ҮЧҮГЭЙДЭР АХСААННАРЫГАР СЫЛДЬЫБЫППЫТ
Мин армиятааҕы хаартыскаҕа Забайкальскай байыаннай уокурукка 1972-74 сс. бииргэ сулууспалаабыт офицер доҕотторбун Юрий Лукины, Иван Гаврильевы, Алексей Новиковы көрөн үөрдүм.

Биһиги 1972 сыллаахха Саха государственнай университетын байыаннай кафедратын бүтэрэн лейтенант званиелаах сэбиэскэй аармыйаҕа 2 сылга сулууспаҕа ыҥырыллыбыппыт. Мин инженерно-техническэй факультетка геология салаатын, онтон Юрий, Иван уонна Алексей тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэрбиппит. Уолаттар – Мирнэй станцияҕа, онтон мин кинилэртэн 7 км илин турар Безречная-1 станцияҕа аатырбыт Фастовскай гвардейскай танковай полкаҕа автомобильнай взвод командирынан сулууспалаабытым. Безречная-1 станцияҕа өссө 85-с пехотнай, зенитнэй уонна ремонтнай полкалар, стройбат турбуттара.
85-с пехотнай полкаҕа физико-математическай факультет выпускнига Скрябин Прокопий, стройбакка – инженерно-техническэй факультекка тутуу салаатын выпускнига Павлов Иван эмиэ биһиги курдук взвод командирынан сулууспалаабыттара. Биһиги офицердар гостиницаларыгар олорбуппут, онтон Ваня Павловка стройбаттар биир хостоох чааһынай дьиэни биэрбиттэрэ. Ваня сотору-сотору ыйы-ыйынан байыаннай тутуу эбийиэктэригэр туочукаларга командировкаҕа барара. Биһиги быыс көһүннэр эрэ үксүн Иван дьиэтигэр, сороҕор Мирнэйгэ доҕотторбутун кытта көрсүһэр, бырааһынньыктары бииргэ ылар этибит.
Забайкальскай байыаннай уокурук көҥүл тустууга чемпионата Мирнэйгэ ыытыллыбыта, ол гынан баран бэйэм ол күрэхтэһиини көрбөтөҕүм. Ол чемпионакка спортротаҕа сылдьыбыт биир дойдулааҕым Федя Керемясов Читаттан кэлэн 48 кг тустубутун истибитим.
Кэпсээнтэн кэпсээн. 1974 сыллаахха 82 кг тустар спорт маастара Николай Иванову спортротаттан Безречнэйгэ зенитнэй полкаҕа сулууспаҕа ыыппыттара. Ол кэлэн Коля зенитнэй полк командирын хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччыта майор Пикманы кытта доҕордоһон, киниэхэ эрэлгэ киирэн хортуоппуйу, оҕуруот аһын харайар сиргэ олохсуйбута. Араас полкаларга сулууспалыыр саха уолаттара түүн онно мустар, атаҕастаппыт буоллахтарына киниэхэ үҥсэн көмүскэтэр буолбут этилэр.
Коля Иван дьиэтигэр хаста да кэлэ сылдьыбыта, биирдэ ол дьиэҕэ кинилиин көрсүһэн турабын. Тустууну сэҥээрэр буолан Д.П.Коркин, тустуук доҕотторун туһунан ыйыталаспытым, элбэх саҥа сонуну истибитим. Холобур бииргэ дьарыктаммыт доҕотторун, аатырбыт тустууктар В.Карпов, В.Андросов, Н.Захаров-Сахаачча, Р. уонна Г.Дмитриевтэр тустарынан эрэ буолбакка, Союзка бастаабыт спорт маастара Николай Неустроевы сөҕөн-махтайан кэпсээбитин өйдүүбүн. Д.П.Коркин Н.Неустроевы өссө улаханнык аатыра илигинэ Чурапчыга ыҥыран таһааран, бэйэтин эдэр уолаттарын кытта туһуннаран көрдөрбүт. Онно Николай Неустроев сынньаммакка эрэ утуу-субуу 5-6 бэйэтинээҕэр улахан ыйааһыннаах уолаттары кытта тустан, албас арааһын көрдөрөн таптаабыт сиригэр охтортоон сөхтөрбүт. Ити курдук Дмитрий Петрович өссө ааспыт үйэ 60-с сылларын ортолоругар уолаттарыгар “Маннык тустарга дьулуһуохтааххыт!” диэн Н.Неустроевынан мастер-класс ыыттарбыт эбит.
Аны бэйэм сулууспам туһунан кылгастык. Сэрии кэмигэр биһиги полкабытын кэлин Советскай Союз Маршала буолбут И.Якубовскай салайбыт. Полкаттан 18 танкист Советскай Союз Геройа үрдүк аатын ылбыттар. Чааспыт иһигэр үрдүк постамеҥҥа “Наумовец” диэн суруктаах Т-34 таанка, “Геройдар аллеяларыгар” 18 геройдар бюстара сэлэлээн тураллара. Украина Фастов куоратын босхолооһуҥҥа Наумов лейтенант экипаһа уһулуччулаах геройдуу быһыыны көрдөрбүт: таанкаларын снаряд табан тохтоппутун кэннэ чугуйбакка снарядтара бүтүөр диэри кыргыспыттар, бары сэрии хонуутугар охтубуттар. Төрдүөннэригэр Советскай Союз Геройун аата иҥэриллибит. Киевы ылыыга Фастов куораты босхолооһун улахан суолталаах буолан полкабытыгар “Гвардейский Фастовский танковый полк” диэн бочуоттаах ааты биэрбиттэр.
Мин взводпар үксүлэрэ Кемеровскай, Курганскай уобаластартан, Татарстантан ыҥырыллыбыт нуучча, татаар уолаттара сулууспалаабыттара. Атын омуктартан Ондар диэн тувинец, Дзидзигури диэн грузин уонна саха, Уус-Алдан уола Ваня Готовцев бааллара. Бу Ваням сүрдээх үчүгэйдик сулууспалаабыта. Кини дойдутугар кэлэн Дьокуускайга пожарниктарга суоппарынан үлэлээбитэ уонна кэлин Саха Республикатын пожарнай сулууспатын салайааччытыгар тиийэ үүммүтэ, генерал-майор званиеламмыта. Көрүстэхпитинэ, мин взводпар рядовойунан сулууспалаабытын ахтан күлсэр этибит.
1973 сыл сайыныгар биһиги чаастарбытыттан массыыналары хомуйан, суоппардары, офицердары сүүмэрдээн Казахстаҥҥа бурдук хомууругар үлэлиир целиннай батальону тэрийбиттэрэ. Мин, тоҕо эбитэ буолла, билигин бэйэм да сөҕөбүн, балачча үрдүк дуоһунаска – целиннай батальон ВАИ-тын начальнигынан анаммытым, онон целиннай батальон управлениетыгар сылдьыбытым. Целинаҕа Казахстан Тургайскай уобалаһыгар от ыйын ортотуттан балаҕан ыйа бүтүөр диэри үлэлээбиппит. Мин биир сержант, икки рядовой саллааттаах, ГАЗ-69 массыынанан батальон командира майор Петров ханна ыытарынан киэҥ куйаар истиэп устун элбэхтик айаннаабытым.
Ол сылдьан Агайдар диэн сэлиэнньэ аттыгар турар батальоммут иккис ротатыгар Лукин Юраны көрсөммүн үөрбүппүн умнубаппын. Аармыйаттан 1974 с. атырдьах ыйыгар демобилизацияламмытым.
Мин сулууспалыы сылдьан сахалар тустарынан бэйэбэр кэккэ арыйыылары оҥорбутум:
- Саха уолаттара бары кэриэтэ толору орто үөрэҕи бүтэрбит, нууччалыы үчүгэйдик саҥарар, холкутук быһаарсар этилэр. Онтон Кемерово, Курган уобаластарын оҕолоро муҥутаан 7-8 кылаас үөрэхтээхтэрэ, татаар уолаттара 10 кылаас үөрэхтээх эрээри нууччалыы быстар мөлтөхтүк саҥараллара;
- Сахалар үксүлэрэ үчүгэйдик уруһууйдуур, сыыһата суох суруйар буолан чаастарга барыларыгар кэриэтэ суруксуттуур, худуоһунньуктуур үлэҕэ ананаллара;
- Сахалар үксүлэрэ дойдуларыгар тустуунан, боксанан дьарыктаммыт буоланнар уокурук чемпионатыгар бу көрүҥнэргэ аҥаардастыы айбардыыллара. Полкабытыгар спорду салайар старшай лейтенант Гусаров саха уолаттарын хайгыыртан соло булбата;
- Сахалар үксүлэрэ хара үлэҕэ үөрэммит тыа сирин оҕолоро буолан ханнык да үлэттэн толлон турбат, сэмэй, үлэһит этилэр, онон куруук хайҕалга сылдьаллара.
Онон сахалар Забайкальскай байыаннай уокурукка үчүгэй ахсааҥҥа сылдьалларын, сирдэрбэттэрин билбитим, киэн тутта санаабытым. Ол гынан баран, саха уолаттара үксүлэрэ арыгы иһэргэ үөрүйэхтэрин, арыгы иһэртэн туттумматтарын, ол иһин араас сэмэҕэ-буруйга түбэһэллэриттэн хомойбутум.
Хаартыскаҕа: Тураллар (хаҥастан уҥа) В.Степанов, Ю.Лукин, И.Гаврильев, олороллор К.Стручков, П.Скрябин.
Константин Константинович СТРУЧКОВ,
Дьокуускай олохтооҕо. 2019 с.
(“Ахтыылар”, 2026 с. бэс ыйа)
