэйэн аҕалан, сэргэлэр аттыларыгар ууран кэбиспиппит. Салгыы ол шоу-программабытыгар туттубуппут. Ким да кыайан көтөхпөтөҕө, арай Николай Гурьянов диэн эдэр нуучча бухатыыра, пауэрлифтер, син өндөппүтэ.

Онтон ол таас Опера уонна балет театрын ойоҕоһугар сыттаҕына, биһиги ылыахпыт иннинэ театр техүлэһиттэрэ ханна эрэ илдьэн кэбиспит этилэр. Боссоойкобут тааһын ол курдук сүтэрэн кэбиспиппит. Театр оччотооҕу салалтатыттан, үлэһиттэриттэн үчүгэйдик ыйыталаһар киһи, баҕар, булуо эбитэ буолуо.

Суруйааччы, уопуттаах суруналыыс быһыытынан Прокопий Чуукаар биһигини элбэххэ уһуйара, үөрэтэрэ. Информация эйгэтигэр үлэлиир дьон быһыытынан үгүс дьону кытары көрсөрбүт, кэпсэтэрбит. Ону таһынан бэйэбит эмиэ үлэ кэнниттэн хаалан кэпсэтэр-ипсэтэр, сэлэһэр этибит. Дьэ онуоха Прокопий Яковлевич арааһы кэпсиирэ-ипсиирэ. Киэҥ сирдэринэн сылдьан үөрэммит, үлэлээбит буолан, аҥаардас бэйэтин олоҕуттан кэпсээтэҕинэ олус интэриэһинэй буолара. Араас түбэлтэлэри, күлүүлээх да түгэннэри кэпсиирэ. Ордук суруйааччылар тустарынан кэпсээнин биһиги сэргээн истэрбит. Санаабытыгар Прокопий Яковлевич билбэтэ-көрбөтө диэн суох курдуга.

Бэчээт дьиэтиттэн соччо ырааҕа суох, суол нөҥүө, ити билиҥҥи “Сургутнефтегаз” килэйбит-халайбыт дьиэтин оннугар таһырдьа сайыҥҥы кафе баара. Онно чэйдии олорон Прокопий Яковлевич Орджоникидзе уулуссатын нөҥүө турар икки этээстээх мас дьиэни ыйан баран:

– Мин итиннэ олорбутум. Биир оҕобун итиннэ “оҥорбутум”, итиннэ төрөөбүтэ, – диэн күлэ-күлэ кэпсиирэ. – Үчүгэй да кэмнэр этилэр!

Билигин ол дьиэлэр суохтар, көтүрүллүбүттэрэ ыраатта.

Прокопий Яковлевич олоххо ураты көрүүлээҕэ. Ханна да буоллар саҥаны айа, дьиктини булан көрө сылдьара. Ол курдук саахыматы уонна дуобаты холбоон “Чуукаар оонньуутун” айбыта. Биһиги кини оонньуутунан Шахматнай кииҥҥэ “Киин куорат” хаһыат чемпионатын тэрийэн турардаахпыт. Онно араас гроссмейстердар, саахыматы уонна дуобаты таптааччылар көхтөөхтүк кыттыбыттара.

Кэпсээтэххэ уустук курдугун иһин, “Чуукаар оонньуутун” быраабылата сүрдээх судургута – фигуралар хаамалларын курдук хаамаллар, эмиэ оннук сиэһэллэр. Арай төбөҕүн дьэ үчүгэйдик үлэлэтиэхтээххин, аанньа буолуо дуо, икки толкуй оонньуута холбоспута.

Прокопий Яковлевич кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, эдэри кытта эдэр киһи буолара. Дьээбэлэнэн да ылара. Ол үлэлиирбит саҕана идэтинэн олус үчүгэй фотограф, республикаҕа балачча биллэр, ол эрээри сороҕор “аһаан” кэбиһэр киһи баара. Арай биирдэ ол киһиэхэ Чуукаар, бары истэн олордохпутуна, оонньуу-күлүү икки ардынан эттэ:

– Доҕоор, эн фотограф – фото-граф буолбатаххын.

– Хайдах ол? – анарааҥыта соһуйар.

– Эн хотуо-графкын.

– Ээ-э?!

– Хотуо-графкын, фото-граф буолбатах, – Чуукаар хатылаан эппитигэр биһиги күлэн тоҕо барабыт.

Кырдьык, онтон ыла ол фотографпыт мээнэ “аһаабат” буолбута. Биир сытыы тыл үгүһү быһаарар эбитин онно эмиэ билбиппит.

Прокопий Чуукаар дьиэ кэргэнигэр олус бэриниилээх, чугас дьонун наар истиҥ тылларынан ахтааччы. Ис-иһиттэн интеллигентнэй, айылҕаттан үрдүк культуралаах киһи. Миигин эдэр редактор, эдэр киһи диэбэккэ тэҥнээҕин курдук кэпсэтэрэ, сүбэлэһэрэ. Уопсай ылыммыт сорудахпытын эҥкилэ суох толороро, атыттартан да оннугу ирдиирэ. Үлэҕэ айымньылаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэрэ. Ол түмүгэр “Киин куорат” хаһыаппыт Саха сиригэр бүтүннүүтүгэр биллэр буолбута, сурутааччыта элбээбитэ.

Бу хаһыат нөҥүө элбэх суруналыыстар үлэлээн, кэлин биллэр-көстөр дьон буолбуттара. Ааттаталаатахпына, бу бааллар: Прокопий Чуукаар ол да инниттэн биллэрэ-көстөрө, бырааттыы Леонид уонна Андриан Николаевтар, Виталий Иванов-Сур, уопуттаах суруналыыс Андрей Аргунов, Люба Готовцева, Марианна Тихонова, Туйаара Сергеева, Туйаара Нутчина, Татьяна Захарова-Лоһуура о.д.а.

Үлэм үгэнигэр, эдэр сааһым айымньылаах кэмигэр Прокопий Яковлевич Прокопьевтыын – Прокопий Чуукаардыын бииргэ үлэлээн, алтыһан сылдьыбыппыттан үөрэбин, онон киэн туттабын. Быйыл кини 85 сааһын томточчу туолар. Үбүлүөйгүнэн, Прокопий Яковлевич!

Александр ЯКОВЛЕВ-Айсан,

суруналыыс, “Ахтыылар” сайт редактора, Дьокуускай куорат Думатын депутата.

01.07.2026 с.

(Хаартыскалар П.Чуукаар, А.Яковлев архивтарыттан ылылыннылар)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *